рабочая программа по якутскому языку
рабочая программа (7 класс) на тему
Скачать:
Вложение | Размер |
---|---|
7_klass_ktp_yak.yaz_.docx | 47.37 КБ |
Предварительный просмотр:
Муниципальное казенное общеобразовательное учреждение «Ючюгейская средняя общеобразовательная школа»
Утверждаю: директор МКОУ «ЮСОШ» Согласовано: зам.директора по УР Рассмотрено: руководитель МО
__________________/Карпова В.К./ _______________/Булдакова Е.И./ ____________/Данилова М.И./
«___» августа 2018г. «___» августа 2018г. «___» августа 2018г.
Рабочая программа
по предмету «Родной (якутский) язык» для 7 класса
на 2018-2019 учебный год
ФИО учителя: Горохова Матрена Михайловна,
Учитель родного (якутского) языка и литературы
Ючюгей 2018
БЫҺААРЫЫ СУРУК
Орто сүһүөх оскуолаҕа анаммыт саха тылын үлэлиир бырагыраамата Г.Г.Филиппов, Г.И.Гурьев “Саха тыла: үлэлиир бырагыраама 5-9 кылаас ” Дьокуускай: Бичик, 2016с. оҥорбут бырагыраамаларыгар олоҕуран оҥоһулунна.
Орто сүһүөх оскуолаҕа саха тылын үөрэтии сыала соруга:
– төрөөбут тылы ис сүрэҕиттэн ытыктыырга; араас эйгэҕэ, түгэҥҥэ бодоруһуу үөрүйэҕэр, аныгы уопсастыбаҕа сиэри-майгыны туттууга иитии; төрөөбүт тыл кэрэтин иҥэрии;
– үөрэххэ, күннээҕи олоххо төрөөбүт тылы олохтоохтук туттарга үөрэтии; бодоруһар үөрүйэҕин сайыннарыы, тылын-өһүн сайыннарар баҕатын үөскэтии; үөрэх дэгиттэр дьайыыларын (туох сыал-сорук туруорунан үөрэнэрэ, былаанныыра, тылын-өһүн хонтуруолланара, көннөрүнэрэ; билиини араас тылдьыттан, литэрэтиирэттэн БИЭни (биллэрэр-иһитиннэрэр эйгэни), Интэриниэти киллэрэн туран сатаан ылара);
– тылы үөрэтии систиэмэтин, туттуллуутун туһунан билиини, тыл истилиистикэлии уратыларын иҥэрии; ырытар, тэҥниир дьоҕуру сайыннарыы; тыл саппааһын байытыы; литэрэтиирэлии нуорманы тутуһарга уһуйуу.
Үөрэх былааныгар саха тылын биридимиэтин миэстэтэ
Үөрэх бэдэрээссийэлии төрүт (базиснай) былаанын былааныгар саха оскуолатын иккис сүһүөҕэр (5-9 кыл) төрөөбүт тылы уонна ситимнээх саҥаны үөрэтиигэ барыта холбоон нэдиэлэҕэ 10 чаас бэриллэр: 5 кылааска – 2 чаас, 6 кылааска – 2 чаас, 7 кылааска – 2 чаас, 8 кылааска – 2 чаас, 9 кылааска – 2 чаас.
1 чиэппэр – 16 чаас, 2 чиэппэр -16 чаас, 3 чиэппэр – 20 чаас, 4 чиэппэр – 16 чаас
7 кылааска саха тылын үөрэтии курсун сүрүн характеристиката
7 кылааска саха литературнай тыла үөрэтиллэр, ол иһин үөрэх бырагыраамата ол тускулу тутуһар. Маны таһынан, тыл үөрэҕин туһунан өйдөбүл, грамматика салаалара үөрэтиллэллэр.
Бырагыраама ис хоһоонугар киирэр:
- уус-уран истиил;
- публицистика истиилэ;
- саҥа тиибэ;
-тус туохтуур;
-аат туохтуур;
- сыһыат туохтуур;
- сыһыат;
- көмө саҥа чааһа;
- саҥа аллайыы.
Саха тылын уруоктарыгар тылы сайыннарыы араас көрүҥэ оҥоһуллар: саҥарыы, истии, ааҕыы, диктант, өйтөн, аахпыттан суруйуу.
Тылы сайыннарыыга киирэр:
- саха литературнай тыл нуорматын, суолтатын, диалегы, жаргоны билии, тыл састаабын, стилин араарыы, этии оҥорторуу ;
-үөрэнээччи тылын састаабын байытыы, этии тутулун билэри ситиһии;
- үөрэнээччи тус санаатын сөпкө этии оҥорорго үөрэтии, ол инниттэн өйтөн, аахпыттан суруйуулары ыытыы;
- ситимнээх саҥаны сайыннарар инниттэн үөрэнээччи таска ааҕар дьоҕурун сайыннарыыга былааннаах үлэ барыахтаах, ол тылы сайыннарыыга тиэрдэр.
Үөрэнээччи тылы баһылааһыныгар уонна лингвистическэй сатабыла сайдарыгар учуутал араас тылдьытынан үлэни тэрийиэхтээх , таба суруйар, толкуйдуур дьоҕура сайдарыгар көмөлөһүөхтээх, саха тылын литературнай нуорматын өйдүүрүн ситиһиэхтээх, тылын саппааһын сайыннара сатыахтаах.
Үөрэнээччи культуроведческай сатабыла сайдарыгар саха тыла төрөөбүт тылбыт буоларын, норуот олорбут олоҕо, тыына, дьылҕата тылыгар сөҥөн сытарын өйдүүрүн ситиһиллиэхтээх.Оҕо төрүөҕүттэн ийэ тылын эйгэтигэр иитилиннэҕинэ, омук кутун-сүрүн, өр үйэлэргэ муспут муудараһын этигэр-хааныгар иҥэринэр, Ийэ тыллаах киһи атын омук дьонун кытта тэҥнээҕин билинэр, дьиҥ интернациональнай тыыҥҥа иитиллэрин өйдөтөрү ситиһиэхтээх.
Бодоруһар, билиини-көрүүнү ылар, тус сыаллаах, бэйэни салайынар, тылы баһылааһын, лингвистическэй, культуроведческай сатабыллар сайдыылара үөрэх бырагараамматыгар киирдилэр. Саха тылын үөрэтиигэ киириигэ үөрэх предметин үөрэтии иитэр өрүтэ арыллар. Үөрэх билиитин бэрэбиэркэлээһиҥҥэ, билиини чиҥэтиигэ хатылааһын уруоктара былааннанылар, хонтуруолунай, бэрэбиэркэлиир үлэлэр, тылы сайыннарыыга диктаннар, аахпыттан, өйтөн суруйуулар киирдилэр.
Орто сүһүөх оскуолаҕа саха тылын биридимиэтин суолтата
Саха тылын үөрэтии суолтата:
- төрөөбүт тыл - норуот сайдыыта, ;
- саха тыла - үөрэх тыла, билии-көрүү төрдө;
-үөрэнээччи тыл үөрэҕин туһунан өйдөбүлэ, ситимнээн саҥарар үөрүйэҕэ, ырытар, толкуйдуур оҥорон көрөр дьоҕура төрөөбүт тыл тыл уруогар сайдар;
- төрөөбүт тыл уруогар олоҕуран үөрэнээччи атын омук тылын баһылыыр, оскуолаҕа үөрэтиллэр предметтэр тирэхтэрэ.
