Доклад"Мария Николаевна Андросова – Ионова саха дьахтара хат сылдьар кэмин туһунан чинчийбит бэлиэтээһиннэрэ билиҥҥи олоххо суолтата"
материал (11 класс)

Гуляева Алина Ивановна

“Саха дьахтара иэримэ дьиэни иччилиир, төрөтөр оҕону төлкөлүүр, аччыгы аһатар, тоҥмуту ириэрэр”.

Ыал буолуу, олох олоруу, оҕо төрөтүү – оонньуу – көр буолбатах, киһи анала, норуот инники дьылҕата, кэлэр кэскилэ буолар. Саха дьахтара сирдээҕи дьолу билиэхтээх. Таптыан уонна таптатыан, кэргэнин кытта оҕо – уруу төрөтөн, дьоһун – мааны ыал хотун ийэтэ буолуон баҕарар.

Саха бастакы үөрэхтээх дьахтара, олоҥхоһут, ырыаһыт,фольклору хомуйааччы, учуонай, чинчийээччи Мария Николаевна Андросова – Ионова айылҕаттан айдарыылаах бары өттүнэн дэгиттэр талааннаах саха бастакы үөрэхтээх дьахтара үйэтин тухары  үлэлээбит үлэлэрин туһунан бэлиэтээһиннэриттэн:

  1. Бэйэтин оҕо сааһын олоҕун, ыарахан үлэни үлэлиирин туһунан;
  2. Билгэ, итэҕэл туһунан (хат дьахтар туһунан, айылҕа бэлиэлэринэн, киһиэхэ сыһыаннаах билгэлэр);
  3. Ынах – сүөһү олоҕо – дьаһаҕын туһунан;
  4. Саха дьахтарын хат буоларын, хайдах харыстанарын,  төрүүр кэмин туһунан.

Мария Николаевна  сорук оҥостон үлэлээбит үлэтинэн  ордук оҕо дьахтар маассабайдык өлүүлэрин суох оҥорууга үлэни тэрийии буолар. Маны чинчийэн төрүүр оҕоҕо, дьахтарга ордук дьадаҥыларга усулуобуйа куһаҕана, бастакы көмөнү оҥорор эмп үлэһитэ суоҕа, ону тэҥэ дьахтар оҕотун кыратык эмтэрээт эмиийиттэн араараат, түргэнник  хат буолара, оҕото иринньэҕирэр, бэйэтэ дьүдэйэр диэн бэлиэтээбитэ.

Мария Николаевна Андросова – Ионова саха дьахтара хат сылдьар кэмин туһунан чинчийбит бэлиэтээһиннэрэ билиҥҥи олоххо суолтатын ырытыы үлэбит актуальноһа буолар.

Чинчийэр үлэ объега: Мария Николаевна Андросова – Ионова саха дьахтара хат сылдьар кэмин туһунан чинчийбит бэлиэтээһиннэрэ билиҥҥи олоххо суолтата.

Үлэбит предметэ: Мария Николаевна Андросова – Ионова саха дьахтара хат сылдьар кэмин туһунан чинчийбит бэлиэтээһиннэрэ билиҥҥи олоххо суолтатын ырытыы көдьүүһэ:

Мария Николаевна Андросова – Ионова саха дьахтара хат сылдьар кэмин туһунан чинчийбит бэлиэтээһиннэрэ билиҥҥи олоххо суолтатын үөрэтии, ырытыы үлэбит сыала буолар.

Скачать:

ВложениеРазмер
Файл doklad_ionova_androsova.docx26.73 КБ

Предварительный просмотр:

Таатта улууһун үөрэҕин салаата

Иван Николаевич Гуляев  аатынан Туора – Күөл орто оскуолата

“Мария Николаевна Андросова – Ионова саха дьахтара хат сылдьар кэмин туһунан чинчийбит бэлиэтээһиннэрэ билиҥҥи олоххо суолтата”

Толордо: 11  кылаас үөрэнээччилэрэ

 Кузьмина Сайаана

Салайааччылар: саха тылын уонна

литературатын учууталлара

                                                                                       Павлова В.Д., Гуляева А.И

2020

Киириитэ

“Саха дьахтара иэримэ дьиэни иччилиир, төрөтөр оҕону төлкөлүүр, аччыгы аһатар, тоҥмуту ириэрэр”.

Ыал буолуу, олох олоруу, оҕо төрөтүү – оонньуу – көр буолбатах, киһи анала, норуот инники дьылҕата, кэлэр кэскилэ буолар. Саха дьахтара сирдээҕи дьолу билиэхтээх. Таптыан уонна таптатыан, кэргэнин кытта оҕо – уруу төрөтөн, дьоһун – мааны ыал хотун ийэтэ буолуон баҕарар.

