Тиhэх чуораан сценарийа
материал (11 класс) на тему

Васильева Наталья Викторовна

Манна  Акана оскуолатыгар 2014 сыллаахха ыытыллыбыт тиhэх чуораан сценарийа киирдэ.

Скачать:

ВложениеРазмер
Файл tiheh_chuoraan.docx34.61 КБ

Предварительный просмотр:

Ыам  ыйын  24 күнэ, 2014 сыл

Егоров П.С. аатынан Акана орто оскуолатыгар ыытыллар

«Тиһэх чуораан» сценарийа.

(Ыытааччылар: Новгородов Миша, 10 кылаас үөрэнээччитэ,

Сергеева Ульяна Николаевна, директоры иитэр үлэ5э солбуйааччы)

Ульяна:        Сайыңңы сайа5ас сарсыарданан,

Үүммүт үтүө күнүнэн

күндү үөрэнээччилэр, учууталлар уонна төрөппүттэр!

Миша: Бүгүн  биһиги оскуолабытыгар олус долгутуулаах, умнуллубат кэрэ-бэлиэ күн үүннэ.

Ульяна: Ол курдук, орто оскуоланы  уонна сүрүн оскуоланы түмүктүүр үөрэнээччилэргэ олох киэң аартыгар ыңырар тиһэх чуораан чугдаарыа.

Миша: Күндү до5оттор! Дохсун ытыс тыаһынан көрсүө5үң уон биирис уонна тохсус кылаас үөрэнээччилэрин! (музыка тыаһыыр, кылаас салайааччылара о5олорун кытта киирэллэр)

Ульяна: Быйыл биһиги оскуолабытыттан куорсун анньынан олох киэң аартыгар үктэниэхтэрэ:

- Николаев Юрий – оскуола 2012-13 сылларга президенэ, республикатаа5ы о5о общественнай түмсүүтүн фестивалын кыттыылаа5а, Афанасий Федотович Афанасьев аатынан стипендия стипендиата, математика уонна английскай тыл улуустаа5ы олимпиадаларын кыттыылаа5а, оскуола, нэһилиэк бастың спортсмена, Президент елкатын кыттыылаа5а.

Миша: -Тартакынова Татьяна – куустатаа5ы общество олимпиадатын 3(үһүс) призера, куустатаа5ы математика олимпиадатын кыттыылаа5а, оскуола, нэһилиэк бастың спортсменката, остуол тенниһигэр, дуобакка,  хабылыкка, хаамыска5а, сүүрүүгэ, ыстаныыга, волейболга күрэхтэһиилэр көхтөөх кыттыылаа5а, призёра уонна чемпиона.

 Ульяна: - Матвеев Никола - «Инникигэ хардыы» улуустаа5ы научнай-практическай конференция кыттыылаа5а, куустатаа5ы Афанасьевскай уоланнар аа5ыыларын кыттыылаа5а, регионнаа5ы 4-с Чиряевскай аа5ыылар кыттыылаа5а, улуустаа5ы «Логос» сайыңңы экологическай лаа5ыр кыттыылаа5а, оскуола Саха КВН-нын хамаандатын чилиэнэ, нэһилиэк уус-уран самодеятельноһын көхтөөх кыттааччыта, оскуола, нэһилиэк бастың спортсмена, Улуус баһылыгын елкатын кыттыылаа5а.

Миша: - Иванова Анисия – кылаас, оскуола тэрээһиннэрин көхтөөх кыттааччыта, улуустаа5ы дуобат, волейбол күрэхтэрин кыттыылаа5а.

Ульяна: Күндү выпускниктар, убаастабыллаах төрөппүттэр, учууталлар!

9 уонна 11 кылаас үөрэнээччилэрэ сүрүн уонна орто оскуоланы түмүктүүр биир кэлим экзамеңңа киирбиттэрин туоһулуур бирикээһи аа5ан иһитиннэрэригэр тыл бэриллэр оскуола директора Фёдоров Данил Александровичка.

(Фёдоров Д.А. бирикээс аа5ар, тыл этэр)

Миша:   Үөрэнэр оскуолам үтүө5үн

         Өрүүтүн өйдүө5үм.

О5о сааһым биһигин

Мэлдьитин саныа5ым.

Эйигиттэн силис тардан

Элбэ5и ситистим,

Эйигиттэн кынаттанан

Олох киэң аартыгар үктэниэм.

Саргылана Спиридонова тылларыгар, Надежда Макарова мелодиятыгар

«Оскуолам». Толорор ансамбль.