Саха тыла 1992 сыллаахха судаарыстыбалыы ыстаатыстанан, суолтата биллэрдик үрдээбитэ. Төрөөбүт тыл – хайа да норуот көлүөнэттэн көлүөнэҕэ бэриллэр улуу нэһилиэстибэтэ, киһи-аймах култууратын сүдү сыаннастарыттан биирдэстэрэ. Төрөөбүт тыл – оҕо тулалыыр эйгэтин кыраҕатык билэр-көрөр, чугас дьонун-сэргэтин кытта истиҥник бодоруһар, иэйиитэ уһуктар, өйө-санаата сайдар, өбүгэтин үөрэҕин утумнуур сүрүн сириэстибэтэ. Төрөөбүт тылынан үөрэҕи-билиини кэбэҕэстик ылынар, айар-тутар дьоҕура уһуктар. Идэни талыыга, араас эйгэҕэ, түгэҥҥэ дьону кытта бодоруһууга, аныгы уопсастыбаҕа бэйэ миэстэтин булууга, үтүө сиэргэ-майгыга төрөөбүт тылын үөрэтэн ылбыт билиитэ туһалыыр
Саха тыла - саха оскуолатыгар үөрэх тыла, билии-көрүү төрдө буолар. Үөрэнээччи тыл өйдөбүлүн туһунан өйдөбүлэ, ситимнээн саҥарар үөрүйэҕэ, ырытар-толкуйдуур дьоҕура төрөөбүт тыл уруогуттан саҕаланар. Онтон салгыы оҕо атын предметтэри кэбэҕэстик өйдүүрүгэр төрөөбүт тыл тирэх буолар. 7 кылаас рабочай бырагыраамата Федеральнай государственнай стандарка ФГҮС (ФГОС ), РФ «Үөрэҕирии туһунан» сокуонугар, 1992с. Саха Республикатын Конституциятын 46-с ыстатыйата «Саха Республикатын государственнай тылларынан Саха уонна нуучча тыла буолаллар», СР Правительствота «Саха Республикатын национальнай оскуолаларын саҥардан сайыннарыы концепцията” докумуоннарыгар олоҕуран оҥоһулунна, учебнай пособие автордара : Неустроев Н.Н, Семенова С.С, Ядрихинская А.Г. Рабочай бырагыраама - ФГҮС ( ФГОС) олоххо киириитигэр тирэх. Үөрэх билиитин эрэ ылыыга анаммат, үөрэнээччи дэгиттэр дьоҕурун сайдыытыгар: бэйэни салайынар (регулятивнай ), билии-көрүү ылар ( познавательнай ), тус суолталаах ( личностнай ), бодоруһар ( коммуникативнай ) - олоҕурар, маны таһынан метапредмет, биирдиилээн сыһыан ( индивидуализация), үөрэх ситимин биир ситимҥэ киллэриигэ соруктанар, үөрэнээччи төрөөбүт тылын таптыырыгар олук уурар, сахалыы суруйар, ааҕар дьоҕурун сайыннарыыга туһуланар.Рабочай бырагыраама ФГҮС ( ФГОС) олоххо киириитигэр саха тылын 7 кылааска үөрэтиигэ маннык сыал - сорук туруорар:
- сахалыы литератураны сэргээн, кэрэхсээн, сатаан, өйдөөн ааҕарга үөрэтии, аахпыты бэйэ сайдарыгар туһулааһын;
- ийэ тыл уус-уран күүһүн, кэрэтин, тыл илбиһин, хомуһунун иҥэрии;
- уус-уран айымньыны, араас геройдарын туһанан төрөөбүт норуот олоҕун, историятын, культуратын, үгэстэрин, сиэрин-майгытын арыйыы;
- үөрэнээччи айымньылаахтык толкуйдуур уонна айар дьоҕура тобулларыгар суол аһыы;
- уус-уран литератураны уран тыллаах, ураты дьоҕурдаах, талааннаах дьон айарын өйдөтүү;
- саха тылын грамматикатын сүрүн өйдөбүллэрин иҥэрии;
- саха таба суруйуу дьоҕурун иҥэрии.
ҮӨРЭХ БИРИДИМИЭТИН СҮРҮН ИС ХОҺООНО
Орто сүһүөх оскуолаҕа саха тылын үөрэтии ис хоһооно үөрэх хаамыытыгар сатабылы-үөрүйэҕи олохсутууга (метапредмет) уонна бары биридимиэккэ туох сыал-сорук турарыгар тирэҕирэр. Маныаха бодоруһууга, тыл үөрэҕэр (лингвистика) уонна ытык өйдөбүллэргэ (культуроведческая компетенция) кэмпитиэнсийэлээх сыһыан сайдыахтаах.
Бодоруһуу кэмпитиэнсийэтигэр тылынан уонна суругунан кэпсэтии култуурата, оҕо сааһыгар дьүөрэлээн куннээҕи олоҕор араас эйгэҕэ тылы таба туттуу үөрүйэҕэ киирэр. Оҕо туох соруктаах бодоруһара, кэпсэтии кэмигэр үөскээбит быһыыны-майгыны сөпкө сыаналыыра, кэпсэтэр киһитин тылын-өһүн өйдүүрэ, онуоха сөптөөх сыһыаны булан кэпсэтэрэ көстүөхтээх.
Тыл уонна тыл үөрэҕин кэмпитиэнсийэтигэр үөрэнээччи тыл үөрэҕин туһунан билиитэ, тыл хайдах сайдарын, туттулларын өйдөөн көрүүтэ; сүрүн литэрэтиирэлии нуорманы тутуһуута; тыл баайын хаҥатыыта; араас тылдьыты сатаан туһаныыта киирэр.
Ытык өйдөбүл (культуроведческая) кэмпитиэнсийэтигэр төрөөбүт тыл төрүт култуураны көрдөрүү биир көрүҥэ буолара, тыл норуот остуоруйатын кытта ыкса сибээһэ; саха тылын дьикти уратыта; тыл суолтатын төрүт култуураҕа даҕатан быһаарыы киирэр.
Саҥаны-иҥэни толору баһылааһын бэлиэтэ: бодоруһууга үөрэх дэгиттэр дьайыылара (саҥарар саҥа араас көрүҥүн сатаан туттуу, табаарыстарын, аҕа саастаах дьону кытта бодоруһуу; тылынан уонна суругунан саҥаны сөпкө өйдөөһүн; саныыр санааны сааһылаан кэпсээһин; тылга-өскө сөптөөх нуорманы, сиэри тутуһуу); билэр-көрөр сатабыл (холобурдааһын, ситимнээх толкуй, дакаастааһын, араас источниктан наадалаах матырыйаалы булуу, наардааһын); тэринэр-дьаһанар сатабыл (сыалы-соругу сөпкө туруоруу, сатаан былаанныыра; сатаан хонтуруолланара, көннөрүнэрэ).
Үөрэнээччи саҥаны-иҥэни толору баһылааһына, саҥарар саҥатын тупсарыыта саха тылын тутулун уонна араас тугэҥҥэ хайдах туттулларын билиигэ тирэҕирэр. Үөрэх хаамыытыгар оҕо тылы ырытыы үөруйэҕэр эрэ буолбакка, тыл култууратыгар үөрэниэхтээх. Ааҕыы араас көрүҥүн сатыахтаах, тиэкиһи литэрэтиирэлии нуорманы уонна тыл-өс сиэрин тутуһан сатаан сыымайдыахтаах, көннөрүөхтээх.
Төрөөбүт тылы үөрэтии ис хоһоонун сүрүн хайысхалара:
- бодоруһуу култуурата;
- тыл үөрэҕин тутаах салааларын туһунан уопсай өйдөбүл: саҥа дорҕооно, лиэксикэ, морполуогуйа, сиинтэксис;
- сурук култуурата: таба суруйуу уонна сурук бэлиэтэ;
- ситимнээх саҥаны сайыннарыы (тиэкис туһунан сүрүн өйдөбүл).
Тыл үөрэҕэ
Төрөөбүт тылбыт – саха тыла. Саха омук үөскээбит, сайдыбыт остуоруйата. Саха тыла – түүр тыла. Саха тылыгар уруулуу тыллар. Төрөөбүт тыл киһи олоҕор суолтата.
Дорҕоон уонна таба саҥарыы. Саҥа дорҕоонун өйдөбүлүн, сахалыы дорҕоон арааһын билии. Төрөөбүт тыл дорҕооннорун, ордук чуолаан, сахалыы ураты дорҕооннору (уһун-кылгас, илин-кэлин, уос-айах аһаҕас уонна хоһуласпыт, сэргэстэһэр, пааралаһар бүтэй дорҕооннору, дьуптуоннары, ҕ, ҥ, дь нь, мурун дорҕооннору), арааран истии, чуолкайдык, таба саҥарыы нуорматын тутуһан саҥарыы. Саха тылыгар киирии тыллары сахатытан, аһаҕас дорҕооннор дьүөрэлэһиилэрин сокуонун тутуһан саҥарыы. Тылы дорҕоонунан ырытыы.
