Уһун аһа5ас дор5оонноох тыллар таба суруллууларын үөрэтии ньымалара.
методическая разработка на тему

Шергина Татьяна Анкиевна

методическая разработка по теме  "Уһун аһа5ас дор5оонноох тыллар таба суруллууларын үөрэтии ньымалара" к урокам родного (якутского) языка.

Скачать:


Предварительный просмотр:

А.Е.Кралин аатынан Аба5а агротехническэй орто оскуолата.

Уһун аһа5ас дор5оонноох тыллар таба суруллууларын үөрэтии ньымалара.

                                                                                       Суруйда: Шергина Т.А.

                                                                                       алын сүһүөх кылаас учуутала

                                   

Аба5а. 2009 сыл.

Үлэ былаана:

Киириитэ.

  1. Уһун аһа5ас дор5оонноох тыллары суруйуу:
  1.  Уһун аһа5ас дор5оонноох тыллары суруйууга ал5аһы оңоруу өрүттэрэ.
  2. Аба5а алын сүһүөх кылаастарын үөрэнээччилэрин суругунан үлэлэрин ырытыы.
  1. Таба суруйууга үөрэтии ньымалара:
  1.  Орфографичемкай үлэ көрүңнэрэ.
  2.  Уруокка туттуллар дидактическай үлэлэр.

Түмүк.

Саха тылын уруогун былаана.

Туһаныллыбыт литература.

Начальнай кылааска тɵрɵɵбүт тылы үɵрэтии сүрүн сыала - үɵрэнээччи бэйэтин санаатын чуолкайдык, ис хоhоонноохтук сааhылаан саҥарарын уонна таба суруйарын ситиhии буолар. Тɵрɵɵбүт тылы үɵрэтии соруктара итинтэн үɵcкээн тахсаллар. Истии, саҥарыы, аа5ыы, суруйуу сатабылларын уонна үɵрүйэхтэрин сайыннарыы.

Билигин о5о баhыйар ɵттɵ телевизор, компьютер иннигэр олорор.Билиҥҥи кэмҥэ о5о кинигэни аа5ара а5ыйаан иhэр, үксүн кылааска аахпытынан сылдьар.. Онон тылын сайдыыта да, таба суруйар дьо5ура мɵлтɵɵн иhэр. Ийэ тылы таба туhаныы, суруйуу сүрүн боппуруостартан биирдэстэрэ. Онтон сэдиптээн о5о сахалыы толкуйун сайыннарыы, ол инниттэн о5о үɵрэнэр дьарыгын тэрийии – бүгүҥҥү учуутал сүрүн соруга.

Саха  тылыгар бары аhаҕас дорҕооннор кылгас уонна уhатыылаах буолуулара – бу биhиги дорҕооммут систематын биир уратыта буолар. Саха уhатыылаах дорҕоонноро тыл суолтатын быhаараллар. Уhатыылаах аhаҕас дорҕоону таба суруйарга үɵрэтии тɵhɵлɵɵх сыранан ситиhиллэрин учуутал барыта билэр. Оҕолор бу орфограмманы таба суруйууга улаханнык ыарырҕаталлар. Кэнники ыытыллыбыт контрольнай үлэлэр кɵрдɵрɵллɵрүнэн, аhаҕас дорҕоон уhунун таба бэлиэтээhиҥҥэ алҕаhы оҥоруу уопсай алҕастан бүтүннүүтүттэн 1-гы кылааска 34,2%, 2-с кылааска 27,7%, 3-с кылааска %-нын ылар. Манна алҕаhы оҥоруу икки ɵрүттээх. Бииринэн, үɵрэнээччи уhатыылаах аhаҕас дорҕоону икки букванан бэлиэтиирин оннугар биир эрэ букваны туруоран кэбиhэр. Ити аата кини уhатыылаах аhаҕас дорҕоону кылгас аhаҕас дорҕоонтон сатаан араарбат.  Иккиhинэн, үɵрэнээччи кылгас аhаҕас дорҕррну биир букванан бэлиэтиирин оннугар, икки букванан бэлиэтиир. Ити аата кини кылгас аhаҕас дорҕоону уhатыылааҕы кытта булкуйар.

