Рабочая программа по якутскому языку и литературе
методическая разработка по теме

Атастырова Сардаана Митрофановна

Рабочая программа по якутскому языку и литературе. Здесь вы найдете приемы организации образовательного процесса с целью получения результата, соответствующего требованием стандарта. кратко охарактеризовала сущность предмета по родному языку и литературе. Дала способы развертывания учебного материала, описала средства их достижения.

Скачать:

ВложениеРазмер
Файл rabochay_programma.docx31.71 КБ

Предварительный просмотр:

Саха тылыгар 5-9  кылааска рабочай программа

Быьаарыы сурук

        Саха Республикатыгар орто оскуола5а саха тылын уерэтии государственнай суолталаах икки докумуонна оло5урар:

  • 1992 с. Муус устар 4 кунугэр ылыллыбыт Саха Республикатын 46-с ыстатыйатыгар «Саха Республикатын государственнай тылларын  саха уонна нуучча тыла буолаллар» диэн суруллубута. Ол аата саха тыла уерэххэ, улэ5э-хамнаска, дьыала-докумуон толоруутугар, общественнай олох бары эйгэтигэр толору туттуллар бырааптаах тыл буолар.
  • СР Правительствота 1991с. Ыам ыйын 23 кунугэр «Саха Республикатын национальнай оскуолаларын санардан сайыннарыы концепциятын» бигэргэппитэ. Концепция о5о кыра сааьыттан орто оскуоланы бутэриэр диэри тереебут тылынан иитиллэр, уерэнэр конституциянан керуллубут демократическай быраабын олоххо киллэрэр принциби тутуьар.

Саха оскуолатыгар саха тылын уерэтии функциональнай хайысхалаах принциби тутуьар:

  • Лексиканы уерэтии саха омук тылын бар5а баайын арыйан, тылы араас эйгэ5э, араас сыалга-сорукка сатаан туттар кыа5ы биэрэр.
  • Фонетика салаата саха тылын дор5оонун ураты айылгытын кердерен, саха тылын уйэлээх угэстэрин харыстыырга олук охсор.
  • Морфология  араас сана чааьа уескуур уонна уларыйар халыыбын уерэтэн, тыл литертурнай нуорматын арааран билэргэ уонна тутуьарга уерэтэр.
  • Синтаксис сахалыы этии эгэлгэтин арааьын билиьиннэрэн, уерэнээччи санаар санаатын толору этэригэр, ситимнээх саната сайдарыгар терут буолар.
  • Таба суруйуу уонна сурук бэлиэтин быраабылата сахалыы сурук тыла халбаннаабат биир бигэ керуннээх, тургэнник ейденер буоларын хааччыйар.
  • Тыл культурата, стилистика уонна функциональнай истиил ейдебуллэрэ уерэнээччи санарар саната ыраас,хомо5ой, этигэг, урдук культуралаах буоларыгар кемелеьер.

Саха тылын орто оскуола5а уеоэтии маннык сыалы-соругу туруорар:

  1. саха тылын бар5а баайын, тутулун, уратытын о5о ейугэр, сурэ5эр тиийэр курдук арыйан кердеруу.
  2. орто оскуоланы бутэрэр уерэнээччигэ араас эйгэ5э, араас наада5а ис

сахалыы сатаан санарар, суруйар дьо5уру инэрии.

  1. саха талын талыы талба кэрэтин биллэрэн, ийэ тылын себулуур, харыстыыр, терут культуратын биьириир, омугун сыаналыыр, убаастыыр ыччаты иитэн таьаарыы.

Программа тутула

        А. 5-9 кылааска саха тылын уерэтии базовай программата

Саха тылын 5-9 кылааска уерэтии ис хоьооно икки сурун чааска арахсар:

         1.Тыл уерэ5э, ол аата тыл тутулун, угэс буолбут   салааларын (лексиканы, фонетиканы,морфологияны, синтаксиьы) уерэтии;

         2. Ситимнээх сана, ол аата тиэкис тутулун, санарар сана тиибин уонна истиилин били.

