урок якутского языка по требованию ФГОС. Тема урока: "Аат тыл - саҥа чааһа" (Имя существительное)
план-конспект урока (6, 7, 8, 9 класс) по теме
Современный урок якутского языка в условиях реализации ФГОС нового поколения”
Скачать:
Вложение | Размер |
---|---|
urok_1_saha_tyla_yak.yaz_6kl.docx | 19.93 КБ |
Предварительный просмотр:
Тиэмэтэ: Аат тыл – саҥа чааһа.
Уруок тиибэ: киирии уруок
Уруок көрүҥэ: бырайыактааһын уруок.
Уруок сыала: Аат тылы саҥа чааһын курдук билии.
Уруок соруга:
- Хоһооҥҥо аат тыл туттуллубутун арааһынан наардааһын
- Бырайыактааһын нөҥүө билиигэ дьулуһууну, толкуйдуур, саҥарар, истэр-суруйар дьоҕур сатабылларын салгыы сайыннарыы.
- Бэйэ-бэйэҕэ көмөлөһүү эйэҕэс сыһыан үгэстэрин иҥэрии, олоххо киһи аналын толкуйдатыы, хоһооҥҥо салгыы интэриэһи кебутуу.
Тэрилэ: слайдовай презентация уонна карточкалар.
№ | Уруок түһүмэҕэ | Учуутал тэрийэр үлэтэ | Үөрэнээччи үлэтэ | Оҕо иҥэринэр сатабыллара (УУД) |
1. 2 | Киириитэ. Турукка киллэрии. Толкуйдуур-ырытар эйгэни тэрийии (проблемнай ситуацияны тэрийии) | Бэйэни билиһиннэрии. Мин бүгүҥҥү уруокка икки бэргэн этиилээх кэллим. Дьарыкпыт саҕаланыан иннинэ сүрэхпит ханнык этиини сэҥээрбитигэр үөрбүт смайликта туруор. Тэтэрээккэр сурун. 1.Дьолуҥ – бэйэҥ илиигэр. 2. Эйиэхэ киһи эрэнэрэ, эбии кынаты үүннэрэр. Билиҥҥи киһи сиэригэр-майгытыгар ханнык мөкү өрүттэри бэлиэтиэҥ этэй? Билиҥҥи кэмҥэ арыгыны өрө тутуу наадалаах дуо ? Тоҕо?
| Тэтэрээтигэр икки бэргэн этииттэн биирин нүөмэрин сурунар. Тэтэрээтигэр сурунар. Билиҥҥи киһи мөкү өрүттэрэ , мин санаабар... | Бэйэни салайынар-дьаһанар, иитинэр сатабыл (личностные УУД)
Познавтельные УУД Тобулук өйү сайыннарар сорудах. Тэҥниир сатабыл, түмүк оҥорор. |
3 | Матырыйаалы кытта үлэ1 | Ааҕар эйгэни тэрийии. « Олоххо аналгын өйдөөрүүй” хоһоону ааҕыы. (уус-ураннык бэйэм ааҕабын) Олоххо аналгын өйдөөрүүй.... Арыгы амырыын дьаатыгар ылларбыт, Дьүһүн – бодо, сирэй – харах буорайбыт, Дьүүллээн – бодолоон өйдүүргэ мөлтөөбүт, Арыгыһыт дьаабы дьаллыгар ылларбыт... Оо, хаһан эрэ, үчүгэйкээн бэйэлээх Оҕо буолан, ийэлээх аҕаҕын үөрдэриҥ, Оскуолаҕар кэлэҥҥин, билиилээх-көрүүлээх Оҕо аатыран, учууталларгар хайҕанарыҥ. Этиҥ эрэ, эһиги, туох нааданый, эһиэхэ, Көнөр суолга киирэргэ, арыгыттан тэйэргэ, Дьиэ кэргэни баһылаан, үөрэ-көтө олорорго, Дьоҥҥо-сэргэҕэ ытыктатан, үтүө аакка тиксэргэ | Хоһоону ааҕар кэммэр: 1. Аат тыллары сурунуҥ туох интэриэһинэй баарый. 2.Аат тыл арааһынан наардаа, тыллары суруй | Регулятивные, познавательные (Хоһоону истэр аат тыллары бэлиэтэнэр). Дьарыгын былааннанар, билиитин сааһылыыр |
4 | Матырыйаалы кытта үлэ 2 | Пааранан үлэни тэрийии. Иккилии буолан анал карточканан сүбэлэһэн толороллор. Сорудах ис хоһооно: аат тыллар олоххо суолталарын ырыталлар. Аат тыл арааһынан наардыыллар. Оҕолор эппиэттэрин дуоскаҕа суруйабыт. (ортоку) | Аат тыллар олоххо суолталарын ырыталлар. Аат тыл арааһынан наардыыллар. | Алтыһар-бодоруһар дьо5ур сайдар. (коммуникативные) |
5 | Ырытыы |
3. Ребус айан оҥороллор пааранан. Темата чөл олох. . | Тэтэрээккэ пааранан улэ. Дуоскаҕа үлэ. |
Уопсай үлэ= ырытыы. Билэр- көрөр сатабыллары, тобулук өйү сайыннарар үөрүйэхтэри иҥэринэр. Познавательные УУД |
