Открытый урок по якутскому языку в 7 классе Тема: "Туордуурдары хатылааhын"
план-конспект урока (7 класс) на тему

Конспект урока по якутскому языку в 7 классе

Скачать:

ВложениеРазмер
Файл tuohtuurdarga_hatylaahyn.docx22.82 КБ

Предварительный просмотр:

Кылаас: 7

Күнэ-дьыла: кулун тутар 6 күнэ.

Темата: Туохтуурдарга хатылааһын.

Сыала: 

1. Туохтуур өйдөбүлүн, халыыптарын  туһунан үөрэнээччилэр билиилэрин хатылааһын.

Соруга:

Тус санааны, сыһыаны сайыннарар үөрүйэх:

  • Сахалыы кэпсэтии сиэрин иҥэрии;
  • Төрөөбүт тыл сүөгэйин – сүмэтин арааран өйдүүргэ үөрэтии, тапталы иңэрии.

Бэйэни салайынар-дьаһанар үөрүйэх:

  • Алҕаһа суох саҥарарга, санаатын ыпсаран, хомоҕойдук этэргэ кыһанар;
  • Үөрэнээччилэри кытта бииргэ үлэлиири былаанныыр, бииргэ тапсан үлэлиир;
  • Көмө матырыйаалы туһанан сөптөөх эппиэти була үөрэнэр

Билэр-көрөр үөрүйэх:

  • Үлэ сыалын-соругун таба туруорар;
  • Санаатын сааһылаан саҥарар уонна суруйар.
  • Өс хоһооннорун, Сайа айымньыларын грамматиканы кытта сибээстээһин.

Уруок тиибэ:  Куолаан үлэҕэ оонньуу уруок.

Туттар тэрилэ: Презентация, ноутбук, проектор, көмө матырыйаал.

  • Тэрээһин.- 1м.
  • Уруокка киирии. Туохтуур туһунан өйдөбүл.3м.
  • Оонньуу уруок -
  • Түмүк -2 мүн.
  • Дьиэ5э сорудах -1 мүн.

  1. Сорук туруорунуу.

 Тэрээһин чаас:

Учуутал: Үтүө күнүнэн, оҕолоор!

Чыычаахха – чыычаах чуопчаарар тыла,

Сүүрүккэ – сүүрүк сипсийэр тыла,

Этиҥҥэ – этиҥ эрчимнээх тыла –

Илгэлээх истиҥ ийэ тыл буолар.

Оттон бу миэхэ ийэм биэрбит тыла,

Олоҕум тыла,

Тапталым тыла –

Мин төрүт тылым, мин ийэ тылым

Саргылаах сахам

Саҥата буолар – диэн Семен Данилов «Төрөөбүт тыл»  хоһоонунан бүгүҥҥү уруокпутун саҕалыыбыт. (слайд1)

  1. Өйдөбүлү үөскэтэр үлэ.

Учуутал:  Эһиги саха тылыгар Морфология  диэн салааны үөрэтэн кэллигит. Морфология тугу үөрэтэр науканый? Ханнык саҥа чаастарын үөрэтэрий? (слайд2)

  • Быйыл 7 кылааска Морфология саҥа чаастарыттан ханныктары үөрэттигит? (Оҕолор ааттыыллар).
  •  Туохтуурдарга тохтоон ылар буоллахха  Туохтуур туспа формалара ханныктарый? (Аат Туохтуур, Сыһыат Туохтуур, Тус Туохтуур).(слайд 3)
  • Биһиэхэ Дойду үрдүнэн ханнык сааскы бырааһынньык чугаһаан иһэрий? (Аан дойду дьахталларын күнэ)
  • Сахалартан ханнык поэтессалары билэҕит? (Умсуура, Сайа, Наталья Харлампьева, Варвара Потапова о.д.а.)
  • Ханнык  биллэр поэтессаырыа буолбут хоһооннорун билэҕит? (Сайа)
  • Оччоҕо биһиги бүгүн барар темабыт туох диэн эбитий? (Н. Михалева- Сайа ырыа буолбут хоһооннорунан   туохтуурдарга хатылааһын.)
  • Маладьыастар, Н. Михалева –Сайа туһунан тугу билэргитин кэпсээҥ эрэ. (слайд4)
  • Биһиги бугүҥҥү уруокпутугар улуус араас нэһилиэктэриттэн араас учууталлар  кэлэн ыалдьыттаан олороллор. Онон кыбыстыбакка сахалыы сиэринэн сайаҕаспытын көрдөрөн уруокка көхтөөхтүк кыттаргытыгар ыҥырабын. (слайд Урок игра “Повторение глагола”)

III. Өйдөбүлү чопчулааһын.

  Бу түһүмэххэ үөрэнээччилэр бөлөҕүнэн үлэлииллэр.

