"Үтүө майгыҥ – көтөр кынатыҥ". (А.И.Софронов “Дьүһүн кубулуйумтуо” кэпсээнин ырытыы)
план-конспект урока (6 класс) по теме

Сивцева Екатерина Дмитриевна

Алампа Софронов "Дьуьун кубулуйумтуо" кэпсээнин ырытыылаах, бэлиэтэниилээх аа5ыы.

Скачать:

ВложениеРазмер
Файл uruok.docx29.49 КБ

Предварительный просмотр:

Үтүө майгыҥ – көтөр кынатыҥ. (А.И.Софронов “Дьүһүн кубулуйумтуо” кэпсээнин ырытыы)

Учуутал: Сивцева Екатерина Дмитриевна

Предмет: төрөөбүт литературабыт

Кылааһа: 6-с

Уруок тиибэ: комбинированнай урок

Уруок керунэ: уус-уран айымньыны ырытыы, бэлиэтэниилээх ааҕыы.

Методическай албастар: тэттик чинчийии, РКМ технологията, тылынан дьайыы, ситиһиигэ көҕүлээһин, биирдиилээн уонна көмөлөөн үлэ.

Сыала-соруга:

Үөрэтэр: кылгатан чопчулаан бэлиэтэнэ, уус-уран айымньы тылын-өһүн ырыта, геройдар майгыларын быһаара үөрэнии;

Сайыннарар: санааны саьылаан этэр, тыл этигэн кыаҕын өйдүүр дьоҕуру, хоьоонноохтук ааҕыы үөрүйэҕин, тэҥнээн көрөн түмүк оҥостор кыаҕы, толкуйдуур сатабылы сайыннарыы;

Иитэр: киһилии сиэрдээх майгыга, туктэри быһыыны сатаан көрөргө онно сөпсөспөт буолууну иитии.

Туттуллар материал: уус-уран айымньы тексэ, схема, маҥнай-кэлин таблица, саһархай уонна от күөх сэбирдэхтэр, мас ойуута, Алампа хаартыската, презентация, сомоҕо домох тылдьыта, видео материал.

Үлэни тэрийии

ньымата

Уруок хаамыыта

Учуутал үлэтэ

Үөрэнээччи үлэтэ / сатабыла.

  1. Турукка киирии

Күлүүс тыл

Кластер

  1. Тэрээһин чаас.
  1.  Сонурҕатыы.
  •  Дорооболоруҥ, оҕолоор!
  •  Күн анныгар, сир үрдүгэр эһиэхэ, миэхэ, бука барыбытыгар баар. Бу аатырар, сураҕырар, барар, хонор. Бу тугуй?

Дуоскаҕа. Учуутал төгүрүк тула суруйан иһэр:

эһиэхэ, миэхэ, бука барыбытыгар, аатырар, сураҕырар, барар, хонор, үтүөтүк ааттанар

  • Маны эһиэхэ ийэҕит, аҕаҕыт биэрэр.

Толкуйдуур, ситимниир.

Ордук сөбүлээбитин бэлиэтэнэр

-Аат. Киһи аата. / Кластеры эбии толоруу.

  1.  Билсиһии.
  • Учуутал аатын билиһиннэрэр.
  • Оҕолоор, оттон эһиэхэ ийэҕит-аҕаҕыт биэрбит аата ким диэний?
  • Ийэ-аҕа биэрбит аатыгар өссө эбии аат биэриэххэ сөп. Былыр-былыргыттан сахалар сурукка киирбит ааттарыгар эбии хос аат бэрсэллэрэ. Хос аат тугу көрдөрөрө буолуй? Холобур: Уус Наһаар

            Кэччэгэй Кэтириинэ

            Тэмэлдьигэн Миитэрэй

  • Доҕоттоор, Тэмэлдьигэн Миитэрэй ханнык айымньыга баар этэй?
  • Бу кэпсээни ким суруйбутай? (дуоскаҕа Алампа хаартыскатын ыйыыр)

Ааттарын билиһиннэрэллэр.

Кэпсэтиигэ кыттар, санаатын сатаан этэр.

Бу уус киһи. Дьарыгы көрдөрөр.

Ураты майгыта.

Тоҥолоччу курдук. үргүүк, сонумсах, куттас.

“Дьүһүн кубулуйумтуо”

Алампа

  • 1.3. Уруок тематын таһаарыы
  • - Оҕолоор, сэрэйиҥ эрэ. Бүгүн биһиги хайа айымньы тула кэпсэтиэхпитий?

- Бүгүн биһиги “Дьүһүн кубулуйумтуо” кэпсээни ырытыахпыт.

- тугу ырытыахпытый?

