Технологическая карта урока "Н. Лугинов "Айгылла" кэпсээнэ"
план-конспект урока (8 класс) на тему

Еримеева Саргылана Семеновна

Технологическая карта урока по якутской литературе в 8 классе. На тему:  "Н. Лугинов "Айгылла" кэпсээнэ"

Скачать:


Предварительный просмотр:

Төрөөбүт литературабыт 8 кылаас.

Темата

Н. А. Лугинов “Айгылла” кэпсээнигэр дойду ахтылҕана

Сыала

Үөрэнээччилэр айымньы туһунан бэйэлэрин тус санааларын ситимнээн этэ, айымньыны ырыта үөрэнэллэригэр усулуобуйа тэрийии.

1.Үөрэнээччи айымньыны киэҥник анааран өйдүүрүгэр уһуйуу, дьиҥ оло5у кытта  дьүөрэлээн көрүүтүн ситиһии.

2. Үөрэнээччи айымньыны чинчийэр, аахпыты анаарар, киэҥник толкуйдуур, санаатын этэр дьо5урун сайыннарыы.

 3. Төрөөбүт дойдуга тапталы, киэҥ туттууну уһугуннарыы.

Уруок тиибэ

Ырытыы

Тγмγк ситиhии:

Ытык ѳйдѳбγллэри иӊэрии тγмγгэ:  Төрөөбүт дойдуну таптааһын, киэҥ туттуу.

 

Үѳрэх сатабылларын иҥэрии тγмγгэ:

Билэр-кѳрѳр сатабыл: Бэриллибит тема5а тугу билэрин кэпсиир. Өй үлэтин араас дьайыыларын кэбэҕэстик оҥорор.  

Бэйэни салайынар-дьаһанар сатабыл: Сыалын таба туруорунар. Туох ханнык тγмγккэ кэлиэхтээ5ин быhа холоон билэр. Итэ5эhин, ал5аhын кѳннѳрѳр, бэйэтин тылыгар-ѳhγгэр тыл нуорматын ирдэбилин тутуhарга дьулуhар. Тылын-ѳhγн тупсаран, санаатын сиhилии этэргэ, кэпсииргэ дьулуhар. Ал5аhа суох саӊарарга, санаатын ыпсаран, хомо5ойдук этэргэ кыhаллар. Бириэмэтин аттарынар. 

 Бодоруһар сатабыл:  

Бииргэ үлэлиир үөрүйэх. Атын о5о санаатын истэр, бэйэтин санаатын этэр. Алтыhыы туругар кэбэ5эстик киирэр.

Кэпсэтэр үөрүйэх. Кэпсэтэр киhитин убаастыыр, сэӊээрэр, санаатын бол5ойон истэр, ылынар. Кэпсэтэригэр дьон бол5омтотун тардар, сэргэхситэр, сонуур5атар. Кэпсэтэр кэмӊэ бэйэ кѳрбγтγн, истибитин, аахпытын сиһилии сэһэргиир. 

Тустаах γѳрэх биридимиэтин γѳрэтии тγмγгэ:

        Үөрэнээччи айымньыны, уус-уран уобараһы ырытар. 

Туттуллар матырыйаал: Кинигэ, үлэлиир тэтэрээт,  проектор, презентация.

Үлэ кѳрүӊнэрэ:  бэйэ γлэтэ, пааранан.

Уруок хаамыыта:

Үлэ көрүҥэ

Учуутал үлэтэ

Үөрэнээччи үлэтэ

Тэрээһин түһүмэҕэ

Уруокка бэлэмнэрин кѳрѳр, тэрийэр.

Уруокка бэлэмнэнэллэр.

Уруок тематын, сыалын туруоруу

Синквейн ньыматынан уруок тематын, сыалын туруоруу.

1 слайда.

Төрөөбүт дойду

2 даҕааһын аат суруйуу

3 туохтуур суруйуу

4 тылынан иэйиигин суруй

1 анал аат

Быһаарар.

Теманы чопчулуур.

Оҕолор көрөннөр толкуйдууллар, суруйаллар. Суруйбуттарын ааҕаллар. Уруок тематын таһаараллар. Сыалларын туруоруналлар. Анал илиискэ суруналлар.

Ырытыы

Уобараһы ырытыы.

