Доклад " Оҕо саҥарар дьоҕурун сайыннарыыга чабырҕах суолтата"
опыты и эксперименты
Доклад о развитии речи посредством якутского анродного фольклора (чабыр5ах). В докладе представлен опыт работы учителя. Также подробно описывается содержание программы.Данный опыт работы поможет учителям учителям при проведении внеурочной деятельности по направлениям духовно-нравственное и художественно-эстетическое.
Скачать:
Вложение | Размер |
---|---|
Доклад по внеурочной деятельности в начальной школе | 67.67 КБ |
Предварительный просмотр:
МБОУ «Тумульская СОШимени В.М.Прокопьева»
МР « Усть-Алданский улус (район)» Республики Саха (Якутия)
Оҕо саҥарар дьоҕурун сайыннарыыга чабырҕах суолтата
Составила:
Учитель начальных классов
МБОУ «Тумульская СОШ»
Петрова Варвара Пакловьевна
2020 г.
Иһинээҕитэ
I Киириитэ...............................................................................................................2-4
II Сүрүн чааҺа..........................................................................................................4-14
2.1. «Фольклор» куруһуогун программата.......................................................4-10
2.2. Үөрэтии ньымалара.....................................................................................10-14
III Түмүк....................................................................................................................15
IV Сыһыарыы............................................................................................................16-24
V Туһаныллыбыт литература...................................................................................25
Тема: оҕо саҥарар дьоҕурун сайыннарыыга чабырҕах суолтата.
Проблема: Төрөөбүт тыла атарахсыйбыт, иитиллэр эйгэтэ кэһиллибит кэмҥэ үөскээбит көлүөнэттэн төрөөн, информационнай технология тэнийиитэ өссө эбилик буолан, билиҥҥи кэм оҕото ийэ тылынан саҥарар, иитиллэр эйгэтэ кыараата.
Сыала: Норуот тылынан уус-уран айымньытынан оҕону кыра сааҺыттан, өй-санаа, сиэр-майгы өртүнэн иитии-үөрэтии.
Соруктара:
- фольклор араас көрүҥнэрин билсиҺии, толоруу;
- айар, толорор дьоҕуру, маастарыстыбаны сайыннарыы;
- сценическай культураҕа үөрэтии;
- коллективка үлэлиир сатабылы иҥэрии;
Чинчийии объега: Оҕо тылын сайдыыта.
СабаҕалааҺына : Чабырҕаҕы кыра кылаастан үөрэтэн, оҕо этэр тыла чочуллар, толорор дьоҕура сайдар, сыанаҕа, дьон ортотугар сылдьа үөрэнэр.
Ньымалар: Теоритическэй, практическай ( тыыныыга, саҥарарга, ыллыырга, хамсанарга, мимикаҕа үөрэтии) ньымалара туһанылыннылар.
Күүтүллэр түмүктэр:
- Оҕо фольклор араас көрүҥүн билэр, сатаан толорор.
- Сыанаҕа сөптөөхтүк туттар-хаптар.
- Айар дьоҕура сайдар.
- Куолаан үлэлиири сатыыр.
- Бэйэни салайынар
I. Киириитэ
Ханнык баҕарар омук ыччатын, дьонун иитэр уонна үөрэтэр биир сүрүн күүҺүнэн кини тыла буолар. Оҕо хайа төрүөҕүттэн ийэ тылын имэҥин эмсэх оҥостор, баай-дуол хомоҕой, уус-уран тылы истэ уонна саҥара үөрэнэр. Оҕо тугу саныырын үгүстүк этэн, саҥаран өйө тобуллар, тыла-өҺө өҕүллэр. Кыра саастарыттан тулалыыр ыырынан эргийэн, тылларын-өстөрүн сайыннаран, көҕүлээн, сахалыы ситимнээхтик саҥарарга үөрэтэн, төрөөбүт тылы дьиҥнээхтик эттэригэр-хааннарыгар иҥэринэллэрин курдук, саха фольклорун хомоҕой, эгэлгэ араас умсулҕаннаах тылларын билэллэрин ситиҺиллиэхтээх. Саха фольклора тыла-өҺө кэрэтинэн, ис хоҺооно киэҥинэн, этэр санаата дириҥинэн өрүү сөхтөрөр. Фольклор айымньытын бу сүҥкэн күүҺэ кинилэр сүүҺүнэн сыллар анараа өттүлэригэр айыллан баран, урукку дьыллар улаҕаларын уҥуордаан биҺиэхэ өлбөккө-сүппэккэ тиийэн кэлбитигэр сытар.
Саха чабырҕаҕа-саха норуотун бэрт өрдөөҥү тылынан уус-уран айымньыта. Чабырҕах сатирическай ис хоьоонноох, сытыы - кылыс тыллаах айымньы, хоһоон курдук буолан баран, кылгас, кистэлэҥ ис хоһоонноох буолар. Чабырҕах уратыта тылы имитии, тыл оонньуута, үөскээбит төрдө кистэлэҥ санааны кубулутан этиигэ сытар. Чабырҕаҕы түргэнник, лабыгыраччы этиллэр, эбэтэр ырыа аҥаардаах эмиэ толороллор. Олох хаалынньаҥнарын, сиэр - майгы мөлтөх өттүн сэмэлииргэ, дьон - сэргэ күлүүтүгэр таһаарарга чабырҕах билигин күлүү - оонньуу, юмор, сатира быһыытынан киэҥник туттуллар буолан эрэр. Чабырҕах олоххо баар быһыыны-майгыны, итэҕэһи – быһаҕаһы, куһаҕан көлдьүн майгыны - сигилини, олох, үлэ күлүк өттүн уус-уран бэргэн тылынан хоһуйар. Хас биирдии чабырҕах бэйэтэ туспа кэпсиир, хоһуйар ис хоһоонноох, тиэмэлээх. Тас киэбинэн, эппиппит курдук, хоһооҥҥо маарынныыр, дохсун сүүрүктээх үрэх курдук, субуруччу түргэнник, лабыгыраччы этэн толоруллар, быыһыгар ырыалаах, киһини үөрдэр - көтүтэр, абардар - саатырдар, өрө көтөҕөр өрүттэрдээх.
Чабырҕах жанровай араастаах буолар. Ахсаан чабырҕаҕа, көр – күлүү чабырҕаҕа, социальнай ис хоһоонноох чабырҕах. Оҕолорго аналлаах чабырҕахтар кинилэр тылларын - өстөрүн имитэр, сайыннарар, билэр - көрөр баҕаларын көбүтэр, бэргэн этэр санааҕа, субу хараххар көстөр гына ойуулааһыҥҥа үөрэтэр. Оҕоҕо чабырҕах көрүдьүөһэ сытыы тыллара улахан интэриэһи тардар.
Чабырҕах наукаҕа ситэ үөрэтиллэ илик хайысха. Чинчийэр үлэҕэ Ноговицын Василий Андреевич, филологический наука кандидата, элбэх үлэни оҥорон хаалларбыта.
