А.И.Софронов “Дьол икки сор икки” хоһоонун ааҕыы.
план-конспект урока (8 класс) на тему

Сивцева Екатерина Дмитриевна

А.И.Софронов "Дьол икки сор икки" хоьоонун ааҕыы уруок сиһилии былаана.

Скачать:

ВложениеРазмер
Файл uruok_2.docx64.98 КБ

Предварительный просмотр:

МОУ “Уһун-Күөл сүрүн оскуолата”

А.И.Софронов “Дьол икки сор икки” хоһоонун ааҕыы.

Саха литературатын уруога.

8-с кылаас

                                                                             Толордо: саха тылын уонна                           литературатын учуутала Сивцева Е.Д.

Уһун-Күөл, 2011

Саха литературатын уруога

Кылааһа: 8-с

Темата: А.И.Софронов “Дьол икки сор икки” хоһонун ааҕыы.

         Сыала:

  1. Айымньы ис этэр санаатын сатаан ырыта үөрэнии;
  2. Бэйэ санаатын сааһылаан этэ, дьоҥҥо тиэрдэ эрчиллии;
  3. Олох уларыйар аналлааҕын туһунан толкуйдааһын, бу темаҕа бэйэни сыһыара тутан көрөн, түмүк оҥостуу.

Түгэх сыал: Хас биирдии күнү сыаналыахха, киһи буолан бу сиргэ кэлбит олохпутун харыстыахха. Күн аайы күнтэн саҥалыы үөрүөххэ. (Иитэр суолта).

Туһаныллар: слайд, бэчээттэммит текст.

Литература: Е.Неймохов “Алампа” роман, Н.Е.Мординов”Киһи уонна айымньы”, А.И.Софронов “Айымньылар”  бастакы иккис том,  В.Г.Семенова “Алампа”

  1. Киириитэ.
  1. Турукка киирии. Ньыма:

Сыала: Алампа айымньытын, олоҕун сүрүнүн санатыы. (норуот туһугар олорбута, айбыта)

Туохха да тойон –   (1 слайд)

                        Норуот, норуот!

Норуоттан тутуһуҥ,

Норуокка туһалааҥ!

  • Туох өйдөөх-санаалаах киһи маннык этиэй? Туох идэлээх, талааннаах киһи?
  • Бу - саха саргылаах санаалааҕа, уран тыллааҕа Алампа суруйааччы эппит-тыыммыт тыллара. (Алампа хаартыската тахсар)
  1. Уруок тематын, сыалын билиһиннэрии.

Сыала: үлэни тэрийии, сааһылааһын.

  • Бүгүҥҥү уруокпут темата:  А.И.Софронов “Дьол икки сор икки” хоһооно
  • Бу хоһоону ааҕыы уруогар биһиги:
  1. Айымньы ис этэр санаатын сатаан ырыта үөрэниэхпит;
  2. Бэйэбит санаабытын сааһылаан этэ, дьоҥҥо тиэрдэ эрчиллиэхпит;
  3. Олох уларыйар аналлааҕын туһунан толкуйдуохпут, бу темаҕа бэйэбитин сыһыара тутан көрүөхпүт, түмүк оҥостуохпут.
  1. Алампа олоҕун хаартыскаҕа олоҕуран ахтыы.

Сыала: суруйааччы олоҕун кэрчик кэмин айымньыларыгар сыһыары тутан ырытыы.

  • Алампа чахчы норуот туһа диэн айбыт-туппут үлэлээбит киһи дуо?
  • Тоҕо?

Алампа олоҕун-дьаһаҕын хаартысканан ойуулааһын. (Олоҕун, айар үлэтин туһунан ахтыы, хатылааһын)

  • Анемподист Иванович Софронов – Алампа туох-ханнык санаалаах, суоллаах-иистээх киһи эбитин саһарбыт хаартысканан сирдэтэн сэһэргэһэ түһүөҕүҥ.

