Сценарий "Букубаар, быраьаай"
план-конспект занятия (1 класс) на тему
Ханнык багарар бырааьынньыгы ыытарга бэлэм сценарий баара учууталга улахан кеме тирэх буолар. Оголорго бырааьынньыкка анаммыт сахалыы хоьооннор, ырыалар хомуурунньуктара суога ыарахаттары уксэтэр. Онон ким эмэ туьанаарай диэн сценарий онордум. Туьаннаххытына биллэрээрин, уеруем, ессе да ыытыам. Махтал.
Скачать:
Вложение | Размер |
---|---|
atributy.docx | 21.45 КБ |
Предварительный просмотр:
Атрибуты: Букубаар, чыычаах, хомус тыаьа...
1. Хомус тыаьыыр, чыычаах саната
1 оҕо: Чыычаахха чыычаах чуопчаарар тыла.
Сүүрүккэ сүүрүк сипсийэр тыла,
Этиҥҥэ – этиҥ эрчимнээх тыла-
Илгэлээх истиҥ ийэ тыл буолар
Оттон бу миэхэ ийэм биэрбит тыла,
Олоҕум тыла,
Тапталым тыла –
Мин төрүт тылым, мин ийэ тылым
Саргылаах сахам
Саҥата буолар.
2 оҕо: Олох муудараһын, киһи үрдүк аналын, кини уустук ис номоҕун, араас иэйиитин, санаатын, дууһатын хамсааһынын, сахабыт тылын кэрэтин, өлбөт-сүппэт үйэлээбит, көлүөнэттэн көлүөнэни төрөөбүт тылынан санарарга кынаттаабыт сахам дьонугар махталбын тиэрдэбин.
3 оҕо: Мин үөрэнээччи буоллум.
Аађарга, суруйарга үѳрэнним
Иннибэр миэхэ Билии киэң
аартыга аһыллынна
Үтүѳнү ѳйдүүр
Мѳкүнү мѳккүһэр
Үйэлээҕи айар-тутар дьоһун киһи буоларга бэлэммин!
Букубаар киирэн кэлэр: Дорооболорун оголоор! (оголор дорооболоьоллор)Улуу дьоннор кинигэни аађаллар, улуу норуот кинигэнэн сайдар. Кинигэ киһи өйүн-санаатын эрэ буолбакка киһи быһыытынан, сиэр-майгы өттүнэн эмиэ тургутар ураты күүстээх. Билиңңи технология сайдыбыт кэмигэр ођо барыта телевизорынан, компьютерынан, ватсабынан үлүһүйэр. Ол гынан баран кинигэ курдук киһи өйүн эргиччи сайыннарар күүстээђи булбаппыт. Кинигэни аађан олоххо баар үтүө - мөкү быһыыны ырытађын, историяны үөрэтэђин, билиңңи-урукку кэмнэргэ баар буолан хаалађын, олођу өйдүүргэ үөрэнэђин.
БиҺиги бэркэ билэр сүүрбэҺис үйэ улуу педагога В.А. Сухомлинскай маннык эппиттээх «Ођо кыра сааҺыгар бађата, интириэҺэ үөскээбэтэх, кинигэђэ тапталга иитиллибэтэх буоллађына, улаатар сааһыгар дууһата кураанах куһађан дьаллыктарга түргэнник ылларымтыа буолар». Онон, ођолоор, билиигэ тардыҺылаах буолаңңыт миигин бэркэ сѳбүлээн аахтыгыт, билиигит хаңаата, онон инникигитигэр эһиэхэ суол аһаҕас. Эһиги миигин аахтыгыт, үгүһү биллигит. Мин бүгүн кѳрүѳхпүн бађарабын эһиги хайдах сайдыбыккытын. Бэлэмнит дуо? Сөбүлэһэр буоллаххытына улаханнык таьынын уонна атаххытын тоһугуратын. Чэ, эрэ. оголоор, мин туспунан ырыа билэр буолаайагыт?
Хор "АБВГ диэммин..."
Буукубалар сүүрэн киирэллэр. Буукубалар оонньууллар. П. Тобуруокап хоьоонноруттан ааҕаллар.
Билбэтчэй киирэр: -Оҕолоор дорооболоруң!
