Чабырҕах көмөтүнэн оҕо саҥарар дьоҕурун сайыннарыы
учебно-методический материал (2 класс)

Горохова Сардаана Дмитрьевна

Билиҥҥи үйэҕэ оҕо оскуолаҕа киирэригэр бэйэтин сааһыгар сөп түбэһэр иитиилээх, толкуйдуур, дорҕоону арааран истэр дьоҕура, саҥарар саҥата сөпкө сайдыбыт, тыла-өһө ыраас хомоҕой буолара ирдэнэр. Түөртээх оҕо тылын саппааһа икки тыһыынчаҕа, оттон биэһин туоларыгар үс тыһыынчаҕа тиийэр диэн этэр, элбэх учуобунньуктар ааптардара,педагогика билимин кандидата Игнатий Иванович Каратаев. Оҕо бу сааһыгар төрөөбүт тылын, дорҕооннорун эрэ буолбакка,бары грамматическай формаларын улахан дьон тылыттан истэн өйдүүр, кэпсэтэригэр туттар.

Скачать:

ВложениеРазмер
Файл Чабырҕах47.04 КБ

Предварительный просмотр:

Саха Өрөспүүбүлүкэтин Үөрэҕин уонна билимин министиэристибэтэ

С.Ф. Гоголев аатынан Дьокуускайдааҕы педагогическай колледж

Алын сүһүөх оскуолата

Дакылаат

«Чабырҕах көмөтүнэн оҕо саҥарар дьоҕурун сайыннарыы»

(Секция: Оҕо ааҕар дьоҕурун сайыннарыы)

Горохова Сардаана Дмитрьевна

үрдүк категориялаах

алын сүһүөх учуутала

2022 с.

Иһинээҕитэ:

КИИРИИТЭ………………………………………………………………………..….…3

СҮРҮН ЧААҺА……………………………………………………….……….……..….4

1 §.  Оҕо тыла-өһө сайдарыгар чабырҕаҕы туттуу.........................................4

2 §. Чабырҕах көрүҥэ, үөрэтиллиитэ......………………………….………….……….7

3 §. Бутэй дор5оону чуолкайдык санарыыга дьарыктар................................. 11

ТҮМҮК...…………………………………………………………….………………….13

ТУҺАНЫЛЛЫБЫТ ЛИТЕРАТУРА…………………………………………………..14

Киириитэ.

Билиҥҥи үйэҕэ оҕо оскуолаҕа киирэригэр бэйэтин сааһыгар сөп түбэһэр иитиилээх, толкуйдуур, дорҕоону арааран истэр дьоҕура, саҥарар саҥата сөпкө сайдыбыт, тыла-өһө ыраас хомоҕой буолара ирдэнэр. Түөртээх оҕо тылын саппааһа икки тыһыынчаҕа, оттон биэһин туоларыгар үс тыһыынчаҕа тиийэр диэн этэр, элбэх учуобунньуктар ааптардара,педагогика билимин кандидата Игнатий Иванович Каратаев. Оҕо бу сааһыгар төрөөбүт тылын, дорҕооннорун эрэ буолбакка,бары грамматическай формаларын улахан дьон тылыттан истэн өйдүүр, кэпсэтэригэр туттар.Оҕо биллэн турар киһи саҥатын арааран, болҕойон истибэт буоллаҕына, чуолкайдык саҥарар кыаҕа суох. Вернике учаастагар тыллар сөптөөх уобарастара истэр органнар көмөлөрүнэн үөскүүр. Ол иһин истэр уорганнар үлэлэрин тупсарыыга ураты болҕомто ууруллуохтаах. Маны сэргэ бу сааска саҥарар аппарат былчыҥнарын сайыннарар үлэ утумнаахтык ыытыллар. А.И.Максаков оҕо бу сааһыгар саҥарар аппараатын, ордук тылын былчыҥнарын сайыннарар, тылы хайа баҥарар балаһыанньаҕа туттар гына эрчийэр наадатын кичэйэн бэлиэтиир. Тыла сайдыбатах оҕо туора киһи тылын өйдөөбөт, тылын саппааһа кэмчи, судургу буолар. Маннык оҕо киһини кытта кыайан быһаарсыбат, наадатын кыайан эппэт, кэпсэтэригэр мэһэйдэтэр. Мантан сылтаан бу оҕо бэйэтин итэҕэстээх курдук сананар.

Оҕо тыла-өһө сайдарыгар чабырҕаҕы туттуу.

Актуальноһа: Билиҥҥи балысхан олох долгуна оҕолорго үчүгэй да, куһаҕан да өттүнэн сабыдыала улахан. Ол курдук оҕолор үксүн телефоҥҥа, телевизорга уонна компьютерга үгүс бириэмэлэрин атаараллар, бэйэ-бэйэни, төрөппүттэрин кытта кэпсэтии, алтыһыы суоҕун кэриэтэ. Ол түмүгэр, оҕолор тыллара сайдыбат, дорҕооннору таба саҥарбат,тылларын саппааһа татым буолар.

Мантан сиэттэрэн, мин алын кылаас үөрэнээччилэригэр тылы сайыннарыыга улахан болҕомто уурар сыалтан оҕо тыла-өһө сайдыытыгар, саҥарар дьоҕура сайдарыгар саха тылын уус-уран айымньытыттан чабырҕаҕы туттан иитэбин-үөрэтэбин.

