рабочая программа по родному языку 9 кл
рабочая программа (9 класс)
9 кылааска саха тылын үөрэтии сыала соруга:
– төрөөбүт тылы ис сүрэҕиттэн ытыктыырга; араас эйгэҕэ, түгэҥҥэ бодоруһуу үөрүйэҕэр, аныгы уопсастыбаҕа сиэри-майгыны тутуһууга иитии; төрөөбүт тыл кэрэтин иҥэрии;
– үөрэххэ, күннээҕи олоххо төрөөбүт тылы олохтоохтук туттарга үөрэтии; бодоруһар үөрүйэҕин сайыннарыы, тылын-өһүн сайыннарар баҕатын үөскэтии; үөрэх дэгиттэр дьайыыларын (туох сыал-сорук туруорунан үөрэнэрэ, былаанныыра, тылын-өһүн хонтуруолланара, көннөрүнэрэ; билиини араас тылдьыттан, литэрэтиирэттэн БИЭни (биллэрэр-иһитиннэрэр эйгэни), Интэриниэти киллэрэн туран сатаан ылара);
– тылы үөрэтии систиэмэтин, туттуллуутун туһунан билиини, тыл истилиистикэлии уратыларын иҥэрии; тылы ырытар, тэҥниир дьоҕуру сайыннарыы; тыл саппааһын байытыы; литэрэтиирэлии нуорманы тутуһарга уһуйуу.
Скачать:
Вложение | Размер |
---|---|
rp_saha_tyla_9_kl.docx | 31.19 КБ |
ktp_9_kl_saha_tyla.docx | 29.78 КБ |
Предварительный просмотр:
«И.И.Константинов-Дэлэгээт Уйбаан аатынан
Сулђаччы уопсай орто үөрэхтээһин оскуолата»
Муниципальнай бюджетнай үөрэх тэрилтэтэ
Амма улууһа
«Көрүлүннэ»: Тыл үөрэхтээхтэрин методическай холбоһугар № ___ дээх боротокуол Атырдьах ыйын____күнэ 2019 с., Салайааччы: Стручкова РИ. /.............................../ | «Сөбүлэhилиннэ»: Директоры үөрэх чааһыгар солбуйааччы Слепцова И.С./______________/ Атырдьах ыйын ___ күнэ 2019 с | «Бигэргэннэ»: Оскуола директора: Никифоров А.И. /_________ / Атырдьах ыйын ___ күнэ 2019 с
|
Саха тылыгар үөрэтии бырагырааммата
9 кылаас.
2019-20 үөрэх дьыла.
Биир сыллаах
Педагогическай сэбиэт
мунньађар ылылынна.
№1 боротокуол
атырдьах ыйын « » күнэ 2019с.
саха тылын, литературатын учуутала
Слепцова И.С.
Сулђаччы.
2019с.
Быһаарыы сурук.
Төрөөбүт тыл – хайа да норуот көлүөнэттэн көлүөнэҕэ бэриллэр улуу нэһилиэстибэтэ, киһи аймах култууратын сүдү сыаннастарыттан биирдэстэрэ. Төрөөбүт тыл – оҕо тулалыыр эйгэтин кыраҕатык билэр-көрөр, чугас дьонун-сэргэтин кытта истиҥник бодоруһар, иэйиитэ уһуктар, өйө-санаата сайдар, өбүгэтин үөрэҕин утумнуур сүрүн сириэстибэтэ. Төрөөбүт тылынан үөрэҕи-билиини кэбэҕэстик ылынар, айар-тутар дьоҕура уһуктар. Идэни талыыга, араас эйгэҕэ, түгэҥҥэ дьону кытта бодоруһууга, аныгы уопсастыбаҕа бэйэ миэстэтин булууга, үтүө сиэргэ-майгыга төрөөбүт тылын үөрэтэн ылбыт билиитэ туһалыыр. Ийэ тыллаах киһи омук дьонун кытта тэҥнээҕин билинэн, дьиҥ интэринэлиистии тыыҥҥа иитиллэр.
Оскуолаҕа төрөөбүт тылы үөрэтии биридимиэтэ үөрэнээччи тылын-өһүн, өйүн-санаатын сайыннарар, сүрүн үөрэнэр үөрүйэҕи иҥэрэр кыаҕынан атын биридимиэттэрдээҕэр бас-көс балаһыанньаны ылар. Онон төрөөбүт тылы үөрэтии таһымыттан саха оскуолатыгар үөрэхтээһин уопсай туруга тутулуктаах.
9 кылааска саха тылын үөрэтии сыала соруга:
– төрөөбүт тылы ис сүрэҕиттэн ытыктыырга; араас эйгэҕэ, түгэҥҥэ бодоруһуу үөрүйэҕэр, аныгы уопсастыбаҕа сиэри-майгыны тутуһууга иитии; төрөөбүт тыл кэрэтин иҥэрии;
– үөрэххэ, күннээҕи олоххо төрөөбүт тылы олохтоохтук туттарга үөрэтии; бодоруһар үөрүйэҕин сайыннарыы, тылын-өһүн сайыннарар баҕатын үөскэтии; үөрэх дэгиттэр дьайыыларын (туох сыал-сорук туруорунан үөрэнэрэ, былаанныыра, тылын-өһүн хонтуруолланара, көннөрүнэрэ; билиини араас тылдьыттан, литэрэтиирэттэн БИЭни (биллэрэр-иһитиннэрэр эйгэни), Интэриниэти киллэрэн туран сатаан ылара);
– тылы үөрэтии систиэмэтин, туттуллуутун туһунан билиини, тыл истилиистикэлии уратыларын иҥэрии; тылы ырытар, тэҥниир дьоҕуру сайыннарыы; тыл саппааһын байытыы; литэрэтиирэлии нуорманы тутуһарга уһуйуу.
