С.А. Зверев айымньыларыгар эргэрбит тыллар
методическая разработка (10 класс) по теме
Анализ устаревших слов в произведениях Сергея Афанасьевича Зверева, народного певца и сказителя, поможет понять красоту богатство якутского языка.
Скачать:
Вложение | Размер |
---|---|
s.a.zverev.doc | 89.5 КБ |
Предварительный просмотр:
С. А. Зверев айымньыларыгар эргэрбит тыллар
Оксиэ, о5олоор,
Номох буолан умнуллубут
Норуот тыыннаах тыла!
Ууга эн тимирбэккин,
Килбиэннээх кэрэ бэйэ5эр
Кир, дьэбин сыстыбат!
С.А.Зверев – Кыыл Уола
Айынат хаантан аналлаах
Алгыс санаам салыйбатын,
Урун айыыттан теруттээх
Утуе тылым елбетун
С.А.Зверев – Кыыл Уола
Сергей Афанасьевич Зверев – Кыыл Уола норуот ырыаьыта, суруйааччы, искусство деятелэ, тойуксут, олонхоьут, оьуохайдьыт, ункууьут, саха омук фольклоругар, ийэ тылын, терут культуратын, итэ5элин уьулуччулаах билээччи уонна тар5атааччы, кеннеру киьи да быьыытынан – саха омук буттуунун киэн туттуутунан буолар.
Улахан Советскай энциклопедия5а поэт, импровизатор быьыытынан киллэриллэ сылдьар.
Кини сиппит-хоппут толору айымньыларын хомуурунньуга 1971 сыллаахха Якутскай куоракка саха народнай суруйааччыта Дмитрий Кононович Сивцев – Суорун Омоллоон редакциятынан тахсыбыта. Аата «Аман ес» диэн. Манна редактор ырыалары-тойуктары тус-туспа тематическай хайысхаллаах а5ыс салаа5а араарбыта. Бу айымньылары ырытааччыларга кемелеьер табыгастаах онкул быьыытынан сыаналыыр суруйааччы, тыл уерэхтээ5э А.А.Кондратьев.
Дьыл кыьал5алара дьон-сэргэ социальнай эрэйин-сорун кытта алтыьыннара хоьуллубут «Утуйан турбутум» тойуга урукку уйэ сайына кыьынтан туох да атына суо5ун уус-ураннык бигэргэтэр.
«Сайын кэлиитэ», «Этин тойуга», «Хаьаа ырыата», «Дьабака ырыата», «Туруйа туркута» курдуктар дьыл кэлиитин, кетер-суурэр уескээн уксуурун, тереебут айыл5а кэрэтин хоьуйар буоланнар, аа5ааччыга эстетическай дуоьуйууну тэнэ Ицэ сир кэрэтигэр сугуруйуу тыынын иитэллэринэн уратылаахтар.
Оттон «Уот алгыьа», «Эбэ алгыьа», «Ба5ах тойуга», «Кийиит суктэн кэлиитэ» ырыалар норуот утуе угэстэрин, абыычайдарын, учугэйгэ, урдуккэ дьулуьар сырдык итэ5элин илдьэ сылдьалларынан элбэ5и биллэрэр аналлаахтар, этнографическай еттунэн улахан суолталаахтар.
Улуу Киьи уола Дмитрий Сергеевич Зверев эппитинии: «саха тылын модун бухатыырын», XIX уйэ ча5ылхай киьитин, саха тылын суегэйин-сумэтин инэриммит дьин-чахчы норуот талааннаа5а С.А.Зверев – Кыыл Уолун айымньыларын киьи аахтар аа5ан барар. Уонна саха тыла, дьэ чахчы, муора курдук баайын, киэнин се5е5ун, имигэьин, кэрэтин итэ5эйэ5ин. Элбэх да тылы билбэт эбиппин. Билбэт тылларбыттан угустэрэ эргэрбит тыллар (нууч. «устаревшие слова»).
