Рабочая программа по родному языку 6 класс
рабочая программа (6 класс) на тему

Васильева Наталья Викторовна

2016-2017 уерэх дьылыгар 6 кылааска саха тылын уерэтиини суруннуур бырагыраама. 

Скачать:

ВложениеРазмер
Файл 6_kylaas_caha_tyla_16-17_ue.d._.docx71.43 КБ

Предварительный просмотр:

Саха Республикатын Үөрэ5ириитин министерствота

Ньурба оройуонун Үөрэ5ин управлениета

П.С. Егоров аатынан Акана орто оскуолата

         «Сөбүлэhэбин»

Директоры   үөрэх  чааhыгар                                                                                                                                

   солбуйааччы Лукина А.А.

«_______»___________________

                                                                «Бигэргэтэбин»

                                                  П.С. Егоров аатынан  Акана орто          

                                                          оскуолатын  директора

                                                                   Федоров Н.Н.

                                                             « ______»___________________

                              2016-2017 үөрэх дьылыгар 6 кылааска саха тылын үөрэтиини сүрүннүүр бырагыраама

Бырагыраама: «Саха тыла: үлэлиир бырагыраама:5-9 кылаас»

 Ааптардар: Г.Г. Филиппов,  Г.И. Гурьев Дь. Бичик, 2016

Учуобунньук:  «Саха тыла. Практикум»

Ааптардар:  И.П.Винокуров, Г.И.Гурьев, М.М.Попова, Г.Г.Торотоев. Дь. Бичик, 2016 с. («Саха оскуолата» систиэмэ)

35x3=105 ч.

Учуутал: Васильева Наталья Викторовна

Быhаарыы сурук

Орто сүhүөх оскуолаҕа саха тылын биридимиэтин суолтата

Саха тыла 1992 сыллаахха судаарыстыбалыы ыстаатыстанан, суолтата биллэрдик үрдээбитэ. Төрөөбүт тыл – хайа да норуот көлүөнэттэн көлүөнэҕэ бэриллэр улуу нэhилиэстибэтэ, киhи аймах култууратын сүдү сыаннастарыттан биирдэстэрэ. Төрөөбүт тыл – оҕо тулалыыр эйгэтин кыраҕатык билэр-көрөр, чугас дьонун-сэргэтин кытта истиҥник бодоруhар, иэйиитэ уhуктар, өйө-санаата сайдар, өбүгэтин үөрэҕин утумнуур сүрүн сириэстибэтэ. Төрөөбүт тылынан үөрэҕи-билиини кэбэҕэстик ылынар, айар-тутар дьоҕура уһуктар. Идэни талыыга, араас эйгэ5э, тугэннэ дьону кытта бодоруьууга, аныгы уопсастыбаҕа бэйэ миэстэтин булууга, утуо сиэргэ-майгыга торообут тылын уорэтэн ылбыт билиитэ туhалыыр. Ийэ тыллаах киhи омук дьонун кытта тэҥнээҕин билинэн, дьиҥ интэринэлиистии тыыҥа иитиллэр.

Билигин төрөөбүт тыл, бэдэрээссийэ үөрэххэ судаарыстыбалыы ыстандаардын (СБҮӨЫ-ФГОС) ирдэбилинэн, уопсай үөрэхтээhин булгуччулаах чааhыгар киирэн, үөрэх төрүт бэдэрээссийэлии былааныгар миэстэтэ, үөрэтиллэр чааhа чопчу ыйыллан, суолтата үрдээтэ.

Оскуолаҕа төрөөбүт тылы үөрэтии биридимиэтэ үөрэнээччи тылын-өhүн, өйүн-санаатын сайыннарар, сүрүн үөрэнэр үөруйэҕи иҥэрэр кыаҕынан атын биридимиэттэрдээҕэр бас-көс балаhыанньаны ылар. Онон төрөөбүт тылы үөрэтии таhымыттан саха оскуолатыгар үөрэхтээhин уопсай туруга тутулуктаах.

Орто сүhүөх оскуолаҕа саха тылын үөрэтии сыала соруга:

– төрөөбүт тылы ис сүрэҕиттэн ытыктыырга; араас эйгэҕэ, түгэҥҥэ бодоруhуу үөрүйэҕэр, аныгы уопсастыбаҕа сиэри-майгыны тутуhууга иитии; төрөөбүт тыл кэрэтин иҥэрии;

– үөрэххэ, күннээҕи олоххо төрөөбүт тылы олохтоохтук туттарга үөрэтии; бодоруhар үөрүйэҕин сайыннарыы, тылын-өhүн сайыннарар баҕатын үөскэтии; үөрэх дэгиттэр дьайыыларын (туох сыал-сорук туруорунан үөрэнэрэ, былаанныыра, тылын-өhүн хонтуруолланара, көннөрүнэрэ; билиини араас тылдьыттан, литэрэтиирэттэн БИЭни (биллэрэр-иhитиннэрэр эйгэни), Интэриниэти киллэрэн туран сатаан ылара);

– тылы үөрэтии систиэмэтин, туттуллуутун туhунан билиини, тыл истилиистикэлии уратыларын иҥэрии; тыл көстүгүн өтө көрөр, ырытар, тэҥниир дьоҕуру сайыннарыы; тыл саппааhын байытыы; литэрэтиирэлии нуорманы тутуhарга уhуйуу.  

Үөрэх биридимиэтин сүрүн ис хоhооно

Орто сүhүөх оскуолаҕа саха тылын үөрэтии ис хоhооно үөрэх хаамыытыгар сатабылы-үөрүйэҕи олохсутууга (метапредмет) уонна бары биридимиэккэ туох сыал-сорук турарыгар тирэҕирэр. Маныаха бодоруhууга, тыл үөрэҕэр (лингвистика) уонна ытык өйдөбүллэргэ (культуроведческая компетенция) кэмпитиэнсийэлээх сыhыан сайдыахтаах.

Бодоруhуу кэмпитиэнсийэтигэр тылынан уонна суругунан кэпсэтии култуурата, оҕо сааhыгар дьүөрэлээн күннээҕи олоҕор араас эйгэҕэ тылы таба туттуу үөрүйэҕэ киирэр. Оҕо туох соруктаах бодоруhара, кэпсэтии кэмигэр үөскээбит быhыыны-майгыны сөпкө сыаналыыра, кэпсэтэр киhитин тылын-өhүн өйдүүрэ, онуоха сөптөөх сыhыаны булан кэпсэтэрэ көстүөхтээх.