9 кылааска үөрэтии бырагыраамата «И.И.Константинов-Дэлэгээт Уйбаан аатынан Сулђаччы уопсай орто үөрэхтээһин оскуолата» муниципальнай бюджетнай үөрэх тэрилтэтин 2019-20 үөрэх дьылын үөрэђин былааныгар (8.04.2015с №1\15 бигэргэммит ФГΥөС үөрэђин былаанын 5с барыйааныгар тирэђирэн оноһуллубут) уонна «Саха тыла» 5-9 кылаас Саха оскуолата СРΥө Министиэристибэтэ биһирээбит 2016 с. программатыгар олођуран оноһулунна. Онон үөрэх былаанынан 9 кылааска саха тылыгар нэдиэлэђэ 3 чаас көрүллэр. Онтон „Саха тыла“ үлэлиир бырагыраама бэдэрээссийэ үөрэххэ судаарыстыбалыы ыстандаартын ирдэбилигэр олођуран оноһуллубут буолан, нэдиэлэђэ 2 чааска тыырыллыбыт. Онон үлэлиир бырагырааммабар нэдиэлэђэ 1 чаас ситимнээх саңа чааһын эбэн биэрдим. Сыл устата 35 нэдиэлэ, чааhа-105. Сыллаађы календарнай былаанынан, аттарыллыбыт расписаниенан 4 чиэппэргэ понедельникка 1 күн каникул кэмигэр түбэһэринэн 26 ч аттарыллан оңоһулунна. Онон сылга 104 чаас тађыста:
1 чиэппэргэ – 24 ч
2 чиэппэргэ –24 ч
3 чиэппэргэ –30 ч
4 чиэппэргэ – 26 ч
9 кылааска саха тылын үөрэтии сыала соруга:
– төрөөбүт тылы ис сүрэђиттэн ытыктыырга; араас эйгэђэ, түгэңңэ бодоруһуу үөруйэђэр, аныгы уопсастыбађа сиэри-майгыны тутуһууга иитии; төрөөбүт тыл кэрэтин иңэрии;
– үөрэххэ, күннээђи олоххо төрөөбүт тылы олохтоохтук туттарга үөрэтии; бодоруһар үөрүйэђин сайыннарыы, тылын-өһүн сайыннарар бађатын үөскэтии; үөрэх дэгиттэр дьайыыларын (туох сыал-сорук туруорунан үөрэнэрэ, былаанныыра, тылын-өһүн хонтуруолланара, көннөрүнэрэ; билиини араас тылдьыттан, литэрэтиирэттэн БИЭни (биллэрэр-иьитиннэрэр эйгэни), Интэриниэти киллэрэн туран сатаан ылара);
– тылы үөрэтии систиэмэтин, туттуллуутун туһунан билиини, тыл истилиистикэлии уратыларын иңэрии; тылы ырытар, тэңниир дьођуру сайыннарыы; тыл саппааһын байытыы; литэрэтиирэлии нуорманы тутуһарга уһуйуу.
9 кылааска барыта 6 ођо үөрэнэр: 3 кыыс, 3 уол. Ааспыт үөрэх дьылын 4 о5о «4» сыананан, 2 ођо ортонон түмүктээбиттэрэ. Үөрэнээччилэр билиилэрин таһыма саха тылын салђыы үөрэтэргэ сөптөөх
Сыл бүтүүтэ үөрэнээччи билиитэ-сатабыла.
1) тыл сүрүн аналын, саха тыла нуучча тылын кытта судаарыстыбалыы тэҥ ыстаатыстааҕын, тыл норуот култууратын кытта ыкса ситимнээҕин, тѳрѳѳбүт тыл киһиэхэ уонна уопсастыбаһа сүҥкэн оруоллааҕын ѳйдүүр;
2) тыл гуманитарнай наукаларга ылар миэстэтин уонна үѳрэхтээһиҥҥэ туох суолталааҕын ѳйдүүр;
3) тыл туһунан билим сүрүн тѳрүттэрин билэр;
4) тыл үерэҕин (лингвистика) сүрүн ейдебүллэрин: тыл үерэҕин салааларын; саҥарар саҥа тылынан уонна суругунан бэриллиитин; монолог, диалог керүҥнэрин; кэпсэтии, бодоруһуу сиэрин; кэпсэтии, билим, пубулуустука, дьыала-куолу истиилин, уус-уран литэрэтиирэ тылын-ѳһүн; саҥа тииптэрин (сэһэргээһин, ойуулааһын, тойоннооһун); тиэкиһи билэр;
5) тыл баайын араас дэгэтин ейдүүр, тылынан уонна суругунан алтыһыыга сиэри, литэрэтиирэлии нуорманы тутуһар;
6) тыл сүрүн кестүүтүн, кырамаатыкалыы халыыптарын тута билэр, ырытар, тылыгар-ѳһүгэр сатаан туттар;
7) тылы сатаан ырытар;
8) бодоруһууга синиэньими (лиэксикэлии, кырамаатыкалыы) сатаан туттуу кэрэтин ѳйдүүр, тылыгар-ѳһүгэр туттар;
9) төрөөбүт тыла кэрэтин өйдүүр, уус-уран литэрэтиирэ тиэкиһигэр булан сыаналыыр.
