Рабочая программа по родной литературе 9 класс
рабочая программа (9 класс) на тему

Васильева Наталья Викторовна

2016-2017 уерэх дьылыгар 9 кылааска саха литературатын уерэтиини суруннуур бырагыраама

Скачать:

ВложениеРазмер
Microsoft Office document icon 9_literatura_16-17_ue.d._.doc178.5 КБ

Предварительный просмотр:

Саха Республикатын Үөрэ5ириитин министерствота

Ньурба оройуонун Үөрэ5ин управлениета

П.С. Егоров аатынан Акана орто оскуолата

         «Сөбүлэhэбин»

Директоры үөрэх чааhыгар                                                                                                                                                    

  солбуйааччы Лукина А.А.

_____________________

 

                     «Бигэргэтэбин»

           П.С. Егоров аатынан Акана                

            орто оскуолатын директора

                        Федоров Н.Н.

                   ___________________

2016/2017  үөрэх дьылыгар

9  кылааска

саха литературатын үөрэтиини

сүрүннүүр бырагыраама

(Бырагыраама: «Саха оскуолатыгар 5-11 кылааска норуот тылынан уус-уран айымньытын уонна саха литературатын үөрэтии»

 Ааптардар: Филиппова Н.И.,  Шишигина В.Р., Максимова М.Е.. Дь., 1996)

Учуобунньук:  «Саха литературата» (9 кылааска үөрэнэр учебник-хрестоматия 5-с тахсыыта)

Ааптардар:  В.Р.Шишигина, М.Е.Максимова . Дь. Бичик, 2013 с.

34x2=68 ч.

Учуутал: Васильева Наталья Викторовна

Быһаарыы сурук.

              9 кылааска саха литературатын уруогун үөрэтиини сүрүннүүр бырагыраама 1996 сыллаахха тахсыбыт «Саха оскуолатыгар 5-11 кылааска норуот тылынан уус-уран айымньытын уонна саха литературатын үөрэтии» программанан оңоһулунна. Программа5а сурулларынан, төрөөбүт литератураны үөрэтиигэ билиңңи кэмңэ маннык сыал-сорук турар:

- сахалыы литератураны сэргээн, кэрэхсээн, сатаан, өйдөөн аа5арга үөрэтии; аахпыты бэйэ сайдыытыгар туһанарга туһулааһын;

- ийэ тыл уус-уран күүһүн, кэрэтин, тыл илбиһин, хомуһунун о5о кыра сааһыттан иңэрии;

- уус-уран айымньыны, араас геройдарын туһанан төрөөбүт норуот оло5ун, историятын, культуратын, үгстэрин, сиэрин-майгытын арыйыы; киһи аналын, оло5у диринник, таба өйдүүргэ үөрэтии;

 - төрөөбүт тылынан уус-уран айымньы айыллар үгэһин, кистэлэңин, араас ньыматын билиһиннэрии;

- үөрэнээччи айымньылаахтык толкуйдуур уонна айар дьо5ура тобулларыгар суол аһыы;

- уус-уран айымньыны уран тыллаах, ураты дьо5урдаах, талааннаах дьон айарын өйдөтүү.

             Үөһэ ыйыллыбыт программа5а саха литературатын 5-11 кылааска үөрэтии үс сүһүөххэ араарыллыбыт: I сүһүөх – 5-7 кылаас, II сүһүөх – 8-9 кылаас, III сүһүөх – 10-11 кылаас.

              II сүһүөх уус-уран айымньыны аа5ары тэңэ, литература киһи оло5ун уустаан-ураннаан хоһуйар искусство ураты көрүңэ, уустук эйгэтэ буоларын билиһиннэрэр соруктаах. Ол иһин  бу сүһүөххэ айымньы оло5у арыйан көрдөрөр проблематынан наардаммыт. Литература анаан хоһуйар да, таарыйан ааһар да проблемата үгүс.  Олортон киһи айма5ы үйэлэргэ долгуппут саамай боччумнаах, оскуола о5отугар ордук чугас проблемалар талыллыбыттар.