Билинни методика ирдэбилин быьыытынан программа5а тиэмэ ахсын 1 сыыппаранан уерэнээччи туох билиини ылара ыйыллар, 11 сыыппаранан ханнык уеруйэ5и ылара, ханнык сатабылы инэринэрэ судургуттан улам уустугуран иьэр курдук сааьыланар. 1 пуун ис хоьооно учебникка быьаарыы (справка) эбэтэр быраабыла курдук бэриллэр, оттон 11 пуунна ыйыллар уеруйэх, сатабыл хас биирдии керунун ахсын туьааннаах эрчиллии баар буолуохтаах, онон сана уеруйэх олохсуйар (формирование навыка) эбэтэр салгыы сайдар (развитие навыка). Уерэнээччи эрчиллиини толорон баран, уеруйэ5и ситэ ылбат буолла5ына, учуутал эбии эрчиллии толорторор ( ол туьугар «дидактическай матырыйаал»). Эрчиллии ханнык эиэ керунун кетутэн кэбистэххэ эбэтэр урут=хойут киллэрдэххэ, уеруйэх кыайан иниэ суо5ун сеп (уерэнээччи ситэ тугу эрэ сатаабакка ааьар), онон ненуе сорудах ыарахан буолар.

        Б. 10-11 кылааска анал курс (эбэтэр уерэх былааныттан керен факультатив программата). Улэ сыала-соруга араас буолуон сеп:

  1. Тереебут тылы салгыы диринэтэн билии;
  2. саха тылын олоххо-дьаьахха туьанар, сахалыы тылы этэр, хаьыакка суруйар уеруйэ5и сайыннарыы;
  3. тылы мелтехтук билэр о5ону кытта туспа соруда5ынан улэлээьин;
  4. урдук уерэххэ киирэрэр экзамена бэлэмнээьин о.д.а.

  1. онон сибээстээн программа5а  киирбит хас да салааттан учуутал бэйэтин керуутунэн уонна педсовет быьаарыытынан бу кылааска ордук наада диэбит салаатын уерэтиэн, чааьын элбэтэн а5ыйатан биэриэн сеп.

        Итинэн сибээстээн саха тылыгар уерэтии программата орто оскуоланы бутэрэр уерэнээччигэ маннык ирдэбили туруорар:

  1. уерэнээччи улэ5э-хамнаска, дьыала5а-куолуга, общественнай олоххо тереебут тылынан хомо5ойдук кэпсэтэр, санаатын сааьылаан этэр, суруйар.
  2. саха тылын уерэ5ин, тыл кыльтуратын туьунан ейдебулу ылар, литературнай нуорманы билэр, тереебут тылын бар5а баайын сыаналыыр, сатан туьанар.
  3. ийэ тылын баайынан кэрэтьинэн киэн туттар, тереебут тыла сайдарын туьугар туруулаьар, кэлэр келуенэ5э тиэрдэр ытык иэстээ5ин ейдуур.
  4. Орто  оскуола5а саха тылын чааьа маннык уллэрилиннэ:

А. кылааьа

5к.

Уопсай чааьа

102

68

68

68

68

Тыл уерэ5э

74

34

46

50

34

Киирии тиэмэ

1

1

1

1

1

Хатылааьын

2

1

1

1

1

Лексика

23

46

Фонетика уонна таба санарыы

12

Тыл састааба уонна таба суруйуу

16

Морфология уонна таба суруйуу

28

44

Синтаксис уонна сурук бэлиэтэ

18

48

Сахалыы этии стилистиката

32

Ситимнээх сана

30

34

22

18

34

5 кылааска саха тылын уерэтии тумук ситиьиитэ.

Уерэнээччи билиитэ, сатабыла:

  • Саха тылын баайын уерэтэр салааны лексиканы уерэтии.
  • Тыл уерэ5ин биир салаатын – синтаксистан – этиини уонна тыл ситимин уерэтии.
  • Фонетиканы :аьа5ас уонна бутэй дор5ооннору наардаан уерэтии.
  • Тыл састаабын уерэтии.
  • Ситимнээх сананы сайыннарыыга текси уонна сана тиибин: сэьэргээьини, ойуулааьыны, тойоннооьуну уерэтии.

6 кылааска саха тылын уерэтии тумук ситиьиитэ.