10) тыл лиэксикэлии суолтатын быһаарар.
11) Этии уонна тыл ситимэ уратыларын, этии арааһын (сэһэн, ыйытыы, күүһүрдүү) билэр. Этии чилиэннэрин, биир уустаах чилиэннэри, тэнийбит чилиэннэри, даҕаамыры, кыбытык кэрчиктэри өйдуур. Тэнийбит уонна тэнийбэтэх этии, толору уонна толорута суох судургу (биир састааптаах, икки састааптаах этии) , холбуу этии арааьын, сирэй саҥа, ойоҕос саҥа, диалог, туһулуу өйдөбүллэрин билии, этиигэ, тиэкискэ арааран булар, Этиини чилиэнинэн ырытар.
12) Сурук бэлиэтэ – тыл култууратын сорҕото буоларын, киһи этэр санаатын чуолкайдыырга, иэйиини сурукка биэрэргэ, суругу-бичиги тупсарарга туьалааҕын, тиэкис ыһыллыбатын, биир сомоҕо, сибээстээх буоларын, хааччыйарын ейдуур. Тыл ордук тупсаҕай тутуллаах, этигэн, бэргэн буоларыгар сахалыы этии, сурук бэлиэтин арааһын сатабыллаахтык туттар.
13) Саҥа дорҕоонун туһунан билиигэ олоҕуран тыл дорҕооннорун тылыгар-өһүгэр таба интэнээссийэлээн, охсуулаан туттар; лиэксикэҕэ ылбыт сатабылларыгар, үөрүйэхтэригэр уонна билиитигэр тирэҕирэн, тылы ситимнээх саҥаҕа уонна туттулук истииллэргэ табыгастаахтык туттар; морполуогуйаны үөрэтэн иҥэриммит үөрүйэхтэрин, сатабылларын туһанан, саҥа чаастарын суолталарын уонна тылы үөскэтэр, уларытар халыыптарын литэрэтиирэлии нуормаларынан уонна төрөөбүт тыл үйэлээх үгэһин үөрүйэхтэринэн салайтаран араас истиилгэ сөпкө туһанар; сиинтэксискэ үөрэнэн билбит, сатаабыт үөрүйэхтэригэр олоҕуран, ситимнээх саҥатыгар тыл ситимин, этиини таба оҥорор, араас истиилгэ сөп түбэһиннэрэн сыысхала суох туттар.
14)Туох сыаллаах-соруктаах санарарын, суруйарын ейдуур (тиэмэ, сүрүн санаа), дьоҥҥо тиийимтиэ гына санаатын сааґылаан, араас истииллээх тиэкиһи туһанар (истэн суруйуу, ейтен суруйуу, о.д.а.). Тиэкис сүрүн санаатыгар олоҕуран, тиэкиґи таба ааттыыр. Тиэкис сиһилиир тиибин таба туһанан (сэґэргээґин, ойуулааґын, тойоннооґун), тиэкис тутулун тутуґар (киириитэ, сүрүн чааґа, түмүгэ), табыгастаах былаанын оҥорор (кылгас, тэнийбит), кэрчик тиэмэлэргэ бытарытар. Тыл туттуллар аналын, дэгэтин учуоттаан, онно тоҕоостоох тутуллаах этиилэри (логичность речи), ойуулуур-дьүһүннүүр ньымалары, сөптөөх тыл баайын (богатство речи), түгэнигэр сөптөөх тылы туттар (уместность речи).
Υөрэтии сүрүн ис хоһооно
Төрөөбүт тылы 9 кылааска үөрэтии ис хоһоонун сүрүн хайысхалара:
- бодоруһуу култуурата;
- тыл үөрэҕин тутаах салааларын туһунан уопсай өйдөбүл: сиинтэксис (холбуу этии);
- сурук култуурата: таба суруйуу уонна сурук бэлиэтэ;
- ситимнээх саҥаны сайыннарыы (тиэкис стилистикатын сүрүн өйдөбүл).
