Саха уонна аангылыйа тыллар майгыннаһар өрүттэрэ
план-конспект урока (6 класс) на тему
Уруок технологическай картата. Саха тылын уонна аангылыйа тылын майгыннаһар өрүттэрэ
Скачать:
Вложение | Размер |
---|---|
саха уонна аангылыйа тыллара майгынннаһар өрүттэрэ | 28.42 КБ |
Предварительный просмотр:
Уруок технологическай картата
Учууталлар: Дмитриева Елена Валериевна, Худайбердиева Туйаара Афанасьевна
Биридимиэт: саха тыла уонна аангылыйа тыла.
Кылаас: 6
Уруок тиэмэтэ: саха уонна аангылыйа тыллар майгыннаһар өрүттэрэ.
Уруок тиибэ: чинчийии уруок
Формата: бөлөҕүнэн үлэ, тэрээһиннээх диалог.
Сыал:
Үөрэтэр:
1. Саха уонна аангылыйа тылын майгыннаһар өрүттэрин билиһиннэрии, өйдөтүү.
2. Саҥарарга майгыннаһар дорҕооннору (а-аа, һ, дь, ҥ, дьуптуон) оҕолорго тиэрдии, өйдөтүү.
Сайыннарар:
1. Санааны сатаан сааһыылаан этэр үөрүйэҕи сайыннарыы;
2. Толкуйдуур, ырытар дьоҕуру сайыннарыы.
3. Аангылыйа тылынан сөпкө саҥарыыны, тылбаастыыры сайыннарыы.
Иитэр:
1. Бөлөххө сатаан алтыһан үлэлииргэ үөрэтии;
2. Атын омук тылыгар ытыктабыллаах сыһыаны иитии;
Уруок тэрилэ: проектор, презентация, ноутбук, дуоска, харыйа уруһуйа, бөлөҕүнэн үлэҕэ харыйа оонньуурдара, миэл.
Уруок хаамыыта:
Уруок түһүмэҕэ | Учуутал дьайыыта | Үөрэнээччи үлэтэ | Үлэ көрүҥэ | Үөрэх дэгиттэр дьайыылара | Түмүк |
1.Тэрээһин. Үөрэҕи ылыныыга бэлэмнэнии. | Сахалыы уонна аангылыйалыы дорооболоһуу. Бэйэни билиһиннэрии. Боппуруос биэрии: Уч 1:Оҕолоор, бүгүн биһиги уруокпутугар иккиэбит, тоҕо буолуой? Уч 2:What do you think about it? У 1:Саамай сөпкө эттигит. У 2:Yes. У 1: Билигин сахалыы уонна аангылыйалыы тыл эрчиллиитин оҥоруохпут, бу уруокка тугунан дьарыктанарбытын билиэхпит. | Дорооболоһуу. Оҕолор санаалара: саха уонна аангылыйа тылын үөрэтэбит, тылларын көрөбүт. Кэпсэтиигэ киирэллэр. Болҕомтолоохтук уонна көхтөөхтүк үлэлииргэ бэлэмнэнэллэр. | Уопсай | Бодоруһар сатабыл (к): -Бииргэ үлэлииргэ үөрүйэх, -үөрэнэр турукка киирии. | Бэйэ санаатын этэр. |
2. Проблеманы үөскэтии.
3.Соругу туруоруу.
| У 1:Дуосканы көрөбүт эрэ, оҕолоор? Тыл эрчиллиититтэн саҕалыыбыт. Саха тылыгар аһаҕас дорҕоон ханнык көрүҥүн билэҕитий? Саамай сөп. Бастаан сахалыы, онтон аангылыйалыы ааҕабыт (а-аа, о-оо). У 2:Read these letters. Very good! У 1:Бу дорҕооннорго тугу өйдөөн көрдүгүт? У 2:Think carefully. У 1:Эһиги санааҕытыгар саха тыла уонна аангылыйа тыла майгыннаһара буолуо дуо? У 2:Today we’ll compare Yakut and English languages and try to find something common between them. У1:Оччоҕо бүгүн биһиги уруокпутугар тугу гынар эбиппитий? Бүгүҥҥү уруокпут тиэмэтэ туох диэн буолуой? Бөлөҕүнэн арахсан үлэлииргэ, английскай уонна саха тыла диэн суруктары паартаҕа ууруу. | Оҕолор дуоскаттан аһаҕас дорҕооннору ааҕаллар. Икки тыл аһаҕас дорҕооннорун тэҥнииллэр. Оҕолор тус санааларын этэллэр. Саха уонна аангылыйа тыла майгыннаһалларын суоҕун билэргэ дьулуһуу, болҕомтолоох буолуу. Уруокка кыттыы. | Уопсай,бөлөҕүнэн | Билиини-көрүүнү ылар сатабыл. Үөрэх дьарыгар интэриэс үөскээһинэ (л). Бэйэ билиитэ-көрүүтэ уонна быһаарыныыта (л). Тэҥнээн көрүү. | Оҕо үөрэнэр соругу бэйэтэ туруорар, уруок тиэмэтин быһаарар. Бэриллибит дорҕооннору тэҥнээн көрөр. |
