Алын кылаас үɵрэнээччилэрин ааҕыыга уhуйуу
статья
Аныгы олох тэтимэ олус түргэнник сайдар. Интернет, смартфон, телевидение баһылыыр кэмигэр ааҕыыга интэриэс намтааhына бэлиэтэнэр.
Кинигэ- билии төрдө. Үчүгэй кинигэ – истиҥ иитээччи, үчүгэйгэ үөрэтээччи, чугас доҕор буоларын оҕо өйдүөхтээх. Оҕо хайдах үөрэхтээх, билиигэ баҕалаах киһи буола улаатара ааҕарга тапталы, интэриэһи иитииттэн улахан тутулуктаах. Элбэхтик кинигэни ааҕар оҕо тыла-өһө баай, билэрэ-көрөрө киэҥ, үөрэҕэр ситиһиилээх буолар. Алын кылаастарга хас биирдии оҕону өйдөөн ааҕарга үөрэтии биир сытыы кыһалҕа буолар. Ол инниттэн оҕо сөбүлээн, интэриэһиргээн ааҕар усулуобуйатын тэрийиэхтээхпит.
Эдэр ааҕааччы тус бэйэтин эйгэтин байытынар, олоҕу, тулалыыр эйгэни сөпкө сыаналыыр, билэр сыалтан кинигэҕэ, ааҕыыга интэриэһин сүтэрбэтин туhугар учуутал ааҕыыга кɵҕүлүүр араас ньымалары туттара ирдэнэр.
Скачать:
Вложение | Размер |
---|---|
statya_aa5yy.docx | 51.78 КБ |
Предварительный просмотр:
Алын кылаас үɵрэнээччилэрин
ааҕыыга уhуйуу
(тезис)
Ньурба оройуонун
С. С.Сүүлүскэй аатынан Сүлэ орто оскуолатын
алын сүhүөх кылааhын учуутала
Николаева Елена Ивановна
Үлэ тоҕосстооҕо: Аныгы олох тэтимэ олус түргэнник сайдар. Интернет, смартфон, телевидение баһылыыр кэмигэр ааҕыыга интэриэс намтааhына бэлиэтэнэр.
Кинигэ- билии төрдө. Үчүгэй кинигэ – истиҥ иитээччи, үчүгэйгэ үөрэтээччи, чугас доҕор буоларын оҕо өйдүөхтээх. Оҕо хайдах үөрэхтээх, билиигэ баҕалаах киһи буола улаатара ааҕарга тапталы, интэриэһи иитииттэн улахан тутулуктаах. Элбэхтик кинигэни ааҕар оҕо тыла-өһө баай, билэрэ-көрөрө киэҥ, үөрэҕэр ситиһиилээх буолар. Алын кылаастарга хас биирдии оҕону өйдөөн ааҕарга үөрэтии биир сытыы кыһалҕа буолар. Ол инниттэн оҕо сөбүлээн, интэриэһиргээн ааҕар усулуобуйатын тэрийиэхтээхпит.
Эдэр ааҕааччы тус бэйэтин эйгэтин байытынар, олоҕу, тулалыыр эйгэни сөпкө сыаналыыр, билэр сыалтан кинигэҕэ, ааҕыыга интэриэһин сүтэрбэтин туhугар учуутал ааҕыыга кɵҕүлүүр араас ньымалары туттара ирдэнэр.
Yлэ сыала: Алын кылаас үɵрэнээччилэрин ааҕарга тапталы, интэриэһи иитии усулуобуйаларын тэрийии.
Соруктар:
1. Ааҕыы туhунан улуу педагогтар этиилэрин үɵрэтии;
2. Уруокка уонна уруок таһынан ааҕыыга араас ньымалары үөрэтэн, үлэҕэ сөптөөҕү туһаныы;
3. Дьиэ кэргэнинэн ааҕыыны көҕүлээһин
Чинчийии ньымалара: анал литератураны ырытыы, ыйытынньык ыытыы, кэтээн кɵрүү
Биллиилээх педагогтар К.Д.Ушинскай, Д.И.Тихомиров, М.И.Оморокова, Р.С.Немов, Н.Н. Светловская уо.д.а. ааҕыыга чинчийэр үлэлэрэ ааҕыы методикатыгар саҥа хайысхалары киллэрбиттэрэ. Алын кылаас учуутала оҕону ааҕарга үөрэтэригэр үчүгэйдик психологияны, ааҕыы методикатын билэрэ ирдэнэр.