Эргэрбит тыллар икки сурун белеххе арахсаллар: суппут уонна былыргы бэлиэтиир тылларга.
Суппут тыллар (архаизмы) диэн атын тылынан солбуллан туттуттан тахсыбыт тыллар ааттаналлар. Холобур, урут муо кеппех, бэлиэлээх уйэн, дьабарааскы ергуе дэнэллэрэ биллэр. Ол гынан баран билигин ити тыллар саха буттун тылыгар туттуллубаттар, хотгу говордарга эрэ бааллар. Итинник тылларга эби буоьах (куолай), баьар5ас (этэрбэс, олооччу), тор5о (тацас, ербех), алчах (ба5а), ес (тыл, «слово, речь»), айах (чороон), дьиэл (хал5ан) уо.д.а. тыллары холобурдуохха сеп.
Ол эрээри суппу тыллар урдук стиль тутууга буолар угэстээх. Холобур: анаар (кер), тусаьа (тиэргэн), мындаа (ар5ас). Оттон сорох суппут тыллар тобох курдук оло5урбут ситимнэргэ, ес хоьоонноругар хаалаллар. Холобур: тыл-ес, ес хоьооно; айах ада5ата, буоьах бохсуута; кэтинчэ быта кэтэххэ ыттан, баьар5ас быта баска тахсан уо.д.а.
Мин ырыалартан а5ыйахтарыгар тохтоон, эргэрбит тылларын ырытарга холонуом. Угус тылы ылбакка, интэриэьинэй дии санаабыттарбар тохтуом. Бастаан бу тыллары материальнай культура, былыргы олох-дьаьах, бытовой, обрядовай культура5а, итэ5эл тылларыгар (ойуун, танара, алгыс), булка сыьыаннаах, быьыы-майгы, таптал тылларыгар араартыыр санаалаах этим. Тылым а5ыйах буолан, оннук араарбакка биирдиилээн ырыаларынан-хоьооннорунан ырытыам.
1938 сылга суруллубут «Ба5ах тойуга». Ба5ах диэн тыл «Саха тылын быьаарыылаах тылдьытыгар эргэрбит тылынан сылдьар. Быьаарыытын керуе5ун: «Хас да сиринэн моонньоммут, кэрэнииистэрдээх, ойуулаах ус саьаан урдуктээх сэргэ». Оссе сири иьит ыйанар туора биттэхтээх буолар эбит. Ол эрэн, ба5ах диэн тылы умнууга хаалбыт тылынан соччо аахпаппыт, кэлин ыьыахтарга, сиэргэ-туомна суолта бэрилллэр буолан, билэбит, истэбит, керебут. Дьэ, манна маннык тыллары интэриэьиргээтим.
«… Аар ба5ах анньыллан,
Силик ба5ах сиэттиьэн,
Уьун уьуойах туругуран
Уйгу-силик то5ооспут эбит…»
Уьуойах диэн туох эбитий? Ессе биир сиргэ «уьуйах ура5ас тебетун» диэн баар. Уьуойах диэн тыл Э.К. Пекарскай да, Г. Ф. Сивцев да тылдьыттарыгар суох. Уьаайах – хомуос, хамыйах эбит. Оттон «Диалектологическай тылдьыкка» кердеххе, уьуойах – (Булуу энэригэр туттуллар эргэрбит тыл) ба5ахха анньыллар уьун ура5ас (Саввин А.А. «Материалы Вилюйской экспедиции»). Оттон уьуйах (эмиэ эргэрбит, Кэбээйигэ туттуллар тыл) – кымыс ытыга, хамнатар диэн быьаарыылаах. Хомуурунньукка бэриллибит быьаарыы: «Уьуойах – ба5ах ба5анатыгар сыьыары анньыллар уьун уел ура5ас». Уьун диэн тылтан уескээбиттэр быьылаах. Онон уьуойах диалект тыла эбит. Ол иьин буолуо, атын айымньыларга холобур кердеетум да, булбатым. Ба5ар, итинник маьы атыннык ааттыыллара буолуо.