Чабырҕах – саха норуотун тылынан уус-уран айымньытын биир ураты көстүүтэ. Манна сытыы тыллаах хоһоон, элэк-хаадьы, дэгэрэн ырыа, араас хамсаныы, сирэй-харах туттуута бииргэ силбэһэ сылдьар буоланнар, толоруллуута да уустук, киһиттэн туспа дьоҕуру, сатабылы эрэйэр. Дорҕоонноох куолаһынан лабыгыраччы ааҕарга ис хоһоонун биэрэр гына хамсанан көрдөрүллүөхтээх, сорох өттүн ырыаннан толоруллар, ол иһин норуот айымньытын бу көрүҥүн толорууну киһи эрэ сатаабат. Маны таһынан чабырҕахха дорҕоон дьүөрэлэһиитэ, тыл имиллиитэ олус элбэх буолар.

Мөлтөхтүк саҥарар оҕолору кытта үлэлэһиигэ кинилэр ис туруктарыгар, билэр-көрөр интэриэстэригэр олоҕуруохха наада-ол иһин эрчиллиигэ, дьарыктарга хоһоон,  чабырҕах  оруоллара улахан.  Чабырҕах тас киэбинэн хоһооҥҥо маарынныыр, дохсун сүүрүктээх үрэх курдук субуруччу, түргэнник, лабыгыраччы этэн толоруллар, быыһыгар дэгэрэн ырыалаах буолуон сөп, кээмэйэ араас буолар.

Чабырҕах ритмнээх буолан оҕо организмын барытын уһугуннаран, кыттыһыннаран тылын аппараата сайдарыгар көмөлөһөр. Оҕо кыра эрдэҕиттэн "Куобах, куобах барахсан", "Кып-кыра чычып-чаап", "Мэкчиргэ, мэкчиргэ" хоһооннору үөрэтэн улаатар. Ол курдук кылгас, кэрискэ чабырҕахтары эмиэ түргэнник ылынар. Чабырҕаҕы  үөрэтии өйдөөн хаалар дьоҕурдарын, булугас өйдөрүн сайыннарар. Чабырҕаҕы ааҕыы уруоктарыгар,  дьарыктарга, эрчиллиилэргэ үөрэтии тыыннарын, артикуляцияларын, дикцияларын  сайыннарар, араастаан интонациялаан ааҕарга үөрэтэр. Оҕо ааҕар чабырҕаҕын  ис суолтатын өйдүүр буолуохтаах. Мээнэ механическай үөрэтии оҕону сайыннарбат. Чабырҕаҕы  үөрэтиигэ тиэкиһи хаста да ааҕыллыахтаах, ис суолтатын ырытыллыахтаах. Оҕо чуолкайдык саҥарыан инниттэн саҥарар аппараатыгар уонна тарбахтарыгар ситимнээх уонна былааннаах үлэни ыытыахха наада. Кыра оҕо эрдэ үчүгэйдик санардаҕына, сатаан кэпсэтэр, наадатын быһаарсар уонна дьону кытта түргэнник бодоруһар буолар.

Сыала: Чабырҕах көмөтүнэн оҕо саҥарар дьоҕурун сайыннарыы

Иитэр –үөрэтэр соруктара:

  • хас биирдии оҕо тылын сайдыытын учуоттаан чабырҕаҕы туһанан дорҕоону сөпкө саҥарарга үөрэтии;
  • оҕо кругозорун хаҥатыы; оҕо саҥарар, кэпсэтэр дьоҕурун сайыннарыы;
  •  саҥарар аппарат былчыҥнарын, оҕо илиитин мелкай моторикатын сайыннарыы;
  • ааҕыы уроуктарын нөҥүө оҕоҕо чабырҕахха интэриэһи уһугуннарыы;
  • оҕоҕо личность быһыытынан хаачыстыбалары сайыннарыы: үтүө санаа, бэйэ-бэйэҕэ көмө, убаастабыл уо.д.а.

Үлэ объега: оҕо саҥарар дьоҕурун сайыннарыы.

 Үлэ  предметэ: оҕо саҥарар дьоҕура сайдыытыгар чабырҕахтары туттуу.

Гипотеза – иитии-үөрэтии үлэтигэр чабырҕахтары тутуннахха оҕо саҥарар дьоҕура сөпкө сайдыан сөп.

Практическай туттуллуута. Бу үлэ оҕо саҥарар дьоҕура сайдарыгар,  сахалыы сайаҕастык санара-иҥэрэ улаатарыгар наадалаах. Учууталга көмө пособие, уруокка эбии эрчиллии быһыытынан туһаныллыан сөп.

Үлэ тутула: үлэ киирииттэн, сүрүн чаастан, түмүктэн, туһаныллыбыт литератураттан уонна сыһыарыыттан турар.

Чабырҕах саха норуотун тылынан айымньытын саамай көрдөөх, сытыы сатирическай формата. Тас киэбинэн хоһооҥҥо маарыҥныыр, ол гынан баран субурҕата кылгас, кэрчик буолар. Чабырҕах  тылынан лабырҕаччы түргэнник эрэ этиллэр буолбакка, тыла чуолкайдык иһиллэр буолуохтаах  биитэр ырыанан анардаан толоруллар.

