Рабочая программа по родному языку 7 класс
рабочая программа (7 класс) на тему

Васильева Наталья Викторовна

2016-2017 уерэх дьылыгар 7 кылааска саха тылын уерэтиини суруннуур бырагыраама

Скачать:

ВложениеРазмер
Файл 7_kylaas_saha_tyla_16-17_ue.d.docx49.45 КБ

Предварительный просмотр:

Саха Республикатын Үөрэ5ириитин министерствота

Ньурба оройуонун Үөрэ5ин управлениета

П.С. Егоров аатынан Акана орто оскуолата

         «Сөбүлэhэбин»

Директоры   үөрэх  чааhыгар                                                                                                                                

   солбуйааччы Лукина А.А.

__________________________

«_______»_________________

                                                                «Бигэргэтэбин»

                                                  П.С. Егоров аатынан  Акана орто          

                                                          оскуолатын  директора

                                                                   Федоров Н.Н.

                                  ____________________

                                               « ______»___________________

                                           

                                       2016-2017  үөрэх дьылыгар 7 кылааска саха тылын үөрэтиини сүрүннүүр бырагыраама

Бырагыраама: «Сахалыы оскуола программата. Саха тыла 5-11 кылаас»

 Ааптардар: Семенова С.С., Алексеев И.Е., Винокуров И.П., Петрова Т.И., Филиппов Г.Г. Дь., 2000)

Учуобунньук:  «Саха тыла. Морфология» (7 кылааска үөрэнэр кинигэ, эбэн, уларытан иккиһин таһаарыы)

Ааптардар:  Н.Н.Неустроев, А.Г.Ядрихинская, С.С.Семенова Дь. Бичик, 2011 с.

35x2=70 ч.

Учуутал: Васильева Наталья Викторовна

Быһаарыы сурук.

            Хайа да омук төрөөбүт тылын билэр, таптыыр, сыаналыыр кэнчээри ыччаттаах буолла5ына, тыыннаах буолар. Салгыы сайдар, бар5арар кыахтанар. Тыл – бүтүн норуот национальнай баайа, кэлэр кэскилэ.

             Саха тыла – саха оскуолатыгар үөрэх тыла, билии-көрүү төрдө буолар. Үөрэнээччи тыл үөрэ5ин туһунан сүрүн өйдөбүлэ, ситимнээн саңарар үөрүйэ5э, ырытар-толкуйдуур, оңорон көрөр дьо5ура маңнай төрөөбүт тыл уруогар олохсуйар.

             Онтон салгыы о5о атын үөрэх предметтэрин ис хоһоонун төрөөбүт тылынан ордук чэпчэкитик өйдүүр. Билиитэ-көрүүтэ кэңээн истэ5ин ахсын тылын саппааһа байар, онон атын предметтэри сахалыы үөрэтии төрөөбүт тылы баһылыырга көмөлөһөр.

             Саха тылыгар үөрэтии программата орто оскуоланы бүтэрэр үөрэнээччигэ маннык ирдэбили туруорар:

  1. Үөрэнээччи үлэ5э-хамнаска, дьыала5а-куолуга, общественнай олоххо төрөөбүт тылынан хомо5ойдук кэпсэтэр, санаатын сааһылаан этэр, суруйар.
  2. Саха тылын үөрэ5ин, тыл культуратын туһунан өйдөбүлү ылар, литературнай нуорманы билэр, торөөбүт тылынан бар5а баайын сыаналыыр, сатаан туһанар.
  3. Ийэ тылын баайынан, кэрэтинэн киэн туттар, төрөөбүт тыла сайдарын туһугар туруулаһар, кэлэр көлүөнэ5э тириэрдэр ытык иэстээ5ин өйдүүр.

Төрөөбүт тылы оскуола5а үөрэтии.