- хайдах бэлиэтэниэхпитий?

“Дьүһүн кубулуйумтуо”

Үлэтин сааһыланар, сыал туруорунар.

  1. Өйдөөһүн. Өйгө-санааҕа баары уһугуннарыы

Кластер

  1. Билбити түмүү. Сааһылааһын.
  • Ааппытыгар төннүөҕүҥ.
  • - Айымньыга өссө кимнээх бааллар этэй. Санатыһыаҕыҥ эрэ.
  • - Обот уола Убаһалаах Уйбаан

  • Күлүк Сүөдэр
  • Күөттэ Дьөгүөрэ
  • Мантан көрөн түмүктэ оҥоруоҕуҥ.
  • Суруйааччы геройдарыгар ааты хайдах биэрэрий.

Ылбыт билиитин туһанар.

Аҕата оботтоох, иҥсэлээх эбит. Баайа аҕатыттан бэриллибит. Былыргыттан сис баайдар. Убаһанан.

 Биллибэккэ сылдьар.

 Хос аата суох. Дьадаҥы киһи...

 

Алампа герой аатынан бу киһи уратытын көрдөрөр эбит.

Тирэх бэлиэлэр

Таблица

Таблицаны толоруу.

Оруолунан  ааҕыы. Тохтобуллаах ааҕыы

  1. Айымньыны бэлиэтэниилээх ааҕыы.
  • Геройдары санастыбыт. Билигин айымньы этэр ис номоҕун ырыта-ырыта, кылгатан сүрүнүн бэлиэтэниэхпит. Ырытыыга табыгастаах буоллун диэн таблицанан көрдөрүөхпүт.
  • Маҥнай таблица төбөтүн толоруохха. Ырытарбытыгар тексы кытта үлэлиибит. Онон айымньыны хат оруолунан  ааҕыаҕыҥ.

Сыһыарыы 1.

Геройдары наардыыр

Айымньы сүрүнүн булар. Тирэх бэлиэнэн көрдөрөр.\

Оруолунан хаһааннаахтук ааҕар. Тыл ис номоҕун өйдүүр.

Айымньы сүрүнүн кылгас бэлиэтэнии. 1 сыһыарыы.

Эттээх ыйытыылар

  1.  Айымньыны авторы батыһа ырытыы
  • Кэпсээни бэлиэтэниилээх аахтыбыт. Таблицабытын көрүөҕүҥ.

  • Билигин таблицабытын көрөн айымньы этэр ис номоҕун ырытыаҕыҥ.
  • Миитэрэй санаата хаста уларыйда?
  • Кини санаата тоҕо уларыйарый

  • Оҕус иччитэ дии санаабыт дьонноро туохтарынан атыннарый?
  • Оччого Миитэрэй санаатын сэттэтэ уларытар хайдах киһи эбитий?
  • Хайдах майгылаах киьи дьүһүн кубулуйумтуо буолун сөбүй? Тоҕо?
  • Дьүһүн кубулуйумтуо киьи майгытын-сигилитин сэбирдэххэ сурунуоҕуҥ.
  • Алампа кэпсээнин тоҕо Дьүһүн Кубулуйумтуо диэн ааттаабыта буолуой?

Тэмэлдьигэн майгыта хайдах уларыйбытын кэтээн көрөр.

Үлэлиир сыалын туруорунар.

-Үстэ

- Оҕус иччитэ ким буоларыттан уларыйар.

Дьүһүн кубулуйумтуо.

Сымыйаччы. Киэбиримсик. Бэйэмсэх ... куттас, куруубай, бардам, саанар, сэниир.

Талар, сыаналыыр.

  1. Рефлексия

Биирдиилээн үлэ

Кластер

  1. Санаа үллэстии.
  • Айымньыбытын аахтыбыт, ырыттыбыт. Аны санаата үллэстиэҕиҥ.
  • Эһиги Миитэрэй курдук майгыланыаххытын баҕараҕыт дуо? Тоҕо?
  • Хайдах майгылаах буолуххутун баҕараҕыт? Сэбирдэхтэргэ олоххутугар туһалыа, миэхэ мэлдьи көмөлөөх буолуо дии санаабыт хаачыстыбаҕытын сурунуҥ.