Саха бастакы үөрэхтээх дьахтара, олоҥхоһут, ырыаһыт,фольклору хомуйааччы, учуонай, чинчийээччи Мария Николаевна Андросова – Ионова айылҕаттан айдарыылаах бары өттүнэн дэгиттэр талааннаах саха бастакы үөрэхтээх дьахтара үйэтин тухары  үлэлээбит үлэлэрин туһунан бэлиэтээһиннэриттэн:

  1. Бэйэтин оҕо сааһын олоҕун, ыарахан үлэни үлэлиирин туһунан;
  2. Билгэ, итэҕэл туһунан (хат дьахтар туһунан, айылҕа бэлиэлэринэн, киһиэхэ сыһыаннаах билгэлэр);
  3. Ынах – сүөһү олоҕо – дьаһаҕын туһунан;
  4. Саха дьахтарын хат буоларын, хайдах харыстанарын,  төрүүр кэмин туһунан.

Мария Николаевна  сорук оҥостон үлэлээбит үлэтинэн  ордук оҕо дьахтар маассабайдык өлүүлэрин суох оҥорууга үлэни тэрийии буолар. Маны чинчийэн төрүүр оҕоҕо, дьахтарга ордук дьадаҥыларга усулуобуйа куһаҕана, бастакы көмөнү оҥорор эмп үлэһитэ суоҕа, ону тэҥэ дьахтар оҕотун кыратык эмтэрээт эмиийиттэн араараат, түргэнник  хат буолара, оҕото иринньэҕирэр, бэйэтэ дьүдэйэр диэн бэлиэтээбитэ.

Мария Николаевна Андросова – Ионова саха дьахтара хат сылдьар кэмин туһунан чинчийбит бэлиэтээһиннэрэ билиҥҥи олоххо суолтатын ырытыы үлэбит актуальноһа буолар.

Чинчийэр үлэ объега: Мария Николаевна Андросова – Ионова саха дьахтара хат сылдьар кэмин туһунан чинчийбит бэлиэтээһиннэрэ билиҥҥи олоххо суолтата.

Үлэбит предметэ: Мария Николаевна Андросова – Ионова саха дьахтара хат сылдьар кэмин туһунан чинчийбит бэлиэтээһиннэрэ билиҥҥи олоххо суолтатын ырытыы көдьүүһэ:

Мария Николаевна Андросова – Ионова саха дьахтара хат сылдьар кэмин туһунан чинчийбит бэлиэтээһиннэрэ билиҥҥи олоххо суолтатын үөрэтии, ырытыы үлэбит сыала буолар.

Сыалбытын ситиһэргэ маннык соруктары туруордубут:

1 Мария Николаевна Андросова – Ионова саха дьахтара хат буолар кэмин, хайдах харыстанарын, хайдах төрүүрүн туһунан чинчийбит бэлиэтээһиннэрин ааҕыы, ырытыы;

2. Сөптөөх литератураны хомуйуу, үөрэтии;

3.  Билиҥҥи кэмҥэ     саха дьахтара хат буолар кэмин, хайдах харыстанарын, хайдах төрүүрүн туһунан   үөрэтии;

4.  Мария Николаевна Андросова – Ионова саха дьахтара хат сылдьар кэмин туһунан чинчийбит бэлиэтээһиннэрин билиҥҥи кэмҥэ тэҥнээн көрүү.

Сабаҕалааһын: Мария Николаевна Андросова – Ионова саха дьахтара хат сылдьар кэмин туһунан чинчийбит бэлиэтээһиннэрин билиҥҥи кэминээҕи олоххо ураты көстүүлэрин, майгыннаһар өрүттэрин,  саха омук үгэстэрин үөрэтэн быһаарыахха сөп.

1 баһа. Мария Николаевна Андросова – Ионова саха дьахтара хат сылдьар кэмин туһунан чинчийбит бэлиэтээһиннэрэ

Дьахтар хат буолбутун хайдах билэрий?

Дьахтар хат буолбутун ыйдааҕытын кэтээн көрөн билэрэ. Ыйдааҕыта кэлбэтэҕинэ ыарахан буоллум диэн сэрэйэрэ. Чугас дьоно эмиэ дьахтары харыстаан хат диэбэккэ, ыарахан буолбут дииллэрэ.

Хат дьахтар этин – хаанын уларыйыыта

Хат дьахтар иккис ыйыттан аска талымастыыр, чопчу ханнык эрэ аһын сиэн баҕарар буолар. Түргэнник аччыктыыр буолар. Сорохтор ас сытын сатаан тулуйбат, сүрэхтэрэ көбөр, хотуолуур буолар. (токсикоз). Үчүгэйдик аһаабакка ыраллар, дьүдьэйэллэр. Хат дьахтар доруобуйата ыарыыга кэбэҕэстик ылларар буолар. Эт, балык сиэхтэрин баҕараллара күүһүрэр. Хат дьахталлар  баҕарар баҕалара, “сүрэхтэтиилэрэ” араас буолар. Холобур, буору, күлү, хаппыт эти сиэхтэрин, тириини кириэхтэрин баҕаран кэлэллэр. О.д.а баҕа баар буолун сөп.

Оҕо хамсааһына

Хат дьахтар төрдүс ыйыгар оҕото хамсыыр. Дьахтар дьадаҥы буоллаҕына үлэтин хат буоллум диэн тохтоппот, үлэлээбитин курдук үлэлиир. Доруобуйатын харыстаммат.