Илларионов Василий Васильевич филологическай наука доктора, профессор чабырҕах сайдарын туһугар бэрт элбэх көмө пособиелары бэчээттэтэн таһаарда. Олортон биир саамай бастыҥнара 1992с. тахсыбыт «Чаабы – чыыбы чабырҕахтар» диэн пособие. 1994с. Мэнэ-Хаҥалас улууһун Балыктаах бөһүөлэгин сынньалаҥ Киинин методиһа, «Мүчүк» фольклорнай коллективын салайааччыта Скрябина Анисия Даниловна «Чабырҕаҕы үөрэтии ньымалара» диэн пособие буолар. Автор чуолаан чабырҕаҕы үөрэтиигэ сүбэлэргэ, дьарыктарга тохтуур. Мария Матахова (Үөһээ – Бүлүү улууһа) «Алаа харах, аҥар кулгаах», Прокопий Андросов (Таатта улууһа) «Итиннэ элэкис, манна мэлэкис» кинигэлэрэ истиҥ сэҥээриини ылбыттара. Кэлин Мария Герасимова – Сэҥээрэ «Саппай уопсан» аныгылыы чабырҕахтар, 2002с. В.А.Ноговицин «Оҕо чабырҕаҕа» диэн пособиелара дьон дьүүлүгэр тахсыбыттара.
Чабырҕаҕы В.А.Ноговицин сүрүн түөрт көрүҥҥэ араарар. Ол курдук: бастакыта оҕо чабырҕаҕа; иккиһинэн, көрдөөх-күлүүлээх таайтаран этэр кистэлэҥ ис хоһоонноох чабырҕахтар; үсүһүнэн, хаадьы-элэк олоххо баар түктэри көстүүнү саралыыр ис хоһоонноох, билигин уус-уран самодеятельноска олус киэҥник туттуллар чабырҕахтар; төрдүһүнэн, «Билбит-көрбүт». Онтон оҕо чабырҕаҕын кини үс көрүҥҥэ араарар: маҥнайгыта, оҕо тылын имитэр, өйүн эрчийэр; иккиһэ, оҕо тылын имитэр, ойуулаан-дьүһүннээн көрөр дьоҕурун сайыннарар; үсүһүнэн, иитэр-үөрэтэр суолталаах чабырҕахтар. Маны таһынан суруйааччылар П.Тобуруокап, К.Туйаарыскай, А.Е.Кулаковскай хоһоонноро чабырҕах курдук ааҕыллыахтарын сөп.
II. Сүрүн чааһа
2.1. Фольклор куруһуогун программата.
Мин кыра кылаастарга ахсыс сылын «Фольклор» куруһуогун анал программанан үлэлэтэбин. Программа үс түһүмэхтэн турар: бэлэмнэнии, сүрүн, түмүктүүр.
Бастакыта - бэлэмнэнии этаба. Манна үлэни сылларынан былааннааһын буолар. Баар матырыйааллары билсиһии, төрөппүттэр баҕаларын учуоттааһын, норуот педагогикатын дьиэ кэргэҥҥэ туһаныы, оҕо дьоҕурун анкета, сэһэргэһии нөҥүө үөрэтии ыытыллар. Оҕолор чабырҕахха, хомуска үөрэнэллэр, норуот ырыаларын толорууга дьарыктаналлар.
Иккис - сүрүн этап. Манна оҕону сыанаҕа таһаарыы үлэтэ ыытыллар. Ол курдук олохтоох культура киинин кытта ситимнээх үлэ тэриллэр. Оҕолор араас таһымнаах конкурстарга кытталлар. Ону таһынан саха суруйааччыларын айымньыларын хоһоонноохтук ааҕарга, инсценировкалаан толорорго үөрэнэллэр. Норуот ырыаларын толороллор. Чабырҕаҕы бөлөҕүнэн ааҕарга үөрэнэллэр. Биирдиилээн дьоҕурдаах оҕолор дьон дьүүлүгэр тахсаллар. Саха музыкальнай инструменыгар- хомуска сыһыарыы үлэтэ ыытыллар.
Үһүс - түмүктүүр этап. Үлэ уопутун тарҕатыы ыытыллар. Араас таһымнаах конкурстарга, концертарга, мероприятиеларга кытталлар.
Программа бастакы сылын ис хоһооно
- Дьарыкпыт сыалын, соругун билиһиннэрии. Оҕолортон туох ирдэнэрин быһаарыы. Саха фольклорун көрдөрөр видеоматырыйааллары көрдөрүү.
- Саха фольклорун көрүҥнэрин билиһиннэрии.
- Чабырҕах-норуот көрдөөх-нардаах, уот тыллаах айымньыта. Чабырҕах сытыы ох тыла, тылы эрчийэр, саҥарар дьоҕуру сайыннарар суолтата. Чабырҕаҕы толоруу ньымалара. Чабырҕах ааҕарга тыыны сөпкө ылыыга эрчиллиилэр. Оҕо тылын имитэр,өйүн эрчийэр чабырҕахтар. Араас чабырҕахтары истии.
- Автордар чабырҕахтарын кытта билсиһии М.Наумовскай «Тоҥ харыйа», «Анды сымыыта», Т.Степанов «Туруйа сымыыта», Е.Мартынов «Ахсаан чабырҕаҕа», А.Саввин «Үөн чабырҕаҕа», «Ат чабырҕаҕа», «Кыыс чабырҕаҕа». Г.Ребров «Хоһуйуу чабырҕаҕа»
- Норуот музыката. Саха норуотун музыкальнай инструменнара. Табык, күпсүүр, дүҥүр. Хомус - варганнай музыка көрүҥэ. Хомус – саха таптыыр музыкальнай инструмена. Хомус тыаһын дуоһуйа истии. Хомуска тардыы араастарын кытта билсиһии. Хомуска тардарга холонуу.
- Саха суруйааччылара, поэттара, прозаиктара. Саха суруйааччыларын хоһооннорун ааҕыыны истии. Хоһооннору дорҕоонноохтук ааҕыы.
Оҕо бастакы сыл түмүгүнэн тугу билиэхтээҕэ:
- Саха фольклорун көрүҥнэрин.
- Оҕо бэйэтэ туохха дьоҕурдааҕын.
- Чабырҕах араастарын уонна толорор ньымаларын.
- Саха суруйааччыларын хоһооннорун.
- Хомуска оонньуур ньымалары.
Тугу сатыахтааҕа:
- Чабырҕаҕы биирдиилээн, бөлөҕунэн толоруу.
- Хомуһу судургу ньымаларынан тардыы.
- Хоһоону ис хоҺоонуттан көрөн, дор5оонноохтук аа5ыы.
Программа иккис сылын ис хоһооно
1. Чабырҕах уус-уран уратыларын ырытыы. Чабырҕаҕы ааҕыы кистэлэҥэ. Чабырҕахтар араастара: ахсаан чабырҕах, оҕо чабырҕаҕа, көр-күлүү чабырҕаҕа, сатирическай чабырҕах, билбит – көрбүт чабырҕах.
2. Чабырҕахтары үөрэтии. «Кыыс чабырҕаҕа». «Билбит-көрбүт» чабырҕах.
3.Чабырҕахтары бөлөҕүнэн ырыа доҕуһуоллаах толоруу: «Муоданы эккирэтии»,«Аныгы олох эриэннэрэ», «Оҕолор чабырҕахтара»
4. Саха поэттарын хоһооннорун үөрэтии. Үгэни кытта билсиһии. Артыыстаан ааҕарга үөрэтии. Күн Дьирибинэ, И.А.Крылов үгэлэрэ.
4. Хомуска тардыы араас ньымаларын кытта билсиһии. Ол ньымаларынан оонньуурга үөрэнии.
5. Хомус ансамбллара. Толорууларын истии, видеоҕа керуу. Биллиилээх хомусчуттар: Иван Алексеев (Хомус Уйбаан), Пётр Оготоев. Хомус уустара.
6. Хомус музейыгар сырытыннарыы.