Тыл уонна тыл үөрэҕин кэмпитиэнсийэтигэр үөрэнээччи тыл үөрэҕин туhунан билиитэ, тыл хайдах сайдарын, туттулларын өйдөөн көрүүтэ; сүрүн литэрэтиирэлии нуорманы тутуhуута; тыл баайын хаҥатыыта; араас тылдьыты сатаан туhаныыта киирэр.

Ытык өйдөбүл (культуроведческая) кэмпитиэнсийэтигэр төрөөбүт тыл төрүт култуураны көрдөрүү биир көрүҥэ буолара, тыл норуот устуоруйатын кытта ыкса сибээhэ; саха тылын дьикти уратыта; тыл суолтатын төрүт култуураҕа даҕатан быhаарыы киирэр.

Бырагыраамаҕа үөрэнээччи тугу билиэхтээҕэ эрэ буолбакка, тугу сатыахтааҕа-оҥоруохтааҕа (коммуникативно-деятельностный подход) ыйыллар. Тиэмэ аайы анал бэлиэ баар. I – тыл үөрэҕиттэн туох үөрэтиллэрэ, өйдөбүлэ. II – үөрэнээччи үлэтин сүрүн көрүҥнэрэ, тугу сатыахтааҕа-оҥоруохтааҕа. III – ситимнээх саҥа.

Саха тылын үөрэтиигэ үөрэнээччи тугу сатыахтааҕар-оҥоруохтааҕар (коммуникативно-деятельностный подход) ордук болҕойуу, үөрэх сатабылларын иҥэрэр (метапредметные результаты) хайысханы тутуhуу, тылы-өhү күннээҕи олоххо дьүөрэлээн туттуу тылы таба туттарга (функциональная грамотность) сүҥкэн суолталаах.

Саҥаны-иҥэни толору баhылааhын бэлиэтэ: бодоруhууга үөрэх дэгиттэр дьайыылара (саҥарар саҥа араас көрүҥүн сатаан туттуу, табаарыстарын, аҕа саастаах дьону кытта бодоруhуу; тылынан уонна суругунан саҥаны сөпкө өйдөөhүн; саныыр санааны сааhылаан кэпсээhин; тылга-өскө сөптөөх нуорманы, сиэри тутуhуу); билэр-көрөр сатабыл (сүрүнү булуу, холобурдааhын, ситимнээх толкуй, дакаастааhын, араас источниктан наадалаах матырыйаалы булуу, наардааhын); тэринэр-дьаhанар сатабыл (сыалы-соругу сөпкө туруоруу, сатаан былаанныыра; сатаан хонтуруолланара, көннөрүнэрэ).

Үөрэнээччи саҥаны-иҥэни толору баhылааhына, саҥарар саҥатын тупсарыыта саха тылын тутулун уонна араас түгэҥҥэ хайдах туттулларын билиигэ тирэҕирэр. Үөрэх хаамыытыгар оҕо тылы ырытыы үөрүйэҕэр эрэ буолбакка, тыл култууратыгар үөрэниэхтээх. Ааҕыы араас көрүҥүн сатыахтаах, тиэкиhи литэрэтиирэлии нуорманы уонна тыл-өс сиэрин тутуhан сатаан сыымайдыахтаах, көннөрүөхтээх. Онон саха тылын сүрүн оскуолаҕа үөрэтии үөрэнээччи уопсай култууратын таhыма үрдүүрүгэр олук ууруохтаах. Итиниэхэ тирэҕирэн толору орто оскуола үрдүкү кылааhыгар, орто анал үөрэх кыhатыгар, о.д.а. үөрэххэ салгыы үөрэниэн сөп.

Төрөөбүт тылы орто сүhүөх оскуолаҕа үөрэтии ис хоhоонун сүрүн хайысхалара:

- бодоруһуу култуурата;

- тыл үөрэҕин тутаах салааларын туhунан уопсай өйдөбүл: саҥа дорҕооно, лиэксикэ, морполуогуйа, сиинтэксис;

- сурук култуурата: таба суруйуу уонна сурук бэлиэтэ;

- ситимнээх саҥаны сайыннарыы (тиэкис туhунан сүрүн өйдөбүл).

Тыл үөрэҕэ

         Төрөөбүт тылбыт – саха тыла. Саха омук үөскээбит, сайдыбыт устуоруйата. Саха тыла – түүр тыла. Саха тылыгар уруулуу тыллар. Төрөөбүт тыл киһи олоҕор суолтата.

Дорҕоон уонна таба саҥарыы. Саҥа дорҕоонун өйдөбүлүн, сахалыы дорҕоон арааһын билии. Төрөөбүт тыл дорҕооннорун, ордук чуолаан, сахалыы ураты дорҕооннору (уhун-кылгас, илин-кэлин, уос-айах аґаҕас уонна хоhуласпыт, сэргэстэhэр, пааралаһар бүтэй дорҕооннору, дьуптуоннары, ҕ, h, дь нь, мурун ҥ, нь дорҕооннору), арааран истии, чуолкайдык, таба саҥарыы нуорматын тутуhан саҥарыы. Саха тылыгар киирии тыллары сахатытан, аhаҕас дорҕооннор дьүөрэлэhиилэрин сокуонун тутуhан саҥарыы. Тылы дорҕоонунан ырытыы.

          Лиэксикэ. Норуот тылын туһунан уопсай өйдөбүлү, төрүт уонна киирии тыл уратыларын билии. Литэрэтиирэлии тыл суолтатын билии, нуорматын тутуһуу. Тыл лиэксикэлии суолтатын быһаарыы. Түөлбэ тыл, биир уонна элбэх суолталаах, хомуур тыллар, көспүт суолталаах тыллар, омуоньум, онтуоньум, синиэньим (харыс тыллар, сомоҕо тыллар, мэтээпэрэлэр) өйдөбүллэрин билии, тиэкистэн булуу, саҥарар саҥаҕа сөпкө туттуу. Тылдьыт арааһын сатаан туһаныы, тыл суолтатын тылдьыттан булан быһаарыы.

