Анемподист Иванович Софронов - Алампа
план-конспект занятия (10 класс) на тему

Саха литературатыгар тапталы танара уонна иэйэр кут (муза) оностон туойбут киhинэн Алампа диэн сымна5астык ытыктыы ааттыыр суруйааччыбыт А.И.Софронов буолар. (салгыы презентацияны туhанан сэhэргээhин) Саха норуотун духовнай оло5ор сыаната биллибэт үрдүк өңөлөөх саха улуу поэта, бастакы драматура, прозаига, тылбаасчыта, маңнайгы сахалыы хаһыаттары таһаарсыбыт бастакы суруналыыһа, «Чолбон» уус-уран сурунаалы төрүттээччи, Саха театрын тэрийсибит бастакы директор, бөлүһүөк, уһулуччулаах общественнай деятель А.И. Софронов личноһа, айар үлэтэ аа5ааччы киэң интэриэһин тардыан тардар. Урукку кэмңэ Алампа драма жанрыгар ордук тууһугуран, табыллан үлэлээбитэ. Ол эрээри суруйааччы саныыр санаатын, оло5у көрүүтүн ордук толорутутк поэзиятыгар көрдөрбүтэ, саха киһитин айылгытын арыйбыта, кини уустук оло5ун эгэлгэлээн, дьүһүннээн эппитэ. Сүрэ5и ууллара уйадытар, дууһаны ытатар-ыллатар истиң-иһирэх айымньыларынан саха поэзиятыгар бастакынан лириканы киллэрбит умнуллубат үтүөлээх. Саңа төрүттэммит национальнай поэзия5а Таптал тематыгар дьоһуннаах айымньылары айбыта… 21 хоьоон киирбит лирическай дневник героинята, Алампа тапталын лирикатын бары хоhооннорун анаабыт киhитэ – 14 сыл бииргэ олорбут кэргэнэ, саха бастакы актрисата Евдокия Константиновна Яковлева-Гоголева буолар. 1891 с. төрөөбүт. Дьоно быстар дьадаңы буолан, Дьокуускайга киирэн Калинкин диэн саха атыыhытыгар сүөhү көрөөччүнэн үлэлээбиттэр. Дуня горничнайынан сылдьыбыт.Алампалыын түөрт сыл кэриңэ билсэн баран 1913с. муус устар ыйга холбоспуттар.Дьон көрүүтүгэр, Дуня үрдүк көнө уңуо5ун, маңан, толуу бэйэтин, сайа5ас майгытын бэлиэтииллэр. Олус үлэhит, асчыт, иистэнньэң, барыга ылба5ай, сыста5ас эбитэ үhү. Таптал лирикатын «Үрүң туллук эрэ мөлбөстүүр» (1914) хоhоон са5алыыр. Манна көрүөхтэн кэрэ мөссүөннээх дьахтар дьүhүлгэнэ ойууланар. Лирическэй герой тапталлаа5ын дьүhүнүн айыл5а кэрэ көстүүлэригэр холоон сө5өр-махтайар. Олоңхо5о курдук сиэдэрэй тэңнээhиннэр солбуhан иhэллэр. Үрүңтэн атын өң суо5а лирическэй героиня ырааhын, ойуччу кэрэтин көрдөрөр. Ону тэңэ, үрүң өң – тымныы өң буолара эмиэ биллэр.

Скачать:

ВложениеРазмер
Файл alampa.docx26.16 КБ

Предварительный просмотр:

Саха литературата

 Уруок сыала уонна соруктара:

  • Алампа тапталы хоhуйбут лирикатын билиhиннэрии;
  • Суруйааччы хоhоонун героинятын урдуктук тутан хоhуйар иэйиитин, тылын-оhун кэтээн коруу;
  • Үөрэнээччи санаатын сааhылаан этэр үөруйэ5ин, кэпсэтиигэ быhаарсар, тобулук толкуйу тумэр айар-чинчийэр сатабылларын сайыннарыы;
  • Поэзияны нөҥүө оло5у, олох кэрэ тугэннэрин, тапталы сыаналыырыгар иитии.

 

Уорэнэр кинигэ: «Саха литературата» В.Ф.Шишигина, М.Е.Максимова, Дьок. «Бичик» 2010 с.,  .

