Творческие работы на якутском языке воспитанников юнкорпоста Дьо5ур
творческая работа учащихся на тему
статьи, рассказы, стихотворения...
Скачать:
Вложение | Размер |
---|---|
tvorcheskie_raboty_vospitannikov_yunkorposta_do5ur_.docx | 38.77 КБ |
Предварительный просмотр:
Дьи²нээх суруналыыс диэн кимий?
Суруналыыс – диэн кимий? Бу санаатахха, уустук да ³йд³бµл эбит. Мин оскуолабын бµтэрдэхпинэ, суруналыыс идэтигэр µ³рэнэр санаалаах сылдьабын. Ол эрэн, дьи²нээх суруналыыс диэн кимий, кини хайдах буолуохтаа±ый диэни бу ылын да этэр ыарахан эбит.
Аан бастаан хайдах са±аламмытай? Мин бэйэм сытыы-хотуу са²арбыт-и²эрбит о±о буоларым бы´ыытынан, биир сиргэ чу²куйа олорорбун с³бµлээбэппин. £сс³ 7 кылааска µ³рэнэ сырыттахпына, суруйар, айар дьо±урбун бэлиэтии к³р³н, учууталым «Дьо±ур» эдэр корреспонденнар куру´уоктарыгар сырыт диэн ы²ырбыта. Мин боруоба±а сылдьан, дьарыктанан са±алаабытым. Уонна бу эйгэни эппинэн-хааммынан с³бµлээн, кµн бµгµ²²ээ²²э дылы кэмсиммэппин.
О±отук санаабынан, суруналыыс диэни хайдах ³йдµµрбµнэн бы´аарарга холоннум.
Суруналыыс диэн, бастатан туран, мин киэн туттар ки´им, ымыы о²остор идэм буолар. Кини са²алаах-и²элээх, сытыы ³йд³³х, дьону кытта тµргэнник уопсай тылы булар, дьаныардаах чинчийээччи. Суруналыыс – бу талаан, чахчы талаан! Дьону кытта хайа да тµгэ²²э уопсай тылы булуу, сµµ´µнэн информацияны билии, ону киэ² ара²а±а табыгастаах ³ттµнэн тиэрдии, олох араас кµµппэтэх тµгэнигэр тµбэ´ии, дьон ку´а±ан санаатын тулуйуу, наада буолла±ына, ырыа´ыт да, µ²кµµ´µт да буолуу – бу барыта биир ки´иэхэ, суруналыыс диэн идэлээх ки´иэхэ тµмµллэ сылдьар.
Кини µлэтэ уустук. Уустук гынан баран, тµмµктээх. Кµн-дьыл аа´ыа, оттон дойдубут сонуна барыта ха´ыакка µйэлэр тухары хаалыа.
Мин оскуолам и´инэн тахсар ха¤ыакка, туох эрэ са²аны киллэрээччи, са²аны µ³рэтээчи, билээччи оруолун толоробун. Ол и´ин хас кµн ахсын бэйэм билиитин кэ²этэбин. Эдэр корреспондент буоларым бы´ыытынан кµнтэн кµн элбэ±и билэргэ дьулу´абын, сайдан и´эргэ кы´аллабын. Кµннэтэ суруналыыс буоларга кы´аллабын. Мин киэн туттар уонна холобур оҥостор суруналыыспынан Саха Республикатын бастакы идэлээх суруналыыс дьахтара, "Кыым" хаһыаты тилиннэрбит, биһиги биир дойдулаахпыт Егорова Федора Петровна буолар.
Дьи²нээх суруналыыс – хорсун ки´и. ¥³рµµлээх эрэ сонуннарынан му²урдаммакка, ыксалаах, ку´а±ан бы´ылааннары сырдатар эмиэ µлэлээх. Онуоха барытыгар кини бэлэм буолуохтаах.
Суруналыыс – уус киһи. Чахчы дьи²нээх суруналыыс ки´и дьон оло±ор сабыдыаллыа с³п. Кини дьо²²о с³пк³ бэйэтин санаатын тиэрдэр.
Дьон туохтан µ³рэрин-хомойорун, интэриэ´ин этинэн-хаанынан билэр буолуохтаах. ¥³рэхтээхтэр и´ин, µчµгэй былыргыга историктар кы´аллаллар, µчµгэй били²²игэ – бэлиитиктэр, онтон инникигэ – суруналыыстар.
Онон, тµмµктээн эттэхпинэ, дьи²нээх суруналыыс диэн кытаанах санааны, куруук барыга бары к³хт³³х буолары, ха´ан да санаатын тµ´эрбэт, тадааннаах ки´и.
Мин бу эйгэ±э кыратык да сыстан, µгµс дьону кытта билсэбин, республикабыт ха´ыаттарын, телевидениятын суруналыыстарын кытта алты´ан, олохпор элбэ±и и²эринним.
