Эьэм сэрии толоонугар геройдуу охтубут буойун
методическая разработка по теме

Ксенофонтова Саргылана Алексеевна

Наш дед героически погиб в великой Отечественной Войне

Скачать:

ВложениеРазмер
Microsoft Office document icon eem_serii_toloonugar_geroyduu_ohtubut_buoyun2.doc49 КБ

Предварительный просмотр:

     Эһэбит сэрии толоонугар геройдуу охтубут буойун –

                       Корякин  Александр Афанасьевич

     Күн көмүс  толбонунан сир ийэ күөх ньуурун сылаанньыта угуттуур. Алаас са5атыгар наңнаспыт хатыңнар намчы лабаалара сиккиэр тыалга суугунуур. Айыл5а барахсан ситэн- силигилээн а5ай турар үтүө  кэмэ кэлбитэ.

   Эмискэ маннык чуумпуну сэрии диэн суостаах тыл этиң эппитинии уйгуурдубута. 1941 сыллаахха А5а дойдуну көмүскүүр улуу сэрии са5аламмыта. Саха ньургун уолаттара «холкуостарын соно5ос атынан суол буорун бур5атан» сэриигэ аттаммыттара.

  От ыйын 3 кунугэр 1941 сыллааха Булуу оройуонун Уотту нэһилиэгиттэн сэриигэ 50 киһи барбыт, кинилэр ортолоругар биһиги хос эһэбит Корякин Александр Афанасьевич баара.

  Эһэбит  1905 сыллаахха саас күөх от бытыгыраан тахсыыта күн сирин көрбүт, 7 кылаас үөрэхтээх.

   1928 сыллаахха тэриллибит Дарда холкуоска бэрэссэдээтэллээбит. Бу холкуос тэриллэригэр сыратын биэрбит дьоннортон биирдэстэрэ.

   1935 сыллаахха бөдөңсүйбүт  «Сталин» холкуос тэриллибит. Бэрэссэдээтэлинэн Николай  Таппа5аарап, биригэдииринэн биһиги эһэбит улэлээбиттэр. Ол кэмңэ 0,98 гектар сиртэн 128 центнер дьэһимиэн бурдугу үүнэрэн, оччотоо5уга аан дойду рекордун ситиспиттэр. Ол улахан ситиһиилэрин чиэстээн эһэбитин 1937 сыллаахха от ыйын 6 кунугэр Саха АССР тэриллибитэ 15 сылын бырааһынньыгар ыңырбыттар.Ол бурдук куолаһа Москва5а быыстапка5а барбыт. Эһэбит ону тутан түспүт хаартыската о5олоругар- сиэннэригэр өйдүбүнньүк буолан сылдьар.

   Эһэбит сэриигэ барарыгар баара суо5а 35 саастаа5а. Биһиэхэ эһэбит туһунан мэлдьи киэн тутта кэпсииллэр.Эһэбит  кэргэнэ хос эбэбит Мария Гаврильевна кэргэнэ сэриигэ барарыгар 3 кыра о5олоох хаалбыта. Биһиги эбэбит Светлана Александровна саамай кыралара, күһүн а5ата сэриигэ барбытын кэннэ төрөөбүт, онон а5ата кинини көрбөтөх.

  Корякиттар улахан уоллара Василий Александрович улэ ветерана, тустууга спорт маастара, кадровай булчут этэ. Кэргэнинээн Федора Харлампьевналыын  Булуу куоратыгар олорбуттара. Билигин  о5олоро- сиэннэрэ эбэлээх эһэлэрин өтөхтөрүн кыымын күөдьутэн, олохторун сал5аан олороллор.

   Улахан кыыстара Клара Александровна Семенова  кооперация туйгуна, үлэ ветерана. Кэргэнэ Егор Трофимовичтыын биэс о5ону төрөтөн, иитэн, үгүс сиэн эбэтэ, эһэтэ, хос эбэтэ, хос эһэтэ буолбуттара.

  Уоллара Ким Александрович Корякин Саха  сиринээ5и булчуттар, балыксыттар уопсастыбаларын бэрэссэдээтэлэ. Кэргэнэ  Февронья Никитичналыын о5олорун атахтарыгар туруоран, билигин бочуоттаах сынньалаңңа олорон сиэннэрин бүөбэйдииллэр.