Туhанныллар технологиялар: ИКТ,   «Педагогическай дьайыы/ киhи-информация»

Туһаныллар тэриллэр:   проектор, экран, компьютер

Кылгас туһаайыы: Кылаас о5ото барыта кыттарын ситиһии. О5о соруда5ы бэйэтин кыа5ар соп тубэьиннэрэн талар. Бу уруокка Алампа оло5о, таптала, лириката бииргэ силиьиннэрэн уорэтиллэр.

 

Уруок барыла:

1. Турукка киллэрии. Киирии дьуhук. (5-7 мун.)

2. Презентацияны туhанан иhитиннэрии. (10 мун.)

3. Хоhоон тылын, уратытык кэмнээн ырытыы. (7 мун.)

4. Биирдиилээн улэ сорудахтара. Бэрэбиэркэлээhин (18 мун.)

5. Тумук оностуу. (5 мун.)

Уруок хаамыыта:

1. Билсиhии. Уруок сыалын билиhиннэрии. О5олортон ирдэниллэр, уруок бутуутугэр тумук оҥостор анкеталарын көрдөрүү:

А) Саҥаны билии

Б) Туhалаа5ы ылыныы

В) Үлэм көрдөрүүтэ

Г) Көмөм:

2. Киирии. Турукка сирдээhин.

– Бугунну уруокпутун биир, киhини толкуйдатар ыйытыынан са5алыа5ын. Таптал диэн иэйиини, киhи оло5ун сүрүн туллар тутаа5а буолар өйдөбүлүн киhи эрэ бары араастаан быhаарар. Оттон таптал арааhын син биирдик, тэнник араараллар. Дьэ эрэ, этин:

-Ханнык таптал баар диэн арааралларый? (чопчу киhиэхэ сыhыаннаан)

О5олор (маннайгы, маннайгы короот, со5отох таптал, уйэлээх таптал, платоническай о.д.а)

-Таптал ханнык тубэлтэ5э киhини улаханнык хомотуон собуй? Киhи улахан охсууну ылыа5ай?

О5олор (анара олохтон туораата5ына, таннарда5ына, со5отох хаалларда5ына…)

-Оччотугар бу иннинэ ааттаталаабыт тапталбыт арааhыттан ханныга куустээх охсууну оноруой?

О5олор (со5отох таптал)

-Таннарыыны хайдах киhи уйуон собуй?

О5олор (тулуурдаах, эр санаалаах)

Биhиги улубуой бу тема5а быhаарсыбатыбыт. Ол эбэтэр, ити кылгас кэпсэтиибит биир суруйааччы оло5ун, лирикатын курдат охсон ааспыта.

2.1 Учуутал сэhэргээhинэ.

Саха литературатыгар тапталы танара уонна иэйэр кут (муза) оностон туойбут киhинэн Алампа диэн сымна5астык ытыктыы ааттыыр суруйааччыбыт А.И.Софронов буолар. (салгыы презентацияны туhанан сэhэргээhин)

Саха норуотун духовнай оло5ор сыаната биллибэт үрдүк өңөлөөх саха улуу поэта, бастакы драматура, прозаига, тылбаасчыта, маңнайгы сахалыы хаһыаттары таһаарсыбыт бастакы суруналыыһа, «Чолбон» уус-уран сурунаалы төрүттээччи, Саха театрын тэрийсибит бастакы директор, бөлүһүөк, уһулуччулаах общественнай деятель А.И. Софронов личноһа, айар үлэтэ аа5ааччы киэң интэриэһин тардыан тардар.