IX кылаас Тыл үөрэҕэ Ситимнээх сана Хатылааьын | ||
Ытык ³йд³бµллэр Кэпсэтэр уонна суруйар тиэмэлэр барыллара | Тиэмэ сµрµн ис хо´ооно | ¥³рэнээччи µлэтин сµрµн к³рµ²нэрэ |
Саха тыла – СР судаарыстыбалыы тыла . | ||
СР «Тыл туьунан» сокуон. Судаарыстыбалыы тыл суолтата. | Ийэ тыл тупсар тускулун, киэн кэскилин ырытар. | |
8 кылааска уерэппити хатылааьын | ||
Киһи тыла сүүс көһү саба сүүрэр. Алгыс үтүөтүн алҕаан, тыл үтүөтүн этэн. | Лиэксикэ. Бэниэтикэ уонна кыраапыка. Саҥа чаастара: ааттар, туохтуурдар, уларыйбат саҥа чаастара, көмө саҥа чаастара. Ырытыы. Сиинтэксис уонна сурук бэлиэтэ. Тылы таба суруйуу. Судургу этии. Тиэкис истиилэ. | Тыл сайда, байа, ол быыһыгар «сыыһыра» турарын быһаарар, холобурдуур. Сахалыы төрүт дорҕоону сөпкө саҥарыы суолтатын быһаарар. Анал тылдьыттарынан туттар. Ырытыы арааһыгар тоҕо итинник буоларын дакаастыыр. Судургу этиигэ туттуллар сурук бэлиэтин быһаарар. Истиил арааһын быһаарар. |
Холбуу этии. Тыл култуурата | ||
Холбуу этии | ||
өтөх төҥүргэстээх, сурт кэриэстээх, оһох кыымнаах. Биһикпин ыйаабыт сирим. | I. Холбуу этии өйдөбүлэ. Ситим тыла суох уонна ситим тыллаах этиилэр. Тэҥҥэ холбоммут уонна баһылатыылаах холбуу этии. Холбуу этиигэ сурук бэлиэтэ. Ситимнээх саҥа: Тиэкис өйдөбүлэ, бэлиэтэ: тиэмэтэ, сүрүн санаата, аата, тутула. | I Судургу уонна холбуу этиини араарар, сурук бэлиэтин сатаан туруорар. |
Тэннэ холбоммут холбуу этии | ||
Байҕал бааллаах, үлэ күүрээннээх. Сылдьыбыт сыыһы булар, көрдөөбүт көмүһү булар. | I. Тэҥҥэ холбоммут холбуу этии, бэлиэтэ, арааһа: тэҥ суолталаах тэҥҥэ холбоммут холбуу этии уонна баһылыыр суолталаах тэҥҥэ холбоммут этии. Ситимнээх саҥа: Суругунан уонна тылынан тиэкис. I. Тэҥ суолталаах тэҥҥэ холбоммут холбуу этии арааһа: тэҥ кэмнээх, талар суолталаах, утуу-субуу суолталаах, утары суолталаах. Ситим тыл. Сурук бэлиэтэ. Ситимнээх саҥа: Тиэмэ ис хоһоонун арыйыы. Матырыйаалы хомуйуу албаһа. I. Баһылыыр суолталаах тэҥҥэ холбоммут холбуу этии арааһа: төрүөт суолталаах, тэҥниир суолталаах, түмүктүүр суолталаах. Ситим тыл. Сурук бэлиэтэ. Ситимнээх саҥа: Тиэкис ис хоһоонун итэҕэһэ: киһи өйүгэр түспэт, тиэмэни ситэ арыйбат, логическай утума мөлтөх, о.д.а. I. Тэҥҥэ холбоммут холбуу этии истилиистикэтэ. Ситимнээх саҥа: Тиэкис сүрүн санаатын арыйар ньыма арааһа. Эпиигирэп. | II. ТХХЭ арааһын быһаарар, араас ситим тылы солбуйан, этии ис хоһооно хайдах уларыйарын быһаарар. II. Тылыгар-өһүгэр сатаан туттар, сурук бэлиэтин сөпкө туруорар. II. Тылыгар-өһүгэр сатаан туттар, сурук бэлиэтин сөпкө туруорар. II. Тэҥҥэ холбоммут холбуу этии истилиистикэлии араас суолтатын сатаан быһаарар, саҥарар саҥатыгар тоҕооһуннаран туттар. |
Баьылатыылаах холбуу этии | ||
Баһылатыылаах холбуу этии өйдөбүлэ | ||
Билбэтэххиттэн кыбыстыма, үөрэммэтэххиттэн кыбыһын. | I. Баһылатыылаах холбуу этии өйдөбүлэ. Тутаах уонна салаа этиилэр. Ситимнэһэр ньымалара. Интэнээссийэ. Сурук бэлиэтэ. Ситимнээх саҥа: Тиэкис итэҕэһэ: сүрүн санаата чуолкайа суох, тыла-өһө сөп түбэспэт, аата ис хоһоонун кытта дьүөрэлэспэт. | II. Тутаах уонна салаа этиилэри сатаан араарар, сурук бэлиэтин сөпкө туруорар. |
Баьылатыылаах холбуу этии арааьа | ||