          Кыраапыка. Сурук сайдыытын бэлиэ түгэннэрин билии, киһи олоҕор суолтатын өйдөөһүн. Сахалыы сурук-бичик устуоруйатын билии. Дорҕоон буукубаларын билии, таба ааттааһын. Буукубалары суруллар ньымаларынан холбоон, ыраастык, тэтимнээхтик илиинэн суруйуу. Сурукка туттуллар атын бэлиэлэри, өйдөбүллэри (апсаас, тылы көһөрүү бэлиэтэ, тыл икки арда (пробел) сөпкө туттуу. Сахалыы алпаабыт бэрээдэгин билии. Араас тылдьытынан, ыйынньыгынан, хатаалагынан үлэлииргэ алпаабыты сөпкө туһаныы. Көмпүүтэргэ сахалыы сириибинэн тиэкиһи ылбаҕайдык бэчээттээн суруйуу.

         Морполуогуйа. Тыл састааба диэн өйдөбүлү, тыл уларыйар уонна үөскүүр ньыматын билии. Саҥа чааһын туһунан уопсай өйдөбүлү билии. Саҥа чаастарын бөлөҕө: ааттар (аат тыл, даҕааһын аат, ахсаан аат, солбуйар аат), туохтуур туттулук халыыптара (аат туохтуур, сыһыат туохтуур, тус туохтуур, үлүбүөй), сыһыат, саҥа аллайыы, көмө саҥа чаастара. Тылы састаабынан ырытыы (тыл олоҕо, сыһыарыыта).  Тыллары сүрүн бэлиэлэринэн (кырамаатыкалыы халыыптарынан) бөлөхтөөһүн, ырытыы. Саҥарар саҥаҕа тыл литэрэтиирэлии нуорматын тутуһуу.

         Сиинтэксис. Этии уонна тыл ситимэ уратыларын, этии арааһын (сэһэн, ыйытыы, күүһүрдүү) билии. Этии чилиэннэрин, биир уустаах чилиэннэри, тэнийбит чилиэннэри, даҕаамыры, кыбытык кэрчиктэри өйдөөһүн Тэнийбит уонна тэнийбэтэх этии, толору уонна толорута суох судургу (биир састааптаах, икки састааптаах этии) уонна холбуу (баhылатыылаах, тэҥҥэ холбоммут) этии, сирэй саҥа, ойоҕос саҥа, диалог, туһулуу өйдөбүллэрин билии, этиигэ, тиэкискэ арааран булуу, бэйэ этиитин толкуйдааһын. Этиини таба интэнээссийэлээн ааҕыы, сурукка саҥа дэгэтин сурук бэлиэтинэн араарыы. Этиини чилиэнинэн ырытыы.

Сурук-бичик култуурата

Таба суруйуу. Таба суруйуу сурук-бичик култуурата буоларын өйдөөһүн. Уһун аһаҕас дорҕооннору, дьуптуону, хоһуласпыт, сэргэстэспит, ханыылаһар бүтэй дорҕооннору, саха тылыгар киирии тыл дорҕооннорун таба суруйуу. Сахалыы араастык этиллэр тыллар таба суруллуулара тыл тірµт сокуоннарыттан тахсалларын, норуокка үөрүйэх, үгэс буолбут нуормаларга олоҕуралларын өйдөөһүн, харыстабыллаах сыґыан. Киэҥник, элбэхтик туттуллар эбэтэр сахалыы этэргэ табыгастаах киирии тыллары сахатытан суруйуу; тылбаастанар эбэтэр саха тылынан бэриллэр кыахтаах нуучча тылларын сахалыы солбугунан биэрии; сахалыы кыайан суруллубат киирии тыллар сыґыарыыларын таба суруйуу.

 Сурук бэлиэтэ. Сурук бэлиэтэ – тыл култууратын сорҕото буоларын, киhи этэр санаатын чуолкайдыырга, иэйиини сурукка биэрэргэ, суругу-бичиги тупсарарга биллэр-көстөр туhалааҕын, тиэкис арҕам-тарҕам барбатын, ыhыллыбатын, биир сомоҕо, сибээстээх буоларын, хааччыйарын өйдөөһүн. Тыл ордук тупсаҕай тутуллаах, этигэн, бэргэн буоларыгар сахалыы этии, сурук бэлиэтин арааґын (араарар, тоґоҕолоон бэлиэтиир) сатабыллаахтык туттуу.

Тыл салаалара.  Саҥа дорҕоонун туһунан билиигэ олоҕуран тыл дорҕооннорун тылыгар-өһүгэр таба интэнээссийэлээн, охсуулаан туттар; лиэксикэҕэ ылбыт сатабылларыгар, үөрүйэхтэригэр уонна билиитигэр тирэҕирэн, тылы ситимнээх саҥаҕа уонна туттулук истииллэргэ табыгастаахтык туттар; морполуогуйаны үөрэтэн иҥэриммит үөрүйэхтэрин, сатабылларын туһанан, саҥа чаастарын суолталарын уонна тылы үөскэтэр, уларытар халыыптарын литэрэтиирэлии нуормаларынан уонна төрөөбүт тыл үйэлээх үгэһин үөрүйэхтэринэн салайтаран араас истиилгэ сөпкө туһанар; сиинтэксискэ үөрэнэн билбит, сатаабыт үөрүйэхтэригэр олоҕуран, ситимнээх саҥатыгар тыл ситимин, этиини таба оҥорор,  араас истиилгэ сөп түбэһиннэрэн сыысхала суох туттар.

Ситимнээх саҥаны сайыннарыы

Туох сыаллаах-соруктаах саҥарарын, суруйарын өйдөөн (тиэмэ, сүрүн санаа), дьоҥҥо тиийимтиэ гына санаатын сааhылаан, араас истииллээх тиэкиhи туhанар үөрүйэҕи баhылааhын (истэн суруйуу, өйтөн суруйуу, о.д.а.). Тиэкис сүрүн санаатыгар олоҕуран, тиэкиhи таба ааттыыр. Тиэкис сиһилиир тиибин таба туһанан (сэhэргээhин, ойуулааhын, тойоннооhун), тиэкис тутулун тутуґар (киириитэ, сµрµн чааґа, түмүгэ), табыгастаах былаанын оҥорор (кылгас, тэнийбит), кэрчик тиэмэлэргэ бытарытар. Тыл туттуллар аналын, дэгэтин учуоттаан, онно тоҕоостоох тутуллаах этиилэри (логичность речи), ойуулуур-дьүґүннүүр ньымалары, сөптөөх тыл баайын (богатство речи), үгэнигэр сөптөөх тылы туттар (уместность речи).