Урукку кэмңэ Алампа драма жанрыгар ордук тууһугуран, табыллан үлэлээбитэ. Ол эрээри суруйааччы саныыр санаатын, оло5у көрүүтүн ордук толорутутк поэзиятыгар көрдөрбүтэ, саха киһитин айылгытын арыйбыта, кини уустук оло5ун эгэлгэлээн, дьүһүннээн эппитэ. Сүрэ5и ууллара уйадытар, дууһаны ытатар-ыллатар истиң-иһирэх айымньыларынан саха поэзиятыгар бастакынан лириканы киллэрбит умнуллубат үтүөлээх. Саңа төрүттэммит национальнай поэзия5а Таптал тематыгар дьоһуннаах айымньылары айбыта…

21 хоьоон киирбит лирическай дневник героинята, Алампа тапталын лирикатын бары хоhооннорун анаабыт киhитэ – 14 сыл бииргэ олорбут кэргэнэ, саха бастакы актрисата Евдокия Константиновна Яковлева-Гоголева буолар. 1891 с. төрөөбүт. Дьоно быстар дьадаңы буолан, Дьокуускайга киирэн Калинкин диэн саха атыыhытыгар сүөhү көрөөччүнэн үлэлээбиттэр. Дуня горничнайынан сылдьыбыт.Алампалыын түөрт сыл кэриңэ билсэн баран 1913с. муус устар ыйга холбоспуттар.Дьон көрүүтүгэр, Дуня үрдүк көнө уңуо5ун, маңан, толуу бэйэтин, сайа5ас майгытын бэлиэтииллэр. Олус үлэhит, асчыт, иистэнньэң, барыга ылба5ай, сыста5ас эбитэ үhү.

 Таптал лирикатын «Үрүң туллук эрэ мөлбөстүүр» (1914) хоhоон са5алыыр. Манна көрүөхтэн кэрэ мөссүөннээх дьахтар дьүhүлгэнэ ойууланар. Лирическэй герой тапталлаа5ын дьүhүнүн айыл5а кэрэ көстүүлэригэр холоон сө5өр-махтайар.

Олоңхо5о курдук сиэдэрэй тэңнээhиннэр солбуhан иhэллэр. Үрүңтэн атын өң суо5а лирическэй героиня ырааhын, ойуччу кэрэтин көрдөрөр. Ону тэңэ, үрүң өң – тымныы өң буолара эмиэ биллэр.

 «…Эбэ5э кэлэн, туруору мырааны таңнары түhэн чыбылыннарбыттарыгар, Алампа куоракка этэңңэ тиийэр буоллубут диэн үөрэ санаата. Сотору сып-сылаас чэйи иhэн бурулатыа уонна эрэйдээх айаннарын туhунан ирэ-хоро кэпсиэ. Дуунньата ону барытын, сыыска-буорга түhэрбэккэ, уулларбыт хор5олдьуннуу ып –ырааhынан көрөн олорон, куба моонньунуу бөкүнүк муус маңан харылара кылбаңныы, остуолга тоңонохтонон, тэңңэ үөрэн-хомойон, долгуйан кылгас-кылгастык эппэңнии тыына истиэ5э… Оок-сиэ, үчүгэй да5аны күүтэр-кэтэhэр киhи баара диэн! («Алампа»Е.Неймохов)

1914-1921сс.

сө5үү-махтайыы, истиң таптал

1922-1925сс.

мунчаарыы матыыптаах истин иэйии

1926с.

таптал «өлүүтэ»

1928-1929сс.

тапталлаа5ын уобараhа тиллэн үйэлээх таптал Музатыгар кубулуйуута

1927 сыллаахха Алампа хаайыллыан эрэ иннинэ, Дунята республика прокурорунан үлэлии олорбут киhиэхэ арахсан баран хаалар.

Биэс сылы быhа сыылка5а сору-муну көрөн, ыарыhах буолан кэлбит Алампа Дунятын тиhэх төгүлүн көрөн хаалыам диэн ыңыртара, саатар түннүгүм аннынан көстөн аастар диэн санаатын биллэрэ сатаабыт да, ити ба5ата туолбакка сырдык тыына быстыбыт…

Дуоска5а теманы суруйуу. О5олор сурун этиилэри, тыллары бэлиэтэнэ олороллор.

3. Ырытыы:

 «Урун туллук эрэ молбостуур» хоhоону аа5ан, бэриллибит соруда5ы толороллор.

1. Ойуулуур-дьуhуннуур ньымалартан ханнык корун угустук туттулларый? (тэннээhин, эпитет)

2. Хоhоон геройун майгытын кордорор дьуhуннуур туохтуурдары бул. (молбойор, даллайар, болтойор) атаах оро тутуллубут майгы.

