Cаҥа көлүөнэ стандарт олоххо киирэр кэмигэр үөрэнээччи сиэрдээх киһи буола улаатарыгар П.А.Ойуунускай айымньыларын үөрэтии суолтата
статья (3 класс) на тему
Ааҕааччыга
Саха норуотун чулуу уола, айар талаан чаҕылхай холобура буолбут улуу киһибит, П.АСлепцов-Ойуунускай төрөөбүтэ 120 сылын бэлиэтээтибит. Саха литературатыгар уонна тылыгар, төрүт култуураҕа үлэлэһэ сылдьар республика учууталлара Былатыан Ойуунускайга махталлара муҥура суох. Кини саха литературатын төрүттээбит эрэ буолбакка саха өйүн-санаатын тутулун уларыппыт, саҥаттан сонуннук оҥорбут киһи буолар. Платон Алексеевич суруйан хаалларбыт айымньыларын иитэр-үөрэтэр күүһэ, дьайыыта улахан. Кини олоҕун холобура, айымньылара бэйэтин кэминэн эрэ муҥурдаммакка, саха норуотун кэнэҕэскитэ, үүнэр көлүөнэ хайдах, хайа диэки барыаҕын барытын Ойуунускай убайбыт торумнаабыт курдуктар.
П.Ойуунускай олоҕор-дьаһаҕар, айар үлэтигэр сыһыаннаах билигин даҕаны сытыытык турар боппуруос элбэх. Саҕаламмыт саҥа саҕах, алгыстаах аартык арыллар кэмигэр өй-санаа, билии-көрүү өттүнэн хомуурунньук матырыйааллара көмө буолаллара саарбахтаммат. Саҥа көлүөнэ стандарт кэмигэр суруйааччы айымньыларын үөрэтии үөрэнээччини сиэрдээх буоларыгар үтүө өрүттээхтик дьайарын таһынан, үгүстүк толкуйдатар, араас санааны үөскэтэр.
Хомуурунньук үс түһүмэҕнэн наарданна. Бастакы түһүмэххэ П.А.Ойуунускай сүҥкэн салайааччы уонна хомуһуннаах тыллаах улуу суруйааччы быһыытынан арылынна. Иккис түһүмэххэ П.А. Ойуунускай айымньыларын дириҥ философията, хомуһуннаах тыла-өһө уруоктар холобурдарыгар дьэҥкэтик көстөр. Үһүс түһүмэххэ учууталлар, иитээччилэр Ойуунускай айымньыларын кылаас таһынан ыытыллар араас хайысхалаах дьарыктарга хайдах хабааннаахтык, ханнык түгэҥҥэ туттубуттарын көрөбүт.
П.А.Ойуунускай айымньылара, олоҕо-дьаһаҕа билигин да саҥа саҕахха угуйа-ыҥыра тураллар. Кини айбыта-туппута- саха литературатын чыпчаала, үрдүк мындаа чыпчаала!
Скачать:
Вложение | Размер |
---|---|
sbornik_po_oyunskomu_2013.doc | 2.02 МБ |