10 ый

Кырдьаҕас дьахталлар “Мин эйиигин 10 ый испэр илдьэ сылдьыбытым, онно эн махталын бу дуо?” диэн оҕолорун мөҕөллөрө. Былыргы үөрэҕэ суох саха дьахтара онус ыйбар оҕолонобун диэн билэрэ. Төрүүр кэмин сыыспакка ааҕара.

Саха дьахтарын төрүүргэ бэлэмнээһин.

Хат дьахтар эрдэ тугу да бэлэмнээбэт, бэлэмнэммэт. Оҕолоноро чугаһаатаҕына сымнаҕас, кураанах оту түүтэхтии баайан бэлэмнээн уурара. Төбөтүгэр уурарга инчэхэй торбос тириитин, торбос тириититтэн тигиллибит сутуруо эбэтэр өрбөх, куобах тириитин, сылгы маҥан, хара сиэлин, туос иһити, торбос атаҕын иҥиирин бэлэмниирэ.  Оҕо таҥаһын эрдэ төрүөн иннинэ тигэн бэлэмнээбэттэрэ, ол дьадаҥы дьоҥҥо таҥас – сап кырыымчыгыттан буолуон сөп. Оҕо утуйар биһигин эмиэ эрдэ оҥорбот буолаллара. Эрдэ оҥорору айыыргыыллара.

Төрүүргэ бэлэмнээһин.

Дьахтар үксүн түүн төрүүрэ. Талыыта киириэр дылы оҕолонор дьахтар тугу да бэлэмнэммэт уонна атын да дьоҥҥо бэлэмнэттэрбэт этэ. Талыыта киирдэҕинэ дьиэттэн биир киһи тыаҕа тахсан хатын мастан киһи түөһүгэр дылы уһуннаах үс маһы быһан киллэрэрэ. Сорох от киллэрэрэ, сорох муус киллэрэн уулларан уу бэлэмниирэ, сорох оһох отторо. Хобордооххо арыы ууллараллара. Бэлэмнэммит торбос тириитин эбэтэр торбос сотуруотун, эбэтэр бэлэмнэммит таҥаһы таһаарар. Бу манан саҥа төрөөбүт оҕону суулууллар. Онтон маҥан уонна хара сиэлинэн үс кылгас быа хатар. Онтон тыаттан киирбит үс маһы уокка ириэрэллэр. Оҕолонор дьахтар дьиэлээхтэр кыыстара эбэтэр кийииттэрэ буоллаҕына дьиэ хаҥас өттүгэр бу мастары анньаллар. Онтон дьиэлээх хаһаайка оҕолонор буоллаҕына кэтэҕэриин орон аттыгар анньаллар. Оҕолонор дьахтар илин диэки көрөн олорорун курдук икки маска үөһэ өттүгэр туора мас уураллар. Ол маска төрөтөр эмээхсин маҥан сылгы сиэлинэн үс төгүл эрийэ баайар. Бу Айыыһыты үөрдээри оҥоһуллар. Аллараа мас төрдүгэр от тэлгииллэр уонна уоттан бүөлүүллэр. Хотонтон ынах ыыр талах олоппоһу таһаараллар. Төрөтөр эмээхсин илиитин уокка ириэрэр, этэрбэһин, ыстаанын устар уонна талах олоппоско олорор. Онтон туос иһит ылар онно сылгы маҥан сиэлин угар. Окко кэтит туос уурар онно оҕону суулуур таҥаһын, кыптыыйын, иҥиирин уурар. Ууллубут арыыны төрөтөр эмээхсиҥҥэ биэрэллэр.

Оҕолонор дьахтары окко сытыарыы.

Окко сытыан иннинэ дьахтар баттаҕын ыһар, этин-хаанын сымнатаары ууллубут арыыны иһэр. Элбэхтэ оҕоломмут дьахтар төрүүрэ кэллэҕинэ эрэ окко сытар. Онтон саҥа оҕолонор дьахтары талыытын аҥарыттан окко сытыараллар. Сирэйин, баттаҕын арыынан сотоллор. Төрөтөр эмээхсин ууллубут арыынан оҕолонор дьахтары этин сотон массажтыыр.

Төрөөһүн.

Дьахтар төрүүрэ кэллэҕинэ эр дьон таһырдьа тахсаллар. Дьааһыктар, ыскааптар, хопполор ааннарын күлүүһүн арыйаллар. Оҕолонор дьахтар ырбаахытын үөһээ түөһүгэр баайаллар. Хатыҥ маска туора ууруллубут мастан чохчойон олорон тутуһар. Төрөтөөччү олоппоско олорон эрэ көмөлөһөр. Дьахтар доруобай буоллаҕына сотору оҕолонор. Төрөтөөччү оҕону илиитинэн тутан сэрэнэн окко түһэрэр уонна киинин кырыйан баран иҥиир сабынан баайар. Оҕону сууйаллар, суулууллар, үс сиринэн эриэн ситии быанан баайаллар уонна ийэтин аттыгар сытыараллар.

 Ыты үүрүү.

