Арктика сылыгар аналаах концерт сценарийа
материал на тему
Предварительный просмотр:
Арктика уонна Культура сылыгар аналлаах "Ситим" түөлбэ фестивальнай кэнсиэрин сценарийа
Сцена хоту дойду айылҕатын санатар курдук киэргэтиллибит. Ураһа турар.
Айылҕа музыката тыаһыыр, ыытааччы сцена кэтэҕиттэн саҥарар.
ЫЫТ. Сааскы кэммит эргийэн,
Сылаас сиккиэр илгийдэ,
Симэнэрин кэтэһэн,
Сэргэхсийдэ сир үрдэ.
Хоту дойду иэнигэр
Хонуу-сыһыы чэлгийдэ,
Айылҕабыт уһуктан,
Үөртэ бары дьоннору.
Музыка тыаһыыр, ыытааччылар чуум иһиттэн тахсаллар.
ИЙЭ. Доҕоччуок, күөх халлаан ырааһа, көстөр күөх арааһа, бу кус-хаас кэлиитэ - кэрэ саас кэһиитэ.
Музыка тыаһыыр. Кыталыктар көтөн ааһаллар.
А5А. Кырдьык даҕаны, күөх сааһы көрсөөрү туох барыта тиллибит эбит буоллаҕа.
ИЙЭ. Маннык кэрэ кэмҥэ ким ыллаабат-туойбат буолуоҕай, маннык үтүө түгэҥҥэ ким үөрбэт буолуоҕай?
АҔА. Эмээхсиэн, оол көрөҕүн дуо, дьон-сэргэ бөҕө мустубут дии?
ИЙЭ. Тыый, кырдьык даҕаны, бачча элбэх дьону көрбөккө турар эбиппит дии. Үтүө киэһээ буолуохтун, күндү биир дойдулаахтарбыт, кэрэ кэскил кыраайбыт дьоно-сэргэтэ!
ИККИЭН. Күҥҥэ, күөххэ дьулуһар сааскы сандалынан "Cитим" ыстаада Куриловтар дьиэ кэргэн аатыттан итии-истиҥ эҕэрдэ буолуохтун!
Музыка тыаһыыр.
Кэргэнниилэр чуумҥа киирэн олороллор, остуолга олорон чэйдииллэр.
ИЙЭ. Оҕонньоор, кырыа кыһыммыт ааһан, дьэ, һуу, дэстибит ээ. Этэҥҥэ табаларбытын туораттыбыт, бэйэбит да этэҥҥэбит. (Күлэр-үөрэр)
А5А. Оттон хотугу тыйыс айылҕа тулуурдаах, улэһит эрэ дьону сөбүлүүр буоллаҕа.
ИЙЭ. Оннук ээ... Хата, оҕонньор чэйдии-чэйдии, били уолбут куораттан аҕалбыт араадьыйабытын истэ түспэппит ээ? Киэһээ аайы Кэбээйи нэһилиэгин талааннаах ырыаһыта Нина Харлампьева ырыатын биэрээччилэр дии. Чэ, сэгэр, ыксаа, холбоо... (Радио таһааран холбуллар)
Соло. Нина Харлампьева "Туундара"
ИЙЭ. Наһаа да үчүгэйдик ыллыыр эбит. Киһи эрэ истэ олоруох курдук
Бу ыаллар кыыстара үҥкүүлээн киирэр, үөрбүт-көппүт көрүҥнээх. Саҥара-саҥара киирэр.
КЫЫС. Чугдаарар ырыалаах хотугу дойдубут дьиримниир дьүкээбилин суһумун, күлүмнүүр уотун-күөһүн күннэтэ көрөр үчүгэй даҕаны!
ИЙЭ. Хайыа, о5обут кэллэ дии, Тоойуом, хантан кэллиҥ, туохтан бачча дуоһуйдуҥ?
КЫЫС. Ийээ, аҕаа, мин доҕотторбун кытта кэллим. Кинилэр эһиэхэ үҥкүү бэлэхтиэхтэрин баҕараллар.
ИЙЭ. Үчүгэйин ньии, чэйиҥ, көрүөххэйиҥ эрэ бары.