Романова Люда, 9 кыл
«Дьо±ур» эдкорпост.
Кэбээйи
Саха тылын сарсыҥҥыта
Кыттыыны ылар:
Кэбээйи улууһун Е.Е.Эверстов аатынан
Кэбээйи орто оскуолатын "Дьоҕур"
эдкорпост корреспонденнара
Салайааччы: Павлова М.Е.
Олунньу 13 кµнэ «Саха тылын уонна суругун» кµнµнэн биллэр. Бу кµн суругу-бичиги олохтообут учуонай Семен Новгородов аатын сµгэр. Бу кµн би´иги Сахабыт Сиригэр сыл аайы бэлиэтэнэр. 15 сыл аннараа ³ттµгэр Саха республика бастакы президенин Михаил Ефимович Николаев уураа±ынан олохтоммута. Оскуолаларга Саха суруйааччыларын, поэттарын кытта к³рсµ´µµлэр буолаллар, араас конкурстар, быыстапкалар тэриллэллэр. Республика µрдµнэн Саха тылыгар аннаммыт уру´уйдар быыстапкалара тэрилиннилэр. О±олор Сахабыт сирин т³рµт тылын умсугуйан туран µ³рэтэллэр.
Ол курдук би´иги оскуолабытыгар эмиэ сылын аайы саха тылыгар анаммыт уруоктар, кылаас чаастара, викториналар, уус-уран аа±ыы кµрэхтэрэ, радионнан биэриилэр тэриллэн ыытыллаллар. Онон биһиги оскуолаҕа төрөөбүт тылбыт суолтата хаһан да сүппэт.
О±олоор, т³р³³бµт тылыгытын харыстаа² уонна µ³рэти²!
Максимова Даща 6 кылаас
Хас биирдии ки´и ийэ куттаах, ол и´ин ийэ тыллаах. Онон ийэ тылынан са²арыы удьуор т³рдµн туттууну диэн µ³рэтэбит. Кырдьык, т³р³³бµт тылым - бу ийэм биэрбит тыла. Т³р³³бµт тылын билбэт ки´и, толкуйдуур дьо±урун сµтэрэр, т³р³³бµт тыл ки´иэхэ ³йµгэр - санаатыгар, майгытыгар-сигилитигэр дьайар кµµ´э улахан. Ки´и бастаан бэйэтин тылын учугэйдик билиэхтээх, ол тылын атын тылы µ³рэтэригэр тирэх буолар. Т³р³³бµт тылбынан сатаан са²арар, толкуйдуур, истээччи бол±омтотун тардар курдук кэрэхсэбиллээхтик кэпсиир буоллаххына, ха´ан ба±арар µчµгэйдик µ³рэниэм, талан ылбыт идэбинэн сити´иилээхтик бµтэриэм, элбэх до±оттордоох буолуом дии саныыбын. Т³р³³бµт тылын билбэт ки´и саха суруйааччыларын айымньыларын аа±ан ³йд³³б³т. Ол и´ин кинигэни аахпат буолар. Оччотугар норуот муудара´ын, дохуобунай баайын, оло±ун историятын билбэт. Онон т³´³ кыалларынан т³р³³бут т³рµт тылбытынан кини сайдар сарсыҥҥытын туһугар ыраастык са²арыа±ы², кичэйэн µ³рэтэн харыстыа±ы²!
Павлова Алина, 9 кылаас
Би´иги т³р³³бµт дойдубут - Саха сирэ. Т³р³³бµт тылбыт сахалыы. Дьиэбитигэр, оскуола±а сахалыы тылынан кэпсэтэбит. Хас биирдии омук т³р³³бµт тылын таптыахтаах, харыстыахтаах. О±олору кыра эрдэхтэриттэн т³р³³бµт тылларыгар µ³рэтиэхтээхтэр. Оччо±о биирдэ Саха омуга т³р³³бµт тылын сµтэрбэт.
Би´иэхэ оскуола±а саха тылын уонна литературатын уруогун та´ынан КНРС(Я) (Культура Народов Республики Саха якутия) диэн предмети µ³рэтэллэр. Ол предмет би´иэхэ сахалыы сиэри - туому хайдах туту´арга µ³рэтэр, т³р³³бµт айыл±абытын харыстыырга, кэрэ±э, сырдыкка тарды´арга. Ону та´ынан Саха сиригэр олорор атын кыра ахсааннаах омуктар олохторун дьа´ахтарын ту´унан эмиэ µ³рэтэбит.
Маны та´ынан, о±о тылын-³´µн, уус-ураннык суруйар дьо±урун сайыннарар «Дьо±ур» эдкорпост, «Нуклеус» научнай тµмсµµ, «Тэгэлик» куру´уок µлэлиир.
Мин ба±а санам диэн, би´иги ийэ тылбыт ха´ан да сµппэтин, т³р³³бµт тылбытын харыстыа±ы² уонна ³р³ тутуо±у²!