    Кыра кыыстара биһиги эбэбит Светлана Александровна Герасимова ветеран учуутал, комсомол 15 сьеһин делегата түөрт о5олоох, сиэннэрдээх. Кэргэнэ, биһиги эһэбит Алексей Гаврильевич, ветеран учуутал. Мэңэ-Хаңалас Хорообутугар олороллор. Кинилэр кыыстара, биһиги ийэбит, Ксенофонтова Саргылаана Алексеевна Кириэстээх орто оскуолатыгар учууталлыыр. Бииргэ төрөөбүт төрдүөбүт. Улахаммыт Света быйыл оскуоланы бутэрэр, Таня-9, Алеша-7 кылааска үөрэнэллэр. Кырабыт Юльяна 2.5 саастаах.

  Корякиттар утумнарын сал5ыыр элбэх сиэннэрдээхтэр.Түөрт о5олоро төрдүөн а5аларын сырдык аатын кэриэстээн Саша диэн уолаттардаахтар, хос эбэтин аатын ааттатар Мария Гаврильевна   3 кылааска туйгуннук үөрэнэр.

  Эһэбит кыракый о5олорун тиһэх төгүл сүүстэриттэн сыллаан, алаһа дьиэтин аанын букатыннаактык сабан, сэрии илбис толоонугар көмүс уңуо5а урусхалламмыта. Кини 4-26-53 действительнай армия5а сэриилэспит.

   Ленинград куорат госпиталыгар ыараханнык бааhыран сытан  суруйбут суругун харахпыт харатын курдук харыстаан уура сылдьабыт. «Бука бары үчүгэйдик сылдьаргыт миэхэ күн тааһа буолан көстүө5э» диэн суруйбута күн бүгүн биhиэхэ эмиэ туhааннаах.О5о үөрэнэр тэтэрээтин лииhин лоскуйун икки өттүгэр суруллубут сурукка 31.05.42 уонна 25.07.42 диэн ыйа- күнэ суруллубут. Бу 47№-дээх полевой почтанан о5олоругар ыыппыт тиһэх суруга.

   Ленинград уобалаhыгар Кировскай куоракка баар музейга эhэбит партийнай билиэтэ баар эбит. Онно «туох эмэ буолар тубэлтэбэр бу билиэти улахан уолбар Бааска5а тиксэрээриң» - диэн суруктаах үһү. Аата өйдөбүннүк дуоска5а суруллан турарын таайым Ким Александровичтаах дьиэ кэргэнинэн бара сылдьан көрбүттэр. Братскай могила5а көмүллэн сытар сиригэр сибэкки ,мас олордубуттара ыччаттарын ааттарыттан чэлгийэ-үүнэ турдахтара.

    Эhэбит сэриигэ барарыгар эбэбит Мария Гаврильевна үс о5олоох, төрдүhүн о5олоноору сылдьан хаалбыт. Эhэбит биир суругар «Кыыс о5о төрөөтө5үнэ Светлана диэн аатаарың. Светлана диэн күөх харахтаах нуучча кыыhа сэрии толоонуттан соhон таhааран быыhаабыта» диэн суруйбут. Ол иhин кыыс о5о төрөөбүтүгэр ол амарах санаалаах нуучча кыыhын аатынан эбэбитин Светлана диэн ааттаабыттар.

    Эhэбит 1943 сыллаахха кулун тутар 30 кунугэр ыараханнык бааhыран Ленинград куорат госпиталыгар өлбүтүн туhунан биллэрии кэлбит. «В бою за Социалистическую Родину, верный воинской присяге, проявив геройство и мужество был убит 30.03.43. и похоронен южнее озера Долгое Мгинского района, Ленинградской области, станция Малая Малукса. Командир части Головин, Начальник штаба майор Пластин» - диэн ис хоhоонноох биллэриини тутан баран, эбэбит Маарыйа ытыы олорон о5олорун аймаамаары хара5ын уутун кистээбитин өйдөөн хаалбыттарын о5олоро бу курдук ахталлар : «А5абыт кэлиэ диэн бары кэтэhэ саныырбыт. Биирдэ таhырдьаттан киирэн кэлбиппитигэр ийэбит ытыы олорор этэ. Кистии-саба туттан кэбиспитэ. А5абыт өлбүтүн туhунан биллэрии туппут этэ. А5абыт туhунан санаабакка ийэбитин аhыммыппыт. Чугаhаабакка дьалты хааман, атын сиргэ тиийэн иhийэн олорбуппут.»