Уерэнээччи билиитэ, сатабыла:

  • Тыл уерэ5эр: лексиканы, морфологияны: аат тылы, да5ааьын ааты, ахсаан ааты, солбуйар ааты билиэхтээх.
  • Ситимнээх сана5а сэьэргээьини, ойуулааьын, тойоннооьуну, кэпсэтии, дьыала, наука стилин билиэхтээх

7 кылааска саха тылын уерэтии тумук ситиьиитэ.

Уерэнээччи билиитэ, сатабыла:

  • Тыл уерэ5эр: тус туохтууру, аат туохтууру, сыьыат туохтууру, сыьыаты, кеме сана чаастарын, сана аллайыыны уерэтиэхтээх.
  • Ситимнээх сана5а санарар сана, публицистика стилин, сана тиибин билиэхтээх.

8 кылааска саха тылын уерэтии тумук ситиьиитэ.

Уерэнээччи билиитэ, сатабыла:

  • Тыл уерэ5эр: тыл ситимин, этии тиибин, туьаан уонна кэпсиирэ икки ардыгар тире туруутун, этиигэ тыл бэрээдэгин, араарыллыбыт ойо5ос чилиэни, кыбытык кэрчиктэри, биир састааптаах этиини билиэхтээх.

9 кылааска саха тылын уерэтии тумук ситиьиитэ.

Уерэнээччи билиитэ, сатабыла:

  • Тыл уерэ5эр: холбуу этии араастарын: тэннэ холбоммут холбуу, баьылатыылаах холбуу этиилэри билиэхтээх. Кинилэр араастарын арааран билэр буолуохтаах. Уустук холбуу этии уратытын билиэхтээх

Саха литературатыгар 5-11  кылааска рабочай программа

Быьаарыы сурук

                                                                                      Быьаарыы сурук

«Саха Республикатын национальнай оскуолатын санардан сайыннарыы концепцията» киирэн саха оскуолатыгар 5-11 кылааска норуот тылынан уус-уран айымньытын уонна саха литературатын уерэтии сана программата оноьулунна.

Уерэтии маннык сыалы-соругу туруорар:

  • Сахалыы литератураны сэргээн, кэрэхсээн, сатаан, ейдеен аа5арга уерэтии; аахпыты бэйэ сайдыытыгар туьанарга туьулааьын
  • Ийэ тыл  уус-уран кууьун, кэрэтин, тыл илбиьин, хомуьунун о5о кыра сааьыттан инэрии;
  • Уус-уран айымньыны, араас геройдарын туьанан тереебут норуот оло5ун, историятын, культуратын, угэстэрин, сиэрин-майгытын арыйыы; киьи аналын, оло5у дириник, таба ейдуургэ уерэтии;
  • Тереебут тылынан уус-уран айымньы айыллар угэьин, кистэлэнин араас ньыматын билиьиннэрии
  • Уерэнээччии айымньылаахтык толкуйдуур уонна айар дьо5ура тобулларыгар суол аьыы;
  • Уус-уран айымньыны уран тыллаах, ураты дьо5урдаах, талааннаах дьон айарын ейдетуу.

        Онон осуола5а литература уруогун сурун анала – уерэнээччи тереебут тыл, фольклор уонна литература норуот духовнай баайа, киьи ейе–санаата тобуллар, туругурар, майгыта–сигилитэ ситэр, арыллар, истин, иьирэх иэйиитэ уьуктар эйгэтэ буолар диэн ейдуурун ситиьии.

        Саха литературатын орто оскуола5а уерэтэр программаны онорорго маннык сурун туьаайыылары тутустубут:

1. Норуот тылынан уус–уран айымньыта сахалыы уус–уран литература силиьэ, терде буоларын аахсан, уус–уран литератураны фольклору кытта ситимнээн уерэтии.

2. Айымньыны идейнэй тосхолунан эрэ буолбакка, уус–уран ситиьиитин, уерэнээчиггэ сайдыыны, литературанй уерэ5ириини теье биэрэр кыахтаа5ын сыаналаан талыы уонна таныы.

3. Уус–уран айымньыны айар ньыма арааьын, литература теориятын ейдебуллэрин тумэн, белехтеен биэрии. Ону уерэнээччи бол5ойоро, бэйэтэ туттарга эрчиллэрэ.