Былыргы киһи ынаҕынан баай, аныгы киһи үөрэҕинэн баай. Төрөөбүт дойдугун хараҕыҥ харатын курдук харыстаа. | I. Бириэмэ баһылатыылаах холбуу этии өйдөбүлэ, уус-уран литэрэтиирэҕэ туттуллуута. Ситимнэһэр ньымата: туохтуур болдьуур киэбинэн, түһүк сыһыарыылаах аат туохтуурунан, дьөһүөл көмөтүнэн. Ситимнээх саҥа: Тиэкискэ этии ситимин көрүҥэ: субуруччу уонна кэккэлэһэ ситим. I. Болдьох баһылатыылаах холбуу этии өйдөбүлэ, туттуллуута. Ситимнэһэр ньымата, дэгэтэ. Ситимнээх саҥа: Этиини ситимниир ньыма арааһа: лиэксикэлии, морполуогуйалыы, сиинтэксистии. Этии ситимин итэҕэһэ: ситимэ суох этии, ньыма дьадаҥыта, истиил ирдэбилин кэһэрэ. I. Тѳрүѳт баһылатыылаах холбуу этии ѳйдѳбүлэ, туттуллуута. Сурук бэлиэтэ. Ситимнээх саҥа: Тиэкис чааһа. Апсаас тутула, үллэһиллиитэ. Судургу уонна уустук былаан. I. Тэҥниир баһылатыылаах холбуу этии ѳйдѳбүлэ, туттуллуута. Ситимнээх саҥа: Тиэкис тыла-ѳһѳ . Литэрэтиирэлии нуорманы тыл үѳрүйэҕин, истиил ирдэбилин тутуһуу. I. Баһылатыылаах холбуу этии истилиистикэтэ. Ситимнээх саҥа: Саҥа тиибэ. Тиэкис сиһилиир ньыматын кѳрүҥэ: сэһэргээһин, ойуулааһын, тойоннооһун. Сэһэргиир тиэкис сүрүн ирдэбилэ. I. Уустук тутуллаах холбуу этии. Ситимнээх саҥа: Ойуулуур тиэкис арааһа. Ойуулааһын сүрүн итэҕэһэ: була сатаан сиһилээһин, киэргэтии, сахалыы ойуулуур ньыманы тутах туһаныы. Тойоннооһун сыала-соруга. Тиэкис ирдэбилэ. Дакаастабыл кѳрүҥэ. | II. Бириэмэ баһылатыылаах холбуу этиини тылыгар-өһүгэр сатаан туттар. II. Болдьох баһылатыылаах холбуу этиини тылыгар сатаан туттар, дэгэт суолтатын өйдүүр. II. Тѳрүѳт баһылатыылаах холбуу этиини тылыгар сатаан туттар, сурук бэлиэтин сѳпкѳ туруорар. II. Тэҥниир баһылатыылаах холбуу этиини судургу этииттэн араарар, тылыгар сатаан туттар. II. Баһылатыылаах холбуу этии араас истиилгэ туттулларын ѳйдүүр, нуучча тылын сабыдыалынан этии тутула уларыйарын булан кѳннрѳр. II. Уустук тутуллаах холбуу этиини сатаан оҥорор, сурук бэлиэтин сѳпкѳ туруорар. |
Сыл тумугунэн хатылааьын | ||
Ынах маҥыраһан, сылгы кистэһэн, киһи кэпсэтэн билсэр. Норуот күүһэ – көмүөл күүһэ. | Тэҥҥэ холбоммут холбуу этии. Баһылатыылаах холбуу этии. | үөрэппит матырыйаалын билиэхтээх, таба суруйуу, сурук бэлиэтин быраабылаларын сатаан быһаарыах, холобурдуох тустаах. Сатыахтаах:
Тылы таба суруйууга. 5-9 кылааска үөрэппит быраабылаларыгар олоҕуран сыыһаны булар, сатаан көннөрөр, быһаарар. Болдьох бириинсибинэн суруллар, олоххо үгүстүк туттуллар тыллары таба суруйар. Сурук бэлиэтигэр. 5-9 кылааска үөрэппит быраабылаларыгар олоҕуран сурук бэлиэтин сөпкө туруорар, быһаарар. Ситимнээх саҥаҕа. Этиини ситимниир ньыма арааһын (лиэксикэлии, морполуогуйалыы, сиинтэксистии) билэр, тылыгар-өһүгэр туттар Этии ситимин итэҕэһин: ситимэ суох этиини, ньыма дьадаҥытын, истиил ирдэбилин кэһэрин – булан көрөр, көннөрөр. Төрөөбүт тыл, устуоруйа, култуура, о.д.а. Публицистикалыы хабааннаах өйтөн суруйар. Дьоҕус ыстатыйаҕа тиэсис, кэниспиэк оҥорор. Тыл этии сиэрин тутуһан ирэ-хоро сээргэһэр. |
Тиэмэнэн былаан торума.
Уопсай чааһа | 104 |
Тыл үөрэђэ | 68 |
Киирии тиэмэ | 1 |
Төрөөбүт тыл | 1 |
5-7 кылааска барбыты хатылааьын | 5 |
Холбуу этии | 41 |
Холбуу этии өйдөбүлэ | 3 |
Тэңңэ холбоммут холбуу этии | 10 |
Баһылатыылаах холбуу этии | 18 |
Уустук тутуллаах БХЭ | 4 |
Хатылааһын | 6 |
Хонтуруолунай үлэ | 5 |
Билиини бэрэбиэркэлиир тургутук | 4 |
Сыыһаны көннөрөр үлэ | 4 |
Сылы түмүктүүр хатылааһын | 4 |
Алын кылааска үөрэппити хатылааьын, чинэтии | 5 |
Ситимнээх сана | 34 |
Тиэксинэн үлэ | 10 |
Тиэкис тиибэ | 5 |
Тиэкис истиилэ | 5 |
Аахпыттан суруйуу, алђаһы көннөрөр үлэ. | 8 |
Ситимнээх саңађа айар үлэ | 6 |
Үөрэтэр-мэтэдиичэскэй литэрэтиирэ:
- Г.Г. Филиппов, Г.И.Гурьев «Саха тыла: үлэлиир бырагыраама 5-9 кылаас. Дь, Бичик, 2016с
- ИП Винокуров, Г.Г. Филиппов, ГИ Гурьев, АМ Попова, «Саха тыла 9» Дь, Бичик, 2016с.