Алҕас кɵрүҥнэрэ

1 кылаас

2 кылаас

3 кылаас

4 кылаас

Аhаҕас дорҕоон уhунун-кылгаhын бэлиэтээhиҥҥэ тахсыбыт алҕас барыта

92  

29

31

Уhатыылаах  аhаҕас дорҕоону    биир  букваны бэлиэтээhин

64    34,2

20   27,7

               21

24   11,7

Кылгас аhаҕас дорҕоону икки букванан бэлиэтээhин

28

9

2

 

4 кылаас 128 сыыhа (4,5%) биир о5о5о тиксэр ортотунан 10 сыыhа.  Сыыhа уопсай ахсааныттан уhун аhа5ас дор5ооҥҥо  түhэриллибит сыыhа 18,7% ылар.

3 кылаас 128 сыыhа (4,5%) биир о5о5о тиксэр ортотунан 10 сыыhа.  Сыыhа уопсай ахсааныттан уhун аhа5ас дор5ооҥҥо  түhэриллибит сыыhа 18,7% ылар.

2 кылаас 56 сыыhа (4,8%) биир о5о5о ортотунан 6 сыыhа тиксэр.  Сыыhа уопсай ахсааныттан уhун аhа5ас дор5ооҥҥо  түhэриллибит сыыhа 35,7% ылар.

1 кылаас 239 сыыhа (13%) биир о5о5о ортотунан 14 сыыhа тиксэр.  Сыыhа уопсай ахсааныттан уhун аhа5ас дор5ооҥҥо  түhэриллибит сыыhа 26,7% ылар.

Бу алҕас ылар бырыhыана улахан. Итинэн   начальнай кылаастарга аhаҕас дорҕоон уhунун кылгаhын таба суруйуу тоҕо итиччэ кыайтарбатый диэн ыйытыы үɵcкээн тахсар. И.И. Каратаев маннык быhаарар: «Оҕолор аhаҕас дорҕоон уhунун-кылгаhын чуолкайдык араарбаттара саҥарарга аhаҕас дорҕоон этиллиитин уhуна араастаан халбаҥныы cылдьарыттан тутулуктаах эбит. Онуоха эбии саҥа суруйа үɵрэнэр оҕо ботугурууругар хас биирдии аhаҕас дорҕоону кичэйэ-кичэйэ арааран этэргэ кыhанар, ол сылдьан сороҕор кылгас аhаҕас дорҕоону уhатыылаах аhаҕас дорҕоон курдук уhуннук этэн таhаарара да баар буолар.»

Бу орфограмманы ханнык баҕарар тылга сыысхала суох таба суруйарга үɵрэтии үгүс дьаныардаах үлэнэн ситиhиллэр. Таба суруйа үɵрэтэргэ тыл ыарахана-чэпчэкитэ, тыл дорҕоонун, сүhүɵҕүн састаба хайдаҕыттан уонна киниэхэ тɵhɵ элбэх орфографическай мэhэйдэр баалларыттан тутулуктаах. О5о тɵhɵнɵн чуолкайдык саҥарар да, суруйарыгар оҥорор ал5аhа соччонон а5ыйах. Ол иhин учуутал бастаан үɵрэнээччи тылы чуолкайдык саҥарда үɵрэтэр.

Орфографическай үлэ көрүңнэрэ:

  • Тыллар дорҕооннорун истиинэн быhаартарыы. Маннык ырытыыга биирдии эрэ дорҕоонунан уратылаhар тыллары биэрэр ордук:

Атах-атаах     хаhыы-хааhы

Ити-итии       атар-атаар

Тас-таас          күлүк-күлүүк

Маннык холобурдар дорҕооннору сɵпкɵ суруйуу тыл суолтатын уларытарын чаҕылхайдык кɵрдɵрɵллɵр. Холобурдары оҕолор этиигэ киллэрэн кɵрдɵрүɵхтээхтэр.

  • Уhун аhаҕас дорҕооннордоох тыллары дуоскаҕа суруйтарыы, ырытыы, сɵпкɵ ааҕарга эрчиллии.
  • Үɵрэтиллэр орфограммалаах тыллары оҕолорго бэйэлэригэр булларыы. Холобур, дорҕооннорун састааба кылгас уонна уhун аhаҕас дорҕооннорунан эрэ атыннаах биир сүhүɵхтээх тыллары булларыы; бастакы сүhүɵхтэрэ уhун аhаҕас дорҕоонноох тыллар.
  • Орфографическай тылдьыты туhана үɵрэтии.
  • Таба суруйууга кɵрɵн ɵйдɵɵhүн суолтата улахан. Кɵрɵн   ɵйдɵɵhүҥҥэ элбэхтик эрчиллии туhалыыр: устуу, уhун аhаҕас дорҕоонноох тыллары булан аннынан тардыы, бэриллибит тылларынан этии оҥоруу, талар диктант, словарнай диктант, уо.д.а.