Үҥкүү "һээдьэ"
КЫЫС. Доҕотторум барбыттарыгар хайдах эрэ чуҥкук буолан хаалла. (хомойор)
А5А. Тоойуом, чэ, наһаа хомойума. Хоту дойду дьоно, биһиги, ыалдьытымсахпытынан сураҕырабыт.
ИЙЭ. Санньыар санааны сайҕыыр Сайдам сайаҕас ырыаны Тарда, таптал ырыатын, талыы-талба муусукатын бэлэхтии биһиэхэ биир ырыаһыт кыыс кэллэ, көрсүөххэйиҥ!
Соло. Евдокия Шарина " Баҕа санаа"
АҔА. Тоойуом, биһиги эйиэхэ бэлэхтээхпит. Бу баар (Хомуһу көрдөрөр, кыыс үөрэр).
КЫЫС. Уой, наһаа үчүгээй, манан оонньуурга үөрэммит киһии...
ИЙЭ. Тоойуом, хайаан да үөрэниэҥ, билигин хараххын ис уонна хомус тыаһын ойуулаан көр...
Фольклор. Хомуска сахалыы матыыптар.
КЫЫС. Ийээ, аҕаа, ыалларбыт эбээлэрэ туох эрэ дьиибэ тылынан саҥарар дии.
ИЙЭ. Тыый, ол хайдах?
КЫЫС. Оттон, сиэннэрэ эбээтинээн учууталынса биэрбит сорудаҕын толордулар. Мин тугу да өйдөөбөтүм. Кэпсиим эрэ сиһилии, тугу көрбүппүн... (кыыс тахсар)
СЦЕНКА "Перевод"
ИЙЭ. Хайа, бу кыыспыт ноутбугун хаалларан, оонньуу тэбиммит ду. Мантыкалара хайдах холбонор этэй? Ыл оҕонньор, эн сатыыгын дуо?
А5А. Оо, мин сатыыр үһүбүн дуо ол? Бай, бу туох ойон та5ыста. Бай, кыргыттар тураллар дии, хамсыыллар, тыый, ыллыыллар эбит дии..
Дуэт "Кэрэ Куо". Татьяна Терехова, Евдокия Шарина
(кыыс киирэн олорор буолуохтаах)
КЫЫС. Ийээ, бу эн таҥаһын оһуора-бичигэ наһаа да үчүгэй. Бу ким тикпитэй?
ИЙЭ. Тоойуом, бу оһуору барытын бэйэм тикпитим. Маннык үлэ хоту сиригэр олорор дьахтарыттан сатабылы, тулууру эрэйэр. Чугаһаа эрэ, кыысчааныам, мин билигин эйиэхэ оһуор үҥкүүтүн туһунан кэпсиим эрэ. Оһуор эмиэ сиэдэрэй сибэккилии сиэттиһэн киирээччи, эмдэй-мэдэй үктэнэн дьолунан сыдьаайааччы...
Үҥкүү "Оһуор үҥкүүтэ"
ИЙЭ. Тоойуом, бу ноутбуккар ду, туоххар ду өссө туох баарый?
КЫЫС. Ээ, ийээ, манна саҥаас Маайалаах сырдык күн мичээри бэлэхтиирин туһунан ыллаабыт ырыалара баар ээ.
АҔА. Көрүөххэйиҥ эрэ, дьэррэ!
ТРИО "Мичээрдэр"
А5А. Дьэ, сэгэрдэрим, бачча сааскы чаҕылхай күҥҥэ манна олоруохпут дуо? (чуумтан тахсаллар). Көрүҥ эрэ, намылыһар лабаалар намчы да эбиттэр, куруһуба курдуктар, күөх солко эбиттэр, дойдубут киэргэлэ буолаллар ээ, нарын хатыҥчааннарбыт. (сценаттан тахсаллар)
Соло "Хатыҥнар". Дьулус Капитонов.
Ыаллар киирэллэр. Кыыс дьонуттан көрдөһөр-ааттаһар
КЫЫС. Ийээ, аҕаа, баһаалыста, куораттан модемна сакаастыахха эрэ....
А5А. Ол эмиэ туоххунуй, модем диэн?
КЫЫС. Оо, дьэ, билбэккин чтоли, модемынан ынырык түргэнник интернеккэ киирэҕин уонна аан дойду сонунун барытын билэ олороҕун.