4.Чинчийии. Проблематтан тахсыы түһүмэҕэ. | У 2:What holiday is coming? У 1:Оҕолоор, ханнык саамай күүтүүлээх бырааһынньык чугаһаата буолуой? У2:New Year is coming! У1:Саамай сөп. Саҥа дьыл туга суох буолбатый? Сөп. Саҥа дьылы көрсө биһиги бүгүн сорудахтары толорон харыйабытын симиэхпит, араас өҥнөөх оонньуурдарынан киэргэтиэхпит. Сөбүлэһэҕит дуо? Билигин дуосканы көрөбүт. 1 сорудах. У1:Бу бэриллибит тыллары ааҕыаххайыҥ, бастаан сахалыытын биэс, биэ, эбиэс. У2:Read the words. Reread, please. -Good. What are the similar have these words? У1:Бу тыллар английскай уонна саха тыла туохтарынан майгыннаһалларый? Майгыннаһар дии санаабыккытын өҥнөөх төгүрүккэ суруйабыт уонна дуоскаҕа тахсан бөлөхтөн биир оҕо көмүскүүр, харыйабытын симиир. -Сөп, маладьыастар. Дифтоннарынан. У2:Yes, both tasks have diphthongs. (Дуоскаҕа суруйар ТА). 2 сорудах. У1: Бэриллибит тыллары ааҕабыт, саха бөлөҕө сахалыы, аангылыйа бөлөҕө аангылыйалыы (муус-мус, баар-бар). У2: Let’s read. У1: Оҕолоор, бу сорудахха тыллар майгыннаһаллар дуо? Тугунан? -Сөп, иккиэннэригэр уһун уонна кылгас аһаҕас дорҕоон баар эбит. У2: Excellent, children. -And now try to guess the mean of words. Ex: sheep-ship (овца-корабль), dark-duck (темный-утка) У1: Оттон өссө тугу эмит өйдөөн көрдүгүт дуо? Тылларбытын тэҥниибит. Сөп, уһатыылаах аһаҕас дорҕооҥҥо тыл суолтата уларыйар эбит. Маладьыастар. 3 сорудахха киирэбит. У1: Бэриллибит тыллары ааҕабыт. 1 бөлөх сахалыы, 2 бөлөх аангылыйалыы. Туох майгыннаһар өрүттэри буллугут? Сүбэлэһэн баран майгыннаһар дии санаабыккытын харыйабыт оонньууругар суруйабыт уонна бөлөхтөн биир оҕо көмүскүүр (һ, дь, ҥ). У2: Sing, joy, house. What sounds can we hear? У1: Түмүк. Онон саха тыла уонна аангылыйа тыла майгыннаһаллар эбит дуо? 3 сорудах кэнниттэн хамсаныы түгэнэ. У2: Stand up, children. Repeat and move with me. -make your right hand clap, clap, clap make your left hand clap, clap, clap. Turn around 1,2,3. It is easy, you can see. Make your right foot tap, tap, tap Make your left foot tap, tap, tap Turn around 1,2,3. It is easy, you can see. -Good job! Sit down, please. | Оҕолор эппиэттэрэ: Саҥа дьыл. Оҕолор: Харыйата. Оҕолор ааҕаллар. Сорудах толороллор. Бөлөҕүнэн быһаарсан суруйаллар, саха тыла уонна аангылыйа тыллар майгыннаһар дорҕооннорун булаллар. Дифтоннар диэн быһаараллар. (бөлөхтөн биир оҕо тахсан этэр). 2 сорудахха уһатыылаах уонна кылгас аһаҕас дорҕоон баарын икки тылга булаллар, ааҕаллар, суруйаллар. Бөлөхтөн биир оҕо тахсан дуоскаҕа быһаарар, харыйаны симиир. Оҕолор уһатыылаах аһаҕас дорҕооҥҥо тыл суолтата уларыйар эбит диэн быһаараллар. 3 сорудахха һ, дь, ҥ дорҕоон икки тылга майгыннаһар эбит диэн быһаараллар. Оҕолор майгыннаһаллар диэн эппиэттииллэр. | Бөлөҕүнэн | Билэр-көрөр сатабыл. Бодоруһар сатабыл. Бэйэ-майгытын сигилитин хонтуруоллааһын (р). Тэҥнээн көрүү. Билэр-көрөр сатабыл. Бодоруһар сатабыл. Бэйэни салайынар сатабыл. Тэҥнээн көрүү. Бэйэ санаатын этии, көмүскээһин (к). | 1 сорудахха саха уонна аангылыйа тылларыгар дифтоннар бааллар эбит диэн оҕолор быһаараллар. 2 сорудахха икки тылга уһатыылаах уонна кылгас аһаҕас дорҕоон баар эбит диэн быһаараллар. Учуутал дуоскаҕа бэлиэтиир. 3 сорудахха майгыннаһар һ, дь, ҥ дорҕоон баар эбит диэн быһаараллар. Саха тыла уонна аангылыйа тыла дьуптуонунан, уһатыылаах уонна кылгас аһаҕас дорҕооннорунан, ҥ, дь, һ бүтэй дорҕооннорунан майгыннаһаллар диэн түмүккэ кэллилэр. |