Орто сүhүөх оскуолаҕа «Саха тыла» биридимиэти үөрэтии түмүгэ

Саха тылын оскуолаҕа үөрэтии кэмигэр ытык өйдөбүллэри (личностные результаты) иҥэрии түмүгэ:

1) тыл баайа, кыаҕа, күүhэ – бу омук баайа, кыаҕа, инники кэскилэ буоларын өйдүүр; ийэ тыл киhи иэйиитэ уhуктар, өйө-санаата, айар-тутар дьоҕура сайдар эйгэтэ буолар диэн итэҕэйэр;

2) төрөөбүт тыл үйэлээх үгэhин, этигэн кэрэтин ытыктыыр, киэн туттар, харыстыыр, тылын-өhүн сайыннарарга дьулуhар;

3) ылбыт билиитигэр, тылын баайыгар тирэҕирэн саныыр санаатын холкутук тиэрдэр; саҥарар саҥатын кэтээн көрөн сөптөөх түмүк оҥостор.

Үөрэх сатабылларын (метапредметные результаты) иҥэрии түмүгэ:

1) саҥарар саҥа бары көрүҥүн баhылааhын:

Истии (аудирование) уонна ааҕыы:

- тылынан уонна суругунан иhитиннэриини сөпкө өйдөөhүн (бодоруhууну, тиэкис тиэмэтин, сүрүн санаатын; сүрүн уонна эбии иhитиннэриини);

- араас көрүҥнээх, истииллээх тиэкиhи сатаан ааҕыы;

- араас көрүҥнээх, истииллээх тиэкиhи сатаан истии;

- араас иhитиннэриини сатаан булуу, биллэрэр-иhитиннэрэр эйгэни, Интэриниэти киллэрэн туран;

- чопчу тиэмэҕэ матырыйаалы наардааhын; иhитиннэриини бэйэ көрдөөн булуута, ону сатаан тиэрдии;

- дьон саҥарар саҥатын ис хоhоонунан, истилиистикэлии уратытынан тэҥнии тутан быhаарыы.

Саҥарыы уонна сурук:

- үөрэх хаамыытыгар туох сыал-сорук турарын сатаан быhаарар (биирдиилээн уонна кэлэктиибинэн), үлэни бэрээдэгинэн аттарар, түмүгүн сатаан сыаналыыр, ону тылынан уонна суругунан сөпкө тириэрдэр сатабыл;

- истибит эбэтэр аахпыт тиэкиhин кылгатан быhаарар (былаан, кэпсээн, кэниспиэк, аннатаассыйа);

- тиэкис араас көрүҥүн, истиилин тутуhан тылынан уонна суругунан сатаан оҥорор;

- тиэкискэ ирдэнэр нуорманы тутуhан саныыр санаатын тылынан уонна суругунан сатаан биэрэр; аахпыт, истибит, көрбүт чахчытыгар тус санаатын сатаан этэр;

- монолог (сэhэргээhин, ойуулааhын, тойоннооhун) уонна диалог (кэпсэтии сиэрэ, ыйыталаhыы, көҕүлээһин, санаа атастаhыыта уо.д.а.) араас көрүҥүн сатаан туттар;

- күннээҕи олоххо саха тылынан сөпкө саҥарыы, лиэксикэлии, кырамаатыкалыы, истилиистикэлии нуормаларын, сүнньүнэн, тутуhар; таба суруйууга, сурук бэлиэтигэр быраабыла сүрүн ирдэбиллэринэн сирдэтэр;

- дьону кытта кэпсэтэригэр кэпсэтии сиэрин тутуhар; сөпкө туттан-хаптан алтыhар;

- үөрэх хаамыытыгар, күннээҕи олоххо тылын-өhүн хонтуруолланар; сыыhатын-халтытын булан көннөрүнэр; суруйбут тиэкиhин көннөрөр, тупсарар;

- табаарыстарын иннигэр туран кылгас иhитиннэрии, дакылаат, эрэпэрээт оҥорор; араас тиэмэни дьүүллэhиигэ көхтөөхтүк кыттар.

2) ылбыт билиитин, сатабылын, үөрүйэҕин күннээҕи олоххо туhанар; төрөөбүт тылын көмөтүнэн атын биридимиэттэри үөрэтэн билии ылар; нуучча, омук тылларын, литэрэтиирэни үөрэтэригэр саха тылыгар үөрэммитин алтыhыннарар.

3) дьону-сэргэни кытта бодоруhарыгар, кыттыгас үлэҕэ, тыын суолталаах тиэмэни дьүүллэhиигэ кэпсэтии сиэрин, төрүт култуураны кытта дьүөрэлээн туттар.

Тустаах үөрэх биридимиэтин үөрэтии түмүгэ:

1) тыл сүрүн аналын, саха тыла нуучча тылын кытта судаарыстыбалыы тэҥ ыстаатыстааҕын, тыл норуот култууратын кытта ыкса ситимнээҕин, төрөөбүт тыл киhиэхэ уонна уопсастыбаҕа сүҥкэн оруоллааҕын өйдүүр;

2) төрөөбүт тыл гуманитарнай наукаларга ылар миэстэтин уонна үөрэхтээhиҥҥэ туох суолталааҕын өйдүүр;

3) Төрөөбүт тыл туhунан билим сµрµн төрүттэрин удумаҕалыыр;

4) тыл үөрэҕин (лингвистика) сүрүн өйдөбүллэрин: тыл үөрэҕин салааларын; саҥарар саҥа тылынан уонна суругунан бэриллиитин; монолог, диалог көрүҥнэрин; кэпсэтии, бодоруhуу сиэрин; кэпсэтии, билим, пубулуустука, дьыала-куолу истиилин, уус-уран литэрэтиирэ тылын-өhүн; саҥа тииптэрин (сэhэргээhин, ойуулааhын, тойоннооhун); тиэкиhи билэр;