Бастакы сүһүөх оскуолаҕа литература ааҕыыта – сүрүн биридимиэттэртэн биирдэстэрэ. Ааҕыы уруогар учуутал иннигэр икки улахан сорук турар: уус-уран айымньыны үөрэтии уонна тылы сайыннарыы курдук икки хайысханы тутуһар.
Литература ааҕыыта суолтата улахан: ааҕыы эйгэтигэр киллэрэр, кинигэҕэ интэриэһи үөскэтэр, ааҕар баҕаны олохсутар, ситимнээх саҥаны сайыннарар, тыл саппааhын байытар;
оҕо сааһыгар сөптөөх өйү-санааны иҥэрэр, айар, толкуйдуур дьоҕурун сайыннарар; айымньы нөҥүө үтүɵ майгыны - сигилини иитэр; оҕо бэйэтэ сайдар, дьону кытта бодоруһар кыаҕын олохсутар.
Оҕону үчүгэйдик ааҕар диэн сыаналааhын ааҕыы техникатын баhылаабыта уонна аахпытын ɵйдɵɵбүтэ холбуу этиллэр. Ааҕыы бары кɵрүҥнэрин: табатык, тэтимнээхтик, хоhоонноохтук, ɵйдɵɵн ааҕыыны билсиспит, ааҕыы дьоҕурун баhылаабыт оҕо ситиhиилээхтик үɵрэнэригэр бигэ тирэхтэнэр.
Уруоктарга хайаан да эбии эрчиллиилэри, оонньуу-сорудахтары туһанар көдьүүстээх:
- литературнай бырааhынньыктар: «Букубаар бырааhынньыга», «Остуоруйаҕа ыалдьыттааhын», «Кинигэ бырааhынньыга»;
- литературнай оонньуулар «Дьиктилээх хонуу», «Дьоллоох түгэн», «Ɵркɵн ɵй» «Толкуйдаа. Оонньоо. Кыай»;
- күрэхтэр: «Мин сатаан ааҕабын», «Бастыҥ ааҕааччы», «Ааҕар дьиэ кэргэн» «Аман ɵс» уо.д.а.;
- викториналар «Ойуур оскуолата», «Остуоруйа дойдутугар» уо.д.а.;
- олимпиадалар уо.д.а.
Ааҕыыны сайыннарарга уруокка араас ньымалары туттабын:
1) Уруокка ааҕыы араас ньымаларын туһаныы: уруок саҕаланыыта 5 мүнүүтэлээх ааҕыы, хорунан, таска, оруолларынан, сыабынан, талан, дискэнэн (диафильм) ааҕыы.
2) «Ааҕааччы дневнигин» толотторуу.
Yɵрэнээччи хас аахпыт айымньытын аайы бэчээт туруоруу. Нэдиэлэ бүтэhигэр түмүктэри таhаарыы. Кыайыылаахтар бириистэринэн наҕараадаланаллар.
3). Ааҕыыны бэрэбиэркэлиир таблица.
Ааҕыы үөрүйэхтэрин бэрэбиэркэлээһини интэриэһинэйдик тэрийии. Бастыҥ ааҕааччы ракетаҕа олорор, ол аата кини аата ракета ойуутугар суруллар. Мɵлтɵхтүк ааҕар үɵрэнээччи черепахаҕа олорсор.
4). Аахпыты толору өйдүүргэ тиэкискэ аат толкуйдааһын, кэпсээни ситэрии, ыйытыы толкуйдааһын.
5). Айымньы ис хоһоонунан сөп түбэһэр ох тыллары, өс хоһооннору, иллюстрация талыы.
6). Таайбараҥнары таайыы.