7. Конкурстарга, концертарга, фестивалларга, семинардарга кыттыы. Радиоҕа, телевидениеҕа уьуллуу.
О5о иккис сыл түмүгүнэн тугу билиэхтээҕэ:
Чабырҕах араастарын, толорор ньымаларын.
Хомуска толорор ньымалары .
Саха суруйааччыларын хоҺооннорун, угэлэрин.
Хомусчуттар, хомус уустарын.
Тугу сатыахтааҕа:
Хомуска араас ньымаларынан биирдиилээн, бөлөҕунэн оонньооһун.
Чабырҕахтары биирдиилээн, бөлөҕунэн ырыа доҕуьуоллаах толоруу.
ХоҺооннору, угэлэри дорҕоонноохтук ааҕыы, артыыстаан толоруу.
Конкурстарга, концертарга, фестивалларга кыттан, дьон сэҥээриитин ылыы.
Программа үһүс сылын ис хоһооно
- Норуот тылынан уус-уран айымньытын көрүҥнэрин үөрэтии: таабырыннары, өс хоһооннору, остуоруйалары.
- Чабырҕаҕы уерэтии. Чабырҕаҕы ырыа доҕуҺуоллаах бөлөҕүнэн ааҕыы.
- Норуот ырыаларын истии, үөрэтии.
- Саха поэттарын хоһооннорун үөрэтии. А.И.Софронов «Тыа оҕото», С.Данилов «Арыылаахха», П.Тобуруокап хоһоонноро
- Саха суруйааччыларын айымньыларын үөрэтии, артыыстар ааҕыыларын истии, киинэлэри, драмалары көрүү. Инсценировкалары, сыанкалары туруоруу, киинэҕэ уһуллуу.
- Музейдарга, театрдарга сылдьыы.
- Конкурстарга, концертарга, фестивалларга, семинардарга кыттыы. Радиоҕа, телевидениеҕа уһуллуу.
О5о үһүс сыл түмүгүнэн тугу билиэхтээҕэ:
Норуот тылынан уус-уран айымньытын көруҥнэрин: таабырыннары, өс хоһооннору, остуоруйалары.
Саха фольклорун көрүҥнэрин.
Норуот ырыаларын.
Саха суруйааччыларын айымньыларын.
Тугу сатыахтааҕа:
Норуот ырыаларын ыллааһын.
Чабырҕахтары биирдиилээн, бөлөҕүнэн ырыа доҕуһуоллаах толоруу.
Хоһооннору, үгэлэри дорҕоонноохтук ааҕыы, артыыстаан толоруу.
Сыанкалары, айымньыттан быҺа тардыылары толоруу.
Конкурстарга, концертарга, фестивалларга кыттан, дьон-сэргэ сэҥээриитин ылыы.
Радиоҕа, телевидениеҕа уһуллуу.
Программа төрдүс сылын ис хоһооно:
- Норуот тылынан уус-уран айымньытын көрүҥнэрин: таабырыннары, өс хоһооннору, остуоруйалары салгыы үөрэтии.
- Чабырҕаҕы үөрэтии. Чабырҕаҕы бөлөҕүнэн ааҕыы.
- Норуот ырыаларын истии, үөрэтии.
- Саха поэттарын хоһооннорун, үгэлэрин үөрэтии. П.А.Ойуунускай, А.Е.Кулаковскай, Рафаэль Баҕатаайыскай, Күн Дьирибинэ уо.д.а. И.А.Крылов үгэлэрин ааҕыы.
- Саха суруйааччыларын айымньыларын үөрэтии, артыыстар ааҕыыларын истии, киинэлэри, сыанкалары, пьесалары, драмалары көрүү, ырытыы. Инсценировкалары, сыанкалары туруоруу, киинэҕэ уһуллуу.
- Көрдөөх миниатюралары толоруу. КВН хамаандатын тэрийии.
- Видеороликтары устуу.
- Музейдарга, театрдарга сылдьыы.
- Конкурстарга, концертарга, фестивалларга, семинардарга кыттыы. Радиоҕа, телевидениеҕа уһуллуу.
Оҕо төрдүс сыл түмүгүнэн тугу билиэхтээҕэ:
Норуот тылынан уус-уран айымньытын көрүҥнэрин: таабырыннары, өс хоһооннору, остуоруйалары.
Саха фольклорун көрүҥнэрин, норуот ырыаларын;
Саха суруйааччыларын айымньыларын;
Нууччалыыттан тылбааһы;
Тугу сатыахтааҕа:
Норуот ырыаларын толорор;
Чабырҕахтары биирдиилээн, бөлөҕүнэн ырыа доҕуһуоллаах толорор;
Хоһооннору, үгэлэри дорҕоонноохтук ааҕар, артыыстаан көрдөрөр;
Сыанкалары, айымньыттан быһа тардыылары толорор, оонньуур;
Конкурстарга, концертарга, фестивалларга кыттар, сценическай культуралаах буоларга дьулуһар;
Радиоҕа, телевидениеҕа уһуллар;
Видеороликтары камеранан устарга, компьютерга оҥорорго холонор ;
1 кылаас
№ | Дьарык темата | Теория | Практика |
1. | Билиһиннэрии | 2ч. | |
2. | Норуот тылынан уус-уран айымньыта | 6ч. | 8ч. |
3. | Норуот ырыалара | 4ч. | 4ч. |
4. | Норуот музыката | 4ч. | 6ч. |
5. | Суруйааччылар айымньылара | 2ч. | 8ч. |
6. | Конкурстарга, концертарга, фестивалларга, семинардарга кыттыы Барыта: | 18ч. | 24ч. 50ч. 68ч. |
2 кылаас
№ | Дьарык темата | Теория | Практика |
1. | Билиһиннэрии. Хатылааһын. | 1ч. | 1ч. |
2. | Норуот тылынан уус-уран айымньыта | 2ч. | 4ч. |
3. | Норуот ырыалара | 2ч. | 8ч. |
4. | Норуот музыката | 4ч. | 6ч. |
5. | Суруйааччылар айымньылара | 6ч. | 16ч. |
6. | Конкурстарга, концертарга, фестивалларга, семинардарга кыттыы. | 18ч. | |
Барыта: | 15ч. | 43ч. 68ч. |
3 кылаас
№ | Дьарык темата | Теория | Практика |
1. | Билиһиннэрии. Хатылааһын. | 1ч. | 1ч. |
2. | Норуот тылынан уус-уран айымньыта | 2ч. | 6ч. |
3. | Норуот ырыата | 1ч. | 3ч. |
4. | Суруйааччылар айымньылара | 3ч. | 5ч. |
5. | Конкурстарга, концертарга, фестивалларга, семинардарга кыттыы.
Барыта: | 7ч. | 12ч. 27ч. 34ч. |
4 кылаас
№ | Дьарык темата | Теория | Практика |
1. 2. 3. 4. 5. 6. | Билиһиннэрии. Хатылааһын. Норуот тылынан уус-уран айымньыта. Норуот ырыалара Суруйааччылар айымньылара Видеороликтары устуу Конкурстарга, концертарга, фестивалларга, семинардарга кыттыы. Барыта: | 1ч. 4ч. 4ч. 4ч. 4ч. | 1ч. 6ч. 6ч. 10ч. 10ч. 18ч. 68ч. |
2.2. Үөрэтии ньымалара
Фольклор куруһуогар сүрүн болҕомтону чабырҕаҕы толорууга уурабын. Үксүн бу көрүҥү өйдөрүгэр үчүгэйдик тутар, түргэн саҥалаах оҕолор сөбүлээн толороллор. Мин бу үлэҕэ А.Д.Скрябина “Чабырҕаҕы үөрэтии ньымалара” пособиетын туһанабын. Манна бастаан чабырҕаҕы толорорго сүбэлэри (памятка) биэрэбин.
