Технологическая карта урока по литературному чтению на родном языке 3 класс "Софрон Данилов Торбостор"
план-конспект урока по чтению (3 класс)
3 кылааска литература аа5ыытын уруогар технологическай карта "Софрон Данилов Торбостор".
Скачать:
Вложение | Размер |
---|---|
aa5yy_uruoga_3_kylaas_torbostor.docx | 112.85 КБ |
Предварительный просмотр:
МР “Горный район”
МБОУ «Бердигестяхская средняя общеобразовательная школа с УИОП им. А. Н. Осипова»
Технологическая карта урока
по литературному чтению на родном языке
в 3 классе
Разработали: Тихонова Н.К., Васильева Е.В.
учителя начальных классов
с. Бердигестях, 2022 г.
Ааҕыы уруогун тутулун технологическай картата
Уопсай чааһа | ||||||
Предмет - литературнай аа5ыы | автордар Л. В.Захарова, Л.К. Избекова «Литература ааҕыыта» | Кылаас – 3 кылаас | ||||
Уруок тиэмэтэ: | Софрон Петрович Данилов «Торбостор» айымньытын хатылааһын. | |||||
Уруокка туттуллар матырыйаал | Софрон Петрович Данилов «Торбостор» кэпсээнэ, саха тылын быһаарыылаах тылдьыта, куйаар ситимэ, презентация, карточкалаах сорудахтар | |||||
Уруок сыала: | Софрон Петрович Данилов «Торбостор» айымньытынан тургутук. | |||||
Үөрэх предметин үөрэтии түмүгэ: | ||||||
Тустаах үөрэх предметин үөрэтии түмүгэ: | Үөрэх сатабылларын сайыннарыы түмүгэ: | Ытык өйдөбүллэри иңэрии түмүгэ: | ||||
-аа5ыы сүрүн көрүңүн баһылыыр; -аахпыт уус-уран айымньытын суруйааччытын аатын уонна айымньы көрүңүн ( жанрын) бол5ойор үөрүйэ5э сайдар; -тиэкиһи үчүгэйдик өйдүүр, ырытар, туһанар; - сааһыгар сөп түбэһэр айымньы тылын суолтатын өйдүүр, өс хоһоонун, сомо5о тыллары туттан тылын –өһүн байытар; | -аа5ыы үлэтин араас көрүңэр сыал- сорук туруорунар, былаанныыр, түмүгүн саба5алыыр, үлэтин хонтуруолланар, сыаналана үөрэнэр; -уус- уран айымньыга мөккүөр төрүөтүн , сайдыытын быһаарар, дьон сыһыанын ырытан дакаастыыр; -уус –уран айымньы сүрүн ис хоһоонун , дьоруойдар араас сыһыаннарын, сүрүн сюжет сайдыытын ырыта үөрэнэр; -аахпытыгар уонна тус уопутугар оло5уран, тэңниир , учебнигынан , тылдьытынан үлэлиир; -уус-уран айымньыны ырытыы кэмигэр бодоруһуу сиэрин тутуһан, бииргэ үлэлиир кыахтанар; | - киһи сайдыылаах уонна ситиһиилээх буоларыгар төрөөбүт тылынан аа5ыы суолтатын өйдүүр; - тулалыыр эйгэ туһунан билии- көрүү аа5ыы көмөтүнэн кэңиирин- дириңиирин өйдүүр; - норуот айымньыта уонна уус-уран литературата саха төрүт оло5ун- дьаһа5ын , историятын, тылын –өһүн , култууратын көстүүтэ буоларын өйдүүр, сыаналыыр; - үтүөнү- мөкүнү, сырдыгы- хараңаны арааран, сиэри- туому тутуһуу, амарах, аһыныгас, дьоңңо кыһамньылаах майгы үчүгэйгэ тиэрдэрин өйдүүр; | ||||
Уруокка үөрэтиллэр сүрүн өйдөбүллэр | Сахалар былыргы олохторо- дьаһахтара, сүөһүнү иитии –аһатыы, баай- дьадаңы, дьон майгыта - сигилитэ | |||||
Уруокка туттуллар техническэй тэриллэр | компьютер, проектор, экран, суотабай түлүпүөн. | |||||