Дьахтар оҕолонуон иннинэ ыты дьиэ иһиттэн таһаараллар. Уол төрөөтөҕүнэ ыты үс күн устата дьиэҕэ киллэрбэттэр. Сахалар өйдүүллэринэн ыт уол оҕо булдун былдьыыр дии саныыллар. Ол иһин ыт дьиэ аанын арыйан оҕону тымнытар дииллэр эбит. Кыыс оҕо төрөөтөҕүнэ ыты тута дьиэҕэ киллэрэллэр. Саха өйдүүрүнэн ыт кыыс оҕо төрөөтөҕүнэ үөрэр. Иистэнэр тириитин кырадаһыныттан уонна астыыр аһын ордугуттан тиксиэм дии саныыр. Ол иһин тымныы киирэр сирин ыт кутуругунан бүөлүүр дии саныыллар.

Оҕо сууйуута.

Оҕо төрөөбүтүн кэннэ малааһын оҥороллор. Айыыһыкка махтаналлар. Баай дьон сүөһү өлөрөллөр. Сүрэҕин буһараллар, үс иһиккэ арыы куталлар. Өссө оҕолоноору сыттаҕына отун үрдүгэр тирии тэлгээн бараннар буспут эт, арыы уураллар. Малааһыннарыгар саламаат уураллар. Уол оҕо төрөөтөҕүнэ туостан ыт, тайах уонна булчут быһыытын кырыйаллар, ох саа оҥороллор уонна Айыыһыкка анаммыт ас аттыгар уураллар. Кыыс оҕо төрөөтөҕүнэ ат уонна дьахтар быһыытын кырыйан уураллар.

Дьахтар хойуккута.

Дьахтар хойуккутун оҕо таҥаһа дииллэр. Дьахтар этэҥҥэ төрөөтөҕүнэ таҥаһа сотору кэлэр. Төрөтөр дьахтар кэнэҕэскини сууйар уонна маҥан сылгы сиэллээх туос иһиккэ угар уонна хаппахтыыллар. Онтон дьахтар атаҕын аттыгар уурар.

Оҕоломмут дьахтар бастакы аһыыр аһа.

Дьахтары кэнэҕэскитэ кэлиэр диэри аһаппаттар. Кэнэҕэскитэ кэллэ да саламаат сиэтэллэр, сыата суох ынах миинин, үүттээх чэй иһэрдэллэр. Үчүгэйдик аһыыр дьахтар атаҕар түргэнник турар.

Оҕоломмут дьахтар тоҕус күннээх харысхала.

Дьахтар маҥнайгытын оҕоломмут буоллаҕына уокка тоҕус күн чугаһаабат, уот иннинэн хаампат. Уоттан тахсыбыт иһити туппат. Аһыйбыты, тымныыны тоҕус күн устата сиэбэт. Элбэхтэ оҕоломмут дьахтар бу быраабыланы сэттэ күн тутуһар.

Айыыһыты атаарыы сиэрэ-туома.

Дьахтар оҕоломмута үс хоммутун кэннэ Айыыһыты атаарыы сиэрэ буолар. Дьахтар оҕоломмут миэстэтигэр сиргэ оҥхой хаһаллар, онно үс сылгы сиэлин уонна туос иһиттээх кэнэҕэскитин угаллар. Үрдүгэр от ууран баран буорунан көмөллөр. Ол үрдүгэр тырыыҥканан ураһа оҥороллор аттыгар сэргэ диэн кыра мас анньаллар. Онно туоһунан быһыллыбыт сылгыны өйөннөрө уураллар. Уол төрөөтөҕүнэ ыт, тайах, булчут быһыылаах туоһу уураллар. Ураһа тула от таммалаталлар ол үрдүгэр хамыйахтаах кытыйаҕа ас кутан уураллар. Ол кэннэ баар дьахтар бары төгүрүччү олороллор. Уот уматаллар, оҕоломмут дьахтар ох саанан ууруллубут туос кыылы ытар уонна уокка быраҕар. Кыыс төрөөтөҕүнэ туос кыыллары кыптыыйынан ылан уокка биэрэллэр. Ол кэнниттэн саастаах дьахтар дьабака бэргэһэ кэтэр, курун сүөрүнэр, саҕынньах кэтэр уонна үс хамыйах саламааты уокка биэрэр. Ол кэнниттэн төгүрүччү олорор дьахталлар бары сирэйдэрин арыынан соттоллор уонна “үөрүү, дьол” дии – дии күлэллэр. Уот умуллан бүтүөр дылы бары күлэллэр. Онтон бары биир хамыйаҕынан эргитэ сылдьан уочаратынан аһыыллар. Онтон чугас дьонноро мустан малааһынныыллар. Ол иннинэ оһох уҥа өттүгэр сылаас чох мунньан баран, тон арыы уонна буспут сүрэх, эбэтэр эт уураллар. Уоту алгыыллар, онтон хаҥас өттүгэр чох мунньан баран эмиэ арыы, эт ууран уоту алгыыллар.