Винокурова Таня, 6 кылаас
Т³р³³бµт т³рµт тылым
Бу тыынар салгыным курдук,
Иитиллибит ийэ тылым
Бу и´эр ута±ым курдук.
В.Власов.
Саха тыла - мин т³р³³бµт тылым. Т³рө³бµт тылын билэр ки´и атын тылы µчµгэйдик уонна судургутук ылынар.
Хас бирдии норуот бэйэтэ тыллаах - ³ст³³х, дьи² баай култууралаах, былыргы историялаах.
Мин омугум - саха. Сха омук т³рµт тыла - саха тыла. Бу тыл тюрскай тылларга киирэр. Саха тыла олус баай, дири² ис хо´оонноох.
Аан бастаан сахалыы алпаабыты т³рµттээбит ки´и буолар саха биллиилээх деятэлэ Семён Андреевич Новгородов. Кини бу би´иги алпаабаппытын т³рµттээбит буолан, би´иги сахалыы аа±абыт, суруйабыт, кэпсэтэбит.
Би´иэхэ кылааспытыгар саха тылын уруога нэдиэлэ±э иккитэ эрэ буолар. Мин санаабар бу а±ыйах. Бэйэбит т³р³³бµт тылбытын элбэхтэ µ³рэтиэхтээхпит, билиэхтээхпит.
Тыл- ки´и айбыт биир эриэккэс к³стµµтэ. Сахабыт тыла баай, кэрэ, хомо±ой, ол и´ин бар±ара тупса турар, сайдар- µµнэр кэскиллээх. Тылы имитэ- хомута тутар эрэ ки´и кини сµмэтин µчµгэйдик ³йдµµр.
Онон мин санаабар саха ки´итэ т³р³³бµт тылын µ³рэтиэхтээх, билиэхтээх, сайыннарыахтаах.
Эверстов Алёша, 7 кылаас.
Саха тыла - мин т³р³³бµт тылым, оло±ум тыла, саргылаах сахам са²ата буолар. Саха тылыгар норуоппут оло±о сурулла сылдьар. ¥³рэхтээхтэр этэллэринэн, тыл диэн дьол, эрэл, доруобуйа, сиэр-майгы эбит. Тыл дьадайыыта- норуот дьадайыыта. Тыл тиллиитэ- норуот тиллиитэ буолуо±а.
Мин сахам тылын с³бµлµµбµн уонна кининэн киэн туттабын. Мин атын омуктар курдук нууччалыы, кытайдыы, английскайдыы са²арбаппын. Саха сиригэр т³р³³бµппµн кэмсиммэппин. Ойуурга µµнэр мастар, µµнээйилэр, сир астара, кµ³ллэрэ, эбэлэрэ, кыыллара-к³т³рд³р³, сыта-сымара бу барыта мин т³р³³бµт дойдубар Сахам сиригэр эрэ баар.
Сметанина Саина, 6 кылаас
Саха тыла - бу би´иги киэн туттар тылбыт буолар. Саха тыла - биьиги национальнай тылбыт буолар.
Мин сахабын, сахалыы санарабын. Ийэлээх а±ам, чугас дьонум бары бу ийэ тылбытынан кэпсэтэбит, са²арабыт.
Мин санаабар, били²²и бириэмэ±э сахабыт тыла сµтэн, мэлийэн эрэр диэххэ с³п. Сахабыт тыла кэхтибэтин, сµппэтин ту´угар, би´иги улахан дьон буолан, ийэ-а±а дэттэхпитинэ, о±олорбутун кыра эрдэхтэриттэн сахалыы са²аран µ³рэтиэххэ наада. Республикабыт оскуолаларын аайы саха тылын уруогун киллэрэллэригэр, µ³рэтэллэригэр дьулу´уохха наада. То±о диэтэр, саха норуотун ахсаана кµнтэн кµн а±ыйыы туруон с³п. Оннук тµгэн буолбатаны ту´угар элбэхтик µ³рэтиэххэ.
Мин сахам тылын таптыыбын! Сахам тылынан киэн туттабын!
Марианна Кобякова, 9 кылаас
"Оскуола олоҕун аргыһа"
хаһыат республикатааҕы күрэҕин олус астынным!
Бу тэрээһин муус устар 4 күнүгэр Кэбээйи улууһун Мастаах нэһилиэгэр буолан ааста. Биһиги оскуолаттан икки эдкорпост, "Дьо5ур" (сал. Павлова М.Е) уонна "Нуклеус" (сал. Заровняева В.Н.), бу республикатаа5ы күрэххэ кытынныбыт.
