Рабочая программа по родной литературе 7 класс
рабочая программа (7 класс) на тему
2016-2017 уерэх дьылыгар 7 кылааска саха литературатын уерэтиини суруннуур бырагыраама
Скачать:
Вложение | Размер |
---|---|
7_literatura_16-17_ue.d.docx | 51.07 КБ |
Предварительный просмотр:
Саха Республикатын Үөрэ5ириитин министерствота
Ньурба оройуонун Үөрэ5ин управлениета
П.С. Егоров аатынан Акана орто оскуолата
«Сөбүлэhэбин» Директоры үөрэх чааhыгар солбуйааччы Лукина А.А. _______________________ «___»__________________
| «Бигэргэтэбин» П.С. Егоров аатынан Акана орто оскуолатын директора Федоров Н.Н. ___________________ «____»_______________ |
2016/2017 үөрэх дьылыгар
7 кылааска саха литературатын үөрэтиини
сүрүннүүр бырагыраама
Бырагыраама: «Саха оскуолатыгар 5-11 кылааска норуот тылынан уус-уран айымньытын уонна саха литературатын үөрэтии»
Автордар: Филиппова Н.И., Шишигина В.Р., Максимова М.Е.. Дь., 1996)
Учуобунньук: «Төрөөбүт литературабыт» (7 кылааска үөрэнэр учебник-хрестоматия 2-с тахсыыта)
Ааптардар: С.К.Колодезников, Л.Д.Колодезникова, Е.К.Васильев. Дь. Бичик, 2013 с.
35x2=70 ч.
Учуутал: Васильева Наталья Викторовна
Быһаарыы сурук.
7 кылааска саха литературатын уруогун үөрэтэргэ календарнай-тематическай былаан 1996 сыллаахха тахсыбыт «Саха оскуолатыгар 5-11 кылааска норуот тылынан уус-уран айымньытын уонна саха литературатын үөрэтии» программанан оңоһулунна. Программа5а сурулларынан, төрөөбүт литератураны үөрэтиигэ билиңңи кэмңэ маннык сыал-сорук турар:
- сахалыы литератураны сэргээн, кэрэхсээн, сатаан, өйдөөн аа5арга үөрэтии; аахпыты бэйэ сайдыытыгар туһанарга туһулааһын;
- ийэ тыл уус-уран күүһүн, кэрэтин, тыл илбиһин, хомуһунун о5о кыра сааһыттан иңэрии;
- уус-уран айымньыны, араас геройдарын туһанан төрөөбүт норуот оло5ун, историятын, культуратын, үгстэрин, сиэрин-майгытын арыйыы; киһи аналын, оло5у дириңник, таба өйдүүргэ үөрэтии;
- төрөөбүт тылынан уус-уран айымньы айыллар үгэһин, кистэлэңин, араас ньыматын билиһиннэрии;
- үөрэнээччи айымньылаахтык толкуйдуур уонна айар дьо5ура тобулларыгар суол аһыы;
- уус-уран айымньыны уран тыллаах, ураты дьо5урдаах, талааннаах дьон айарын өйдөтүү.
Үөһэ ыйыллыбыт программа5а саха литературатын 5-11 кылааска үөрэтии үс сүһүөххэ араарыллыбыт: I сүһүөх – 5-7 кылаас, II сүһүөх – 8-9 кылаас, III сүһүөх – 10-11 кылаас.
I сүһүөххэ саха литературатын уруогар уус-уран айымньыны аа5ыы таһынан, айымньы айыллар кистэлэңин билиһиннэрэр сорук турар. Ол иһин айымньы уус-уран көрүңүнэн (жанрынан) наардаммыт. Литература теориятын сүрүн өйдөбүллэрэ бу сүһүөххэ киэңник, кэлим бөлө5үнэн киирбит. Онуоха жанр уратыта, туттар ньымалара кылаас ахсын улам байан, атын-атын өрүтэ хабыллыбыт.
5-7 кылааска саха литературатын үөрэтии
түмүк ситиһиитэ.
- Үөрэнээччи билиитэ уонна сатабыла:
– Айымньы – уус тыл уран айыыта диэн билэр. Уус-уран айымньыга тыл суолтатын, ойуулаан-дьүһүннээн, уобарастаан этэр, аа5ааччыга дьайар ураты күүһүн өйдүүр.
