Дьиэ кэргэннэ о5олору сахалыы ньыманан иитии
статья по теме
Воспитывать детей на традициях народа Саха
Скачать:
Вложение | Размер |
---|---|
die-kergenne_o5onu_sahalyy_nymalarynan_iitii.docx | 15.79 КБ |
Предварительный просмотр:
Бурцева Дария Ивановна
учитель начальных классов
МБОУ «Крест-Хальджайская средняя общеобразовательная школа имени Героя Советского Союза Ф.М.Охлопкова»
Томпонского района Республика Саха (Якутия)
Дьиэ-кэргэннэ оҕону сахалыы ньымаларынан иитии
Билинни бириэмэҕэ «чөл олoххо» улахан болҕомто ууруллар. Оҕону иитиигэ дьиэ - кэргэн сүрүн төһүү буоларын киһи – аймах былыргаттан билэр. Онтон оҕону эт-хаан өттүнэн сайыннарыыга төрөппүттэр суолталара өссө улахан. Оҕо сарсыарда уһуктан баран араас хамсаныылары онорон этин-хаанын уһугуннарыан наада. Күнүс элбэхтик таһырдьа ыраас салгынна сылдьар, сүүрэн-көтөн оонньуур, кыһынын салаасканан, улаатан баран хайыһарынан хатааһылыыр буолуохтаах. Сайын кыра оҕону күн уотугар сөбүгэр көрөн сырытыннаран, сөтүөлэтэн, аҕатын-ийэтин кытта айылҕаҕа сылдьан эт - хаан сайдыытын культуратыгар уһуйуллуохтаах.
Ону таһынан эти-сиини хатарар саамай судургу ньымалары дьиэ-кэргэн оҕоҕо утумнаахтык туттуохтаах:
1.Сарсыарда аайы эти-сиини тымныы уунан сабыта а5аныллар уонна ньиччи анньыллар.
2.Күннэ хас да төгүл айаҕы, бэлэһи эмиэ тымныы уунан сайҕаныллар.
3.Киэһэ утуйуох иннинэ атаҕы куруук суунуллуохтаах. Туттуллар ууну улам-улам тымнытыллар.
Сорох дьоннор оҕолорун түргэнник уонна күүскэ эт-хаан өттүнэн сайыннарар сыалтан дьиэҕэ-уокка эрчиллиини тэрийэллэр. Ол үчүгэй дьыала буолан баран дирин аналлаах билиини ирдиир, онон наһаа үлүһүйэр сатаммат. Кэнники кэмнэ ыаллар оҕолорунаан тэннэ араас күрэхтэһиилэргэ кыттар идэлэннилэр. Ити хайҕаллаах сүүрээни эбии сайыннарыахха, көҕүлүөххэ наада.
Сахаларга өбүгэлэртэн үөскээбит оҕо этэ-хаана сайдарыгар аналлаах национальнай ньымалар, албастар, дьарыктар бааллар.Олор үксүн умнуллан эрэллэр. Саха оҕолоро былыр былыргаттан элбэхтик хаамар, сүүрэр үгэстээхтэрэ. Тыа сиригэр оҕолор таһырдьа, ойуурга, хонууга, хаарга оонньууллар. Ол оонньуулар мээнэ сүүрүү-көтүү буолбакка, бэйэлэрэ туспа ис хоһоонноох буолаллар. Холобур, ат буолан сүүрүү, оҕус буолан харсыы, куобах буолан куотуу, боҕос буолан тустуу, буойун буолан саабылалаһыы, кыыллары үтүктэн сасыһыы, маска-окко тахсыы, сытыы-сымса буолар наадаттан мээчигинэн бырахсан аһарсыы уо.д.а. Кыра саастаах оҕолор кыыллары, көтөрдөрү үтүктэн оонньууга дьулуһаллар. Кинилэр саналарын, хамсаныыларын, (холобур ыты ам-ам, аты анньаа) саһалларын, үөмэллэрин, эккирэтэллэрин, куоталларын, көтөллөрүн үтүктүү оҕо айылҕаҕа чугас буола иитиллэригэр улахан туһалаах. Төрөппүттэр оҕолору кытта дьарыктаналларыгар сахалыы хабааннаах хамсаныылары, ол иһигэр үлэ хамсааһыннарын үтүктүүнү киэнник киллэриэхтээхтэр. Холобур: маһы кэрдии, хайытыы, оту охсуу, мууһу анньыы, талкыны баттааһын хамсаныыларын туттуу. Обургу саастаах оҕону атынан айаннааһынна, тыынан устууга, бадарааннаах, уулаах сирдэринэн сатыы хаамарга үөрэтиллиэхтээх. Дьиэ - кэргэн аҕата спорду таптыыра, дьарыктанара оҕону спортка көҕүлүүр. Аҕа уол оҕону кылыйарга, ыстанарга, куобахтыырга үөрэтэрэ наһаа туһалаах. Хапсаҕайдаһан тустуу оҕону бэйэтин көмүскэнэр: аһарыгас буоларыгар көмөлөһөр. Онно бэлэмниир сыалтан оҕону илиини таба оҕустарбат, кэтэҕи таарыйтарбат, атаҕы атаҕынан таарыйан тэптэрбэт хамсаныылары оҕоҕо онорторуллуохтаах. Оҕону эрчийиигэ өссө хотой үнкүүтүн, эккирээһини, ойуоккалааһыны уо.д.а. хамсаныылары туттуохха сөп.
