Оҕону өй-санаа, майгы-сигили өттүнэн уонна төрөөбүт дойдуга бэриниилээх буолууга иитии ПРОГРАММАТА. “Төрөөбүт алааскын эн таптаа “
проект
Оҕону өй-санаа, майгы-сигили өттүнэн уонна төрөөбүт дойдуга бэриниилээх буолууга иитии ПРОГРАММАТА. “Төрөөбүт алааскын эн таптаа “
Скачать:
Вложение | Размер |
---|---|
proekt_.pptx | 2.03 МБ |
Предварительный просмотр:
Подписи к слайдам:
Программа Мэҥэ-Хаҥалас улууһун оҕону иитии Концепциятыгар уонна « Мэҥэ-Кэскилэ » Программаҕа олоҕуран оҥоһулунна.
Сыала : Төрөөбүт дойдутугар бэриниилээх , сахалыы сайаҕас майгылаах , киһилии киһини иитии .
Соруктара : Итии кистэлэҥнэрин оҕолору, төрөппүттэри кытта бииргэ арыйыы ; бэйэ - бэйэни хардарыта көннөрсүү, итэҕэһи-быһаҕаһы ырытыһыы бэрээдэгэр үөрэтии; кылааска , оскуолаҕа ыытыллар үлэлэргэ оҕо барыта кыттар усулуобуйатын тэрийии ; “Үөрэнээччи- Учуутал-Төрөппүт” ситимнээх үлэтин тэрийии ;. хас биирдии үөрэнээччи кылаас таһынан куруһуокка эбэтэр секцияҕа дьарыктанарын ситиһии; айар-тутар үлэни кытта утумнаахтык алтыһыннарыы, чинчийэр улэнэн аҕыыларга кытыннарыы ; амарах санааланыы , аһыныгас буолуу , дьону-сэргэни ытыктааһын тыыныгар иитии ; элбэҕи билэр-көрөр туһугар бэчээккэ суруттарыы , библиотекаҕа, музейга театрга сырытыннарыы ; кылааска , оскуолаҕа ыытыллар үлэлэргэ оҕолор бэйэлэрэ кытталларын тэрийии ; орто сүһүөх учууталларын кытта ситимнээх үлэни тэрийии ; мин атын оҕолортон итэҕэһэ суох кыахтаахпын диэн санааны иҥэрии ; бэйэм омугум чиэһин хаһан да түһэн биэрбэт буолуохтаахпын диэн өйдөбулгэ иитии ; эт-хаан , өй-санаа өттүнэн доруобай буоларга уһуйуу; I сүһүөх оскуоланы бутэрэр оҕо ( выпускнигын ) моделыгар бары өттүттэн сөп түбэһэр буолуохтаахпын диэн ирдэбили туруорунарга үөрэтии .
Бу соруктары ситиһэргэ общественность, учуутал , төрөппүт түмсүүлээхтик үлэлиэхтээхтэр. УЧУУТАЛ ТӨРӨППҮТ ТҮӨЛБЭ
Уһулуччу суолтата : Оҕо барыта тэҥ сайдыылаах , биир тэҥ иитиилээх буолбат . Хас биирдии оҕо ураты суоллаах-иистээх . Оҕо арыллан , сайдан иһэригэр учуутал кыра кылаастан иитэр-үөрэтэр үлэтин былааннаахтык тэрийэн өй-санаа, майгы-сигили өттүнэн уонна төрөөбүт дойдуга бэриниилээх киһи буоларын ситиһиэхтээх.
Гипотезата Оҕо аан бастаан олоххо үөрүйэҕи төрөппүттэриттэн ылар . Хас биирдии дьиэ-кэргэн туспа олоххо көрүүлээх, ону тугу чорботон , туохха туьаайан , хайдах иитэриттэн оҕо инникитэ улахан тутулуктаах . Оскуола оҕону киьи быьыытынан иитэн таьаарыыга төрөппүттэргэ улахан көмөну онорор.Оҕону норуот педагогикатын ньымаларынан иитиигэ бары бииргэ түмсэн биир кэлим үөрэтэр эйгэ буолан сорунуулаахтык үлэлээтэхпитинэ , оҕону сиэрдээх гына иитиигэ олоҕун оҥкулун оҥордубут дииргэ тиийиэхпитин сөп .
Чинчийии объега : Алын с үһүөх үөрэнээччилэрин иитии уонна сайыннарыы. Чинчийии барамайа : Саха төрүт үгэстэрин, сиэрин-туомун, тылынан уус-уран айымньытын нөҥүө чөл куттаах, киһилии сиэрдээх, үтүө майгылаах ыччаты иитии ньымалара.
Программа 4 сыл устата ыытыллар. 2017-2018 - «Мин билсиһэбин » 2018-2019 - «Мин үөрэнэбин » 2019-2020 - «Мин сайдабын » 2020-2021 - «Мин сатыыбын »
2013 – 2017 сыллаах үөрэнээччилэрим
2017-2020 сыллаах үөрэнээччилэрим
Хаптаҕайтан хааннаахпын хаһан да умнубаппын Мин т өрүччүм Үлэ көрүҥнэрэ 2017 – 2018 К ылаас чаастара, экскурсиялар, ааҕыы уруоктара. Төрүччү моделын оҥоруу – 3 көлүөнэ. 2018 – 2019 Ахтыы хомуйуу, төрүччү моделын оҥоруу – 4 көлүөнэ. 2019 - 2020 Төрүччү моделын оҥоруу – 4-5 көлүөнэ. Чинчийэр үлэ, НПК-ларга кыттыы. 2020 – 2021 Араас форманан төрүччү маһын толору оҥорон бүтэрии, интернет ситимигэр таһаарыы.