Билиини хонтуруоллуур үлэђэ туттуллар литература:
- Аржакова О.Р., Слепцова М.С., Ядрихинская И.Р. Аахпыттан суруйуу хомуурунньуга: 5-9 кылаас, Дь., Бичик, 2016.
- Аммосова В.И. Дьыктаан хомуурунньуга: 5-9 кылаас, Дь., Бичик, 2016.
- Семенова С.С., Парфенова Н.П., Васильев Н.Н., Хардарысов С.Г. Аахпыттан суруйуу уонна диктант тиэкистэрэ: 5-11 кылаас, Я, Бичик, 2004.
- Винокуров И.П. Сахалыы таба суруйуу. -Дь.
- Винокуров И.П. Саха тыла Дь.
- Винокуров И. П. Синтаксис оҥкула. Дь.
- Егинова С.Д. Тылы ырытыы халыыба.Дь.
- Петрова Т.И. Ыраастык сахалыы саҥарыах.- Дьокуускай.
- Слепцова Г.М. Ситимнээх сана.Дьокуускай
Предварительный просмотр:
Предмет: Саха тыла. Кылаас: 9
Уруогунан былааннааьын. Сылга: 104 ч.
№ | Уруок темата | чаас | дата | Үөрэтии тумук ситиһиитэ (УУД) | Уерэнээччи үлэтин сүрүн көрүҥнэрэ | Дьиэ5э улэ | |
план | факт | ||||||
1 чиэппэр -24 чаас | |||||||
1 | СР «Тыл туьунан» сокуон. Судаарыстыбалыы тыл суолтата. | 1 | 2.09 | ||||
2 | Төрөөбүт тыл | 4.09 | |||||
3 | 5-7 кылааска үөрэппити хатылааһын.саҥа дор5ооно уонна кыраапыка | 1 | 7.09 | ||||
4 | Тыл баайа. Лиэксикэ | 1 | 9.09 | ||||
5 | Морполуогуйа | 1 | 11.09 | ||||
6 | Сиинтэксис | 1 | 14.09 | ||||
7 | Бэрэбиэркэлиир диктант | 1 | 16.09 | ||||
8 | Ситимнээх саҥа. Литэрэтиирэлии тыл | 1 | 18.09 | ||||
9 | Тиэкис өйдөбүлэ, бэлиэтэ, сүрүн санаата, тутула. Истиил тиэкиһин арааһа | 1 | 21.09 | ||||
10 | Холбуу этии өйдөбүлэ. | 1 | 23.09 | ||||
11 | Киирии хонтур улэ «Ус сурук» айар сорудахтаах | 1 | 25.09 | ||||
12 | Холбуу этии ейдебулэ | 1 | 28.09 | Диктант сорудахтарын толорор, блиитин тургутар, туохха ыарыр5атарын, сыыспытын булар, көннөрөр | |||
13 | Тэннэ холб. холбуу этии уонна баһылатыылаах холбуу этии | 1 | 30.09 | Холбуу этии өйдөбүлүн билэр, сатаан араарар | |||
14 | Суругунан уонна тылынан тиэкис | 1 | 2.10 | Талбыт тематыгар суругунан уонна тылынан тикиһи суруйуу | |||
15 | СС.Аахпыттан суруйуу | 1 | 5.10 | ||||
16 | ТХХЭтии арааһа | 1 | 7.10 | ТХХЭ арааьын билэр, сурук бэлиэтин, этиигэ туттуллар ситим тылы билэр, суолтатын быьаарар, сурук бэлиэтин туруорар | |||
17 | ТХХЭтии арааһа | 1 | 9.10 | Сиьилии салаа этии арааьын суолтатын быьаарар, сурук бэлиэтин туруорар, сыыьа турбут, кеппут сурук бэлиэтин булан кеннерер | |||
18 | Тылынан уус-уран уонна суругунан уус-уран тиэкис туспатыйыылара | 1 | 12.10 | Сиьилии салаа этии арааьын суолтатын быьаарар, сурук бэлиэтин туруорар, сыыьа турбут, кеппут сурук бэлиэтин булан кеннерер | |||
19 | ТХХЭтиигэ сурук бэлиэтэ | 1 | 14.10 | ||||
20 | ТХХЭтиигэ сурук бэлиэтэ | 1 | 16.10 | ||||
21 | ТХХЭ хатылааьын | 1 | 19.10 | ||||
22 | Чиэппэрдээ5и хонтуруолунай үлэ "Холбуу этии" | 1 | 21.10 | Грамматическай сорудахтаах диктаны суруйар | |||
23 | Ал5аьы кеннерер улэ | 1 | 23.10 | ||||
24 | Суругунан улэ | 1 | 26.10 | ||||
2 чиэппэр -24 чаас | |||||||
25 | Ситимнээх саҥа. Тиэкис саанырдара | 1 | 4.11 | Тиэкис саанырдарын араарар. | |||
26 | Тиэкис ис хоһоонун итэ5эһэ | 1 | 6.11 | Тиэкис ис хоһоонун итэ5эһин сатаан булан көннөрөр | |||
27 | Пубулуустука истиилэ | 1 | 9.11 | Уустук тутуллаах Х.Э. ейдебулэ. ХЭ чаастарын ситимнэьэр ньыматын билэр | |||
28 | ТХХЭтии истилиистикэтэ | 1 | 11.11 | Уустук тхэ грамматическай оло5ор тирэ5ирэн булар, сурук бэлиэтин быьаарар, бэйэтэ туруорар | |||