7) Литературнай викториналар «Бу ханнык айымньыный?», «Айымньы ааптара кимий?», «Айымньы дьоруойун таай» уо.д.а.
8). Инсценировка туруоруу.
С. Маршак «Yүтээн», «Куоска, бөтүүк уонна саhыл», Л. Толстой «Саhыл уонна куртуйах»остуоруйаларын кылаас иннигэр оонньоон көрүү.
9) Уруогу бэйэтин эмиэ интэриэһинэй форманан ыытыахха сөп: оонньуу-уруок, осторуйа-уруок, айар уруок, викторина- уруок, айан-уруок уо.д.а. Оҕо интэриэһиргээн аахтаҕына айымньы ис хоһоонун толору өйдүүрэ саарбаҕа суох.
10). Айымньы ис хоhоонунан иллюстрация оҥоруу, «Мин сɵбүлүүр остуоруйам», «Мин сɵбүлүүр дьоруойум» уруhуйдааhын.
11). Тиэкис ыhыллыбыт этиилэрин сааhылааhын. Тыллара булкуллубут этиилэри сааhылааhын.
Онон, учуутал үлэтигэр туһанар ньымалара ааҕарга тапталы, интэриэһи иитиигэ улахан оруоллаахтар.
Ааҕыыга кɵҕүлүүр үлэ көрүҥнэрин ыытабын:
- Алын кылаастар кабинеттарыгар библиотекатын тэрийии;
- Оҕо хаһыаттарын, сурунаалларын хас биирдии дьиэ кэргэн суруйтарарарын көҕүлээhин;
- Уруок кэмигэр араас презентациялары, дискэлэри туһаныы;
- Кылаас, оскуола иһинэн ыытыллар күрэхтэргэ, викториналарга, олимпиадаларга кытталларыгар усулуобуйа тэрийии;
- Оҕолор айар үлэлэрин улуус, республика хаһыаттарыгар, сурунаалларыгар бэчээттэтии;
- «Оҕо кинигэтин нэдиэлэтигэр» кыттыыны тэрийии;
- Кинигэ быыстапкаларын тэрийии «Суруйааччылар –оҕолорго», “Оҕо кинигэтин дьоруойдара” уо.д.а.;
- Оҕо ааҕарыгар ыарырҕатар биричиинэлэрин булуу, ону туоратарга тиhиктээх үлэ ыытыы;
- Библиотеканы кытта утумнаах үлэни тэрийии;
- Айар үлэ умсулҕаныгар сыhыарыы;
- Чинчийэр, проектыыр үлэнэн сайыннарыы.
Онон, учуутал үлэтигэр араас ньымалары боруобалаан, туһалааҕын талан туһанара биһиги оҕолорбут ситиһиилээх буолалларыгар олук буолар.
Оҕо ааҕар дьоҕурун сайыннарыыга төрөппүт оруола улахан. Дьиэ кэргэҥҥэ ийэ-аҕа, эбээ-эһээ, эдьиий-убай ааҕаллара үтүө холобур буолар.
Төрөппүтү үөрэхтээһиҥҥэ төһө кыалларынан элбэх сүбэ-ама биэрэбин, көмө матырыйаалы түҥэтэбин, анкета ыытабын. Ордук элбэх ойуулаах кинигэ интэриэһи тардар, ойуулаах тылдьыттары туһаныы, таабырыннары, ребустары таайыы туһалаах.
“Ааҕар дьиэ кэргэн” күрэҕи кылааспыт иһинэн тэрийэн ыытабыт. “Саамай элбэх кинигэни аахпыт дьиэ кэргэн” номинация аныыбыт. Дьиэ кэргэнинэн араас таһымнаах викториналарга кытталларын көҕүлүүбүн. Төрөппүттэр ыытыллар тэрээһиннэргэ куруук көхтөөхтүк кытталлар.
Кылаас төрөппүттэригэр ыйытынньык ыыттым. Ыйытыыларга эппиэттээhиҥҥэ төрөппүт барыта кытынна. Ыйытынньык сыала: Дьиэ кэргэҥҥэ оҕо ааҕыытыгар төһө болҕомто уурулларын быhаарыы.