Ыллаа-туой – оҕо саас. Хаптаҕайым, мин дойдум, Сахам сирин аатыртын Үлэ көрүҥнэрэ 2017 – 2018 Кэтээн көрүү, анкета ыытыы, кылаас чаастара, төрөппүтт мунньахтара, маастар-кылаастар. 2018 – 2019 Хомус ансаамбылын тэрийии, инструмент атыылаһыы, таҥас-сап тиктии, оскуола кэнсиэрдэригэр кыттыы. 2019 - 2020 Нэһилиэк кэнсиэрдэригэр, улуус күрэхтэригэр кыттыы. Репертуары хаҥатыы. 2020 – 2021 Республика таһымнаах күрэхтэргэ кыттыы, отчуоттуур кэнсиэр.
Сүрэх тэбэрин тухары... Күн киһитэ көмүскэс, Айыы киһитэ аһыныгас. Үлэ көрүҥнэрэ 2017 - 2021 Т имуровскай үлэлэр. Аһымал акцияларгы кыттыы. Санаторий оҕолопрун кытта шефтэһии. Волонтерскай хамсааһыннар. Бэтэрээннэри эҕэрдэлээһин. Кылаас чаастара. Библиотекаҕа сылдьыы.
Хаптаҕайтан хааннахпын. Алаас ааттах, Дойду сурахтаах. Үлэ көрүҥнэрэ 2017 – 2018 Кылаас чаастара, экскурсиялар, походтар, викториналар, брей-риннэр, күрэхтэр. 2018 – 2019 Өйтөн суруйуу, айар үлэ. 2019 - 2020 Докладтар, көрсүһүүлэр, походтар. 2020 – 2021 Чинчийэр үлэ, НПК-ларга кыттыы, кинигэ таһаарыы.
Мин - Мэҥэбин. Үлэ көрүҥнэрэ 2017– 2021 Мэҥэ – Хаҥалас үөрэнээччилэрин күннүгэр киирбит биллиилээх дьоммутун , ытык сирдэрин кытта билсиһии, экскурсияларга сылдьыы, стендэ оҥоруу. Мэҥэттэн сылдьарбын үөрэ кэпсиибин, киэн тутта этэбин.
Олоҥхо дойдутун оҕотобун. Сахам сирэ - хаардаах дойдум сылаас тыына, Улуу таптал уоспат күүһэ. Үлэ көрүҥнэрэ 2017 – 2018 Кылаас чаастара, викториналар. 2018 – 2019 Айар үлэ, күрэхтэр, төгүрүк остуоллар. 2019 - 2020 Музейга сылдьыы, эксскурсиялар. 2020 – 2021 Саха сирин туһунан видеоролик устуу. Өлүөнэ эбэ очуос хайаларыгар похуот.
Программа түгэх сыала : Төрөөбүт дойдутугар бэриниилээх , сахалыы сайаҕас майгылаах , киһилии киһи иитиллэн тахсыыта .
Киириҥ, көрүҥ, сэргээҥ, туһаныҥ !
По теме: методические разработки, презентации и конспекты
Дьиэ кэргэннэ о5олору сахалыы ньыманан иитии
Воспитывать детей на традициях народа Саха...
санау
санау башланнган класслагъа...
«Тырымнас тыллары хатылаа… (Маар-Кµ³л суруйааччылара)» 8-9 кылааска элективнэй куурус программата
Элективнэй кууру´у Маар-Кµ³л орто оскуолатын учууталлара о²ордулар. Бу µлэ саха тылын уонна т³рµт культура учууталларыгар, 8-9 кылаас µ³рэнээччилэригэр, литератураны интэриэhиргиир аа±ааччыларга, кыра...
презентация Киьи ис уонна тас тутула
Тулалыыр эйгэ УМК Перспектива. 3 кылаас. Тиэмэ: Киьи ис уонна тас тутула....
Тулалыыр эйгэ уруок ууга уонна ойуурга сэрэхтээх буолуу быраабылата
ТУЛАЛЫЫР ЭЙГЭУРУОК ТИЭМЭТЭ: УУГА УОННА ОЙУУРГА СЭРЭХТЭЭХ БУОЛУУ БЫРААБЫЛАТА ...
Олонхо педагогиката: алын кылаас о5олорун олонхонон иитии- уерэтии . (Алын кылаас учууталларын методическай холбоhугун улэтинэн).
Төрөөбүт тыл-киhи үөрэ5и билиини кэбэ5эстик ылынар, өйө санаата туругурар, майгыта сигилитэ ситэр, иhирэх иэйиитэ уhуктар,өлбөт үйэлээ5и айар- тутар дьо5ура тобуллар айыл5аттан бэриллибит эйгэт...