5) тыл баайын араас дэгэтин өйдүүр, тылынан уонна суругунан алтыhыыга сиэри, литэрэтиирэлии нуорманы тутуhар;

6) тыл сүрүн көстүгүн, кырамаатыкалыы халыыптарын тута билэр, ырытар, тылыгар-өhүгэр сатаан туттар;

7) тылы сатаан ырытар (саҥа дорҕоонунан, састаабынан, лиэксикэлии, морполуогуйалыы), сиинтэксистии (ситиминэн, этии чилиэнинэн), иэйиини көрдөрөр сыhыан тыллары сатаан туттар;

8) бодоруhууга синиэньими (лиэксикэлии, кырамаатыкалыы) сатаан туттуу кэрэтин өйдүүр, тылыгар-өhүгэр туттар;

9) төрөөбүт тыла кэрэтин өйдүүр, уус-уран литэрэтиирэ тиэкиһигэр булан сыаналыыр.

 

Уруокка туhаныллар эбии литература:

  1. С.С.Семенова, Н.П.Парфёнова, Н.Н.Васильева, С.Г.Хардарысов. Аахпыттан суруйуу уонна диктант тиэкистэрэ 5-11.-Дьокуускай, Бичик, 2004.
  2. О.Р.Аржакова, М.С.Слепцова, И.Р.Ядрихинская. Аахпыттан суруйуу хомуурунньуга 5-9.-Дьокуускай, Бичик, 2016
  3. В.И.Аммосова. Дьыктаан хомуурунньуга 5-9. –Дьокуускай, Бичик, 2016

4.        Е.В.Сивцева, Ф.Н.Болдавская. Саха тыла (Эрчиллии хомуурунньуга).-Дьокуускай. 1996

5.        А.Г.Нелунов. Сахалыы таба суруйуу тылдьыта.-Дьокуускай, Бичик, 2015.

6.        Нууччалыы-сахалыы кылгас тылдьыт, Якутск, Бичик 2008.

7.        Н.А.Ааллаа5ыскай, Х.Х.Луковцев. Саха синонимнарын кылгас тылдьыта.-Дьокуускай, 1982.

8.         Саха тылын быhаарыылаах кылгас тылдьыта, Дьокуускай, Бичик 2008.

9.        Г.Г.Филиппов, И.П.Винокуров. Саха тыла. Дьокуускай, Бичик, 1996

10.        У.Ф.Кондакова Тыл оонньуулара, Дьокуускай "Бичик" 2014

         

Тиэмэ аата

Чааһа

Тиэмэ сүрүн ис хоһооно

Күнэ

(былааны

нан)

Күнэ

(үөрэтиллиби

тинэн)

Бэлиэтээ-

һиннэр

Төрөөбүт тыл-омук уратыта

1

1§Төрөөбүт тыл.

1

Норуот кута-сµрэ, майгыта-сигилитэ, б³лµ´µ³пµйэтэ тылыгар к³ст³р.

05.09

2

Ситимнээх саңа.

Ыһыах – норуот үгэһэ.

1

Тиэкистэр уратылара.

07.09

5 кылааска үөрэппити хатылааһын (9 чаас)

3

ТСУ.«Саха өстүөкүлэтэ» сорудахтаах истэн суруйуу.

1

Сорудахтаах истэн суруйуу.  Киирии тыллары наардааһын.

08.09

4

2§Дор5оон үөрэ5э.

1

5 кылааска үөрэппити хатылааһын, чиңэтии, эрчиллиилэри толоруу.

12.09

5

3§Тыл оло5о уонна сыһыарыыта.

1

5 кылааска үөрэппити хатылааһын, чиңэтии, эрчиллиилэри толоруу. Ситимнээх саңа: Тиэкис тиэмэтэ, ис хоһооно

14.09

6

ТСУ.«Сайылык» аахпыттан суруйуу.

1

Учуутал аахпытыттан сиһилии суруйуу. Уопсай былаан оңоруу.

15.09

7

4§Лиэксикэ.

1

Синиэньим, онтуоньум, омуоньум өйдөбүлэ.

Ситимнээх саңа: Тиэкис судургу былаана.

19.09

8-9

5§Сиинтэксис

2

Этии чилиэннэрэ. Сирэй саңа. Ырытыы көрүңнэрэ. Тыл састааба уонна таба суруйуу.

Ситимнээх саңа: Тиэкис уустук былаана.

21.09

22.09

10

6§Тыл сүрүн баайа. Түөлбэ тыл.Идэ тыла.

1

Тыл сүрүн баайа. Түөлбэ тыл. Идэ тыла.

Ситимнээх саңа: Сэһэргээһин тиэкиһи ырытыы.

26.09

11

7§Киирии, эргэрбит уонна саңа тыллар.

1

Киирии, эргэрбит уонна са²а тыллар.

Ситимнээх саңа: Иһитиннэрии, биллэрии.

28.09

12

8§Сомо5о домох

1

Сомо5о домох өйдөбүлэ, туттуллар эйгэтэ.

Ситимнээх саңа: Ыстатыйа

29.09

13

Хатылааһын

1

Лексиканы хатылыырга эрчиллиилэри толоруу.

03.10

14

9§Сана чааһа

1

Морполуогуйа өйдөбүлэ. Саха тылыгар саңа чааһын арааһа: ааттар, туохтуурдар, сыһыат, көмө тыллар.

05.10

15

ТСУ. «Учуутал» аахпыттан суруйуу.

1

Учуутал аахпытыттан сиһилии суруйуу. Уопсай былаан оңоруу.

06.10

Аат тыл (11 чаас)

16

10§Аат тыл  - бөдөң саңа чааһа

1

Аат тыл суолтата. Уопсай уонна анал аат. Аат тыл морполуогуйалыы бэлиэтэ, этиигэ ханнык чилиэн буолара.

10.10

17

Ойуулааһын. Айыл5аны ойуулааһын.

1

Ойуулааһын өйдөбүлэ, тутула, арааһа. Судургу уонна уустук ойуулааһын. Барамай ураты бэлиэтин чорботуу. Ойуулааһын утума. Тыла-өһө. Сэһэргээһин тиэкискэ ойуулааһыны киллэрии. Айыл5аны ойуулааһын. Хаартыскаттан кыһыңңы айыл5аны ойуулааһын.