Ыйытынньык түмүгэ көрдөрдɵ:
- Дьиэ кэргэҥҥэ үгүстэригэр библиотека баар эбит;
- Сорох ыалга кыра аҥара, сороххо улахан аҥара оҕо кинигэтэ;
- Оҕолор бэйэлэрэ ааҕар буолбуттар;
- Улахан аҥардарыгар оҕотугар сөптөөх бириэмэ ааҕыыга бэриллэр.
Оҕо дьиэҕэ ааҕар усулуобуйатын төрөппүттэр син тэрийбиттэр, оҕо ааҕарыгар болҕомто уураллар эбит. Ол гынан баран, оҕо ааҕарынааҕар телевизорга, компьютерга олороро уһун.
Оҕолор үгүстэрэ остуоруйалары, кыыллар туһунан сөбүлээн ааҕаллар.
Төрөппүттэргэ ыйытынньык ыытыым түмүгэр, ханнык эмэ темаҕа сүбэлиэхпин-амалыахпын куруук наада эбит диэн түмүккэ кэлэбин.
Төрөппүттэргэ анаан бэсиэдэ ыытабын.
Төрөппүттэргэ сүбэлэр:
1. Төрөппүт сɵптɵɵх литературанан оҕотун хааччыйыахтаах;
2. Төрөппүт оҕо ааҕар кэмигэр холкутук, ыксаабакка олорон оҕо бэйэтин санаатын этэрин, кинигэ ис хоhоонун сиhилии кэпсиирин истиэхтээх;
3. Оҕо наhаа сылайбатын курдук дьарыктыахтаах;
4.Туох эмэ кыаллыбатаҕына тутатына учууталы кытта сүбэлэhиэхтээх;
5. Төрөппүт оҕото хайдах ааҕарыгар түмүк оҥостуохтаах.
Онон оскуолаҕа эрэ буолбакка, дьиэ кэргэҥҥэ эмиэ кинигэни оҕобут таптаан ааҕарыгар үөрэтэбит, кыһамньыбытын уурабыт.
Ааҕааччыны иитии – учуутал сүрүн сыала-соруга.
Учуутал сөптөөх, табыгастаах үлэ араас көрүҥнэрин туһанара, үлэ ситиһиилээх буоларыгар тиэрдэр.
Учуутал, тɵрɵппүт бииргэ оҕону кыра эрдэҕиттэн ааҕарга үɵрэттэхпитинэ, кинигэни таптыырга уhуйдахпытына сайдыылаах, дириҥ культуралаах, үрдүк үɵрэхтээх, киэҥ билиилээх киhини иитэн таhаарыахпыт. Онон хас биирдии тɵрɵппүт, учуутал оҕону кыра сааhыттан кинигэни ааҕарга үɵрэтэр-иитэр, кинигэлэргэ ɵбүгэбит хаалларбыт билиитэ-кɵрүүтэ, ɵйɵ түмүллүбүтүн ɵйдɵтɵр эбээhинэстээх.
Төрөппүттэри, библиотекары кытта ситимнээхтик үлэлии сатыыбын. Оҕону аахтарарга лекторийдары ыытабын, памяткалары түҥэтэбин. Дьиэ кэргэнинэн викториналарга, күрэхтэргэ кытталларын көҕүлүүбүн. Библиотекары кытта көмөлөөн “Ааҕар дьиэ кэргэн” күрэҕин ыытарбыт ордук көдьүүстээх буолар. “Аман өс”, ааҕааччы күрэҕэр, чинчийэр үлэлэргэ, проектар күрэхтэригэр ситиһиибит кырата суох. Ол барыта ааҕыы түмүгэ буоларын үөрэнээччилэргэ куруук санатабын.
Оҕолор, төрөппүттэр айбыт үлэлэринэн кыра кинигэ таһааран үлэ түмүгүн тута көрдөрөр. Инникитин оҕолор айбыт хоhооннорун, остуоруйаларын хаһыакка, сурунаалга бэчээттэтиэм үлэм биир сонун көстүүтэ буолуо.