Памятка ис хоһооно
- Муннунан салгыны искэр киллэрэҕин, уоскун ”О” букванан тутан искиттэн айаххынан сыыйа салгыны таһаараҕын.
- Муннунан тыынан пресс хачайдыыр курдук искин аччатаҕын, улаатыннараҕын. Маны хас да төгүл оҥороҕун.
- Муннунан тыына-тыына чохчойуулары оҥороҕун.
- Хотуурунан оту охсор курдук сискин ойоҕоһунан имиллэҥнэтэҕин, «С» дорҕоону таһаара-таһаара уҥа, хаҥас эргиллэҕин.
- Күөмэйи тарбахтарыҥ төбөтүнэн үөһэттэн аллара диэки түһэрэн имэрийэҕин.
- Күөмэйи ыарытыннарар гына улаханнык хайа хаҺыытаан сөтөллүбэккин. Силгин аргыый аҕай ыйыстаҕын.
- Чабырҕах тылын үөрэтиигэ өйтөн ааҕыы курдук үөрэппэккэ. Тексин көрөн да олорон аахтаххына өйгөр син биир хатанар.
- Биологическай чаһынан киэһэ 9 чаас киһи өйүгэр ону-маны хатыырыгар, тутарыгар саамай тоҕоостоох кэм. Онон ити кэмҥэ үөрэтии көдьүүстээх буолуоҕа.
Иккиһинэн:
Сирэй, харах, тыл, уос эрчийиилэрэ, артикуляционнай гимнастика уонна сатаан тыыныы ыытыллар.
Сирэйи эрчийии
- айаҕы атыы, сыҥааҕы аллара түһэрии;
- үөһэ уонна аллара тиистэри холбоон баран уоһу араастаан хамсатыы;
- аллара тиистэри, сыҥааҕы инники диэки хамсатыы, айаҕы атан баран, сыҥаахтары эмиэ үөһэ аллара хамсатыы;
- сирэйи тарбах төбөтүн имэрийии, уһугуннарыы. Мырчыстыбатын наадатыгар чаһы стрелкатын хоту төгүрүччү тарбах төбөтүнэн имэрийии;
- төбөнү уҥа-хаҥас диэки хамсатыы, эргитии.
Хараҕы эрчийии
- харах тулатын тарбах төбөтүнэн чаһы стрелкатын хоту имэрийии;
- хараҕы симэн баран уҥа-хаҥас көрүү, эргитии /эргичиҥнэтии/;
- хараҕы үөһэ-аллара көрүү.
Сирэй, харах эрчиллиилэрэ чабырҕаҕы омуннаахтык, араастаан туттан-хаптан, көрөн-истэн туран ааҕарга олус туһалаахтар.
Тылы эрчийии
Киһи тыла долгуйдаҕына бөлүөстэн хаалар, саҥарарга ыарахан буолар. Онон чуолкайдык саҥарар инниттэн тылы эрчийэр олус суолталаах.
- тылы айах иһигэр үөһэ, аллара токурутуу, ыстааһын, уҥа, хаҥас хамсатыы;
- тылы бэлэс диэки иһирдьэ анньыы;
- айаххын атан аллара туһэрэн баран, тылгын ыалдьыар диэри муннугар тириэрдэ сатааһын;
Тылы маннык эрчийии чабырҕах ааҕарга эрэ буолбакка, уопсайынан чуолкайдык, ыраастык саҥара үөрэнэргэ олус туһалаах.
Уоһу эрчийии
- уоһу «о», «ы» дор5ооннорунан ырбатан хамсатыы;
- уоһу “у” дор5оонунан төгүрүтүү, чорботуу;
- уоһу чорботон баран иннигэр уһатыы, уҥа, хаҥас хамсатыы.
Чабырҕах түргэнник эрэ этиллэр буолбакка, тыла чуолкайдык иһиллэр буолуохтаах. Онон бу эрчийии кэнниттэн чабырҕаҕы этии чэпчиир даҕаны, түргэтиир даҕаны. 20 эбэтэр 25 тыл чуолкайдык этиллэр буоллаҕына чабырҕаҕы биир тыынан ааҕыахха сөп.
Артикуляционнай гимнастика
Тылы чуолкайдык этиигэ үөрэнэр эрчиллиилэр;
- гбда-гбды, гбдо-гбду, гбдэ-гбди, гбдэ-гбду;
- смта-смты, смто-смту, смтэ-смти, смтэ-смту;
- прша-пршы, пршо-пршу, пршэ, прши-пршу, пршэ;
- кнга-кнгы, кнго-0кнгу, кнгэ-кнги, кнгэ-кнгу;
- лча-лчы, лчо-лчу, лчэ-лчи, лчэ-лчу.
- Харыйа-хоруйа,
Холбуйа-халбыйа,
Хаахыр-кыыкыр,
Хаххан-хал5ан.
- Лаглай-лыглый,
Логлой-луглуй,
Лэглэй-лиглий,
Лэглэй-луглуй.
- Наннах-ныннах,
Ноннох-нуннух,
Нэннэх-нинник,
Нөннөх-нүннүк.
- Таммах-тыммах,
Томмох-туммух
Тэммэх-тиммих
Тэммэх-туммух.
Тыыны эрчийии
- салгыны муннунан сыыйа искэр ылыы уонна уоскун «о» дорҕоонунан тутан салгыны сыыйа таска таһаарыы;
- салгыны муннунан ыла-ыла айаххынан таһаарыы. Онуоха сарын хамсыа суохтаах;
- муннунан тыынан 1 мүн устата чохчойуулары оҥоруу;
- уҥа илиини өттүк баттанан туран хамсатыы уҥа, хаҥас эргитии (хаҥас илиини эмиэ)
- киэһэ сытан эрэ муннунан салгыны искэр киллэриини, айаҕынан таһаарыыны хаста да оҥоруохха наада.
Чабырҕах ааҕарга тыыны сөпкө ылыыга эрчиллиилэр
Киһини бэйэтин куолаһынан 5 ахсааҥҥа диэри биир тыынынан, 6-10 ахсааҥҥа диэри үрдүк куолаһынан, оттон 11-20 ахсааҥҥа диэри намыһах куолаһынан аахтарыллыахтаах. Дьарыктаныы аайы эрчиллии ахсаанын сүүскэ диэри эбэн иһиэххэ наада.
1-кы эрчиллии
Сыыр үрдүгэр 1 Дьөгүөссэ олорор.
Сыыр үрдүгэр 2 Дьөгүөссэ олорор.
Сыыр үрдүгэр 3 Дьөгүөссэ олорор.
Сыыр үрдүгэр 4 Дьөгүөссэ олорор.
Сыыр үрдүгэр 5 Дьөгүөссэ олорор.
(муннубутунан испитигэр тыын ылабыт, ону таһааран үрдүк куолаһынан салгыы)
Сыыр үрдүгэр 6 Дьөгүөссэ олорор.
Сыыр үрдүгэр 7 Дьөгүөссэ олорор.
Сыыр үрдүгэр 8 Дьөгүөссэ олорор.
Сыыр үрдүгэр 9 Дьөгүөссэ олорор.
Сыыр үрдүгэр 10 Дьөгүөссэ олорор
(муннубутунан испитигэр тыын ылабыт, ону таһааран орто куолаһынан салгыы)
2-с эрчиллии
Анды арыылаабыт сымыыта 1.