8-9 кылааска саха литературатын үөрэтии

түмүк ситиһиитэ.

  1. Үөрэнээччи билиитэ уонна сатабыла:

-Уус-уран, наука, публицистика айымньыларын  таба, өйдөөн, кудуччу аа5ар (мүнүүтэ5э ортотунан таска 120-130 тылы, искэ 180-200 тылы);

-Булгуччу аа5ан билэр айымньылара:

«Дьулуруйар Ньургун Боотур» олоңхону, 1-2 мифологическай тойугу;

А.Е.Кулаковскай хоһооннорун, 1-2 поэматын талан;

А.И.Софронов «Таптал» драматын, хоһооннорун талан;

Н.Д.Неустроев «Балыксыт» кэпсээнин;

П.А.Ойуунускай «Улуу Куданса» айымньытын, хоһооннорун талан;

Суорун Омоллоон «Аанчык» кэпсээнин;

Амма Аччыгыйа «Сааскы кэм» романын;

Эллэй «Буур5а-буулдьа дьылыгар» поэматын, хоһооннорун талан;

Күннүк Уурастыырап хоһооннорун талан;

Н.М.Заболоцкай «Мааппа» кэпсээнин;

С.П.Данилов хоһоонорун талан;

Софр. П.Данилов «От үрэххэ» кэпсээнин;

Н.Якутскай сэһэннэрин талан;

Далан биир романын талан;

И.М.Гоголев хоһооннорун, биир бөдөң айымньытын;

П.Н.Тобуруокап хоһооннорун талан;

2-3 билиңңи суруйааччы айымньытын талан.

-10-ча хоһоону уонна 2-3 кэпсээнинэн айымньыттан быһа тардыыны өйтөн аа5ар;

- Уус-уран айымньы оло5у хоһуйар искусство көрүңэ, ааспыт, билиңңи, кэлэр кэмнээ5и олох уус-уран кэрэһитэ, туоһута буоларын өйдүүр;

- Саха классик суруйааччыларын оло5ун кэпсээниттэн сорох айымньытын хайдах айбытын билэр;

- Уус-уран айымньы тематын, сүрүн санаатын, тутулун, геройдара туох уратылаа5ын, майгыннаһарын көмөтө суох арааран билэр, сыаналыыр;

- Айымньы литература хайа салаатыгар киирэрин (эпос, лирика, драма), ханнык көрүңэ буоларын арааран билэр;

- Эпическэй айымньы сюжета олох ханнык чахчытыгар оло5уран суруллубутун быһаарар; айымньы ис номо5ун кэм-кэрдии ситимин, хоһуйар кэм бэлиэтин кытта ситимнээн өйдүүр;

-Айымньыга киһи ис дууһатын, уйул5атын, майгытын-сигилитин ойуулуур ньымалары кэтээн көрөр, быһаарар, бэйэтэ айан холоноругар туһанар;

- Айымньы тус-туһунан олуга (эпизод, фрагмент) ситимнээ5ин өйдүүр; хас олук айымньы ис номо5о уонна характер арылларыгар туох суолталаа5ын быһаарар;

- Уус-уран айымньыга, геройга, ойууланара түгэңңэ автор хайдах сыһыаннаа5ын кэтээн көрөр, быһаарар;

- Уус-уран айымньыны айар сүрүн үгэһи, ойуулуур-дьүһүннүүр ньыма арааһын, стилин арааран билэр, айымньыны ырытарга, бэйэтэ айан холоноругар, эрчиллэригэр туттар;

- Уус-уран айымньы туруорар сүрүн уонна ойо5ос проблематын өйдүүр, автор ону быһаарар, сыаналыыр суолун сылыктаан бол5ойор;

- Литература үөрэ5эр сыһыаннаах тылдьыты, ыйынньыгы, энциклопедияны сатаан туһанар.

