Рабочая программа по родной литературе 10 класс
рабочая программа (10 класс) на тему

Васильева Наталья Викторовна

2016-2017 уерэх дьылыгар 10 кылааска саха литературатын уерэтиини суруннуур бырагыраама

Скачать:

ВложениеРазмер
Файл 10_literatura_16-17_ue.d._.docx66.35 КБ

Предварительный просмотр:

Саха Республикатын Үөрэ5ириитин министерствота

Ньурба оройуонун Үөрэ5ин управлениета

П.С. Егоров аатынан Акана орто оскуолата

         «Сөбүлэhэбин»

Директоры   үөрэх  чааhыгар                                                                                                                                

   солбуйааччы Лукина А.А.

«_______»___________________

                                                                «Бигэргэтэбин»

                                                  П.С. Егоров аатынан  Акана орто          

                                                          оскуолатын  директора

                                                                   Федоров Н.Н.

                                                             « ______»___________________

2016/2017  үөрэх дьылыгар

10 кылааска

саха литературатын үөрэтиини

сүрүннүүр бырагыраама

Программа: «Саха оскуолатыгар 5-11 кылааска норуот тылынан уус-уран айымньытын уонна саха литературатын үөрэтии»

 Автордар: Филиппова Н.И.,  Шишигина В.Р., Максимова М.Е.. Дь., 1996)

Учебник:  1. «Саха литературата» (10 кылааска үөрэнэр хрестоматия. Иккиһин эбэн таһаарыы)

Автордар: Е.М. Поликарпова, В.С.Яковлев-Далан, Л.Ф.Молукова. Дь. Бичик, 2013 с.

Учебник:  2. «Саха литературата 10» (уопсай орто үөрэхтээһин 10 кылааһыгар үөрэнэр кинигэ. 1 тахсыыта)

Автордар: Н.Н.Тобуруокап, П.В.Максимова, Н.И.Филиппова. Дь. Бичик, 2006 с.

35x2=70 ч.

Учуутал: Васильева Наталья Викторовна

Быһаарыы сурук.

              10 кылааска саха литературатын уруогун үөрэтиини сүрүннүүр бырагыраама 1996 сыллаахха тахсыбыт «Саха оскуолатыгар 5-11 кылааска норуот тылынан уус-уран айымньытын уонна саха литературатын үөрэтии» бырагырааманан оңоһулунна. Бырагыраама5а сурулларынан, төрөөбүт литератураны үөрэтиигэ билиңңи кэмңэ маннык сыал-сорук турар:

- сахалыы литератураны сэргээн, кэрэхсээн, сатаан, өйдөөн аа5арга үөрэтии; аахпыты бэйэ сайдыытыгар туһанарга туһулааһын;

- ийэ тыл уус-уран күүһүн, кэрэтин, тыл илбиһин, хомуһунун о5о кыра сааһыттан иңэрии;

- уус-уран айымньыны, араас геройдарын туһанан төрөөбүт норуот оло5ун, историятын, культуратын, үгэстэрин, сиэрин-майгытын арыйыы; киһи аналын, оло5у дириңник, таба өйдүүргэ үөрэтии;

 - төрөөбүт тылынан уус-уран айымньы айыллар үгэһин, кистэлэңин, араас ньыматын билиһиннэрии;

- үөрэнээччи айымньылаахтык толкуйдуур уонна айар дьо5ура тобулларыгар суол аһыы;

- уус-уран айымньыны уран тыллаах, ураты дьо5урдаах, талааннаах дьон айарын өйдөтүү.

Литература уруогун сүрүн анала – үөрэнээччи төрөөбүт тыл, фольклор уонна литература норуот духовнай баайа, киһи өйө-санаата тобуллар, туругурар, майгыта-сигилитэ ситэр, арыллар, истиң, иһирэх иэйиитэ уһуктар эйгэтэ буолар диэн өйдүүрүн ситиһии.

