аһаҕас урок сценарийа
план-конспект урока (6 класс)
Уруок тиэмэтэ: Өй, сүрэх дьүөрэлэһиитэ – билии, сайдыы төрдө. (П.А.Ойуунускай “Оҕо куйуурдуу турара” айымньытынан).
Сыала:
Үөрэтэр: өй, сүрэх дьүөрэлэһиитэ – билии, сайдыы төрдүн быһаарыы, өйдөөһүн, ылыныы, олоххо туттуу. П.А.Ойуунускай “Оҕо куйуурдуу турара” айымньытын нөҥүө өй, сүрэх дьүөрэлэһиитин быһаарыы, ырытыы.
Иитэр: киһи сүрэҕинэн таптыыр, аһынар, харыстыыр, өйүнэн толкуйдуур, үтүөнү – мөкүнү арааран, санааны таба салайар аналын олоххо туһанарга туһаайыы.
Сайыннарар: бодоруһар, анаарар, бэйэни салайынар, хонтуруолланар, сыаналанар үөрүйэхтэрин иҥэрии, толкуйдуур, ырытар дьоҕуру сайыннарыы.
Уруок тиибэ: Барбыт тиэмэҕэ олоҕуран, билиини чиҥэтии уруога.
Скачать:
Вложение | Размер |
---|---|
ahagas_urok_stsenariya.docx | 29.55 КБ |
Предварительный просмотр:
Уруок тиэмэтэ: Өй, сүрэх дьүөрэлэһиитэ – билии, сайдыы төрдө. (П.А.Ойуунускай “Оҕо куйуурдуу турара” айымньытынан).
Сыала:
Үөрэтэр: өй, сүрэх дьүөрэлэһиитэ – билии, сайдыы төрдүн быһаарыы, өйдөөһүн, ылыныы, олоххо туттуу. П.А.Ойуунускай “Оҕо куйуурдуу турара” айымньытын нөҥүө өй, сүрэх дьүөрэлэһиитин быһаарыы, ырытыы.
Иитэр: киһи сүрэҕинэн таптыыр, аһынар, харыстыыр, өйүнэн толкуйдуур, үтүөнү – мөкүнү арааран, санааны таба салайар аналын олоххо туһанарга туһаайыы.
Сайыннарар: бодоруһар, анаарар, бэйэни салайынар, хонтуруолланар, сыаналанар үөрүйэхтэрин иҥэрии, толкуйдуур, ырытар дьоҕуру сайыннарыы.
Уруок тиибэ: Барбыт тиэмэҕэ олоҕуран, билиини чиҥэтии уруога.
Уруок технологията:
Уруок хаамыыта:
- Турукка киллэрии (уйулҕаны уһугуннарыы)
Учуутал - Үтүө күнүнэн! Биһиги Туора – Күөл орто оскуолатын саха тылын уонна литературатын учууталлара Павлова В.Д, Гуляева А.И. диэммит. Оҕолоор, саас киһи хайдах настырыанньалаах сылдьарый?
Үөрэнээччилэр - үчүгэй.
Учуутал – онтон биһиги бүгүн хайдах настырыанньалаахпытый?
Үөрэнээччилэр - үчүгэй.
Учуутал – Сотору саамай күүтүүлээх кэммит сайын кэлиэ, от үүнүө, сибэкки тэтэриэ. Мин эһиэхэ кэрэчээн лыахтары түҥэтэбин. Бары биирдии лыаҕы ылан, ытыспытыгар олордобут. Биирдэ үөрэнээччи учууталыгар наар төттөрүтүн этиэн, дакаастыан баҕарбыт уонна ыйыппыт – Эн илиигэр тыыннаах лыах олорор дуу, өлбүт лыах дуу? Уонна иһигэр өскөтүн тыыннаах диэтэҕинэ өлбүт диэҕим, оттон өлбүт диэтэҕинэ тыыннаах диэҕим диэн толкуйдаабыт. Учуутала туох диэн хоруйдаабыта буолуой?
(Үөрэнээччилэр санааларын этэллэр).
Учуутал – “Туох барыта киһи бэйэтин илиитин иһигэр”диэн хоруйдаабыт. Ол курдук, биһиги бүгүҥҥү уруокпут хайдах ааһара кимтэн тутулуктааҕый?