- Уус-уран айымньы оло5у хоһуйар уратытын өйдүүр. Айымньы геройун майгытын-сигилитин, дьайыытын, характера хайдах сайдарын кэтээн көрөр, ырытар, сыаналыыр.
-Уус-уран айымньыны таба, өйдөөн, кудуччу аа5ар:
5 кылааска: таска 90-100 тылы, искэ 100-120 тылы;
6 кылааска: таска 100-110 тылы, искэ 120-150 тылы;
7 кылааска: таска 110-120 тылы, искэ 150-180 тылы.
- Уус-уран айымньыны хоһоонноохтук аа5ар, онно бэйэтэ сатаан бэлэмнэнэр.
-Уруокка аахпыт айымньыларын сүрүн ис хоһооннорун билэр.
-2-3 талааннаах олоңхоһут,тойуксут, саха 6-7 суруйааччытын аатын, кинилэр айымньыларын билэр.
-10-12 хоһоонунан айымньыны, 3-4 кэпсээнтэн быһа тардыыны өйтөн аа5ар.
-Норуот айымньытын араас көрүңүн араарар, толорорго эрчиллэр.
-Литература айымньытын 3 көрүңүн (эпос, лирика, драма), сүрүн жанрдарын (кэпсээн, сэһэн, роман, үгэ; хоһоон, поэма;), ол арааһын (олох-дьаһах туһунан, быһылааннаах, фантастика, сатира, көр-күлүү кэпсээн, новелла, дьүһүйүү; иэйиилээх, көр-күлүү, анда5ар, уруй-айхал хоһоон, о.д.а.) арааран билэр.
- Уус-уран айымньы темата уонна сүрүн санаата, сюжета уонна тутула диэн өйдөбүлү билэр, айымньыны өйдүүрүгэр, сыаналыырыгар туһанар.
- Айымньыга ойуулуур-дьүһүннүүр уус-уран ньыма арааһа (уус-уран быһаарыы, кубулуйбат быһаарыы, тэңнээһин, тыыннаа5ымсытыы, омуннааһын, кыратытыы, кубулутан этии, ханалытан этии, дьүөрэлээн этии, төхтүрүйэн этии, хатылааһын, о.д.а.) хайдах туттулларын бол5ойор, кэтээн көрөр, бэйэтэ эрчиллэригэр, айан холоноругар туһанар.
- Уус-уран айымньыны төһө сөбүлээбитин-сирбитин арааран өйдүүр, ол төрүөтүн, айымньы туга кэрэхсэтэрин сатаан быһаарар, санаатын этэргэ холонор.
- Үөрэнээччи тылын сайдыыта:
- Уус-уран айымньыны уонна өйгө үөрэппит тексин хоһоонноохтук аа5ар;
- Айымньы уус-уран тылын туттан сиһилии, талан, кылгатан, сирэйин уларытан, киһи кэрэхсиир гына кэпсиир;
- Уус-уран айымньы туһунан ыйытыыга тылынан уонна суругунан толору хоруйдуур;
- Литературнай айымньы уонна герой туһунан бэйэтин санаатын сааһылаан этэр;
- Литературнай герой мэтириэтин, айыл5аны хоһуйуу туһунан суруйааччы дьүһүйүүтүн туһанан уус-ураннык кэпсиир; киһи дьүһүнүн-бодотун, айыл5а көстүүтүн уус-ураннык хоһуйан суруйарга холонор;
- Талбыт тематыгар остуоруйа, таабырын, хоһоон, кэпсээн, оһуохай тылын айан холонор.