             Үөһэ ыйыллыбыт бырагыраама5а саха литературатын 5-11 кылааска үөрэтии үс сүһүөххэ араарыллар: I сүһүөх – 5-7 кылаас, II сүһүөх – 8-9 кылаас, III сүһүөх – 10-11 кылаас.

              III сүһүөх уус-уран айымньыны аа5ары таһынан, саха литературата үөскээбит уонна сайдан кэлбит суолун билиһиннэрэр соруктаах. Ол иһин  уус-уран айымньы историзм принцибин тутуһан, литература сайдыытын (литературнай процесс) сүрүн түһүмэхтэринэн сааһыламмыт.

10-11 кылааска саха литературатын үөрэтии

түмүк ситиһиитэ.

  1. Үөрэнээччи билиитэ уонна сатабыла:

- Айымньыны билэр, өйдүүр туһугар кудуччу, сүүрдэн, сыныйан, талан аа5ар;

- Булгуччу аа5ан билэр:

Сахалыы суруллубут аан маңнайгы айымньыны;

          Маңнайгы суруйааччылар А.Е.Кулаковскай, А.И.Софронов, В.В.Никифоров, Н.Д.Неустроев биирдии бөдөң айымньыларын, А.Е.Кулаковскай, А.И.Софронов олохторун кэпсээнин кытта дьүөрэлээн философскай хоһоонноруттан;

          П.А.Ойуунускай оло5ун  кэпсээнин кытта дьүөрэлээн  хоһоонноруттан уонна «Кыһыл ойууну»; Эллэй, Күннүк Уурастыырап хоһооноруттан; Күндэ биир кэпсээнин, Эрилик Эристиин, Амма Аччыгыйа биирдии сэһэнин, Суорун Омоллоон «Күкүр Уус» драматын;

          «Ааттара тиллибит» поэттар, суруйааччылар, И.Арбита, Алтан Сарын айымньыларыттан;

Сэрии кэминээ5и литератураттан 3-4 автор 2-3-түү айымньытын;

Билиңңи суруйааччылар Н.Якутскай «Төлкө» романын, С.Данилов, Баал Хабырыыс, И.Гоголев, П.Тобуруокап, С.Васильев хоһооноруттан уонна биирдии бөдөң айымньыны;

              С.Данилов, Далан, Н.Лугинов айымньыларыттан биирдии романы эбэтэр сэһэни;

3-4 эдэр автор 1-2-лии айымньытын.

- 10-ча хоһоону уонна 2-3 кэпсээнинэн айымньыттан быһа тардыыны өйтөн аа5ар;

- Классик суруйааччылар А.Е.Кулаковскай, А.И.Софронов, Н.Д.Неустроев, П.А.Ойуунускай олохторун уонна айар үлэлэрин толору, атын 3-4 суруйааччы оло5ун сүрүн түгэннэрин эбэтэр сорох айымньытын айыллыбыт историятын билэр;

- үөрэппит айымньытын туһунан сүрүн эбэтэр утарыта сыанабылы билсиһэр, айымньыны өйдүүргэ, ырытарга туһанар;

- саха уус-уран литературата сайдыбыт сүрүн түһүмэхтэрин билэр; түһүмэх сүрүн уратытын, бэлиэ айымньыларын, олох хаамыытын, уларыйыытын кытта ситимин өйдүүр;

-  суруйааччы сатабылын, айар стилэ, тыла-өһө туох уратылаа5ын бол5ойор, өйдүүр;

- литература үөрэ5ин сүрүн өйдөбүллэрин, терминнэрин билэр, уус-уран айымньыны өйдүүргэ, ырытарга туһанар;

- автор оло5у анааран көрөр өйө-санаата (мировоззрениета) айымньытыгар көстөрүн, ол арыллар сүрүн ньыматын өйдүүр;

- литература үөрэ5эр уонна критикатыгар тахсар үлэ сүрүн көрүңүн (монография, ыстатыйа, анаарыы(обзор), сыанабыл, реферат уо.д.а), уратытын арааран билэр, айымньыны сыныйан өйдүүргэ туттар, туһанар.