5.Билиини чопчулааһын. | Чиҥэтиигэ сорудах. Ол кэнниттэн биирдиилээн үлэ. Учууталлар хас биирдии оҕоҕо сорудахтаах тиэкис биэрэллэр. Бу тиэкистэн дифтоннаах тыллары булан араҥас маркерынан тардабыт, уһатыылаах уонна кылгас аһаҕас дорҕоонноох тыллары булан халлаан күөҕүнэн, һ, дь, ҥ дорҕоонноох тыллары кыһылынан тардабыт. | Хас биирдии оҕоҕо учууталлар тиэкис биэрэллэр. Ол тиэкистэн майгыннаһар дорҕооннору булан маркерынан тардаллар уонна бэйэ-бэйэлэрин бэрэбиэркэлииллэр. | Биирдиилээн, бөлөҕүнэн | ||
Уруок түмүгэ. Бэйэни сыаналаныы. | Уопсай түмүк. У1: Харыйабыт наһаа үчүгэй буолбут дии. У2: What’s missing in our Christmas tree? У1: Харыйабытыгар туга тиийбэтий? Бүгүҥҥү уруокка тугу бардыбытый, биллигит, оҕолоор? Саха тыла уонна аангылыйа тыла майгыннаһар дии санаатыгыт дуо? Оччоҕо харыйабытыгар сулус иилэбит. Онтон оонньуура аҕыйах дии санаатыгыт дуу. У1:Сөп. Харыйабытын өссө симиэххэ. Сөбүлэһэҕит дуо? Араҕас оонньуурунан уруогу өйдөөтүм диэтэххинэ, халлаан күөх ыарырҕаттым диэтэххинэ, кыһыл өйдөөбөтүм диэн. Дьэ харыйабыт ситтэ дии. Оонньуур бөҕө баар буолла. -Омук тылын үөрэтэр наада дуу, оҕолоор? Саха тылыгар дьүөрэлээн, саҥарарбытыгар майгынныыр дорҕооннор баалларын иһин английскай тылы үөрэтэргэ, ылынарга судургу дии. Онон ким элбэх тылы билэр ол элбэх доҕордонор, киэҥ билиилэнэр. Манан уруокпутун түмүктүүбүт. Бары наһаа көхтөөхтүк үлэлээтибит. Барыгытыгар махтал. Көрсүөххэ диэри, оҕолоор! У2: Thank you for the lesson. Good bye, children. | Оҕолор: оонньуура аҕыйах дииллэр. Сулус тиийбэт. Саха тыла уонна аангылыйа тыла майгыннаһар өрүттэрин быһаараллар. Икки тылга майгыннаһар дорҕооннор (ҥ, дь, һ, а-аа, дьуптуон) бааллар эбит диэн түмүккэ кэлэллэр. Бэйэлэрин сыаналаналлар. | Уопсай | Үлэ түмүгүнэн бэйэни хонтуруоллааһын (р). Бэйэ санаатын этии (к). | Саха тыла уонна аангылыйа тыла майгыннаһар өрүттээхтэр диэн түмүккэ кэлии. |
По теме: методические разработки, презентации и конспекты
Воспитательное занятие Моя родина – Республика Саха (Якутия) Воспитательное занятие Моя родина – Республика Саха (Якутия)
1) формировать понятие о любви к родине как одной из главных нравственных ценностей;2) развивать мышление, коммуникативные качества личности;3) воспитывать патриотические чувства к родному краю....
Ох тыллар. Т.Сметанин "Лоокуут уонна Ньургуһун"
Т.Сметанин "Лоокуут уонна Ньургуһун" айымньытыгар суруйааччы ох тыллара....
Саха тылыгар уонна литературатыгар олимпиада соруда5а. 6 кылаас
6 кылааска саха тылыгар уонна литературатыгар олимпиада соруда5а...
Саха тылыгар уонна литературатыгар олимпиада соруда5а. 8 кылаас
Саха тылыгар уонна литературатыгар олимпиада соруда5а, 8 кылаас...
Саха тыла уонна литературата. 5 кылаас. Рабочая программа
Программа по якутскому языкуи литературе для 5 классов якутской школы. Рассчитана на 5 часов....
Методический семинар “Саха тылын уонна литературатын үөрэтиигэ бөлөҕүнэн үлэ суолтата”
ldquo;Саха тылын уонна литературатын үөрэтиигэ бөлөҕүнэн үлэ суолтата&rdquo...
Саха тылын уонна литературатын уруоктара. Учууталга көмө матырыйаал
Саха тылын уонна литературатын уруоктара 3,5,6,7 кылаастарга...