ИЙЭ. Ол чахчы наадалаах мал дуо, тоойуом?
КЫЫС. Оннук ийээ, билиҥҥи үйэҕэ оннуга суох олорбоккун.
АҔА. Чэ, эн этэргинэн буоллун, сакаастыахха. (Телефонун хостуур, эрийэр). Алло, дорооболоруҥ. "Seven" интернет-маҕаһыын дуо? Биһиги бу түргэн скоростаах модем сакаастаары гынабыт. Сөп даа, сотору кэлиэ даа? Тыый, туруубкатын ууран кээстэ.
Музыка тыаһыыр. Массыынанан, буранынан, вертолетунан, табанан, ытынан киһи ааһыталыыр.
ЭР КИҺИ. "Seven" интернет-маҕаһыынтан эһиги сакааскытын аҕаллым. (сүүрэн тахсан хаалар).
АҔА. Хайа, уолбут ханна баран хаалла, буурҕа курдук ытыллан түһэн, тугун түргэнэй.
Модемнарын ноутбукка холбууллар.
КЫЫС. Ийээ, аҕаа, дьэ, бу интернекка холбоннубут. Бүгүҥҥүттэн ыла сонуннары эрэ буолбакка, араас концеры быһалыы көрүөхпүтүн сөп ээ.
ИЙЭ. Тыый, ама, оннук көстөр дуо?
КЫЫС. Оннук-оннук. Били Россия каналыгар "Голос. Дети" диэн күрэххэ биһиги ыстаадабытыттан Галя Гуляева кыттыбыт үһү дии. Билигин ону холбуоҕум. Көрүөххүтүн баҕараҕыт?
ИЙЭ. Ба5аран-ба5аран! Оҕолор, хос сиэттэр, олоҥхо дойдутун симээннэр күн диэки далаһа тутаннар, көҥүллүк көччүйэ көттүннэр.
Соло. Галя Гуляева "__________________"
Уол киирэр. Дьоно үөрэ-көтө көрсөллөр.
АҔА. Хайыа, уолбут кэллэ дии. Хайа, тойуом, киин сиргэ хайдах-туох сырыттын? Кэпсиэ!
УОЛ. Күндү дьонум, дорооболоруҥ! Эһиги алгыскытынан этэҥҥэ сылдьан кэллим. Киин сиргэ сонун бөҕө. Кыайыы күнүн бэлиэтээри сүпсүлгэг бөҕө. Уонна Кэбээйи буойун-поэта Тимофей Егорович Сметанин төрөөбүтэ 95 сылын бэлиэтээри бэлэмнэнэ сылдьаллар. Мин кини айымньытынан бэртээхэй спектакль көрөн, астынным ахан. Хайдаҕын, сиһилии кэпсиим эрэ...
Сценка Т.Е. Сметанин айымньытынан
ИЙЭ. (сцена кэтэҕиттэн). Үтүө санаа кэһиилээх, ылбай ырыа аргыстаах, сааскы ылааҥы күнүнэн сэргэх ырыаны бэлэх уунабыт.
Дьахталлар ансаамбыллара "Алгыс"
Сцена кэтэ5иттэн саҥараллар.
КЫЫС. Саха киһитэ тулалыыр айылҕатын, кини көтөрүн-сүүрэрин, дьонун-сэргэтин сүрдээх хомоҕойдук, этигэн тыллары туттан, уолс бэргэнник хоһуйара. Өбүгэлэрбит үгэһин илдьэ кэлбит буоламмыт, саханы саха дэтэр суоллаах-иистээх буоллахпыт.
Фольклор. "Үрүҥ туллук эрэ мөлбөстүүр". Роза Павлова, Вилена Саввинова
АҔА. Ыстаадабыт биир ыалыгар сылдьаммыт манныгы көрөн турардаахпыт. Наһаа омнуолуу санаамаҥ, гынан баран маннык эмиэ буолар эбит...
Сценка "Эрбин атыылыыбын"
ВИА бэлэмнэниэр диэри МОДА тахсар
ИЙЭ. Ырыа, эн, дьиэрэй, кутуллар муусука буоланҥын, ырыа, эн, ыллан, мэлдьитин санааны табаҥҥын.