Анды арыылаабыт сымыыта 2.
Анды арыылаабыт сымыыта 3.
Анды арыылаабыт сымыыта 4.
Анды арыылаабыт сымыыта 5.
Тыын ылларан баран, салгыы биир тыынан 6-10 ахсааҥҥа диэри аахтараҕын, тыын ыллара-ыллара салгыы 20-ҕэ 30-ка диэри барыахха сөп.
3-с эрчиллии
Кус-хаас, куллур-халлыр,
Түҥ-таҥ, түҥкүр-таҥкыр
Түс-тас түстэ.
Бу эрчиллиигэ уостарын хайдах тутталларын үөрэтиэххэ сөп. Сүрүн туттуунан уоһу чорботон, ыматан ааҕыы буолар.
4-с эрчиллии
Көбүө-ибиэ,
Көрүө-көҥүл,
Имэҥ-симэҥ,
Силлиэ-боллоо,
Суорум-саарым,
Ыбыр-тыбыр,
Хоп-сип
Сып-сап барда,
Сэк-сук буолла.
Бу эрчиллиилэр кэннилэриттэн искэ тыын ылан баран аргыый таһаараҕын. Холкутук туттан олорон, текси чуолкайдык ааҕарга үөрэнэн баран, дьэ чабырҕахтыахха сөп.
Бу эрчиллиилэри хас дьарык аайы аахтардахха оҕолор чабырҕаҕы ааҕыыга түргэнник үөрэниэхтэрэ.
III Түмүк
«Тылы сайыннарыыга чабырҕах суолтата» 8 сыл үлэлээбит уопуппар тирэҕирэн, маннык түмүгү оҥоробун.
1. Фольклор куруһуок оҕо билиитин-көрүүтүн кэҥэтэр-хаҥатар, өйүн-санаатын кынаттыыр. Айар дьоҕура сайдар, ааҕа, саҥара үөрэммит оҕо бэйэтин бэйэтэ үөрэтэр, сайыннарар. Кини үөрэххэ болҕомтото, интэриэһэ, дьулуура үрдүүр. Ол курдук, куруһуокка аҕыс сыл устата 25 оҕо дьарыктаммытыттан 15 оҕо «үчүгэй» эрэ сыанаҕа, онтон саха тылыгар бары «үчүгэй” сыанаҕа үөрэнэллэр. Оҕо оскуолаҕа үөрэнэр кэмигэр уруогунан эрэ буолбакка, куруһуоктарга дьарыктанара туһалаах буолар.
2 .Фольклор куруһуок иитэр-такайар, куруһуокка сылдьар оҕо норуот тылынан уус-уран айымньытын көрүҥнэринэн арааран билэр. Чабырҕаҕы өйүнэн-санаатынан, этинэн-хаанынан чугастык ылынар. Үөрэтэр, ааҕар чабырҕахтарыттан куһаҕаны-үчүгэйи араара үөрэнэр.
3. Норуот тылынан уус-уран айымньыта оҕо олох, сиэр-майгы боппуруостарыгар толкуйдуулларыгар көмөлөһөр. Оҕолору бэйэни көрүнэр, туохха барытыгар эппиэтинэстээхтик сыһыаннаһыыга иитэр.
4. Оҕо үлэлии үөрэнэр. Телевизоры, компьютеры мыҥаан олорорун оннугар чабырҕаҕын үөрэтэр, бибилиотекаҕа сылдьан хасыһар. Оҕоҕо интэриэс үөскүүр, сыал-сорук туруорунар, бирэмэтин аттарына үөрэнэр.
5. Чабырҕах ааҕар оҕо суруйар, ааҕар дьоҕура эмиэ сайдар.
6. Саха суруйааччыларын билэр, литература көрүҥнэрин араара үөрэнэр. Билигин чабырҕаҕы суруйар суруйааччы ахсааннаах. Тылы хомоҕойдук этэ-саҥара үөрэммит оҕо - инникитин бэйэтэ да чабырҕаҕы суруйарга холонуон сөп.
7. Чабырҕахтыыр оҕо сценаҕа тутта-хапта үөрэнэр, дьону кытта алтыһар, холкутук кэпсэтэр, бэйэтин санаатын этэр буолар.
8. Араас таһымнаах куонкурустарга, күрэхтэргэ, тэрээһиннэргэ кыттан, саха норуота киэн туттар суруйааччыларын, артыыстарын, салайааччыларын, культура үлэһиттэрин кытта алтыһар, кинилэри холобур оҥостор.
9. Араас сирдэринэн айаҥҥа сылдьан, улуус нэһилиэктэрин, куорат театрдарын, музейдары билэр-көрөр, сылдьар ыыра кэҥиир.
10. Кэлин 3 сылга куруһуок оҕолоро уопсайа 9 республика таһымнаах, 8 улуус таһымнаах куонкурустарга, күрэхтэргэ, тэрээһиннэргэ кыттан, 16 төгүл улуус, республика лауреаттара, дипломаннара буоллулар.
IV. Cыһыарыылар
1№ сыһыарыы
- Күлүм аллай,
Мичик тыргый,
Күндү көрөөччүлэр,
Истиҥ истээччилэр!
Даллай кулгааҕы
Сэгэлдьитин,
Кыраҕы хараҕы
Чыпчыҥнатын,
Истэн-көрөн сэргэхсийиҥ!
- Чэйиҥ эрэ, доҕоттоор,
Чэйиҥ эрэ, оҕолоор,
Чугдаарыйа,
Чуопчаарыйа
Чабыгырыахха,
Чуолкайдык
Чобурҕаччы
Саҥарыахха,
Чаҕаарыйа
Чаҕылхайдык
Чабыгырыахха,
Сөп дуо?
Чахчы! Чахчы!
- Икки сыллааҕыта
Итии сайын бүтүүтэ,
Үүммүт күhүн саҕаланыыта
Үс этээстээх
Үрдүк оскуолабытыгар,
Үөрэнэр кыhабытыгар
Үрүҥ куопта кэтэммит,
Үөрэ-көтө кэлбиппит:
«Үөрэнэбит», - диэбиппит.
Икки сылбытын,
Иккис кыhыммытын
Үлэлии-хамныы сылдьабыт,
Үгүс уруогу ааҕабыт,
Үчүгэйдик үөрэнэбит.
- Иккис кылааска үөрэнэбит,
Үөрэнээччи дэнэбит.
22 иитиллээччи
Илин-кэлин түсүhэбит,
Истигэммит,
Иллээхпит,
Иирсибэппит,
Иитиилээхпит,
Ини-биилии быhыылаахпыт,
Инникигэ эрэллээхпит.
- А-тан саҕаланар ааттаах
Айтал араас дьоҕурдаах
Араас дьоҕурдаах
Алама5ай дьүөгэлэрбит
Айта уонна Аня,
Ааттаах-суоллаах Алина.
«Б» буукубаҕа баар
Баар-суох уолбут Богдан.
Бастыҥ волейболистар,
Бэртээхэй велосипедистар
Эр бэртэрэ
Вася, Вова, Валера.
Күҥҥэ тэҥнээх
Күндү кыыспыт Күннэй,
Мындыр өйдөөх математиктар,
Түргэн или мээчикситтэр
Максим уонна Миша.
Мааны майгылаах
Мааны кыыспыт Мотя.
Намыын-намчы ырыаhыттар,
Наскылдьыйар үҥкүүhүттэр
Настя уонна Надя.
