Леонид Попов "Ыраах тыаҕа" кэпсээнэ оҕону булт абылаҥар угуйар суолтата
статья по литературе
"Ыраах тыаҕа" диэн кэпсээҥҥэ Баһылай о5онньор эдэр булчуту Уйбааскыны булт абылаҥар үөрэтэр.
Скачать:
Вложение | Размер |
---|---|
leonid_popov.docx | 22.1 КБ |
Предварительный просмотр:
Леонид Попов «Ыраах тыаҕа» айымньыта оҕону айылҕаны кытта алтыһыннарыыга суолтата.
Тулалыыр эйгэни чөлүнэн хаалларыы билигин тынаан турар проблемалартан биирдэстэрэ. Маныаха бастатан туран киһи өйүн- санаатын, дууһатын уларытыахха наада.Онтон атыннык бу кыаллыбат суол.Ол инниттэн оҕону оҕо эрдэҕиттэн, оскуола саҕаттан өйдөтүү, айылҕаҕа чугаһатыы үлэтэ барыахтаах.
Саха - айылҕа оҕото. Ɵбүгэлэрбит аар айылҕаларын ийэбит диэн ааттыыллар, харахтарын харатын курдук харыстыыллара. Сиргэ уокка дойдуга тапталларын, харыстабылларын, үтүѳ үгэстэрин ыччаттарыгар иҥэрэн хаалларан иһэллэрэ.
Биһиги итэҕэлбит айылҕаны кытта ыкса сибээстээх. Айылҕаны кытта бодоруһуу -бу саха былыргы үгэьэ.
О5о кыра сааһыттан тѳрѳппүттэрин батыһа сылдьан куруук айылҕаҕа сылдьара. Окко оҕус сиэтэрэ, бугул түгэҕэ харбыыра, ньирэй үүрэн, ынах хомуйан чугастааҕы алаастарынан сүүрэрэ, куобахха туһахтаан куруҥ тыаны кэрийэрэ. Ол сылдьан мастар үрдулэринэн саһарҕа сандаара тыгарын, күн күлүмнүү ойорун, аар тайҕа суугунун, сүүрүк мѳлбѳйѳ устарын, чыычаах чуопчаарар тойугун долгуйа истэллэрэ, сэргии кѳрѳллѳрѳ.
Хайа да норуот литературатыгар айылҕа кэрэтин хоһуйбатах суруйааччы суоҕа буолуо.,,Саха литературата алгыстан саҕаламмыт литература,, диэн Эрчимэн уот харахха эппитэ. Айар тылбыт аҕата, уус- уран литературабыт бигэ акылаатын уурбут Өксөкулэх Өлөксөй күөҕүнэн суугунуур баай хара тыа иччитигэр Байанайга алгыһынан литература хаппахчытын диэлин арыйбыта, алгыстаах суолга атаарбыта.
Айылҕа дьиктитин хоһоонугар холбообут, сэһэнигэр тиспит суруйааччыбыт Л.А.Попов буолар.Леонид Попов «Ыраах тыа5а» кэпсээнин 1946 сыллаахха суруйбута.Кэпсээн сүрүн дьоруойа 69 саастаах колхоз кырдьагас булчута Баһылай огонньор. Кини 55 сыл устата аар тайҕатыгар булду сонордоспут.Кинини кытта Уйбааскы диэн 16 саастаах уол бултаһа тахсар.Баһылай огонньор Уйбааскыга тайҕа суруллубатах сокуонун билэргэ, кыраһа суругун ааҕарга, ойуур оскуолатын уйаныгар –хатаныгар уһуйулларга үөрэппитэ кэпсэнэр.
Ойуур – саха киһитин ампаардаах аһа. Маһы -оту саха курдук таптыыр, харыстыыр, үҥэр танара оҥостор омук суоҕа буолуо. Сир дойду иччитэ Аан Алахчын хотун хатыҥ маска уйаланар. Ойуур тыа иччитэ Баай Байанай, от мас иччилэрэ Эрэкэ-дьэрэкэ оҕолор диэн барытын тыыннааҕымсытан кѳрѳрѳ.