  • Учуутал: Биһиги бүгүҥҥү уруокпут “Своя игра”   оонньуу быһыытынан барыаҕа.
  • Онньуу быраабылатын билиһиннэрии.
  •  Сайа ырыа буолбут хоһоонноруттан биэс ырыаны булан, бэлэмнэнэн кэллим. Оонньуубут Сайа ырыа буолбут хоһоонноругар уонна  туохтуурдары хатылааһыҥҥа олоҕуран  барыаҕа. (слайд)

Быһаарыылар:

  1. Хайааһыны бэлиэтиир уонна Тугу гынар? Хайыыр? Хайдах буолла? диэн ыйытыыга хоруйдуур саҥа чааһа? (Туохтуур)
  2. Этиигэ кэм суолталаах быһаарыы буолар туохтуур халыыба? (Аат туохтуур).
  3. Хайаан?  Хайыы? Хайаат?  Хайаары? диэн ыйытыыга хоруйдуур  сүрүн хайааһыҥҥа хосуһар ойоҕос хайааһыны бэлиэтиир туохтуур формата? (Сыһыат туохтуур).
  4. Туохтуур кэминэн уонна киэбинэн сирэйдэнэн уларыйар  халыыба? (Тус туохтуур)
  5.   Быһыыны-тутууну, дьүһүнү ойуулаан көрдөрөр уонна хамсааһыны,тыаһы-ууһу, саҥаны- иҥэни үтүктэр  Хайаата? Хайыыр? Хайыаҕа? ыйытыыга хоруйдуур  ханнык туохтуурдарый? (Дьүһүннүүр уонна тыаһы үтүктэр туохтуурдар).

Этиилэр.

  1. Аат туохтууру бул:

Дьыл кэмэ кэлэрин, саас күһүн буоларын,

Үүммүт мас чэлгийээт кэхтэрин кэриэтэ

Эн биһи олохпут ааһыахтаах аймалҕан,

Бүтүөхтээх сүпсүлгэн күүгэнэ буолуо дуу?... (“Кэм кэрдии”).

 Эппиэтэ: (Дьыл кэмэ кэлэрин, саас күһүн буоларын,

Үүммүт мас чэлгийээт кэхтэрин кэриэтэ

Эн биһи олохпут ааһыахтаах аймалҕан,

Бүтүөхтээх сүпсүлгэн күүгэнэ буолуо дуу?...

Ааһыахтаах. Ханнык аймалҕан? Кэлэр  кэмнээх аат туохтуур)

  1. Сыһыат туохтууру бул

Барар сириҥ аайы

Мааны хатыҥ буолан

Маныыһыттыыр буоллар!

Кэлэр сириҥ аайы

Кэрэ чыычаах буолан

Кэтии сылдьар буоллар! (“Күнүү”).

Эппиэтэ:  Барар сириҥ аайы

Мааны хатыҥ буолан

Маныыһыттыыр буоллар!

Кэлэр сириҥ аайы

Кэрэ чыычаах буолан

Кэтии сылдьар буоллар!  Кэтии сылдьар. Хайыы сылдьар? Тэҥҥэ сыһыат туохтуур

  1. Көмө туохтууру бул:

Ааспыт кэмим ол кэрэ

Өйдөбүлүн бэрийэ

Өспөт санаа күүһүнэн

Төннөн кэллим эйиэхэ. (“Таптыыр харах”)

Эппиэтэ:  Ааспыт кэмим ол кэрэ

Өйдөбүлүн бэрийэ

Өспөт санаа күүһүнэн

Төннөн кэллим эйиэхэ. Хайаан? Көмө туохтуур

  1. Дьүһүннүүр туохтууру бул:

Сымнаҕас көмүк хаар сырдыгын үрдүгэр

Хара түүн халыйдар халыйар, халыйар...

Ол дьулаан үөмүүнү үөрүүнэн үтэйэр

Үүммүт түүн үөһүгэр үрүҥ хаар тэлээрэр. (“Хара түүн-үрүҥ түүн” ).

   Эппиэтэ: Сымнаҕас көмүк хаар сырдыгын үрдүгэр

Хара түүн халыйдар халыйар, халыйар...

