Технологическая карта Ахсаан аат 6 кылаас
план-конспект урока (6 класс)
Технологическая карта урока по родному (якутскому) языку для 6 классов по теме "Имя числительное"
Скачать:
Вложение | Размер |
---|---|
uruok_tehnologicheskay_kartata.doc | 74 КБ |
Предварительный просмотр:
Уруок технологическай картата
Кылаас: 6 кылаас
Тиэмэтэ: Ахсаан аат өйдөбүлэ уонна тутулунан арааһа
Сыала:
Ахсаан аат өйдөбүлүн чиҥэтии, билэллэригэр олоҕуран тутулунан арааһын үөрэтии, өйдөтүү;
Атын предмети (география) кытта алтыһыннарыы;
Оҕо билиэн-көрүөн баҕалаах дьоҕурун уһугуннарыы;
Ырытар-ырыҥалыыр сатабылын, ситимнээх саҥаны сайыннарыы.
Туттуллар тэриллэр: компьютер, интерактивнай дуоска, проектор, пазл-оонньуу
Тустаах үөрэх предметин үөрэтии | Үөрэх сатабылларын сайыннарыы | Бодоруһар сатабыл |
Карточканы ааҕан, ырытар, толкуйдуур, сорудаҕы толорор; санаатын сааһылаан этэр; Тексинэн үлэ, ырытыы, чинчийии, бэйэ санаатын толору этии, санаа атастаһыы; Билбитин- көрбүтүн олоххо тутта үөрэнэр, сааһылыыр, чопчулуур,тылын байытар. | Бэйэни салайынар- дьаьанар сатабыл - үлэ сыалын-соругун таба туруоруу, сатаан былаанныыр, туох-ханнык түмүккэ кэлиэхтээҕин быһа холоон билэр. Билэр- көрөр сатабыл – билиини дөбөҥнүк булар, бэлиэтэнэр, түмэр, ситимниир. Билиини сааһылааһын – саҥа билии ыларга баарбилиитигэр тирэҕирэр, өй үлэтин араас дьайыыларын кэбэҕэстик толорор. Рефлексия - улэ сыалы- соругу ситиһэр ньымаларын уонна усулуобуйаларын төһө сөпкө талбытын сыаналыыр. Үлэ хаамыытын хайдах салайан иһэрин кэтээн көрөр. | Бииргэ үлэлиир үөрүйэх – дьону кытта бииргэ алтыһан үөрэнэр, үлэлиир араас ньыманы баһылыыр (пааранан, биирдиилээн, бөлөҕүнэн уо.д.а) Кэпсэтэр үөрүйэх – кэпсэтии уратыларын өйдүүр, табан кэпсэтэр. Кэпсэтии сиэрин тутуһар үөрүйэх- дьону кытта алтыһыыга кэпсэтии сиэрин тутуһар, туттан-хаптан бодоруһуу ньымаларын тоҕоостоохтук туттар. |
Уруок түһүмэҕэ | Кэмэ | Үөрэтэр-сайыннарар сорудахтар | Учуутал дьайыыта | Үөрэнээччи дьайыыта | Үлэ көрүҥэ | Сатабыл көрүҥнэрэ | Бэлиэтээһин |
Тэрээһин. Турукка киллэрии (мотивация) | 1 мүн | Оҕону турукка киллэрэр, уруокка көхтөөхтүк кыттар ньыматын хааччыйар. -Оҕолоор, бүгүн бөлөҕүнэн үлэлиэхпит. Бөлөх үлэтигэр бары сүбэбитин холбоон, көмөлөсүһэн саҥаны билиэхтээххит, биир тэҥник үлэлэһиэхтээххит. - Хас биирдии бөлөххө уруок хаамыытын (маршрутнай лист) биэрэбин. Бу манна саамай сөбүлээбит, саҥаны билбит, интэриэһиргээбит түһүмэххитигэр сөптөөх наклейкалары сыһыараҕыт. | Учууталы кытта дороболоһоллор, быһаарыытын болҕомтолоохтук истэллэр. | дьону кытта алтыһыыга кэпсэтии сиэрин тутуһар, туттан-хаптан бодоруһуу ньымаларын тоҕоостоохтук туттар. | |||
Уруок тиэмэтигэр чугаһатыы | 1мүн + 4мүн 3 мүн | Видеоны холбоон ыйытыктарга хоруйдааһын География уруогун кытта интеграциялааһын | Оҕолоор, билигин болҕомтолоохтук экраҥҥа видеоны көрүөххэ эрэ. Бу видеоҕа биир эмит саха тылыгар маарынныыр тыллары иһиттигит дуо? Ити тугу бэлиэтиир тылларый? Маладьыастар, бу ахсааны бэлиэтиир тыллар. Ол аата бүгүн ханнык саҥа чааһын үөрэтэбитий? Оҕолоор, тэтэрээппитин арыйан, бүгүҥҥү күммүтүн, ыйбытын, тиэмэбитин суруйабыт. Учуутал дуоскаҕа суруйар (Кулун тутар үс күнэ Кылааска үлэ Ахсаан аат өйдөбүлэ, тутула) Оҕолоор, мин эһиэхэ бүгүн кэһиилээх кэлэн турабын. Пазл диэн оонньууну бары билэҕит. Бу пазлы (хомулугу) сөпкө таҥнаххытына, түүр тыллаах омуктар кимнээҕин, ханна олороллорун билиэххит. Ханнык дойдулары таһаардыгытый? Маладьыастар, казахтар, узбектар, туроктар, туркменнар | Бир, эки, үш, төрд Ахсааны, сыыппараны, чыыһыланы Ахсаан аат Оҕолор тэтэрээккэ суруналлар Оҕолор бөлөҕүнэн олорон пазлы (хомулугу) таҥаллар. Казахстан, Узбекистан, Турция, Туркмения. | Биирдиилээн, бөлөҕүнэн | Бодоруһуу, сатаан истии, санааны таба этии | |