Баһылай огонньор хара тыатын хас биирдии отун маһын. Кыылын- сүөлүн кытта киһилии кэпсэтэр.Кииһи кумалааҥҥа хаайан, чуорааннардаах илимин ыйаан баран:
-Билигин дьиэҥ аана аһаҕас, тукаам, таҕыс, оонньуургар оонньоо- көрүлээ. Чуорааннаргын тыаһат,- диир. Эбэтэр “сүдү кырдьаҕас сылаас дьиэтигэр сыттын диирэ субу бултаары да туран тыынар тыыннаахха харыстабыллаах сыһыанын, ытыктабылын көрдөрөр.
Кѳтѳрү- сүүрэри харыстыыры о5о кыра эрдэ5иттэн билиэхтээх. Булду бэйэ туһанарыгар сѳптѳѳ5ү эрэ ѳлѳрөр сиэрдээх, аҥаар кырыытыттан кыдьыгыран кыдыйар сэттээх.
Булчут арыт кун сииккэ сиэлэр, хаарга хаамар. Булт тосхойбот кэмэ эмиэ баар буолар эбит. Ол эрээри булчут санаатын түһэрбэт, эдэркээн уйбааскы сылайан, илистэн, хомойон саҥарар да кыаҕа атаҕын нэһиилэ соһор. Онуоха Баһылай оҕонньор “эдэр киһи илиһиннэҕиҥ тоҕо дөбөҥөй, та-ыый, чэ кытаатан көр, булт сырыытын таба хаампатыбыт” диэн булт тулууру, дьулууру эрэйэрин этэр.
Кыылга кырыктаах буолар аньыы. Булду булт сиэринэн эрэйдээбэккэ ѳлѳрүѳхтээххин. Баай Байанайга махтаныахтааххын. Оҕолоох кыылы, кѳтѳрү тыыппаттар.
Тайҕа сокуона дьэбир, тыйыс , мөлтөҕү, сүрэҕэ суоҕу аһыммат. Ойуур оскуолата булчуту үгүскэ үөрэтэр. Киһи уйаҥа-хатана манна биллэр, биитэр куттанан-чаҕыйан икки атаҕынан куотар, биитэр буһан-хатан күндү түүлээх сорсуннаах сонордьута буолар. Баһылай оҕонньор киэһээ утуйарыгар этэрбэһин тэллэҕин анныгар угар:
- Этэрбэскин тэллэҕиҥ анныгар уктаххына бу купдук сылаас буолааччы, - диир.
Уйбааскы ыппыт тииҥҥэ туһэн иһэн мас мутугар иҥнэн хаалар. Эдэр булчут ону ону хайдах ылыан билбэккэ мучумаахтанар. Оҕонньор биир ытыынан мутугу тосту ытан кэбиспитэ, тииҥ иннилэригэр хаарга батары түһэр. Ити курдук кырдьаҕас булчут булт-алт алтыһыытын, сүүрэр атахтаах-көтөр кынаттаах сырыытын, булт эрэйин, үөрүүтүн-хомолтотун кэпсиир. Кини билбэтэҕэ диэн суох. Сэһэнин-сэппэнин быыһыгар булт араас албастарыгар уолун уһуйар. Көҥдөй дүлүҥҥэ киирбит саарбаны дүлүҥ тула чуорааннараах илими иилэн баран бултуур дьикти албаһын биллибит. Баһылай үгүс сыл булт хаарга суругун ааҕан, кыыл суолун биэс тарбаҕын курдук билэр. Аһыы барбыт тииҥ лэппиччи үктэнэрин, оттон тотон-ханан уйалыы кэлэн иһэр тииҥ маадьаччы үктэнэрин, суолун бутуйан маска тахса-тахса айанныырын оҕонньор эндэппэт.
Хаар анныгар хойутаан үүммүт сиибиктэ хойуутунан, маска үүммүт лабыктанан сылыктаан кыыл таба тохтоон ааһыах сирин эмиэ билэр.
Иччилээх арҕах кырыалаах, муустаах. Кини киһи ыар тыына оту-маһы чоҥкурдар, оттон кураанах арҕаҕыҥ туох да атын өҥө-бааһа суох туртайа сытар буолар диэн тыатааҕыны бултуу баран иһэн сэһэргиир. Булчут уйана-хатана маннык куҥҥэ биллэрин, “ол улуу дьаалыны көрдөххүнэ бука диэн уолуйума” диэн сэрэтэр.
