дьүһүйүү "Сэрии ыар дуораана"
материал
Предварительный просмотр:
Дьүhуйүү «Сэрии ыар дуораана»
- Балаҕан иhэ. Дьоллоох дьиэ кэргэн олоҕо. Оҕолор оонньуу олороллор. Аҕалара уот иннигэр мас кыhар. Ийэлэрэ күөрчэх ытыйар.
Закадровай тыл.
Сайыҥҥы сырдык күннэр
Сүрэхпэр олус минньигэстэр
Оҕо саас дьоллоох кэмнэрэ
Олус да күндүлэр.
Сайылык дьиэлэргэ саха ыалын кыhалҕата суох олоҕо нус бааччы устан иhэр. Оҕо истиҥ күлүүтэ ийэлээх аҕа сүрэхтэрин манньытар.
- Сэрии буурҕатын үҥкүүтэ.
- Айтал А.
Сайылык дьиэлэрин аhаҕас аанынан
Буорах сыта эмискэ аҥылыйбыта.
Холорук курдук өрө ытыллан,
Соhумар сурaх тарҕанан барбыта.
Күлэ – үөрэ турбут айылҕа күөҕэ
Ол күн тута кэхтэн түспүтэ,
Сэрии диэн тыл дьиэттэн дьиэҕэ
Харах уута аргыстаах киирбитэ.
- Бырастыылаһыы.
Аҕа: Ытаама мин хотун доҕорум, оҕолорум барахсаттap ытаhыман. Мин бардым хараҥа күүстэртэн харыhыйа. Оҕолорум барахсаттар тапталым сылааhа эhигини араҥаччылыы сылдьыаҕа.
Толя: Аҕаа, барымаа! …… (Аҕаларын атааран ытаhа -ытаhа тахсар бараллар.)
Арсен киирэн ыллыыр.
Уот үҥкүүтэ.
- (Толя киирэн олорбутун кэннэ кыргыттар киирэллэр. Кыраабыллаахтар уонна ыаҕайалаахтар киирэн олороллор. )
Закадровай тыл: Сэрии уодаhыннаах уота оҕолор барахсаттар дьоллоох кэрэ кэмнэрин имири сиэн барбыта. Ыар үлэ, аас – туор олох. Тулаайах хаалыы соро – муҥа – сэрии кэминээҕи оҕолор ынырык аналлара буолбута.
Толя: Oо, кырыктаах сэрии хаhан бутэр?! Аҕам хаhан кэлэр?! Аҕаа, эйиигин олус аҕынныбыт. Ыhыахха кэллэргин үчүгэй да буолуо этэ. Кэhиибитин дьэдьэн үргээн ууруохпут. Биhиги үчүгэйдик олоробут. Кыайыыны чугаhатаары күн аайы сурэҕэлдьээбэккэ үлэлиибит. Оҕус сиэтэбит, бугул бугуллуубут. Бурдук быhабыт. Арай наhаа аччыктыыбыт ээ, аҕаа. Балтым Маайыс лэппиэскэ көрдөөн ытыыр, оччоҕуна ийэм тэҥҥэ ытаhар. Онтон бары ытаhабыт. Эн суруккун туттахпытына олус үөрэбит. Аҕаа, тургэнник хара санаалаах өстөөхтөрү кыдыйан эргиллэ оҕус. Оччоҕуна дьэ үчүгэй да буолуо этэ.
- Света А. ырыа. “Аҕам суруга»
- Ваня.
Саныыбын төрөөбүт алааспын,
Онно саас сандааран эрдэҕэ.
Күн көмүс толбоно сылаастык
Түннүккэ сыдьаайан түстэҕэ.
Аҕынным даҕаны тыа сытын
Айылҕа уhуктар силигин.
Ырааҕыан төрөөбүт алааhым
Онно тиийдэрбин билигин.
- Алеша
Андаҕайабын
Дойду тапталынан,
Дохсун уордайыынан, хаарыан сирбитин харыстыахпыт,
Көҥүл олоҕу түстүөхпүт.
- Айтал.
Хаан – хааҥҥа! Тыын – тыыҥҥа!
Кырыктаах атаaка
Хатанан хаалбыта харахпар!
Ийэ буор, сир халлаан ынчыга
Иhиллэр курдуктар кулгаахпар.
- Балаҕан иһэ.
Кыыс: Убаай, наhаа аччыктаатым. Аhаабыт киhии… (ытыыр)
Уол: Тукаам, туохпут да суох ээ. Бутэhик бурдукпутун хааhылаан сиэбиппит ыраатта дии. Хантан ылыахпытый лэппиэскэ? (Балтын уоскутар).
(Ийэлэрэ киирэр.) Чыычахтарыам, билигин хааhы сиэхпит. (оҕолор үөрэ түhэллэр).
Ийэ: Ии, барахсаттарыам, кыра бурдук оҕото аҕаллым.
Кыыс: Иэхэйбиэн, хааhы сиэхпит.
Уол: Маайыас, ийэбит биhигини аhатаары бурдук аҕалбыт. Сотору хааhы сиэхпит. Оонньуохха, Маайыас. (ийэлэрэ хааhы буhарар, оҕолор оонньуу сылдьаллар).