Лиэксикэ. Норуот тылын туһунан уопсай өйдөбүлү, төрүт уонна киирии тыл уратыларын билии. Литэрэтиирэлии тыл суолтатын билии, нуорматын тутуһуу. Тыл лиэксикэлии суолтатын быһаарыы. Түөлбэ тыл, биир уонна элбэх суолталаах, хомуур тыллар, көспүт суолталаах тыллар, омуоньум, онтуоньум, синиэньим (харыс тыллар, сомоҕо тыллар, мэтээпэрэлэр) өйдөбүллэрин билии, тиэкистэн булуу, саҥарар саҥаҕа сөпкө туттуу. Тылдьыт арааһын сатаан туһаныы, тыл суолтатын тылдьыттан булан быһаарыы.
Кыраапыка. Сурук сайдыытын бэлиэ түгэннэрин билии, киһи олоҕор суолтатын өйдөөһүн. Сахалыы сурук-бичик остуоруйатын билии. Дорҕоон буукубаларын билии, таба ааттааһын. Буукубалары суруллар ньымаларынан холбоон, ыраастык, тэтимнээхтик илиинэн суруйуу. Сурукка туттуллар атын бэлиэлэри, өйдөбүллэри (апсаас, тылы көһөрүү бэлиэтэ, тыл икки арда (пробел)) сөпкө туттуу. Сахалыы алпаабыт бэрээдэгин билии. Араас тылдьытынан, ыйынньыгынан, хатаалагынан үлэлииргэ алпаабыты сөпкө туһаныы. Көмпүүтэргэ сахалыы сириибинэн тиэкиһи ылбаҕайдык бэчээттээн суруйуу.
Морполуогуйа. Тыл састааба диэн өйдөбүлү, тыл уларыйар уонна үөскүүр ньыматын билии.Саҥа чааһын туһунан уопсай өйдөбүлү билии. Саҥа чаастарын бөлөҕө: ааттар (аат тыл, даҕааһын аат, ахсаан аат, солбуйар аат), туохтуур туттулук халыыптара (аат туохтуур, сыһыат туохтуур, тус туохтуур, үлүбүөй), сыһыат, саҥа аллайыы, көмө саҥа чаастара. Тылы састаабынан ырытыы (тыл олоҕо, сыһыарыыта). Тыллары сүрүн бэлиэлэринэн (кырамаатыкалыы халыыптарынан) бөлөхтөөһүн, ырытыы. Саҥарар саҥаҕа тыл литэрэтиирэлии нуорматын тутуһуу.
Сиинтэксис. Этии уонна тыл ситимэ уратыларын, этии арааһын (сэһэн, ыйытыы, күүһүрдүү) билии. Этии чилиэннэрин, биир уустаах чилиэннэри, тэнийбит чилиэннэри, даҕаамыры, кыбытык кэрчиктэри өйдөөһүн. Тэнийбит уонна тэнийбэтэх этии, толору уонна толорута суох судургу (биир састааптаах, икки састааптаах этии) уонна холбуу (баһылатыылаах, тэҥҥэ холбоммут) этии, сирэй саҥа, ойоҕос саҥа, диалог, туһулуу өйдөбүллэрин билии, этиигэ, тиэкискэ арааран булуу, бэйэ этиитин толкуйдааһын. Этиини таба интэнээссийэлээн ааҕыы, сурукка саҥа дэгэтин сурук бэлиэтинэн араарыы. Этиини чилиэнинэн ырытыы.
Сурук-бичик култуурата
Таба суруйуу. Таба суруйуу сурук-бичик култуурата буоларын өйдөөһүн. Уһун аһаҕас дорҕооннору, дьуптуону, хоһуласпыт, сэргэстэспит, ханыылаһар бүтэй дорҕооннору, саха тылыгар киирии тыл дорҕооннорун таба суруйуу. Сахалыы араастык этиллэр тыллар таба суруллуулара тыл төрүт сокуоннарыттан тахсалларын, норуокка үөрүйэх, үгэс буолбут нуормаларга олоҕуралларын өйдөөһүн, харыстабыллаах сыһыан. Киэҥник, элбэхтик туттуллар эбэтэр сахалыы этэргэ табыгастаах киирии тыллары сахатытан суруйуу; тылбаастанар эбэтэр саха тылынан бэриллэр кыахтаах нуучча тылларын сахалыы солбугунан биэрии; сахалыы кыайан суруллубат киирии тыллар сыһыарыыларын таба суруйуу.
Сурук бэлиэтэ. Сурук бэлиэтэ – тыл култууратын сор5ото буоларын, киһи этэр санаатын чуолкайдыырга, иэйиини сурукка биэрэргэ, суругу-бичиги тупсарарга биллэр-көстөр туһалааҕын, тиэкис арам-тарҕам барбатын, ыһыллыбатын, биир сомоҕо, сибээстээх буоларын, хааччыйарын өйдөөһүн. Тыл ордук тупсаҕай тутуллаах, этигэн, бэргэн буоларыгар сахалыы этии, сурук бэлиэтин арааһын (араарар, тоһоҕолоон бэлиэтиир) сатабыллаахтык туттуу.
Тыл салаалара. Саҥа дорҕоонун туһунан билиигэ олоҕуран тыл дорҕооннорун тылыгар-өһүгэр таба интэнээссийэлээн, охсуулаан туттар; лиэксикэҕэ ылбыт сатабылларыгар, үөрүйэхтэригэр уонна билиитигэр тирэҕирэн, тылы ситимнээх саҥаҕа уонна туттулук истииллэргэ табыгастаахтык туттар; морполуогуйаны үөрэтэн иҥэриммит үөрүйэхтэрин, сатабылларын туһанан, саҥа чаастарын суолталарын уонна тылы үөскэтэр, уларытар халыыптарын литэрэтиирэлии нуормаларынан уонна төрөөбүт тыл үйэлээх үгэһин үөрүйэхтэринэн салайтаран араас истиилгэ сөпкө туһанар; сиинтэксискэ үөрэнэн билбит, сатаабыт үөрүйэхтэригэр олоҕуран, ситимнээх саҥатыгар тыл ситимин, этиини таба оҥорор, араас истиилгэ сөп түбэһиннэрэн сыысхала суох туттар.
Ситимнээх саҥаны сайыннарыы
Туох сыаллаах-соруктаах саҥарарын, суруйарын өйдөөн (тиэмэ, сүрүн санаа), дьоҥҥо тиийимтиэ гына санаатын сааһылаан, араас истииллээх тиэкиһи туһанар үөрүйэҕи баһылааһын (истэн суруйуу, өйтөн суруйуу, о.д.а.). Тиэкис сүрүн санаатыгар олоҕуран, тиэкиһи таба ааттыыр. Тиэкис сиһилиир тиибин таба туһанан (сэһэргээһин, ойуулааһын, тойоннооһун), тиэкис тутулун тутуһар (киириитэ, сүрүн чааһа, түмүгэ), табыгастаах былаанын оҥорор (кылгас, тэнийбит), кэрчик тиэмэлэргэ бытарытар. Тыл туттуллар аналын, дэгэтин учуоттаан, онно тоҕоостоох тутуллаах этиилэри (логичность речи), ойуулуур-дьүһүннүүр ньымалары, сөптөөх тыл баайын (богатство речи), түгэнигэр сөптөөх тылы туттар (уместность речи).
7 КЫЛААСКА САХА ТЫЛЫН ҮӨРЭТИИ ИС ХОҺООНО. 68 ЧААС
Төрөөбүт тыл – сайдыы төрдө – 1 чаас
Төрөөбүт төрүт тылым – саха тыла. Төрөөбүт тылбынан киэн туттабын.
Алын кылааска барбыты хатылааһын – 5 чаас
Лексика. Саҥа чаастара. Этии арааһа. Этии чилиэнэ. Сурук бэлиэтэ. Сиинтэксис. Морполуогуйа.