  1. Үөрэнээччи тылын сайдыыта:

- Айымньыны эбэтэр быһа тардыыны, өйгө үөрэппити литература ханнык көрүңэ буоларын өйдөөн, хоһоонноохтук, уус-ураннык аа5ар;

- Айымньыны уус-ураннык (сиһилии, кылгатан, талан) кэпсиир;

- Аахпыт тиэкискэ судургу эбэтэр уустук былааны оңорор;

- Уус-уран айымньыга эбэтэр бэйэ билбитигэр оло5уран өйтөн суруйар: сүрүн геройу характеристикалаан, тэңнээн, геройдары түмэн эбэтэр утарыта тутан; суруйааччы айар үлэтин характеристикалаан, оло5ун кылгас кэпсээнин эбэтэр биир түгэнин бэйэ чинчийиитин түмүгүнэн; айымньы көтө5өр проблематын, тылын-өһүн ырытан; уус-уран уратытын, суолтатын быһааран;

- Өйтөн суруйуу араас ньыматыгар (ойуулааһын, сэһэргээһин, тойонноһун) эрчиллэр;

- Бэйэ санаатын тылынан уонна суругунан этэргэ былаан оңорор;

- Аахпыт айымньы, көрбүт киинэ, спектакль, телевизорынан, радионан биэрии уонна искусство атын да көрүңүн (хартыына, скульптура, уус-уран оңоһук уо.д.а.) туһунан бэйэ санаатын этэр, суруйар, аннотация оңорор;

- Кыра кээмэйдээх кэпсээни, хоһоону айарга холонор.

Уруок тиэмэтэ

Чааһа

Уруок сүрүн ис хоһооно

(үөрэнээччи үлэтэ)

Бэлиэтээһин-нэр

Күнэ

(былааны-нан)

Күнэ

(үөрэтиллибити-нэн)

Норуот тылынан уус-уран айымньыта

10 чаас

1

Олоңхо – норуот тылынан уус-уран айымньытын муңутуур чыпчаала.

1ч.

Урут фольклорга үөрэппити санатыһыы. Олоңхо5о урут ылбыт  билиини чиңэтии. Конспект оңостор үөрүйэ5и сайыннарыы.

02.09

2

П.А.Ойуунускай «Дьулуруйар Ньургун Боотур» олоңхото. Орто  дойду оңоһуллуута. Абааһы айма5а саба түһүүтэ.

1ч.

Саха сиригэр саамай биллэр олоңхо суруллубут историятын кытта билсии. Быһа тардыыны аа5ыы.

06.09

3

Ньургун Боотур орто дойдуга түһүүтэ.

1ч.

Быһа тардыыны аа5ыы. Ньургун Боотур тас көрүңүн өйгө үөрэтии.

09.09

4

Ньургун Боотур уонна Уот Уһутаакы охсуһуулара.

1ч.

Олоңхо төрүөтүн ис хоһоонун суолтатын билии.

Олоңхо геройдарын, сюжетын өйдөөн аа5ыы.

Үрүң Уолан абааһы айма5ыттан албаһынан куотуута.

Абааһы бухатыырын сатабылынан, өйүнэн кыайыы.

13.09

5

Ньургун Боотур уонна Кыыс Ньургун

1ч.

Олоңхо түмүгэ. Айыы бухатыыра-киһи бастың идеала.

16.09

6

Олоңхо ойуулуур-дьүһүннүүр ньымалара.

1ч.

Олоңхо ойуулуур-дьүһүннүүр ньымаларын чиңэтэн үөрэтии. Олоңхоттон холобур булуу.

20.09

7

Ньургун Боотур – саха эр киһитин идеала.

1ч.

Уобараһы ырытыы, өйтөн суруйуу.

23.09

8

Олоңхо5о дьахтар уобараһа

1ч.

Туйаарыма Куо уонна Кыыс Кыскыйдаан уобарастарын тэңнээн көрүү.

27.09

9

Саха аатырбыт олоңхоһуттара.

1ч.