Орфографияҕа үɵрэтэргэ эрчиллии араас кɵрүҥнэрэ туттуллаллар, ону барыллаан маннык бɵлɵхтɵргɵ араарыахха сɵп: устуу, диктант, айар үлэ, орфографическай ырытыы. Оскуолаҕа ордук элбэхтик туттуллар кɵрүҥүнэн устуу буолар. Кини судургу уонна сорудахтаах устуу диэҥҥэ араарыллар. Сорудахтаах устууга текст тылларын сорудах быhыытынан уларытан, эбэн, кɵҕүрэтэн суруйуллар. Устууга бэриллэр сорудахтар: кɵтүтүллүбүт букваны, сɵhүɵҕү, тылы ситэрэн суруйуу; букваны, сүhүɵҕү, тылы булан аннынан тардыы; орфограмманы булан бэлиэтээhин; текстэн тыллары, тыллар ситимнэрин булан устуу; бэлиэтэммит тыллары ырытыы.

Орфографияҕа үɵрэтэр эрчиллии  биир саамай сүрүн кɵрүҥүнэн диктант буолар.диктант арааhа элбэх: сэрэтэр диктант, талар диктант, кɵҥүл диктант, айар диктант, бэйэ диктаннаныыта, бэйэни бэрэбиэркэлэнэр диктант, графическай диктант, словарнай диктант.

Орфографическай сыаллаах ыытыллар бэйэттэн холобурдары булуу, аахпыттан уонна ɵйтɵн суруйуу айар үлэҕэ киирэр. Бу үлэлэр таба суруйууга аналлаах сорудахтаах буолаллар.

Орфографическай алҕастары кɵннɵрүүгэ үлэ. Алҕастары кытта үлэ системалаахтык ыытыллыахтаах.

Дидактическай эрчиллиилэр оҕо толкуйдуур дьоҕурун, ол аата үɵрэнээччи кэтээн кɵрɵр, тэҥниир, араарар, бɵлɵхтүүр, түмүк оҥорор дьоҕурун сайыннарыы. Эрчиллиилэр араас ис хоhоонноохтор: бэлэмниир, эрчийэр, бэрэбиэркэлиир, түмүктүүр, хатылыыр. Онон уруок ханнык баҕарар этабыгар туттуохха сɵп.

Холобура: кɵтүтүллүбүт буукубаны туруоруу, саҥа тылы үɵскэтии, тыллар ыhыллыбыттарын сааhылааhын, тылы бэлиэнэн суруйуу, «сɵпкɵ суруй», «сыыhаны булан кɵннɵр» диэн сорудахтары толоруу, схемаҕа сɵп түбэhэр тыллары бул, бэриллибит теманан уhун аhаҕас дорҕоонноох тыллары булуу, буукубаны уларытан атын тылларда таhаар, сүhүɵхтэри холбоон тылларда таhаар, сүhүɵххэ арааран уhул, ребус, кроссворд таайыы, хартыынаттан уhун аhаҕас дорҕоонноох тыллары булуу, тыллары тɵттɵрү ааҕан саҥа тыллары таhаарыы, уhун аhаҕас дорҕооннору аннынан тарт,

Сайыннарар үɵрэх үгэс буолбут үɵрэхтэн уратыта диэн оҕо, үɵрэнэр дьарыкка киирэн уруокка учуутал бэлэми биэрэрин ылар буолбакка, билии-кɵрүү ньыматын бэйэтэ баhылаан, сатаан үɵрэнэр дьоҕурун сайыннарара. Онон үɵрэтэр матырыйаал, сорудаҕа оҕо бэйэтэ толкуйдаан үɵрэнэрин ирдиир. Сайыннарыылаах үɵрэх бу хайысхаларын барытын тус-туспа ньыманан, тус-туhунан сорудах, эрчиллии кɵмɵтүнэн ситиhиэххэ сɵп.  