  1. Үөрэнээччи тылын сайдыыта:

- сахалыы ыраастык, ылба5айдык, санаатын сааһылаан саңарар;

- уус-уран айымньы көрүңүн, стилин тутуһан хоһооноохтук, уус-ураннык аа5ар, кэпсиир (сиһилии, талан, кылгатан, айан);

- бүтүн айымньыны эбэтэр быһа тардыыны литература теориятын өйдөбүллэрин туһанан ырытар, сыаналыыр;

- проблемнай тема5а биир эбэтэр хас да айымньыга оло5уран толкуйдаан, тойонноон өйтөн суруйар;

- аахпыт айымньыга, көрбүт киинэ5э, спектакльга, видео, телевизор киинэтигэр, ойуулуур-дьүһүннүүр искусство айымньытыгар уо.д.а. бэйэтин санаатын, сыанабылын этэр, суруйар;

- литература, публицистика айымньытыгар аннотация оңорор, литературнай-критическэй үлэни конспектыыр;

- бэйэ суруйар үлэтигэр былаан, тезис, конспект оңорор; эпиграбы, цитатаны сатаан туһанар;

- литература олох уус-уран кэрэһитэ, туоһута буоларын учуоттаан, литература матырыйаалынан араас дьүүллэһиигэ, диспукка, конференция5а кыттар, бэйэ санаатын олохтоохтук дакаастаан этэргэ эрчиллэр;

- норуот тылынан айымньытын стилинэн остуоруйаны, чабыр5а5ы, ырыаны-тойугу, оһуохайы айарга, толорого холонор.

Уруок тиэмэтэ

Чааһа

Уруок сүрүн ис хоһооно

(үөрэнээччи үлэтэ)

Бэлиэтээһиннэр

Күнэ-дьыла

(былаа

нынан)

Күнэ-дьыла

(үөрэтил

либитинэн)

1

Урут үөрэппити хатылааһын

1

Былырыын үөрэппит айымньылары хатылыырга тургутук толоруу. (Урут билбиккэ оло5уран бэйэ санаатын этии, кэпсэтиигэ кыттыһыы. Санаа атастаһыыта.)

02.09

2

I түһүмэх. Саха литературата суол төрдүгэр.(Киирии уруок)

1

Саха лит. сайдыытыгар фольклор уонна аан дойду класс. лит-тын суолтата, сабыдыала. (Учуутал кэпсээниттэн конспект оңостуу)

07.09

3

А.Я.Уваровскай – сахалыы маңнайгы уус-уран айымньы автора.

1

А.Я.Уваровскай оло5ун кэпсээнин сыныйан аа5ыы.

Очерк өйдөбүлэ.

Айымньы суруллубут историята, жанра.

09.09

4

«Ахтыылар». Уваровскай о5о сааһын умнуллубат  чахчылара.

1

Ахтыылары аа5ыы. Авторы батыһа ырытыы.

Тыйыс айыл5аны, дьон уустук сыһыанын, бэйэ иэйиитин уус-ураннык сиһилээһин.

14.09

5

«Ахтыыларга» - саха омук майгыта.

1

Авторы батыһа ырытыы. Оччотоо5у саха уонна билиңңи саха. Тэңнээн көрүү. Ыйытыыларга эппиэттээһин.

Стиль, тыл-өс уратыта.

16.09

6

Уваровскай  Петербург куоракка. О.Н.Бётлиңңа суруга.

1

Айымньы толору силигиттэн аа5ыы. Олуктарынан ырытыһыы. „Уваровскай уонна саха дьоно“ өйтөн суруйуу.

21.09

7

Уваровскай «Ахтыылара» - 19 үйэтээ5и Саха сирин оло5ун дьиңнээх туоһута. (түмүктүүр уруок)

1

Уваровскай оло5ун кэпсээнин, «Ахтыыларын» ис хоһоонун билиигэ тургутук-ыйытыылар. Өйтөн суруйууну ырытыһыы, санаа атастаһыыта.