Үөрэнээччилэр – бэйэбититтэн.
- Үөрэнэргэ көҕүлээһин.
Быһаҕас 2 уулаах ыстакаан тутан турабыт.
- Оҕолоор, бу тугу көрөҕүтүй?
- Уулаах ыстакаан.
- Тоҕо 1 ыстакааны туппакка 2 ыстакааны тутан турарым буолуой?
- (1 ыстакааны остуолга уурабын, 1 биир илиибэр тутан турабын) Онтон маннык тугу көрөҕүтүй?
- Биир илиигэр ыстакааннааххын, бииргэр суох. (учуутал иккис ыстакааны төттөрү ылан илиитигэр тутар)
- Киһи икки илиилээҕин, икки атахтааҕын курдук туох барыта ханыылаах, пааралаах буолар.
- Чэ эрэ, оҕолоор, маннык ыйытыы баар. Бу ыстакааннарга анарыгар дылы уу кутуллубут дуу, эбэтэр толоруттан анарыгар дылы төттөрү сүөкэммит дуу? (Оҕолор санааларын этэллэр. Сыыһа санаа суох!)
- Ким аҥарыгар дылы уу кутуллубут диэбиттэр биир илиигитин уунун, онтон толоруттан сүөкэммит диэбиттэр икки илиигитин уунун. Көрөргүт курдук киһи санаата араас, сыыһа эппиэт диэн суох. Билигин биир илиилэрин ууммуттар бастакы бөлөх, икки илиилэрин ууммуттар иккис бөлөх буолаҕыт. (остуолга уулаах ыстакааннар уонна ньуоска, уулаах пиалалар, панно матырыйаала ууруллар).
- Толкуйга киллэрии. Бөлөҕүнэн үлэ. Талбыт тиэмэҕэ баар матырыйаалынан панно оҥоруута. (3 мүнүүтэ иһигэр тугу баҕаралларынан панно оҥороллор)
Оҕолоор, кылгас бириэмэ иһигэр олус үчүгэй үлэни оҥорон таһаардыгыт. Бу паннолары оҥорорго туох көмөлөстө? Үлэни толорорго киһиэхэ туох нааданый? (оҕолор санааларын этэллэр). Ханнык ба5арар үлэҕэ киһиттэн туох ирдэнэрий? Учуутал тирэх ыйытыылара: өй, сүрэх наада диэҥҥэ оҕолор эппиэттэрин тиэрдии.
- Паннону өй уонна сүрэх толкуйунан оҥордубут дии санаабыт бөлөх пиалаттан биир ньуоска ууну ыстакааҥҥа кутуҥ.
- Тиэмэҕэ сирдээһин.
Учуутал – Үлэһит киһи өйдөөх уонна сүрэхтээх диэтибит.Өй диэни хайдах өйдүүбүтүй, онтон сүрэх диэни. (учуутал дуоскаҕа өй уонна сүрэх ойуутун сыбыыр). Маҥнайгы бөлөх өй туһунан, иккис бөлөх сүрэх. (оҕолор дуоскаҕа тахсан суруйаллар, кэпсииллэр).
Киһиэхэ ордук өй наада дуу, эбэтэр сүрэх дуу? (Иккиэн наадатын дакаастыыллар.)
Өй уонна сүрэх бииргэ дьүөрэлэһэн сылдьалларын кытта сөбүлэһэр буоллаххытына эмиэ пиалаттан биир ньуоска ууну ыстакааҥҥа кутабыт.
- Саҥа тиэмэҕэ киирии
(Слайдаҕа Ойуунускай мэтириэтэ уонна оҕо куйуурдуу турара көстөр) – оҕолоор, экраҥҥа тугу көрөҕүтүй?
- П.А.Ойуунускай мэтириэтэ уонна оҕо куйуурдуу турара.
- 1. П.А.Ойуунускай уонна “о5о куйуурдуу турара” кэпсээн туҺунан тугу билэбитий?
2. П.А.Ойуунускай хайдах уһулуччулаах киһи буола үүнэн – сайдан тахсыбытай?
- о5олор эппиэттэрэ.