-Мин кимминий, билэҕит дуо? (эн Билбэтчэйгин)
- Суох, миигин билбэт дьон итинник ааттыыллар. Дьиңинэн мин барытын билэбин ээ (буукубалары кѳрдѳрѳр уонна сыыһа этэр). Чэ, оччоҕо аахтаран кѳрүң эрэ (ааҕан иһитиннэрэр барыта сыыһа, оҕолор кѳннѳрѳн иһэллэр, учуутал Билбэтчэй тугу сыыста диэн ыйытыытыгар хардаран иьэллэр, тугу ѳйдѳѳбѳтүн этэллэр). Күлүмэң, ол оннугар мин суруйарга баҕас маастарбын ээ. Суруйан кѳрѳбүн да? Чэ, этиң ханнык тылы суруйабын (суруйар эмиэ барыта сыыһа, оҕолор кѳннѳрѳллѳр). Буочарым үчүгэй буолбат дуо? Ээ, чэ, ааҕар суруйар туохха нааданый? Эһиги тоҕо да үѳрэнэн эрэйдэнэҕит, очень жалко мне вас, ол кэриэтэ, мин курдук, таах, тугу да гыммакка сытыа этигит буолла. Ким миигин кытта догордоһуон баҕарар? (суох дииллэр). Тоҕо? (хомойор, ытыыр). Мин доҕорум суох, дьон бары миигин күлүү гынар. Оҕолоор, миигин үѳрэтиэххит дуо, мин эһиги курдук элбэх доҕордоох, сатаан суруйар, ааҕар буолуохпун баҕардым.
4 оҕо: Оҕолоор, учууталбыт биһигини кими да атаҕастаамаң диэн үѳрэтэр дии, куруук кылааска ким да ытыа суохтаах диэччи, онон саңа доҕордонуоххутун баҕараҕыт дуо? Кэл, доҕордоһуох, манна олорон иһит, биһигиттэн үѳрэн.
Оҕолоор, саңа доҕорбутугар норуот муудараһыттан ѳс хоһооннорун тѳһѳ билэргитин иһитиннэриң эрэ. Мин аңарын эттэхпинэ эһиги салҕыыгыт.
- Ким доҕордоох...
- Доҕор туһугар ...
- Доҕоргун кѳрдѳѳ...
- элбэх харчыланыма...
- туттуоң иннинэ толкуйдаа...
5 ого: "Дьурулуйар Ньургун Боотур" олонхоттон быьа тардыы.
Фольклорнай белех толоруута:
Сарсыарда саһарҕ
Сандаара дьэргэйдэ,
Ырыалар-тойуктар
Ытыллан бардылар,
Эһиэкэй-оһуокай,
Эһиэкэй- оһуокай.
Толору кымыстаах
Чороону көтөҕөн,
Дойдубут туһугар
Доҕотторуом, иһиэҕиҥ!
Тугун бэрдэй кэрэйтэй,
Туналыйар ыйдаҥа,
Ага кумах истиэбэр
Арылыйар сырдыҥа.
Саадьаҕай оҕус,
Сайгыччы соҕус
Айааннаан иһиий,
Алааспар тиэрдиий!
Чаабы-чыыбы чабырҕаҕы,
Ходьоҥ-идьэҥ хоһооннору,
Кулгаах-харах сэгэтэн,
Көрөн-истэн сэргэҕэлээҥ!
Туораах сыыһа тутуурдаах,
Тобугуруур тумустаах,
Чокуур кыыма бадахтаах
Чоҕулуҥнуур харахтаах,
Тырыбынас кынаттаах,
Тыбыгырас атахтаах
Чыычаах оҕото барахсан,
Төкөрүйэ-тэкэрийэ,
Чөкчөрөҥнүү-чэкчэрэҥнии,
Түүтүн-тумсун оҥосто,
Чөҥөчөккө олордо!
Тойон ыҥырыа
Мунна сыҥырыа,
Мүөт көрдөөн
Мөскөрдөөн,
Дыыгыныыр,
Сыыгыныыр.
Чыпчаххайдаах,
Чаҕаан тыллаах
Чабырҕахсыт сааһылаан,
Чабырҕаччы этэн
Чаҕылхайы, кэрэни
Чахчы хайҕаа!
Бары: Үлэбит биһиэнэ -
Үөрэх, үөрэх,
Үчүгэйдик үөрэнии
Үрдүк сорук,
Үгүс билии,
Үгэс курдук,
Үтүө кынат -
Үөһэ көтүтүө,
Үөрүүгэ тиэрди
Бөлөҕүнэн үлэ: Тыл оонньууларын ыытыы
4 ого: Дьэ, кер Билбэтчэй, кинигэни ааҕар буоллаххына эрэ сиэр-майгы ѳттүнэн ыраас дууһалаах буолуон, кэрэҕэ тардыһыан.
Билбэтчэй: Сеп, мин уерэнэр учугэйин ейдеетум, сурэхтээх эрэ буолуохха наада эбит оччого барыта табыллар эбит.
Букубаар: Оголоор, олус да маладьыастаргыт кытаатын уерэххитин кичэйин, кинигэлиин догордоьун диэн алгыыбын уонна бэйэм бэлэхпин хаалларабын (кинигэ бэлхтиээххэ сеп). Дьоллоох буолун!
По теме: методические разработки, презентации и конспекты
Устный журнал "Алын кылаас ,быраьаай!" (на родном языке)
Сценарий устного журнала на якутском языке "Алын кылаас,быраьаай!"...