Чабырҕаҕы ааҕарга оҕо тыынын сөпкө ылара наада. Чабырҕахтыырга оҕону биэс сааһыттан үөрэтиллэр. Бу кэмҥэ оҕо төрөөбүт тылын бары дорҕооннорун баһылыыр, чабырҕах тылын чуолкайдык саҥарар кыахтанар. Чабырҕаҕы үөрэтиигэ хоһоону үөрэтэр ньыманы туттабыт.

Чабырҕах көрүҥэ, үөрэтиллиитэ.

Саха тылыгар чабырҕах куһаҕан быһыыны, түктэри кэмэлдьини саралыыр жанр быһыытынан киэҥник туттуллар. Чабырҕаҕы сүнньүнэн түөрт көрүҥҥэ араарыахха сөп:

  1. Оҕо чабырҕаҕа;
  2. Көрдөөх-күлүүлээх таайтаран этэр кистэлэҥ ис хоһоонноох чабырҕахтар;
  3. Хаадьы-элэк олоххо баар түктэри көстүүнү саралыыр ис хоһоонноох чабырҕахтар;
  4. “Билбит-көрбүт” чабырҕахтар

В.Л. Серошевскай “Якуты” (М., 1993. с. 514) диэн биллэр үлэтигэр саха оҕолоро чабырҕахтаһа оонньуулларын туһунан суруйан турар. Ол эрэн ханнык да холобуру аҕалбатах. Онтон Г.В. Ксенофонтов “Урааҥхай сахалар” (Я., 1992. с.338) үлэтигэр былыр Аҥхара-Дьаҥхара, Уолбара-Чуолбара диэн соччо өйдөммөт ис хоһоонноох чабырҕаҕы ааҕалларын ахтар. Онон оҕо чабырҕаҕа былыр-былыргыттан саха фольклорун кытта тэҥҥэ сайдыбыт жанр буолар. Оҕолорго аналлаах чабырҕахтар оҕо тылын-өһүн эрчийэргэ, түргэнник өйдүүр дьоҕурун сайыннарарга, билэр-көрөр баҕаларын көбүтэр аналлаахтар.

Ордук тэнийбит оҕо чабырҕаҕынан - ахсаан чабырҕаҕа буолар. Оҕолор тылларын-өстөрүн имитэр, сайыннарар аналлаах кэрискэ чабырҕахтар бааллар. Бу чабырҕахтары оҕолор биир тылынан этэргэ уонна ким төһө элбэх тылы эппитинэн куоталаһаллар. Ол түмүгэр, тыллара сайдар, саҥалара чуолкайданар. Маны таһынан оҕо чабырҕаҕар таабырын, а.э. таайтаран этиллэр оҕо толкуйдуур, тэҥнээн, өйүгэр ойуулаан көрөр дьоҕурун сайыннарар чабырҕахтар бааллар. Манна кыылы-сүөлү, көтөрү-сүүрэри, туттар тэрили  хоһуйуллар. Ону таһынан, кэлиҥҥи кэмҥэ иитэр-үөрэтэр суолталаах чабырҕахтар бэчээккэ киэҥник тарҕаналлар. Холобур, Мария Николаевна Матахова “Кэриэн ымыйа кэриэтэ”, Мария Андреевна Герасимова – Сэҥээрэ “Оскуола олоҕуттан».

        Онон оҕо чабырҕаҕын үс бөлөххө араарыахха сөп:

  1. Оҕо тылын имитэр, өйүн эрчийэр чабырҕахтар;
  2. Оҕо тылын имитэр, ойуулаан-дьүһүннээн көрөр дьоҕурун сайыннарар чабырҕахтар;
  3. Иитэр-үөрэтэр суолталаах чабырҕахтар;

Билиҥҥи үйэҕэ оҕо бэйэтин сааһыгар сөп түбэһэр билиилээх, толкуйдуур, дорҕоону арааран истэр дьоҕура, саҥарар саҥата сөпкө сайдыбыт, тыла-өһө ыраас, хомоҕой буолара ирдэнэр.  Биллэрин курдук, оҕо билиитэ-көрүүтэ кэҥииригэр, толкуйдуу үөрэнэригэр, сытыы-булугас өйдөөх буоларыгар тылын сайдыыта сүрдээх улахан сабыдыалы ылар. Ол гынан баран, чуолкайдык саҥарбат оҕо ахсаана сыл ахсын элбээн иһэр. Тылын сайдыытыгар кэһиллиилээх оҕо санаатын сайа эппэт, кэпсэтэригэр эрэйдэнэр, оҕолору кытта кэпсэппэт, өйдөспөт, итинтэн сылтаан быһыыта-майгыта уларыйар, соҕотох (кыбыстанньаҥ) буолар. Ол иһин маннык оҕону кытта улахан үлэ барыахтаах. Кыра оҕону ордук оонньуу нөҥүө сайыннарыахтаахпыт. Оонньуу нөҥүө оҕо чэпчэкитик, түргэнник ылынар, үөрэнэр, өйүгэр-санаатыгар дириҥник иҥэринэр.

        Оҕо саҥатын маннык быһаарыахха сөп: саҥа таһаарар – дорҕоон таһаарар – ис хоһооно суох саҥа – тыл – тыл таһаарар – этии – сибээстээх этии.