Олоңхоһуттар тустарынан урут ылбыт билиини салгыы чиңэтии, иһитиннэрии бэлэмнээһин.

30.09

10

Олоңхо – биир киһи театра. Түмүктүүр уруок.

1ч.

Түһүмэ5и түмүктүүр сорудахтары толоруу: тургутук ыйытыыларга эппиэттээһин, ырытыы, санаа атастаһыыта.

04.10

Саха уус-уран литературата.

Норуот уонна история.

11

чаас

11

Норуот уонна история.

(киирии уруок.)

1ч.

Лит. историзм проблематын, омук уратытын биэриини өйдөөһүн.

07.10

12

В.С.Яковлев –Далан – саха народнай суруйааччыта.

1ч.

Суруйааччы оло5ун, айар үлэтин кытта билсии, иһитиннэрии бэлэмнээһин.

11.10

13

«Тулаайах о5о»  роман суруллубут историята. «Өһүллүбэт өһүөн», «Хааннаах илкээни».

1ч.

Саха сирин норуоттарын түң былыргытын, кыргыс

үйэтинээ5и оло5у-дьаһа5ы билиһиннэрии, айымньыны аа5ыы.

14.10

14

 «Уңуохпун тутан бар»,

«Бэрдьигэстээх Дэбэңдэ»

1ч.

Да5анча бэйэтин бииһин көрдөөн булуута. Туматтар омук быһыытынан уратылара.

18.10

15

 «Илбис түүнэ», «Ньырбачаан түүлэ»,

«Алакыы! Алакыы!», «Куотуу»

1ч.

Тулаайах кыыс түүлэ-эйэлээх олоххо ба5а.

Тоң биистэр уратылара. Баһылыктарын  Өрөгөчөй уобараһа.

21.10

16

Туматтар уонна тоң биистэр.

1ч.

Омуктар уратыларын, майгыннаһар өрүттэрин ырытыһыы.

25.10

17

«Мутугунан быра5ар муңур үйэ»

(түмүктүүр уруок)

1ч.

Өйтөн суруйуу.(талан)

1)«Тулаайах о5о» ромаңңа Да5анча уобараһа;

2)«Тулаайах о5о» ромаңңа Ньырбачаан  уобараһа;

3)«Тулаайах о5о» ромаңңа Өрөгөчөй  уобараһа;

28.10

18

С.Р.Кулачиков-Эллэй «Буур5а, буулдьа дьылыгар» поэматыгар  гражданскай сэрии героиката.

1ч.

Суруйааччы айар үлэтин кытта билсии. Гражданскай сэрии туһунан өйдөбүлү чиңэтии. Олох историческай көстүүлэрин хомуур уобараска түмэн көрдөрүүнү өйдөөһүн. Айымньыны аа5ыы, ырытыы.

08.11

II чиэп.

19

М.Д.Ефимов хоһоонноругар саха омук эрдэтээңи историята. «Сахалар иһэллэр», «Эллэй ыһыа5а», «Батас Мөндүкээн»

1ч.

Суруйааччы оло5ун, айар үлэтин кытта билсии.

Хоһооннор Н.Т.У.У.А. оло5урбут уус-уран уратыларын өйдөөһүн.

11.11

20

«Боотураат өлүүтэ», «Семён Дежнёв»,

«Манчаары ырыата»,

1ч.

Хоһооннору аа5ыы,  тутулларын, ойуулуур-дьүһүннүүр ньымаларын  ырытыы. Талбыт хоһоону өйгө үөрэтии.

15.11

21

«Норуот уонна история» (Түһүмэ5и түмүктүүр уруок)

1ч.

Айымньылар ис хоһооннорун, суруйааччылар олохторун кэпсээнин билиигэ сорудахтары толоруу. Талбыт айымньыга сыанабыл.

18.11

 Киһи уонна кини уйул5ата.

11 чаас

22

«Киһи уонна кини уйул5ата» (киирии уруок)

1ч.