Сорудах: (слайдаҕа көстөр) “Оҕо куйуурдуу турара” кэпсээҥҥэ өй, сүрэх күүһэ ханнык түгэҥҥэ көстөрүй?
(слайдаҕа) талар үлэ көрүҥнэрэ:
1.Айымньыга өй, сүрэх күүһэ көстөр түгэннэрин дорҕоонноохтук ааҕыы уонна ырытыы.
2. Айымньыга өй, сүрэх күүһэ көстөр түгэннэрин оонньоон көрдөрүү уонна ырытыы.
Оҕолоор, бары санааҕытын эттигит, өй, сүрэх көстөр түгэннэрин ырыттыгыт.
Бу айымньыга өй, сүрэх күүһэ кырачаан уолга туох санааны а5алла ? (оҕолор эппиэттэрэ).
(Слайдаҕа) Күүстээх баҕа санаа, тулуур, дьулуур, билиигэ, үөрэххэ, көҥүл олоххо тардыһыы.
Табыллан үлэлээтибит, сөптөөх түмүккэ кэллибит диэбит бөлөх ыстакааммытыгар уубутун кутабыт.
6.Тиэмэни чиҥэтии. Слайдаҕа күүстээх баҕа санаа, тулуур, дьулуур, билиигэ, үөрэххэ, көҥүл олоххо тардыһыы диэн тыллар көстөн тураллар. )
Оччоҕо биһиги бүгүҥҥү уруокпут ханнык тиэмэҕэ анаммыт эбитий?
(оҕолор эппиэттэрэ) (2 слайдаҕа уруок тиэмэтэ тахсар).
7.Сынньалаҥ түгэн.
Оҕолоор, бары турдубут, сиэттистибит, харахпытын симэбит. Бүгүҥҥү уруок түгэннэрин саныаххайыҥ. Ким үчүгэйдик үлэлээбит мичээрдиир, онтон өссө үчүгэйдик үлэлиэхпит диэччилэр ытыспытын таһынабыт. Махтал, олоруҥ.
- Учуутал кэһиитэ. (Сүрэх – таптыыр, аһынар, харыстыыр аналлаах. Өй – толкуйдуур, үтүөнү – мөкүнү арааран, санааны таба салайар аналлааҕын айар тыл аҕата Өксөкүлээх Өлөксөй ыллаабыт ырыатыгар, туойбут тойугар, алҕаабыт алгыһыгар анаарар. (Слайдаҕа көстөр)) диэн этэн туран, хас биирдиигит олоххо туһаныахтара диэн кэс тыллары бэлэхтиибит.
- Түмүк. О5олоор, улуу суруйааччыбыт П.А.Ойуунускай “Кыһыл Ойуун”айымньытыгар эппит тыыннаах тылларын бары туран эрэ ааҕыаҕыҥ. (слайдаҕа)
Эрэнэбин – итэҕэйэбин икки атахтаах
Эрэйэ – буруйа өлөрүн,
Өлөртөн өлбөт өйүн,
Өйүнэн өлбөт бэйэтин.
(слайдаҕа)
- Хас биирдии киһи дьоҕурдаах
- Хас биирдии киһи бэйэтин таһымын аһары түһэр кыахтаах.
Оҕолоор, ыстакааннарбытын көрөбүт. Төһө эбиллибиттэрий? Ыстакааммытын, ол эбэтэр билиибитин күн аайы эбинэн кыра кыралаан таммаҕынан, грамынан да буоллар толорон иһиэхтээхпит. Оттон күн аайы эбиллибэт билии көҕүрүүр. Ыстакааннаах уу паар буолан көтөрүн курдук уостан, симэлийэн, умнуллан иһэр.
- Сайдыы муҥура суох диэн улуу философтар эппит бэргэн тылларын олоххутугар туһаныҥ!
- Бэйэни сыаналаныы.
Оҕолоор, эһиги иннигитэр кыһыл уонна араҕас дьүһүннээх сардаҥалар сыталлар. Бу уруокка табыллан үлэлээтибит дии санаабыттар кыһыл, оттон ситэ арыллан үлэлээбэтибит диэбиттэр араҕас дьүһүнү талан дуоскаҕа ыйыыбыт уонна лыахтарбытын эмиэ.