        Ол гынан баран, элбэх оҕо дорҕоону сатаан саҥарбат; уһун, кылгас аһаҕас дорҕооннору арааран истибэт; ньиргиэрдээхтик этиллэр дорҕооннору сатаан саҥарбат; тыл уопсай өйдөбүлүн билбэт; оҕо саҥарар тылын баайа, саппааһа татым буолар.

        Алын  сүһүөххэ, чопчу маҥнайгы кылааска, саҥарар саҥаны сайыннарыыга чабырҕах тыла, дьүөрэлэспит дорҕоонноро ордук өйдөнөр, оҕо түргэнник ылынар, сөпкө саҥарар, тылын саппааһа байар, сайдар.

        Чабырҕаҕы толорууга сөпкө тыыны, уоһу-тииһи, сирэйи-хараҕы, тылы сөпкө  хамнатыы  уонна артикуляционнай гимнастика улахан оруолу ылаллар. Ону тэҥэ өйгө тутар, ойуулаан-дьүһүннээн көрөр дьоҕурдар сайдаллар. Оҕо чабырҕаҕы элбэхтэ этэн, ааҕан биир дорҕоону хаста да хатыылаан сөпкө саҥара үөрэнэр.

        Оҕо тылын имитэр, өйүн эрчийэр чабырҕахтары ааҕыы, толоруу - оҕо ордук бүтэй дорҕооннору сөпкө саҥарарыгар  көмөлөһөр.  Аа5ыы уруогун иннинэ чабыр5а5ы уерэтии ньымаларыгар оло5уран маннык эрчиллиилэри оноруохха сеп:

Холобур:

  1. Сирэйи эрчийии:
  • Сирэйи тарбах төбөтүнэн имэрийии, уһугуннарыы;
  • айаҕы атыы, сыҥааҕы түһэрии;
  • сыҥааҕы уҥа-хаҥас хамнатыы;
  • тиистэри холбоон уоһу чорботуу, ырбайыы;
  1. Хараҕы эрчийии:
  • Харах тулатын тарбах төбөтүнэн имэрийии;
  • симэн баран үөһээ-аллараа, уҥа-хаҥас көрүү, эргичиҥнэтии;
  • симэн олоруу;  
  1. Тылы эрчийии:
  • тылы айах иһигэр үөһээ-аллараа, уҥа-хаҥас хамнатыы;
  • тылы айах иһигэр төгүрүтүү уонна салгыны үрүү;
  • айах иһигэр чааскы быһыытын оҥоруу;
  • тылы сэлибирэтии;
  1. Уоһу эрчийии:
  • Уоһу аһаҕас дорҕооннорунан араастаан хамнатыы;
  • Уоһу чорботон баран иннигэр уһатыы, уҥа-хаҥас хамсатыы;
  1. Тыыны сөпкө ылыыга эрчиллиилэр:
  • Салгыны муннунан сыыйа искэр ылыы уонна уоскун төгүрүтэн сыыйа таска таһаарыы;
  • Салгыны муннунан ыла-ыла, сарыны хамсаппакка эрэ айаххынан таһаарыы;
  • Салгыны муннунан тыынан ылан баран мүнүүтэ устата тутан туруу;
  1. Артикуляционнай гимнастика:
  • мдаа-мдоо-мдуу-мдүү-мдыы-мдии-мдээ-мдөө;
  • сба-сбо-сбу-сбү-сбы-сби-сбэ-сбө;
  • гбда-гбды, гбдо-гбду, гбдэ-гбди;
  • прша-пршы, пршо-пршу, пршэ-прши;
  • Лаглай-луглуй

Логлой-луглуй,

Лэглэй-лиглий,

Лэглэй-луглуй.

  • Харыйа-хоруйа,

Холуйа-халбыйа,

Хаахыр-кыыкыр,

Хаххан-халҕан.

  • Таммах-тыммах,
  • Томмох-туммух,
  • Тэммэх-тиммих,
  • Тэммэх-туммух.

                           А.Д. Скрябинаттан

Бу ньымалары тутуһан, ааҕыах иннинэ эрчиллиилэри оҥорор, дьарыктанар буоллаххына ааҕыы дорҕооно, тэтимэ, чуолкайа тута эбиллэр. Ол иһин ырыаһыттар ыллыахтарын иннинэ хайаан да распевкаланаллар. Мантан көстөрүнэн чабырҕах оҕону чуолкайдык саҥарарга,  ааҕарга үөрэтэр ньыма биир көрүҥэ буолар.

Бутэй дор5оону чуолкайдык санарыыга дьарыктар.

[ Р ] дорҕоону чабырҕаҕы туттан чуолкайдык саҥарыыга дьарык:

П. Тобуруокап “Чабырҕах азбуката”

- Ырр-ырр

Туох ырдьыгыныыр?

-Ырр-ырр

Ыт ырдьыгыныыр!

-Торр-торр

Туох торулуур?

-Торр-торр

Тонсоҕой торулуур!

-Барр-барр

Туох дарбыйар?

-Барр-барр

Барабаан дарбыйар!