Төрөтөр дьахтары атаарыы

Төрөтөр дьахтар барарыгар тоҥ арыылаах иһит арыы, ас биэрэллэр. Баайдар 3 солкуобай харчы, былааччыйа таҥаһа, былаат эбэтэр куобах тириитэ биэрэллэр.

Уокка алгыс

Оҕоломмут дьахтар тоҕус эбэтэр сэттэ хонон баран сарысарда уокка үс куһуок арыы үс маҥан сиэл биэрэр, алгыс этэр, көрдөһөр.

Оҕону көрүү, аһатыы.

Оҕо төрөөт да ийэтин эмиийин эмэр. Оҕону күн аайы сууйбаттар. Тахсан киирбитигэр биһилиннэҕинэ айахтарыгар уу омурдан ыла – ыла ибиирэн сууйаллар уонна арыынан сотоллор.

Оҕону эмиийдэтии

Бастаан утаа оҕону эмиийдэтэллэрэ, онтон ытанньах буолар уонна үлэлииргэ мэһэйдиир диэн ынах үүтүгэр көһөрөллөрө. Эмиийдээх оҕо түргэнник сайдар, эрдэ хаамар. Дьахтар эмиийин эрдэ бырахтардаҕына түргэнник хат буолар. Эмиийдиир оҕо ынах үүтүн иһэр оҕотооҕор хачаайы эрээри тэтиэнэх буолар.

Биһик

Оҕо төрөөбүтүн кэннэ биирдэ биһигин оҥороллор. Биһиги оҕо уйата диэн ааттыыллар. Икки ойоҕо бүөлүү мастаах, төбө өттө аһаҕас, атах өттүгэр иҥнэри соҕус түспүт быһыылаах буолар. (оҕо тахсан киирбитэ сүүрэн түстүн диэн). Биһиги оҥорон баран арыынан сотоллор, уокка ириэрэллэр.

Оҕону күндүлээһин.

Биһик бэлэм буолбутун кэннэ үстээх – түөртээх оҕону ыҥыран аҕалан биһик аттыгар туруораллар. Уол буоллаҕына быһаҕы, кыыс буоллаҕына кыптыыйы ылан оҕо биһигэр туора ууран баран оҕоломмут дьахтар ыйытар: “маннык сытар дуо?”, онуоха оҕо “суох” диир. Онтон уһаты ууран баран “маннык сытар дуо?” диир. Оҕо “инник” диир. Дьахтар “кырдьык дуо?” диир. Оҕо “кырдьык” диир. Онтон оҕоҕо манньа биэрэллэр. Биһик үрдүгэр саһыл муннун уонна эһэ баппаҕайын иилэллэр. Биһиккэ тэлгэммит туоһу арыынан сотоллор уонна оҕону сытыараллар.

Оҕо аһылыга.

Саха дьахтара оҕотун 40 күн устата эмиийинэн аһатар. Онтон аҕабыкка малыыппа аахтарар уонна ынах үүтүгэр көһөрөр. Суоскалара тирииттэн эбэтэр сукунаттан оҥоһуллубут буолар. Суосканы харыстаан “мама” диэн ааттыыллар. 2-3 ый буолан баран үүккэ сүөгэй эбэн иһэрдэр буолаллар. Ону уокка сылыппаттар, аһыйан тахсыа диэн. Айахтарыгар омурдан ылан сылыталлар уонна оҕо айаҕар куталлар. Оҕо улаатан истэҕин аайы аһыыр аһын көрүҥэ эбиллэр.

Оҕо  таҥаһын – сабын көрүү

Оҕо хаамар буолуор дылы төрөппүттэрэ улаханнык таҥаска наадыйбаттар. Сэниэ ыал оҕото 2-3 ырбаахылаах буолар. Дьаданы оҕоҕо таҥаһа суох буолар. Оҕо үчүгэйдик төбөтүн көтөҕөр буолуоҕуттан сыыйа олорорго үөрэтэллэр. Чабычахха от уган кытыытын таҥаһынан хайан олордоллор. Оҕо оннук өр олорор. Ытаатаҕына үлэҕэ кыһарыйтаран улаханнык кыһалла барбаттар. Аһаттылар да бүтэр. Баай дьон оҕолоругар оҕо көрөөччү баар буолар. Дьадаҥы дьон оҕолоро мөлтөх астан, куһаҕан таҥастан уонна үчүгэй көрүүлэрэ суохтарыттан үгүс өттө өлөр. Баай ыал оҕото эмиий эмпэтиттэн өлөр.

Оҕо ыарыыта уонна өлүүтэ.