(Хас биирдии хаартыска утуу-субуу слайдаҕа тахсар. Суруйааччы олоҕун, олорбут, айбыт эрэ кэмин билэр эрэ киһи санаатын таба өйдүүр кыаҕын учуоттаан бу түһүмэххэ улахан суолта ууруллар, бэлэмнэнии үлэ ыытыллар.

 Манна сыһыары Егор Неймохов “Алампа” романыттан тэттик быһа тардыы быһаарыы быһыытынан бэриллэр. Бу кэм туһунан хоһооннорго тохтоон ылыллар.)

Хаартыска

Тирэх ыйытыы

Үөрэнээччи эппиэтин сүрүнэ

Учуутал ситэриитэ.  Быһаарыы сурук. Е.Неймохов Алампа романыгар олоҕуран.

Бу кэрчик кэмҥэ сыһыаннаах хоһооннор.

1

DSC_0356.jpg

(2слайд)

Бу хаартысканы Уйбаан Попов түһэрэр.

Кимнээҕий?

Хайдах дьылҕаламмыттарай?

Тоҕо ыалга иитиллибитэй?

Оҕо сааһа хайдах этэй?

Бииргэ төрөөбүт убайдара, саҥаһа Даарыйа уонна аҕата Уйбаан.

“Эн манна олохсуйан хаалан, ойохтонон, оҕолонон-урууланан,

өтөхпүт уотун умулларбакка күөдьүтэн, ыал-күөс буолан олоруоҥ этэ, ол куһаҕан үһү дуо?”

“Оҕо-оҕо эрдэххэ.”

“Аҕабар сурук”

2

DSC_0356.jpg

(3слайд)

Кимнээҕий?

Туох суолталааҕый?

Айар үлэнэн кистээн дьарыктанар?

Кини туох идэни ылар баҕалаах этэй?

Куоракка киирэн туһу үлэлээбитэй?

Үөрэххэ уһуйбут убайа Василий Иванович Софронов.

Сэмэйиттэн кистиир.

Эмчит буолуон баҕарара

Кириэс-Халдьаайыга учууталлыыр сылларыгар олордон үөрэтэр. Нуучча классиктарын ааҕар. Бу санаатаҕына, Аллаҥҥа эрэ олорон, эдэр саас үчүгэйин бэрт кыратык билэн аһарбыт эбит.

“Төрөөбүт дойду”

3

DSC_0356.jpg

(4слайд)

Кимнээҕий?

Алампа олоҕор туох суолталаах кэмий?

Булуҥҥа буолбут түбэлтэ содула?

Ыҥырыы хаартыската. Кэргэнэ Евдокия Констаниновна

1912 с. ахсынньы 11-12 күннэрэ. Кылам гыммыт кылгас олоҕор ол этэ саамай улахан үөрүүнү билбит түгэнэ.

“Үрүҥ туллук эрэ мөлбөстүүр”

“Дьадаҥы Дьаакып”

4

DSC_0361.jpg

(5слайд)

Кимнээҕий?

Спиридонов Алампа олоҕор суолтата?

Туох үтүөнү оҥорбутай?

Кирилэ Дабыыдабыс Спиридонов

“Хойутун-хойут биһигини, маннык дьоннор төрөөн-үөскээн, олорон ааспыттара диэн, Алампа эрэ аатын кытта ситимнээн сахабыт дьонноро өйдүөхтэрэ”.

“Ыччат сахаларга”

  • Хаартыска диэн сүдү суолталаах эбит. Сүүһүнэн сыллары уҥуордаан дьон мөссүөнүн субу баардыы тилиннэрэр кыахтаах. Бу хаартыскаларынан биһиги Алампа олоҕун, олорбут эйгэтин, алтыспыт дьонун, суруйбут айымньыларын ахтыһа түстүбүт.
  1. Алампа “Дьол икки сор икки”  хоһоонун ааҕыы.

Ньыма: ырытыылаах бэлиэтэниилээх ааҕыы.