(учуутал күн төгүрүгүн дуоскаҕа ыйыыр, оҕолор күн сардаҥатын ыйыыллар.)
- Күн диэн тугуй? ( о5олор эппиэттэрэ)
- Күнэ суох........(олох суох)
Биһиги олохпут бэйэбит илиибит иһигэр.
Туох барыта бэйэбит илиибит иһигэр. Барыгытыгар махтал. Аныгы сырыыга көрсүөххэ дылы.
Уруок аналиһа
Предметэ: Саха литературата
Кылааьа: 7
Учууталлар: Павлова В.Д, Гуляева А.И.
Уруок тиэмэтэ: Өй, сүрэх дьүөрэлэһиитэ – билии, сайдыы төрдө. (П.А.Ойуунускай “Оҕо куйуурдуу турара” айымньытынан).
Уруок тиибэ: Барбыт тиэмэҕэ олоҕуран, билиини чиҥэтии уруога.
1 | Турукка киирии. Бол5омтону тардыы. | Бодоруһар үөрүйэх. Үөрэнээччи уйулҕатын уһугуннарыы. Бииргэ үлэлииргэ туһаайыы. |
2 | Үөрэнэргэ көҕүлээһин. | Тус санааны, сыьыаны сайыннарар уеруйэх. Сиэр-майгы сыаннастарын ейдееьун, тус бэйэ оруолун ейдееьун, бэйэни сыаналаныы. |
3 | Толкуйга киллэрии. | Өйү сайыннарар үөрүйэх. Сатаан былааннаныы. Бэйэни сыаналаныы. |
4 | Уруок тиэмэтигэр сирдээьин. | Билэр-керер уеруйэх. Уерэнэргэ уеруйэх, тобулук ейу сайыннарар уеруйэх. Тус санааны, сыьыаны сайыннарар уеруйэх. Бэйэни сыаналаныы. |
5 | Саҥа тиэмэҕэ киирии | Билэр-керер уеруйэх. Бэйэни салайынар уерэх. Сатаан былааннаныы, тумугу сылыктааьын, бэйэни хонтуруолланыы. Тус санааны, сыьыаны сайыннарар уеруйэх.Сиэр-майгы сыуолтатын ейдееьун, сыаналаныы. Бодоруьар уеруйэх. Бииргэ улэлиири былааннаныы, тапсан улэлиир, санаатын сааьылаан санарар. Суруйар. |
6 | Тиэмэни чиҥэтии. | Билэр-керер уеруйэх. Проблеманы туруоран быьаарыы. Бэйэни салайынар уерэх. Ал5аьы кеннерунэн сыаналаныы. Тус санааны, сыьыаны сайыннарар уеруйэх. Сиэр-майгы, тус бэйэ оруолун ейдееьун. |
7 | Сынньалаҥ түгэн. | Бодоруьар уеруйэх. Тус санааны, сыьыаны сайыннарар уеруйэх. Өйү сайыннарар үөрүйэх Билэр-керер уеруйэх |
8 | Учуутал кэһиитэ. | Билэр-керер уеруйэх Бодоруьар уеруйэх. |
9 | Түмүк. Анаарыы | Бодоруьар уеруйэх. Тус санааны, сыьыаны сайыннарар уеруйэх. Өйү сайыннарар үөрүйэх Билэр-керер уеруйэх |
10 | Бэйэни сыаналаныы | Тус санааны, сыьыаны сайыннарар уеруйэх. Өйү сайыннарар үөрүйэх |
П.А. Ойуунускай.
“Оҕо куйуурдуу турара”
Халамнаайы мууһугар кырачаан баҕайы уол оҕо, ойбон алларан, анньыытын тыаһа курдурҕаан – чыбырҕаан, дьыбардаах халлааҥҥа иһиллэ турара. Туртаччы тоҥмут сирэйэ, улам – улам кытаран, тиритэн, буруолаан, чэпчээн, дьэ туттуута киирбитэ. Ойбонун алларбыта уута оргуйа түспүтэ... ойбоно түөрт собону төлүтэ тэппитэ. Оо, оҕо барахсан үөрбүтүөн!