Саҥа күннүү сандаарар
Сайаана уонна Сардаана.
Эрбэх үрдүгэр сэттэтэ эргийэр
Сэргэх оҕо Слава.
Талыы талба таhаалаах
Талааннаах кыыс Таня.
Сытыы-сымса, хорсун-хоодуот,
Футболист бэрдэ Филипп.
- Оо,дьэ, оҕолоор,
Ийэлээр, аҕалаар!
Киҥир-хаҥыр саҥарсыы,
Этэн-тыынан этиhии,
Ыhыы-хаhыы,
Ытаhыы,
Уолуктаhыы,
Охсуhуу,
Охтон-тэбэн түhэрсии.
Бу биhиги буолбатах,
Биhиэннэрэ буолбатах.
Буолбатаах, буолбатах,
Биhиэннэрэ буолбатах.
- Сүүрэн-көтөн
Мэниктээн,
Хоско былтас,
Манна балтас,
Малын умнан,
Сүтэрэн,
Ону былдьас,
Маны харбас.
Ыhыллан-тоҕуллан,
Албыннаан,
Ити бычаҕас,
Бу итэҕэс.
Ол да биhи буолбатах,
Отой-отой буолбатах!
- Ырбаахыта нэлэгэр,
Тимэхтэрэ мэлигир,
Бүрүүкэтэ саллаҕар,
Бачыыҥката баллаҕар,
Баттахчаана арбаҕар,
Сирэй кирэ килэгир.
Рюкзак иhэ ыhыллаҕас,
Замоктара аhыллаҕас,
Кинигэ лииhэ быhаҕас,
Тэтэрээт лииhэ итэҕэс,
Уруучуката мэлис,
«Харандааста бэрис».
Кир-хох,
Марай-сарай,
Барыта бары сатаҕай.
Пахыый-пахай!
- Оок-сиэ!
Оҕолор эрээри,
Отон саҕа эрээри,
Онно-манна хоройон,
Оройон-күрэнэн,
Оскуола кэннигэр,
Олбуор хаххатыгар
Оҥостон табаахтыыр,
Оборор-соппойор
Олус да куhаҕан,
Олус да түктэри.
Олоҕу кылгатыы
Сомсолоох суолугар
Олорсон киирээри,
Оройдоон көрбөккө
Охсуллар иэдээни,
Оҕолоор, умнумаҥ
Оҕурук алыптаах
Охторор албастаах
Ол күдэн тумаҥҥа
Оо, ончу умсумаҥ!
Ооҕуйдуу илимнээх,
Оҕурдуур идэлээх
Ол дьаакка-табаахха,
Оо, дьукку саантаамаҥ!
Саантаамаҥ, саантаамаҥ,
Саргыттан матымаҥ,
Сырдыктан саhымаҥ!
- Килээр-мэлээр
Көрбөккө,
Күлэн-салан күлбэккэ,
Кыhаллан-мүhэллэн,
Кичэйэн,
Ахсаан ааҕан,
Суоту суоттаан,
Эбэн-көҕүрэтэн,
Элбэҕи билэн,
Ахсаанньыт аатырыахпыт,
Аартыкпытын арыйыахпыт.
- Сытыы-сымса,
Сэниэлээх буолаары,
Саппаҕыра-санааргыы
Сылдьымаары,
Салгыбакка,
Саараабакка,
Саарбаҕалаабакка,
Саараҥнаабакка,
Саарбахтаабакка,
Салҕалаабакка
Физкультура уруогар
Сааhыланан,
Саамылаhан,
Сүүрэбит-көтөбүт,
Сүргэбитин көтөҕөбүт.
- Сахам
Сайаҕас
Тылынан,
Сахам
Сайдам
Тылынан,
Сарсыарда
Аайы
Саймаарыччы
Саҥарабыт
Саргылаах
Саха
Тылын
Салгыбакка
Үөрэтэбит.
- Уруучуканан,
Харандааhынан,
Акварелынан,
Фломастерынан
Уруhуй уруогар
Уруhуйдуубут,
Кырааскалыыбыт,
Марайдыыбыт,
Саҥаны айабыт,
Саҕаҕы арыйабыт.
Уруhуй уруогун
Сөбүлүүбvт,
Рисованиены
Сэргиибит.
- Кылааспытыгар
Кыргыттар,
Уолаттар
Кырыы-кырыыбытынан
Кыбыллан тураммыт,
Көмүс күөмэйдээх
Күөрэгэйдии
Күөмэйбитин оҥостоммут,
Кыбыстыбакка,
Килбигийбэккэ,
Киhиргээбэккэ,
Киэптээбэккэ,
Ыллаан дьиэрэтэбит,
Ырыаны күөрэтэбит.
- Элэккэй доҕоттоор,
Эмдэй-сэмдэй оҕолоор,
Эриэккэс-эриллэҕэс
Омук тылын
Эрэдэктээх,
Эгэлгэлээх
Атын тылы
Эҥкилэ суох
Үөрэтиэххэ,
Элбэх тылы
Билиэххэ.
Гуд монин,
Гуд ивнин,
Гуд афтенуун,
Гуд бай.
Омук тыла аргыстаныаҥ,
Араас сиргэ атастаныаҥ.
Атын тылы иҥэриниэҥ,
Үгүс сиргэ үктэниэҥ.
- Үлэбит биhиэнэ
Үөрэх, үөрэх.
Үчүгэйдик үөрэнии –
Үрдүк сорук,
Үгүс или,
Үгэс курдук,
Үтүө кынат
Үөрэ көтүтүө,
Үөрүүгэ тиэрдиэ,
Үгүс үлэ
Үктэли ууруо.
Үөрэххэ симиэххэ,
Үөрэҕи билиэххэ,
Үрдээн иhиэххэ,
Үүнүөххэ, үүнүөххэ.
- Чороччу улаатан,
Чоноччу туттан,
Чэмэличчи көрөн,
Чаабый-иибий чабырҕаҕы
Чачайбакка кэпсээтибит,
Чаҕылла-саҕылла чабырҕаҕы
Чаҕылыччы эттибит,
Чуораанчыктыы чугдаардыбыт,
Чуолкайдык чаҕаардыбыт,
Чиҥэтэ-чиҥэтэ эттибит.
Үчүгэй өрүт үксүү турдун,
Үрүҥ санаа үрдээн истин,
Мара барыта малыйдын
Мааны майгы баhыйдын!
Чыыбы – чаабы чабырҕаҕы
Ходьоҥ – идьэҥ хоһооннору
Кулгаах – харах сэгэтэн
Истэ- көрө сэргэҕэлээн.
Кыптыый буута,
Кыталык түөһэ,
Хаппыт атах
Хачаҕай Маҕаас
Хайдах хайдаҕай?
Хайа үлүгэрий?
Диэбиппит даҕаны
Диибит даҕаны
Диэхпит даҕаны.
Табах – дьаабы, табах – дьаат
Табах сыта – дьаар
Хааман иһэн хахсайыы,
Сүүрэн иһэн сөтөллүү,
Сойуппакка сотору-сотору соппойуу
Өрөөбөккө үрүт үөһэ үрбэхтээһин
Сирэй-харах сиэрэй-буурай
Сэниэ-күүс сэпсиэм сүтүү
Доруобуйа долуой, долуой!
Уой! Уой! Уой!
Табах – дьаабы, табах – дьаат!
Табах сыта – дьаар!