Үгүс оҕо куртаҕа ыалдьар буолар. Тымныйан, хам туттаран ыалдьан элбэх оҕо өлөр. Ону таһынан саһарардаан, уоспалаан, корьтан өлүү тахсар. Золотуха диэн ыарыыттан өлөллөр. Бу ыарыыны “ытык өлүү” диэн ааттыыллара. Этин бааһынан бүрүллэн, ириҥэрэн, дьөлө сиэн ууллан тохторо, уҥуохтара кытта түһэрэ. Рахиттаабыт оҕо 6-7 ыйыгар дылы сатаан хаампат олорор. Сорохтор таттарар ыарыынан ыалдьаллар, айахтарыттан күүгэн аллар, харахтарын үрүҥүнэн көрөллөр, уу  чаккырас гына тиритэллэр. Сороҕор оҕо доруобай сылдьан эмискэ ыалдьар, маннык ыалдьыбыт оҕону аһаттахха сотору өлөр (муҥурдаах ыарыыта буолуон сөп). Кулҕаах тымныйан анньарыттан оҕо дьүлэй буолар. хараҕа ыалдьар көрбөт оҕолор төрүүллэр. Сорохтор сатаан саҥарбат буолаллар. Тыла суох. Маны таһынан араас оһолтон, сэрэҕэ суох туттунууттан өлөллөр. Холобур итии ууга буһаллар, сүөһү тэпсэр, тыаҕа муналлар о.д.а. Онон, элбэхтэ оҕолонон баран аҕыйах оҕолоох хаалаллара үгүс.

Хаан барыытын тохтотор ньымалар

Элбэх дьахтар оҕолоноору өлөр.  Ыараханнык оҕолонуу өлүүгэ эрэ тиэрдэр. Үксүгэр оҕолонон баран хааннара баран өлөллөр. Ууга кыһыл көмүһу уган баран ону иһэрдэллэр. Солко сабы хаҥас атахтарын кыра тарбаҕар, уҥа илиилэрин кыра тарбаҕар баайаллар. Оһох туойун ууга суурайан иһэрдэллэр. Истэрин түгэҕэр ынах хабаҕар кутуллан баран тоҥмут мууһу уураллар. Атаҕын үөһэ баайаллар. Хаана улаханнык бардаҕына, торбоһу өлөрөн, ол хаанын иһэрдэллэр.

Дьахтар кэнэҕэскитэ хойутатааҕына.

Сорох дьахтар кэнэҕэскитэ кэлэн биэрбэккэ ыалдьар. Оччого торбоһу өлөрөн, ол тириитинэн оҕоломмут дьахтар иһин бобо баайаллар. Отоһут арыылаах илиитинн массажтыыр. Кэнэҕэскитэ тахсыбатаҕына дьахтар өлөр.

2 баһа. Билиҥҥи кэмҥэ  саха дьахтара  хат сылдьыытын туһунан дьахтар бырааһын  бэлиэтээһиниттэн.

Дьахтар хат буолбутун хайдах билэрий?

Дьахтар ыйдааҕыта бириэмэтигэр кэлбэт, хойутуур. Сарсыарда эбэтэр ханнык баҕарар бириэмэҕэ сүрэҕэ көбөр, хотуолуур, настырыанньата түргэнник уларыйар, сылаарҕыыр, чаастатык хабаҕырар. Тест көмөтүнэн хат буолбутун билэр. ХГЧ (хорионический гонадотропин человека) хаан аналиһын уонна УЗИ - га көрдөрүү түмүгүнэн билэр.

Хат дьахтар этин – хаанын уларыйыыта

Дьахтар майгыта, үөрүйэҕэ уларыйар. Сыты күүскэ билэр, сөбүлээбэтин сөбүлүүр, сөбүлүүрүн сөбүлээбэт буолуон сөп. Холобур, билигин сиэн баҕарбыт аһын сотору кэминэн сиэн баҕарбат.

Ийэ иһигэр оҕо хамсааһына

УЗИ көрдөрөрүнэн оҕо үөскүөҕүттэн уон алтыс нэдиэлэтигэр ийэтин иһигэр хамсыыр, иллитин хамсатар, сутуруктуу тутар. Биир сиргэ, биир миэстэҕэ өр олордоххо оҕо хамсыыра түргэтиир. Кислород тиийбэтиттэн оннук буолар. Оҕо ийэ иһигэр сылдьан чаастатык уонна күүскэ хамсыыра куһаҕан. Дьахтар кэмин иннинэ төрүөн сөп. Эбэтэр оҕо киинэ эриллиэн сөп.

10 ый

Дьахтар 9 ый толору хат сылдьан баран, 10-с ыйыгар төрүөхтээх. Игирэ оҕолору дьахтар 37-38 нэдиэлэтигэр төрүүр. Иккиһин төрүүр дьахтар эмиэ 37-38 нэдиэлэтигэр оҕолонуон сөп. 40-42 нэдиэлэтигэр аҕыйах дьахтар төрүүр.

Оҕолонорго бэлэмнэнии.

Билиҥҥи бириэмэҕэ ийэ буоларгар бэлэмнэнии оскуолата, бэсиэдэлэр, лекциялар, профилактическай үлэ араас көрүҥэ ыытыллар. Видеоролигынан эмиэ көрөн үөрэниэххэ сөп. Онтон саха дьахтара оҕотун төрөтүөн иннинэ аньыырҕаан эрдэттэн бэлэмнэммэтэ.

Төрүүргэ бэлэмнэнии.