«…А5ыс атыыр сэргэни
Алаарыччы анньан кэбиспиттэр;
Икки сиэллээх айгыны
Тэннии сириэдитэн кэбиспиттэр…» (стр. 43)
Айгы диэн тылы диалектологическай эрэ тылдьыкка буллум. Тойук кэнниттэн быьаарыы баар: «Айгы – ба5ах таьыгар анньыллар, тебете чемчегер сиэллээх ба5ана аата. Кини кене, ханан да дьабаата суох тиитинэн оноьуллар». Оттон тылдьыкка айгы икки суолталаах:
(Бул.) илдьэ сылдьарга эбэтэр барыыга-кэлиигэ табыгаьа суох улахан, ыарахан; айгы ыал – (большая семья, тяжелая для переездов)
(Орто Халыма) – на5ыл бытаан Ай5аны – туох эмэ наьаа киэн (Пекарскай). Айгыр (бул.) – былыр ыьыахха ба5ах таьыгар анньар чемчегер тебелеех тебете сиэллээх ба5ана )Саввин А.А. «Материалы Вилюйской экспедиции»).
Онон, мантан кердеххе, Зверев айгыта уонна булуулэр айгырдара биир суолталаах тыллар эбиттэр. Айгыны диалект тыла диэхпитин сеп. Бу тыл толору угэстэр туттуллубат булбуттарыттан, билигин маннык ба5аналары туруорбаппытыттан, эргэрбитэ буолуо. Хам-тум айымньыларга кестер.
«Дэлбиьээхтиир сиксиктээх,
Умуруктуур айахтаах,
Туеттуруктуур бууруктээх,
Бо5уускалаах оьуордаах
Моойторуктуу хоруонкалаах
Мойбордуу туулэээх
Ке5уер дэлбэр иьити
Бэлэмнии ууран кэбиспиттэр…» (стр. 45)
Мойбор = моймор «белая полоса вокруг шеи» (Пекарскай тылдьыта II том, 1581 стр.). Мойбор + лаах > мойбордоох, арааьа моой диэн тылтан уескээбитэ буолуо. Оттон «Саха тылын быьаарыылаах кылгас тылдьытыгар» кыылга эрэ сыьыаннаах курдук быьаарбыттар: кыыл моонньун эргийэ урунэ, моойторуга. Оттон Зверевкэ бу иьиккэ-хомуоска сыьыаннаах эбит ээ. Багдарыын улбэ «аман ес» кинигэтигэр аа5абыт: «Кейуер (ке5уер) айах-сири иьиттэн арыый а5ай кыра, сылгы тириититтэн тигиллибит кымыьы кутар иьит. Ке5уеру силигин ситэрэ киэргэтэллэрэ, симииллэрэ.
Сылгы бэйэтэ, ити бэл диэтэр кыла кытта киьини араначчылыыр, быыьыыр-абырыыр диэн ейдууллэрэ ебугэлэрбит. Ити, ол да5аны иьин, урун аспыт, кымыспыт иьитин ке5уеру, били бууйэ тардыллар сиринэн, моонньунан мойбордуу туулуур эбит буоллахтара. Иьиккэ айа5ынан, куьа5ан тыын киирэн, аьы бырта5ырдыбатын диэн!
Ке5уер олус киэнник тар5аммытын биир суол туоьутунан ке5уер ойуу, ке5уер симэх диэннэр бааллара эмиэ туоьулуон сеп. Урдунэн ромбалаах сурэх курдук ойуу («орнаменто в виде сердца с ромбой наверху»), мира курдук ойуу («форма мотивы лиры») ке5уер диэн ааттаналлар.