Саха тылын орто оскуола5а үөрэтии маннык сыалы-соругу туруорар:

  1. Саха тылын бар5а баайын, тутулун, уратытын о5о өйүгэр-сүрэ5эр тиийэр курдук арыйан көрдөрүү.
  2. Орто оскуоланы бүтэрэр үөрэнээччигэ араас эйгэ5э, араас наада5а сахалыы сатаан саңарар, суруйар дьо5уру иңэрии.
  3. Саха тылын талы-талба кэрэтин биллэрэн, ийэ тылын сөбүлүүр, харыстыыр, төрүт культуратын биһириир, омугун сыаналыыр, убаастыыр ыччаты иитэн таһаарыы.

Саха тылын 5-9 кылааска үөрэтии ис хоһооно икки сүрүн чааска арахсар:

  1. Тыл үөрэ5э, ол аата тыл тутулун, үгэс буолбут салааларын (лексиканы, фонериканы, морфологияны, синтаксиһы) үөрэтии;
  2. Ситимнээх саңа, ол аата тиэкис тутулун, саңарар саңа тиибин уонна истиилин билии.

7 кылааска саха тылын үөрэтии чааһа маннык үллэрилиннэ:

          7 кылааска саха тылын үөрэтии чааһа маннык үллэрилиннэ:

          Уопсай чааһа – 68

          Киирии тиэмэ – 1,  Хатылааһын – 1,  Туохтуур – 21, Аат туохтуур – 5, Сыһыат туохтуур – 3,  Сыһыат – 4,  Көмө саңа чаастара – 5

Саңа аллайыы – 1

Ситимнээх саңа – 12

          Истэн суруйуу – 1

          Аахпыттан суруйуу - 1

          Хонтуруолунай үлэ- 4

Уруок тиэмэтэ

Чааһа

Уруок сүрүн ис хоһооно

Күнэ

(былаа-нынан)

Күнэ

(үөрэт-нэн)

Бэлиэтээ-

һиннэр

1

Киирии тиэмэ. Саха тыла – ийэ тыл.

1

Ийэ тыл туһунан сэһэргэһии, санаа атастаһыыта.

I чиэп.

06.09

2

6 кылааска үөрэппити хатылааһын.

1

6 кылааска үөрэппити хатылыырга эрчиллиилэри толоруу.

07.09

3

«Оскуола5а киирии» бэрэбиэркэлиир истэн суруйуу.

1

Бэрэбиэркэлиир истэн суруйуу.

13.09

Туохтуур (21 чаас)

4

Туохтуур - саңа чааһа.

1

Туохтуур өйдөбүлэ. Саха т-р Т. 3 бөлө5ө: тус туохтуур, аат туохтуур, сыһыат туохтуур. Тус туохтуур суолтата, морф-й бэлиэтэ, этиигэ ханнык чилиэн буолара. Т. оло5о. Суолтатынан арааһа: хайааһын туохтуура, турук туохтуура, тыаһы үтүктэр, дьүһүннүүр туохтуур.

14.09

5

Туохтуур үөскүүр ньымата

1

Туохтуур төрүт оло5о, үөскүүр ньымата: сыһыарыы, аттарыы. Паараласпыт туохтуур үөскээһинэ, туттуллар уратыта.

20.09

6-7

Туохтуур сирэйдэниитэ

2

Туохтуур сирэйдэниитэ: билигин ааспыт кэм, урут ааспыт кэм, билиңңи кэм, кэлэр кэм; биир уо. элбэх ахсаан, 1,2,3 сирэй. Т. буолар, буолбат формата. Т. кэмин, сирэйин атын суолта5а туһаныы.

21.09

27.09

8

Көмө туохтуур

1

Көмө туохтуур өйдөбүлэ.

28.09

9-10

Туохтуур туһаайыыта

2

Туохтуур туһаайыытын суолтата, арааһа.

04.10

05.10

11

Туохтуур киэбэ. Кэпсиир киэп.

1

Киэп суолтата, арааһа. Кэпсиир киэп уларыйар формата.