Ийэ: Кэлин, чыычаахтар, аhаатыбыт.
- Закадровай тыл: Кыракый балаҕаҥҥа кыл түгэнэ дьол кыыма сандааран ылбыта. Оhох үөрэ – көтө чачыгырыы умайара. Оҕолор барахсаттар тото – хана аhаан, кыhалҕаны умнан үөрбуттэрэ – көппүттэрэ. Кинилэр билбэттэрэ, хайдахтаах курдук алдьархай кэтэhэн турарын.
- НКВД-лар киирэллэр. Алеша, Айтал
Айтал: Өксүөнтүйэбэ Өкүлүүнэ, тура оҕус! Биhигини кытта барсаҕын!
Ийэ: Тыый, ол тоҕо? Ханна? Онтон оҕолорум?
Алеша: Ону – маны дойҕохтоомо! Холкуос бурдугун уоран сиэн баран билбэтэҕэ буола олороҕун! Эйиигин сууттуохтара, норуот өстөөҕө!
Ийэ: Аhынын, харыhыйын даа… Оҕолорум тулаайах хаалаллар…ол биир ытыс бурдугу ылбытым. Чыычаахтарбын аhатаары. Олох быстан олоробут ээ. ..
Айтал: Тур, бардыбыт! Чыычаахтарбын аhатаары диэбит буола – буола!
Ийэ: Тоойуом, Мэхээчэ, сотору кэлиэм, айманыман. Оҕоҕун көрөөр… (НКВД-лар туҥ – таҥ анньан илдьэ бараллар. Толя эккирэтэр, тардыалаhар) Ийээ, ийээ! Ийэбин ыытын!
Кутурҕан үҥкүүтэ.
Кулиса сабыллар).
- Кулиса аhыллар. Саллааттар олороллор.
(Аҕа сурук суруйар) Аҕа: Тапталлаах кэргэним, Өкүлүүнэ, оҕолорум барахсаттар аҕаҕытыттан дорообото тутун. Сүөhү – ас хайдаҕый? Тоойуом, Мэхээчэ, ийэҕэр көмөлөс. Сэрии сотору бүтүө. Дойдубар эргиллэн тиийэр инибин диэн эрэллээхпин. Кытаатын, бары этэҥҥэ буолун. Сотору кэминэн көрсүөхпүт. (Сэрии тыаhа улаатар, буомба туhэр тыаhа иhиллэр. Икки саллаат бааhырбыт саллааты өйөөн тахсан бараллар.)
- Закадровай тыл: (Кыталыктар үҥкүүлэрэ) Уодаhыннаах уоттаах сэрии элбэх киhини кылгас үйэлээбитэ. Оҕону, дьахтары тулаайах муҥун биллэрбитэ. Уот курааннар тураннар, сут сатыылаабыта. Аччыктааhын дьону сытыы хотуурдуу охсон барбыта. Дьон саамай чулуута, кыайыылаах – хотуулаах өттө, эдэрэ, чэгиэнэ уоттаах сэриигэ төрөөбүт дойдуларын туруулаhан көмүскээбиттэрэ. Ол ыарахан кэмнэргэ оҕо, дьахтар, кырдьаҕас өттө бука бары ыарахан үлэҕэ эриллэн Улуу Кыайыыны уhансыбыттара! Үйэлэргэ өлбөөдүйбэт өлбөт өрөгөйдөөх үтүө күн! Туругурдун, Улуу Кыайыы!!!
- ( уолаттар киирэллэр. )
Толя:
Саха норуота самнан, сүтэн хаалбакка
Сандаар – күндээр күннэннин диэн,
Саха норуота бырааттыы омуктардыын
Саҕалаабыт олоҕун саргылаатын диэн
Арсен:
Буойун саха,
Кырдьык иhин кыргыс!
Олох иhин охсус!
Ваня:
Уулаах окуопаҕа да сытан,
Утуйбакка да сылдьан,
Ийэ дойдум дьолун иhин
Эрэйдэммитим да иhин,
Син –биир этиэҕим
Сирдээҕи дьолу билэбин диэн.
Бары:
Үөрүү өрөгөйдөөтө!
Кыайыы кылбайда!
Үлүскэн үөрүүттэн
Өй – санаа үрдүккэ тардыста!
Айтал:
Эдэр түөскэ эрчим элбэх.
Эрэл, баҕа санаа
Барыта туоллун!
Олох суола уустук, уhун.
Ол барыта дьоллоох буоллун!
(Кулиса сабыллар)
По теме: методические разработки, презентации и конспекты
Эьэм сэрии толоонугар геройдуу охтубут буойун
Наш дед героически погиб в великой Отечественной Войне...
Внеклассное мероприятие, посвященное творчеству британского композитора сэра Эндрю Ллойда Вебера "Soundtrack of Our Lives"
Soundtrack of Our LivesПознавательный аспект – знакомство с творчеством британского композитора сэра Эндрю Ллойда Вебера, популярными мюзиклами. Просмотр художественного фильма: “The Phantom of ...
Доклад "Сэрии иннинээ5и сурук-бичик, докумуоннар, хаьыат, бэчээт".
доклад о содержит о якутской письменности после ВОВ...