Сиидэркин түөһүгэр ,
Сэттэ-аҕыс сиэбигэр
Бартыбыал иһигэр
“Баай” диэн үлүгэр
Токуйбут тоһоҕо
“Токууккай” тобоҕо
Туус тууйас оҕото
Туой оҕус сотото
Дьэбиннээх ылтаһын
Тиит мастан хаптаһын
2№ сыһыарыы
Кэнсиэрбэ бааҥката
Хоруопка хаппаҕа
Алдьаммыт бытыылка
Араас уон балыыҥка!
Сиэптэрин айаҕа сиритэ барбыттар.
Бартыбыал муннуга
Тэһиттэн хаалбыттар
Баайдара маллара
Барыта быкпыттар
Тэтэрээт, кинигэ
Сордоммут киһитэ
Үс хонук иннинэ
Үрэллэр бэйэтэ.
Кырдьык этэҕит дуо?
Кырдьык, кырдьык!
Буора буолунай
Быыла баһаам
Сыыһа сылбах
Кирэ киилэ
Бөҕө мөһөөх
Баттаҕа бадараан
Сирэйэ сымала
Көхсө көтөҕө
Харыта хатырык
Көрүөхтэн ынырык
Наскы накаас
Бачыыҥка балыыҥка
Үтүлүк үлүгэр
Бэргэһэ бэдээ
Тимэх мэлигир
Түөс килэгир
Баар дуо маннык чанчарык?
Баар, баар!
Саҥар – саҥарыма
Саараама кыһаллыбат
Эт – этимэ,
Этин таттарбат.
Ытаа- ытаама,
Ыыра ымыттыбат.
Олорбутун курдук олорор,
Сыппытын курдук сытар,
Турбутун курдук турар.
Мас дуу, таас дуу?
Мааны кыыс,
Мааны уол дуу?
Эбэтэр ити
Истиэнэ курдук
Истигэнэ суох
Эристиин дуу?
Оннук, оннук!
Сүрэҕэ суох сүрдээх
Сүүс албын сүбэлээх
“Маста тас!” диэтэххэ
Баһа ыалдьар үһү.
“Уута бас!” диэтэххэ
Ойоҕоһо анньар үһү.
Үлэҕэ тахсарга
Үтүлүгэ сүтээччи
СаҺааны таһарга
Саппыкыта саһааччы
Сорукка ыытарга
Соно да сүтээччи
Бэрт тиэтэл сырыыга
Бэйэтэ мэлийээччи!
Сүрэҕэ суох
Сүрэҕин ханна гыммытай?
Ууп-уһун уутугар
Утуйан-утуйан
Уулларан-уулларан
Уу гынан кэбиспит.
Сүрэҕэ суох
Сүрэҕэ ханна барбытай?
Таах сибиэ сылдьан
Дьааһыйан дьаллаҥнаан
Дьааһык са5а аппаҥнаан
Таһааран куоттаран кэбиспит.
Табаһыытап Тараас
Тараҥныыра араас,
Талымаһа накаас,
Таптыыр аһа кыбаас,
Таралыйара матараас,
Утуктуура уһун саас,
Убаастыыра сылаас,
Онтон үөрэх араас,
Умнуллара начаас,
Ону өйдүүр ыраас!
Ыраас, ыраас!
Күнү быһа сытаарыскай,
Күрүлэччи сыыҥтаарыскай,
Ааҕар диэни умнаарыскай,
Аһы эрэ санаарыскай,
Таһырдьаны булаарыскай,
Таах сибиэ хаамаарыскай,
Оҕолордуун иирсээрискэй,
Ону биэстэ үҥсээрискэй,
Кылаас аайы хаалаарыскай,
Кыҥкый- мыҥкый ытаарыскай!
Ытаарыскай, ытаарыскай!
Мэнигийээн – Мэникчээн
Михайлов Филипчээн
Оскуолаттан тахсаатын
Олбуор аанын аһаатын
Ойуоккалыыр, ыһыытыыр
Оҕолору хатыйтыыр.
Ити ыты сырыста
Илби түһэн арахта
Ол куосканы батыста
Уонна хаста оҕутта,
Хаатыҥката баллайда
Хайыһардыы хантайда.
Киэһэ тиийэн кэлбитэ
Ийэтигэр киирбитэ
Уолуктара нэлэстэр,
Тимэхтэрэ мэлистэр.
Оннук, оннук!
Иһиттигит ини,
Истибэтигит ини,
Көрдүгүт ини,
Көрбөтүгүт ини.
Таарыйтарбыт таптарбыт
Көрүннүн, көннөрүннүн!
Чабырҕахсыт – тыла сытыы,
Чабырҕахсыт – тыла ыраас,
Чабырҕахсыт – тыына уһун
Буолуох тустаах, атастаар?
Чыыбы- чаабы чабырҕаҕы
Ходьоҥ – идьэҥ хоһооннору
Кулгаах – харах сэгэтэн
Истэ- көрө сэргэҕэлээҥ?
Хайа, тоҕо Володя
Оскуолаҕа барбатыҥ?
Учууталыҥ миигиттэн
Үстэ – түөртэ ыйытта.
Хайа хайдах билбэккин?
Бээтинсэ этэ дии,
“Поле чудес» көрөммүн
Ороммуттан турбатым.
Оскуолабыт олоҕор
Одоҥ – додоҥ очурдар
Онтон – мантан оронон
Олукпутун олуйар
Ойоҕоско үтэйэр
Омнуолара баалларын
Ох тыллаах чабырҕахха
Оҕуруолуу тиһэммит
ЭҺиэхэҕэ кэпсиибит.
Мэкчиргэлии эргичиҥнии
Элээр – мэлээр лэкээриҥнии
Уруок аайы уһутаайы
Аппыт айах – биир айах,
Көрбүт харах – биир харах
Учуутала ыйытар
Уола ууну омурдар.
Учуутала олордор,
Уолбут уоһа дьэ аһыллар
Эмиэ айдаан араллаан
Чуораан тыаҺын кытта бииргэ
Туола түстэ көрүдүөргэ
Ый – хай хаһыытаһыы
Бөҕү – сыыҺы ыһыы-таһыы
Харах – чалай, сарай-марай
Уруок ааҕар олох хаалар
Күлэ-күлэ күөлэһийии
Тэлгэһэттэн тэлэһийии
3№ сыһыарыы
Олоппоско сатаан олорбот
Эрчиллиини толорбот
Садааччаны даҕаны
Сатаан суоттаан таҺаарбат
Атас – доҕор сүбэтин
Адьас – туура ылыммат.
Тыый!
Дьэлиэнэ кыыс туһунан истибиккит дуо?
Суох, суох!
Дьэлиэнэ быһата
Дьэлиэнэ быһыыта
Малыччы көстүбэт
Мааны майгыта
Манньытан бэрт да бэрт.
Баһыыбата бараммат
Дорообото тохтообот
Үөрэҕэр үчүгэйинэн
Үүс курдук үктэнэр
Бэрээдэгэр бэрдинэн
Бэдэр курлук хаамар
Үҥкүүһүт – битииһит
Үчүгэй үлэһит.
Ок- сиэ!
Онтубут баара
Оҕолоор, уой да уой!
Ийэтэ этэрин истибэт эбит,
Аҕатын сүбэтин,
Ахсарбат идэлэммит.
Утары аахсар уһуктаах тылламмыт,
Атаахтаан тахсар
Аанньата суох майгыламмыт.
Пахай, пахай!
«Хорошист» дии-дии,
Хайҕаабыт уоллара,
Халыев Харытыан
Хааман-сиимэн,
Хантаһыйан ахан иһэр.