Биэс аҥаар чаас устата айаннаан, Мастаах ыалдьытымсах сиригэр-уотугар тиийдибит. Билэр ыалбытыгар хонон-өрөөн баран, аныгыс күн сарсыардатыттан үлэбит-хамнаспыт саҕаланна. Мастаах сабыс-саҥа таас оскуолата бөһүөлэк килбэйэр киинин киэргэтэр эбит. Сып-сырдык, ып-ыраас, киэҥ кылаастар, сабыс-саҥа үөрэх тэриллэрэ. Оҕолор оскуолаларын харыстыыллара тута харахха быраҕыллар.
Саха Репсубликатын бастакы идэлээх суруналыыс дьахтара, "Кыым" хаһыаты тилиннэрбит, Мастаах олохтооҕо Егорова Федора Петровна 80 сааһыгар анаммыт научнай-практичексай конференция аһыллыыта олус үөрүүлээхтик ааста.
Бу конференция иһинэн "Оскуола олоҕун аргыһа" диэн оскуола иһинэн тахсар хаһыат күрэҕэ саҕаланна. Дьокуускай куораттан биһиги күөх экраҥҥа көрөр, хаһыакка эрэ ааҕар суруналыыстарбыт дьүүллүүр сүбэҕэ баалларыттан астына да, салла да санаабытым. Ол курдук, "Кыым" хаһыаттан Альберт Капрынов, Петр Петров, "Бэлэм буолтан" Мария Данилова о.д.а. бааллара. Оскуола хаһыаттарын көмүскүү Кэбээйи, Куокуй, Мастаах, Мукучу, Баҕадьа оскуолаларыттан уопсайа 11 хамаанда кэлбиттэрэ. Күрэхтэһии олус кэрэхсэбиллээхтик ааста. Кыттыбыт оскуолалар бары анал номинацияларынан бэлиэтэннилэр.
Хаһыат үлэһиттэрэ мустубут эдэр корреспонденнары, конференция кыттыылаахтарын, учууталлары уонна көннөнрү ааҕааччылар элбэххэ үөрэттилэр, хаһыат тула санаа атастастылар.
Мин ордук сэргээбитим диэн Мастаах олохтоохторо, оҕолоро Федора Петровна Егорованы билиҥҥэ диэри ахталларын, убаастыылларын. Кини "Кыым" хаһыаты ыарахан кэмнэргэ быыһаабыт үтүөтүн хаһан да умнубаттар эбит. Киниэхэ анаан кинигэ презентацията буолбутун манна эмиэ бэлиэтиэххэ наада.
Эбиэт кэннэ Федора Петровна олоҕун уонна айар үлэтин сырдатар научнай-практичексай конференцич 3 сүһүөҕүнэн бэрт дириҥ ис хоһоонноохтук буолла. Саамай элбэх чинчийээччи, биллэн турар, Мастаах орто оскуолатыттан кытынна.
Маны таһынан бары суруналыыстары кытта атах тэпсэн олорон, суруналыыс идэтигэр үөрэннибит. Суруналыыс идэтэ олус ыарахан, ол эрэн интэриэһинэй эбит.
Кэмпириэнсийэ түмүктүүр чааһыгар Мастаах талааннаах ыччатын, олохтоохторун эҕэрдэ кэнсиэрдэрин көрөн дуоһуйа сынньанныбыт.
Саамай сүрүн сонуммун түмүккэ анаан-минээн хаалларбыппын кэпсиибин. Биһиги оскуолабыт "Дьоҕур" эдэр корреспонденнарын түмсүүтэ бу күрэххэ "ОСКУОЛА БАСТЫҤ ХАҺЫАТА" диэн үрдүк ааты ыламмыт үөрүүбүт муҥура суох!
Күн бүтүүтэ кыайыы-хотуу көтөллөнөн, Кэбээйибитигэр айаннаабыппыт.
Вася Стручков, 5 кыл
"Дьо5ур" эдкорпост. Кэбээйи.
Биһиги 5 "а" кылааспыт олус интэриэһинэй олохтоох коллектив буолабыт. Араас тэрээһинэргэ кыттан мэлдьи миэстэлэһэбит, оскуолаҕа, нэһиэлиэккэ буолар тэрээһиннэргэ бары көхтөөхтүк кыттабыт.
Биһиги кылааспыт чаастара олус кэрэхсэбиллээхтик ааһаллар. Кылааспыт салайааччыта Мария Егоровна Павлова кылаас чааһын, мунньахтары бэйэ-бэйэлэригэр майгыннаспат баай ис хоһоонноох, араас темалаах гына бэлэмнээн ыытарын бары олус сөбүлүүбүт.
Кылаас чааһыгар араас слайдалары көрөбүт, кэрэ-бэлиэ дааталары бэлиэтиибит, кэрэхсэбиллээх дьону кытта көрсөбүт, элбэҕи билэбит-көрөбүт. Биһиги кылаас Кэбээйитээҕи кыраайы үөрэтэр музейы, Г.Г. Кобяков аатынан библиотеканы кытта мэлдьи утумнаахтык үлэлиибит, араас өйдөбүнньүк сирдэргэ экскурсиялыыбыт.