Харса хабыра суох быһыыланар, баламат тыллаах-өстөөх киһиттэн хара тыа булда күрэнэр, Байанайа кэлэйэр. Ол иһин булчуттар анал харыс тыллары тутталлар. Сүгэ-киргил, киһи-хара, саа-көҥдөй, киис-атаскаан, уот-кытарар, эһэ-кырдьаҕас диэн аатаныахтааҕын Баһылай оҕонньор Уйбааскыга үөрэтэр.
Ити курдук аҕалар, эһэлэр оҕолору батыһыннара сылдьан айылҕа, булт муударастарыгар үөрэтэллэрэ-такайаллара олус наадалаах.
Леонид Попов “Ыраах тыаҕа” диэн тэттик кэпсээнэ оҕо айылҕа туһунан элбэҕи билэригэр суолтата улахан.
Оҕону кыра эрдэ5иттэн айыл5а кэрэтин болҕойон көрөргө, харыстыырга үөрэтэр өбүгэлэрбит үтүө үгэстэрин умнубакка көлүөнэттэн көлүөнэҕэ тиэрдэн иһиллиэхтээх.Оҕо айылҕаны харыстыыр үтүѳ үгэстэри үѳрэтэн, билэн- кѳрѳн, этигэр хааныгар иҥэриннэҕинэ, айылҕаҕа, тулалыыр эйгэбитигэр сыһыаммыт уларыйыа, оту –маһы алдьатарбыт, кыылы-көтөрү кыргарбыт аҕыйыа этэ.
Саргылана Ксенофонтова, Кириэстээх оскуолатын учуутала.
По теме: методические разработки, презентации и конспекты
Эссе "Портрет молодого Абая"
Эссе "Портрет молодого Абая" Передо мной лежит открытая книга с портретом молодого Абая. Вглядитесь в работу художника! Сколько труда вложил А.Кастеев в свою картину!...
Доклад на тему "Чабыр5ах иитэр-уорэтэр суолтата"
Чабыр5ах иитэр-уорэтэр суолтатын о5ону иитиигэ туьаныы...
«Абай мұрасы – халық қазынасы» (Абай Құнанбаевтың 170 жылдығына әдеби әуенді кеш)
Егемен ел, өркениетті ұлт санатына қосыламыз десек, әр қазақ азаматы Абай сөзін танып-білмек парыз. Оны ана сүтіндей бойымызға да, ойымызға да сіңіріп өспек керек.Жас оқырманды ұлы данышпан Абай...
Методический семинар “Саха тылын уонна литературатын үөрэтиигэ бөлөҕүнэн үлэ суолтата”
ldquo;Саха тылын уонна литературатын үөрэтиигэ бөлөҕүнэн үлэ суолтата&rdquo...
«Мах стæм æрдзы хъæбултæ»
Урочы нысантæ. . Æрдзон хъæздыгдзинæдтæн аргъ кæнын, хъахъхъæнын сæ цæсты гагуыйау.Урочы хуыз.Урок - балцУрочы ахуырадон фæстиуджытæ.Предметон: текстæн йæ сæйраг хъуыды сбæрæг кæнын, анализ...
«Фыдыбæстæ æмæ патриотизмы темæ Ирыстоны зынгхуыст хъæбулты сфæлдыстады»
laquo;Фыдыбæстæ æмæ патриотизмы темæ Ирыстоны зынгхуыст хъæбулты сфæлдыстады»Фыдыбæсты сæраппонд тохыМыййаг, куы фæмард уон рæстæй,Уæд-иу мæ мард фæласут хохмæ,Мæ Ир, мæ фыдæлты бæстæм…К...
Доклад"Мария Николаевна Андросова – Ионова саха дьахтара хат сылдьар кэмин туһунан чинчийбит бэлиэтээһиннэрэ билиҥҥи олоххо суолтата"
ldquo;Саха дьахтара иэримэ дьиэни иччилиир, төрөтөр оҕону төлкөлүүр, аччыгы аһатар, тоҥмуту ириэрэр”.Ыал буолуу, олох олоруу, оҕо төрөтүү – оонньуу – көр буолбатах, киһи анала, нору...