11.10

12

Соруйар, сэрэтэр киэптэр.

1

Соруйар, сэрэтэр киэптэр суолталара, үөскүүр сыһыарыылара.

12.10

13

Сэрэйэр, болдьуур киэптэр

1

Сэрэйэр, болдьуур киэптэр суолталара, үөскүүр сыһыарыылара.

18.10

14

Бигэргэтэр киэп.

1

Бигэргэтэр киэп суолтата, үөскүүр сыһыарыылара.

19.10

15

Буолуохтаах уонна буолуон сөптөөх хайааһын киэптэрэ

1

Буолуохтаах уонна буолуон сөптөөх хайааһын киэптэрин суолталара, үөскүүр сыһыарыылара.

25.10

16

Чиэппэрдээ5и хонтуруолунай үлэ.

1

26.10

17

Буола илик хайааһын уонна үгэс буолбут хайааһын киэптэрэ.

1

Буола илик хайааһын уонна үгэс буолбут хайааһын киэптэрин суолталара, үөскүүр сыһыарыылара.

II чиэп

08.11

18

Туохтуур киэптэригэр хатылааһын.

1

Туохтуур киэптэрин арааһын билиини чиңэтэр, тургутар сорудахтары оңоруу.

09.11

19

Туохтуур көрүңэ.

1

Туохтуур көрүңүн арааһа. Үөскүүр ньымата.

15.11

20

Туохтуур кыччатар формата.

1

Туохтуур кыччатар (атаахтатар) формата. Суолтата, үөскээһинэ, саңарар саңа5а, уус-уран айымньыга туттуллуута.

16.11

21

Туохтуур үлүбүөй формата.

1

Туохтуур үлүбүөй форматын суолтата, үөскээһинэ, туттуллуута.

22.11

22-23

Дьүһүннүүр уонна тыаһы үтүктэр туохтуур

2

Дьүһүннүүр уонна тыаһы үтүктэр туохтуур суолтата, үөскээһинэ, туттуллар эйгэтэ.

23.11

29.11

24

Туохтууру саңа чааһынан, састаабынан ырытыы.

1

Туохтууру саңа чааһынан, састаабынан ырытыы оңкула.

30.11

25

Туохтуур салааны хатылааһын.

1

Туохтууру үөрэтиигэ ылбыт билиини түмэн сорудахтары толоруу.

06.12

Аат туохтуур (5 чаас)

26

Аат туохтуур – туохтуур туспа формата.

1

Аат туохтуур суолтата, морфологическай бэлиэтэ, этиигэ ханнык чилиэн буолара. Арааһа.

07.12

27

Аат туохтуур аат суолтатын ылыыта.

1

Аат туохтуур аат суолтатын ылыыта, уларыйар халыыптара. Этиигэ ханнык чилиэн буолара.

13.12

28-29

Аат туохтууру саңарар саңа5а туттуу.

2

Аат туохтуур истиили үөскэтэр кыа5а. Аат туохтууру норуот тылынан уус-уран айымньытыгар туттар үөрүйэх. Дьыала, кэнсэлээрийэ тылыгар аат туохтууру туттуу анала.

14.12

20.12

30

Аат туохтууру саңа чааһынан, састаабынан ырытыы.

1

Аат туохтууру саңа чааһынан, састаабынан ырытыы оңкула.

21.12

31

Сыл аңардаа5ы хонтуруолунай үлэ.

1

27.12

32

Ал5астарга үлэ. Хатылааһын.

1

28.12

Сыһыат туохтуур (3 чаас)

33

Сыһыат туохтуур – туохтуур туспа формата.

1

Сыһыат туохтуур суолтата, морф-й бэлиэтэ, этиигэ ханнык чилиэн буолара. Арааһа. Үөскүүр ньымата: сыһыарыы, пааралаһыы, оло5ун хатылааһын.

III чиэп.