№ | Уруок тиэмэтэ | Чааһа | Уруок сүрүн ис хоһооно (үөрэнээччи үлэтэ) | Бэлиэтээ-һиннэр | Күнэ-дьыла (былаанынан) | Күнэ-дьыла (үөрэтил либитинэн) |
1 | Уус-уран литература – тыл искусствота. (киирии уруок) | 1 | Лекция уруок. Уус-уран уобарас, уобарастаан хоһуйуу быһаарыыта. | 03.09 I чиэп. | ||
Норуот тылынан уус-уран айымньыта. | 7 чаас | |||||
2 | Норуот тылынан уус-уран айымньыта. Сиэр-туом тойуктара. Көрүңнэрэ. Алгыс. | 1 | Алгыс өйдөбүлэ, уратыта. Уус-уран тылын күүһэ, иччилээ5э-илбистээ5э. Айыл5а сүдү күүһүгэр үңүү-сүктүү, итэ5эл көстүүтэ. Конспект оңостуу, аа5ыы. | 08.09 | ||
3 | Анда5ар, кырыыс. Ойуун, уда5ан тойуга. | 1 | Ойуун, уда5ан тойугун анала, уус-уран өрүтэ, ап-хомуһун тыл өйдөбүлэ. | 10.09 | ||
4 | «Булчут алгыһа», «Балыксыт алгыһа», «Уруу алгыһа», «Ыһыах алгыһа» | 1 | Талбыт алгыһы хоһоонноохтук аа5ыы. Эргэрбит тыллары кытта үлэ. Алгыс тылын суруйуу. | 15.09 | ||
5 | Норуот ырыалара. | 1 | Саха ырыатын туһунан өйдөбүл. | 17.09 | ||
6 | «Кыталык», «Ат ырыата» | 1 | Ырыалары аа5ыы, толорорго холонон көрүү. | 22.09 | ||
7 | «Чабычах ырыата», «Ситтиэ» | 1 | Талбыт норуот ырыатын толорорго холонуу. Ырыа тутула, уус-уран тыла, ойуулуур-дьүһүннүүр ньымата. | 24.09 | ||
8 | Норуот тылынан уус-уран айымньыта. (түмүктүүр уруок) | 1 | Түһүмэ5и түмүктүүр сорудахтары толоруу: тургутук ыйытыыларга эппиэттээһин, ырытыы, санаа атастаһыыта. | 29.09 | ||
Уус-уран литература. | ||||||
Кэпсээн. | 24 чаас | |||||
9 | Эпическэй айымньылар. Кэпсээн (киирии уруок.) | 1 | Лекция уруок. Эпическэй айымньы өйдөбүлүн байытыы. Кэпсээн көрүңнэрин быһаарыы. | 01.10 | ||
10 | А.И.Софронов – саха литературатын төрүттээччилэртэн биирдэстэрэ. | 1 | Суруйааччы оло5ун, айар үлэтин кытта билсии. | 06.10 | ||
11 | «Куораччыт» кэпсээңңэ революция иннинээ5и саха киһитин оло5о-дьаһа5а, кыһал5ата. | 1 | Аа5ыы, авторы батыһа ырытыы. Олох-дьаһах туһунан кэпсээн өйдөбүлэ. | 08.10 | ||
12 | «Куораччыт» кэпсээңңэ Уһун Ыстапаан уобараһа. | 1 | Уобараһы ырытыы. Айымньыга түмүк суруйуу. | 13.10 | ||
13 | «Куһа5ан дьаллык – дьиэ кэргэн кыһал5атын төрдө» (түмүктүүр уруок) | 1 | Диспут уруок. Проблемнай ырытыы. Айымньы ис хоһоонугар тас уонна ис ыйытыылары оңоруу. | 15.10 | ||
14 | П.А.Ойуунускай – саха советскай литературатын төрүттээччи. | 1 | Суруйааччы оло5ун, айар үлэтин кытта билсии. | 20.10 | ||
15 | «Сүрэх» кэпсээңңэ бассабыык Мэхээчэ уобараһа. | 1 | Аа5ыы, уобараһы ырытыы. Романтическай кэпсээн, новелла өйдөбүллэрэ. | 22.10 | ||
16 | Мэхээчэ – советскай былаас иһин охсуһааччы. (түмүктүүр уруок.) | 1 | Айымньы ойуулуур-дьүһүннүүр ньымаларыгар практическай үлэ. | 27.10 | ||
17 | Д.К.Сивцев- Суорун Омоллоон – саха народнай суруйааччыта. | 1 | Суруйааччы оло5ун, айар үлэтин кытта билсии. | 29.10 | ||
18 | «Ачаа» - «архитектор». | 1 | Аа5ыы, уобараһы ырытыы. Сатирическай кэпсээн өйдөбүлэ. | 10.11 II чиэп | ||