Билигин оҕо төрөтөр аналлаах балыыһаларга, гинеколог быраас эбэтэр окушерка төрөтөр. Дьахтар 37-38 нэдиэлэтэ буолбут буоллаҕына төрүүр балыыһаҕа киириэхтээх. Балыыһаҕа киирэн обследование барар, анализ туттарар, төрүүргэ бэлэмнэнэр.

Дьахтар төрөөһүнэ.

Дьахтар төрүүрүгэр кэргэнэ, эбэтэр чугас аймаҕа киирэн дьахтар оҕолоноругар көмөлөһүөн сөп, өскөтүн кини анализ, обследование толору барбыт буоллаҕына. Дьахтар оҕоломмутун кэннэ 2 чаас родзалга сыта. Ол бириэмэҕэ педиатр быраас оҕо доруобуйатын көрөр-истэр, бэрибиэркэлиир. Роддомҥа уол оҕоҕо халлаан күөх, кыыс оҕоҕо розовай биркалары илиилэригэр эбэтэр атахтарыгар баайаллар. Биркаҕа оҕо төрөөбүт күнэ, ыйааһына, уһуна суруллар.

Дьахтар кэнэҕэскитэ

Дьахтар кэнэҕэскитэ кэлэригэр талыы икиистээн киирбитин курдук ыалдьар. Этэҥҥэ кэллэҕинэ, хаана барбат. Бэйэтэ кыайан кэлбэтэҕинэ аныгы медицинскэй ньыманы туттан ылаллар.

Оҕоломмут дьахтар бастакы аһылыга.

Оҕоломмут дьахтар кэнэҕэскитэ кэлбитин кэннэ аһыыр. Былыргыттан билиҥҥэ диэри саха дьахтара оҕолонноҕуна саламаат сиэтэллэр.

Оҕону көрүү – истии, аһатыы

Оҕону төрөөтүн кытта эмиий үүтүнэн аһаталлар. Оҕоломмут дьахтар үүтэ суох буоллаҕына син биир эмтэрэн иһиэхтээх. Билигин үүт киллэрэр араас препараттар бааллар, олору быраас анааһынынан иһэн үүт киллэриэххэ сөп.

Билиҥҥи кэмҥэ ыараханнык оҕолонуу

Оҕолонор дьахтар хат сылдьар кэмэ ыараханнык ааһар,  хаанын баттааһына үрдүк, хараҕа мөлтөх, тымыр ыарыылаах, травмалаах о.д.а. бэйэтэ сатаан оҕоломмот кыахтаах  буоллаҕына дьахтары “кесерево сечение” оҥорон, операциялаан төрөтөллөр.

3 баһа. Мария Николаевна Андросова – Ионова саха дьахтара хат сылдьар кэмин туһунан чинчийбит бэлиэтээһиннэрэ билиҥҥи олоххо суолтата.

Саха дьахтара 19 үйэ бүтүүтэ, 20 - с үйэ  саҕаланыыта хат сылдьар кэмигэр олорор усулуобуйата ыараханыттан, үчүгэйдик харыстамматыттан доруобуйата айгыраан, оҕолоноругар кэккэ ыарахаттары көрсөр этэ. Ол курдук, ыарахан үлэни хара оҕолонуор диэри үлэлиирэ, таҥаһа – саба мөлтөх, чараас буолан доруобуйатыгар оҕустарара. Үксүн дьадаҥы ыал оҕо төрүөҕүттэн доруобуйата мөлтөх буолара. Үлэҕэ кыһарыттаран, эмиийин эрдэ бырахтаран, ынах үүтүгэр көһөрөллөрө. Дьадаҥы ыал оҕото хаамыар дылы таҥаһыгар – сабыгар наадыйбаттар этэ. Ол курдук, өрбөххө сууланан, биһигэр сытара. Дьахтар оҕотун көрөр бириэмэтэ суоҕуттан, оҕо кэмигэр аһаабат, таҥаһа – саба уларыйбат, бэйэтэ – бэйэтигэр ытыы – ытыы сытара. Эмп суоҕуттан бэйэлэрэ билэллэринэн, хайдах саныыларынан оҕолорун эмтииллэрэ.  Былыргы хараҥа кэмҥэ  ыарахан итэҕэлтэн, ойуун, удаҕан күүһүгэр итэҕэйэллэриттэн, үөрэҕэ , билиитэ суохтарыттан   оҕо өлүүтэ олус элбэх этэ.

Мария Николаевна Андросова – Ионова бэлиэтээһиннэригэр элбэх былыргы үгэс көстөр. Саха үгэһин  аналлара, суолталара билигин даҕаны сүппэт. Холобур, былыр дьахтар төрүөн иннинэ эрдэ тугу да бэлэмнэммэт, аньыырҕыыр. Дьахтар төрүүрүгэр мэһэй көрсүбэтин диэн баттаҕын ыһан, ытарҕатын, киэргэллэрин устар. Оҕоломмут дьахтарга саламаат сиэтэллэр, сыата – арыыта суох ынах миинэ, үүттээх чэй иһэрдэллэр. Билигин эмиэ бу  үгэстэр  тутуһуллар.