Учуутал, тɵрɵппүт бииргэ оҕону кыра эрдэҕиттэн ааҕарга үɵрэттэхпитинэ, кинигэ ааҕарга тапталы, интэриэһи иитэр кыахтаахпыт.
Туһаныллыбыт литература:
- История педагогики в России. Хрестоматия. [электронный ресурс] Молдавская Н.Д. Литературное развитие школьников в процессе обучения/Н.Д. Молдавская. – М.: Педагогика,1976. –224с.
- Немов Р.С. Источники умственного развития детей младшего школьного возраста и причины их неуспеваемости. М., 2002
- Оморокова М.И. Совершенствование чтения младших школьников. Методическое пособие для учителя. М.: АРКТИ, 1999. – 160с.
- Программа "Литература аа5ыыта: 1-4 кылаас» Захарова Л.В., Флегонтова У.М. - Якутск, Бичик, 2013-55 с.
- Романовская З.И. Чтение и развитие младших школьников –М.: Педагогика, 1982. –128 с.
- Рыжкова Т.В. Литературное развитие младших школьников: Учебное пособие/ – СПб.: Изд-во РГПУ им. А.И.Герцена, 2006. –381 с.
- Светловская Н.Н., Пиче-Оол, Т.С. Обучение детей чтению / Учеб. пособие для студ. пед. вузов –М.: Академия, 2001. – 288 с.
- Учим успешному чтению. Рекомендации учителю: пособие для учителей общеобразовательных учреждений/ Т.Г. Галактионова, Е.И. Казакова, М.И. Гринева и др. – М. Просвещение, 2011. –88с.
- Федеральный государственный образовательный стандарт начального общего образования/ Министерство образования и науки Российской Федерации.–М.: Просвещение, 2010.–31 с.
По теме: методические разработки, презентации и конспекты
Алын кылаас о5отун олонхону аа5арга уьуйуу
Билинни кэмнэ о5олорбутугар телевизор, компьютер, видео, сотовай телефон сабыдыала улаатан иьэр. Бу аныгы тэриллэргэ аралдьыйан о5о сахалыы уус–уран кинигэлэри аахпат, фольклору билбэт буолан иьэр, са...
Хадаар игирэлэрэ (Новгородоскай ааҕыыга доклад)
Айыл5а5а араас дьиктилэр элбэхтэр. Ол курдук игирэ дьоннор айыл5а биир дьикти кѳстүүлэринэн буолаллар....
Олонхо педагогиката: алын кылаас о5олорун олонхонон иитии- уерэтии . (Алын кылаас учууталларын методическай холбоhугун улэтинэн).
Төрөөбүт тыл-киhи үөрэ5и билиини кэбэ5эстик ылынар, өйө санаата туругурар, майгыта сигилитэ ситэр, иhирэх иэйиитэ уhуктар,өлбөт үйэлээ5и айар- тутар дьо5ура тобуллар айыл5аттан бэриллибит эйгэт...
Башҡорт теле. 1 класс. Ф.Ш.Сынбулатова. Тема:Ҡалын һәм нәҙек әйтелешле һүҙҙәр.
Йәш уҡытыусыға ярҙам....
Организация нетрадиционных уроков по родной литературе как средство оценивания умений младших школьников. Методическое пособие для учителей «Алын сүһүѳх кылаастарга саха литературатыгар түмүктүүр уруоктар»
АннотацияСистематический контроль знаний и умений учащихся - важнейшее условие повышения качества обучения. В настоящем пособии рассматриваются разнообразные формы контроля, применяемые на уроках лите...
Алын сүһүөх кылаас оҕолоругар ааҕыы уруоктарыгар туттуллар ньымалар
Алын сүһүөх кылаас оҕолоругар ааҕыы уруоктарыгар туттуллар ньымалар...
Устный журнал "Алын кылаас ,быраьаай!" (на родном языке)
Сценарий устного журнала на якутском языке "Алын кылаас,быраьаай!"...