Ахсаан чабырҕаҕа:

Харалаах хатыыстаах

Хара кулун хараҕастыы биир,

Харалаах хатыыстаах

Хара кулун хараҕастыы икки... (салҕанар)

[ С ] дорҕоону чабырҕаҕы туттан чуолкайдык саҥарыыга дьарык:

П. Тобуруокап “Чабырҕах азбуката”

Өссө,

Өссө

Саас сылаас

Өссө,

Өссө

Саас ыраас

Хаас ааста,

Кус ааста,

Кус-хаас

Аас да аас

Ахсаан чабырҕаҕа:

Туустаабыт тумалаабыт

Туруйа сымыыта биир,

Туустаабыт тумалаабыт

Туруйа сымыыта икки... (салҕанар)

[ Ж ] дорҕоону чабырҕаҕы туттан чуолкайдык саҥарыыга дьарык:

П. Тобуруокап “Чабырҕах азбуката”

- Пожарник! Пожарник!

Баар дуо манна пожарник?

-Суох ээ манна пожарник,

Баар Сережа художник!

Үөн чабырҕаҕа

Жж-жжж-ж

Мунна сыҥырыа

Жж-жжж-ж

Тойон ыҥырыа

Жж-жжж-ж

Мүөт көрдөөн

Сыыгыныыр-дыыгыныыр.

[ Ш ] дорҕоону чабырҕаҕы туттан чуолкайдык саҥарыыга дьарык:

П. Тобуруокап “Чабырҕах азбуката”

Саша Шура шарыгар

Пушка уоһун кыҥатта,

Тарта!

Пушка Шура шарыгар

Шаригынан ытта,

Тапта!

Шура шара хайынна,

Паш-ш гынна!

Шура шарын аһыйда!

[ Ҥ ] дорҕоону чабырҕаҕы туттан чуолкайдык саҥарыыга дьарык:

П. Тобуруокап “Чабырҕах азбуката”

Тэҥкэҕэ, чараҥҥа,

Тэтиҥҥэ, хатыҥҥа

Тииҥ-тииҥ барахсан

Тэрэҥниир, чэрэҥниир.

Күһүҥҥү хаһыҥтан,

Кыһыҥҥы чысхаантан

Тииҥ-тииҥ барахсан

Кыһаммат, куттаммат.

Ахсаан чабырҕаҕа:

Лабаалыын, лабыччалыын

Тоҥ харыйа биир,

Лабаалыын, лабыччалыын

Тоҥ харыйа икки (салҕанар...)

Маны таһынан оҕо тылын имитэр, ойуулаан-дьүһүннээн көрөр дьоҕурун сайыннарар, таайтарар чабырҕахтары туттуохха сөп. Бу чабырҕахтарга бүтэй дорҕооннор аһаҕас дорҕоон икки ардыгар,  эбэтэр тыл иннигэр уонна кэннигэр турууларыгар күүскэ, төлө тэбэн этиттэрэн,  чуолкайдык саҥарыыны ситиһиэххэ сөп. Хас дьарык аайы кэрискэ чабырҕахтары уларытан киллэрэн оҕо интэриэһин тардыахха сөп. Маннык дьарыктар көмөлөрүнэн оҕо чабырҕаҕы элбэхтэ этэн, ааҕан биир дорҕоону хаста да хатыылаан сөпкө саҥара үөрэнэр.

Түмүк

                 

Саха оҕото кыра сааһыттан норуот төрүт культуратын этигэр-хааныгар иҥэрэн, төрөөбүт норуот мындыр өйүн, уран тарбаҕын, кылыһахтаах чуор куолаһын, амарах сурэҕин ытыктаан, онон киэҥ туттан, хайа да бэйэлээх омук ортотугар тэнник саҥанар киһи буолан иитиллэн тахсыахтаах.

Алын  сүһүөххэ, чопчу маҥнайгы кылааска, саҥарар саҥаны сайыннарыыга чабырҕах тыла, дьүөрэлэспит дорҕоонноро ордук өйдөнөр, оҕо түргэнник ылынар, сөпкө саҥарар, тылын саппааһа байар, сайдар.

        Чабырҕаҕы толорууга сөпкө тыыны, уоһу-тииһи, сирэйи-хараҕы, тылы сөпкө  хамнатыы  уонна артикуляционнай гимнастика улахан оруолу ылаллар. Ону тэҥэ өйгө тутар, ойуулаан-дьүһүннээн көрөр дьоҕурдар сайдаллар. Оҕо чабырҕаҕы элбэхтэ этэн, ааҕан биир дорҕоону хаста да хатыылаан сөпкө саҥара үөрэнэр. Чабырҕах оҕону иитэр-үөрэтэр суолтата сүрдээх киэҥ, дириҥ ис хоһоонноох. Көрүдьүөс тыллаах өстөөх, киһини эмиэ да күллэрэр, эмиэ да хомотор сытыы тыллаах-өстөөх сатирическай айымньы буоларын быһыытынан, оҕону куруук мөҕөн-этэн такайардааҕар дьайыыта олох атын, ураты. Оҕо бэйэтин сыыһа быһыыларын, итэҕэс өрүттэрин туһунан истэр, күлэр-үөрэр, сонньуйар уонна толкуйдуур, түмүк оҥостор, сыыһаларын, алҕастарын көннөрүнэргэ дьулуһар. Ону таһынан чабырҕаҕы ааҕа, толоро үөрэммит оҕо артикуляцията чуолкай, тыла-өһө чөллөркөй буолара саарбахтаммат.