29 | ТХХЭтии истилиистикэтэ | 1 | 13.11 | ||||
30 | ТХХЭтии истилиистикэтэ | 1 | 16.11 | ||||
31 | Тиэкис сүрүн санаатын арыйар ньыма арааһа | 1 | 18.11 | Тиэкис сүрүн санаатын араарар,. Тиэкис сүрүн санаатын торумнуур. Өйдүүр, бэйэтэ туттар | |||
32 | Айымньыга эпиигирэп суолтата | 1 | 20.11 | эпиграф суолтатын билэр, Өйдүүр, бэйэтэ туттар | |||
33 | Айар улэ | 1 | 23.11 | ||||
34 | Баьылатыылаах холбуу этии өйдөбүлэ , бэлиэтэ | 1 | 25.11 | БХЭтии өйдөбүлүн билэр, сатаан араарар | |||
35 | Дьыал истиилин тиэкиьэ | 1 | 27.11 | ||||
36 | БХЭ сурун салаа чаастара | 1 | 30.11 | ||||
37 | БХЭ ситимнэрэ | 1 | 2.12 | ||||
38 | Ситимнээх саҥа. Уус-уран айымньы итэ5эһэ | 1 | 4.12 | ||||
39 | Быьаарыы суолталаах БХЭ | 1 | 7.12 | ||||
40 | Толоруу суолталаах БХЭ | 1 | 9.12 | Тиэкискэ этии ситимин арааһын арааран билэр, тиэкис этиини ситимниир ньыматын билэр, ырытар, бэйэтэ туттар,. | |||
41 | Ситимнээх саҥа. Тиэкискэ этии ситимин көрүҥэ | 1 | 11.12 | Этиини ситимниир ньыма арааһын туһанан араас темалаах тиэкис оҥорор | |||
42 | Туьаан суолталаах БХЭ. | 1 | 14.12 | Тиэкис чаастарын арааран билэр, тиэкискэ былаан оҥорор, тиэкиһи ырытар | |||
43 | Кэпсиирэ суолталаах БХЭ | 1 | 16.12 | Тиэкис былааныгар абзац тутулун ырытар, ис хоьоонун былааны тутуһан кпсиир. Кэрчик теманы сатаан арыйа үөрэнэр. Кэрчик теманы, абзаһы ситэрэн суруйар | |||
44 | Пубулуустука уонна уус-уран тиэкиьи ырытыы | 1 | 18.12 | Этиигэ тыл бэрээдэги билэр, алҕас тахсыбыт миэстэтин булан көннөрөр | |||
45 | Хатылааьын | 1 | 21.12 | ||||
46 | Хонтуруолунай диктант "Олонхоьут" Промежуточнай хонтуруолунай улэ | 1 | 23.12 | Грамматическай сорудахтаах диктаны суруйар | |||
47 | Ал5астары көннөрөр үлэ | 1 | 25.12 | Алҕаһын көннөрөр,туохха сыыспытын өйдүүр | |||
48 | Хатылааьын, чинэтии | 1 | 28.12 | Тиэкис сүрүн бэлиэтин билэр | |||
3 чиэппэр -30 чаас | |||||||
49 | Хартыынанан улэ | 1 | 13.01 | ||||
50 | Аахпыттан суруйуу | 1 | 15.01 | ||||
51 | Сиьилии суолталаах БХЭ. Кэм суолталаах БХЭ | 1 | 18.01 | Тиэкискэ былаан оҥорору сатыыр, бэриллибит темаҕа былаан оҥорор, былаанынан сирдэтэн текст ис хоһооннун кэпсиир. | |||
52 | Тэнниир суолталаах БХЭ | 1 | 20.01 | ||||
53 | Буолуу суолталаах БХЭ | 1 | 22.01 | р | |||
54 | Этиини ситимниир ньыма арааьа | 1 | 25.01 | ||||
55 | Утарар суолталах БХЭ | 1 | 27.01 | ||||
56 | Болдьох суолталаах БХЭ | 1 | 29.01 | ||||
57 | Утарар болдьох суолталаах БХЭ | 1 | 1.02 | ||||
58 | Терует суолталаах БХЭ | 1 | 3.02 | ||||
59 | Сорук суолталаах БХЭ | 1 | 5.02 | ||||
60 | Аахпыттан суруйуу «……………….» | 1 | 8.02 | ||||
61 | Тумуктуур суолталаах БХЭ | 1 | 10.02 | ||||
62 | Миэстэ суолталаах БХЭ | 1 | 12.02 | ||||
63 | Кээмэй суолталаах БХЭ | 1 | 15.02 | ||||
64 | Хатылааьын | 1 | 17.02 | ||||
65 | БХЭ хатылааьын | 1 | 19.02 | ||||
66 | БХЭ хатылааьын | 1 | 22.02 | ||||
67 | Ситимнээх саҥа. Талан Өйтөн суруйуу | 1 | 24.02 | Бэриллибит темалартан Талан өйтөн суруйар, сүбэ холбукатын сатаан туһанар, о5о үлэтин ырытар | |||
68 | Холбуу этии арааһыгар хатылааһын | 1 | 26.02 | Алҕаһын көннөрөр,туохха сыыспытын өйдүүр | |||
69 | Холбуу этии арааһыгар хатылааһын | 1 | 29.02 | ||||
70 | Холбуу этии арааһыгар хатылааһын | 1 | 2.03 | ||||
71 | Диктант «Чараас сүрэх» | 1 | 4.03 | Грамматическай сорудахтаах диктаны суруйар | |||