  1.  Үтүө майгы маһа.
  • Оҕолоор бу маһы көрүҥ эрэ. Умнаһа уонна лабаата... Хайдаҕый?
  • Тоҕо хаппытый?
  • Киһи эмиэ бу мас курдук кэхтиэн сөп дуо?
  • Туохтан?
  • Чэйиҥ маспытын тыынныаҕыҥ, тилиннэриэҕиҥ. Олохпутугар туһалыа, миэхэ мэлдьи көмөлөөх буолуо дии санаабыт хаачыстыбаҕытын талан ылыҥ уонна маспытыгар илдьэн сыһыарыаҕыҥ.
  • Маспытын көрүөҕүҥ...
  • Туохтан маннык чэлгийэ үүннэ?
  • Маспыт эһиги сырдык санааҕытыттан үөрэн чэлгийэ, чэчирии түстэ.
  • Оттон киһи маннык үтүө майгылаах буоллаҕына...
  • Оҕолоор маннык киһилии майгылаах буоллахпытына, ийэбит-аҕабыт биэрбит үтүө аата .... дьоҥҥо үтүөтүк ааттана туруо.

  • Алампа... олорон ааспыта быданнаата. Ол эрээри аата ааттанар, умнуллубат, суураллыбат. Тоҕо?

  • Алампа – үйэлээҕи айбыт – аата ааттанар – ийэ – аҕа биэрбит аата – үтүө майгы.

  • Үтүө майгыҥ ...

  1. Сыаналаныы.
  • Доҕоттоор, эһигини кытта кэпсэтэн санаам көтөҕүлүннэ, үөрдүм. Маннык сырдык оскуолаҕа үтүө да оҕолор үөрэнэллэр эбит диэн биллим.
  • Биһиги бүгүн тугу гынныбыт.

  1. Дьиэҕэ үлэ.

Талан ыларга 3 сорудах бэриллэр.

  1. Уруһуй.
  2. Үтүө майгы маһа.
  3. Инсценировка.

Холобур быһыытынан видеоматериал көрдөрүллэр.

  1.  Баҕа санаа.
  • Маскытын көрүҥ, бүөбэйдээҥ, сиэрэ суох быһыынан хомотумаҥ, хагдарытымаҥ. Эһиги үтүө майгыгытынан угуттанан маспыт үүннүн,  сырдык ыраҕытын толоро эһигинниин тэҥҥэ улааттын. Куруутун өйдүүр буолуҥ өбүгэбит өһүн хоһоонун

 Үтүө майгыҥ – көтөр кынатыҥ.

Түмүк оҥостор, толкуйданар.

Баҕа санаатын биирдии тылынан, тыл ситиминэн сэбирдэххэ сурунар. Сэбирдэх өҥүн талар, быһаарар. Ааҕан иһитиннэрэ-иһитиннэрэ маска сыһыарар.

  • Хаппыт, хагдарыйбыт.

  • Уута тиийбэт.

  • Куһаҕан майгытыттан.

Ааҕа-ааҕа маска илдьэн сыһыараллар. Талан ылаллар.

  • Маспыт үүннэ

Бу мас курдук үүнүө-сайдыан сөп.

Үйэлээҕи айбыт. Туһалааҕы. Кырдьыктааҕы.

Көтөр кынатыҥ.

Сыаналанар.

Биллим, сатаатым, ордордум, сонурҕаатым, үөрдүм, хомойдум.


По теме: методические разработки, презентации и конспекты

разработка мероприятия "Анемподист Софронов - классик якутской литературы"

Для знакомства учащихся с лучшими образцами якутской национальной литературы и, в частности, с жизнью и творчеством Анемподиста Софронова....

Софрон Данилов

Урок по якутской литературе...

А.И.Софронов “Дьол икки сор икки” хоһоонун ааҕыы.

А.И.Софронов "Дьол икки сор икки" хоьоонун ааҕыы уруок сиһилии былаана....

Анемподист Иванович Софронов - Алампа

Саха литературатыгар тапталы танара уонна иэйэр кут (муза) оностон туойбут киhинэн Алампа диэн сымна5астык ытыктыы ааттыыр суруйааччыбыт А.И.Софронов буолар. (салгыы презентацияны туhанан сэhэргээhин)...

"Венец жизни Преподобного Софрония Святогорского и Арзамасского" (Софрониева пустынь)

Исследование посвящено небольшому женскому монастырю, который затерялся в лесах Арзамасского района Нижегородской области. О нём мало кто знает, поскольку туда очень трудно добраться по причине бездор...

А.Е.Варламова-Айысхаана айар үлэтин ырытыы

А.Е.Варламова-Айысхаана айар үлэтин ырытыы. Т.Находкина прозатын кытта ырытыы...

доклад "Быыра Баадьай сиэр-майгы уерэ5э"

 2005 сыллаахха олоҥхону киһи-аймах чулуу айымньытынан билиниэхтэриттэн саха олоҥхото аан дойдуга аатырда, үрдүк таһымҥа таҕыста. Олоҥхо-норуот тылынан уус-уран айымньытын чыпчаала, өйү-са...