Туохтуур олох халыыптара – 12 чаас
Тус туохтуур
Туохтуур өйдөбүлэ. Туохтуур үс бөлөҕө. Тус туохтуур морфологическай уратыта, бэлиэтэ, олоҕо, хайааһын туохтуура, турук туохтуура, Тыаһы үтүктэр, дьүһүнннүүр туохтуурдар. Тус туохтуур ахсаана, ыйытыыта, ахсаана, халыыба, киэбэ, этии чилиэнэ буолуута. Паараласпыт туохтуур уратыта. Туохтуур сирэйдэниитэ. Көмө туохтуур морфологическай бэлиэтэ, өйдөбүлэ, этиигэ туттулллуута. Төрүт, дьаһайар, бэйэни, холбуу, атынтан туһаайыылар.Буолуон сөптөөх, буола илик, үгэс буолбут, соруйар, сэрэтэр, сэрэйэр, болдьуур, бигэргэтэр, буолуохтаах киэптэр. Төхтөрүтэлиир, тиэтэтэр, саҕалыыР, уһуур, кылгатар, түмүктүүр көрүҥнэр. Туохтуур кыччатар халыыба. Туохтуур үлүбүөй халыыба.
Аат туохтуур
Аат туохтуур суолтата, морфологическай бэлиэтэ, этиигэ ханнык чилиэн буолара. Ааспыт, билиҥҥи, кэлэр кэмнээх аат туохтуурдар. Аат туохтуур синоним суолталаах халыыптара.
Сыһыат туохтуур
Сыһыат туохтуур суолтата, морфологическай бэлиэтэ, этиигэ ханнык чилиэн буолара. Урут, тэҥҥэ, тута, кэлин сыһыат туохтуурдар. Аат туохтууру, даҕааһын ааты, сыһыат туохтууру араарыы.
Уларыйбат саҥа чаастара – 7 чаас
Сыһыат
Сыһыат морфологическай уратыта, этиигэ ханнык чилиэн буолара. Сыһыат үөскүүр ньымата. Миэстэ, кэм, буолуу, кээмэй, төрүөт сыһыаттара.
Көмө саҥа чаастара – 12 чаас
Көмө чааһын өйдөбүлэ. Эбиискэ, сыһыан тыл, дьөһүөл, ситтим тыл быһаарыылара. Көмө тыллар морфологическай бэлиэлэрэ, этиигэ туттуллулара. Араастара. Этиигэ ханнык чилиэн буолаллара.
Саҥа аллайыы
Саҥа аллайыы өйдөбүлэ, морфологическай бэлиэтэ, этиигэ туттуллар миэстэтэ, сурук бэлиэтэ.Саҥа аллайыыны атын саҥа чааһыттан араарыы.
Ситимнээх саҥа – 20 чаас, тыл үөрэҕэ – 48 чаас
Саҥарар саҥа истиилэ
Уус-уран истиил
Уус-уран истиил өйдөбүлэ, бэлиэтэ, туттуллар эйгэтэ, тыла-өһө, дорҕоон дьүөрэлэһиитэ.Уус-уран истиили араарыы, саҥаҕа, тылга туттуу.
Публицистика истиилэ
Публицистика истиилин өйдөбүлэ, бэлиэтэ, туттуллар эйгэтэ. Публицистика истиилин тылын-өһүн уратыта, риторическапй ыйыты, күүһүрдүү этии, хатылааһын, стилистическэй фигуралар. Автобиография, быһаарыы сурук. Публицистика истиилигэр уус-уран ойуулааһыны туһаныы.
ҮӨРЭХ ДЭГИТТЭР ДЬАЙЫЫЛАРА
Бырагыраама үөрэнээччи маннык дэгиттэр сатабылларын сайыннарыыга туһуланар:
1.Үөрэнээччи билиитигэр олоҕуран темаҕа тиийиини ирдиир;
2. Үөрэнээччи тус толкуйунан билиини ыларыгар туһуламмыт сорудахтары толорорго тиэрдэр;
3. Үөрэнээччи бодоруһар, билиини-көрүүнү, тус сыаллаах, бэйэни салайынар дьоҕурдарын сайыннарар;
4. Үөрэнээччи толкуйдуур дьоҕурун чопчулуур;
5.Информацияны буларыгар көмөлөһөр.
.
Саха тылын оскуола5а үөрэтии кэмигэр ытык өйдөбүллэри (личностные результаты) иҥэрии түмүгэ:
1) тыл баайа, кыа5а, кууьэ – бу омук баайа, кыа5а, инники кэскилэ буоларын ейдуур; ийэ тыл киьи иэйиитэ уьуктар, ейе-санаата, айар-тутар дьо5ура сайдар эйгэтэ буолар диэн итэ5эйэр;
2) тереебут тыл уйэлээх угэьин, этигэн кэрэтин ытыктыыр, киэн туттар, харыстыыр, тылын-еьун сайыннарарга дьулуьар;
3) ылбыт билиитигэр, тылын баайыгар тирэ5ирэн саныыр санаатын холкутук тиэрдэр; сацарар сацатын кэтээн керен септеех тумук оцостор.
Үөрэх сатабылларын (метапредметные результаты) иҥэрии түмүгэ:
1) саҥарар саҥа бары көрүҥүн баһылааһын:
Истии (аудирование) уонна ааҕыы:
- тылынан уонна суругунан иьитиннэриини сепке ейдееьун (бодоруьууну, тиэкис тиэмэтин, сурун санаатын; сурун уонна эбии иьитиннэриини);
- араас керуцнээх, истииллээх тиэкиьи сатаан аа5ыы;
- араас керуцнээх, истииллээх тиэкиьи сатаан истии;
- араас иьитиннэриини сатаан булуу, биллэрэр-иьитиннэрэр эйгэни, Интэриниэти киллэрэн туран;
- чопчу тиэмэ5э матырыйаалы наардааьын; иьитиннэриини бэйэ кердеен булуута, ону сатаан тиэрдии;
- дьон сацарар сацатын ис хоьоонунан, истилиистикэлии уратытынан тэцнии тутан быьаарыы.
Сацарыы уонна сурук:
- уерэх хаамыытыгар туох сыал-сорук турарын сатаан быьаарар (биирдиилээн уонна кэлэктиибинэн), улэни бэрээдэгинэн аттарар, тумугун сатаан сыаналыыр, ону тылынан уонна суругунан сепке тириэрдэр сатабыл;
- истибит эбэтэр аахпыт тиэкиьин кылгатан быьаарар (былаан, кэпсээн, кэниспиэк, аннатаассыйа);
- тиэкис араас керуцун, истиилин тутуьан тылынан уонна суругунан сатаан оцорор;
- тиэкискэ ирдэнэр нуорманы тутуьан саныыр санаатын тылынан уонна суругунан сатаан биэрэр; аахпыт, истибит, кербут чахчытыгар тус санаатын сатаан этэр;
- монолог (сэьэргээьин, ойуулааьын, тойоннооьун) уонна диалог (кэпсэтии сиэрэ, ыйыталаьыы, көҕүлээһин, санаа атастаьыыта уо.д.а.) араас керуцун сатаан туттар;
- куннээ5и олоххо саха тылынан сепке сацарыы, лиэксикэлии, кырамаатыкалыы, истилиистикэлии нуормаларын тутуьар; таба суруйууга, сурук бэлиэтигэр быраабыла сурун ирдэбиллэринэн сирдэтэр;
- дьону кытта кэпсэтэригэр кэпсэтии сиэрин тутуьар; сепке туттан-хаптан алтыьар;
- уерэх хаамыытыгар, куннээ5и олоххо тылын-еьун хонтуруолланар; сыыьатын-халтытын булан кеннерунэр; суруйбут тиэкиьин кеннерер, тупсарар;
- табаарыстарын иннигэр туран кылгас иьитиннэрии, дакылаат, эрэпэрээт оцорор; араас тиэмэни дьууллэьиигэ кехтеехтук кыттар.
2) ылбыт билиитин, сатабылын, уеруйэ5ин куннээ5и олоххо туьанар; тереебут тылын кеметунэн атын биридимиэттэри уерэтэн билии ылар; нуучча, омук тылларын, литэрэтиирэни уерэтэригэр саха тылыгар уерэммитин алтыьыннарар.