(5 кылаастар ырыа ыллыыллар)

Ульяна: оскуолатаа5ы сыллар умнуллубаттар… аан маңнайгы оскуола боруогун атыллаабыт күнүң, араас интэриэһинэй тэрээһиннэр, тыңааһыннаах күрэхтэһиилэр, маңнайгы кыра да, улахан да ситиһиилэр… Үөрэххэ, үлэ5э, спортка ситиһиилэммит выпускниктары  бэлиэтииргэ тыл бэриллэр директоры иитэр-үөрэтэр үлэ5э солбуйааччы Лукина Августина Анатольевна5а.

(Лукина А.А. тыл этэр, грамота туттарар)

Миша: Ханнык ба5арар киһи маңнайгы учууталын үйэтин-сааһын тухары умнубат, тыл киэнэ амтаннаа5ын талан ылан, сылаастык ахтар-саныыр. То5о диэтэххэ, бу сүдү киһи эн аналлаах айаның аартыгын арыйар, туһааннаах суолуң төрдүн булларар.

Ульяна: Уон биир сыл анараа өттүгэр оскуола5а биһиги выпускниктарбытын үөрэ-көтө көрсүбүтэ маңнайгы учууталлара Зоя Гаврильевна Фёдорова. Күндү выпускниктар! Билии дойдутугар сирдээбит маңнайгы учууталгыт алыптаах алгыһын истэргитигэр ыңырабыт!

(Фёдорова З.Г. тыл этэр)

Миша:  Күндү выпускниктар!  Саамай умнуллубат кэрэ кэмңит  О5о сааскыт буолар.  

О5о сааскытын санатан, эһиэхэ э5эрдэлэрин тиэрдэллэр 1 кылаас үөрэнээччилэрэ.

(1 кылаастар хоһоон этэллэр, мутукча туттараллар)

Ульяна:  Үрдүккэ, сырдыкка көтүтэр,

                 Үтүөнү-кэрэни үксэтэр

                 Үтүөкэн киһибит учуутал

                 Үйэ саас эйиэхэ дьиң махтал!

Учуутал диэн эркин курдук эрэнэр-итэ5эйэр үтүө сүбэһитиң буолар. Кини кэпсээн кэ5ийбитэ илгэлээх иэйии эңээрдээх, кини саңаран амалыйбыта саргылаах санаа аргыстаах. Э5эрдэ тыл бэриллэр Эһигини түөрт сыл устата салайан илдьэ сылдьыбыт учууталгытыгар Наталья Викторовна Васильева5а.

(Васильева Н.В. тыл этэр)

Миша: Бу үөрэх дьылыгар биһиги оскуолабыт алын сүһүө5үн 10 о5о түмүктээн эрэр. Алын сүһүөхтэн орто сүһүөххэ үктэнии о5о саас биир эппиэтинэстээх кэрдиис кэмэ буолар.  

Ульяна:  күндү до5оттоор, э5эрдэлии көрсүө5үң  4 кылаас үөрэнээччилэрин!

(4 кылаастар хоһоон этэллэр)

Миша: Бары выпускниктарга э5эрдэлэрин тиэрдэллэр 5 кылаас үөрэнээччилэрэ.

Мичийэ Попова тылларыгар «Оскуола биһигэ».

(5 кылаастар ырыа ыллыыллар)

Ульяна: Биһиги туспутугар саамай кыһаллар дьоммут биһиги ийэлэрбит, а5аларбыт, эбээлэрбит, эһээлэрбит буолаллар. Кинилэр истиң, иһирэх сыһыаннара, у5араабат тапталлара, муңура суох сүбэлэрэ, өйөбүллэрэ биһигини үгүс ситиһиигэ кынаттыыр. Күндү выпускниктар! Төрөппүттэргит аатыттан эһиэхэ анаан истиң алгыһын тиэрдэр Маргарита Николаевна Николаева.

        (Николаева М. Н. тыл этэр)

Миша: Үөрэх үрдүк чыпчаалыгар

Сирдээн-сиэтэн илдьибит,

Билии-көрүү аартыгар

Көнө суолу ыйан биэрбит

Убаастыыр учууталларбытыгар,

Атын дойдулар баһылаабыт

А5ыс уон а5ыс албастарын

Ал5аһа суох сөпкө таайарга

Ахсаабакка кыһаллан туран үөрэппит

Үтүө сүбэһиттэрбитигэр

Махтал  тылларын аныырбытын  көңүллээң!!!

(11 кылаастар  хоһоон этэллэр, учууталларга открытка туттараллар)

Ульяна: Ханнык да кэм-кэрдии кэллин,

Сайдыы муңутаан сабардаатын,

Учуутал, эн өрүү суолталааххын,

Кэскилгэ сирдиир аналлааххын.