4. Талан уерэтии уонна талан аа5ыы хайысхатын тутуьуу. О5ону ба5аран туран уерэнэргэ, бэйэни сайыннарарга, бэйэ санаатын, сатабылын, дьо5урун сыаналыырга уьуйуу.

5. Уерэнээччигэ айарга уерэнэр, холонон кыа5ыы биэрии, тэрийии, септеех уеруйээ5и, сатабылы инэрии, дьо5ура сайдарыгар ирдэбил туруоруу.

Программа5а саха литературатын 5-11 кылааска уерэтии ус суьуеххэ арахсар: Iсуьуех – 5-7 кылаас; IIсуьуех – 8-9 кылаас; IIIсуьуех – 10-11 кылаас. Онон о5о сааьа, уус – уран айымньыны кэрэхсиир, сыаналыыр кыа5а учуоттанар.

Iсуьуеххэ саха литературатын уруогар уус–уран айымньыны аа5ыы таьынан, айымньы айыллар кистэлэнин билиьиннэрэр сорук турар. Ол иьин айымньы уус–уран керунунэн (жанрынан) наарданна. Литература теориятын сурун ейдебуллэрэ бу суьуеххэ киэнник, кэлим беле5унэн киирдэ. Онуоха жанр уратыта, туттар ньымала кылаас улам байан, атын – атын ерутэ хабыллар. Саха литературатын ойуулуур–дьуьуннуур, уобарастыыр, тиьигэ суруннээн норуот айымньытын угэстэригэр оло5уран, онтон силис тардара еруу бол5омто киинигэр турар.

IIсуьуех уус–уран айымньыны аа5ары тэнэ, литература киьи оло5ун уустаан–уураннаан хоьуйар искусство ураты керунэ, уустук эйгэтэ буоларын билиьиннэрэр соруктаах. Ол иьин бу суьуеххэ айымньы оло5у арыйан кердерер проблематынан наарданна.

Программа5а саха литературатын 5-11 кылааска уерэтии ус суьуеххэ арахсар: 1 суьуех-5-7 кылаас; 11 суьуех- 8-9 кылаас; 111 суьуех-10-11 кылаас.

  • 1 суьуеххэ айымньы айыллар кистэлэнин билиьиннэрэр сорук турар. Ол иьин айымньы уус-уран керунунэн наарданна. Литература теориятын сурун ейдебуллэрэ бу суьуеххэ киэнник, кэлим беле5унэн киирдэ. Онуоха жанр уратыта, туттар ньымалара кылаас ахсым улам байан, атын-атые ерутэ хабыллар.
  • 11 суьуех литература киьи оло5ун уустаан-ураннаан хоьуйар искусство ураты керунэ, уустук эйгэтэ буоларын билиьиннэрэр соруктаах. Ол иьин айымньы оло5у арыйан кердерер проблематынан наарданна. Маннык наардаатахха, литература о5ону сайыннарар, иитэр-уерэтэр соруга ордук арыллар кыахтанар.
  • 111 суьуех саха литературата уескээбит уонна кэлбит суолун билиьиннэрэр соругу толорор. Ол иьин литература сайдыытын сурун туьумэхтэринэн сааьыланна.

Уус – уран айымньыны аа5ыы, айымньы керунун,айыллар кистэлэнин билсиьии

5 – 7 кылааска саха литературатын уерэтии тумук ситиьиитэ

1. Уерэнээччи билиитэ уонна сатабыла:

  • – Айымньы – уус тыл уран айыыта диэн билэр. Уус – уран айымньыга тыл суолтатын, ойуулаан – дьуьуннээн, уобарастаан этэр, аа5ааччыга дайар ураты кууьун ейдуур.
  • – Уус-уран айымньы оло5у хоьуйар уратытын ейдуур. Айымньы геройун майгытын-сигилитин, дьайыытын, характера хайдах сайдарын кэтээн керер, ырытар сыаналыыр.
  • – Уус-уран айымньыны таба, ейдеен, кудуччу аа5ар:
  • 5 кылааска: таска 90-100 тылы, искэ 100-120 тылы;
  • 6 кылааска: таска 100-110 тылы, искэ 120-150 тылы;
  • 7 кылааска: таска 110-120 тылы, искэ 150-180 тылы;
  • – Уус-уран айымньыны хоьоонноохтук аа5ар, онно бэйэтэ сатаан бэлэмнэнэр.
  • – Уруокка аахпыт айымньыларын сурун ис хоьооннорун билэр.
  • – 2-3 талааннаах олонхоьут, тойуксут, саха 6-7 суруйааччытын аатын, кинилэр айымньыларын билэр.
  • – 10-12 хоьоонунан айымньыны (ол иьигэр поэматтан, олонхоттон быьа тардыыны), 3-4 кэпсээнтэн быта тардыыны ейтен аа5ар.
  • – Норуот айымньытын араас керунун араарар, толорорго эрчиллэр (остуоруйалыыр, сэьэргиир, олонхолуур, чабыр5ахтыыр). Атын омук айымньытыгар тэннээн аа5ар.
  • – Литература айымньытын 3 керунун (эпос, лирика, драма), сурун жанрдарын (кэпсээн, сэьэн, роман, угэ, хоьоон, поэма, драма, комедия, трагедия), ол арааьын (олох-дьаьах туьунан, быьылааннаах, фантастика, сатира, кер-кулуу кэпсээн, новелла, дьуьуйуу, иэйиилээх, кер-кулуу,анабыл, анда5ар, кутур5ан, уруй-айхал хоьоон, о.д.а.) арааран билэр.
  • – Уус-уран айымньы темата уонна сурун санаата, сюжета уонна тутула диэн ейдебулу билэр, айымньыны ейдууругэр, сыаналыырыгар туьанар.
  • – Айымньыга ойуулуур-дьуьуннуур уус-уран ньыма арааьа (уус-уран быьаарыы, кубулуйбут быьаарыы, тэннээбин, тыыннаа5ымсытыы, омуннааьын, кыратытыы, кубулутан этии, ханалытан этии, дьуерэлээн этии, техтуруйэн этии, хатылааьын о.д.а.) хайдах туттулларын бол5ойор, кэтээн керер, бэйэтэ эрчиллэригэр, айан холоноллоругар туьанар.
  • – Уус-уран айымньыны теье себулээбитин-сирбитин арааран ейдуур, ол теруетун, айымньы туга кэрэхсэтэрин сатаан быьаарар, санаатын этэргэ холонор.

2. Уерэнээччи тылын сайдыыта:

  • – Уус-уран айымньыны уонна ейге уерэппит тексин хоьоонноохтук аа5ар;
  • – Айымньы уус-уран тылын туттан сиьилии, талан, кылгатан, сирэйин уларытан, киьи кэрэхсиир гына кэпсиир;
  • – Уус-уран айымньы туьунан ыйытыыга тылынан уонна суругунан толору хоруйдуур;
  • – Литературнай айымньы уонна герой туьунан бэйэтин санаатын сааьылаан этэр;
  • – Литературнай герой мэтириэтин, айыл5аны хоьуйуу туьунан суруйааччы дьуьуйуутун туьунан уус-ураннык, кэпсиир; киьи дьуьунун-бодотун, айыл5а кестуутун уус-ураннык хоьуйан суруйарга холонор;
  • – Талбыт тематыгар остуоруйа, таабырын, хоьоон, кэпсээн, оьуохай тылын айан холонор;
  • – Аахпыт остуоруйа, кэпсээн ис хоьоонунан дьо5ус диафильм, мультфильм, инсценировка сценарийын суруйар.
  • – Аахпыт айымньы, кербут киинэ, спектакль туьунан дьууллэьиигэ, сэьэргэьиигэ кыттар, ейтен суруйар.