Уйул5а өйдөбүлүн билии, конспект оңостор үөрүйэ5и сайыннарыы.

22.11

23

Н.Д.Неустроев «Балыксыт» кэпсээнэ.

1ч.

Суруйааччы айар үлэтин кытта билсии, айымньыны аа5ыы.

25.11

24

«Балыксыт» кэпсээңңэ киһи уонна айыл5а ситимэ.

1ч.

«Балыксыт» киинэни көрүү, дириңэтэн ырытыы, тэңнээн көрүү, уобараһы оңоруу.

29.11

25

26

Н.Заболоцкай-Чысхаан   «Мааппа» кэпсээнэ.

5 сылга тэңнээх олох.

2ч.

Суруйааччы айар үлэтин билсии. Мааппа - баай былдьаһыга, хара санаа сиэртибэтэ буолбутун, олоххо, дьолго тардыһыытын күүһүн өйдөөһүн.

02.12

06.12

27

«Киһи олох олороору төрүүр эбээт…»

1ч.

Өйтөн суруйуу.

09.12

28

29

С. П. Данилов «От үрэххэ»  кэпсээнэ.

2ч.

Суруйааччы айар үлэтин билсии. Олох тыңааһыннаах түгэнигэр киһи дууһатын ис дьиңэ арыллыытын өйдөөһүн. Сэрии дьэбир сокуона.

13.12

16.12

30

«Кырдьыгы этэр ыарахана баар буолар дуо?» түмүктүүр уруок.

1ч.

Айымньы геройдарын тула мөккүөр. Санаа атастаһыыта. Айымньыга түмүк суруйуу.

20.12

31

В.Н.Потапова «Мин бэйэм - күһүңңү айыл5абын»

1ч.

Поэтесса айар оло5ун, айар үлэтин билсии. Хоһоонноро киһи ис туругун, дууһатын хамсааһынын этэр сатабылын өйдөөһүн.

23.12

32

«Суруйааччы киһи уйул5атын ойуулуур сатабыла» (Түһүмэ5и түмүктүүр уруок)

1ч.

Түһүмэххэ үөрэтиллибит айымньылары хатылыыр,  ылбыт билиини тургутар сорудахтары толоруу.

27.12

Киһи дьыл5ата уонна норуот кэскилэ

11 чаас

33

Киһи дьыл5ата уонна норуот кэскилэ.

(киирии уруок)

1ч.

Модун санаа, хорсун быһыы, ча5ылхай талан күүһүн уус-уран хоһуйуу. Конспект оңостор үөрүйэ5и сайыннарыы.

10.01

III чиэп.

34

А.И.Софронов «А5абар», «Билгэ» хоһоонноро.

1ч.

Поэт айар үлэтин, тус оло5ун билсии. Хоһооннорго киһи төлкөтүн, дьыл5атын этэр санааны булуу, хоһоонноохтук аа5ыы.

.

13.01

35

А.Е.Кулаковскай–Өксөкүлээх Өлөксөй «Оттоку олук алгыһа»

1ч.

Поэт оччотоо5у обществоны көрүүтэ,  норуот кэскилин туһунан санаата. Ба5арар ба5ата мифология, фольклор уобараһынан бэриллиитин өйдөөһүн.

17.01

36

«Өрүс бэлэхтэрэ» поэма5а

Өлүөнэ өрүс уонна Муустаах муора уратылара.

1ч.

Айымньы уус-уран уратыта. Символ уобарастарынан сырдык-хараңа күүс үйэлээх мөккүөрүн көрдөрүүнү өйдөөһүн.

20.01

37

П.А.Ойуунускай «Улуу Кудаңса» cэһэнэ. Кудаңса хорсун быһыыта.

1ч.

Суруйааччы айар үлэтин билсии. Айымньы социальнай-философскай проблемалары таарыйарын өйдөөһүн.

24.01

38

Улуу Кудаңса өлүүтэ.

1ч.

Күүстээх санаалаах Улуу киһи уобараһын оңоруу. Кини история5а, норуот оло5ор оруолун быһаарыы.

