Конспекты уроков
план-конспект урока по технологии (2 класс) на тему
Открытый урок по технологии 2 класс
Скачать:
Вложение | Размер |
---|---|
Открытый урок по технологии 2 класс | 44 КБ |
Предварительный просмотр:
Технология уруога (2 кылаас)
Буолар күнэ:
Уруок тиэмэтэ: «О5уруонан тиһии. Оһуор».
Уруок сыала:
- Саха норуотун о5уруонан киэргэллэрин туһунан, о5уруо көрүңүн билиһиннэрии; саха оһуорун арааһын көрдөрөн билиһиннэрии, оһуор суолтатын быһаарыы.
- О5уруону табатык туттарга, тигэр сатабылларын сайыннарыы; иннэнэн сэрэхтээхтик туттуу.
- Өбүгэлэрбит үгэстэрин үйэтитиигэ, саха норуотун сиэринэн оһуор ойуутун аналынан туттарга иитии.
Туттуллар тэрил: о5уруо арааһа, иннэ, сап, таңас, билэ көрүңэ, оһуор ойуулара – альбом, проектор, экран, «Мандар Уус» - кинигэ.
Уруок хаамыыта:
- Тэрээһин чааһа.
- Үлэ уруогар бэлэмнэммиппит курдук, о5уруонан иистэнэ үөрэниэхпит. Бу уруокпут Саха норуотун искусствотын билиһиннэрэр сыалтан ыытыллар. Эһиги былыр сахалар хайдах олорбуттарын, туох дьарыктаахтарын, малларын-салларын билэ5ит. Саха омук биир сүрүн дьарыга – иистэнии буолар эбит. Иистэнии биир көрүңэ о5уруонан тиһии буолар. Бүгүн ону кэпсиэм.
- Сүрүн чааһа.
Бэсиэдэ: - О5уруо киэргэл быһыытынан уруккуттан туттуллар. Былыргы сахалар таңастарын киэргэтэн, ойуулаан симииллэрэ. О5уруо өстүөкүлэттэн үөскээбит эбит. Аан бастаан о5уруонан тиһиини Египекка са5алаабыттар. Онтон киэңник тар5анан барбыт.
О5уруону былыр Саха сиригэр ыраах нуучча сириттэн баай атыыһыттар а5алан күндү түүлээххэ, көмүскэ эргинэн бараллара. Ол курдук, сахалар көмүһүнэн эрэ буолбакка о5уруонан кытары таңастарын-саптарын, туос иһиттэрин киэргэтэр буолбуттар.
О5уруону өңүнэн быһаараллар: маңан – иллэң буолуу, ыраас, дьыл5а, үтүө диэн өйдөбүллээх; кыһыл – таптал, уот, хаан; ара5ас – итэ5эл, хомойуу; халлаан күөх – уоскуйуу; от күөх – эрэл; хара – кимтэн да тутулуга суох, хараңа.
О5уруонан тиһии көлүөнэттэн көлүөнэ5э бэриллибит норуот искусствота, айымньыта буолар, о5уруонан таңаска-сапка айан ойуулууллара. Биһиги төрүттэрбит, былыргы сахалар о5уруонан элбэхтик тутталлара. Ол курдук, таңаска оһуордаан киэргэтэллэрэ: үтүлүккэ, кэһиэччиккэ, бастыңа5а, этэрбэскэ, туос иһиккэ кытта.
О5уруонан тиһэн араас орнаменнары, оһуордары оңороллоро. Оһуор араастаах буолар эбит. Саха оһуордара атын омуктар оңоһуктарыгар маарыннаабат, туспа көрүңнээхтэр. Сахалар таңас, көмүс, туос оңоһуктарга тус-туспа орнаменнары тутталлар эбит. Бу кинигэ5э көрөргүт курдук: таңастар, атын сымна5ас матырыйааллар оңоһуктар киэргэллэрэ; маска уонна муоска быһан оңоруу; көмүскэ уонна тимиргэ быһан уонна таптайан оңоруу; туоска быһан уонна тигэн оңоруу; туойга баттаан оңоруу. Ити курдук сүрдээх элбэх араастаах эбит саха оһуора. Аны оһуордара тус-туһунан ааттаахтар эбит: охторуу, тыал ойуу; илим хара5а, ат туйа5а, кымырда5ас, уу долгуннара, сибэкки, таңалай ойуу, кырынаас суола, долгун, тиис, сүрэх, харыйалыы. (Оһуор ойууларын көрдөрүү).
- О5уруонан киэргэтиллибит таңас-сап олус үчүгэйдик көстөр уонна норуоппут традицияларын үйэтитэр. Чэриктэй биир киэн туттар норуот маастара 81 саастаах Горохова Александра Егоровна үлэлэрин билигин экранна көрүөхпүт.
- Үлэ хаамыытын билиһиннэрии.