Билиини чопчу лааһын (Билиигэ тирэҕирэн) | 4 мүн | Ахсаан ааттар туох уратылаахтарын быһаарыы. | Оҕолоор, дуоскаҕа суруллубут ахсаан ааттары көрөбүт. Биэс, аҕыс уон икки, биэс-алта Бу ахсаан ааттар тугу бэлиэтииллэрий? Ханнык ыйытыы көмөтүнэн буллугутуй? Ол аата ахсаан аат тугу бэлиэтиир саҥа чааһа эбитий? Ханнык ыйытыыларга хоруйдууруй? Тэтэрээппитигэр бэлиэтэнэбит. | Сүүрбэ аҕыс, тоҕус уон биэс, уон, сэттэ-аҕыс Чыыһыла, киһи сааһа, ахсааны Хас? Төһө? Ахсаан аат чыыһыланы, сыыппарына, предмет ахсаанын бэлиэтиир саҥа чааһа. Хас? Төһө? Хаһыс? ыйытыыга хоруйдуур | биирдиилээн | Ыйытыгы өйдөөн истии, тиэкистэн сөптөөх хоруйу булуу. Билиини сааһылааһын –өй үлэтин араас дьайыыларын кэбэҕэстик толорор. | |
Саҥа билиини ылыныы | 5 мүн | Оҕолоор, бу ахсаан ааттарбыт туох уратылаахтарын болҕойон көрүҥ эрэ. хас тылтан, хайдах суруллубуттарын (тутулларын) болҕойон көрөбүт. Маладьыастар, сөпкө бэлиэтээтигит. Сөп. Ол аата ахсаан аат тутулунан хас араастаах буолуон сөбүй? Саамай сөп, үс араастаах. Аны ханныктарын быһаарыахха. Биир тыллаах – судургу Иккиттэн элбэх тыллаах – уустук Дефистээх – ханыыласпыт (учуутал схеманан дуоскаҕа көрдөрөр) | Үөрэнээччилэр карточкаҕа таблицаны толороллор. Биир тылтан Икки тылтан дефистээхтэр Үс (оҕолор тэтэрээккэ схеманы оҥороллор) | бөлөҕүнэн | Билиини сааһылааһын, өй үлэтин сайыннарыы | ||
Чиҥэтии | 3м 6 мүн | Интерактивнай сорудах Тиэкиһи кытта үлэ | Билигин төһө өйдөөбүккүтүн оонньуу нөҥүө билиэхпит. Экраҥҥа көстөр ахсаан ааттары араастарынан бэрээдэктиэхтээххит Хас биирдии бөлөххө түүр тыллаах омуктар дойдуларын туһунан тиэкис бэрилиннэ. Мантан ахсаан ааттары булан тутулунан наардааҥ | Баҕалаах оҕо бөлөхтөн тахсан интерактивнай дуоскаҕа үлэлиир. Оҕолор тиэкиһи ааҕаллар, ахсаан ааттары булан таблицаны толороллор уонна көмүскүүллэр. Оҕолорго тиэкис ис хоһоонунан 1 ыйытыы биэрэллэр. | Интерактивнай дуоскаҕа хонтуруолланаллар | Ырытыы, чинчийии, бэйэ санаатын толору этии. Билбит-көрбүт өйдөбүлүн олоххо туттар. | |
Рефлексия, сыана туруоруу | 3 мин | Учуутал саҥа тиэмэни өйдөөбүттэрин тургутан көрөр Бастаан оҕолор бэйэлэрэ санааларын этэллэр | Уруокпут түмүктэнэрэ кэллэ. Онон ахсаан аат тутулунан арааһын төһө өйдөөбүккүтүн билиэхпит. Хас биирдиигитигэр күөх төгүрүк, кыһыл биэс муннук уонна саһархай квадрат фигуралар бааллар. Ахсаан аат араастарын эттэхпинэ, онно сөп түбэһэр фигуралары көрдөрөҕүт. Судургу – күөх, уустук –кыһыл, саһархай – ханыыласпыт. Бүгүн туох саҥаны биллигитий? Ханнык түһүмэҕи сөбүлээтигитий? Санааҕытын этэргитигэр баҕарабын. | Оҕолор санааларын этэллэр. | бэйэ санаатын толору этии | ||
Дьиэҕэ үлэ | Ссылканан киирэн ахсаан аакка сорудахтары оҥор | Диниэбинньиктэригэр суруналлар, өйдөммөтү ыйыталлар. |
Казахстан
Казахстан – Евразия киинигэр турар дойду. Иэнинэн аан дойдуга тохсус, киһитин ахсаанынан алта уон төрдүс миэстэни ылар. Бу дойду уон сэттэ уобаластан уонна үс республика таһымнаах куораттан турар: Астана, Алма-Ата, Шыкмент. Киинэ – Астана куорат буолар.