Бу үгэспитин тутуһан соторутааҕыта Г.Кобяков аатынан библиотекаҕа олус интэриһинэй кылаас чааһын ыыттыбыт. Улуустааҕы "Дабаан" хаһыаппыт 70 сылыгар түбэһиннэрэн, библиотека үлэһиттэрэ хаһыат сайдын кэлбит историятын, Кэбээйиттэн көхтөөх корреспонденнар тустарынан умсугутуулаахтык кэпсээтилэр.
Чуолаан, Григорий Григорьевич Кобяков олоҕун, айар үлэтин тула истиҥник кпсэтии таҕыста. Григорий Кобяков биһиги Кэбээйибит чаҕылхай талааннаах поэта, дойдубут айылҕатын, үлэһит дьонун нарын-намчы тылынан хомоҕойдук хоһуйбут хоһоонньута буолар. Мин кини хоһооннорун кыра эрдэхпиттэн ааҕааччыбын. Кини дьиэ кэргэнэ тэрийбин хоһоон күрэҕэр кыттыбытым, эдьиийим Моника кыайыылаахтартан биирдэсэтэрэ буолан, анала бирииһинэн наҕараадаламмыта.
Бу кылааспыт чааһыгар бибилиотека үлэһиттэрэ чулуу поэт олоҕун, айымньытын туһунан кэпсэтилэр. Кэрэхсэбиллээх ыалдьыппыт - Г.Кобяков быраата Иосиф Григорьевич Кобяков. Кини убайын олоҕун, айар үлэтин туһунан дириҥ ис хоһоонноох иһитиннэрии оҥордо. Биһиги билбппитин биллибит, элбэххэ үөрэннибит. Холобур, Г.Кобяков талааннаах физик, математик, дэгиттэр талааннаах киһи, биллиилээх поэт эрэ буолбакка, кини өссө спортсмен, сүүрүк, ыстаҥаһыт, тустуук, гимнаст, хайыһардьыт эбит. Иосиф Кобяков бэйэтэ эмиэ олус өйдөөх, үөрэх-билии өттүгэр улахан дьоҕурдаах, физик, математик, айылҕаттан олус талааннаах поэт быһыытынан биһиги улууспутугар биллэр киһи. Оскуолаҕа үөрэммит сылларыгар түөрт бырааттыы Кобяковтар оскуола бастыҥ үөрэнээччилэрэ этэ диэн дьонум билиҥҥээҥҥэ диэри кэпсээннэрин истэбин. Тэрээһиҥҥэ кылаас оҕото барыта хоһоон аахта.
Түмүгэр ыалдьыппытыгар, библиотека үлэһиттэригэр дьоһун тэрээһиҥҥэ кыттыыны ылбыттарыгар ис сүрэхпиттэн махтанабыт.
Вася Стручков, 6 кылаас
"Дьоҕур" эдкорпост. Кэбээйи
Тимофеев Стефан
Үрүйэ
Утаппыт көтөр-сүүрэр
Уйгулаах уугуттан
Уулаан-ыймахтаан
Уоскуйан ааһаллар.
Максимов Гриша
Кыһыҥҥы күн
таптыыбын Сахам сирин
Кыһыҥҥы тыйыс күнүн,
Чараҥ кырыа симэҕин,
Дуйдуур көмүс күлүмүн.
Протопопов Игнат
Маҥнайгы хаар
Ып-ыраас,
Сып-сырдык
Көбүөрүнньүк хаар
Күн уотугар
Күлүмүрдээн көһүннэ.
Находкин Женя
Кыһыҥҥы күн
Манна баар бары маҥан
Маҥан кырса, кырынаас,
Маҥаҥҥа маҥанынан
Маҥан хабдьы суруйар.
Степанова Айта
Кыһыҥҥы күн
таптыыбын Сахам сирин
Кыһыҥҥы тыйыс күнүн,
Чараҥ кырыа симэҕин,
Дуйдуур көмүс күлүмүн.
Из благодатной воды ручья
Утоляя жажду свою,
от долгой дороги унося
Отдыхают перелетные птицы
Люблю я суровые морозы
Необьятной моей земли,
Инея белой рощи зимы,
Рощи озолоченный блеск .
Светлые и чистые снежинки
От солнца засверкали,
Коврое снежное одеало
Словно серебро заблестели
Здесь вокруг белым бело
Белый песец и горностай,
Белым мелом на снегу
Пишет белая куропатка.
Люблю свою родную землю
Ее суровые зимние дни,
Покрытые снегом леса
Ее пленящие золотые тени.