Ол дьулаан үөмүүнү үөрүүнэн үтэйэр

Үүммүт түүн үөһүгэр үрүҥ хаар тэлээрэр. Хайыыр?  Дьүһүннүүр туохтуур

  1.   Туохтууру бул:

Нарын да таптал тылларын
Эн миэхэ булаҥҥын этэҕин,
Бу сиргэ дьиҥнээхтик таптатар
Соҕотох мин буолуом дэтэҕин. (“Эрэнэ сүрэхпин аһабын”)

 Эппиэтэ: Нарын да таптал тылларын
Эн миэхэ булаҥҥын
этэҕин,
Бу сиргэ дьиҥнээхтик
таптатар
Соҕотох мин буолуом
дэтэҕин.  Хайыыр?  Туохтуур.

Булугас өй:

1. Туохтууру ситэр:

 Үйэлэр тухары кырый...

Үйэлэр тухары өлбөөр...

Сүрэхтэр кистэлэҥ тылларын,

Сүрэхтэр таптаһар тылларын

Эйигин кытары өйдөө...,

Эрэнэ сүрэхпин ас....  (“Эрэнэ сүрэхпин аһабын”).

Эппиэтэ:

Үйэлэр тухары кырдьыбат

Үйэлэр тухары өлбөөрбөт

Сүрэхтэр кистэлэҥ тылларын,

Сүрэхтэр таптаһар тылларын

Эйигин кытары өйдүүбүн,

Эрэнэ сүрэхпин аһабын.

2. Туохтуурдарга сурук бэлиэтин бул, туохтууру көннөр:

 Тумаҥҥа үктэнэн  тууйулла мунааран,

Сөтүөлүүбүн  туос сатыы айаммар бутуллан...

Бу курдук ааһыа дуу олохпут кэрэтэ,

Туолуо дуу  тохтуо дуу эдэр саас эрэлэ? («Кэм кэрдии”).

Эппиэтэ:

Тумаҥҥа үктэнэн,  тууйулла мунааран,

Турабын туос сатыы айаммар бутуллан...

Бу курдук ааһыа дуу олохпут кэрэтэ,

Туолуо дуу, тохтуо дуу эдэр саас эрэлэ?

3.Туохтуурдары көннөр:

Барар сириҥ аайы

Мааны хатыҥ буолан

Сылгыһыттыыр  буоллар!

Кэлэр сириҥ аайы

Кэрэ  чыычаах буолан

Утуйа  олорор буоллар! (“Күнүү”).

Эппиэтэ:

Барар сириҥ аайы

Мааны хатыҥ буолан

Маныыһыттыыр буоллар!

Кэлэр сириҥ аайы

Кэрэ  чыычаах буолан

Кэтии сылдьар буоллар!

4. Туохтуурдары ситэр:

Хаар түһэр, хаар түһэр, тыаһа суох тыл........,

Ааспыт кэм ааттала- хаар былыт .............

Сарсыҥҥы мин күммэр олоҕум салгыыта

Саҥа хаар, хара түүн кэриэтэ..................... (“Үрүҥ хаар-хара түүн”).

Эппиэтэ:

 Хаар түһэр, хаар түһэр, тыаһа суох тыл этэр,

Ааспыт кэм ааттала- хаар былыт  тэлгэнэр...

Сарсыҥҥы мин күммэр олоҕум салгыыта

Саҥа хаар, хара түүн кэриэтэ бутуллар.

5. Этиини сааһылаа:

 Көрөр ыра санаалаах.

Күөйэ сылдьар баҕалаах,

Күнүс миигин аттыгар

Түүнүн миигин түүлүгэр. (“Таптыыр харах”).

Эппиэтэ:

Күнүс миигин аттыгар

Күөйэ сылдьар баҕалаах,

Түүнүн миигин түүлүгэр

Көрөр ыра санаалаах.  

Смайлик.

Ким доҕордоох-ол дьоллоох.

Кырдьаҕаһы хааһахха хаалаан сылдьан сүбэлэт.

Тыала суохха мас хамсаабат

Киһи тыла уоттааҕар абытай

Атас туһугар атах тостор

Туохтуур грамматическай халыыба:

1.Туохтууру тиэтэтэр көрүҥҥэ уларыт?

Түргэнник да устар кэм-кэрдии сүүрүгэ,

Арахсыы,кэтэһии, көрсүһүү күрэҕэ...

Бу курдук ааһыа дуу олохпут кэрэтэ,

Туолуо дуу, тохтуо дуу оҕо саас ырата? (“Кэм -кэрдии”)

Эппиэтэ:

Түргэнник да уста (оҕус, тарт) кэм-кэрдии сүүрүгэ,

Арахсыы,кэтэһии, көрсүһүү күрэҕэ...

Бу курдук ааһыа дуу олохпут кэрэтэ,

Туолуо дуу, тохтуо дуу оҕо саас ырата?