Уруокка проекторы, интерактивнай дуосканы туhаныы о5ону ордук интэриэhиргэтэр. Маннык ньыманы туттуу табыгастаах:

  1. Грамматическай сорудахтары экраҥҥа кɵрɵн олорон тутатына бэрэбиэркэлээн оҥоруу табыгастаах.
  2. Араас эрчиллиилэри кɵрɵн олорон аа5аллара, тэҥнииллэрэ, ырыталлара о5о ылынарыгар кɵмɵлɵɵх, о5о алтыhыыгакиирэн сана атастаhар, мɵккүhэр, түмүк оҥорор.
  3. Учебника суох матырыйаалы, уруhуйдары, сорудахтары эбии туттарга табыгастаах.

Бу үлэни уруокка утумнаахтык эрийэн ыыттахха, тылы таба суруйар үɵрүйэ5и иҥэрэргэ кɵмɵлɵɵх. Холобур а5аллахха, быйыл 2 кылааска үɵрэнэр о5олорум 1 чиэппэргэ  суруйбут диктаҥнарын ырытан көрөр буоллахха: уопсай түһэрбит сыыһаларын ахсаана 68, ол иһиттэн уһун аһа5ас дор5ооңңо түһэрбит сыыһаларын ахсаана 30. Онтон 3  чиэппэр түмүгүнэн уопсай түһэрбит сыыһаларын ахсаана 49, ол иһиттэн уһун аһа5ас дор5ооңңо түһэрбит сыыһаларын ахсаана 19. Онон тылы таба суруйар үɵрүйэ5и сайыннарарга туhанар араас кɵрүҥнээх үлэ кɵдьүүcтээ5э кɵhүннэ.

1 чиэппэр

2 чиэппэр

3 чиэппэр

Түhэрбит сыыhатын ахсаана

Уhун аhа5ас дор5ооҥҥо түhэрбит сыыhата

Түhэрбит сыыhатын ахсаана

Уhун аhа5ас дор5ооҥҥо түhэрбит сыыhата

Түhэрбит сыыhатын ахсаана

Уhун аhа5ас дор5ооҥҥо түhэрбит сыыhата

Кириллина Лена

6

4

4

1

4

-

Никитина Саргы

8

5

5

3

5

1

Новикова Дайана

3

1

-

-

-

-

Попов Костя

4

-

3

1

3

2

Севостьянов Денис

11

5

8

5

9

4

Сивцев Сережа

14

6

11

6

12

4

Скрябин Дима

10

5

11

6

10

4

Тритонова Аина

8

3

5

1

4

2

Яковлев Сандар

4

1

-

-

2

2

68

30

47

23

49

19

Дидактическай эрчиллиилэр оҕо толкуйдуур дьоҕурун, ол аата үɵрэнээччи кэтээн кɵрɵр, тэҥниир, араарар, бɵлɵхтүүр, түмүк оҥорор дьоҕурун сайыннарар. Онон тылы таба суруйууга араас кɵрүҥнээх үлэни таба туhаннахха, о5о тылы сɵпкɵ cуруйар үɵрүйэ5ин сайыннарыахха, ууc-уран тылга бол5омтотун уурар буоларын ситиhиэххэ сɵп.

Саха тылын уруога.

Темата: Этии

Сыала: 1.

1.Көппүт аһа5ас дор5ооннору туруоран суруйуң.

*ҕуй   *ҕус        сахс*рҕа

     аh*ҥа                  кум*р

  тиг*йи         кым*рдаҕас

2. Саңа тема.

  • тыллар

эбэ    кыра      сиэн  

    остуоруйа       аах

  • этии

Эбэтэ кыра сиэ-нигэр остуоруйа аа5ар.

  • Быраабыла

          Тыллар ситимнэһэн толору өйдөбүллээх этии буолаллар.

          Этии улахан буу-кубаттан са5аланар, бүтүүтэ туочука турар.

  1. 244 эрчилии.
  •   Мэник Мэнигийээн ыһан кэбиспит тылларын сааһылаан этиитэ оңоруң.
  • Тэтэрээккэ суруйуң.
  • Этиини суруйаргытыгар бы-раабыла5ытын санаан.