10.01

34

Сыһыат туохтууру саңарар саңа5а туттуу

1

Сыһыат туохтуур саха тылын биир табыгастаах халыыба, туттуллар уратыта: көрүң халыыбын үөскэтэр кыа5а, кэпсиирэ сыһыарыытын ылара-ылбата (итэ5эс сөпсөһүү): ыалдьаммын кэлбэтим – ыалдьан кэлбэтим.

11.01

35

Сыһыат туохтууру саңа чааһынан, састаабынан  ырытыы.

1

Сыһыат туохтууру саңа чааһынан, састаабынан  ырытыы оңкула.

17.01

36

Аахпыттан суруйуу.

1

18.01

37

Туохтуурдары хатылааһын

1

Т. 3 бөлө5өр: тус туохтуурга, аат туохтуурга, сыһыат туохтуурга  хатылааһын,  эрчиллиилэри  толоруу.

24.01

Сыһыат  (5 чаас)

38

Сыһыат – саңа чааһа

1

Сыһыат суолтата, морфологическай бэлиэтэ, этиигэ ханнык чилиэн буолара. Сыһыат үөскүүр ньымата: сыһыарыы, аттарыы

25.01

39-40

Сыһыат арааһа.

2

Сыһыат арааһа: миэстэ, кэм, буолуу, кээмэй, төрүөт сыһыата. Синоним суолталаах төрүт сыһыаты, -тык сыһыарыынан үөскээбит сыһыаты, сыһыат туохтууру, аттарыы халыыбы араас истиилгэ туттуу.

31.01

01.02

41

Сыһыаты саңа чааһынан, састаабынан  ырытыы.

1

Сыһыаты саңа чааһынан, састаабынан  ырытыы оңкула.

07.02

42

Сыһыаты хатылааһыңңа суругунан үлэ.

1

Сыһыаты үөрэтиигэ ылбыт билиитин чиңэтии, тургутан көрүү.

08.02

Көмө саңа чаастара (6 чаас)

43

Эбиискэ – саңа чааһа.

1

Көмө саңа чааһын өйдөбүлэ. Эбиискэ өйдөбүлэ, морф-й бэлиэтэ, этиигэ туттуллара, арааһа. Кэпсэтии тылыгар, норуот тылынан уус-уран айымньытыгар суолтата.

14.02

44

Сыһыан тыл – саңа чааһа.

1

Сыһыан тыл өйдөбүлэ, морф-й бэлиэтэ, этиигэ туттуллара. Сыһыан тылга сурук бэлиэтэ. Сыһыан тыл үөскээһинэ: атын саңа чааһын суолтата көһөн, тыл ситимэ таастыйан. Сыһыан тыл суолтатынан арааһа.

15.02

45

Дьөһүөл – саңа чааһа.

1

Дьөһүөл өйдөбүлэ, морф-й бэлиэтэ, этиигэ туттуллара. Төрүт уонна үөскээбит дьөһүөл. Суолтатынан арааһа: миэстэ, хайысха, кэм, тэңнэбил, төрүөт (сыал-сорук), араарар, холбуур суолталаах о.д.а.

21.02

46-47

Ситим тыл – саңа чааһа.

2

Ситим тыл өйдөбүлэ, морф-й бэлиэтэ, этиигэ туттуллара. Төрүт уонна атын саңа чааһыттан үөскээбит ситим тыл. Ситим суолтатынан арааһа: тэңңэ холбуур ситим тыл, баһылатан холбуур ситим тыл.  Ситим тылы тиэкискэ туттуу.

22.02

28.02

48

Көмө саңа чаастарын хатылааһын

1

Урут ылбыт билиитин чиңэтэр, тургутар эрчиллиилэри оңоруу.

01.03

Саңа аллайыы (1 чаас)

49

Саңа аллайыы – саңа чааһа.

1

Саңа аллайыы өйдөбүлэ, морф-й бэлиэтэ, этиигэ туттуллара. Саңа аллайыы туттуллар миэстэтэ, сурук бэлиэтэ. Саңа аллайыы этигэн күүһэ, кэпсэтии тылыгар, уус-уран айымньыга суолтата.