2. Тус туохтууру булан ааспыт кэмҥэ уларыт:

Доҕоруом, бу курдук нарыннык

Мин ыраах айаммын эн алҕаар,

Бу курдук уйаннык, ураннык

Мин чугас бэйэбин абылаар... (“Эрэнэ сүрэхпин аһабын”).

Эппиэтэ:

Доҕоруом, бу курдук нарыннык

Мин ыраах айаммын эн алҕаабытыҥ,

Бу курдук уйаннык, ураннык

Мин чугас бэйэбин абылаабытыҥ...

3. Туохтууру кыччатар халыыпка уларыт:

Ааспыт кэмим ол кэрэ

Өйдөбүлүн бэрийэ

Өспөт санаа күүһүнэн

Төннөн кэллим эйиэхэ.  (“Таптыыр харах”)

Эппиэтэ:

Ааспыт кэмим ол кэрэ

Өйдөбүлүн бэрийэ

Өспөт санаа күүһүнэн

Төннөөхтөөн кэлээхтээтим эйиэхэ.

4.  Туохтууру үгэс  буолбут хайааһын киэбигэр уларыт:

Тапталтан айманар, сандаарар, талбаарар

Санаабар маарынныыр хаар түһэн кыыдамныыр.

Эмиэ биир сааскыбын сайыммын, күһүммүн

Саҥа хаар мэлдьэһэн намыҥныыр, намыҥныыр... (“Үрүҥ хаар-хара түүн”)

Эппиэтэ:

Тапталтан айманааччы, сандаарааччы, талбаарааччы

Санаабар маарынныыр хаар түһэн кыыдамнааччы.

Эмиэ биир сааскыбын сайыммын, күһүммүн

Саҥа хаар мэлдьэһэн намыҥнааччы, намыҥнааччы...

5. Хоһоонтон туохтуурдары булан үлүбүөй формаҕа уларыт:

Сайыспакка хаалар

Санаа хаһан ситэрий,

Самныбакка күүтэр

Сааһым хаһан туоларый? (“Күнүү”)

Эппиэтэ:

Сайыспакка хаалыахха

Санааны хаһан ситиэххэ,

Самныбакка күүтүөххэ

Сааспын туолуохха?

  • Түмүк.

Учуутал: Туохтуур саҥа чааһын   үөрэтэн баран туох санааҕа кэлэбитий?  Тугу биллибит, туохха үөрэннибит? Тоҕо туохтууру   күннээҕи олоххо туттуохтаах эбиппитий?

Үөрэнээччи: (Үөрэнээччилэр ситимнээн кэпсииллэр)

  • Бэйэни ырытыныы, сыаналаныы, саҥа соругу туруорунуу.

Бу түһүмэххэ бөлөхтөр хайдах үлэлээбиттэрин, туохха ыарырҕаппыттарын кэпсииллэр.

 Учуутал: Оччоҕо дьиэбитигэр өссө төгүл чинчийиэххэйиҥ. Онон дьиэҕэ үлэ сорудаҕын суруйуҥ.

  •  Дьиэҕэ үлэ

Учуутал: Уруок бүттэ, баһыыбаларыҥ.


По теме: методические разработки, презентации и конспекты

Характеристика человека как вид текста. Урок развития речи.Разработка открытого урока по русскому языку.8 класс

Конспект урока развития речи составлен по учебнику Л.А.Тростеновой,Т.А.Ладыженской "Русский язык" 8 класс, М. "Просвещение",2011. Урок проводится после изучения главных и второстепенных членов предлож...

Открытый урок по английскому языку 3 класс для общеобразовательных школ.(2 часа в неделю) Тема: « Weather\Seasons »

Пояснительная записка1.       Фамилия  имя отчество автораБерезовская А.В.2.       Место работы (полное наименование ОУ)ГБОУ СОШ ...

Открытый урок по английскому языку 2 класс по темам "The Alphabet", "Animals" ""

Данный урок прденазначен для учащихся 2 класса, 4 четверть. Тип урока- обощаяющий, урок- конкурс.  На уроке проходит повторение и закрепление материала, повторение лексических единиц, грамматичес...

Школа - это весело. Конспект открытого урока по английскому языку 5 класс.

Школа - это весело. Конспект открытого урока  по английскому языку 5 класс....

Открытый урок по английскому языку 7 класса Тема урока: ««IN THE NEWS / Об этом говорят и пишут»»

Разработка урока по английскому языку, учебник Английский в фокусе, 7 класс, учебник для общеобразовательных организаций с приложением на электрон. носителе /[Ю.Е. Ваулина, Д.Дули, О.Е. Подоляко, В. Э...