23.09

8

Өксөкүлээх Өлөксөй – бөлүһүөк-поэт, сырдатааччы, чинчийээччи.

1

Өксөкүлээх Өлөксөй туһунан кылгас киинэни көрүү. Оло5ун кэпсээнин аа5ыы, хронологическай таблица оңоруу.

28.09

9

Өксөкүлээх Өлөксөй «Ойуун түүлэ» поэмата – «үйэ айымньыта». I кэрчик.

1

Айымньы туһунан лекцияны истии, бэлиэтэнии. I кэрчиги аа5ыы, авторы батыһа ырытыы.

«Ойуун түүлэ»-оччотоо5ү кэм прогрессивнай өйө-санаата түмүллүүтэ.

30.09

10

«Ойуун түүлэ» II кэрчик.

1

II кэрчиги аа5ыы, ырытыы. Ойуун араас омуктары характеристикалааһыныгар санаа атастаһыыта.

Ойуун уобараһын суолтата.

05.10

11

«Ойуун түүлэ» III кэрчик.

1

III кэрчиги аа5ыы. Омук тыыннаах хаалар суолун туһунан автор санааларын ырытыһыы.

Поэма сүрүн санаалара уонна билиңңи кэм.

07.10

12

«Ойуун түүлэ» уонна билиңңи кэм.

(түмүктүүр уруок)

1

Бэриллибит темалартан талан өйтөн суруйуу. Тургутук-ыйытыыларга эппиэттээһин.

12.10

13

«Өй, сүрэх икки мөккүөрэ»

1

Оруолларынан аа5ыы. «Хайалара баһылыыр күүстээ5ий?» толкуй сурук.

Айымньы жанрын уратыта, Н.Т.У.У.А силиһэ, ситимэ.

Тыңаан турар боппуруостары  таарыйыы.

14.10

14

В.В.Никифоров-Күлүмнүүр – саха маңнайгы үөрэхтээхтэриттэн биирдэстэрэ.

1

Суруйааччы оло5ун кэпсээнин кытта билсии. 150 сааһыгар аналлаах литературнай викторина ыйытыыларын оңоруу.

19.10

15

«Манчаары» - сахалыы маңнайгы драма.

Драма I,  II оонньуулара.

1

Драма суруллубут историятын кытта билсии. Драманы оруолларынан аа5ыы.

21.10

16

«Манчаары» драма III, IV оонньуулара.

1

Оруолларынан аа5ыы, авторы батыһа ырытыы. Манчаары ба5а санаата, охсуһуута. Монологун суолтатын быһаарыы. Уобараһы оңоруу.

26.10

17

«Манчаары» драма V оонньуута.

«Манчаары норуот номо5ор» түмүктүүр уруок.

1

Аа5ыы, авторы батыһа ырытыы.

Түмүктүүр ыйытыыларга эппиэттээһин. „Манчаары – көңүл салгына“ толкуй сурук.

28.10

18

А.И.Софронов-Алампа – талааннаах драматург. «Олох оонньуура» драма I төгүлэ.

1

Оло5ун, айар үлэтин билсии, хронологическай таблица оңоруу. Драма I төгүлүн оруолларынан аа5ыы.

Саха лит-тын төрүттээччилэртэн биирдэстэрэ, талааннаах драматург, поэт, прозаик. Саха сиригэр бэчээт, культура, театр сайдыытыгар үтүөтэ.

09.11

II чиэп.

19

«Олох оонньуура» драма5а Уйбаан уобараһа.

1

Драма III, IV, V төгүлүн оруолларынан аа5ыы. Уйбаан уобараһын оңоруу.

Драма философскай-этическэй санаалара.

11.11

20

«Баай-дуол – дьол дуо?» түмүктүүр уруок.