12.10

18

ТСУ. «Бүлүү эбэ» сорудахтаах истэн суруйуу.

1

Сорудахтаах истэн суруйуу.  Саха сирин өрүстэрин ааттаталааһын, үс этии толкуйдааһын.

13.10

19-20

11§Аат тыл үөскүүр ньымата

2

Аат тыл үөскүүр ньымата: сыһыарыы, аттарыы, пааралаһыы. Ханыыласпыт аат тыл уратыта. -ааһын, -ыы, -ааччы, -чаан сыһыарыынан үөскээбит аат тылы туттуу уратыта.

17.10

19.10

21

ТСУ. «Күндүттэн күндүбүт күн күбэй ийэбит» өйтөн суруйуу

1

Ийэ туһунан өйтөн суруйуу.

20.10

22

12§Аат тыл ахсаана

1

Аат тыл ахсаана. Биир уонна элбэх ахсаан халыыбын суолтата. Кэлимсэ биридимиэт (эт атыыланар, бадараан тахсыбыт), хомуур өйдөбүл (сибэкки үүннэ, кус кэлбит), сыһыарыыта суох туохтуу түһүк (сүөһү иитэр, алмаас кырыылыыр)

24.10

23

Аат тыл ахсаанын сөпкө туттуу.

1

Элбэх ахсаан халыыбын кэпсэтии тылыгар, уус-уран айымньыга, наука кинигэтигэр туттуу уратыта.

26.10

24

Чиэппэрдээ5и хонтуруолунай үлэ.

1

Сорудахтаах истэн суруйуу.

27.10

25

Хамсыыр харамайы ойуулааһын

1

Хамсыыр-харамайы ойуулааһын. Предмет ураты бэлиэтин чорботуу. Ойуулааһын утума. Тыла-өһө. Сэһэргээһин тиэкискэ ойуулааһыны киллэрии.

07.11

II чиэп.

26

13§Аат тыл түһүгэ

1

Аат тыл түһүгэ, түһүк сыһыарыыта. Түһүк сыһыарыытын таба суруйуу быраабылата. Түһүк сыһыарыытын нуучча тылын сабыдыалынан уларытыы түбэлтэлэрэ: сыһыарыылаах уонна сыһыарыыта суох туохтуу түһүгү, сыһыарыы, туттуу түһүгү, о.д.а. халыыбы бутуйуу.

09.11

27

ТСУ. «Оонньообута о5ус буолбут» айар сорудахтаах истэн суруйуу.

1

Истэн суруйууну ситэрэн суруйуу, бэриллибит аат тыллары түһүгүнэн уларытыы.

10.11

28

Дьиэни-уоту ойуулааһын.

1

Дьиэни-уоту ойуулуурга холонуу. Предмет ураты бэлиэтин чорботуу. Ойуулааһын утума. Тыла-өһө. Сэһэргээһин тиэкискэ ойуулааһыны киллэрии.

14.11

29

14§Тардыылаах аат тыл.

1

Тардыылаах аат тыл. Суолтата, ахсаана, үөскээһинэ. Тардыы ситими атын ситим үтүрүйүүтэ (үүккэ былаан, сөтөлтөн эмп) Уустук тардыылаах аат тыл ахсааңңа сөпсөһүүтэ. (Бүлүү улуустарын дьыл5ата)

16.11

30

ТСУ. «О5омсох үрүң эһэ» сорудахтаах истэн суруйуу.

1

Тардыылаах ааты чиңэтэр сорудахтаах истэн суруйуу.

17.11

31

Тардыылаах аат тыл.  

1

Тардыылаах аат тыл. Суолтата, ахсаана, үөскээһинэ. Тардыы ситими атын ситим үтүрүйүүтэ (үүккэ былаан, сөтөлтөн эмп) Уустук тардыылаах аат тыл ахсааңңа сөпсөһүүтэ. (Бүлүү улуустарын дьыл5ата)

21.11

32

Аат тылы таба суруйуу.

1

Аат тылы таба суруйуу. Анал аакка улахан буукубаны суруйуу. Хабыычыканы, дефиһи туттар түбэлтэ. Сэргэстэһэр бүтэй дор5оонунан бүтэр аат тылы таба суруйуу быраабылата.

23.11

33

ТСУ. Үөрэтэр-эрчийэр истэн суруйуу.

1

Аат тылы, анал ааты  таба суруйууга үөрэтэр-эрчийэр истэн суруйуу.

24.11

34

Аат тылы толору ырытыы.

1

Аат тылы саңа чааһынан, састаабынан ырытыы оңкула.

28.11

35

Аат тыл  биһиги тулабытыгар. (түмүктүүр уруок)

1

Аат тылы үөрэтиигэ ылбыт билиини тургутар сорудахтары толоруу.

30.11

36

ТСУ. «Эһэни бултуур үгэс» аахпыттан сиһилии суруйуу.

1

Учуутал аахпытыттан сиһилии суруйуу. Уопсай былаан оңоруу.

01.12

Да5ааһын аат  (10 чаас)

37

15§Да5ааһын аат  суолтата.

1

Да5ааһын аат суолтата. Киһи майгытын-сигилитин бэлиэтиир да5ааһын ааттар.

05.12

38

16§Да5ааһын аат арааһа.

1

Да5ааһын аат арааһа: хаачыстыба уонна сыһыан да5ааһына. Морполуогуйалыы бэлиэтэ, этиигэ ханнык чилиэн буолара.

07.12

39

ТСУ А.Чикачёв «Сайын» хартыынатынан  өйтөн суруйуу.

1

Хартыынанан үлэ. Бэриллибит тирэх тыллары туһаныы.

08.12

40

Тойонноһун.

1

Тойонноһун өйдөбүлэ, тутула (тиэсис, дакаастабыл, түмүк). Тойоннооһун тииптээх тиэкиһи оңоруу.

12.12

41

17§Төрүт уонна үөскээбит да5ааһыннар.

1

Төрүт уонна үөскээбит да5ааһыннар. Этиигэ оруола, ааттыйбыт да5ааһын.

