Открытый урок "Алампа"
план-конспект урока (8 класс) на тему
8 кылаас.
Уруок темата: Алампа «Төрөөбүт дойдутун» хоһоонноохтук ааҕарга эрчиллии.
Уруок тиибэ: саҥаны арыйыы
Уруок көрүҥэ: хоһоону уус-ураннык ааҕа үөрэнии
Сыала: Алампа «Төрөөбүт дойду» хоһоонун дириҥэтэн ырытыы
Соруктара:
-Хоһоонунан айымньы «түгэх сыалын» кэрчиктэринэн ырытан быһаарарга үөрэтии (иэйии партитурата);
-хоһоон ордук суолталаах тылларын була, тохтобуллары, куолас үрдээһинин, намтааһынын болдьох бэлиэлэринэн бэлиэтииллэрин ситиһии (ааҕыы партитурата);
-оҕону хоһоонноохтук ааҕыыга бэлэмнээһин. Хоһоону дириҥ иэйиилээхтик, ис номоҕун тиэрдэр гына уус-ураннык ааҕыыга холонуу;
-үөрэнээчи бэйэ икки ардыгар бодоруһар үөрүйэҕин чиҥэтии.
Скачать:
Вложение | Размер |
---|---|
aa5as_uruok_alampa_marshrutnay_kartata.doc | 42.5 КБ |
Предварительный просмотр:
№ | Учуутал улэтэ | Уерэнээччи улэтэ | мунуутэ |
Тэрээһин чааһа | Үтүө күнүнэн!
| С.Данилов «Саха саҥата» хоһоонунан уруогу саҕалааһын. | 2 |
Үөрэнэр түгэни үөскэтии | -Бүгүн саха тыллаахха ураты күн. Сэтинньи 14 күнүгэр 1886 сыллаахха Боотурускай улууска 1 Дьохсоҕон нэһилиэгэр саха талааннаах суруйааччыта А.И.Софронов-Алампа төрөөбүтэ. Кини икки үйэ алтыһар аймалҕаннаах кэмигэр олорон, үлэлээн ааспыта. Ол кэм атааннаах –мөҥүөннээх событиелара поэт олоҕор, айар үлэтигэр ыар дьайыыны оҥорбуттара. Ол эрээри ити олох очурдара Алампаны олоҕун суолуттан туораппатахтара. Кини өлүөр диэри Көҥүлү, Кырдьыгы уонна Норуотун өрө туппута. Саха тыллаах, саха норуота үүнэ-сайда, чэчирии тупса туруон туохтааҕар да баҕара саныыра. -Алампа хоьоонун дискэнэн истии | О5олор бол5ойон истэллэр | 3 |
Үөрэх соругун туруоруу: | Бүгүн биьиги Алампа «Төрөөбүт дойду» хоһоонун дириҥэтэн ырытан хоһоонноохтук ааҕарга эрчиллиэхпит. | ||
Үлэ былаанын торумнааһын | -үлэбитин хайдах былааннанабытый? -хоьоону кэрчиктэргэ арааран суолтатын, ис номоҕун быһаарыахпыт -хоһооҥҥо суолталаах тыллары, охсуулары, куолас намтааьынын, үрдээһинин болдьох бэлиэлэринэн бэлиэтиибит - хоһоону уус-ураннык ааҕыыга эрчиллэбит. | О5олор улэлэрин былаанныыллар, быьаарсаллар | 3 |
Үөрэнэр дьайыы |
-Хоһоону дириҥэтэн ырытыыны тэрийэр (Паараҕа арахсан хоьоону кэрчигинэн ырыталлар) - хас биирдии паара үлэтин көмүскүүрүн тэрийэр Түмүк санаа хоьоонно чопчуланар. | -Хоьоону суолталаах кэрчиккэ араараллар -кэрчиктэрин бэйэлэрин тылларынан быһаараллар -суолталаах тыллары аннынан тардаллар | 15 10ч30м-10ч45м |
хамсаныы тү гэнэ |
| сынньаланна Куннук Уурастыырап «Олох» хоьоонун кылгатан ааҕыы | 1 |
-хоһоону партитурнай бэлиэлэринэн бэлиэтиир сорудах биэрэр. | -пааранан куолаан үлэлээн аа5ыы партитуратын оҥороллор | 10ч 45 м- 11ч 00м | |