Куйуурун түһэрэн, маҥкытын кэтэрдэн, куойатын эргитэн, куоҕаҥныы турбута. Уута курулуура, эргийэрэ – ытыллара, уолчаан куоҕаҥныыра. Куртаҕа нүөлүйэн, сүрэҕэ өлөхсүйбүтэ, аччыктаан сыҥаатын уута чырылыы тэппитэ. Алаархай хараҕа, үөрбүт дьүһүнэ умуллан барбыта. Байааттаҥнаан, хаарга тайанна. Тоҥ мууһу тоһута ыстаата. Куртаҕа тохтоото, хараҕа сырдаата. Куйуурун ылбыта – уончака соболоох, үгүһэ төттөрү тахсыбыт. Оҕочоос эрэйдээх, эмиэ куйуурун эргитэн, куоҕаҥныы турда, уута курулуур, эргийэр – ытыллар...
“Эбэккээм! Көрдөһөр күттүөннээх, ааттаһар ахсааннаах...үөрэхтэн матарым дьэ кэллэ – үтэлээ. Үөрэнэн, үрүҥ күн сырдыгын көрөөрү, бу үтэ булаары сордоно турабын... Бэс үөрэ мэлийдэ, тарбыт баранна... Хара уу – ааһымтыа... Миэхэ биир үөрэнэр сылбын бүтэрэн, мүччү түһэрим бэрт улахан наадалаах. Ол үөһэ тахсарбар – биир үрдүк кирилиэс. Үтэлээ, эбэккээм, үтэлээ! Үтүөҕүн төлүөҕүм: үлэһит – хамначчыт иннигэр охсуһуом... Эбэккээм! Хамначчыт – дьадаҥы хараҕын уулара хаарга тохтубат, хабала айаҕар таммалыыр, харчылаах куртаҕар кутуллар. Мин ону иэстэһиэм! Соххор – доҕолоҥ соро – муҥа суолга тохтубат, сиргэ тимирбэт, солкуобай харчынан кутуллан, тойоҥҥо – хотуҥҥа, баайга – талаҕа айаҕар кутуллар. Мин ону төттөрү төлөтүөм!.. Эбэккээм, үтэлээ! Биир сыллаах тахсыбыт дабайыым сууллара дьэ кэллэ – таҥнары курулаан аллараа үөдэҥҥэ, дьэбэрэ түгэҕэр түһэрим дьэ буолла! Өрүһүй, үтэлээ!” – диэн уолчаан эрэйдээх хараҕын сотторо.
Оҕочоос, куйуурун эргитэн, куоҕаҥныы турара... Ойбонун уута курулуур – эргийэр, ытыллар – дьалкыйар. Куртаҕа нүөлүйэн, оҕочоос куттанан, куйуурун өрүтэ тардара... үөһэ тахсаары, үрдээн иһээри, хамначчыт – дьадаҥы буойуна буолаары, хара тыын былдьаһан, оҕо куйуурдуу турара.
По теме: методические разработки, презентации и конспекты
Арктика сылыгар аналаах концерт сценарийа
Арктика сылыгар аналаах концерт сценарийа...
„Кәкүк сәйе“ байрамының сценарийы.
Кәкүк сәйен электән алып май айында, кәкүк килгәс, үткәрәләр....
"Чаа-чылдын аалчызы -Колобок" оюн-хоглээшкиннин сценарийи
Сценарий Нового года для учащихся с 1-7 классы на тувинском языке.Главные герои персонажи из сказки "Колобок"...
Тиhэх чуораан сценарийа
Манна Акана оскуолатыгар 2014 сыллаахха ыытыллыбыт тиhэх чуораан сценарийа киирдэ....
"Һаумы, һаумы, әкиәт!" конкурсы сценарийы
Әкиәт – халыҡ ижадының киң таралған жанры. Ҡобайырҙар, хикәйәттәр, легендалар, йырҙар һәм башҡа жанрҙағы әҫәрҙәр менән бергә әкиәттәр башҡорт халыҡ ижадының бай мираҫын тәшкил итә. Башҡа жанрҙарҙағы к...
Яңы йыл сценарийы
Яңы йыл - һәр кемдең яратып көтөп алған байрамы.Сәхнәләштереүҙә хәлдәр хайуандар араһында бара.Улар ҙа Яңы йылды, Ҡышбабайҙы һағынып көтәләр....