Ке5уер уйгуну, быйаны сирэйдээн, символлаан кердерере. Ол иьин олонхо5о Айыы Хотун «хаар курдук астаах, хабыйахаан курдук эттээх, икки ке5уер симиир са5а эмиийдэээх» диэн хоьуйаллара.
Ке5уер тун былыргы тыл. Кинини бастакынан сурукка киллэрбит киьинэн, бука эрэ, Я.И.Линденау буолара буолуо (250 – тан тахса сыллаа5ыта).
Ке5уер терде монгол тыла. Былыргы монголлар кинини кукуур дииллэрэ уьу, билиннилэр хехуур дииллэрэ уьу, билиннилэр хехуур дииллэр, буряттар – хукуур, калмыктар – кекуур. Тюрк омуктарыттан ке5уеру тувалар когээр дииллэрин билэбин. Тылдьыты онорооччулар ону: «Большая кожаная фляга (для кумыса или араки)», - диэбиттэр.
Ке5уер то5о эргэрдэ? Итинник иьити сатаан онорор киьи билигин суох. Онон, олох умнуллуон, айымньыларга суруллан, сир-уот аатыгар инэн, музейдарга кестен си бэйэтин саната турда5а.
«Таныы бэьэ холобурдаах,
Сааллар ча5ыл5ан талааннаах
Унаар халлаан оьуордаах
Уйгу солко томтор5олоох
Ойон туостуор халдьаны
Туруору ууран кэбиспиттэр…»
Халдьа – туос кенкеней, ходуор иьит моонньугар баар. Миигин манна тацыы бэьэ интэриэьиргэтэр. Кинигэ5э бэс аьын (субатын) сулэн ылан баран, тиэйэ5э дьаптайан, сыттаах гына, сайын хатаран кэбиьэллэр диэн быьаарьыттар. Пекарскай тылдьытын керебут: «Таныы бэс – связка употребляемой в пищу сосновой заболони, сплоченной в пласт».
Атын тылдьыттарга быьаарыы суох. Таныы < тан+ыы – «устройство» диэбит Пекарскай.
Холобурдары кердеетум да, уксугэр бэс уерэтэ диэн. Бэс ис сутукатын хастаан ыланнар буьаран хааьыга, тарга эбэтэр суоракка булкуйаллар эбит (Тарбахов «эн остуолун сахалыы астара» кинигэтигэр баар).
«…Кэдэгэркээн уктаах,
Эмти быьыы ойуулаах
Кэнэгэркээн айахтаах
Учар кулун уйуллаах кутуруга
Бо5ускалаах уктаах
Бабыраанкы таьылы
Уруйдуу тоьуйбуттар…»
нуучча тылыттан киирбит – поваренка (уполовник, чумичка) (Пекарскай I стр. 323). Диалектологическай тылдьыкка Верхоянскай, Саккырыыр диэки туттуллар, куес хоторор хамыйа5ы, куопсугу этэллэр эбит. Оттон «аман еске» арыыны баьар улахан сиэллээх хамыйах диэн быьаарыы баар. Онон былыр, арыыны баьарга туттуллар эбит буолла5ына, аны ол умнуллан, билнни ыьыахтарга ойбон арыыны онорбот буолан, бу тыл суппут, умнуллубут. Хоту суолтата уларыйан, куес баьар куопсук буолан, диалект тыла буола сылдьар быьыылаах.
Тойукпутун салгыы керебут.
« … А5ыс адаар саадьа5айдаах,
Атаан силик атахтаах
Арыы ньалык унуохтаах
Арыы кейерге кутуулаах
Атыыр балхах маьы
Бааралыы ууран кэбиспиттэр…»
Бал5ах диэн тугуй? Пекарскайга кердум: «Бал5ах – 1)деревянная выдолбленная посуда, стакан в роде деревянной кружки или стойки.
2) в Дюжинском и Борогонском улусах: небольшой чорон (деревянный кубок) об одной ножке».