3) дьону-сэргэни кытта бодоруьарыгар, кыттыгас улэ5э, тыын суолталаах тиэмэни дьууллэьиигэ кэпсэтии сиэрин, терут култуураны кытта дьуерэлээн туттар.
Бэйэни салайынар –дьаһанар сатабыл (регулятивные умения).
- Тылын сайыннарар сыалы-соругу таба туруорунар ,сатаан былаанныыр ,туох-ханнык түмүккэ кэлиэхтээҕин быһа холоон билэр.
- Тылы сэрэйэр дьоҕуру сайыннарыы.Бэйэтин сааһыгар сөп түбэһэр тиэкиһи тылынан да, суругунан да таҥар буолуохтаах.
- Тылын сайыннарар баҕаны үөскэтии.
- Хонтуруолланыы
Билэр-көрөр сатабыл. Сүрүн үөрэнэр сатабыл (познавательные умения).
- Билиини-көрүүнү кэҥэтэр араас матырыйаалы туһаныы.
- Билиини сааһылааһын
-Ейү сайыннарар үөрүйэхтэр. Саха тылын лингвистическэй матырыйаалыгар тирэҕирэн , өй үлэтин араас дьайыыларын кэбэҕэстик толорор:тэҥнээһин,ырытыы,холбооһун,түмүктээһин,ханыылатан сааһылааһын,майгыннатыы,сааһылаан ситимнээһин.
-Рефлексия.
-Бэлиэни-символы туһанар үөрүйэхтэр.
Бодоруһар сатабыл (коммуникативные умения).
- Бииргэ үлэлиир үөрүйэх-пааранан,бөлөҕүнэн,хамаанданан.
- Кэпсэтэр үөрүйэх.
- Кэпсэтии сиэрин тутуһар үөрүйэх. .
Тустаах үөрэх биридимиэтин (предметные результаты) үөрэтии түмүгэ:
1) тыл сурун аналын, саха тыла нуучча тылын кытта судаарыстыбалыы тэц ыстаатыстааьын, тыл норуот култууратын кытта ыкса ситимнээьин, тереебут тыл киьиэхэ уонна уопсастыба5а суцкэн оруоллаа5ын ейдуур;
2) тереебут тыл гуманитарнай наукаларга ылар миэстэтин уонна уерэхтээьиццэ туох суолталаа5ын ейдуур;
3) тереебут тыл туьунан билим сурун теруттэрин удума5алыыр;
4) тыл уерэ5ин (лингвистика) сурун ейдебуллэрин: тыл уерэ5ин салааларын; сацарар саца тылынан уонна суругунан бэриллиитин; монолог, диалог керуцнэрин; кэпсэтии, бодоруьуу сиэрин; кэпсэтии, билим, пубулуустука, дьыала-куолу истиилин, уус-уран литэрэтиирэ тылын-еьун; саца тииптэрин (сэьэргээьин, ойуулааьын, тойоннооьун); тиэкиьи билэр;
5) тыл баайын араас дэгэтин ейдуур, тылынан уонна суругунан алтыьыыга сиэри, литэрэтиирэлии нуорманы тутуьар;
6) кырамаатыкалыы халыыптарын тута билэр, ырытар, тылыгар-еьугэр сатаан туттар;
7) тылы сатаан ырытар (саца дор5оонунан, састаабынан, лиэксикэлии, морполуогуйалыы), сиинтэксистии (ситиминэн, этии чилиэнинэн), иэйиини кердерер сыьыан тыллары сатаан туттар;
8) бодоруьууга синиэньими (лиэксикэлии, кырамаатыкалыы) сатаан туттуу кэрэтин ейдуур, тылыгар-еьугэр туттар;
9) төрөөбүт тыла кэрэтин өйдүүр, уус-уран литэрэтиирэ тиэкиһигэр булан сыаналыыр.
Бырагыраама үөрэнээччи маннык дэгиттэр сатабылларын сайыннарыыга туһуланар:
1.Үөрэнээччи билиитигэр олоҕуран темаҕа тиийиини ирдиир;
2. Үөрэнээччи тус толкуйунан билиини ыларыгар туһуламмыт сорудахтары толорорго тиэрдэр;
3. Үөрэнээччи бодоруһар, билиини-көрүүнү, тус сыаллаах, бэйэни салайынар дьоҕурдарын сайыннарар;
4. Үөрэнээччи толкуйдуур дьоҕурун чопчулуур;
5.Информацияны буларыгар көмөлөһөр.
Үлэ түмүгэ:
- тылынан уонна суругунан иһитиннэрии оҥоруу;
- ааҕыы араас ньыматын баһылааһын;
- билиини хаһыатынан, телевизорынан, интернетинэн, тылдьытынан ылыы;
- билбити сатаан тиэрдии;
- күннээҕи олоххо орфоэфическай, лексическэй, орфографическай, пунктуационнай нуормалары тутуһуу;
- аудитория иннигэр биллэрии, иһитиннэрии, дакылаат оҥоруу;
- саха тылын уруоктарыгар ылбыт билиини олоххо туһаныы.
Үөрэнээччи 7 кылааһы бүтэрэригэр сатыахтаах:
- төрөөбүт тылынан хомоҕойдук кэпсэтэр, таба суруйар, саҥа чаастарын суолталарын билэр, араарар;
- саха тылын үөрэҕин, тыл культуратын туһунан өйдөбүлү ылар, литературнай нуорманы билэр, сэһэргээһин, ойуулааһын, тойоннооһун ньымаларын баһылыыр дьоҕурдаах, уус-уран, публицистика истииллэрин быһаарсар;
- ийэ тыл баайынан киэн туттар, сахалыы толкуйа сайдыбыт, нууччалыы тылы саҥарар саҥатыгар тумнар, тус туохтуур, аат туохтуур, сыһыат туохтуур, сыһыат, көмө саҥа чаастарын, саҥа аллайыыны билэр.
Кылаастарынан оҕолор үлэлэрин тэрийии араастара
7-8 кылаас
- Бөлөҕүнэн, пааранан, тус туһаайыылаах.
- Оонньуу көрүҥэ, бырайыактааһын ньымата.
- Биирдиилээн, кылааһынан бары бииргэ үлэлээһин.
Бэрэбиэркэлиир, хонтуруоллуур үлэлэр.
1. Уруок аайы ыытыллар хонтуруол: чиҥэтэр, хатылыыр ыйытыктар; тэттик тиэкистэри суруйуу; араас эрчиллиилэр тиһиктэрэ.
2. Хас саҥа тиэмэ бүттэҕин аайы араас сорудахтаах бэрэбиэркэлиир үлэлэр; тургутуктар; суругунан үлэлэр.
3. Чиэппэр,сыл түмүгүнэн түмүктүүр, хонтуруоллуур үлэлэр: аахпыттан суруйуу, өйтөн суруйуу, хонтуруолунай үлэ, диктант (истэн суруйуу).