27.01

39

П.А.Ойуунускай  «Иирбит Ньукуус» кэпсээнэ.

1ч.

Норуоттан тахсыбыт күүстээх санаалаах киһини билии. Талбыт кэрчиги өйгө үөрэтии.

31.01

40

С.П.Данилов кэс тыла.

1ч.

Хоһооннорго ийэ дойдуга, төрөөбүт норуокка күүстээх таптал этиллиитин өйдөөһүн. Поэт саха ыччатыгар кэс тыла. Талбыт хоһооңңо сыанабыл. «Кэс тыл» өйгө үөрэтии.

03.02

41

О.Н.Корякина-Умсуура. «Тыл, кыыс, А5а көлүөнэ дьыл5ата»

1ч.

Айымньылар көтө5өр боппуруостарын быһаарыы.

07.02

42

И.С.Зверев «А5ал мин бэйэм дьыл5абын», «Саарбахтыыбын»,  «Томторук»

1ч.

Туспа суоллаах-иистээх поэт ураты буочарын быһаарыы.

10.02

43

«Киһи дьыл5ата уонна норуот кэскилэ» (Түһүмэ5и түмүктүүр уруок)

1ч.

Түһүмэххэ үөрэтиллибит айымньылары хатылыыр,  ылбыт билиини тургутар сорудахтары толоруу. Тургутук, сыанабыл.

14.02

Таптал - киһи истиң иэйиитэ

12 чаас

44

«Таптал - киһи истиң иэйиитэ» (киирии уруок)

1ч.

Саха уус-уран айымньытыгар тапталы хоһуйуу.

17.02

45

А.Е.Кулаковскай  «Кырасыабай кыыс»

1ч.

Саха кыыһын идеала.

Хоһоон киэбин, тутулун, тылын-өһүн уратытын өйдөөһүн.

21.02

46

Алампа «Таптал» драмата.

1ч.

Алампаны драматург быһыытынан билсии.

Эдэркээн кыыс оло5о - урукку дьахтар дьыл5ата. Драманы оруолларынан аа5ыы, ырытыһыы.

24.02

47

Кэтириис - хараңа олох сиэртибэтэ

1ч.

Ырытыы, оруолларынан аа5ыы.

28.02

48

«Дьахтар эмиэ киһи. Кини дьоллоох буолуохтаах» түмүктүүр уруок.

1ч.

Уобараһы оңоруу. Санаа атастаһыыта.

03.03

49

Алампа таптал туһунан хоһоонноро.

1ч.

Оло5ун ымыытыгар анаммыт хоһ-н аа5ыы, ойуулуур-дьүһүннүүр ньымаларын ырытыы.

07.03

50

«Билиңңи саха кэрэ куота хайдах буолуохтаа5ый?» толкуй сурук.

1ч.

Бэриллибит тиэмэни ырытыһыы, толкуй сурук суруйуу.

10.03

51

Суорун Омоллоон «Аанчык» кэпсээнэ

1ч.

Суорун Омоллоон айар үлэтин билсии. Эдэркээн кыыс табыллыбатах тапталын, оло5ун ырытыһыы.

14.03

52

«Аанчык» оччотоо5у олох сиэртибэтэ.

1ч.

«Аанчык» киинэни көрүү, ырытыы, сана атастаһыыта.

17.03

53

П.Тобуруокап таптал туһунан хоһоонноро.

1ч.

Айар үлэтин кытта билсии, таптал лирикатыгар поэт элэккэй хаадьытын, көрүн-күлүүтүн өйдөөһүн. Таптал туһунан кэпсэтии.

04.04

IV чиэп.

54

И.М.Гоголев  «Тапталлаа5ын хара5а»

1ч.

Поэт айар үлэтин билсии, харах – таптал сиэркилэтэ буоларын өйдөөһүн.

07.04

55

«Таптал- киһи истиң иэйиитэ» (Түһүмэ5и түмүктүүр уруок)

1ч.