ТУЬАНЫЛЛЫБЫТ ЛИТЕРАТУРА:

  1. Андросов П.Х. Итиннэ элэкис, манна мэлэкис. –Якутск, ЦКиИ им. А.Кулаковского, 1993.
  2. Исакова А.И. Ааҕыы уруоктарын иитэр суолталара. Народное образование Якутии. 3\2000.
  3. Моисеева Д.Е. Норуот тылынан уус-уран айымньыта оҕону иитиигэ оруола. – Народное образование Якутии. – 3/98.
  4. Матахова М.Н. Кэриэн ымыйам кэриэтэ. - Дьокуускай: "Ситим" КИФ. 1994.
  5. Матахова М.Н. Алаа харах, анаар кулгаах. - Дьокуускай: "Ситим" КИФ. 1992.
  6. Матвеева Н.А. Хоһоонноохтук аахтаран тыл култууратын үөрэтии. – Төрөөбүт тыл уонна литература. ѕ1 (5) 2007 с.
  7. Олонхо: өбүгэ үөрэҕэ уонна билиҥҥи кэм. – Дьокуускай, 2006.
  8. Петрова Т.И. Сахам тыла барахсан. - Дьокуускай: Бичик, 2006.
  9. Поликарпова Е.М.. Гоголева М.Т. Олонхону ыччакка. - Дьокуускай: Кудук, 1998.
  10. Саха литературатын оскуолаҕа үөрэтии методиката. - Якутск: Бичик, 2006.
  11. Скрябина А.Д. Чабырҕаҕы  үөрэтии ньымалара. - Дьокуускай: "Ситим" УИФ, 1994.
  12. Саха таабырыннара, өс хоһоонноро, чабырҕахтара. – Якутск: Бичик, 2006.
  13. Филиппова Н.И. Төрөөбут литератураны 4-7 кылаастарга үөрэтии. – Якутскай, 1985.
  14. Чаабы-чыыбы чабырҕахтар. – Дьокуускай, 1992.

Тезис.

Үлэм темата «Чабырҕах көмөтүнэн оҕо саҥарар дьоҕурун сайыннарыы»

Актуальноһа: Билиҥҥи балысхан олох долгуна оҕолорго үчүгэй да, куһаҕан да өттүнэн сабыдыала улахан. Ол курдук оҕолор үксүн телефоҥҥа, телевизорга уонна компьютерга үгүс бириэмэлэрин атаараллар, бэйэ-бэйэни, төрөппүттэрин кытта кэпсэтии, алтыһыы суоҕун кэриэтэ. Ол түмүгэр, оҕолор тыллара сайдыбат, дорҕооннору таба саҥарбат,тылларын саппааһа татым буолар.

Мантан сиэттэрэн, мин алын кылаас үөрэнээччилэригэр тылы сайыннарыыга улахан болҕомто уурар сыалтан оҕо тыла-өһө сайдыытыгар, саҥарар дьоҕура сайдарыгар саха тылын уус-уран айымньытыттан чабырҕаҕы туттан иитэбин-үөрэтэбин.

Мөлтөхтүк саҥарар оҕолору кытта үлэлэһиигэ кинилэр ис туруктарыгар, билэр-көрөр интэриэстэригэр олоҕуруохха наада-ол иһин эрчиллиигэ, дьарыктарга хоһоон,  чабырҕах  оруоллара улахан.  Чабырҕах тас киэбинэн хоһооҥҥо маарынныыр, дохсун сүүрүктээх үрэх курдук субуруччу, түргэнник, лабыгыраччы этэн толоруллар, быыһыгар дэгэрэн ырыалаах буолуон сөп, кээмэйэ араас буолар.

Чабырҕах ритмнээх буолан оҕо организмын барытын уһугуннаран, кыттыһыннаран тылын аппараата сайдарыгар көмөлөһөр. Оҕо кыра эрдэҕиттэн "Куобах, куобах барахсан", "Кып-кыра чычып-чаап", "Мэкчиргэ, мэкчиргэ" хоһооннору үөрэтэн улаатар. Ол курдук кылгас, кэрискэ чабырҕахтары эмиэ түргэнник ылынар. Чабырҕаҕы  үөрэтии өйдөөн хаалар дьоҕурдарын, булугас өйдөрүн сайыннарар. Чабырҕаҕы  ааҕыы уруоктарыгар,  дьарыктарга, эрчиллиилэргэ үөрэтии тыыннарын, артикуляцияларын, дикцияларын  сайыннарар, араастаан интонациялаан ааҕарга үөрэтэр. Оҕо чуолкайдык саҥарыан инниттэн саҥарар аппараатыгар уонна тарбахтарыгар ситимнээх уонна былааннаах үлэни ыытыахха наада.

Сыала: Чабырҕах көмөтүнэн оҕо саҥарар дьоҕурун сайыннарыы

Иитэр –үөрэтэр соруктара:

  • хас биирдии оҕо тылын сайдыытын учуоттаан чабырҕаҕы туһанан дорҕоону сөпкө саҥарарга үөрэтии;
  • оҕо кругозорун хаҥатыы; оҕо саҥарар, кэпсэтэр дьоҕурун сайыннарыы;
  •  саҥарар аппарат былчыҥнарын, оҕо илиитин мелкай моторикатын сайыннарыы;
  • ааҕыы уроуктарын нөҥүө оҕоҕо чабырҕахха интэриэһи уһугуннарыы;
  • оҕоҕо личность быһыытынан хаачыстыбалары сайыннарыы: үтүө санаа, бэйэ-бэйэҕэ көмө, убаастабыл уо.д.а.