- Үлэбитин са5алыахпыт иннинэ таабырынна таайсыахха:
- Уп-уһун кутуруктаах көмүс ат баар үһү (иннэ).
- Икки хотой тумус тумустарынан тобулута тоңсуйаллар үһү (кыптыый).
- Мас ырбаахылаах хара Уйбаан муннунан суруйарын сөбүлүүр (харандаас).
- Дьэ, бу таайбыт малларгытын үлэ5э туттуохпут. Туттар тэрилбитин бэлэмнээн уурабыт.
- Билигин сүрүн үлэбитигэр киирэбит. Үлэбит былаанын кытта билсэбит:
- Оһуору талыы;
- Таңаска ойуулааһын;
- О5уруонан тиһэн анньыы;
- Сиппит оһуор көрүңэ.
- Үлэлииргэ тэриллэрбитин бэлэмниибит. О5уруобутун нэлэгэр иһиккэ кутабыт. Өңңүтүн эрдэттэн талан кэлбит буолуохтааххыт.
4. Сынньалаң.
- Билигин тарбахтарбытын эрчийэ таарыйа, өбүгэлэрбит оонньуутуттан сахалыы оонньууну «О5уруо тиһээһинэ» диэн эрээтинэн оонньуубут. Манна биирдии хамаанда5а тэң ахсааннаах икки араас өңнөөх о5уруо, сап бэриллэр. Бастакы о5о кэлэн биир үрүң, биир хара о5уруону сапка тиһэр, иккис о5о кэлэн биир үрүң, биир хара о5уруону тиһэр, ити курдук уочаратынан өңүн көрөн тиһэ5ит. Хайа хамаанда эрдэ, сөптөөх бэрээдэгинэн тиһэр эбитий.
5. Дьарык.
- Сүрүн үлэбитигэр киирэбит. О5уруонан таңаска быысапкалаан тигиэххит. Маңнай бу фигуралар шаблоннарын талан ылан, таңаска түһэрэн ыла5ыт, онтон иистэнэбит. Иннэ5э сэрэхтээх буолуу быраабылатын тутуһабыт. Сапка 3-4 о5уруону тиһэн баран таңаска иңиннэрэбит. Бүтэрдэххитинэ тикпит о5уруо5утун бө5өргөтөн биэрэ5ит, оччо5уна быыһа суох, үчүгэй көстүүлээх буолар.
(О5олор үлэлэрэ)
- Уруокпут түмүктэнэр, саппытын түмэбит, иннэни миэстэтигэр (иһитигэр) уурун. Эһиги сахалыы оһуор көрүңүттэн о5уруонанан тиһэн боруобаланныгыт. Тикпит оһуоргутун биир-биир көрдөрө5үт уонна туохха майгынныырын быһаара5ыт.
Түмүк:
- үлэлэри ырытыы, сыаналааһын;
- быыстапка тэрийэн ууруу;
- уруок түмүгэ.
По теме: методические разработки, презентации и конспекты
конспект урока по русскому языку 4 класс " Имя прилагательное", конспект урока по математике 4 класс "Деление многозначного числа на однозначное"
Конспект урока по русскому языку ( 4 класс). Автор учебника - Рамзаева. Тема урока - " Имя прилагательное". Тип урока - открытие новых знаний. Конспект урока по математике ( 4 класс). Автор -...
Конспект урока окружающий мир на тему "Равнины и горы". В конспекте указаны этапы урока и виды деятельности учителя и учащихся.
В конспекте урока расписаны этапы урока и виды деятельности учащихся на каждом из них. Знакомство с новым материалом подводится через решение проблемной ситуации. На уроке дети работают в парах, групп...
План-конспект урока по физической культуре для 4 класса. Конспект - урока: Использование современных танцевальных фитнес программ на уроке физической культуры
Цель: Повысить интерес к занятиям физическими упражнениями, через музыкально - двигательную деятельность учащихся, содействовать поддержанию и развитию их активности.Задачи:1.Формировать двигате...
План-конспект урока по чтению (1 класс) по теме: Конспект урока литературного чтения в 1 классе ."Школа 2100"
Урок литературного чтения в 1 классе «Школа 2100»Тема: Недолгая красота весны.( Николай Иванович Сладков «Бегство цветов» )Цель: формирование читательской компетенции учащихсяЗадачи: - форм...
Конспект интегрированного урока для 1 класса (окружающий мир - математика). Конспект урока по математике для 4 класса
Урок можно проводить как в классе так и в условиях выездной школы.Тема: Как появилась наука геометрия.Ожидаемый результат: ученик, который умеет отличать кривую линию от прямой. Ребенок, у котор...
План-конспект урока математики по теме "Сложение вида 61+7 и соответствующие случаи вычитания; план-конспект урока чтения по теме "Е. Пермяк. Случай с кошельком"
Возможно, урок в помощь начинающему педегогу коррекционной школы....