  1. Айымньыны ааҕар турукка киирии.

Сыала: Алампа айымньыларын эйгэтигэр киллэрии.

Ньыма: сонурҕатыы.                       

                      Уу устар, уларыйар,                               ( 6 слайд)      

                      Үрэх сүүрүгүрэр, сүүдүйэр,

                      Киһи кэхтэр, кэбэлийэр,

                      Тыл сытыйбат, сыттаммат,

                      Сурук сууйуллубат, суодайбат.

                                                               Алампа (учуутал хоһоону ааҕар)

  • Алампа эппитэ чахчы дуо?
  • Кини суруйбута, айбыта сүүһүнэн сыллары уҥуордаан сүппэккэ-симэлийбэккэ кэллэ. Итинник этэр кыахтаахпыт дуо?. (айымньылара ааҕыллаллар)
  • Аахпыт айымньыларбытын саныаҕыҥ (хоһооннор, “Дьүһүн кубулуйумтуо”, “Куораччыт”).
  • Бу айымньылары киһи билигин да ааҕыан сөп дуо? Тоҕо? Тугу көрдөрөрүй? (олох кырдьыгын)
  • Бу айымньыларга олох ким да диэки буолбат кыларыйан турар кырдьыга ойууламмыт буолан өлбөт үйэлэммиттэр.
  • Онтон бу сүдү айымньылары суруйбут Алампа тус олоҕо дьоллоох этэ дуо? Тоҕо?
  • Алампа олоҕо куруук эриирдээх-мускуурдаах этэ дуо?
  • Олоҕун дьоллоох түгэнинэн ааттыыр кэмнэрэ ханныктарый? (Аллаҥҥа, Дьокуускайга маҥнай киирии, Дуунньаны кэргэн ылыы, “Дьадаҥы Дьаакып сыанаҕа туруута, “Төрөөбүт дойду” дьоҥҥо-сэргэҕэ биллиитэ.)
  • Кини да олоҕор күлүм гынар дьол түгэнэ биллэн ааспыт эбит.
  • Дьолу да сору да эт бэйэтинэн билбит. (Дуоскаҕа: дьол сор). Онтон билигин сүүһүнэн сыллары уҥуордаан туран биһиги кинини дьоллоох киһи диэхпитин сөп дуо? Тоҕо? (айымньылара өлбөт үйэлэннилэр)
  • Оттон эһиги дьоллоох дьоҥҥут дуо? Тоҕо?
  • Тугу дьол диэн ааттыыгыт? (дуоскаҕа субуруччу суруллар: үлэ, таптал, оҕо,..)
  • Салгыы Анемподист Иванович “Дьол икки сор икки” хоһоонун ааҕыахпыт. (Дуоскаҕа: икки тыл эбиллэн биэрэр (айымньы аата тахсар)
  1. “Дьол икки сор икки” хоһоону ырытыылаах бэлиэтэниилээх ааҕыы.
  • Айымньыны ааҕарга ис хоһоонун ырыта-ырыта сүрүнүн тута бэлиэтэнэн иһиэхпит.

(7 слайд)

Дьол

Киһи

Сор

Мин,

Уһуга һуох дьолу

Угуталаан биэриэм...

Омнуота һуох олоруохтара,

Ордук миигин өйдүөхтэрэ.

Соргу бөҕөнү тосхойбут,

Баай бөҕөнү байыппыт,

Тапталы наар таптайбыт,

Өрөгөйүн үксэппит...

Уһун диэн үйэлээбит...

Олус дьоллообут...

Аан дойду дьонугар

Уһуга һуох дьол оҥоһуллубатах

Аргыстаһа сылдьан

Аҥардаһан үлэлиэх.

Ойох ылбыт, оҕо төрөппүт

Баайа барҕарбыт,

Наар таптал салгыппыт

Аат былдьаһыыта алыс наһаалаабыт,

Дьоло тупсубут

Хараҕа туолбатах,

Аанньа ахтыбатах,

Дьолу дьукку умнубут,

Сору һубу-һубу

Супту ыҥырар буолбут.