Айгылла уобараһын ырытыы.

Талларар.

Оҕолор талан ыланнар Айгыллаҕа дьоннор сыһыаннарын суруйаллар. Кини хайдах киһи буоларын быһаараллар.

Ромашка Блума ньыматынан айымньыны ырытыы

2 слайд.

  1. Ханнык историческай кэм ойууланарый?
  2. Кини доруобуйата мөлтөҕүн, ыарахан туруктааҕын туохтан билэбитий?
  3. Хайдах киһи Айгылла курдук дойдутугар курдаттыы таттарыан сөбүй?
  4. Эн санааҕар Айгылла үтүөрүө дуо? Киниэхэ туох көмөлөһүөн сөбүй?
  5. Төрөөбүт дойду ахтылҕана туохха көстөрүй? Тиэкистэн холобурдаа.
  6. Дьиэҕэ үлэ сорудаҕа. Өрүүнэттэн сурук. Кэпсээни ситэрии.

Быһаарар. Үлэни тэрийэр.

Оҕолор ыйытыыларга тылынан толору  эппиэттииллэр. Тиэкиһинэн үлэлииллэр. Санааларын  көмүскүүллэр.

Айымньыны тэҥнээн көрүү.

Софрон Данилов “Кии сыта” кэпсээнин кытта тугунан алтыһалларын кэпсэтиһии.

Кэпсэтиини саҕалыыр, тэрийэр, салайар.

Пааранан үлэ. Кэпсээни тэҥнээн көрөллөр. Ис хоһооннорун кэпсииллэр. Тугунан алтыһалларын быһаараллар.

Ырытыыны түмүү

Төрөөбүт дойду ахтылҕана санааларын сааһылаан этэллэр.

                                                                                                               Рефлексия

Саныыбын төрөөбүт алааспын,

Онно саас сандааран эрдэҕэ,

Күн көмүс толбоно сылаастык

Түннүккэ дьиримнээн түстэҕэ.

Аҕынным даҕаны тыа сытын,

Айылҕа уһуктар силигин.

Ырааҕыан төрөөбүт алааһым,

Онно тиийдэрбиэн билигин!

                Леонид Попов

Уруокка хайдах үлэлээбиттэрин, сыалларын сиппиттэрин-сиппэтэхтэрин сыаналаналлар. Уруок түмүгүн оҥороллор.

  1. Ханнык историческай кэм ойууланарый? (простой вопрос)
  2. Кини доруобуйата мөлтөҕүн, ыарахан туруктааҕын туохтан билэбитий? (Уточняющий вопрос)
  3. Хайдах киһи Айгылла курдук дойдутугар курдаттыы таттарыан сөбүй? (объясняющий вопрос)
  4. Эн санааҕар Айгылла үтүөрүө дуо? Киниэхэ туох көмөлөһүөн сөбүй? (Оценочные вопросы)
  5. Төрөөбүт дойду ахтылҕана туохха көстөрүй? Тиэкистэн холобурдаа.(Практический вопрос)
  6. Дьиэҕэ үлэ сорудаҕа. Өрүүнэттэн сурук. Кэпсээни ситэрии. (Творческий вопрос)

   А5а дойду сэриитин кэмэ ойууланар. Айымньы сурун геройа Айгылла  ыараханнык бааhыран, балыыhа5а сытар. Ол сытан, торообут дойдутун, Элиэнэ эбэтин  ахтар. Сэрии са5аламмыт сайыныттан ыла ус тогурук сыл дойду ахтыл5ана диэни этинэн-хаанынан билэр. Айгылла ахтыбыт санаатыгар дойдута барахсан кэрэтин эриэхсит! Кырдьык да, биhиги Сахабыт сирин айыл5ата, дьылын араас кэмэ барыта уратылаах, тус кэрэлээх буолла5а дии! Ону Айгылла курдук чараас дууhалаах, нарын уйа5ас сурэхтээх, утуо ойдоох-санаалаах киhи ойдоон корор дьо5урдаа5ын, ахтар айылгылаа5ын о5олор ойдууллэр.  