1

Майгы-сигили, бэйэ дьыл5атыгар, тулалыыр эйгэ5э эппиэттээх буолуу проблематын көтө5үү, ырытыһыы. Талбыт тема5а өйтөн суруйуу.

16.11

21

«Дьол икки сор икки» хоһооңңо норуот өйүн-санаатын, оло5ун-дьаһа5ын философията.

1

Хоһоону оруолларынан аа5ыы, ураты тылын-өһүн бол5ойуу. Сыанабыл суруйуу.

18.11

22

Н.Д.Неустроев – саха бастакы комедиограба. „Куһа5ан тыын“ комедия I төгүлэ.

1

Оло5ун, айар үлэтин билсии. Комедия I төгүлүн оруолларынан аа5ыы.

Саха лит-тын төрүттээччилэртэн биирдэстэрэ, прозаик, драматург. Күлүү маастара.

23.11

23

„Куһа5ан тыын“ комедия II, III, IV төгүллэрэ.

1

Комедия II, III, IV төгүллэрин аа5ыы, ырытыһыы.

25.11

24

„Дьоллоох олох диэн тугуй?“ түмүктүүр уруок.

1

Проблемнай ырытыы. Санаа атастаһыыта. Талбыт тема5а өйтөн суруйуу.

30.11

25

„Саха литературата суол төрдүгэр“ салааны түмүктээһин.

1

Үөрэтиллибит айымньылар ис хоһооннорун, ис номохторун уонна суруйааччылар олохторун билиигэ тургутук-ыйытыыларга эппиэттээһин.

Хатылааһын уруок.

02.12

26

II түһүмэх. Уус-уран литература олох тосту уларыйар күөнүгэр.

1

Өктөөп революцията, Совет былааһын олохтооһун киһи өйүн-санаатын, оло5у көрүүтүн, сиэрин-майгытын уларытыыта.(Учуутал кэпсээниттэн конспект оңостуу)

07.12

27

П.А.Ойуунускай – революция ырыаһыта.

1

П.А.Ойуунускай революционнай хоһооннорун аа5ыы. Хоһоон этэр ис номо5ун бол5ойуу, ырытыы. Хоһооннор ойуулуур-дьүһүннүүр ньымаларын ырытыы.

Революционнай охсуһуу романтиката.

09.12

28

П.А.Ойуунускай „Кыһыл Ойуун“ олоңхо-тойуга. Ойуун буолуу төрдө

1

„Кыһыл ойуун“ I оонньуутун оруолларынан аа5ыы,  авторы батыһа ырытыы.

Киһи аймах муңур ба5ата туоларыгар эрэл санаа, онно эрэннэрии.

14.12

29

Оруос баайы кыайыы.

1

„Кыһыл ойуун“ II, III оонньууларын оруолларынан аа5ыы, авторы батыһа ырытыы.

16.12

30

Ойуунтан аккаастаныы.

1

„Кыһыл ойуун“ IV оонньуутун оруолларынан аа5ыы.

21.12

31

«Кыһыл ойууңңа» эргэ уонна саңа, үтүө уонна мөкү күрэстэһиитэ. (түмүктүүр уруок)

1

Ырытыы, ыйытыыларга эппиэт. Кыһыл ойуун, Оруос баай уобарастарын оңоруу.

23.12

32

Саха  I народнай поэта С.Р.Кулачиков-Эллэй.

1

Суруйааччы оло5ун, айар үлэтин билсии,  хронологическай таблица оңоруу.

Лирикатын сүрүн бэлиэтэ.

28.12

33

Эллэй «Кытыйа», «Партизан уңуо5ар», «Саа уоһугар» хоһоонноро

1

Хоһооннору аа5ыы, ойуулуур-дьүһүннүүр ньымаларыгар практическай үлэ. Талбыт хоһоону өйгө үөрэтии.

11.01

III чиэп.

34

А.А.Иванов-Күндэ айар үлэтэ.

1

Суруйааччы оло5ун, айар үлэтин кытта билсии, эбии матырыйаал булуу.