    Эбэбит Маарыйа ыарахан улэ5э миккиллэн, түөрт кыра о5о5о эриллэн, сыыстаран улаханнык ыалдьан сотору-сотору суор5аннаах тэллэххэ охтон хаалара үhү. Эбээбин Светлананы, уу ньулдьа5ай о5ону, эhэм бииргэ төрөөбүт балта Настааччыйалаах иитэ ылан киhи оңорбуттар.Сэрии са5аланыытыгар төрөөбүт, ыарыhах ийэлээх, кыhыл о5ону киhи буоларыгар ким да эрэммэт этэ. Настааччыйа кэргэнэ Сөдүөт : « О5ону ылан иитэн көрүөххэ. Дьыл5ата буолла5ына киhи буолуо. Убайың сэрииттэн эргийдэ5инэ о5о5ун көрбөккөбүт хоргутан өлөрбүппүт диэхпит дуо?» - диэн  уоларыгар Хабырыылга ханыы гынан ииппиттэр. Эбэм бииргэ иитиллибит убайа Гаврил Федотович Корякин өр сылларга партийнай – салайар үлэ5э үтүө суобастаахтык үлэлээбитэ, 3 о5олоох, сиэннэрдээх. Билигин эhээ Cөдүөт, эбээ Настааччыйа диэн эбэбит ииппит дьонун истиңник ахтабыт.    

    А5алара өлбүтүн кэннэ хойут биир саппыкы, биир былаат, биир куопта сэрии тулаайахтарыгар диэн кэлбит. «А5а5ыт оннугар ыыппыт маллара диэн ийэбит ытыы-ытыы кэпсиирэ, ол саппыкыны ийэм кэтэрдэ сатыырын, «а5абын өлөрбүт немецтар саппыкыларын кэппэппин» диэн атах сыгынньах сылдьарым» - диэн эбэбит Светлана Александровна саныыр.

  Таайбыт Ким Александрович «Суруктаах куулунан тигиллибит сонноох Дьокуускай куоракка үөрэнэ барбытым. Убайым, эдьиийим, балтым эмиэ оннук усулуобуйа5а улаатан үлэhит буолбуппут» диэн ахтар. А5а амарах таптала диэни билбэккэ улааппыт, со5отох ийэ тиийиммэт – тугэммэт кыhал5атыгар иитиллибит, сэрии ыар содулун тыыннаах туоhута, эбэм Светлана Александровна оччотоо5у олох туhунан элбэ5и кэпсиир.

   Эбэбит Мэңэ-Хаңаласка кийиит буолан олорбута 40-тан тахса сыл буолла. Ахтыл5аннаах Бүлүүтүгэр сотору –сотору кэлэн дьонун-сэргэтин билсэн, о5о сааһа ааспыт Уоттутун   көрөн барар. Биһиги эмиэ аймахтарбытын билсэбит. Дьокуускайга  баран-кэлэн иһэн сылдьан ааһабыт. Былырыын күһүн Уоттуга таарыйан, эбэбит өтө5үн, өбүгэлэрин кэриэстээн Уотту ыччаттара туруорбут өйдөбүнньүк бэлиэлэрин көрөн кэлбиппит.

   Эhэбит  ийэ дойдутугар, дьонугар-сэргэтигэр, о5олоругар бэриниилээх оло5унан киэн туттабыт. Кини ситэ оңорботох дьыалатын, олорботох оло5ун биhиги ситэрэр ытык иэстээхпит.

   Ийэ дойдуларын, норуоттарын кэскилин алдьархайтан быыhаспыт хорсун буойуттар мэлдьи холобур буолуохтара. Биhиги дьолбут-соргубут туhугар тыыннарын толук уурбут, эдэр саастарыгар өстөөх буулдьатыттан бааhыран кэлбит буойуттарбыт ааттара үйэ тухары хаhан да умнуллубатын.

                                        Светлана, Татьяна, Алексей, Юльяна Ксенофонтовтар

                                         Корякин А.А. хос сиэттэрэ.    

       


По теме: методические разработки, презентации и конспекты

Внеклассное мероприятие, посвященное творчеству британского композитора сэра Эндрю Ллойда Вебера "Soundtrack of Our Lives"

Soundtrack of Our LivesПознавательный аспект – знакомство с творчеством британского композитора сэра Эндрю Ллойда Вебера, популярными мюзиклами. Просмотр художественного фильма: “The Phantom of ...

Доклад "Сэрии иннинээ5и сурук-бичик, докумуоннар, хаьыат, бэчээт".

доклад о содержит о якутской письменности после ВОВ...

дьүһүйүү "Сэрии ыар дуораана"

Улуу Кыайыы күнүгэр аналлаах дьүһүйүү...