19 | «Бэйэтэ эмтиэкэ» кэпсээңңэ Макаар уобараһа. | 1 | Аа5ыы, уобараһы ырытыы. | 12.11 | ||
20 | «Ачаа», «Бэйэтэ эмтиэкэ» кэпсээннэргэ – хаалынньаң өйдөөх-санаалаах дьон. (түмүктүүр уруок) | 1 | Уобарастары тэңнээн ырытыы. | 17.11 | ||
21 | Г.С.Угаров –Угаалаах – фантаст суруйааччы. | 1 | Суруйааччы оло5ун, айар үлэтин кытта билсии. Фантастика өйдөбүлэ. | 19.11 | ||
22 | Угаалаах «Баһыр5ас» кэпсээнэ – научнай фантастическай айымньы. | 1 | Научнай фантастическай айымньы өйдөбүлэ.Обрамление өйдөбүлэ. Аа5ыы, авторы батыһа ырытыы. | 24.11 | ||
23 | «Баһыр5ас» кэпсээңңэ сэмэй киһи – Томмот Иванович уобараһа. | 1 | Уобараһы ырытыы. Өйтөн суруйуу. | 26.11 | ||
24 | «Баһыр5ас» кэпсээни түмүктүүр уруок. | 1 | Айымньы ис хоһоонун билиигэ ыйытыылар. | 01.12 | ||
25 | Н.А.Габышев айар үлэтэ. «Күндэлэй туһунан кэпсээннэр». | 1 | Суруйааччы оло5ун, айар үлэтин кытта билсии. Юмористическай кэпсээн өйдөбүлэ. Аа5ыы, ырытыы. | 03.12 | ||
26 | «Ытыс са5а кэпсээннэр» - юмористическай кэпсээннэр. | 1 | Хомуурунньуктан талбыт кэпсээннэри аа5ыы, ырытыһыы. | 08.12 | ||
27 | «Дээбикий хоһуун» сэһэнтэн быһа тардыы. | 1 | Хоһуун киһи уобараһын оңоруу. | 10.12 | ||
28 | Н. Габышев – бастың кэпсээнньит.(түмүктүүр уруок) | 1 | Суруйааччы оло5ун, кэпсээннэрин ис хоһоонун билиигэ ыйытыылар. | 15.12 | ||
29 | В.Н.Гаврильева айар үлэтэ. «Кыһыл Бэргэһэчээн уонна сур бөрө» кэпсээнэ. | 1 | Суруйааччы оло5ун, айар үлэтин кытта билсии. Аа5ыы. | 17.12 | ||
30 | Уус Баһылайка кэрэ дойдута. | 1 | Авторы батыһа ырытыы, уобараһы оңоруу. | 22.12 | ||
31 | «Киһи үйэтин тухары кэрэ5э тардыһар…» | 1 | Өйтөн суруйуу. | 24.12 | ||
32 | Кэпсээн түһүмэ5и түмүктүүр уруок. (түмүктүүр уруок) | 1 | Аа5ыллыбыт айымньылар ис хоһооннорун, суруйааччылар олохторун кэпсээнин билиигэ сорудахтар. (тургутук, ыйытыыга эппиэт) | 29.12 | ||
Хоһоон. | 10 чаас | |||||
33 | Лирическэй айымньылар. Сахалыы хоһоон теорията.(киирии уруок) | 1 | Лекция уруок. Анда5ар, ода, элегия, көр-күлүү, сатира, анабыл. Рифма, аллитерац-й хоһоон өйдөбүлэ. | 12.01 III чиэп. | ||
34 | А.Е.Кулаковскай – саха литературатын төрүттээччи. «Кэччэгэй баай» хоһооңңо архаизм көстүүтэ. | 1 | Архаизм өйдөбүлэ.Эргэрбит тыллары кытта үлэ. Хоһоон ойуулуур-дьүһүннүүр ньымаларыгар практическай үлэ. | 14.01 | ||
35 | «Куорат кыргыттарыгар» – куорат баайдарын кыргыттарын күннээ5и кыһал5алара. | 1 | Эргэрбит тыллары кытта үлэ. Хоһоон ойуулуур-дьүһүннүүр ньымаларыгар практическай үлэ. Билиңңи, оччотоо5у куорат кыыһын тэңнээн көрүү. | 19.01 | ||
36 | А.И.Софронов – лирик-поэт. «Туохтан», «Ыччат сахаларга», «Төрөөбүт дойдубар», «Өлөксөй өлбүтүгэр» | 1 | Хоһооннору аа5ыы, формаларын ырытыы. Талбыт хоһоону өйтөн аа5ыы. | 21.01 | ||
37 | П.А.Ойуунускай – аллитерационай хоһоон маастара. «Өрүөл кэриэһэ», «Муора». | 1 | Хоһоон рифматын, тутулун, ойуулуур-дьүһүннүүр ньымаларын ырытыы. «Өрүөл кэриэһэ» хоһоонтон быһа тардыыны өйтөн аа5ыы. | 26.01 | ||