Казахстан бастакы президенэ – Нурсултан Назарбаев. Билигин дойдуну Касым-Жомарт Токаев салайан олорор.
Казахстан түүр тыллаах норуоттар түмсүүлэригэр саамай улахан иэннээх дойдулар испиэһэктэригэр бастакы-иккис миэстэҕэ турар.
Турция
Турция икки континеҥҥа баар дойду буолар: Европаҕа уонна Азияҕа. Европа өттө Румелия диэн, Азия өттө — Анатолия. Аҕыс дойдулуун кирбиилэhэр.
Икки континент сыстыhар сиригэр баар буолан Турция култуурата арҕаа уонна илин култууралар булкаастара буолар.
Турция Өрөспүүбүлүкэтин парламена биир палаталаах . Парламент алта сүүс дьокутааттаах, мандааттара биэс-алта сыл уһуннаах. Дойдуну президент салайар.
Турция аҕыс уон биир илгэ (улууска) арахсар (былыр вилайиэт диэн тыл туттуллар этэ). Хас биирдии ил илчэ диэҥҥэ арахсар. Ил киинэ ортоку илчэҕэ баар.
Узбекистаан
Узбекистаан диэн Орто Азия дойдута. Биэс дойдуну кытта кирбиилэhэр.
Сүрүн тыла — узбек тыла. Уон икки уобаластан уонна Каракалпакстан Өрөспүүбүлүкэтиттэн турар. Узбекистааҥҥа сүүс сүүрбэ куорат, сүүс уон биэс улахан бөһүөлэк баар.
Сирин үгүс өттүн улахан туһата суох кумах куйаар уонна хайалаах сирдэр ылаллар. Дьоно-сэргэтэ өрүс хочолорун бата олороллор.
Узбекистааҥҥа орто температура тохсунньуга түөрт-аҕыс кыраадыс сылаас, от ыйыгар отут икки-түөрт уон икки кыраадыс куйаас буолар.
По теме: методические разработки, презентации и конспекты
Технологическая карта урока по теме "Свободное время. Каникулы" (6 класс). Технологическая карта урока "Еда. Кафе"
В технологической карте урока представлена разработка урока по теме"Свободное время. Каникулы." и разработка урока по теме "Еда.Кафе" для 6 класса....
Методическая разработка "От технологической карты раздела к технологической карте урока"
Уровень образования: основное общее образованиеКласс: 5 классПредмет: биологияТип ресурса: технологические картыКраткое описание ресурса: технологические карты разделов по темам: "Введение в биологию"...
Технологическая карта мастер-класса по теме « Использование современных информационных технологий (МТК- мастер технологических карт) в обучении школьников в условиях внедрения ФГОС второго поколения НОО».
Технологическая карта мастер-класса по теме « Использование современных информационных технологий (МТК- мастер технологических карт) в обучении школьников в условиях внедрения ФГОС вто...
«Технологическая карта - элемент современного урока. Виды универсальных технологических карт». Реферат на конференцию
«Технологическая карта - элемент современного урока. Виды универсальных технологических карт». Реферат на региональную конференцию "Актуальные проблемы преподавания математики"...
Технологическая карта "Технологическая карта урока биологии в 6 классе по теме «Передвижение веществ в растении»
Цели урока: сформировать представление о передвижении веществ по растениюЗадачи урока:Предметные: на основе знаний о строении стебля, сформировать представление о процессе транспорта вещес...
технологическая карта урока родного языка "Ахсаан ааты санарар сана5а туттуу"
Саха тылыгар уруок технологическай картатаУчуутал Данилова Венера ВасильевнаУруок Саха тылаКылаас, оскуола 6 кылаас, Сулҕаччы орто осколатаУруок тематаАхсаан ааты санарар сана5а туттууБуолар кэмэКулун...
Последовательность изготовления деталей из древесины. Технологическая карта. Технологическая карта. Составление технологической карты известного технологического процесса. Алгоритм. Инструкция. Описание систем и процессов с помощью блок-схем. Апробация пу
Последовательность изготовления деталей из древесины. Технологическая карта. Технологическая карта. Составление технологической карты известного технологического процесса. Алгоритм. Инструкция. Описан...