Доклад "Сэрии иннинээ5и сурук-бичик, докумуоннар, хаьыат, бэчээт".
статья

Неустроева Оксана Ивановна

доклад о содержит о якутской письменности после ВОВ

Скачать:

ВложениеРазмер
Файл pechat.docx20.66 КБ

Предварительный просмотр:

Сэрии иннинээ5и сурук-бичик, докумуоннар, хаьыат, бэчээт.

до начала 1920-х годов — письменность на основе кириллицы;

1917—1929 годы — письменность Новгородова, имеющая в основе латинский алфавит;

1929—1939 годы — унифицированный алфавит на латинской основе; (яналиф)

- 1926 сыллаахха Баку куоракка бастакы тюркологическай сьезд буолар, бу сьезд тумугэр СССРга олрор туур омуктарга унифицированнай туур алвитын туьуналларыгар рекомендация биэрэллэр. Бу сьезд кэнниттэн биьиги республикабытыгар транцкриционнай-терминологическай комиссия тэриллэр, онно саха суругун-бичигин унификациятын вопрос быьыытынан коруллэр. Комиссия чилиэттэр икки гына хайдаллар, биир анара  собулэьэллэр, биир анара саха тылыгар Новогородов алфавита бассар диэн этэллэр. Тумугэр, Новогородв алфавитын сорох буукубаларын хааларарга, сорох буукубатын яналиф чугас гына уларытарга диэн быьаарыныы ылаллар. Ол уларыйыы кэнниттэн Саха сириттэн представитель ВЦК 2 пленумна сана алфавиты билсиьиннэрэр.Оттн ыам ыйын 26 кунугэр 1928 сыллаахха  Саха сирин ЦИК иннигэр баар сахалыы сурук бичик комитета сана алфавит проегын бигэргэтэр. Бу сыл  унификация вопроьа элбэхтик турар.  Оннук гынан Кулун тутар 9 кунугэр 1929 сыллаахха Саха сирин (центральный исполнительный комитет) комитета унифицированнай саха тылын алфавитын бигэргэтэр.

Якутский алфавит 1929—1939 годов

с 1939 года — письменность на основе кириллицы

         1917-1929 сылларга Семен Новгородов латыынныы алпаабыта санардыллан, эбиллэн оссо 10ча сыл сулууспалаабыта,  сахалыы суругу-бичиги, сэбиэскэй былаас бастакы сылларыгар уорэ5и сырдатыы, билиини култуураны тар5атыы куус комо буолан 30с сылларга оскуолаларга о5олору уорэтии, ликбез киириитэ, бастакы хаьыаттары тар5атыы ситиьиилээхтик барбыта.

      Бу мунньахха Сэбиэскэй государство национальнай политикатын туһунан РКП(б) 10с съеһигэр ылыныллыбыт быһаарыыларын толорууга аналлаах мунньах эбит.

  1. Сахалыы тылынан тахсар хаһыаты таһаарыы туһунан сорук 1921 сыл бэс ыйыгар ыытыллыбыт күбүөрүнүтээҕи партийнай мунньах кэмигэр ылыллыбыт. Саха бэчээтэ үөскээбитин историята официальнайдык бу сылтан саха чулуу дьонноро —  Платон Алексеевич Ойуунускай, Максим Кирович Аммосов, Анемподист Иванович Софронов төрүттээбит “Манчаары”(1921-1922 сс.) хаһыат тахсыаҕыттан саҕаланар. Бу сыл ахсынньы 28 күнүгэр хаһыат бастакы нүөмэрэ тахсар, эрэдээктэринэн Исидор Барахов улэлиир.

       Биьиги оскуолабыт кыраайы уорэтэр музейыгар баар оччотоо5у кэмтэн икки хаьыат баар. «Бэлэм буол» уонна «Эдэр бассабыык».

       Ол курдук ыам ыйын 15 кунугэр 1936 сыллаахха о5олорго аналлаах «Бэлэм буол» хаьыат тахсар. (Ол кэмнэ 8 тыыьынча сурутааччылаах эбит. Хаьыат бастакы редакторынан биллиилээх поэт Архип Георгиевич Кудрин-Аба5ыыныскай анаммыта. Кини кэнниттэн суруналыыс Гаврил Павлович Тихонов, норуодунай поэт Владимир Михайлович Новиков-Куннук Уурастыырап улэлээбиттэрэ.

       Бастакы нүөмэрэ латыынныы алпаабытынан бэчээттэниллэн тахсар, хаьыат бастакы балаьытыгар, эдэр натуралистар суруктара, ону тэҥэ уобаластааҕы баартыйа, сэбиэттэр. хомсомуол тэрилтэлэрин салайааччыларын эҕэрдэлэрэ, онтон иккис балаһаҕа Суорун Омоллоон "Киристэпиэл" пьесата бэчээттэммит. (Оттон сэрии иннинээҕи редакторынан Никифор Кирикович Седалищев — Дьүөгэ Ааныстыырап. 1941 сыллаахха бэс ыйын 27 күнүгэр «Бэлэм буол» бүтэһик 277-с нүөмэрин таһаарбыта)

  1. 1921 сыллаахха хомсомуол Саха уобаластааҕы кэмитиэтин уоргана «Хотугу ыччат» хаһыат бастакы нүөмэрэ «Автономная Якутия» хаһыакка сыһыарыы быһыытынан тахсар. Бу хаһыат аатын хаста да уларыппыттар. 1929 сыллаахха бу хаьыат «Эдэр бассабыык» диэн аата уларыйан тахсар. Латыынныы тылынан суруллубут араас дуогабардар, ынырыылар, холбоьуктааьын боппуруостара, ыьыы, хомуур туьунан ыстатыйалар суруллубуттар. (“Хотугу ыччат”, “Эдэр бассабыык”, “Эдэр коммунист”, “Сахаада”).

           Ону таьынан 30с сыллардаахха латыынныы тылынан суруллан тахсыбыт бэчээттэр эмиэ бааллар:

  1. Ол курдук  «Оскуола улэтин сирдьитэ» диэн 1935 сыллаахха С.И. Андросов хомуйан тылбаастаан онорбут кинигэтэ Дьокуускайга тахсыбыт. Манна араас Саха АССР Совнаркуом уураахтара, ынырыылар бааллар. Короргут курдук, кинигэ5э илииннэн суруллубут суруктар бааллар, арааьа сэрии кэмигэр  тэтэрээттэрэ суох буолан суруйбуттара буолуо диэн саба5алыыбыт.  
  2. Бу 1934 сыллаахха тахсыбыт С.И. Андросов «Кордоох, чэбдик оонньууллар» диэн кинигэтэ буолар. Бу оскуолаларга, пионер тэрилтэлэригэр, о5олор лаа5ырдарыгар оонньотор оонньууллара киирбиттэр. Манна хамсаныылаах, кыьынны маассабай оонньуулар, со5отохтуу-иккилии буолан оонньуу араас коруннэрэ бааллар.
  1. 1934 сыллаахха тахсыбыт государство5а уут туттарыы эбэьээтилистибэ буолар. Манна уут туттарыы быраабылата, ону таьынан тоьо масса ууту туттарбыттара, туттарыахтаахтара  суруллар эбит.
  2. Онтон бу уорэх дьылын тумуктуур 1941 сыллаахха Саха АССР Амма оройуонун Сул5аччы оскуолатын маннайгы кылааьын уорэнээччитигэр Ефремов Дмитрий Семеновичка туйгун уорэ5ин уонна учугэй бэрээдэгин иьин туттарыллыбыт грамота буолар.