Бэрэбиэркэлээ

Сандал саас тиийэн кэллэ. Үөһэттэн күн ча5ылыйа тыкта. Та-һырдьа о5о саңата элбээтэ.

  1. 245 эрчиллии
  1.   Ойуулартан предмет аатын көрдөрөр тыллары булуң.
  2. Ойуулартан предмет бэлиэтин көрдөрөр тыллары булуң.
  3. Ойуулартан предмет тугу гынарын көрдөрөр тыллары булуң.
  4. Тыллары ситимнээн ойуу аайы этиитэ оңоруң.
  5. Сыһыарыылары аннынан тардың.

Бэрэбиэркэлээ

Катя сыыртан са-лаасканан түстэ. Варя кыптыыйынан сулуһу кырыйда. Коля сибэк-кигэ уу кутта.

5. 248 эрчиллии

  • Этиилэри ситэрэн аа5ың.
  • Тиэкискэ хас этии баарый?
  • Этии бүтүүтүгэр куоласкыт хайдах уларыйда?
  • Этиилэри тэтэрээккитигэр суруйуң.

6. Түмүк

  • Уруокка туох саңаны биллигит?
  • Этии тыллартан туох уратылаа5ый?
  • Этиини суруйарга ханнык быраабыланы тутуһа5ытый?

Туһаныллыбыт литература.

Каратаев И.И.  Начальнай кылаастарга уһатыылаах аһа5ас дор5оонноох тыллар таба суруллууларын үөрэтии сорох лингвистическэй өрүттэрэ. Якутскай., 1980

Кондакова У.Ф. Саха тылыгар дидактическай матырыйаал.  Дьокуускай., 1993

Неустроев Н.Н. Саха тылын методикатыгар очеркалар. Якутскай., 1982

Филиппова Н.И. Тыл оһуора. Дьокуускай., 2002

Андреева З.Д. Маңнайгы кылаас о5отун үөрэтиигэ дидактическай матырыйаалы туһаныы уонна үлэ көрүңнэрэ.  Бастакы үктэл., №2 2008

Кузьмина М.Н. Саха оскуолатыгар грамота5а үөрэтии үгэс буолбут систематын саңалыы көрүү сорох өрүттэрэ.  Бастакы үктэл., №2 2007


По теме: методические разработки, презентации и конспекты

Билгесез кушылучыны табу

Максат:Кушканда саннар арасындагы бәйләнешне кабатлау. Яңа типтагы тигезләмәләрне чишәргә өйрәнү. Тигезләмә төзеп мәсьәлә чишү. Язып кушу һәм алу алымнарын ныгыту. “Табигый зоналарны” кабатлау....

Билгесез кушылучыны табу

Конспект урока по математике для 4 класса по теме " Нахождение неизвестного слагаемого" по учебнику М.И.Моро, М.А.Бантовой и др. УМК "Школа России"...

“Бәхет ул – игелек эшләүдән тәм табу.” класс сәгате.

Материал для проведения классного часа....

«Тырымнас тыллары хатылаа… (Маар-Кµ³л суруйааччылара)» 8-9 кылааска элективнэй куурус программата

Элективнэй кууру´у Маар-Кµ³л орто оскуолатын учууталлара о²ордулар. Бу µлэ саха тылын уонна т³рµт культура учууталларыгар, 8-9 кылаас µ³рэнээччилэригэр, литератураны интэриэhиргиир аа±ааччыларга, кыра...

Cаҥа көлүөнэ стандарт олоххо киирэр кэмигэр үөрэнээччи сиэрдээх киһи буола улаатарыгар П.А.Ойуунускай айымньыларын үөрэтии суолтата

АаҕааччыгаСаха   норуотун чулуу уола,  айар талаан чаҕылхай холобура буолбут улуу киһибит, П.АСлепцов-Ойуунускай  төрөөбүтэ 120 сылын бэлиэтээтибит.  Саха литературатыга...

Презентация с гипер ссылкой: 20 иьинэн суоттаныллар дьайыылар ньымалара

20 иьинэнэ суоттаныллар дьайыылар ньымалара бу презентацияны кылгастык уруок бириэмэтигэр тутуохха сэп...

Алын сүһүөх кылаас оҕолоругар ааҕыы уруоктарыгар туттуллар ньымалар

Алын сүһүөх кылаас оҕолоругар ааҕыы уруоктарыгар туттуллар ньымалар...