Төрөппүттэр оҕону кытта дьиэ иһигэр бииргэ оонньууллара улахан иитэр суолталаах. Дьиэҕэ остуол оонньуулара: хаамыска, тырыынка, хабылык, тыксаан оҕо тарбаҕа имигэс, сымса, хапсаҕай буоларыгар көмөлөөх. Оннук дьарыктаммыт оҕо уруһуйдьут, учугэй буочардаах буолар эбит. Сайын атах сыгынньах сылдьыы, илиини тымныы уунан суунуу, тымныы салгынна оонньооһун – бу ньымалары барытын табатык туттуу, оҕону эт-хаан өттүнэн эргиччи сайыннарар, доруобай буола улаатарыгар көмөлөһөр.
По теме: методические разработки, презентации и конспекты
Сахалыы тыллаах кылаастар
Дьокуускай куоракка А.Николаев саха кылаастары элбэтэргэ уураах таьаарда....
Доклад "Холобур буолар дьиэ кэргэн"
В докладе отражается воспитание детей в приемной семье Тарасовых....
О5олор дьуhуну уерэтэллэригэр матырыйаал
Бу докумуонна о5олор дьуьуннэри нууччалыы ону тэнэ омук "англискай" тылынан билэллэригэр уерэнэр матырыйаал...
Олонхо педагогиката: алын кылаас о5олорун олонхонон иитии- уерэтии . (Алын кылаас учууталларын методическай холбоhугун улэтинэн).
Төрөөбүт тыл-киhи үөрэ5и билиини кэбэ5эстик ылынар, өйө санаата туругурар, майгыта сигилитэ ситэр, иhирэх иэйиитэ уhуктар,өлбөт үйэлээ5и айар- тутар дьо5ура тобуллар айыл5аттан бэриллибит эйгэт...
О5о сахалыы толкуйдуур дьо5урун сайыннарыыга сорудахтар
Дидактический материал по развитию мыслительных на родном якутском языке по предметам: саха тыла, ахсаан....
Оҕону өй-санаа, майгы-сигили өттүнэн уонна төрөөбүт дойдуга бэриниилээх буолууга иитии ПРОГРАММАТА. “Төрөөбүт алааскын эн таптаа “
Оҕону өй-санаа, майгы-сигили өттүнэн уонна төрөөбүт дойдуга бэриниилээх буолууга иитии ПРОГРАММАТА. “Төрөөбүт алааскын эн таптаа &ldquo...
"Роль отца в воспитании мальчика" ("Дьиэ кэргэҥҥэ уол оҕону иитиигэ аҕа оруола")
По своей природе мальчики скромнее, немногословнее, чем девочки. Поэтому чаще всего девочки их во многом опережевают.Для того, чтобы развивать в мальчиках навыки свободно разноваривать, писать и выраж...
Комментарии
Дьиэ кэргэннэ о5олору сахалыы ньыманан иитии
Уважаемая Дария Ивановна, может Ваша статья и интересна,но как быть людям, которые не знают языка, на котором она написана? Для кого Вы опубликовали данный материал? Нужно было бы сделать перевод.
Дьиэ кэргэннэ о5олору сахалыы ньыманан иитии
Работу должна быть на русском языке. Тогда будет интересно и понятно всем участникам. Пожалуйста, сделайте перевод и загрузите работу. Можно добавить и презентацию.