Уус-уран айымньыны аа5ыы, айымньы оло5у хоьуйар проблематын наардаан билсиьии

8-9 кылааска саха литературатын уерэтии тумук ситиьиитэ:

  • 1. Уерэнээччи билиитэ уонна сатабыла
  • – Уус-уран, наука, публицистика айымньыларын таба, ейдеен, кудуччу аа5ар (мунуутэ5э ортотунан таска 120-130 тылы, искэ 180-200 тылы);
  • – Булгуччу аа5ан билэр айымньылары:
  • «Дьулуруйар Ньургун Боотур» олонхону (учуутал талбыт варианын), 1-2 мифологическай тойугу;
  • А.Е.Кулаковскай хоьооннорун, 1-2 поэматын талан;
  • А.И.Софронов «Таптал» драматын, хоьооннорун талан;
  • Н.Д.Неустроев «Балыксыт» кэпсээнин;
  • П.А.Ойуунускай «Улуу Куданса» айымньытын, хоьооннорун талан;
  • Суорун Омоллоон «Аанчык» кэпсээнин;
  • Амма Аччыгыйа «Сааскы кэм» романын;
  • Эллэй «Буур5а-буулдьа дьылыгар» поэматын, хоьооннорун талан;
  • Куннук Уурастыырап хоьооннорун талан;
  • Н.М.Заболоцкай «Мааппа» кэпсээнин;          
  • С.П.Данилов хоьооннорун талан;
  • Софр.П.Данилов «От урэххэ» кэпсээнин;
  • Николай Якутскай сэьэннэрин талан;
  • Далан биир романын талан;
  • И.М.Гоглев хоьооннорун, биир беден айымньытын;
  • П.Н.Тобуруокап хоьооннорун талан;
  • 2-3 билинни суруйааччы айымньытын талан.
  • – 10-ча хоьоону уонна 2-3 кэпсээнинэн айымньыттан быьа тардыыны ейтен аа5ар;
  • – Уус-уран айымньы оло5у хоьуйар искусство керунэ, ааспыт, билинни, кэлэр кэмнээ5и олох уус-уран кэрэьитэ, туоьута буоларын ейдуур;
  • – Саха классик суруйааччыларын оло5ун кэпсээниттэн сорох айымньыттан хайдах айбытын билэр;
  • – Уус-уран айымньы тематын, сурун санаатын, тутулун, геройдара туох уратылаа5ын, майгыннаьарын кемете суох арааран билэр, сыаналыыр;
  • – Айымньы литература хайа салаатыгар киирэрин (эпос, лирика, драма), ханнык керунэ буоларын арааран билэр;
  • – Эпическай айымньы сюжета олох ханнык чахчытыгар оло5уран суруллубутун быьаарар; айымньы ис номо5ун кэм-кэрдии ситимин, хоьуйар кэм бэлиэтин кыттаситимнээн ейдуур;
  • – Айымньыга киьи ис дууьатын, уйул5атын, майгытын-сигилитин ойуулуур ньымалары кэтээн керер, быьаарар, бэйэтэ айан холоноругар туьанар;
  • – Уус-уран айымньыга, геройга, ойууланар тугэннэ автор хайдах сыьыаннаа5ын кэтээн керер, быьаарар;
  • –Уус-уран айымньыны айар сугун угэьи, ойуулуур-дьуьуннуур ньыма арааьын, стилин арааран билэр, айымньыны ырытарга, бэйэтэ айан холоноругар, эрчиллэригэр туттар;
  • – Уус-уран айымньы туруорарга сурун уонна ойо5ос проблематын ейдуур, автор ону быьаарар, сыаналыыр суолун сылыктаан бол5ойор;
  • – Литература уерэ5эр сыьыаннаах тылдьыты, ыйынньыгы, энциклопедианы сатаан туьанар.
  • 2. Уерэнээччи тылын сайдыыта:
  • – Айымньы эбэтэр быьа тардыыны, ейге уерэппити литература ханнык керунэ буоларын ейдеен, хоьоонноохтук, уус-ураннык аа5ар;
  • – Олонхону толорорго холонон эрчиллэр;
  • – Айымньыны уус-ураннык (сиьилии, кылгатан, талан) кэпсиир;
  • – Аахпыт текскэ судургу эбэтэр уустук былааны онорор;
  • – Уус-уран айымньыга эбэтэр бэйэ билбитигэр оло5уран ейтен суруйар: сурун геройу характеристикалаан, тэннээн, геройдары тумэн эбэтэр утарыта тутан; суруйааччы айар улэтин характеристикалаан, оло5ун кылгас кэпсээнин эбэтэр биир тугэнин бэйэ чинчийиитин тумугунэн; айымньы кете5ер проблематын, тылын-еьун ырытан, уус-уран уратытын, суолтатын быьааран;
  • – Ейтен суруйуу араас ньыматыгар (ойуулааьын, сэьэргээьин, тойоннооьун) эрчиллэр;
  • – Бэйэ санаатын тылынан уонна суругунан этэргэ былаан онорор;
  • – Аахпыт айымньы, кербут киинэ, спектакль, телевизорынан, радионан биэрии уонна искусство атын да керунун (хартыына, скульптура, уус-уран оноьук о.д.а.) туьунан бэйэ санаатын этэр, суруйар, аннотация онорор;
  • – Кыра кээмэйдээх кэпсээни, хоьоону айарга холонор;
  • – Суруйааччы оло5ор уонна айар улэтигэр литературнай монтаж, литературнай-музыкальнай композиция сценарийын суруйарга холонор;
  • – Аахпыт айымньыны дьо5ус кээмэйдээх инсценировка, радионан телевизорынан биэриигэ, киинэ5э устарга сценарий суруйар;