07.03

Саңа чаастарын хатылааһын (1 чаас)

50

Тиэксинэн үлэ.

1

Тиэкистэн саңа чаастарын булуу, наардааһын, ырытыы.

14.03

51

Чиэппэрдээ5и хонтуруолунай үлэ.

Сорудахтаах истэн суруйуу.

1

Урут ылбыт билиини тургутар үлэ.

15.03

СИТИМНЭЭХ САҢА /12 чаас/

IVчиэп.

52

Хатылааһын

1

Тиэкис истиилэ уонна тиибэ.

04.04

САНАРАР САНА ИСТИИЛЭ ( 12 чаас).  Уус-уран истиил (4 чаас)

53-54

Уус-уран стиль

2

Өйдөбүлэ, бэлиэтэ, туттуллар эйгэтэ.

05.04

11.04

55

Киһини ойуулааһын

1

Киһи тас көрүңүн, майгытын-сигилитин, ис туругун ойуулааһын.

12.04

56

Уус-уран литература5а киһини ойуулааһын.

1

Герой тас уонна ис мэтириэтэ. Айымньылартан холобур булуу.

18.04

Публицистика истиилэ (2 чаас)

57-58

Публицистика истиилэ

2

Өйдөбүлэ, бэлиэтэ, туттуллар эйгэтэ.

19.04

25.04

Саңа тиибэ (6 чаас)

59-60

Сэһэргээһин

2

Араас стилинэн сэһэргээһин.

26.04

02.05

61-62

Ойуулааһын

2

Араас стилинэн ойуулааһын.

03.05

10.05

63-64

Тойонноһун

2

Араас стилинэн тойоннооһун.

16.05

17.05

65

Сыллаа5ы хонтуруолунай үлэ.

1

23.05

66-67

Хатылааһын. Суругунан  үлэ.

2

Үөрэнээччи сыл устата ылбыт билиитин бэрэбиэркэлиир сорудахтары толоруу: тургутук, ыйытыыга эппиэт, ырытыы, тиэкиһи кытта үлэ.

24.05

30.05

68

Түмүк уруок.

1

Сыллаа5ы түмүгү таһаарыы

31.05

2  уруок бырааһынньыкка түбэстэ. (Кулун тутар 8 күнэ,  Ыам ыйын 9 күнэ)


По теме: методические разработки, презентации и конспекты

Рабочая программа по родному языку и литературе в 11 классе С(К)ОУ VIII вида

Рабочая программа по предмету "Родной язык и литература" в 11 классе специальной (коррекционной) школы VIII вида состоит из пояснительной записки и календарно-тематического планирования по двум модуля...

РАБОЧАЯ ПРОГРАММА ПО РОДНОМУ ЯЗЫКУ ДЛЯ УЧАЩИХСЯ 10-12 КЛАССОВ СПЕЦИАЛЬНЫХ (КОРРЕКЦИОННЫХ) ОБЩЕОБРАЗОВАТЕЛЬНЫХ ШКОЛ VIII ВИДА

Данная программа разработана на основании нормативно- правовых документов: Закона «Об образовании», Типового Положения о специальном (коррекционном) образовательно...

рабочая программа по родному языку и литературе 5 класс

рабочая программа по родному языку 5 кл...

Рабочая программа по родному языку и родной литературе 5 класс

Рабочая программа для родного русского языка...

Рабочие программы "Русский родной язык" 5-9 класс и "Русский язык" 5-9 класс по УМК В.В.Бабайцевой

В рабочих программах представлены планируемые результаты освоения учебного предмета "Русский язык" и "Русский родной язык", содержание учебного предмета по классам, сетка часов и к...

Рабочие программы по родному языку и родной литературе, методические материалы

Рабочие программы по родному языку и родной литературе, методические материалы...