Үлэ объега: оҕо саҥарар дьоҕурун сайыннарыы.

 Үлэ  предметэ: оҕо саҥарар дьоҕура сайдыытыгар чабырҕахтары туттуу.

Гипотеза – иитии-үөрэтии үлэтигэр чабырҕахтары тутуннахха оҕо саҥарар дьоҕура сөпкө сайдыан сөп.

Практическай туттуллуута. Бу үлэ оҕо саҥарар дьоҕура сайдарыгар,  сахалыы сайаҕастык санара-иҥэрэ улаатарыгар наадалаах. Учууталга көмө пособие, уруокка эбии эрчиллии быһыытынан туһаныллыан сөп.

Үлэ тутула: үлэ киирииттэн, сүрүн чаастан, түмүктэн, туһаныллыбыт литератураттан уонна сыһыарыыттан турар.

Чабырҕах көрүҥэ, үөрэтиллиитэ.

Ордук тэнийбит оҕо чабырҕаҕынан - ахсаан чабырҕаҕа буолар. Оҕолор тылларын-өстөрүн имитэр, сайыннарар аналлаах кэрискэ чабырҕахтар бааллар. Ол түмүгэр, тыллара сайдар, саҥалара чуолкайданар.

        Онон оҕо чабырҕаҕын үс бөлөххө араарыахха сөп:

  1. Оҕо тылын имитэр, өйүн эрчийэр чабырҕахтар;
  2. Оҕо тылын имитэр, ойуулаан-дьүһүннээн көрөр дьоҕурун сайыннарар чабырҕахтар;
  3. Иитэр-үөрэтэр суолталаах чабырҕахтар;

        Алын  сүһүөххэ, чопчу маҥнайгы кылааска, саҥарар саҥаны сайыннарыыга чабырҕах тыла, дьүөрэлэспит дорҕоонноро ордук өйдөнөр, оҕо түргэнник ылынар, сөпкө саҥарар, тылын саппааһа байар, сайдар.

        Чабырҕаҕы толорууга сөпкө тыыны, уоһу-тииһи, сирэйи-хараҕы, тылы сөпкө  хамнатыы  уонна артикуляционнай гимнастика улахан оруолу ылаллар. Ону тэҥэ өйгө тутар, ойуулаан-дьүһүннээн көрөр дьоҕурдар сайдаллар. Оҕо чабырҕаҕы элбэхтэ этэн, ааҕан биир дорҕоону хаста да хатыылаан сөпкө саҥара үөрэнэр.

        Оҕо тылын имитэр, өйүн эрчийэр чабырҕахтары ааҕыы, толоруу - оҕо ордук бүтэй дорҕооннору сөпкө саҥарарыгар  көмөлөһөр.  Аа5ыы уруогун иннинэ чабыр5а5ы уерэтии ньымаларыгар оло5уран маннык эрчиллиилэри оноруохха сеп:

Холобур:

  1. Сирэйи эрчийии:
  • Сирэйи тарбах төбөтүнэн имэрийии, уһугуннарыы;
  • айаҕы атыы, сыҥааҕы түһэрии;
  • сыҥааҕы уҥа-хаҥас хамнатыы;
  • тиистэри холбоон уоһу чорботуу, ырбайыы;
  1. Хараҕы эрчийии:
  • Харах тулатын тарбах төбөтүнэн имэрийии;
  • симэн баран үөһээ-аллараа, уҥа-хаҥас көрүү, эргичиҥнэтии;
  • симэн олоруу;
  1. Тылы эрчийии:
  • тылы айах иһигэр үөһээ-аллараа, уҥа-хаҥас хамнатыы;
  • тылы айах иһигэр төгүрүтүү уонна салгыны үрүү;
  • айах иһигэр чааскы быһыытын оҥоруу;
  • тылы сэлибирэтии;
  1. Уоһу эрчийии:
  • Уоһу аһаҕас дорҕооннорунан араастаан хамнатыы;
  • Уоһу чорботон баран иннигэр уһатыы, уҥа-хаҥас хамсатыы;
  1. Тыыны сөпкө ылыыга эрчиллиилэр:
  • Салгыны муннунан сыыйа искэр ылыы уонна уоскун төгүрүтэн сыыйа таска таһаарыы;
  • Салгыны муннунан ыла-ыла, сарыны хамсаппакка эрэ айаххынан таһаарыы;
  • Салгыны муннунан тыынан ылан баран мүнүүтэ устата тутан туруу;
  1. Артикуляционнай гимнастика:
  • мдаа-мдоо-мдуу-мдүү-мдыы-мдии-мдээ-мдөө;
  • прша-пршы, пршо-пршу, пршэ-прши;
  • Лаглай-луглуй

Логлой-луглуй,

Лэглэй-лиглий,

Лэглэй-луглуй.

                           А.Д. Скрябинаттан

Бу ньымалары тутуһан, ааҕыах иннинэ эрчиллиилэри оҥорор, дьарыктанар буоллаххына ааҕыы дорҕооно, тэтимэ, чуолкайа тута эбиллэр. Ол иһин ырыаһыттар ыллыахтарын иннинэ хайаан да распевкаланаллар. Мантан көстөрүнэн чабырҕах оҕону чуолкайдык саҥарарга,  ааҕарга үөрэтэр ньыма биир көрүҥэ буолар.