- Хоһоонноохтук ааҕыыны тэрийэр Хоһоону ааҕыах иннинэ куолаһы эрчийэр | -куоластарын эрчийэллэр | 2 | |
-Артыыс ааҕыытын иһитиннэрэр | -артыыс аа5ыытын истэллэр | 2 | |
-бэйэ ааҕыыта | -бэйэлэрэ аа5аллар | 6 | |
Чопчулааһын | -хоьоон сурун санаата, тыына туох эбитий?( төрөөбүт дойду кэскилэ, норуот инники дьылҕата, саха киһитин олоҕо) -хоһоон ханнык санаанан, иэйиинэн түмүктэннэ? (дьоллоох олоҕу ыраланыы) | -Санааларын чопчулууллар | 1 |
Бэйэни сыаналаныы | -хайдах аахтыгыт? -ким ордук табыллан хоһоонноохтук аахта? -Ааҕыы партитурата наадалаах эбит дуо? | 1 | |
Түмүк оҥоруу | Алампа төрөөбүт норуота Тиллиэн! Көҥүллэниэн! Күүһүрүөн! Баҕарбыта. Ол туһугар олорбута, үлэлээбитэ. | О5олор Алампа «ыччат сахаларга» хоьоонун аа5аллар | 2 |
Дьиэ5э улэ | Хоьоону ейге уерэтии | 1 |
По теме: методические разработки, презентации и конспекты
Разработка открытого урока по теме: «Географическая оболочка» Урок-открытие
Что такое географическая оболочка? ГО – это взаимосвязь и взаимодействие всех оболочек Земли - всех сфер Земли.Какие это сферы?Постановка проблемы1. Ученику дается г...
Торжественное открытие I открытого слёта юных экологов Агинского Бурятского округа (с приглашением команд Забайкальского края).
Природа является первоосновой всякой красоты. Она может размягчить даже самые чёрствые сердца. Великая природа, окружающая нас, способна порождать великие мысли и поступки.Вы услышали звуки музыки. Ав...
Открытое занятие по английскому языку в дошкольной группе в рамках "Дня открытых дверей" для родителей.Название "Вместе весело дружить""
Открытое занятие для родителей детей, посещающих дошкольную группу. Дети с преподавателем ищут друзей для загрустившего Шалтая-Болтая, который хочет найти себе друзей среди домашних питомцев ...
Открытый урок по алгебре в 7 классе «А» тема: «Уравнения с одной переменной». Открытый урок по алгебре в 7 классе «А» тема: «Уравнения с одной переменной».
Открытый урок по алгебре в 7 классе «А»тема: «Уравнения с одной переменной».презентация по данной теме...
Открытый урок по географии "Антарктида, история открытия и исследования"
Материалы этого урока можно использовать на уроках географии в 7-х классах....
Открытый урок по теме «АВСТРАЛИЯ. Географическое положение. История открытия материка. Рельеф и полезные ископаемые».
ЗАДАЧИ УРОКА: ОБРАЗОВАТЕЛЬНЫЕ: 1. Отработка навыков составления составления характеристики географического положения материка Австралия;2.Продолжить работу с картами, атласами, таблицам.ВОСПИТ...
Разработка урока географии в 5 классе по ФГОС на тему Великие географические открытия. Открытия Нового света.
Данная тема рассматривается в 5 классе по учебнику Н. Петровой и Максимовой по ФГОС. Хотелось перед структуру урока....