"СОЛНЫШКО" cайыҥҥы үөрэх лааҕыра
Е.Е. Эверстов аатынан Кэбээйи орто оскуолата сүрүн үөрэҕи таһынан сайыҥҥы сынньал кэмигэр араас хайысханан лааҕырдары тэрийэн үлэлэтэр. Ол курдук, үөрэх лааҕырдарыттан биирдэстэринэн "Солнышко" лаа5ыр быйыл эмиэ 7-8 кылаас үөрэнээччилэрин муста. Бу лааҕыр уратыта диэн үс омук тылын, английскай, нуучча уонна төрөөбүт тылын, дириҥэтэн үөрэтии буолар. Лааҕыр сүрүн сыалынан ОГЭ курдук тургутук экзамен сорудахтарынан билиини дириҥэтии, төрөөбүт тылынан уус-ураннык саҥара үөрэнии, айар дьоҕуру сайыннарыы буолар. Салайааччыларынан омук тылын учуутала Колесова В.А., нуучча тылын учуутала Обутова М.В., саха тылын учуутала Павлова М.Е. үлэлээтилэр.
Мантан аллараа лааҕыр кэмигэр үөрэнээччилэр айар үлэлэриттэн сороҕун ыытабыт.
Арай мин баһылык эбитим буоллар...
Арай мин баһылык эбитим буоллар, төрөөбүт нэһилиэгим тас көстүүтүн тупсарараары, саҥа тпусаҕай көстүүлээх дьиэлэри туттарыам этэ. Тоҕо диэтэргит, ханнык баҕар кэлии киһи аан бастаан хараҕа дьиэҕэ-уокка быраҕыллар, онтон нэһилиэк хайдах дьаһанан олороро сыаналанар.
Ону тэҥэ, кэлэр-барар суолбутун көннөттөрүөм, алдьанан эрэр хаарбах дьиэлэри оҥотторуом этэ.
Хас улуус аайы оҕо оонньуур площадкалара оҥоһуллаллар. Биһиэхэ эмиэ кыра оҕолорго са²а оонньуур площадка аһыахпын баҕарабын. Оччоҕо оҕолор таах уулуссаҕа сылдьыбакка, манна үөрэ-көтө бириэмэлэрин атаарыахтара этэ.
Арай мин баһылык буолар күннээх буоллахпына, нэһилиэкпэр саҥа гостиница, үчүгэй сиибээс, wi-fi киллэттэриэм. Оччоҕо сайдыы барыа.
Кырдьаҕастарга сынньаналларыгар дьиэ туттарыхпын баҕарабын. Бииргэ түмсэн сэһэргэһэр, хаһыат, сурунаал ааҕар, уопсайынан көрсүһэр сир баарар буоллар.
Ити курдук мин нэһилиэгим үүнүөн-сайдыан баҕарабын.
Петя Сметанин, 7 кыл
Дьиҥнээх саха кыыһа хайдах буолуохтааҕый?
Үөрэхтээхтэр бэлиэтииллэринэн, урут уол оҕо кыыска сыһыана атын хайысханан барара. Кыыс оҕо-айылҕа маанылаах далбара. Кини нарын намчы, көрсүө сэмэй, ураты уйан, ыраас, аһыныгас сүрэхтээх. Кыыска сыһыан сырдык уонна ыраас өйдөбүллээҕэ. Бу бастакы тирэҕинэн ыал иллээх – эйэлээх олоҕо, оҕону таптааһын, ийэҕэ, аҕаҕа ытыктабыллаах сыьыан буолаллара. Чугас дьоно, аймахтара кыыс оҕоҕо ураты эйгэни тэрийэллэрэ: ыараханы көтөхтөрбөттөрө, сүктэрбэттэрэ, кыыс танаьа- саба ыраас буолуохтааҕа. Кыыс бэйэтэ балыстарын, инилэрин харайсара, оҕолуура, дьиэ бары үлэлэрин сатыыра.
Бу утуму тутуһан кыыстан маннык быраабыланы ирдииллэр:
- кыыс чэбэрдик туттуохтаах;
- таҥаһын харыстыахтаах;
-чэпчэкитик үктэниэхтээх; тыастаахтык хаамыа суохтаах;
- баттаҕын ыьыа суохтаах;
- дьон ортотугар улаханнык саҥара, хаһытыы сылдьыа суохтаах;
- хоһо мэлдьи хомуллаҕас буолуохтаах;
- улахан дьону кытта этиһиэ суохтаах;
- көнөтук тутта сылдьыахтаах;
- ыраастык аһыахтаах;
- дьиэҕэ хаһаайка эбээһинэһин толоруохтаах.
Болҕомто кыыс ис туругар, мааны майгытыгар туһаайыллыахтаах.
Ийэ уонна кыыс биир тыыннаахтар, уран айылҕалаахтар.
Мин ийэбинээн мэлдьи биир санаалаахпыт, бэйэбит эрэ аһаҕастык кэпсэтэр кистэлэҥнээхпит. Ийэм дьиэ иһинээҕи улэҕэ-хамнаска сыһыаран, тугу да мээнэ көрөн олорбот гына иитэр. Бу ситим хаһан да быстыбатар.