13.01

35

Күндэ «Иэдээннээх ба5а» кэпсээнэ.

1

Кэпсээни аа5ыы, ырытыы. Кэпсээн трагедиятын быһаарыы. Психологическай ойуулааһын уратытын өйдөөһүн.

18.01

36

Күндэ – ыра санаа поэта.

1

Хоһооннорун аа5ыы, ырытыы. Санаа атастаһыыта. Хоһоонноохтук аа5ыы.

20.01

37

Күндэ айымньыларыгар түмүктүүр уруок.

1

Күндэ айымньыларын ис хоһоонун уонна суруйааччы оло5ун, айар үлэтин билиигэ тургутук-ыйытыылар.“Хаартыһыттар“, „Доромоонноох“ кэпсээннэртэн талан аа5ыы.

25.01

38

Г.В.Баишев-Алтан Сарын оло5о, айар үлэтэ.

1

Суруйааччы оло5ун, айар үлэтин билсии, хронологическай таблица оңоруу.

27.01

39

«Кыһыл өрт» поэмата

1

Поэма ураты тылын-өһүн бол5ойуу, тыл суолтатын кытта үлэ.

01.02

40

«Этиңнээх ардах» дьүһүйүү

1

Айымньы тылыгар-өһүгэр практическай үлэ. Ханалытан этии, ымпыктаан-чымпыктаан ойуулааһын, уус-уран дьүһүйүү.

03.02

41

С.С.Яковлев-Эрилик Эристиин оло5о, айар үлэтэ

1

Суруйааччы оло5ун, айар үлэтин билсии, хронологическай таблица оңоруу.

08.02

42

«Кэриэс туолуута» сэһэнтэн быһа тардыы I главата. Мунньах.

1

Айымньыны аа5ыы, уус-ураннык кэпсииргэ холонуу.

Автор айар стилин уратытын бол5ойуу.(уус-уран сиһилээһин, мэтириэт, уустук тэңнэбил...)

10.02

43

II  глава. Бандьыыттар.

1

Аа5ыы, ырытыһыы.

15.02

44

III глава.

1

Аа5ыы, ырытыһыы.

17.02

45

IV глава. Олоңхо өлүүттэн быыһааһына

1

Аа5ыы, ырытыһыы. Кэпсииргэ бэлэмнэнии.

22.02

46

V, VI, VII главалар. Кэриэс туолуута.

1

Талбыт тема5а өйтөн суруйуу. Айымньы ис хоһоонун билиигэ тургутук.

24.02

47

Д.К.Сивцев-Суорун Омоллоон оло5о, айар үлэтэ

1

Суруйааччы оло5ун, айар үлэтин билсии. 110 сааһыгар аналлаах литературнай викторина ыйытыыларын оңоруу.

01.03

48

«Күкүр Уус» драма

1

Драма I, II, III оонньууларын оруолларынан аа5ыы. Ырытыы.

03.03

49

«Күкүр Уус» драма

1

Драма IV, V, VI оонньууларын оруолларынан аа5ыы. Ырытыы.

10.03

50

«Күкүр Уус» драма5а түмүктүүр уруок

1

Драма сүрүн геройдарын уобарастарын оңоруу.

15.03

51

В.М.Новиков-Күннүк Уурастыырап айар үлэтэ.

1

Суруйааччы оло5ун, айар үлэтин билсии. 110 сааһыгар аналлаах литературнай викторина ыйытыыларын оңоруу.

17.03

52

Күннүк Уурастыырап хоһоонноро.

1

Талбыт хоһооңңо сыанабыл суруйуу. Хоһооннор ойуулуур-дьүһүннүүр ньымаларыгар практическай үлэ.

05.04

IV чиэп.

53

Н.Е.Мординов-Амма Аччыгыйа оло5о, айар үлэтэ.

1

Суруйааччы оло5ун, айар үлэтин билсии. Айар үлэтигэр иһитиннэрии бэлэмнээн оңоруу.