6 | Түмүү | Ыйытыыларга хоруй? - Аат тыл диэн тугуй?(биһигини тулалыыр араас предмети, тыынар тыыннааҕы, айылҕа көстүүтүн көрдөрөр) - Аат тыл ханнык ыйытыыларга хоруйдууруй?(ким? Туох?) - Аат тыл арааһа? (уопсай аат- араас предмети суолтатынан бөлөхтөөн ааттыыр тыл, анал аат- ити бөлөхтөн биир чопчу предмети ааттыыр тыл) - Аат тыл суолтата? (предмет, өйдөбүл) - аат тыл ахсаана? (биир, элбэх) - аат тыл падеһа? (түһүгэ) - онтон хоһооҥҥо аат тыл ханнык арааһа ордук туттулларый? (уопсай, анал, паараласпыт аат тыл) | Ыйытыыга хоруйдуур. | Бэлиэни-символы туһанар үөрүйэхтэри иҥэринэр. метапредметные |
7 | Сыаналааһын | Уруок саҕаланыытыгар 2 өс хоһоону суруйбуппут, онтон иккистээн толкуйдаан баран, сөбүлүүр бэлиэҕитин туруоруҥ. Уруок аатын толкуйдааҥ тэтэрээккитигэр сурунуҥ. | Сөбүлээбит өс хоһоонун бэлиэтиир. | Ытык өйдөбүллэри иҥэрии Личностные УУД |
8 | Түмүк | Уруок арыйыыта тугуй? Дьиэҕэ үлэ 1.“Олох суола” акция бырайыагын оҥорорго холон. 2. Уруок аатыгар олоҕуран, өйтөн суруйуута суруй. | “Хас биирдии киһи олоҕун суолун бэйэтэ талар” | Ытык өйдөбүллэри иҥэрии. Личностные УУД |
По теме: методические разработки, презентации и конспекты
Конспект урока в соответствии с требованиями ФГОС Тема урока: Слово – основная единица языка.
Цели урока: - способствовать освоению понятия слово через филологический анализ стихотворения; способствовать формированию уважительного отношения к родному языку....
Урок русского языка в 9 классе. Тема урока: «Повторение. Фонетика. Орфоэпия. Графика» (продолжение темы).
Повторительно-обобщающий урок по теме: "Фонетика. Орфэпия. Графика". Присутствуют все необходимые этапы урока. Проверка домашнего задания способствует актуализации знаний учащихся. Повторение и обобще...
Урок русского языка в 7 классе. Тема урока: «Систематизация и обобщение знаний по теме «Частицы»
Цели урока: Систематизировать знания учащихся о частицах; обобщить материал, изученный на уроках по теме «Разряды час...
Конспект урока открытого русского языка в 5 классе в соответствии с требованиями ФГОС. Тема урока «Прямое и переносное значение слова»
Технология проблемно- развивающего обучения....
Особенности организации педагогической деятельности по формированию УУД средствами предмета физике.Урок по физике 8 класс (ФГОС). Тема урока: «Расчет сопротивления проводника. Удельное сопротивление ». Тип урока: «Урок изучения нового материала»
Особенности организации педагогической деятельности по формированию УУД средствами предмета физики. Конспект урока по физике 8 класс Тема урока:...
Технологическая карта урока в соответствии с требованиями ФГОС Тема урока: Лексика. Культура речи. Слово и его лексическое значение
Технологическая карта урока в соответствии с требованиями ФГОС Предмет: русский языкКласс: 5Тема урока: Лексика. Культура речи. ...
Урок русского языка в 8 классе. Тема урока: "Русский язык в современном мире"
Урок русского языка в 8 классе. Тема урока: "Русский язык в современном мире"Цель урока: выявление функций языка в целом и русского языка в частности, определение статуса русского языка в со...