Уус-уран айымньыны аа5ыы уонна саха литературатасайдыытын туьумэхтэрин билсиьии

10-11 кылааска саха литературатын уерэтии тумук ситиьиитэ.

1. Уерэнээччи билиитэ уонна сатабыла:

  • - айымньыны билэр, ейдуур туьугар кудуччу, суурдэн, сыныйан, талан аа5ар;
  • - Булгуччу аа5ан билэр:
  •         Сахалыы суруллубут аан маннайгы айымньыны;
  •         Маннайгы суруйааччылар А.Е.кулаковскай, А.И.Софронов, В.В.Никифоров, Н.Д.Неустроев биирдии беден айымньыларын, А.Е.кулаковскай, А.И.Софронов олохторун кэпсээнин кытта дьуерэлээн филисофскай хоьоонноруттан;
  •         П.А.Ойуунускай оло5ун кэпсээнин кытта дьуерэлээн хоьоонноруттан уонна «Кыьыл ойууну»; Эллэй, Куннук Уурастыырап хоьоонноруттан, Кундэ биир кэпсээнин, Эрилик Эристиин, Амма Аччыгыйа биирдии сэьэнин, Суорун Омоллоон «Кукур Уус» драматын;
  •         «Ааттара тиллибит» поэттар, суруйааччылар, И.Арбыыта, Алтан Сарын айымньыларыттан;
  •         Сэрии кэминээ5и литератураттан 3-4 автор 2-3-туу айымньытын;
  •         Билинни суруйааччылар Николай Якутскай «Телке» романын, Семен Данилов, Баал Хабырыыс, Иван Гоголев, Петр Тобуруокап, Сергей Васильев хоьоонноруттан уонна биирдии беден айымньыны;
  •         Софрон Данилов, Далан, Николай Лугинов айымньыларыттан биирдии романы эбэтэр сэьэни;
  •         3-4 эдэр автор 1-2-лии айымньытын.
  •         -10-ча хоьоону уонна 2-3 кэпсээнинэн айымньыттан быьа тардыыны ейтен аа5ар;
  •         -классик суруйааччылар А.Е.Кулаковскай, А.И.Софронов, Н.Д.Неустроев, П.А.Ойуунускай олохторун уонна айар улэлэрин толору, атын 3-4 суруйааччы оло5ун сурун тугэннэрин эбэтэр сорох айымньытын айыллыбыт историятын билэр;
  •         -уерэппит айымньытын туьунан сурун эбэтэр утарыта сыанабылы билсиьэр, айымньыны ейдуургэ, ырытарга туьанар:
  • -саха уус-уран литературата сайдыбыт сурун туьумэхтэрин билэр: туьумэх сурун уратытын, бэлиэ айымньыларын, олоххо хаамыытын, уларыйыытын кытта ситимин ейдуур;
  • -суруйааччы сатабыла, айар стилэ, тыла0еье туох уратылаа5ын бол5ойор, ейдуур;
  • -литература уерэ5ин сурун ейдебуллэрин, терминнэрин билэр, уус-уран айымньыны ейдуургэ, ырытарга туьанар;
  • -автор оло5у анааран керер ейе-санаата (мировозрениета) айымньытыгар кестерун, ол арыллар сурун ньыматын ейдуур;
  • -литература уерэ5эр уонна критикатыгар тахсар улэ сурун керунун (монография, ыстатыйа, анаарыы(обзор), сыанабыл, реферат, о.д.а.), уратытын арааран билэр, айымньыны сыныйан ейдуургэ туттар, туьанар.