  Э5эрдэлэрин тиэрдэллэр сүрүн оскуоланы бүтэрээччи выпускниктар.

(9 кылаастар  хоһоон этэллэр)

Миша:  Надежда Макарова тылларыгар уонна мелодиятыгар «Тиһэх чуораан».

Толорор ансамбль.

(5 кылаастар ырыа ыллыыллар)

Ульяна: Маңнайгы чугдаарар чуораанныын

               Мындыр өй суолугар киирбиппит,

               Са5ахтан сапсынар сарыаллыын

               Сандаарар сырдыкка тиийбиппит!

                Элэстэнэн кэлэн ааспыт

                Быһый, күлүүк о5о сааспыт

                Арыалдьыта алтан ча5аан

                Чугдаар,  чугдаар тиһэх чуораан!!!

Миша: күндү выпускниктар! Аан маңнайгы чуорааңңыт эһигини билии дойдутугар ыңырбыта, оттон бүгүңңү чуорааңңыт олох киэң аартыгар ыңырар.

Ульяна: Тиһэх чуорааны тыаһатарга ыңырыллаллар 11 кылаас үөрэнээччитэ Николаев Юрий уонна бастакы кылаас үөрэнээччитэ Николаева Иванна.

Миша: Күндү выпускниктар! Тиһэх чуораан лыңкынаата, үөрүү-көтүү аргыстаах, ойор-тэбэр о5о сааскыт ааста, эһигини күүтэллэр олох киэң аартыгар үктэнэр бүтэһик эппиэттээх  күннэргит.

Ульяна: Араас үөрэх кыһатын

Үчүгэйдик түмүктээн,

Үлэһит үтүөтэ дэтэн,

Үлэ үөрүүтүн билээриң.

Кэскиллээ5и кэрэхсээң,

Ыллыктаа5ы ырыңалааң,

Ылсыбыккытын ыһыктымаң,

Санаабыккытын саргылааң

Диэн алгыспытын тиэрдэбит!

Миша: Күндү выпускниктар, учууталлар, төрөппүттэр! Барыгытын хаартыска5а түһүүгэ ыңырабыт!

  1. Фёдоров Д.А. бирикээс аа5ар, тыл этэр
  2. «Оскуолам». Толорор ансамбль.
  3. Лукина А.А. тыл этэр, грамота туттарар
  4. Фёдорова З.Г. тыл этэр
  5. 1 кылаастар хоһоон этэллэр
  6. Васильева Н.В. тыл этэр
  7. 4 кылаастар хоһоон этэллэр
  8. Мичийэ Попова тылларыгар «Оскуола биһигэ»
  9. Николаева М. Н. тыл этэр
  10. 11 кылаастар  хоһоон этэллэр, учууталларга открытка туттараллар
  11. 9 кылаастар  хоһоон этэллэр)
  12. Надежда Макарова тылларыгар уонна мелодиятыгар «Тиһэх чуораан». Толорор ансамбль.


По теме: методические разработки, презентации и конспекты

Арктика сылыгар аналаах концерт сценарийа

Арктика сылыгар аналаах концерт сценарийа...

„Кәкүк сәйе“ байрамының сценарийы.

Кәкүк сәйен электән алып май айында, кәкүк килгәс, үткәрәләр....

"Чаа-чылдын аалчызы -Колобок" оюн-хоглээшкиннин сценарийи

Сценарий Нового года для учащихся с 1-7 классы на тувинском языке.Главные герои персонажи из сказки "Колобок"...

"Һаумы, һаумы, әкиәт!" конкурсы сценарийы

Әкиәт – халыҡ ижадының киң таралған жанры. Ҡобайырҙар, хикәйәттәр, легендалар, йырҙар һәм башҡа жанрҙағы әҫәрҙәр менән бергә әкиәттәр башҡорт халыҡ ижадының бай мираҫын тәшкил итә. Башҡа жанрҙарҙағы к...

Яңы йыл сценарийы

Яңы йыл - һәр кемдең яратып көтөп алған байрамы.Сәхнәләштереүҙә хәлдәр хайуандар араһында бара.Улар ҙа Яңы йылды, Ҡышбабайҙы һағынып көтәләр....

"Йыл уҡытыусыһы 2018" конкурсы этабында үткәрелгән уҡытыусылар кәңәшмәһенең сценарийы.

quot;Йыл уҡытыусыһы 2018" конкурсы этабында үткәрелгән уҡытыусылар кәңәшмәһенең сценарийы....