Дуэт. Мария Сметанина уонна Дьулус Капитонов "Туйаарыма Куо"
КЫЫС. Ыллыы-туойа ыам ыйа таммах аайы күлэрэ, дьикти кэрэ күн уота сандаарыйда саҕахха. Сылаас кэлбитинэн, ичигэс кэмнэр эргиллибиттэринэн эҕэрдэбитин ырыанан тиэрдэбит.
ТРИО. "Нөрүөн нөргүй"
Аҕалаах уол киирэллэр. Саа тутуурдаахтар.
АҔА. Тоойуом, болҕойон иһит эрэ, хоту дойдуга тугу барытын сатыыр, хорсун-хоодуот санаалаах буоллаххына эрэ олороҕун. Хотугу норуот - тулуурдаах, күүстээх-уохтаах, мындыр дьон. Онно эбиитин эр дьоно чулуу булчуттар. Мин эйигин булт үөрүйэхтэригэр кыра эрдэххиттэн үөрэтэн кэллим. Ону барытын инники олоххор туһанар буолаар.
УОЛ. Ок, аҕаа, кубалар, үҥкүүлүү сылдьаллар. Саһыахха! (тахсаллар)
Оригинальный номер "Кубалар"
Ийэлээх кыыс сцена5а киирэллэр.
КЫЫС. Ийээ, көрүүй, наһаа да кэрэ ньургуһуннар үүммүттэр дии (хомуйбута буолар)
ИЙЭ. Тоойуом, айылҕа маанылаабыт сир симэхтэрин үргээбэт баҕайыта. Кэл эрэ, хата мин оҕобор ньургуһуннар туһунан ырыа ыллыам
КЫЫС. Иэхэйбиин! (тахсан бараллар)
Соло. Галина Терехова "Ньургуһуннар тыллаллар"
Ийэлээх кыыс утуйардыы оҥостоллор. Ийэ кыыс баттаҕын тараабыта буолар.
КЫЫС. Ийээ, убаайдаах хаһан кэлэллэрий?
ИЙЭ. Оттон, а5ыйах күнүнэн үчүгэйдик бултуйдахтарына, кэлэллэр ини.
КЫЫС. Ийээ, мин бөөлүүн наһаа дьикти түүл түһээтим.
ИЙЭ. Тыый, ол тугу түһээтин?
КЫЫС. Түһээтэхпинэ, дьүөгэлэрим уонна атастарым туох эрэ дьикти баҕайытык таҥнан баран, араас омук үҥкүүтүн үҥкүүлүүллэр этэ. Чэ, мин өссө утуйан ылыам дуу, түүлбүн салгыы көрүүм...
ИЙЭ. Эргичийэн тэлээрдэ тэбэнэттээх үҥкүү-битии, эдэр дьону угуйда хамсаныыга - үҥкүүгэ...
(Үҥкүү буола турдаҕына, тахсан бараллар)
Аныгылыы үҥкүү.
Аҕалаах уол бултаан, дьиэлэригэр төннөн иһэллэр.
УОЛ. Аҕаа, мин ити үрэх нөҥүө кытылыгар наар кыыс ыллыырын истэбин ээ. Ол хайаларын кыыстара буолуой ээ?
АҔА. Ээ, кимнээх кыыстара буолла... дьэ, дьиибэ эбит..
УОЛ. А5аа, тохтоо эрэ, оол, эмиэ, быһыыта, ыллаан эрэр ээ,
АҔА. Чэ, оттон, баран иһиллээн көрүөххэ дуу, баҕарар хайалара буоларын мин билэрим буолаарай...
Соло. Татьяна Терехова "____________________"
Эбээннии үөрүүлээх музыка тыаһыыр.
Ийэлээх кыыс аҕалаах уолларын бултан көрсөллөр. А5алаах уол бултарын көрдөрөллөр. Ийэлээх кыыс үөрэллэр көтөллөр.
АҔА. Күндү дьонум, бу курдук, куруук иллээхтик-эйэлээхтик, айылҕалыын алтыһа, өбүгэ үгэһин кэспэккэ, аныгы олоххо эрэллээхтик үктэнэн иһиэҕиҥ. Чэйиҥ, сэгэрдэрим, бар дьоммут онно күөх сайыны көрсө бырааһынньык ыспыттар. Онно баран кыттыһыаҕыҥ! (тахсан бараллар)
ФИНАЛ
Салама тутуурдаах Ийэ сир иччитэ Аан Алахчын Хотун киирэр, түөрт арыалдьыт дьонноох.