ТУТТУЛЛАР ҮӨРЭТЭР-МЕТОДИЧЕСКАЙ ЛИТЕРАТУРА
Учуутал уонна үөрэнээччи туттар литературалара
1. Петров Н.Е, Иванов С.А., Неустроев Н.Н., Семенова С.С. Саха тыла: 5 кылааска үөрэнэр кинигэ. Дь: Бичик, 2000
2. Аржакова А.Р., Слепцова М.С., Ядрихинская И.Р. Аахпыттан суруйуу хомуурунньуга. Дь: Бичик, 2016
3. Петрова Т.И., Винокурова М.С., Филиппова М.Е. Сахалыы саҥа 11 кылаас. Дь: Бичик, 1994
4. Слепцов П.А, Винокурова М.С., Филиппова М.Е. Сахалыы саҥа 10 кылаас. Дь.: Бичик, 1993
5. Макеева М.Г, Никифорова М.Г. 30 бастыҥ өйтөн суруйуулар. Дь: Бичик, 2016
6. Флегонтова У.М., Попова М.М. Оҕолор бастыҥ өйтөн суруйуулара. Дь: Бичик, 2014
7. Ксенофонтова К.Б. Бэргэн этиилэр. Дь: Бичик, 2015
8. Тыл оонньуулара
9. Аммосова В.И. Дьыктаан хомуурунньуга. Дь: Бичик, 2016
10. Өйтөн суруйуу кистэлэҥэ-2. Дь: Бичик, 2002
11. Өйтөн суруйуу кистэлэҥэ-1. Дь: Бичик, 2001
12. Попов И.К. Сомоҕо домохтор. Дь: Бичик, 2010
13. Саха өһүн хоһоонноро. Дь: Бичик, 2005
Тылдьыттар
1. Попов И.К. Сомоҕо домохтор. Дь: Бичик, 2010
2. Саха өһүн хоһоонноро. Дь: Бичик, 2005
3. Сахалыы таба суруйуу тылдьыта
4. Сахалыы таба суруйуу уонна сурук бэлиэлэрин быраабылалара. Дь: Бичик, 2016
5. Саха тылын быһаарыылаах кылгас тылдьыта. Дь: Бичик, 2012
6. Сахалыы-нууччалыы кылгас тылдьыт
7. Нууччалыы-сахалыы кылгас тылдьыт
Хаһыаттар
1. Кыым
2. Чолбон
Календарнай-тематическай былаан
№ | Уруок тиэмэтэ | Чааһа | Уруок тиибэ | Үөрэтиллэр тиэмэ ис хоһооно | Үөрэх сатабылларын сайыннарыы түмүгэ | Хонтуруол көрүҥэ | Дьиэҕэ үлэ | Күн-дьыл | Сыһыарыы | ||
Ытык өйдөбүллэр. Кэпсэтэр уонна суруйар тиэмэлэр барыллара | Үөрэнээччи үлэтин сүрүн көрүҥнэрэ | Был. | Факт | ||||||||
Төрөөбүт тыл – сайдыы төрдө (1 чаас) | |||||||||||
1 | Төрөөбүт тыл – сайдыы төрдө | 1 | Киирии уруок | Үөрэх кинигэтин сүрүн ис хоһоонун билиһиннэрии | Тыл – киһи ис дууһатын кэрэһитэ | Төрөөбүт тыл суолтатын туһунан тэнитэн быһаарар | Уопсай (фронт.) | ||||
5-6 кылааска үөрэппити хатылааһын (5 чаас) | |||||||||||
2 | Тыл баайа (лиэксикэ) | 1 | Хатылааһын | Тыл баайа (лиэксикэ). Сиинтэксис уонна сурук бэлиэтэ. Саҥа дорҕооно уонна кыраапыка. Тылы таба суруйуу. Саҥа чаастара. Анал ааты таба суруйуу. Ырытыы. Ситимнээх саҥа: литэрэтиирэлии тыл. | Тыл эрдии, киһи – оҥочо. Дойду сурахтаах, алаас ааттаах. | Тыл сайда, байа, ол быыһыгар “сыыһыра” турарын быһаарар, холобурдуур. Сахалыы төрүт дорҕоон тылы таба суруйууга оруолун быһаарар. Анал тылдьыттарынан туттар. Анал аат судургу көстүүтүн таба суруйар, быһаарар. | Уопсай (фронт.) | ||||
3 | Саҥа дорҕооно. Арпагыраапыйа | 1 | Хатылааһын | Уопсай (фронт.) | |||||||
4 | Тыл үөрэҕин салаалара: сиинтэксис, морполуогуйа | 1 | Хатылааһын | Уопсай (фронт.) | |||||||
5 | Литэрэтиирэлии тыл | 1 | Хатылааһын | Уопсай (фронт.) | |||||||
6 | Этиини лиэксикэлии ырытыы | 1 | Суругунан үлэ | Бэйэ үлэтэ (самост.) | |||||||
Туохтуур олох халыыптара (12 чаас) | |||||||||||
7 | Туохтуур өйдөбүлэ. Этиигэ оруола. Саҥа чааһын быһыытынан сүрүн бэлиэтэ. | 1 | Саҥа тиэмэни барыы | Туохтуур өйдөбүлэ. Туохтуур суолтатын арааһа. Хайааһын-турук, тыаһы үтүктэр, дьүһүннүүр туохтуур. Морполуогуйалыы бэлиэтэ. Этиигэ оруола. Туохтуур олоҕо. Соруйууну көрдөрөр халыып. Үөскүүр ньымалара. Ситимнээх саҥа: кэпсэтии (диалог)-тиэкис. Кэпсэтии арааһа (көрүҥэ). Туохтуур олох халыыптара. Туһаайыы өйдөбүлэ. Араастара. Үөскүүр сыһыарыылара. Ситимнээх саҥа: уус-уран истиил, туттуллар эйгэтэ. Көмө туохтуур. Туохтуур көрүҥэ. Туохтуур кыччатар халыыба. Ситимнээх саҥа: уус-уран ойуулааһын уратыта. Туохтуур туттулук халыыптара. Араастара. Тус туохтуур, сыһыат туохтуур, аат туохтуур, үлүбүөй туохтуур. Тус туохтуур өйдөбүлэ. Ситимнээх саҥа: киһи тас көрүҥүн ойуулааһын. Ааспыт кэм арааһа. Буолар-буолбат халыып. Туохтуур араас кэмин, сирэйин туттуу. Ситимнээх саҥа: пубулуустука истиилин өйдөбүлэ. Риторическай ыйытыы. Туохтуур киэптэрэ. Киэп өйдөбүлэ. Араастара. Ситимнээх саҥа: киһи үлэтин-хамнаһын ойуулааһын. | Киһини үлэ киэргэтэр. Эдэр сааскар үлэлии үөрэммэтэххинэ, кырдьар сааскар туга да суох хаалыаҥ. | Туохтууру атын саҥа чааһыттан араарар. Холобурдуур. Олоҕун сатаан араарар. Буолар уонна буолбат халыыптары быһаарар. Үөскүүр ньымаларын көрдөрөр. Саҥарар саҥаҕа туттар. Туһаайыы арааһын булар. Тылга суолтатын быһаарар. Туохтуур туһаайыытын истиилгэ туттар. Туохтуур көрүҥүн, кыччатар халыыбы тиэкистэн булар. Туохтуур көстүктэрин морполуогуйаларын тутулларын быһааран өйдүүр. Туттулук халыыптарга төрүт олох буолалларын араарар. Туохтуур сирэйдэнэрин, халыыптааҕын, кэминэн уларыйарын, тиэкискэ туттулларын быһаарар. Тус туохтуур – туохтуур кэпсиирэ буолар, сирэйдэнэр, арааһа диэн билэр. Кэмнэрин, киэптэрин арааһын быһаарар. Туохтуур киэбэ диэн тугун быһаарар, араастарын чопчулуур, туох дэгэттээхтэрин өйдүүр. | Күннээҕи (текущий) | ||||
8 | Туохтуур суолтата | 1 | Саҥа тиэмэни барыы | Күннээҕи (текущий) | |||||||
9 | Туохтуур олоҕо. Төрүт, үөскээбит олохтор | 1 | Саҥа тиэмэни барыы | Күннээҕи (текущий) | |||||||
10 | Көһөр уонна көспөт туохтуурдар | 1 | Саҥа тиэмэни барыы | Күннээҕи (текущий) | |||||||
11 | Кэпсэтии (диалог) – тиэкис көрүҥнэрэ | 1 | Ситимнээх саҥа | Уопсай (фронт.) | |||||||
12 | Туохтуур туһаайыыта | 1 | Саҥа тиэмэни барыы | Күннээҕи (текущий) | |||||||
13 | Уус-уран истиил өйдөбүлэ, бэлиэтэ, туттуллар эйгэтэ | 1 | Ситимнээх саҥа | Уопсай (фронт.) | |||||||
14 | Көмө туохтуур | 1 | Саҥа тиэмэни барыы | Күннээҕи (текущий) | |||||||
15 | Туохтуур көрүҥэ | 1 | Саҥа тиэмэни барыы | Күннээҕи (текущий) | |||||||