Көрүдүөргэ күннүүр,
Көрбүт харах биир,
Көтө-көтө түһүү,
Көҥүтэ үтүһһүү.
Аппыт айаҕа үөлэс,
Айдаан да айдаан
Ахтыллыбат майдаан.
Атахтаһыы, тустуу
Аал курдук устуу.
Сорук-боллур оруолун
Оруобуна толоруу.
Айабыын!
Онтон, доҕоор,
Биһиги табаарыспыт?
Ол хайаабытый?
Хайдах буолбутуй?
Сыыҥк-сыраан, сирэй-харах,
Дьүдэх дьүһүн, хатыр илии.
Тураах тарбах, арбаҕар баттах.
Кир-хох киниттэн эрэ,
Арахпат ааттааҕа,
Хата буоллаҕа!
Кэлэйэбиин, кэлэйэбиин!
Сүүрүү-көтүү, сүгүн буолбат-
Түөскэ түһүү, түбэспити түҥнэрии
Мөккүөрэ үгүс, иирсээнэ элбэх.
Сүрүүн, сүрүүн!
Итэҕэс-быһаҕас
Элбиих- элбэх.
Ол эрэн бука бары
Кыһаллыаҕыҥ.
Киһилии киһи буоларга,
Куһаҕантан куотарга,
Үчүгэйгэ үөрэнэргэ.
Чыыбы-чаабы чабырҕахпыт
Манан бүттэ.
Муоданы эккирэтии
Е.Местникова
Муода диэни истиэҥ эрэ кэрэх,
Иннигин ылыа,
Этитиэҥ эрэ кэрэх,
Эпсэри кууһуо,
Булунуу мунуо, сэҥээри элбиэ,
Ымсыырыы ыраатыа,
Ылларыы ыксатыа.
Дьэ, накаас диэтэҕиҥ
Дьэ, баракаас диэтэҕиҥ.
Түүнүн түбүлээн
Түүлгэр киирэн,
Күнүһүн наадьылаан
Хараххар көстөн,
Эрийсэн, эккэлээн
Эҥээриҥ элэйиэ,
Тилэри тиэстэн
Тилэҕиҥ тэстиэ.
Муодунай буоларга
Муударай толкуй
Букатын даҕаны
Буоссата суох эбээт!
Буларгын кытта
Моһуона уларыйыа,
Сүпсүлгэн саҕана
Сезона ааһан,
Мэлийии кэмигэр
Бэрдэ мэлийэн,
Суудайыы түгэнигэр
Суолтата сүтүө!
Саҥаҕа сананнаран
Атыҥҥа аралдьытыа,
Көҥдөйө туттаран,
Уоту кыбыннаран,
Халахайга харбатан
Солкуобайы суйдуур,
Хармааны хастыыр.
Кырдьыга даҕаны
Муодаҕа суудайар
Моһуога элбэх!
Кыраһыабайга кыттыһар,
4 № сыһыарыы
Бастыҥҥа бааралаһар,
Наһааҕа тардыһар,
Үтүөҕэ үөрдүһэр
Эгэлгэ элбэх,
Хаадьы халыҥ,
Тииһик дэлэй,
Моһуок буолунай!
Муода-Муоча – уола уонча,
Биирэ – бандьыыт.
Иккиһэ – иһээччи.
Үсүһэ – үспүкүлээн
Төрдүһэ – түөкүн,
Бэсиһэ – бэһиэччик,
Алтыһа – акаары,
Сэттиһэ – сэлээрчэх,
Ахсыһа – атамаан,
Тохсуһа – тойомсук,
Онуһа – уоруйах.
Ол барыта –
Муодаҕа мускуттаран,
Ол барыта –
Кырааскаҕа кыаттаран,
Ол барыта –
Албыҥҥа аралдьыйан,
Ол барыта –
Ыччаппыт буккуллар!
Ып-ыраастык, нам-намчытык
Ыйдаҥалыы туналыйыҥ,
Тырыбыначчы кыымырбыттыы,
Таҥнын-симэниҥ кыргыттар!
Таҥаһынан көрсөллөр
Өйүнэн атаараллар.
Ити өс хоһоону
Бука бары умнумаҥ!
Бэйэ айылҕатын
Билиммэккэ эрэ,
Үс омук муодатынан
Үлүһүйэр, өрүкүйэр
Үчүгэйэ суох буолар
V. Туһаныллыбыт литература
- Аллаберганова А.П., Е.К. Васильев, Саха тылынан уус уран айымньытынан оҕону үтүө сиэргэ-майгыга иитии: Дьокуускай, Үөрэх үлэһитин үрдэтэр институт, 1997, 62с.
- Андросов П.Х., Итиннэ элэкис, манна мэлэкис: Дьокуускай, Ситим, 1993, 32с.
- Илларионов В.В., Саха фольклора: Дьокуускай, 2000, 26с.
- Ноговицин В.А., Оҕо чабырҕаҕа: Дьокуускай, 2002, 30с.
- Попов И.Н., Саха таабырыннара, өс хоһоонноро, чабырҕахтара: Дьокуускай, Бичик, 2006, 112с.
- Скрябина А.Д., Чабырҕаҕы үөрэтии ньымалара: Дьокуускай, Ситим, 1994, 46с.
- Слепцова А.Д., Оҕо иитиитигэр норуот фольклорун туһаныы: Дьокуускай, Саха республикатын национальнай кинигэ издательствота, 1992, 48с.
- Чехордуна Е.П., Прокопьева М.П., Ыҥырар ыллыктар: V кылаас хрестоматията, Дьокуускай, Бичик, 1993, 134с.
По теме: методические разработки, презентации и конспекты
Доклад доклад на тему: «Формирование культуры семейных отношений».
Семья - один из шедевров природы (Дж. Сантаяна, философ)Семья - основанная на брак...
Доклад "Урок работы над ошибками". Русский язык. Приложение к докладу.
Краткое описание в чём состоит подготовка учителя и учащихся к уроку, где предстоит работа над ошибками. Из личного опыта и опыта коллег....
Cаҥа көлүөнэ стандарт олоххо киирэр кэмигэр үөрэнээччи сиэрдээх киһи буола улаатарыгар П.А.Ойуунускай айымньыларын үөрэтии суолтата
АаҕааччыгаСаха норуотун чулуу уола, айар талаан чаҕылхай холобура буолбут улуу киһибит, П.АСлепцов-Ойуунускай төрөөбүтэ 120 сылын бэлиэтээтибит. Саха литературатыга...
Чабыр5ах - саха тылынан уус - уран айымньытын иитэр - уерэтэр суолтата.
С этим докладом мои ученицы стали дипломантами 3 степени в республиканской научно - практической конференции "Искусство и наука".Рассказывали о жанре якутского фольклора Чабыр5ах. ...
Урун эьэлэр ханна олороллоруй?
Арассыыйа оскуолата...
О5о сахалыы толкуйдуур дьо5урун сайыннарыыга сорудахтар
Дидактический материал по развитию мыслительных на родном якутском языке по предметам: саха тыла, ахсаан....
Чабырҕах көмөтүнэн оҕо саҥарар дьоҕурун сайыннарыы
Билиҥҥи үйэҕэ оҕо оскуолаҕа киирэригэр бэйэтин сааһыгар сөп түбэһэр иитиилээх, толкуйдуур, дорҕоону арааран истэр дьоҕура, саҥарар саҥата сөпкө сайдыбыт, тыла-өһө ыраас хомоҕой буолара ирдэнэр. Түөртэ...