38 | Күннүк Уурастыырап оло5о, айар үлэтэ. «Кыайыы күнэ», «Олох» хоһоонноро. | 1 | Суруйааччы оло5ун, айар үлэтин кытта билсии. Хоһооннор ойуулуур-дьүһүннүүр ньымаларын ырытыы. | 28.01 | ||
39 | С.С.Васильев – Борогонскай «Улуу Ильмень» балладата. | 1 | Баллада өйдөбүлэ. Айымньы ойуулуур-дьүһүннүүр ньымаларыгар практическай үлэ. | 02.02 | ||
40 | «Улуу Ильмень» баллада5а ааспыт сэрии трагедията. (түмүктүүр уруок) | 1 | Баллада уус-уран форматын, тылын өһүн ырытыы. | 04.02 | ||
41 | П.Н.Тобуруокап – юморист-поэт. «Өндөрүүскэ тиэтэйбэт», «Хаппытыан» | 1 | Талбыт хоһоону өйтөн аа5ыы. | 09.02 | ||
42 | Хоһоон түһүмэ5и түмүктүүр уруок | 1 | Хоһооннору, суруйааччылар олохторун кэпсээнин, ойуулуур-дьүһүннүүр ньыма арааһын, сахалыы хоһоон теориятын билиигэ сорудахтары толоруу. | 11.02 | ||
Драма | 6 чаас | |||||
43 | Драматическай айымньылар. (киирии уруок) | 1 | Лекция уруок. Комедия, драма, трагедия өйдөбүллэрэ. | 16.02 | ||
44 | Т.Е.Сметанин айар үлэтэ. «Лоокуут уонна Ньургуһун» драмата | 1 | Суруйааччы оло5ун, айар үлэтин кытта билсии. Драма суруллубут историята. | 18.02 | ||
45 | «Лоокуут уонна Ньургуһун» драма маңнайгы төгүлэ. | 1 | Оруолларынан аа5ыы. Авторы батыһа ырытыы, Лоокуут уонна Күһэңэй уобарастара. | 25.02 | ||
46 | «Лоокуут уонна Ньургуһун» драма иккис төгүлэ. | 1 | Оруолларынан аа5ыы. Авторы батыһа ырытыы. | 02.03 | ||
47 | «Лоокуут уонна Ньургуһун» драма үһүс, төрдүс төгүлэ. | 1 | Афоризм өйдөбүлэ. Оруолларынан аа5ыы. Авторы батыһа ырытыы. | 04.03 | ||
48 | Таптал – сүдү күүс (түмүктүүр уруок) | 1 | Санаа атастаһыыта, ырытыһыы. «Лоокуут уонна Ньургуһун» драма5а мин сөбүлээбит геройум» диэн тема5а өйтөн суруйуу. | 09.03 | ||
Сэһэн | 6 чаас | |||||
49 | Н.Г.Золотарёв-Якутскай оло5о, айар үлэтэ. «Көмүстээх үрүйэ» сэһэн – промышленность тематыгар I айымньы. | 1 | Сэһэн өйдөбүлэ. Көрүңэ: олох-дьаһах, сиэр-майгы туһунан сиһилиир; история чахчытыгар, докумуоңңа оло5урбут; фантастикалаах; быһылааннаах о.д.а. | 11.03 | ||
50 | Уйбаанча Кураанах Үрүйэ5э кыһыл көмүһү булуута. | 1 | Аа5ыы, авторы батыһа ырытыы. | 16.03 | ||
51 | «Сэдьүк о5онньор кэриэһэ – аптаах эмэгэт» | 1 | Уобараһы оңоруу. | 18.03 | ||
52 | Опарин атыыһыкка. | 1 | Аа5ыы, авторы батыһа ырытыы. Ыйытыыларга эппиэт. | 06.04 IV чиэп. | ||
53 | Кыһыл көмүс иһин… | 1 | Авторы батыһа ырытыы. Ыйытыыларга эппиэт. | 08.04 | ||
54 | «Кыһыл көмүс – эбэңки баайа буолбатах…» (түмүктүүр уруок) | 1 | Айымньы ис хоһоонун билиигэ ыйытыылар. Сөбүлээбит түгэңңэ уруһуй. Талбыт тема5а өйтөн суруйуу. 1.«Көмүстээх үрүйэ» сэһэңңэ Уйбаанча уобараһа. 2.«Кыһыл көмүс – эбэңки баайа буолбатах» | 13.04 | ||
Поэма. | 4 чаас | |||||
55 | Поэма өйдөбүлэ, уратыта | 1 | Арааһа, айыллар кистэлэңэ. Эпос уонна лирика алтыһыыта. | 15.04 | ||