1 арыалдьыт кыыс. Мин сахабын, тойук удьуор оҕотобун,
Мин сахабын, Ийэ ууһу тэнитээччибин.
Алаһа дьиэни араҥаччылыыр аналлаахпын.
2 арыалдьыт кыыс. Мин сахабын, аччыктаабыты аһатар,
тоҥмуту ириэрэр үрдүк аналлаахпын.
3 арыалдьыт уол. Мин сахабын, байанай ииппит киһитэбин,
Кырса, саһыл сонорун
Кырабыттан быһаарабын.
4 арыалдьыт уол. Мин сахабын, эттиин-хаанныын Ийэ сирбэр
Иэспин төлүүр аналлаахпын.
Саха сирин, Кэбээйини
Туругурдар соруктаахпын.
ЫЫТ. Уруй-тускул! Уруй хаан дьонум! Саха айана сал5аннын! Сал5аннын дьоьун Кэбээйи дьонун олоҥхо дьоллоох олоҕор айана!
ТҮМҮК ЫРЫА "____________________________"
ЫЫТ. Истиҥ истээччилэрбит, күндү көрөөччүлэрбит болҕомтоҕут иһин махталбытын тиэрдэбит.
ЫЫТ.Баҕарабыт баҕа санааҕыт барыта туоларыгар, ылсыбыккыт ыпсан истин, толкуйдаабыккыт толбулла турдун!
ЫЫТ. Эһиги көрдүгүт үүнэр-сайдар кэскиллээх "Ситим" түөлбэ кэнсиэрин.
ЫЫТ. Кэнсиэри иилээн-саҕалаан ыыттылар
____________________________________________________________________________________________________________________________________
ЫЫТ. Үҥкүүлэри бэлэмнээтэ ______________________________________
ЫЫТ. Ырыа-тойугу бэлэмнээтэ ______________________________________
ЫЫТ. Сценкалары туруорда ______________________________________
ЫЫТ. Көстүүмнэри тиктэ ________________________________________
ЫЫТ. Музыканан доҕуһуоллаата _____________________________________
ЫЫТ. Сценарийы суруйда: Надежда Романова, Мария Павлова.
ЫЫТ. Аныгыс көрсүөххэ диэри!
По теме: методические разработки, презентации и конспекты
„Кәкүк сәйе“ байрамының сценарийы.
Кәкүк сәйен электән алып май айында, кәкүк килгәс, үткәрәләр....
"Чаа-чылдын аалчызы -Колобок" оюн-хоглээшкиннин сценарийи
Сценарий Нового года для учащихся с 1-7 классы на тувинском языке.Главные герои персонажи из сказки "Колобок"...
Тиhэх чуораан сценарийа
Манна Акана оскуолатыгар 2014 сыллаахха ыытыллыбыт тиhэх чуораан сценарийа киирдэ....
"Һаумы, һаумы, әкиәт!" конкурсы сценарийы
Әкиәт – халыҡ ижадының киң таралған жанры. Ҡобайырҙар, хикәйәттәр, легендалар, йырҙар һәм башҡа жанрҙағы әҫәрҙәр менән бергә әкиәттәр башҡорт халыҡ ижадының бай мираҫын тәшкил итә. Башҡа жанрҙарҙағы к...
Информационно-познавательный проект "БЕЗМОЛВНАЯ АРКТИКА. (РОССИЙСКИЙ СЕКТОР АРКТИКИ)"
Богата природа Арктики, но суровые условия не позволяли долгое время в полном объеме исследовать ее недра. В связи с тем, что исследования Арктики сегодня становятся всё актуальнее, я решил рассмотре...
Информационно-познавательный проект "БЕЗМОЛВНАЯ АРКТИКА (ОСВОЕНИЕ АРКТИКИ)"
На сегодня внимание многих стран мира, в том числе и России, приковано к Арктике не случайно. Для нашей страны Арктика – это северный форпост страны. Богата природа Арктики, но суровые условия не поз...