Көрдөрөр- иһитиннэрэр босуобуйалар методическай туһаайыылара | учууталга көмө5ө, о5о саңа билиини ыларыгар, уруокка турар проблемалары быһаарыыга: ыарахан тыллары кытта үлэ5э, уус- уран айымньы араас көрүңүн туттууга; | |||||
Учебник аппарата, программа ирдэбилэ | автордар Л. В.Захарова, Л.К. Избекова «Литература ааҕыыта» Софрон Петрович Данилов «Торбостор» | |||||
Уруок тутула. | ||||||
Уруок түһүмэхтэрэ | Үөрэх предметин үөрэтии түмүктэрэ: | Учуутал оңорор дьайыылара | Үөрэнээччи оңорор дьайыылара | |||
1 түһүмэх. Тэрээһин чаас.( 3-4 мүнүүтэ) | Бэйэни салайыныы, уруокка тэринии 1. О5олор уруокка бэлэмнэрэ 2. О5о бол5омтотун тардыы | 1. О5олор уруокка бэлэмнэрин бэрэбиэркэлээһин 2. О5олор бол5омтолорун тардыыга сөптөөх дьайыылары оңоруу: - Үтүө күнүнэн, о5олор! Бүгүҥҥү уруокка эһиги хамаанданан арахсан, айымньыны төһө өйдөөбүккүтүн бэрэбиэркэлэниэххит. Хамаанда буоларгыт быһыытынан эһиги түмсүүлээхтик, эйэлээхтик үлэлиэхтээххит. (Уруок быраабылатын билиһиннэрии)
| 1. Бэйэ уруокка бэлэмин хонтуруолланыы #1059;чууталы бол5ойон истии; - Үөрбүт – көппүт көрүңнээхтэр; - Бэйэ- бэйэлэригэр мичээрдииллэр; | |||
II түһүмэх. Уруок соругун туруоруу. (3 мүнүүтэ) | Бэйэ – бэйэни истии, атын о5о санаатын ылыныы, кэпсэтиигэ кыттыы. Үөрэх соругун сөпкө туруоруу; | Уруок сыалын арыйыыга туһаайыы: - Дьиэҕэ үлэ: Софрон Петрович Данилов «Торбостор» кэпсээнин ааҕыы. Айымньыны төһө өйдөөтүгүт? Ыарахан, билбэт тылларгытын көрүстүгүт дуо? Бу уруокка биһиги тугу гынар эбиппитий? Уруок сыалын туруоруҥ.. | Бэйэни салайыныы: - тугу оңоруохтаахпын билэбин; - өйдүүбүн, толкуйдуубун; - сатыырга, билэргэ дьулуһабын; - кыайбатахпын ыйытабын; - уруок сыалын туруорабын | |||
III түһүмэх. Билиини чопчулааһын, чиҥэтии ( мүн) | -Аахпыт айымньыларын өйдөөһүн, блиц ыйытыктарга куйаар ситимин нөҥүө эппиэтттээһин, тылдьыты туһанарга үөрэнии, сорудахтары толоруу, ааҕар дьоҕуру сайыннарыы; -аахпыт уус-уран айымньытын суруйааччытын аатын уонна айымньы көрүңүн (жанрын) бол5ойор үөрүйэ5э сайдар; - киһи сайдыылаах уонна ситиһиилээх буоларыгар төрөөбүт тылынан аа5ыы суолтатын өйдүүр; - норуот айымньыта уонна уус-уран литературата саха төрүт оло5ун- дьаһа5ын , историятын, тылын –өһүн, култууратын көстүүтэ буоларын өйдүүр, сыаналыыр; | - О5олоор, бүгүн эһиги айымньыны ааҕан баран бэйэни бэрэбиэркэлиир тургутугу ааһыаххыт. Бастакы түһүмэх. (10 мүн.) Хас биирдии хамаандаҕа остуолга биир суотабай түлүпүөн баар буолар. -Билигин сотовай телефоҥҥут көмөтүнэн экраҥҥа көстөр QR-коду арыйыҥ уонна ыйытыктарга эппиэттээҥ. Сорудаҕы барытын бастакынан бүтэрбит хамаанда бэйэ-бэйэлэрин илиилэриттэн ылсан, өрө көтөҕөн баран миэстэлэриттэн тураллар. Ыйытыылар: 1)Манчаары хас сааһын туолла?
2)Манчаары аата?
3)Хотоҥҥо от соһор ______ баар. (көппүт тылы толорон биэриҥ) 4)Манчаары киирэн кэлбитэ, Чоочо туох тэллэҕэр тиэрэ түһэн сытарый?
5)Чоочо от биэрдэ дуо?
6)Манчаары хомойбутун бэлиэтиир тыллары булан суруйуҥ (эппиэтин айымньыттан булан суруйан биэриҥ) 7)Кэпсээҥҥэ дьыл ханнык кэмэ көстөрүй?