56 | А.И.Софронов «Сылбах тиит» поэмата. | 1 | Ханарытан этии өйдөбүлэ. Хоһоонноохтук аа5ыы. | 20.04 | ||
57 | Күннүк Уурастыырап «Муустаах муора» поэмата. | 1 | Поэма тутулун быһаарыы. | 22.04 | ||
58 | Поэмалары түмүктүүр уруок. | 1 | Айымньылар ойуулуур-дьүһүннүүр ньымаларыгар практическай үлэ. | 27.04 | ||
Роман. | 7 чаас | |||||
59 | Н.Е.Мординов-Амма Аччыгыйа оло5о, айар үлэтэ. «Сааскы кэм» романа. | 1 | Суруйааччы оло5ун, айар үлэтин кытта билсии. Роман өйдөбүлэ, уратыта. Ромаңңа киһи уонна норуот дьыл5ата. | 29.04 | ||
60 | «Аптаах тыл» | 1 | Аа5ыы, авторы батыһа ырытыы. | 04.05 | ||
61 | Даарыйа эмээхсин – «аптаах тыл» маастара | 1 | Уобараһы оңоруу. | 06.05 | ||
62 | «Тымтык уота» | 1 | Авторы батыһа ырытыы. | 11.05 | ||
63 | Даайыс тыйыс дьыл5ата. | 1 | Уобараһы оңоруу. | 13.05 | ||
64 | «Күөх лабаалар» | 1 | Авторы батыһа ырытыы. | 18.05 | ||
65 | «Сааскы кэм» - саха революция иннинээ5и оло5ун энциклопедията.(түмүктүүр уруок) | 1 | Айымньы ис хоһоонун билиигэ ыйытыыларга эппиэт. «Саха дьахтарын эрэйдээх дьыл5ата – «Сааскы кэм» ромаңңа» өйтөн суруйуу. | 20.05 | ||
Публицистика. | 2 чаас | |||||
66 | Публицистика. Суорун Омоллоон «Дорообо, төрөөбүт тыам!» очерката. | 1 | Публицистика сүрүн өйдөбүлэ, уратыта, анала, жанрын сүрүн арааһа. | 25.05 | ||
67 | Сыллаа5ы хатылааһын. | 1 | Тургутук, көңүл тема5а өйтөн суруйуу. | 27.05 |
2 уруок бырааһынньыкка түбэстэ. (Бала5ан ыйын 1 күнэ, Олунньу 23 күнэ)
По теме: методические разработки, презентации и конспекты
Рабочая программа по родному языку и родной литературе 5 класс
Рабочая программа для родного русского языка...
Рабочая программа по родному русскому языку и родной русской литературе. 7 класс.
Программа по учебному предмету «Родной русский язык и родная русская литература» призвана научить детей рассматривать язык как материал словесности и произведения как явления искусства сло...
Рабочая программа по родному (татарскому) языку для учащихся 9 класса русской школы, изучающих татарский как родной
Рабочая программа по родному (татарскому) языку для учащихся 9 класса русской школы, изучающих татарский как родной...
Рабочие программы по родному языку и родной литературе, методические материалы
Рабочие программы по родному языку и родной литературе, методические материалы...
Рабочая программа по родному русскому языку и родной русской литературе 5-9 кл.
Рабочая программа по родному русскому языку и родной русской литературе 5-9 кл. ФГОС...
Рабочая программа_Русский родной_5 класс
Рабочая программа_Русский родной_5 класс...
Рабочая программа по родной русской литературе 8,9,10 класс и родному русскому языку 7, 9 класс
Рабочая программа по родной русской литературе. Учебник: Александрова О.М. Аристова М.А. Беляева Н.В. Добротина И.Н. Критарова Ж.Н. Мухаметшина Р.Ф. Русская родная литература. 8 класс....