3. Өну бэлиэтиир да5ааhыннартан ханнык он баhыйар? (урун, манан, тутта5ар, туналыйар, кулубурдэс…)

4. Лирическэй герой туохха тэннэннэ? (тулук, чыычаах, кыталык, кун, хатын, кустук, чороон, кымыс)

5.Быhаарсыы. Тумук оноруу:

  • Ханнык өң баhыйар? (урун, манан) – урун он туох символа буоларый? (ыраас, сырдык)
  • Дьыл кэмиттэн ханныгар бу он баhыйар? (кыhын) – Кыhын хайдах кэмий? (тымныы).

Урун он тонуй таптал символа буолуон соп.

  • Хоhоон ханнык туругу тиэрдэрий? Автор оттуттэн? (Сэрэнэн киэн туттуу, кордоhуу…)

4. Чиничийии. Биирдиилээн улэ сорудахтара: 

 Карточканы талан ылаллар. 5 мун. улэлииллэр. Соруда5ы карточкаттан корон, онно тута толороллор.

а) «Ыйытааччы» — ыйытыылар (чэпчэки, проблемнай)

в) «Тезис» — сурунун бэлиэтээhин

г) «Апологет» — учугэйи эрэ этии

ж) «Практик» — билинни олоххо коhоруу. «Философ» — бэргэн этиини толкуйдааhын.

з) «Эксперт» — тумээччи.

I. Тумук. Сурун тумугу «эксперт» иhитиннэрэр.

Ыйытыылар:

1.Ханнык да тугэннэ таптал диэн кунду, кэрэ сыһыаны киhи урдуктук тутара-бу киhи баай дууhатын, ис культуратын, ырааhын туоhулуур.

2.Темабыт аатын ситэрэн биэриэ5ин.

«Алампа _________________таптала».

«Ыйытыы»

Тоhо кыайаргынан айымньы сунньунэн чэпчэки ис хоhоонноох ыйытыыларда толкуйдаа. О5олор 1,5 мун. иhигэр элбэх хоруйу биэрэллэрин торумнаан онор. Маны таhынан биир дирин, толкуйдатар ыйытыыны бэлэмнээ.

__________________________________________________________________________________________________________________________________________________________ «Апологет»

Айымньыттан киhи астынарын, дуоhуйарын курдук гына, учугэй эрэ оруттэрин булан хай5аа.

__________________________________________________________________________________________________________________________________________________________ «Тезис»

Айымньыга кылгас тумук оҥоро5ун.

_________________________________________________________________________________________________________________________________________________________ «Эксперт»

Уруок уонна айымньы сунньунэн сыанабыл оноро5ун. О5олор карточкаларын хомуйан тумук таhаара5ын.

__________________________________________________________________________________________________________________________________________________________

 


По теме: методические разработки, презентации и конспекты

разработка мероприятия "Анемподист Софронов - классик якутской литературы"

Для знакомства учащихся с лучшими образцами якутской национальной литературы и, в частности, с жизнью и творчеством Анемподиста Софронова....

Софрон Данилов

Урок по якутской литературе...

"Үтүө майгыҥ – көтөр кынатыҥ". (А.И.Софронов “Дьүһүн кубулуйумтуо” кэпсээнин ырытыы)

Алампа Софронов "Дьуьун кубулуйумтуо" кэпсээнин ырытыылаах, бэлиэтэниилээх аа5ыы....

А.И.Софронов “Дьол икки сор икки” хоһоонун ааҕыы.

А.И.Софронов "Дьол икки сор икки" хоьоонун ааҕыы уруок сиһилии былаана....

"Алампа үөрэҕэ" элективнай курс проега

"Алампа үөрэҕэ" элективнай курс проега....

Открытый урок "Алампа"

8 кылаас.Уруок темата:  Алампа «Төрөөбүт дойдутун»  хоһоонноохтук ааҕарга эрчиллии.Уруок тиибэ: саҥаны арыйыыУруок көрүҥэ: хоһоону уус-ураннык ааҕа үөрэнииСыала...

А.И. Софронов-Алампа олоҕо уонна айар үлэтэ

Презентация о жизни и творчестве А.И. Софронова-Алампа...