Биһиги ыалга үс кыыс улаатан эрэбит. Ийэбит-аҕабыт аһыныгас, амарах сүрэхтээх, аламаҕай, ыалдьытымсах буоларга мэлдьи үөрэтэллэр – такайаллар. Кыыс – киргэ – хахха биһиллибэт, куһаҕанна сыстыбат, мөкүнүсанаан да көрбөт диэн уһуйаллар. Кыыс оҕо киэҥ көҕустээх, тулуурдаах, дьулуурдаах, туттунумтуо буоллаҕына олоххо бигэ эрэллээх, кытаанах санаалаах, бигэ – таҕа буола улаатарын субэлииллэр.
Эт-хаан өттүнэн сайдарга Кэрэ эйгэ оскуола үҥкүү кылааһыгар кыргыттар үһүөн үөрэнэбит. Хас куһун аайы бары быраастарга көрдөрөн түмүгүн билсэн, кэмигэр эмтэтэллэрэ суолталанар.
Араас куруһуоктарга уһуйуллан бары иистэнэбит, баайабыт, быысабайдыыбыт, оҕуруо тиһэбит, уруһуйдуубут.
Аҕабыт уолаттарын кытары ийэбэр, кыргыттарга харыстабыллаахтык сыһыаннаһаллар. Аҕам айылҕаҕа элбэхтик илдьэ сылдьар. "Биһиги, сахалар, бары айылҕалыын ситимнээхпит" - диэн аҕам тоһоҕолоон этэр. Аҕам элбэхтик ааҕар буолан, наһаа интэриэһинэй үһүйээннэри, номохтору кэпсиир.
Кыыс оҕону иитиигэ дьиэ – кэргэн бары биир санаанан салайтаран, оҕону таптаан, болҕомто уран иитэр арылхайдык көстөр диэн санааҕа кэллим.
Айыына Харлампьева, 8 кыл
Сотовай телефон туһата уонна буортута
Кэлинни кэмнэ сотовай телефон олус сайынна, тэнийдэ. Билигин хас биирдии киhи бэйэтигэр телефоннаах. Арааhа да элбэҕэ киһини сөхтөрөр. Аан дойду хас биирдии куоратыгар, беhуелэгэр уонна сэлиэнньэтигэр сотовай сибээс уонна Интернет киирэн турар. Ханна да буол, кырдьаҕастыын, эдэрдиин бары телефоннаахтар.
Сотовай телефон туhалаа5а уонна буортулаа5а биллэр.
Туhата:
· ыксал тугэннэргэ дьонно эрийэ5ин;
· билэр дьоннун кытта кэпсэтэ5ин, билсэ5ин;
· Аан дойдуга туох буола турарын Интернетинэн киирэн кере5ун, аа5а5ын;
· хаартыска5а туhэ5ин;
· санаан тустэ5инэ оонньуугун;
· Интернеккэ тугу ба5арбыккын керуеххун-билиэххин, аа5ыаххын сеп.
Аныгы уйэ5э сотовай телефонна олус элбэх программалар бааллар, ол курдук Opera, WhatsApp Messenger, Play Маркет, ВКонтакте, You Tube, E-mail – бу барыта Интернет эрэ кеметунэн туттуллар программалар. Бу программалар кемелерунэн дьоннор суруйсаллар, билсэллэр, уорэхтэригэр, улэлэригэр куус-комо оностоллор. Биллэн туран, бу аныгы сайдыы улэ тэтимин тургэтэтэргэ комото улахан.
Киhи сотовай телефонна олус элбэх бириэмэни туhата, наадата суохтук атаарар.
Буортута:
· кэпсэтэргэ; Интернеттииргэ олус элбэх харчы баранар;
· бириэмэни туhата суохтук атаарыы;
· киhи кулгаа5ын улитката ыалдьар;
· сорох телефон оноhуута кэбирэх буолуон сеп, онтон сылтаан киhи харчытын абарар, о.д.а.
Онон мин маннык тумуккэ кэллим. Сотовай телефон хас биирдии киhиэхэ наадалаах, ыксал кэмнэ кимиэхэ эмит эрийэн билсэ5ин. Телефон буортуулаах буолуон сеп, киhи хара5а сылайар, кулгаа5а ыалдьар, интернеттэн куьаҕан информацияны билэҕин.
Онон ер туттубакка, тургэнник наадалаа5ы эрэ кэпсэтиэххэ наада. Оҕолоор, доруобуйа5ытын харыстаан!
Эверстов Алёша, 7 кыл
Самаан сайын кэрэтэ
Саамай куутуулээх дьыл кэмэ сайын буолар. Улаханныын—кыралыын бары уорууннэн корсобут . Биьиги самаан сайын кэлбитин кэ5э этэринэн, от-мас ко5ороруттэн билэбит.