Серошевскайга балхах ус атахтаахойууламмыт эбит. Г.Ф.Сивцев тылдьытыгар балха5ы эргэрбит диэбит, намыьах ус атахтаах кыра чороон диэн быьаарбыт. Бэлкэй дииллэр эбит соро5ор. Диалектологическай тылдьыкка Мэцэ-Хацаласка, Сунтаарга, Уеьээ-Булуугэ ус атахтаах намыьах култа5ар чороону этэллэр диэн баар. Балхаан дииллэр эбит. Ол эрэн 1994 с. саха тылын быьаарыылаах кылгас тылдьтыгар балхааны кэпсэтии эрэ стилигэр туттуллар куустээх долгун диэн быьаарбыттар. «Саха былыргы сэьэннэрэ уонна кэпсээннэрэ» I чааьыгар маннык быьаарыыны керебут: «Арааьынай чорооннор тус-туспа ааттаахтар. Аамай улаханнара тойон айах диэн, ол анна кэриэн айах, ол анна бачыгырас ойуулаах балхах чороон».
«…Мээчиктээх уктаах
Бэьиэлэйдии бэлиэлээх
Биьиэйэхтиир сэби
Бэлэмнэрдээн кэбиспиттэр…» (стр. 46)
Биьиэйэх эбэтэр бэьиэйэх – киргизтэргэ пистэк диэн тыл баар. – кымыс ытыйар ытык. Пекарскай тылдьытыттан уратыларга бу тыл суох.
Багдарыын Сулбэ «Аал уоту оттунан» кинигэтигэр маннык баар: «Кееннье турар кымыска ыаммытынан ууту уонна оргуйбут ууну кутан баран, булкуйар тэрил баар буолар. Ытык оннугар. Ону бэьиэйэх (биьиэйэх) эбэтэр бэлиэр дииллэр. Сорох сиргэ – билиир. Билиир Тарбах – Орджоникидзевскай Иьитин сирэ». Оттон улуу тойуксут бэйэтэ быьаарбыт: «Биьиэйэх, хамнатар – симиир моонньугар кэтэрдииллэр кецкелей иьигэр уган туран, кымыьы кеенньерерге булкуйар, хамсатар хаьыылаах салта5ар тебелеех, оьуордаах уктаах мас». «Дьеьегей туьумэнэ» былыргы норуот ырыатыгар маннык строфаны керебут:
«Симэхтээх кемустээх
Сири иьиттээх,
Куегулээх кемустээх
Ке5уер иьиттээх,
Сиинньэлээх дьэрэкээннээх биьээйэхтээх,
Кемустээх текунуйэр куцкулээхкилээх
Матаарчах айах бааралаах
Чороон иьит тускулаах
Кэриэн иьит кэскиллээх…»
Былыргы улэ-хамнас «Сылгы суеьу тускула» ырыатыгар:
«Ой-бото олохтоох,
Кемустээх ааннаах,
Ке5уер симииргэ,
Хайар5астаах хамнатарынан хамнатан,
Сец суегэй аннын уутунан
Кимиэлинэн киксэрэр,
Ала ынах ара5ас арыытынан
Амтанын тупсарбыта». (кимиэн – хмель)
Биьиэйэх-бэьиэйэх-биьээйэх-бэлиэр-билиир. Бу тыллар билигин умнуллубуттар. Кымыстыырбытыгар биьиги наар ытыгынан булкуй, ытый диибит. Ити тылы истибэппит, арай хаьан эмэ онно-манна керен, аа5ан аьарабыт.