Олох сайдан, медицина күүһүрэн истэҕин аайы, билигин дьахтар хат сылдьар кэмигэр усулуобуйа сөптөөхтүк тэриллэр, бэйэтин көрүнэр – харыстанар. Араас аппараат нөҥүө ийэ буолаары сылдьар дьахтар төрүү илик оҕотун доруобуйатын кэтээн көрөн, сөптөөх эми – тому аныыллар. Оҕо доруобай буола улаатарыгар табыгастаах усулуобуйа тэриллэн, киэҥ далааһыннаах үлэ бөҕө ыытыллар.

                                                                         Түмүк.

Мария Николаевна Андросова – Ионова саха дьонун кыһалҕалаах олоҕун этинэн – хаанынан билбит, онно өйүн – санаатын хайдах эмэ көмөлөһөргө, туһалааҕы оҥорорго мэлдьи кыһаллан үлэлээбит, айылҕаттан айдарыылаах , дэгиттэр талааннаах, төрөөбүт норуотун туһугар этинэн – хаанынан ыалдьыбыт саха норуотун киэн туттар биир чаҕылхай дьахтара.

Кини бэйэтин туһунан ахтыытыгар маннык суруйар: «Үөрэх сайдан, өлүү – сүтүү уурайан, сидьиҥ – чанчарык олох умнуллан, ыраас олоххо чэгиэн – чэбдик буолан үөскээн, атын омуктар курдук бэйэлэрин дойдуларыттан үтүө туһалаах суоллары булан, тэрийэн олохтотолоон, киһи буолар кэскиллэрин тэрийэ, омуктар олохторугар ымсыырбакка бары дьаһалларын бэйэлэрэ дьаһайан, көҥүл олоххо олоруохтара дии санаан, сүрэҕим – быарым бөлөхсүйэр”.

Оҕо киһи дьоло, кэннигэр хаалар кэскилэ буоларын,  норуот инники олоҕун толкуйдаан, ырытан көрөн,  маннык үлэни суруйан хаалларбыта улахан суолталаах. Саха үгэһин  аналлара, суолталара билиҥҥи кэмҥэ сүппэт.

Саха дьахтара холку, муударай санаатынан, айылҕаттан сылаас тыынынан, бу сиргэ бэйэтин дьолун булуохтаах. Аал уоту араначчылыыр, алаһа дьиэни иччилиир, төрөтөр оҕону төлкөлүүр аналлаах. Кини баар буолан оҕо күлэр – үөрэр, санаа дуоһуйар, олох салҕанар. Дьахтар доруобай буоллаҕына, доруобай оҕо төрүүр, норуот инникигэ эрэллээх буолар.

Туһаныллыбыт литература

  1. Е.Д.Будикин. Ионова Мария Николаевна. Дь. Сайдам. 2017с.
  2. А.Н.Кузьмина. оҕо үс сомоҕо эйгэтэ. Дь. ООО “РИЦ “ОФСЕТ””2016.
  3. “Иитии кыһата” сурунаал 3№.  Научно – исследовательский институт национальных школ. 2007
  4. “Өйтөн суруйуу кистэлэҥэ – 2”  хомуурунньук. Дь. 2002.
  5. “Далбар хотун” сурунаал 3№. 2018


По теме: методические разработки, презентации и конспекты

Педагогическая концепция учителя математики МКОУ "Сарульская СОШ" Манджиевой Марии Николаевны

Педагогическая концепция учителя математики Манджиевой Марии Николаевны. Я считаю: "Если ученик стал учиться на твёрдую тройку, это уже качество. Если повысилась познавательная активность – это качест...

Рабочая программа по основам безопасности жизнедеятельности для учащихся 7 класса учителя основ безопасности жизнедеятельности Сураевой Марии Николаевны

Рабочая программа составлена на основании следующих документов:-Федеральный государственный образовательный стандарт основного общего образования, утвержденный приказом Минобрнауки России от 17.12.201...

Рабочая программа по элективному курсу «Профориентация и социальная компетентность» для учащихся 9 класса заместителя директора по воспитательной работе Сураевой Марии Николаевны

Пояснительная записка Рабочая программа составлена на основе следующих документов: - Федеральный компонент государственного образовательного стандарта основного общего образования,  утв...

Программа внеурочной работы по ОБЖ «Дорожные знаки» для учащихся 4 класса учителя основ безопасности жизнедеятельности Сураевой Марии Николаевны

Пояснительная запискаРабочая программа составлена на основе следующих документов:- Закон «Об образовании» с учетом примерного положения о классном руководстве, его деятельности, закрепляющ...

Программа внеурочной деятельности по ОБЖ «Весёлый светофор» для учащихся 1 - 4 класса учителя основ безопасности жизнедеятельности Сураевой Марии Николаевны

Пояснительная запискаРабочая программа составлена на основе следующих документов:- Закон «Об образовании» с учетом примерного положения о классном руководстве, его деятельности, закрепляющ...

Королева частушек - Мария Николаевна Мордасова

В данной работе рассказывается о жизни и творчестве нашей землячки Марии Мордасовой. Этот материал можно использовать на классных часах, внеклассных мероприятиях....