16 | Туохтууру саҥа чааһынан ырытыы | 1 | Суругунан үлэ | Бэйэ үлэтэ (самост.) | |||||||
17 | Кыччатар (атаахтатар) туохтуур | 1 | Саҥа тиэмэни барыы | Күннээҕи (текущий) | |||||||
18 | Уус-уран ойуулааһын уратыта | 1 | Ситимнээх саҥа | Уопсай (фронт.) | |||||||
Туохтуур туттулук халыыптара (22 чаас) | |||||||||||
19 | Тус туохтуур. Киэп. Кэпсиир киэп. | 1 | Саҥа тиэмэни барыы | Сыһыат туохтуур. Өйдөбүлэ. Кэмэ. Араастара. Этиигэ оруола. Ситимнээх саҥа: үлэ-хамнас туһунан тиэкис ойуулуур-сиһилиир ньымаларын ырытыы. Сыһыат туохтуур – саха тылын биир табыгастаах халыыба. Ситимнээх саҥа: “Талаан, дьулуур, үлэ-ситиһии төрдө”. Аат туохтуур. Өйдөбүлэ. Кэмэ. Араастара. Ситимнээх саҥа: истиил бөгүүрэлэрэ. Уус-уран тиэкиһи ырытыы, истиил бөгүүрэлэрин, тылга туттуу. Бастакы кэлиҥҥи аат туохтуурдар. Этиигэ үс араас оруола. Ситимнээх саҥа: пубулуустука истиилин. Аат туохтуур уларыйыыта. Ситимнээх саҥа: араас истиилинэн сэһэргээһин. Пубулуустука тиэкиһин ааптар тылын туһанан кэпсиир (суруйар). Үлүбүөй туохтуур. Этиигэ оруола. Ситимнээх саҥа: аахпыт тиэкискэ олоҕуран суруйуу. Тыл эстиэтикэтэ мөлтүүр төрүөтэ. | Көтөр кынаттаах – көтөргө, киһи дьолго ананан айыллар. Күн аайы эбиллибэт билии көҕүрүүр. Үүнээйи – сииги, норуот кырдьыгы таптыыр. | Аат туохтууру аат тылтан, даҕааһынтан, тус туохтууртан, сыһыат туохтууртан араарар. Уларыйарын көрдөрөр. Араастарын холобурдуур. Этиигэ үс араас оруолун тиэкистэн булан быһаарар. Аат туохтуур этиигэ хайдах уларыйарын кэтээн көрөр. Ааттыйдаҕына, ханнык чилиэн буоларын быһаарар. Нуучча тылын сабыдыалынан хайдах сыыһырарын ыйар. Холобур: кэлбиттэр саалаҕа киирбиттэр. Үлүбүөй туохтуур аат туохтуур сыһыарыы түһүккэ турар халыыбыттан атыннааҕын өйдүүр, быһаарар. Тиэкистэн булар, бэйэтэ холобурдуур. | Күннээҕи (текущий) | ||||
20 | Киһи тас көрүҥүн, майгытын-сигилитин, ис туругун ойуулааһын | 1 | Ситимнээх саҥа | Уопсай (фронт.) | |||||||
21 | Ойоҕос киэптэр | 1 | Саҥа тиэмэни барыы | Күннээҕи (текущий) | |||||||
22 | Пубулуустука истиилин өйдөбүлэ, бэлиэтэ, туттуллар эйгэтэ | 1 | Ситимнээх саҥа | Уопсай (фронт.) | |||||||
23 | Киэптэр кэмнэрэ, дэгэт суолталара | 1 | Саҥа тиэмэни барыы | Күннээҕи (текущий) | |||||||
24 | Киһи үлэтин-хамнаһын ойуулааһын | 1 | Ситимнээх саҥа | Уопсай (фронт.) | |||||||
25 | Сыһыат туохтуур. Хос хайааһын-сүрүн хайааһын бэлиэтэ | 1 | Саҥа тиэмэни барыы | Күннээҕи (текущий) | |||||||
26 | Үлэ-хамнас туһунан тиэкис (айымньы) ойуулуур-сиһилиир ньымалара | 1 | Ситимнээх саҥа | Уопсай (фронт.) | |||||||
27 | Сыһыат туохтуур тылга туттуллуута | 1 | Саҥа тиэмэни барыы | Күннээҕи (текущий) | |||||||
28 | Сыһыат туохтууру саҥарар саҥаҕа туттуу | 1 | Саҥа тиэмэни барыы | Күннээҕи (текущий) | |||||||
29 | Талаан, дьулуур, үлэ-ситиһии төрдө | 1 | Ситимнээх саҥа | Уопсай (фронт.) | |||||||
30 | Аат туохтуур. Суолтата. Араастара. уларыйыыта | 1 | Саҥа тиэмэни барыы | Күннээҕи (текущий) | |||||||
31 | Истиил бөгүүрэлэрэ (инверсия, анафора, антитеза, этиини кэккэлэтии) | 1 | Ситимнээх саҥа | Уопсай (фронт.) | |||||||
32 | Дьыктаан | 1 | Суругунан үлэ | Биирдиилээн (инд.) | |||||||
33 | Аат туохтуур аат суолтатын ылыныыта. Аат туохтуур тылга туттуллуута | 1 | Саҥа тиэмэни барыы | Күннээҕи (текущий) | |||||||
34 | Пубулуустука истиилэ атын истииллэртэн тылын-өһүн уратыта | 1 | Ситимнээх саҥа | Уопсай (фронт.) | |||||||
35 | Аат туохтууру саҥарар саҥаҕа туттуу | 1 | Саҥа тиэмэни барыы | Күннээҕи (текущий) | |||||||
36 | Пубулуустука тиэкиһин ааптар тылын туһанан сиһилии суруйуу | 1 | Ситимнээх саҥа | Уопсай (фронт.) | |||||||
37 | Үлүбүөй туохтуур. Суолтата. Этиигэ оруола | 1 | Саҥа тиэмэни барыы | Күннээҕи (текущий) | |||||||
38 | Дьыала, кэнсэлээрийэ тылыгар, билим истиилигэр аат туохтууру туттуу | 1 | Саҥа тиэмэни барыы | Уопсай (фронт.) | |||||||
39 | ХатылааһынТуохтуур. | 1 | Хатылааһын | Уопсай (фронт.) | |||||||
40 | Аат туохтууру, сыһыат туохтууру саҥа чааһынан ырытыы | 1 | Суругунан үлэ | Бэйэ үлэтэ (самост.) | |||||||
Уларыйбат саҥа чаастара (7 чаас) | |||||||||||
41 | Сыһыат – саҥа чааһа | 1 | Саҥа тиэмэни барыы | Сыһыат суолтата, арааһа. Ситимнээх саҥа: уус-уран айымньыга ойуулааһын тыла-өһө. Үөскүүр ньымата: сыһыарыы, аттарыы. Ситимнээх саҥа: араас истиилинэн ойуулааһын. | Сымыйа дьоллооҕор дьиҥнээх эрэй ордук. Кырдьык үрдүгэр сымыйа ыттыбат, арыы үрдүгэр уу дагдайбат. | Сыһыат суолтатын өйдүүр, сатаан туттар. Быраабыланы тутуһан таба суруйар. Үөскээбит сыһыаты араас истиилгэ туттар. | Күннээҕи (текущий) | ||||
42 | Уус-уран айымньыга ойуулааһын тылын-өһүн уратыта | 1 | Ситимнээх саҥа | Сыһыат суолтата, арааһа. Ситимнээх саҥа: уус-уран айымньыга ойуулааһын тыла-өһө. Үөскүүр ньымата: сыһыарыы, аттарыы. Ситимнээх саҥа: араас истиилинэн ойуулааһын. | Сымыйа дьоллооҕор дьиҥнээх эрэй ордук. Кырдьык үрдүгэр сымыйа ыттыбат, арыы үрдүгэр уу дагдайбат. | Сыһыат суолтатын өйдүүр, сатаан туттар. Быраабыланы тутуһан таба суруйар. Үөскээбит сыһыаты араас истиилгэ туттар. | Уопсай (фронт.) | ||||
43 | Сыһыат арааһа | 1 | Саҥа тиэмэни барыы | Күннээҕи (текущий) | |||||||
44 | Араас истиилинэн ойуулааһын (кэпсэтии, уус-уран, билим, дьыала истиилэ) | 1 | Ситимнээх саҥа | Уопсай (фронт.) | |||||||
45 | Өйтөн суруйуу “ Кыһыҥҥы айылҕа кэрэтэ” | 1 | Суругунан үлэ | Биирдиилээн үлэ (инд.) | |||||||
46 | Хатылааһын. Сыһыат. | 1 | Хатылааһын | Уопсай (фронт.) | |||||||
47 | Сыһыаты саҥа чааһынан ырытыы | 1 | Суругунан үлэ | Бэйэ үлэтэ (самост.) | |||||||
Көмө саҥа чаастара (12 чаас) | |||||||||||