72 | Ал5аьы кеннерер улэ | 1 | 7.03 | ||||
73 | Тургутук | 1 | 9.03 | ||||
74 | Ал5аьы кеннерер улэ | 1 | 11.03 | ||||
75 | Хатылааьын, чинэтии | 1 | 14.03 | ||||
76 | Тиэкис чааьа. Апсаас тутула, уллэьиллиитэ | 1 | 16.03 | Тиэкис тутулун билэр | |||
77 | Аахпыттан суруйуу | 18.03 | |||||
78 | Ал5аьы кеннерер улэ | 21.03 | |||||
4 чиэппэр -25 чаас | |||||||
79 | Айар улэ | 1 | 1.04 | ||||
80 | Уустук тутуллаах БХЭ | 1 | 4.04 | ||||
81 | Уустук тутуллаах БХЭ араастара | 1 | 6.04 | ||||
82 | Хатылааьын | 1 | 8.04 | ||||
83 | УтБХЭ Чинэтэр улэ | 1 | 11.04 | ||||
84 | Тиэкис тыла -еье, тиэкис сиэрэ | 1 | 13.04 | ||||
85 | БХЭ истиилистикэтэ | 1 | 15.04 | ||||
86 | БХЭ истиилистикэтэ | 1 | 18.04 | ||||
87 | Сана тиибэ. Тиэкис сиһилиир ньыматын көрүҥэ | 1 | 20.04 | Тиэкис сиһилиир ньыматын билэр. | |||
88 | Сэьэргээьин тиэкис | 1 | 22.04 | ||||
89 | Ойуулуур тиэкис арааьа: айыл5а көстүүтэ, киһи тас дьуһунэ, хамсыыр-харамай | 1 | 25.04 | Ойуулааһын тиэкис сүрүн бэлиэтин билэр. Ойуулааһын тиэкис ньыматын билэр. Ону сатаан туттар, тылын-өһүн болҕойор. Тиэкистэн ойуулуур миэстэни булар. Дакаастыыр. | |||
90 | Ойуулааьын тиэкис | 1 | 27.04 | ||||
91 | Тойоннооьун тиэкис ирдэбилэ, дакаастабыл көрүҥэ | 1 | 29.04 | Дакаастабыл көрүҥүн билэр. Тезиһи булар, дакаастыыр аргуменнары арааран ырытар, автор этиитин сыаналыыр | |||
92 | Тойоннооьун тиэкис | 1 | 2.05 | ||||
93 | Аахпыттан суруйуу «Саха хайдах танараламмыта» | 1 | 4.05 | ||||
94 | Ал5аьы кеннерер улэ | 1 | 6.05 | ||||
95 | Хатылааьын | 1 | 9.05 | ||||
96 | Сылы түмүктүүр хатылааһын | 1 | 11.05 | ||||
97 | Алын кылааска үөрэппити хатылааһын | 1 | 13.05 | ||||
98 | Алын кылааска үөрэппити хатылааһын | 1 | 16.05 | ||||
99 | Хонтуруолунай диктант «Кырыыстаах сэрии» | 1 | 18.05 | Грамматическай сорудахтаах диктаны суруйар | |||
100 | Тест | 1 | 20.05 | ||||
101 | Хатылааьын | 1 | 23.05 | ||||
102 | Хатылааьын | 1 | 25.05 | ||||
103 | Хатылааьын | 1 | 27.05 | ||||
104 | Хатылааьын | 1 | 30.05 |
По теме: методические разработки, презентации и конспекты
Рабочая программа по родному языку и литературе в 11 классе С(К)ОУ VIII вида
Рабочая программа по предмету "Родной язык и литература" в 11 классе специальной (коррекционной) школы VIII вида состоит из пояснительной записки и календарно-тематического планирования по двум модуля...
РАБОЧАЯ ПРОГРАММА ПО РОДНОМУ ЯЗЫКУ ДЛЯ УЧАЩИХСЯ 10-12 КЛАССОВ СПЕЦИАЛЬНЫХ (КОРРЕКЦИОННЫХ) ОБЩЕОБРАЗОВАТЕЛЬНЫХ ШКОЛ VIII ВИДА
Данная программа разработана на основании нормативно- правовых документов: Закона «Об образовании», Типового Положения о специальном (коррекционном) образовательно...
рабочая программа по родному языку и литературе 5 класс
рабочая программа по родному языку 5 кл...
Рабочая программа по родному языку и родной литературе 5 класс
Рабочая программа для родного русского языка...
Рабочие программы "Русский родной язык" 5-9 класс и "Русский язык" 5-9 класс по УМК В.В.Бабайцевой
В рабочих программах представлены планируемые результаты освоения учебного предмета "Русский язык" и "Русский родной язык", содержание учебного предмета по классам, сетка часов и к...
Рабочие программы по родному языку и родной литературе, методические материалы
Рабочие программы по родному языку и родной литературе, методические материалы...