Түһүмэххэ үөрэтиллибит айымньылары хатылыыр,  ылбыт билиини тургутан көрөр сорудахтары толоруу. Талбыт айымньыны өйгө аа5ыы.

11.04

Поэт, суруйааччы олоххо анала.

11 чаас

56

«Поэт, суруйааччы олоххо анала» түһүмэх. Алампа «Тугу туойабын?»

1ч.

Олоххо үрдүк анал туһунан кэпсэтиһии. Норуокка туһалаахтык

олоруу - уус-уран айымньы сүрүн тыына.

14.04

57

Куоласпын кубулуппаппын.

1ч.

Алампа саха поэзията сайдарыгар үтүөтэ.

18.04

58

П.А.Ойуунускай «Туруң, туруң, туойуң»,

«Ийэм Дьэбдьэкиэй уңуо5ар»

1ч.

 Лирическэй герой санаата үрдүк стилинэн этиллиитэ.

21.04

59

Семен Данилов. Ырыаһыт буолбут ыраатта.

1ч.

Поэт киһи үрдүк аналын, лит-ра сайдыбыт историятын туһунан санаата.

25.04

60

«Ойуунускайдыын кэпсэтии» поэма.

1ч.

Поэма тылыгар-өһүгэр практическай үлэ.

28.04

61

62

63

Реас Кулаковскай «А5ам оло5о».

Өлөксөй үөрэххэ тардыһыыта

3ч.

Автор а5атын туһунан ахтыы сэһэни аа5ыы, кэпсэтиһии, ырытыы.

02.05

05.05

12.05

64

Норуот туһугар олох. (түмүктүүр уруок)

1ч.

Тус оло5ун сырдатыы. Өйтөн суруйуу.

16.05

65

С.Руфов «Киһи дууһатын көрдөөммүн», «Поэт дьиэтэ»

1ч.

Айымньы лирическэй геройун – сэмэй майгылаах үлэһит киһини өйдөөһүн.

19.05

66

«Поэт, суруйааччы олоххо анала» (Түһүмэ5и түмүктүүр уруок)

1 ч.

Түһүмэххэ үөрэтиллибит айымньылары хатылыыр,  ылбыт билиини тургутан көрөр сорудахтары толоруу. Талбыт айымньыны өйгө аа5ыы.

23.05

Хатылааhын

1 чаас

67

Сыллаа5ы хатылааһын. Тургутук.

1ч.

Хатылаан чиңэтии, тургутуктары оңоруу.

26.05

1  уруок бырааһынньыкка түбэстэ. (Ыам ыйын 9 күнэ)


По теме: методические разработки, презентации и конспекты

Рабочая программа по родному языку и родной литературе 5 класс

Рабочая программа для родного русского языка...

Рабочая программа по родному русскому языку и родной русской литературе. 7 класс.

Программа по учебному предмету «Родной русский язык и родная русская литература» призвана научить детей рассматривать язык как материал словесности и произведения как явления искусства сло...

Рабочая программа по родному (татарскому) языку для учащихся 9 класса русской школы, изучающих татарский как родной

Рабочая программа по родному (татарскому) языку для учащихся 9 класса русской школы, изучающих татарский как родной...

Рабочие программы по родному языку и родной литературе, методические материалы

Рабочие программы по родному языку и родной литературе, методические материалы...

Рабочая программа по родному русскому языку и родной русской литературе 5-9 кл.

Рабочая программа по родному русскому языку и родной русской литературе 5-9 кл. ФГОС...

Рабочая программа_Русский родной_5 класс

Рабочая программа_Русский родной_5 класс...

Рабочая программа по родной русской литературе 8,9,10 класс и родному русскому языку 7, 9 класс

Рабочая программа по родной русской литературе. Учебник: Александрова О.М. Аристова М.А. Беляева Н.В. Добротина И.Н. Критарова Ж.Н. Мухаметшина Р.Ф. Русская родная литература. 8 класс....