Бутэй дор5оону чуолкайдык санарыыга дьарыктар.

[ Р ] дорҕоону чабырҕаҕы туттан чуолкайдык саҥарыыга дьарык:

П. Тобуруокап “Чабырҕах азбуката”

- Ырр-ырр

Туох ырдьыгыныыр?

-Ырр-ырр

Ыт ырдьыгыныыр!

-Торр-торр

Туох торулуур?

-Торр-торр

Тонсоҕой торулуур!

-Барр-барр

Туох дарбыйар?

-Барр-барр

Барабаан дарбыйар!

Ахсаан чабырҕаҕа:

Харалаах хатыыстаах

Хара кулун хараҕастыы биир,

Харалаах хатыыстаах

Хара кулун хараҕастыы икки... (салҕанар)

[ Ҥ ] дорҕоону чабырҕаҕы туттан чуолкайдык саҥарыыга дьарык:

П. Тобуруокап “Чабырҕах азбуката”

Тэҥкэҕэ, чараҥҥа,

Тэтиҥҥэ, хатыҥҥа

Тииҥ-тииҥ барахсан

Тэрэҥниир, чэрэҥниир.

Күһүҥҥү хаһыҥтан,

Кыһыҥҥы чысхаантан

Тииҥ-тииҥ барахсан

Кыһаммат, куттаммат.

Ахсаан чабырҕаҕа:

Лабаалыын, лабыччалыын

Тоҥ харыйа биир,

Лабаалыын, лабыччалыын

Тоҥ харыйа икки (салҕанар...)

Бу чабырҕахтарга бүтэй дорҕооннор аһаҕас дорҕоон икки ардыгар,  эбэтэр тыл иннигэр уонна кэннигэр турууларыгар күүскэ, төлө тэбэн этиттэрэн,  чуолкайдык саҥарыыны ситиһиэххэ сөп. Хас дьарык аайы кэрискэ чабырҕахтары уларытан киллэрэн оҕо интэриэһин тардыахха сөп.

Түмүк

Саха оҕото кыра сааһыттан норуот төрүт культуратын этигэр-хааныгар иҥэрэн, төрөөбүт норуот мындыр өйүн, уран тарбаҕын, кылыһахтаах чуор куолаһын, амарах сурэҕин ытыктаан, онон киэҥ туттан, хайа да бэйэлээх омук ортотугар тэнник саҥанар киһи буолан иитиллэн тахсыахтаах.

Алын  сүһүөххэ, чопчу маҥнайгы кылааска, саҥарар саҥаны сайыннарыыга чабырҕах тыла, дьүөрэлэспит дорҕоонноро ордук өйдөнөр, оҕо түргэнник ылынар, сөпкө саҥарар, тылын саппааһа байар, сайдар.

        Чабырҕаҕы толорууга сөпкө тыыны, уоһу-тииһи, сирэйи-хараҕы, тылы сөпкө  хамнатыы  уонна артикуляционнай гимнастика улахан оруолу ылаллар. Ону тэҥэ өйгө тутар, ойуулаан-дьүһүннээн көрөр дьоҕурдар сайдаллар. Оҕо чабырҕаҕы элбэхтэ этэн, ааҕан биир дорҕоону хаста да хатыылаан сөпкө саҥара үөрэнэр. Чабырҕах оҕону иитэр-үөрэтэр суолтата сүрдээх киэҥ, дириҥ ис хоһоонноох. Көрүдьүөс тыллаах өстөөх, киһини эмиэ да күллэрэр, эмиэ да хомотор сытыы тыллаах-өстөөх сатирическай айымньы буоларын быһыытынан, оҕону куруук мөҕөн-этэн такайардааҕар дьайыыта олох атын, ураты. Оҕо бэйэтин сыыһа быһыыларын, итэҕэс өрүттэрин туһунан истэр, күлэр-үөрэр, сонньуйар уонна толкуйдуур, түмүк оҥостор, сыыһаларын, алҕастарын көннөрүнэргэ дьулуһар. Ону таһынан чабырҕаҕы ааҕа, толоро үөрэммит оҕо артикуляцията чуолкай, тыла-өһө чөллөркөй буолара саарбахтаммат.


По теме: методические разработки, презентации и конспекты

Статья «Кыра кылаас о5отун терут дьарыкка сыhыаран сайыннарыы»

«Кыра кылаас о5отун терут дьарыкка сыьыаран сайыннарыы»Яковлева Е.Г. , М.Н. Турнин аатынан Тыараґа орто оскуолатын алын суьуех оскуола учуутала.        Норуот педаг...

Урун эьэлэр ханна олороллоруй?

Арассыыйа оскуолата...

Доклад " Оҕо саҥарар дьоҕурун сайыннарыыга чабырҕах суолтата"

Доклад о развитии речи посредством якутского анродного фольклора (чабыр5ах). В докладе представлен опыт работы учителя. Также подробно описывается содержание программы.Данный опыт работы поможет учите...

Уруок таьынаа5ы дьарыкка толкуйдуур дьо5уру сайыннарыы

Уруок таһынааҕы дьарыкка Эйлер садаачаларынан логическай толкуйу сайыннарыыга үлэ ньымалара....