14.12

42

ТСУ. «Мин до5орум» өйтөн суруйуу.

1

Киһиэхэ сыһыаннаах да5ааһын ааттары туттан өйтөн суруйуу.

15.12

43

18§Да5ааһын аат үөскээһинэ.

1

Да5ааһын аат ураты халыыптара. Сыһыарыы, аттарыы.

19.12

44

Тойоннооһун тиэкиһи оңоруу.

1

Тойоннооһун тииптээх тиэкиһи оңоруу: тугу эмэ утарсан, көрдөһөн тыл этии, сурук суруйуу, аахпыт кинигэни, буолбут түбэлтэни ырытыы.

21.12

45

ТСУ. «Саңа дьыл» өйтөн суруйуу.

1

Саңа дьыл туһунан өйтөн суруйуу.

22.12

46

19§Да5ааһын ааты саңарар саңа5а туттуу.

1

26.12

47

20§Да5ааһын ааты таба суруйуу

1

Киирии да5ааһын ааттары таба суруйуу.

28.12

48

Чиэппэрдээ5и хонтуруолунай үлэ.  «Сүүтүк» сорудахтаах истэн суруйуу.

1

Сорудахтаах истэн суруйуу.

29.12

49

Да5ааһын ааты толору  ырытыы.

1

Да5ааһын ааты саңа чааһынан, састаабынан  ырытыы оңкула.

09.01

III ч.

50

Да5ааһын аат биһиги тулабытыгар. (түмүктүүр уруок)

1

Да5ааһын ааты үөрэтиигэ ылбыт билиини тургутар сорудахтары толоруу.

11.01

51

ТСУ. «Мааны» аахпыттан суруйуу.

1

Учуутал аахпытыттан сиһилии суруйуу. Уопсай былаан оңоруу.

12.01

Ахсаан аат (5 чаас)

52

21§Ахсаан аат  суолтата

1

Ахсаан аат суолтата, морполуогуйалыы бэлиэтэ, этиигэ ханнык чилиэн буолара. Ахсаан аат арааһа, түһүгүнэн уларыйыыта. Аат тыл суолтатын ылыыта.

16.01

53

22§Ахсаан ааты таба суруйуу уонна сөпкө туттуу

1

Ахсаан ааты таба суруйуу. Ахсаан ааты кэпсэтии тылыгар, өс хоһоонугар, таабырыңңа, чабыр5ахха, олоңхо5о, о.д.а. туттуу.

18.01

54

«Чурапчы носорога» сорудахтаах истэн суруйуу.

1

Сорудахтаах истэн суруйуу. Ыйыллыбыт ахсаан  ааттары арааһынан, тутулунан наардааһын.

19.01

55

Тиэкискэ былаан арааһа.

1

Тиэкискэ судургу уонна уустук былаан.

23.01

56

Ахсаан ааты  толору ырытыы.

1

Ахсаан ааты саңа чааһынан, састаабынан ырытыы оңкула.

25.01

57

ТСУ. «Муударай үгэс» аахпыттан суруйуу.

1

Учуутал аахпытыттан сиһилии суруйуу. Уопсай былаан оңоруу.

26.01

58

Ахсаан аат биһиги олохпутугар. (түмүктүүр  уруок)

1

Ахсаан ааты үөрэтиигэ ылбыт билиини тургутар сорудахтары толоруу.

30.01

59

Хатылааһын

1

Инники үөрэппит саңа чаастарын хатылыырга тургутук сорудахтары толоруу.

01.02

60

ТСУ. «Мин сөбүлүүр суруйааччым» өйтөн суруйуу.

1

Сөбүлүүр суруйааччы туһунан өйтөн суруйуу.

02.02

Солбуйар аат (6 чаас)

61

23§Солбуйар аат  суолтата.

1

Солбуйар аат суолтата, морполуогуйалыы бэлиэтэ, этиигэ ханнык чилиэн буолара. Солбуйар аат арааһа: сирэй, тардыылаах, бэйэни, ыйар, ыйытар, быһаарыылаах, быһаарыыта суох. Солбуйар аат сирэйинэн, түһүгүнэн уларыйыыта.

06.02

62

24§Солбуйар ааты саңарар саңа5а туттуу.

Сирэй солбуйар ааты сөпкө туттуу.

1

Солбуйар ааты саңарар сана5а туттуу. Паараласпыт солбуйар ааты туттуу. Синоним солбуйар ааттар. Солбуйар ааттаах сомо5о тыл.

08.02

63

ТСУ. «Тимэх» сорудахтаах истэн суруйуу.

1

Сорудахтаах истэн суруйуу. Бэриллибит солбуйар  ааттары саңа чааһынан ырытыы.

09.02

64

Атын солбуйар ааты сөпкө туттуу.

1

Солбуйар ааты саңарар сана5а туттуу.

13.02

65

Араас тииптээх тиэкиһи оңоруу.

1

15.02

66

ТСУ. «Төрөөбүт тылым барахсан» өйтөн суруйуу.

1

Төрөөбүт тыл туһунан өйтөн суруйуу.

16.02

67

Солбуйар ааты  толору ырытыы.

1

Солбуйар ааты саңа чааһынан, састаабынан  ырытыы оңкула.

20.02

68

Солбуйар аат биһиги тулабытыгар. (түмүктүүр уруок)

1

Солбуйар ааты үөрэтиигэ ылбыт билиини тургутар сорудахтары толоруу.

22.02

Саңа чаастарын хатылааһын (4 чаас)

69-70

Сана чаастарыгар хатылааһын.

2

Сана чаастарын хатылыыр эрчиллиилэри, тургутуктары  толоруу.

27.02

01.03

71

ТСУ. Аахпыттан суруйуу. «Хомус»

1

Учуутал аахпытыттан сиһилии суруйуу.  Былаан оңоруу.

02.03

72

Саңа чааһынан ырытыыга эрчиллии.

1

Аат тылы, да5ааһын ааты, ахсаан ааты, солбуйар ааты саңа чааһынан ырытыыга эрчиллии.

06.03

73

Састаабынан ырытыы

1

Аат тылы, да5ааһын ааты, ахсаан ааты, солбуйар ааты састаабынан ырытыыга эрчиллии.