8)Манчаары, торбосторугар салаа ото суох тиийэрин санаа-саныы, .... (көппүт тыллары толорон биэриҥ) 9) Манчаара отун салааскатыгар тоҕо хомуйбата? (эппиэтин айымньыттар булан суруйан биэриҥ)
Иккис түһүмэх.(5 мүн. бэриллэр) (карточка бэриллэр). Ыарарҕаппыт тылларгыт суолталарын тылдьыты туһанан ситэрэн суруйан биэриҥ. Эппиэттэрбитин тэҥнээн көрүөҕүҥ. Маладьыастар, тылдьытынан үлэлиир дьоҕурбутун сайыннардыбыт, тылбытын байыттыбыт. |
| |||
Нейропсихологическай эрчиллиилэр. (3 мүн) | ||||||
III түһүмэх. Билиини чопчулааһын (28 мүн.) | -Аахпыт айымньыларын өйдөөһүн, эппиэтттээһин, тылдьыты туһанарга үөрэнии, сорудахтары толоруу, ааҕар дьоҕуру сайыннарыы; -аахпыт уус-уран айымньытын суруйааччытын аатын уонна айымньы көрүңүн (жанрын) бол5ойор үөрүйэ5э сайдар; - киһи сайдыылаах уонна ситиһиилээх буоларыгар төрөөбүт тылынан аа5ыы суолтатын өйдүүр; - норуот айымньыта уонна уус-уран литературата саха төрүт оло5ун- дьаһа5ын , историятын, тылын –өһүн, култууратын көстүүтэ буоларын өйдүүр, сыаналыыр; | Үһүс түһүмэх. (5 мүн.) Бу айымньыттан ахсааны бэлиэтиир тыллары булан суруйуҥ. (карточкаҕа үлэлииллэр) Төрдүс түһүмэх. (8 мүн) «Арай эн ...» санаа үллэстии.
|
| |||
IV түһүмэх. Уруок түмүгэ. (3 мүн) V түһүмэх. Дьиэҕэ үлэ. (1 мүн.) | - уруокка ылбыт билиитин чопчулуур, сыаналанар; - тус бэйэтин санаатын толору этэр; - табаарыстарын эппиэтин ситэрэр; - Манчаары үчүгэй өрүттэрин бэйэтигэр ылынан тус оло5ор туһанарга кыһаллар; - О5о бэйэтин хонтуруоллана үөрэнэр; - Саха тыла баайын айымньы нѳҥүѳ ылыныы. - Бэйэ ситиһиититтэн дуоһуйуу. | О5олоор, уруок түмүгүн оҥоруоххайыҥ. - Уруогу сөбүлээтигит дуо? -Бу уруоктан эһиги туох саҥаны биллигит? -Хайа түгэҥҥэ ыарырҕаттыгыт? -Туох санааҕа кэллигит? -Уруокка туруорбут сыалбытын-сорукпутун ситистибит дуо? -Аны бэйэбитин сыаналаныаххайыҥ. Хас биирдии хамаанда остуолугар бэйэни сыаналанар үс өҥнөөх карточка сытар, онтон уунан көрдөрүҥ.
| - О5олор бэйэлэрин санааларын үллэстэллэр. - Түмүк оҥороллор - Бэйэлэрин сыаналаналлар |
Уруок презентациятын QR – код нөҥүө көрүҥ.
По теме: методические разработки, презентации и конспекты
Технологическая карта урока по литературному чтению по теме: «И.А.Крылов. Басня «Зеркало и Обезьяна». Учитель:Лаан Софья Анатольевна( МБОУ «2 Пристанская ООШ») Класс: 3 класс. УМК : «Школа России» Предмет: литературное чтение Ресурсы урока: «Литературно
Пояснительная записка Автор материала (ФИО) *на этапе актуализации знаний при проверке арифметического диктанта. Цифры появляются по щелчку. Очень удобна именно такая проверка, так как даль...
Технологическая карта урока по литературному чтению по теме: «И.А.Крылов. Басня «Зеркало и Обезьяна». Учитель:Лаан Софья Анатольевна( МБОУ «2 Пристанская ООШ») Класс: 3 класс. УМК : «Школа России» Предмет: литературное чтение Ресурсы урока: «Литературно
Пояснительная записка Автор материала (ФИО) *на этапе актуализации знаний при проверке арифметического диктанта. Цифры появляются по щелчку. Очень удобна именно такая проверка, так как даль...
Технологическая карта урока по литературному чтению на тему "Картины родной природы ("Март в лесу", "Весна")" 3 класс "Перспектива"
"Картины родной природы ("Март в лесу", "Весна")"...
Технологическая карта урока по литературному чтению: "Сохраним историю родного края", 3 класс.
Технологическая карта урока по литературному чтению. Тема: "Сохраним историю родного края". 3 класс. Проектная технология. Создание детского журнала Хакасии. Цели: формирование у детей ответ...
Технологическая карта урока по литературному чтению Тема урока Картины родной природы. Б. Заходер «Что такое стихи». УМК "Перспектива"
.Тип урока: «открытие» нового знания.Цель урока: формирование читательской компетентности в процессе знакомство с новым разделом и процессе чтения и анализа стихотворения Б. Захо...
Технологическая карта урока по литературному чтению "«Читаем о родной природе. Л. Толстой «Солнце и ветер». В. Бианки «Синичкин календарь»" (УМК "Начальная школа XXI века",1 класс)
Тип урока: «открытие» нового знанияЦель урока: создание условий для ознакомления с произведениями о родной природе, формирование умений видеть красоту родной природы, выраженную в художест...
Технологическая карта урока по литературному чтению 3 класс "Земля - наш дом родной"
Урок систематизации знаний с применением с применением элементов технологии критического мышления....