Айымньы Элиэнэ на5ыл долгуннара долгулдьуhа бигииллэринэн, сууругэ соп-соруунунэн уоскутардыы сайа охсорунан, Айгылла этигэр-хааныгар сып-сылаас дырылыы тар5анарынан тумуктэнэр. Манан Айгылла утуорэригэр дойдутугар тардыhыыта, торообут сирин ахтыл5ана комолоhоругэр  о5олор эрэнэллэр.

Дойдутугар сылдьар кэмэ                                    Доҕорун Иван

Сергей                                                Сиэстэрэ кыыс

“Төрөөбүт буор”                           “Кии сыта”


Предварительный просмотр:


Подписи к слайдам:

Слайд 1

Хо h оон суруйуу Төрөөбүт дойду 2 даҕааһын аат суруйуу 3 туохтуур суруйуу 4 тылынан иэйиигин суруй 1 анал аат

Слайд 2

Николай Алексеевич Лугинов “Айгылла” кэпсээнигэр дойду ахтылҕана

Слайд 3

Уобара h ы ырытыы

Слайд 4

Бэйэ санаатын к ѳмүскүүр ыйытыы Практическай сорудахтаах ыйытыы Чуолкайдыыр ыйытыы Быьаарар ыйытыы ы7а Боростуой ыйытыы Айар сорудахтаах ыйытыы

Слайд 5

Саныыбын төрөөбүт алааспын, Онно саас сандааран эрдэҕэ, Күн көмүс толбоно сылаастык Түннүккэ дьиримнээн түстэҕэ. Аҕынным даҕаны тыа сытын, Айылҕа уһуктар силигин. Ырааҕыан төрөөбүт алааһым, Онно тиийдэрбиэн билигин! Леонид Попов “Саныыбын т ѳрѳѳбүт алааспын ”

Слайд 6

Ханнык историческай кэм ойууланарый?

Слайд 7

Кини доруобуйата мөлтөҕүн, ыарахан туруктааҕын туохтан билэбитий?

Слайд 8

Хайдах киһи Айгылла курдук дойдутугар курдаттыы таттарыан сөбүй?

Слайд 9

Дьиэҕэ үлэ сорудаҕа. Өрүүнэттэн сурук. Кэпсээни ситэрии

Слайд 10

Төрөөбүт дойду ахтылҕана туохха көстөрүй? Тиэкистэн холобурдаа

Слайд 11

Эн санааҕар Айгылла үтүөрүө дуо? Киниэхэ туох көмөлөһүөн сөбүй?


По теме: методические разработки, презентации и конспекты

Технологическая карта урока по теме "Свободное время. Каникулы" (6 класс). Технологическая карта урока "Еда. Кафе"

В технологической карте урока представлена разработка урока по теме"Свободное время. Каникулы." и разработка урока по теме "Еда.Кафе" для 6 класса....

Методическая разработка "От технологической карты раздела к технологической карте урока"

Уровень образования: основное общее образованиеКласс: 5 классПредмет: биологияТип ресурса: технологические картыКраткое описание ресурса: технологические карты разделов по темам: "Введение в биологию"...

Технологическая карта мастер-класса по теме « Использование современных информационных технологий (МТК- мастер технологических карт) в обучении школьников в условиях внедрения ФГОС второго поколения НОО».

Технологическая карта мастер-класса по теме « Использование современных информационных технологий (МТК- мастер технологических карт)  в обучении школьников в условиях внедрения ФГОС вто...

«Технологическая карта - элемент современного урока. Виды универсальных технологических карт». Реферат на конференцию

«Технологическая карта - элемент современного урока. Виды универсальных  технологических карт». Реферат на региональную конференцию "Актуальные проблемы преподавания математики"...

Технологическая карта "Технологическая карта урока биологии в 6 классе по теме «Передвижение веществ в растении»

Цели урока:   сформировать представление о передвижении веществ по растениюЗадачи урока:Предметные: на основе знаний о строении стебля, сформировать представление о процессе транспорта вещес...

Последовательность изготовления деталей из древесины. Технологическая карта. Технологическая карта. Составление технологической карты известного технологического процесса. Алгоритм. Инструкция. Описание систем и процессов с помощью блок-схем. Апробация пу

Последовательность изготовления деталей из древесины. Технологическая карта. Технологическая карта. Составление технологической карты известного технологического процесса. Алгоритм. Инструкция. Описан...