Сайын дьонно барыларыгар уорууну-котууну, тапталы эрэ а5алар, бэлэхтиир.
Сайын устудьуон аймах ,Дьокуускай куоракка улэлиир, аймахтарыгар, дэриэбинэлэригэр сынньана кэлэллэр. Сорохтор араас омук сирдэрин кэрийэллэр.
Оттон биьиги дьиэ кэргэн сайын аайы балыктыыбыт, куогулуубут, урэххэ-куолгэ сотуолуубут.
Сыһыыга-хонууларга араас сиэдэрэй сибэкки уунэн, киьи хараҕын уордэр. О5олор тороппуттэрин,аймахтарын кытта айыл5а5а киирэн сынньаналлар. Суоьулээх дьон сайынын наар оттуу киирэллэр, куьунну астарын булуналлар.
Сайын—айыл5а саамай дьикти дьыла буолар. Биьиги ойуурбутугар дьэдьэн,сугун, хаптаҕас, сир аьын онтон да арааьа уунэр.
Кыргыттар ийэлэрбитин кытары сир асстыы,тэллэйдии тахсабыт. Ол эмиэ биир туспа умсугутуулаах дьарык. Мин бу сана самаан сайын ууммутунэн олус уордум. Уонна олус туьалаахтык атаарыам дии саныыбын.
Бары самаан сайыннытын умнуллубаттык уонна туьалаахтык атаараргытыгар ба5арабын:))))
Марита Кобякова, 7 кыл
Биэс саастаах эрдэхпинэ дьонум миэхэ кырачаан ыт оҕотун бэлэхтээбиттэрэ. Аан бастаан бэйэм да кыра буоламмын, куттанар этим, онтон үөрэнэн барбытым. Онтон улум бэйэ-бэйэбитигэр үөрэнэн, ыкса доҕордуу буолбуппут. Наар бииргэ сылдьар буолбуппут, ытым мин таспыттан отой эйбэт этэ. Оннооҕор табаарыстарбар кытта тыыттарбат этэ, тута ырдьыгынаан көмүскэһэһ турааччы. Ыппыт олус сөбүлүүр этим.
Биирдэ дьиэм таһыгар биир итирик киһи миигин саҕабыттан тутан баран турда. Мин уолуйан баран турдум, ыппын ыҥыран хаһыытаатым. Ытым барахсан саҥабын истээт, сүүрэн кэлэн, ол киһи атаҕар түһэн, миигин быыһаан турардаах.
Өссө доҕорум миигин детсаппар диэри атаарааччы уонна киэһэ кэлэрбэр эмиэ көрсөн бииргэ дьиэлээччибит.
Ити ытым аата—Доҕор диэн. Доҕор—мин дьиҥнээх доҕорум!
Сергей Семенов, 7 кыл
По теме: методические разработки, презентации и конспекты
Информация о количестве учащихся, готовящих творческие работы по русскому языку, литературе, МХК
Информация о количестве учащихся, готовящих творческие работы по русскому языку, литературе, МХК с 2008-2009 учебного года по 1 полугодие 2011-2012 учебного года наблюдается стабиль...
Творческая работа воспитанника, сказка "Побеждающая любовь"
Тема здорового образа жизни и профилактики употребления ПАВ считается, наверное, самой острой и актуальной на сегодняшний момент. Среди воспитанников детского дома, детей вышедших из неблагополучной с...
Сведения к аттестации 3 "Результат участия обучающихся и воспитанников в подготовке творческих работ (проектов, исследований и т. д.) по направлению деятельности."
Результат участия обучающихся и воспитанников в подготовке творческих работ (проектов, исследований и т. д.) по направлению деятельности....
Урок-подготовка к творческой работе по русскому языку. Подробное изложение по тексту В. Ганичева "Адмирал Ушаков"
Подготовка к творческой работе, написанию подробного изложения с последующим написанием сочинения на одну из проблем текста В.Ганичева. в разработке используются элементы инновацион...
Урок якутского языка "Сахалыы уут астара. Якутская молочная пища"
Цель: Создать условия для восприятия и ознакомления с особенностями якутской пищи на якутском языке....
«Классификация ошибок при проверке и оценке контрольных и творческих работ по русскому языку и литературе»
Выступление на ШМО учителей-языковедов по теме «Классификация ошибок при проверке и оценке контрольных и творческих работ по русскому языку и литературе»...
Творческая работа «Творческий уголок рукодельницы» к конкурсу для воспитателей и воспитанников интернатов общеобразовательных организаций «Я здесь живу» в номинации «Мое личное пространство», 2024г.
Моя комната – это уютное место, где я могу быть самой собой и наслаждаться жизнью. Когда я входила в нее в первый раз, то почувствовала, что это именно то место, где я хочу проводить большую час...