С.Аэ Зверев «Хаьаа ырыата» диэн айымньылаах. Хаьаа былыргы монгол тылыгар хашийа, монгол билицци тылыгар, буряттарга хашаа, калмыктарга хаша. Бу ырыа5а маннык строкалар бааллар:
«Туерт иилээх биьиккэ
Иэ5эйэ-куо5айа бигээннэр,
Уьуктаах мас сор5олоон
О5о бэйэбин улаатыннаран
Уолан киьи оцорбуттара» (стр. 27 «А.О» )
Ырыа кэнниттэн быьаарыылаах: сор5о былыргы о5о уйатыгар ( иигэ суурэн хааларыгар аналлаах) туруору мас. Пекарскай тылдьытыгар керебун: «Сор5о- Фурма ( глиняная трубка, вставленная в горновое окно), в которую проведено меховое сотло (тумук); меховая труба». Салгыы иккис быьаарыыта: «со5о-жолоб (желобок ) на дне детской колыбели,для стока мочи» (стр. 2283, II том ).
Атын тылларга ханыылара: тюрдаргсор5а- «воронка»; шор5а, чор5о-«дугообразная деревянная труба, употребляемая при выкуривании вина из молока, трубы для дистиллированной водки, крем у самовара». Буряттарга- сорго- «винокуренная труба; монголларга- чор5о- « труба для двоения или выцеживания вина».
Диалектологическай тылдьыкка сор5о диэн тыл суох, оттон Г.Ф.Сивцев тылдьытыгар сор5о диэн эргэрбит тыл, куерт тумуга, тумса диэн суолталаах. Куннук Уурастыырап « Талыллыбыт айымньыларыгар» (стр. 113. Я.,57.,). «Сор5о са5а муруннаах Соккор Ньуука о5онньорго….эргэ биэрэн эрэр…..» диэни аа5ыахха сеп. Ол аата хайдах муруннаа5ый? Кэлицци быьаарыылаах тылдьыкка керебут: «Сор5о (эрг.)-куерт тумсун уот сиириттэн харыстаан кэтэрдиллэр халыц туой туруупка» диэн ситэрэн-хоторон биэрбиттэр. Уонна холобур а5албыттар: «Сор5о курдук муруннаах (эттээх улахан муруннаах).
Онон, тюрк тыллаах омуктарга, араас керуцнэнэн, сор5о туруупка диэн суолталаах эбит. Оттон оччо5о сорох кырдьа5астар одуу быьан: «Сирэйэ сор5ойон» диэччилэр. Ол аата уьун, синньигэс диэн этэллэрэ дуу? Сор5о билигин умнуллубут, туттуллубат. Ол билигин о5о биьигэ да, уус куердэ да урукку буолбатахтарыттан тутулуктаа5а буолуо. Ол эрэн сорох кырдьа5астар, ыйыталаспакка, билэллэр, ойдууллэр эбит.
« Хаьаа ырыатын» салгыы аа5абыт.
« Туерт тутум дирицнээх
Киилээх иьэрэх тэпсилгэннээх,
А5ыс илии халыцнаах
Туулээх сэктэ тэллэхтээх
Айгыр-силик атаан-мегуон
Хандыл мас хаьаам
Уца- хацас муннугун
Одулуу турбутум……»
Хаьаа киилээх иьэрэх тэпсилгэннээх, туулээх сэктэ тэллэхтээх эбит. Иьэрэх, сэктэ диэн туохтарый?
Иьэрэх диэн тыл Пекарскай да, Сивцев да, быьаарыылаах кылгас тылдьыкка да суох. «Иьэх-грязь на подошве ступни человека, приставшая к ногам грязь, ком нечисти, прилитией ( с внутренней стороны ) к лошадиному копыту; вообще парость к подошвам и под копытами лошадей» ( стр. 944, II том., Пекар. тылдь.).
Сивцев тылдьытыгар маннык холобур баар: «Ат иьэ5иттэн комус кыырпа5ын кердеебуккэ дылы» (саха ос хоьооно). Диалектологическай тылдьыкка суруллубутунан иьэрэх диэн Булуу эцэригэр туттуллар тыл эбит. Суеьу аалынар сиригэр сыыьы-буору кытта суеьу туутэ тэпсиллибитэ (стр. 109 ).