2. Уерэнээччи тылын сайдыыта:

  • -сахалыы ыраастык, ылба5айдык, санаатын сааьылан санарар;
  • -уус-уран айымньы керунун, стилин туьунан хоьоонноохтук, уус-ураннык аа5ар, кэпсиир (сиьилии, талан кылгатан, айан);
  • -бутун айымньыны эбэтэр быьа тардыыны литература теориятын ейдебуллэрин туьунан ырытар, сыаналыыр;
  • -проблемнай тема5а биир  эбэтэр хас да айымньыга оло5уран, толкуйдаан, тойонноон ейтен суруйар;
  • -аахпыт айымньыга, кербут киинэ5э, спектакльга, видео, телевизор киинэтигэр, ойуулуур-дьуьуннуур искусство айымньытыгар о.д.а. бэйэтин санаатын, сыанабылын этэр, суруйар;
  • -литература, публицистика тематыгар ыстатыйа, очерк, репортаж, реферат суруйар**: иьитиннэрии, дакылат онорор**;
  • -литература, публицистика айымньытыгар аннотация онорор, литературнай критическэй улэни конспектыыр;
  • -бэйэ суруйар улэтигэр былаан, тезис, конспект онорор; эпиграбы, цитатаны сатаан туьанар;
  • -литература олох уус-уран кэрэьитэ, туоьута буоларын учуоттаан, литература матырыйаалынан араас дьууллэьиигэ, диспукка, конференция5а кыттар, бэйэ санаатын олохтохтук дакаастаан этэргэ эрчиллэр;
  • -норуот тылынан айымньытын истиилинэн остуоруйаны, чабыр5а5ы, ырыаны-тойугу, оьуохайы айарга, толорорго холонор;
  • -уус-уран литература туьунан араас керуннэ, жанрга айан холонор, суруйар**;
  • -литература тематыгар радионан, телевизорынан биэрии, биэчэр, киинэ5э устуу сценарийын суруйар**


По теме: методические разработки, презентации и конспекты

Рабочая программа по башкирскому языку и литературе по учебнику "Башкирский язык и литература", 5 класс

Рабочая программа создана по учебнику "Башкирсикй язык и литература" для 5 класса. Авторы учебника: В. И. Хажин, А. Х. Вильданов, Уфа-2012.По программе дается и календарно-тематическое планирование...

Рабочая программа по башкирскому языку и литературе по учебнику "Башкирский язык и литература", 6 класс

Рабочая программа по предмету "Башкирский язык и литература" для 6 класса, авторы: А. Х.Вильданов, В. И. Хажин, Уфа-2012. Прилагается календарно-тематическое планирование...

Рабочая программа по башкирскому языку и литературе по учебнику "Башкирский язык и литература", 7класс

Рабочая программа составлена для 7 класса по учебнику "Башкирский язык и литература" (авторы: Ф. А. Хуснутдинова, Д. С. Тикеев, Б. Б. Гафаров, Г. Г. Кагарманов), Уфа - 2010.Прилагается календарно-тема...

Рабочая программа "Родной (русский) язык и литература на родном (русском) языке"- 5 класс

Данная рабочая программа предназначена для изучения русского языка и литературы в  школах национальных Республик РФ...

Рабочая программа "Родной (русский) язык и литература на родном (русском) языке"- 5 класс

Данная рабочая программа предназначена для изучения русского языка и литературы в  школах национальных Республик РФ...

Рабочая программа "Родной (русский) язык и литература на родном (русском) языке"- 7 класс

Рабочая программа "Родной (русский) язык и литература на родном (русском) языке для 7 класса предназаначена для изучения русского языка и литературы как родного в школах национальных Республик РФ...

рабочая программа по якутскому языку

рабочая программа по якутскому языку 7 класс...