08.03

74

ТСУ. «Ийэ тылы харыстаан» истэн суруйуу.

1

Ийэ тыл туһунан истэн суруйуу.

09.03

Таба суруйуу быраабылатын хатылааһын (2 чаас)

75

Таба суруйуу быраабылатын хатылааһын. Киирии тыл сыһыарыыта.

1

Киирии тыл сыһыарыытын таба суруйууга эрчиллиилэри толоруу.

13.03

76

Киирии тыл оло5ор дор5оон уларыйыыта.

1

Киирии тыл оло5ор дор5оон уларыйыытын таба суруйууга эрчиллиилэри толоруу.

15.03

77

ТСУ. «Нуоралдьыма чараңар» аахпыттан суруйуу.

1

Учуутал аахпытыттан сиһилии суруйуу. Былаан оңоруу.

16.03

78

Чиэппэрдээ5и хонтуруолунай үлэ.  «Сыккыс» истэн суруйуу.

1

Истэн суруйуу.  Айыл5аны ойуулааһын.

20.03

Тылы сайыннарыы уруоктара /  22 чаас/

79

Тиэкиһи ырытыы. Сэһэргээһин.

1

Бэриллибит тиэкиһи ыйынньык көмөтүнэн ырытыы.

03.04

IV ч.

80

Тиэкиһи ырытыы. Ойуулааһын.

1

Бэриллибит тиэкиһи ыйынньык көмөтүнэн ырытыы.

05.04

81

ТСУ. «Мин сөбүлээн аахпыт айымньым» өйтөн суруйуу.

1

Сөбүлээбит айымньы  туһунан өйтөн суруйуу.

06.04

82-83

Кэпсэтии сиэрэ

2

Кэпсэтии сиэрэ: дорооболоһор, билсиһэр, быраһаайдаһар, көрдөһөр, махтанар, бырастыы гыннарар, буойар үгэс, үөрүйэх.

Кэпсэтии культурата: билэр киһиң аатын ааттаан туран дорооболоһуу, көнөтүк,  утары көрөн туран кэпсэтии, эйэ5эс куолаһынан киһи истэрин курдук улаханнык, чуолкайдык саңарыы, киһи этэрин быһа түспэккэ, бол5ойон истии. Санааны сааһылаан, өйдөнөр курдук этии.

10.04

12.04

84

ТСУ. «Эппиэтинэстээх буолуохха» истэн суруйуу.

1

Истэн суруйуу.  

13.04

85-86

Тиэкиһи ырытыы.

2

Бэриллибит тиэкистэри ыйынньык көмөтүнэн ырытыы. Тупсаран суруйуу.

17.04

19.04

87

ТСУ. «Аптаах собо» айар сорудахтаах аахпыттан суруйуу.

1

Тиэкиһи эбии айан, ситэрэн суруйуу.

20.04

88-89

Тойоннооһун тиэкистэри оңоруу

2

Тойоннооһун тииптээх тиэкиһи оңоруу: тугу эмэ утарсан, көрдөһөн тыл этии, сурук суруйуу, аахпыт кинигэни, буолбут түбэлтэни ырытыы.

24.04

26.04

Сыллаа5ы хатылааһын (4 чаас)

90-93

Хатылааһын уруоктара.

4

Үөрэнээччи сыллаа5ы билиитин бэрэбиэркэлиир сорудахтары толоруу: тургутук, ыйытыыга эппиэт, ырытыы, тиэкиһи кытта үлэ.

03.05

04.05

08.05

10.05

94

ТСУ. «Мин дьиэ кэргэним» өйтөн суруйуу.

1

Дьиэ кэргэн туһунан өйтөн суруйуу.

11.05

95

ТСУ. «Ньургуһун» сорудахтаах истэн суруйуу.

1

Истэн суруйуу.  Бэриллибит тыллары саңа чааһынан ырытыы.

15.05

96

Хартыынанан үлэ.

1

Хартыынанан үлэ.

17.05

97

ТСУ. «Минньигэс хааһы» сорудахтаах истэн суруйуу.

1

Истэн суруйуу.  Бэриллибит этиилэри чилиэнинэн ырытыы.

18.05

98

Хартыынанан үлэ.

1

Хартыынанан үлэ.

22.05

99

Көңүл тиэмэ5э өйтөн суруйуу

1

Көңүл тиэмэ5э өйтөн суруйуу

24.05

100

Саха тылыгар экзамен үлэтэ. Сорудахтаах истэн суруйуу.

1

Сорудахтаах истэн суруйуу.

25.05

101

Түмүк уруок.

1

Сыллаа5ы түмүгү таһаарыы

29.05

4  уруок бырааһынньыктарга түбэстэ. (Олунньу 23 күнэ, Кулун тутар 8 күнэ, Муус устар 27 күнэ, Ыам ыйын 1 күнэ)


По теме: методические разработки, презентации и конспекты

Рабочая программа по родному языку и литературе в 11 классе С(К)ОУ VIII вида

Рабочая программа по предмету "Родной язык и литература" в 11 классе специальной (коррекционной) школы VIII вида состоит из пояснительной записки и календарно-тематического планирования по двум модуля...

РАБОЧАЯ ПРОГРАММА ПО РОДНОМУ ЯЗЫКУ ДЛЯ УЧАЩИХСЯ 10-12 КЛАССОВ СПЕЦИАЛЬНЫХ (КОРРЕКЦИОННЫХ) ОБЩЕОБРАЗОВАТЕЛЬНЫХ ШКОЛ VIII ВИДА

Данная программа разработана на основании нормативно- правовых документов: Закона «Об образовании», Типового Положения о специальном (коррекционном) образовательно...

рабочая программа по родному языку и литературе 5 класс

рабочая программа по родному языку 5 кл...

Рабочая программа по родному языку и родной литературе 5 класс

Рабочая программа для родного русского языка...

Рабочие программы "Русский родной язык" 5-9 класс и "Русский язык" 5-9 класс по УМК В.В.Бабайцевой

В рабочих программах представлены планируемые результаты освоения учебного предмета "Русский язык" и "Русский родной язык", содержание учебного предмета по классам, сетка часов и к...

Рабочие программы по родному языку и родной литературе, методические материалы

Рабочие программы по родному языку и родной литературе, методические материалы...