«Кийиит суктэн кэлиитэ» хоьоонугар киилээх иьэрэ5и эмиэ керсебут.
Иьэгэй диэн эргэрбит тыл баар. Иирсибит, мечехтеспут туу диэн ылдьыкка баар. Холобур: Иьэгэй буолбут сиэл (Сивцев тылдьыта)
Дьоллоох соргулаах уол о5о Ийэ кутун
Иккилээх харчы са5а
Иьэгэйгэ ицэрэн
Илдьэ киирбиттэр. (Ексекулээх Елексей)
Оттон 1938 с. Сунтаар улууьун Хацалас нэьилиэгэр В.Г.Иванова тылыттан А.А.Саввин суруйуутугар «Айыыьыт тойугар» маннык баар:
«…Айгырастаах ууну
Айа5ар кэтэппттэр,
Тэпсии иьэйэгинэн
Тэллийилээн кээспиттэр…»
Маннык быьаарбыттар: тэпсии иьэйэгинэн – сылгы туутэ болдьо5унан, тэллийилээн – ат моонньугар хаар, самыыр туспэтин диэннэр саба баайыы. Мин саныахпар мечеке туунэн саба баайбаттар, кэтит, халыц больо5унан баайбыттар. Ол аата болдьо5у сатаан оцороллор эбит дуо?
«Сайын кэлиитэ» ырыатыгар маннык строфаны аа5абыт;
«…Ецнуур утуе салгыттар
Илгийэн киирэн кэллилэр,
Итии иьэрэх салгыттар
Илгийэн киирэн бардылар…»
Итии иьэрэх салгыттар, хайдах салгыный ол аата? Сайын буолан, хаар ууллан, дал, хаьаа кууран, суеьу иьэрэ5 тахсар, тэпсилгэн буолар кэмэ кэллэ диэн эппитэ дуу, ессе атын суолталаах тыл эбитэ дуу? Эбэтэр ол да5аны иьэрэх буолбатах, иьирэх диэн буолаарай? «Иьирэх – истиц, ис сурэхтэн тахсар». Холобур:
Истиэн ба5арара кинилэр иьирэх тылларын…» (А.Сыромятникова),
«стиц иэйиинэн куустээх ахтыы
Иьирэх ырыаларын ыллыырым»
(Сарг. Спиридонова)
Иьирэх сагын – истиц, утуе быйацнаах- уйгулаах сайын кэлэрин бэлиэтэ дуу?
Сэктэ-сэксэ, сэхсэ, сэттэ – подстилка в мужской спальной беседке, из свежих лиственничных веток (из хвойника) (Пекарскай, стр. 215, II т.). Булуугэ, Елеецце, Уеьэ Булуугэ сэксэ дииллэр эбит. Долганнарга эмиэ тутталлар. Кинилэргэ чуум иьигэр тэлгэтиллэр хатыц лабаалара диэн эбит. Тунгустарга – сэктэ (подстилка из ветвей), манчж. Нар. – сэктэфунь (подстилка, коврик, тюфяк). Быьаарыылаах кылгас тылдьыкка сэксэ (кэпсэти стилигэр эрэ туттуллар) уел мас лабаата тэлгэтиллибитэ (холобур, сиргэ хонорго) диэн быьаарбыттар. Ырыа кэнниттэн маннык быьаарыы баар: сэктэ – сиргэ тэлгэнэ сытар туу (30 стр., «Аман ес»). Уопсайынан, диалектологическай тылдьыкка быьаарбыт
Тюрскай, арабскай тылларга аман диэн тыл эмиэ баар эбит. С.А.Зверев – Кыыл Уола – ДСЗверев «А5ам туьунан аман ес» диэн кинигэлээх. Уопсайынан, аман ес элбэхтэ суруллар, этиллэр гынан баран, ис хоьоонун сорохтор билбэттэр. Дьэ кырдьык, эьэ убай о5онньорбут, ча5ылхай киьибит, саха аатын ааттаппыт, саха омук «культцрата, ускуустубата» сайдарыгар суцкэн кылааты киллэрбит а5а киьибит С.А.Зверев –Кыыл Уолун аман ес алгыьын, истиц иьирэх тылларын, кэриэс0хомуруос этиитин сиргэ-буорга хаалларымыа5ыц. Саха тылын харыстыа5ыц. Харыстыа5ыц сыыс тыллартан, тыллары суолталарын ейдебекке тосту-туора ейдебулгэ туттартан. Эргэрбит тыл олус элбээбит. Эргэриэ да суохтары эргэрдэбит быьылаах. Угус тыл улам-улам умнуллан иьэр, ыччат ейдеебет (эгэ кэлэн туттуо дуо?), билбэт тылларыгар кубулуйаллар.