07.04

54

«Ата5астабыл» сэһэңңэ Хабырылла Татыгыырап уобараһа.

1

Сэһэни аа5ыы, авторы батыһа ырытыы.

12.04

55

 „Ата5астабыл“. Колхозка төннүү

1

Сэһэни аа5ыы, авторы батыһа ырытыы.

14.04

56

«Ата5астабыл» түмүктүүр уруок

1

Айымньы ис хоһоонун билиигэ тургутук ыйытыылар.

19.04

57

И.Е.Слепцов-Арбита хоһоонноро

1

Суруйааччы оло5ун, айар үлэтин билсии. Хоһооннорун аа5ыы, ырытыһыы, талбыт хоһоону өйгө үөрэтии.

21.04

58

К.О.Гаврилов-Тыа о5ото «О5олоох ыалтын онноо5ор уот иччитэ үөрэр»

1

Суруйааччы оло5ун, айар үлэтин билсии. Кэпсээни аа5ыы, ырытыһыы.Ыйытыыларгэ эппиэт(учебнигынан)

26.04

59

К.О.Гаврилов хоһоонноро

1

Хоһооннорун аа5ыы, ырытыһыы, талбыт хоһоону өйгө үөрэтии.

28.04

60

Ф.Г.Винокуров-Даадар хоһоонноро

1

Суруйааччы оло5ун, айар үлэтин билсии. Хоһооннорун аа5ыы, ырытыһыы, хоһоонноохтук аа5ыы.

03.05

61

В.С.Яковлев-Далан оло5о, айар үлэтэ

1

Суруйааччы оло5ун, айар үлэтин билсии, хронологическай таблица оңоруу.

05.05

62

В.С.Яковлев-Далан «Дьыл5ам миэнэ» романыттан быһа тардыы.

1

Кэрчиктэри аа5ыы, авторы батыһа ырытыы.

10.05

63

«Төрөөбүт тыл», «Көңүл иһин»

1

Кэрчиктэри аа5ыы, авторы батыһа ырытыы.

12.05

64

Далан оло5ун кырдьыга. Түмүктүүр уруок

1

Суруйааччы оло5ун, айар үлэтин, айымньы ис хоһоонун билиигэ сорудахтары толоруу.

17.05

65-68

Сыллаа5ы хатылааһын.

4

Сыл устата ылбыт билиини тургутар сорудахтары толоруу, көңүл тиэмэ5э өйтөн суруйуулар.

19.05

24.05

26.05

31.05

1  уруок бырааһынньыкка түбэстэ. (Кулун тутар 8 күнэ)


По теме: методические разработки, презентации и конспекты

Рабочая программа по родному языку и родной литературе 5 класс

Рабочая программа для родного русского языка...

Рабочая программа по родному русскому языку и родной русской литературе. 7 класс.

Программа по учебному предмету «Родной русский язык и родная русская литература» призвана научить детей рассматривать язык как материал словесности и произведения как явления искусства сло...

Рабочая программа по родному (татарскому) языку для учащихся 9 класса русской школы, изучающих татарский как родной

Рабочая программа по родному (татарскому) языку для учащихся 9 класса русской школы, изучающих татарский как родной...

Рабочие программы по родному языку и родной литературе, методические материалы

Рабочие программы по родному языку и родной литературе, методические материалы...

Рабочая программа по родному русскому языку и родной русской литературе 5-9 кл.

Рабочая программа по родному русскому языку и родной русской литературе 5-9 кл. ФГОС...

Рабочая программа_Русский родной_5 класс

Рабочая программа_Русский родной_5 класс...

Рабочая программа по родной русской литературе 8,9,10 класс и родному русскому языку 7, 9 класс

Рабочая программа по родной русской литературе. Учебник: Александрова О.М. Аристова М.А. Беляева Н.В. Добротина И.Н. Критарова Ж.Н. Мухаметшина Р.Ф. Русская родная литература. 8 класс....