48 | Эбиискэ – саҥа чааһа | 1 | Саҥа тиэмэни барыы | Көмө саҥа чааһын өйдөбүлэ. Эбиискэ. Сыһыан тыл өйдөбүлэ. Ситимнээх саҥа: кэпсэтии истиилигэр уус-уран ойуулааһын. Дьөһүөл өйдөбүлэ, этиигэ туттуллара. Дьөһүөл арааһа. Литэрэтиирэлии нуорматыттан туорааһын. Ситимнээх саҥа: араас истиилинэн тойоннооһун уратыта, тыла-өһө. Ситим тыл өйдөбүлэ. Сурук бэлиэтэ, интэнээссийэ. Ситимнээх саҥа: ситимниир ньыма арааһын истиил ирдэбилигэр дьүөрэлээн туттар. Саҥа аллайыы өйдөбүлэ. Ситимнээх саҥа: оскуола, кылаас олоҕор баар кыһалҕа, үлэ-хамнас туһунан тус-туспа истиилинэн тойоннооһун. | Кырдьаҕастан алгыһын, эдэртэн эйэтин ыл. Сүгэ кыайбатаҕын сүбэ кыайар. Доҕору булар дөбөҥ, доҕордоһор уустук. Үтүө ат биир кымньыылаах, үтүө киһи биир тыллаах. | Эбиискэ дэгэт суолтатын өйдүүр, сатаан туттар. Сыһыан тыл дэгэтин өйдүүр, сатаан туттар.. Дьөһүөлү арааран булар, сыыһаны сатаан көннөрөр. Дьөһүөлү уонна түһүк сыһыарыытын истиил ирдэбилигэр дьүөрэлээн сатаан туттар. Ситим тыл суолтатын быһаарар, сатаан интэнээссийэлиир, сурук бэлиэтин туруорар. Этиигэ, тиэкискэ саҥа аллайыы көмөтүнэн киһи туругун, сыһыанын, иэйиитин быһаарар, сатаан туһанар. | |||||
49 | Сыһыан тыл – саҥа чааһа | 1 | Саҥа тиэмэни барыы | ||||||||
50 | Кэпсэтии истиилигэр уус-уран ойуулааһыны туттуу | 1 | Ситимнээх саҥа | ||||||||
51 | Дьөһүөл – саҥа чааһа | 1 | Саҥа тиэмэни барыы | ||||||||
52 | Аахпыттан суруйуу | 1 | Суругунан үлэ | ||||||||
53 | Араас истиилинэн тойоннооһун | 1 | Ситимнээх саҥа | ||||||||
54 | Ситим тыл – саҥа чааһа | 1 | Саҥа тиэмэни барыы | ||||||||
55 | Ситимниир ньыма арааһа | 1 | Саҥа тиэмэни барыы | ||||||||
56 | Көмө саҥа чаастарын хатылааһын | 1 | Хатылааһын | ||||||||
57 | Саҥа аллайыы – саҥа чааһа | 1 | Саҥа тиэмэни барыы | ||||||||
58 | Араас истиилинэн тойоннооһун тиэкиһи суруйуу | 1 | Ситимнээх саҥа | ||||||||
59 | Көмө саҥа чаастардаах этиини ырытыы | 1 | Суругунан үлэ | ||||||||
Сылы түмүктүүр хатылааһын (9 чаас) | |||||||||||
60 | “Мин билиим – ситиһиим төрдө” бырайыактыыр үлэ | 1 | Ситимнээх саҥа | Туохтуур. Аат туохтуур. Сыһыат туохтуур. Сыһыат. Көмө саҥа чаастара. Ситимнээх саҥа: “Мин билиим – ситиһиим төрдө”. Бырайыактыыр үлэ. | Отонноотоххо, оҥоойук туолар, үлэлээтэххэ, үлэ бүтэр. Кырдьык күннээҕэр сырдык. | Үөрэппитин билиэхтээх, таба суруйуу, сурук бэлиэтин сатаан быһаарыах, холобурдуох тустаах. Сатыахтаах: - саҥа чааһынан, сиинтэксистии ырытары; - саҥа чаастарын тылга-өскө сатаан туттары. Тылы таба суруйууга. Быраабылаҕа олоҕуран, сатаан көннөрөр. Сурук бэлиэтигэр. Быраабылаҕа олоҕуран сурук бэлиэтин сөпкө туруорар. Ситимнээх саҥаҕа. Оскуолаҕа баар кыһалҕа туһунан тус-туспа истиилинэн өйтөн суруйар. | Бэйэ үлэтэ (самост.) | ||||
61 | Туохтуур | 1 | Хатылааһын | Уопсай (фронт.) | |||||||
62 | Көмө туохтуур | 1 | Хатылааһын | Уопсай (фронт.) | |||||||
63 | Тус туохтуур | 1 | Хатылааһын | Уопсай (фронт.) | |||||||
64 | Сыһыат туохтуур | 1 | Хатылааһын | Уопсай (фронт.) | |||||||
65 | Аат туохтуур | 1 | Хатылааһын | Уопсай (фронт.) | |||||||
66 | Сыһыат | 1 | Хатылааһын | Уопсай (фронт.) | |||||||
67 | Көмө саҥа чаастара | 1 | Хатылааһын | Уопсай (фронт.) | |||||||
68 | Сылы түмүктүүр тургутук үлэ | 1 | Суругунан үлэ | Биирдиилээн үлэ (инд.) |
По теме: методические разработки, презентации и конспекты
Рабочая программа по якутскому языку и литературе
Рабочая программа по якутскому языку и литературе. Здесь вы найдете приемы организации образовательного процесса с целью получения результата, соответствующего требованием стандарта. кратко охарактери...
Рабочая программа по русскому языку 5 класс Разумовская, рабочая программа по литературе 5 класс Меркин, рабочая программа по русскому языку 6 класс разумовская
рабочая программа по русскому языку по учебнику Разумовской, Львова. пояснительная записка, календарно-тематическое планирование; рабочая программа по литературе 5 класс автор Меркин. рабочая программ...
Рабочая программа по русскому языку для 7 класса разработана на основе примерной программы по русскому языку основного общего образования и рабочей программы по русскому языку М.Т.Баранова, Т.А. Ладыженской, Н.М.Шанского и др.
Рабочая программа адаптирована для школы надомного обучения для учащихся с ограниченными возможностями здоровья. И расчитана на 2 часа обучения русскому языку (в неделю)....
Рабочая программа по русскому языку 5-9 классы .Разработана на основе: - программы: « Русский язык. Рабочие программы. Предметная линия учебников Т. А. Ладыженской, М. Т. ,Л. А. Тростенцовой и других. 5—9 классы »
lt;>Аннотация к рабочей программе по русскому языку для 5-9 классов. Рабочая программа по русскому языку для 5-9 классов составлена в соответствии с нормативными документами: - Федеральный Закон ...
Рабочая программа по русскому языку на основе авторской программы М.Т. Баранова, Т.А. Ладыженской, Н.М. Шанского, Л.А. Тростенцовой, А.Д. Дейкиной (Русский язык. Рабочие программы. Предметная линия учебников Т.А. Ладыженской, М.Т. Баранова и др.)
Рабочая учебная программа по русскому языку основного общего образования составлена в соответствии с требованиями федерального компонента государственного стандарта общего образования по р...
Рабочая образовательная программа по якутскому языку как государственному 9 класс (базовый уровень)
Язык Саха в Республике Саха (Якутия) наравне с русским языком имеет статус государственного языка, определенный на основании п.2. статьи 68 Конституции Российской Федерации...
Рабочая программа по якутской литературе - 5
Рабочая программа по якутской литературе в 5 классе...