Угус эргэрбит тыл историзмнар.
«с точки зрения современности значительное место среди устаревших слов занимают так называемые историзмы. Поскольку историзмы обозначают названия исчезнувших предметов и понятий, связанных с дореволюционной патриархально-феодальной жизнь народа, в настоящее время они перешли в разряд пассивной лексики. Историзмы имеют эвектуальное распространение в художественной и специальной научно-исторической литературе посвященной к прошлому народа.
Таковы, например: барча - мелко точеная рыба; былаайах – колотушка к шампанскому бубку; диэрэ – сосуд в форме усеченного конца; оскор – приклад у самострела; салсмалаа – давать что-либо в жертву; сэксэ – густая подстилка из ветвей; уйукта – женская меховая одежда без рукавов и другие». (Е.И.Оконешников «Э.К.пекарскай как лексикограф» Новосибсирск, 1982)
Манна суруйбут тылларбыыттан историзмнарга мойбор, бабыраацкы таьыл биьиэйэх, балхах, сор5о, тацыы бэс, дэпсэ, уйуктэ диэн тыллары киллэртиэххэ сеп. Оттон айгы, уьуойах, тунах былыт, иьэрэх диэннэри диалект тыллар диэхпитин сеп. То5о диэтэххэ, кинилэр булуу эцэр эрэ диэки туттллар, билигин эргэрбит тыллар.
По теме: методические разработки, презентации и конспекты
Рассказ Лескова "Зверь". Презентация к уроку
Место святочного рассказа в творчестве Лескова. Концепция рассказа "Зверь". Ключевые моменты анализа. Основные образы....
Конспект занятия по теме "Звери наших лесов" для детей подготовительной к школе группы.
Данный конспект разработан для детей подготовительной группы ДОУ по разделу "Ребёнок и окружающий мир" с учётом требований программы специальных (коррекционных) образовательных учреждений IV вида под ...
проект урока по рассказу Н С Лескова "Зверь". Тема урока "Люди как звери"
Проект урока по литературе в 6 классе по теме:«Люди как звери» по рассказу Н.С. Лескова «Зверь»Тип урока: Урок обобщения и систематизации знаниВид урока: урок внеклассного чтенияФорма орга...
Модульные уроки по биологии в 7 классе «Класс Млекопитающие, или Звери», «Многообразие зверей»
Модульные уроки по биологии 7 класс; рабочая программа по биологии для 6-9 классов (авторы В.В. Пасечник и др.) - ку...
Доклад на тему "Н.А.Лугинов айымньыларыгар уол о5ону иитии"
Саха народнай суруйааччыта Н.А.Лугинов айымньыларыгар уол о5ону иитии үгэстэрэ...
Ох тыллар. Т.Сметанин "Лоокуут уонна Ньургуһун"
Т.Сметанин "Лоокуут уонна Ньургуһун" айымньытыгар суруйааччы ох тыллара....
Саха уонна аангылыйа тыллар майгыннаһар өрүттэрэ
Уруок технологическай картата. Саха тылын уонна аангылыйа тылын майгыннаһар өрүттэрэ...