Тускута умулунна,

Туоҕа да һуох буолла

Эрэйэ элбээтэ

Ааспыт саргытын Салаҥнык санаата...

Дьолу номохтонор буолла

Алҕас саҥардыҥ, атаас,

Аан дойду дьонун тугунан даҕаны

Адьаһын астыннарыаҥ суоҕа...

Аатыҥ аччыа,

Алгыһыҥ бараныа.

Туох та уһуктаах,

Барыта баранар,

Олох-дьаһах уларыйар,

Күөх хагдарыйар....

Дьолу даҕаны дьоҥҥо

Оччугуйдук оҥордоххуна

Минньигэстик санатыаҥ

Соргулаабыт киһигин

Сорго уган сору биллэриим          

   Кини,  (8 слайд)

Үчүгэйгэ олорон, эйигин

Өрүү өйдүөбэт этэ,

Саргыга сылдьан. эйигин

Адьаһын диэн ахтыбат этэ.

Билигин буоллаҕына

Билэрэ эрэ эн,

Толкуйа эрэ дьол буолла.

Туохтан оннугуй?

Толкуйдаа эрэ!...

  • Айымньы сүрүн оҥкулун бэлиэтэннибит.
  1. Айымньы этэр санаатын тула кэпсэтии.

Сыала: Олох уларыйар аналлааҕын туһунан толкуйдааһын, бу темаҕа бэйэни сыһыара тутан көрүү.

Ньыма: санаа үллэстии, толкуйу тобулуу.

  • Салгыы айымньы этэр санаатын тула кэпсэтиэҕиҥ.
  • Киһи саргыга сылдьан дьолу сыаналаабат, ахтыбат. Сору эҥэрдэһэн баран куруук дьоллоох кэмин саныыр буолла. Тоҕо оннук буолуой?
  • Дьол туһунан санаабытын бэлиэтэммиппитигэр эргиллиэҕиҥ.
  • Манна үксэ кэлэр кэми кытта сыһыаннаах санаа суруллубут.
  • Эһиги билигин туох дьоллооххутуй? (Ийэлээххит, аҕалааххыт; этэҥҥэ сылдьаҕыт, саҥа оскуолаҕа үөрэнэҕит, оонньуугут...)
  • Аны билигин бу суругу кэккэлии билигин биһиги туохтан дьоллоохпутун суруйуоҕуҥ.
  1. Дьиэҕэ үлэ: Алампа ыйытыытыгар эппиэт. Суругунан айар үлэ.

         Кини,

Үчүгэйгэ олорон, эйигин

Өрүү өйдүөбэт этэ,

Саргыга сылдьан. эйигин

Адьаһын диэн ахтыбат этэ.

Билигин буоллаҕына

Билэрэ эрэ эн,

Толкуйа эрэ дьол буолла.

Туохтан оннугуй?

      Толкуйдаа эрэ!...

  1. Түмүк.

Сыала: киһи дьоло бэйэтин илиитигэр, санаатыгар. Күн аайы баары харыстыахха, хас биирдии күнү сыаналыахха, чугас дьону харыстыахха.

  • Алампа очурдаах олоҕун билистибит, туох-ханнык кэмҥэ айан-тутан ааспытын ырыттыбыт, “Дьол икки сор икки айымньытын” аахтыбыт. Туох санаа үөскээтэ?
  • Хас биирдии күнү сыаналыахха, киһи буолан бу сиргэ кэлбит олохпутун харыстыахха. Күн аайы күнтэн саҥалыы үөрүөххэ.
  • Барыгытыгар дьолу баҕарабын.


По теме: методические разработки, презентации и конспекты

Уьугун, ейден, икки атахтаах!

Дается описание входного урока по якутской литературе в 10 классе по произведению П.Ойунского "Кыьыл Ойуун"...