доклад "Быыра Баадьай сиэр-майгы уерэ5э"
материал

Данилова Венера Васильевна

   2005 сыллаахха олоҥхону киһи-аймах чулуу айымньытынан билиниэхтэриттэн саха олоҥхото аан дойдуга аатырда, үрдүк таһымҥа таҕыста. Олоҥхо-норуот тылынан уус-уран айымньытын чыпчаала, өйү-санааны сайыннарар, дириҥэтэр, киэҥник эҥсэн толкуйдуур дьоҕуру сайыннарар айымньы. Сахаҕа олоҥхо аан дойдуну анааран көрүүтэ, бөлүһүөктүүр өйө, ааспыт олоҕун уонна кэлэр кэскилин ырыҥалааһына, сиэр-майгы үтүө  үгэстэрин бигэргэтиитэ буолар.  Онтон олоҥхо уус-уран тылын умсугутар күүһүнэн тэҥнээҕэ суох.  Киһи олоҥхону аахтаҕына-ураннык саҥарарга, олоҥхо тылын өйдөөтөҕүнэ - толкуйдуурга, ис хоһоонун биллэҕинэ- сөптөөхтүк сылдьарга үөрэнэр. Онон олоҥхо ити кистэлэҥ күүһүн иитэр-үөрэтэр үлэҕэ таба туһаннахха көдьүүһэ улахан буоларын бары өйдүүбүт.

     Мин оҕо-аймах тапталлаах поэта Константин Туйаарыскай ,,Быыра Баадьай,, олоҥхо- остуоруйатын ааҕан, ырытан көрөн айымньы биир күүстээх өрүтүгэр, сиэр-майгы үөрэҕэр, тохтоотум.  Бу айымньыны үөрэтэргэ такайыы, сайыннарыы хайысхатын туһаныахха сөп. Такайыы сиэрдээх майгыны иитиигэ срүн ньыма буолар. Онтон оҕо өйдүүр,   истибитин иҥэринэр, өйүгэр тутар, хатыыр, кэтээн, чинчийэр дьоҕурун сайыннардахха олоххо бэлэмнээх киһи тахсара чуолкай. 

Үлэм сыала: Айымньы оҕолору үтүө сиэргэ-майгыга иитэр өрүтүн ырытыы

Үлэм соруктара:

  1. Быыра Баадьай оҕо бухатыыр сырыыларын ырытыы;
  2. Оҕо бухатыыр айыы сиэрин кэспит түбэлтэлэрин холобурдаан көрдөрүү;
  3. Олоҥхо бухатыырын сырыыларыгар олоҕуран, кыра кылаас оҕолоругар сиэр-майгы быраабылатын оҥоруу

     Чинчийиим бастакы баһыгар Быыра Баадьай мүччүргэннээх сырыыларын айымньыттан холобурдары аҕалан ырыттым. Манна герой майгытын-сигилитин мөкү өрүттэригэр тохтоон, оҕо бухатыыр туох алҕастары оҥорбутун быһаардым. Мантан сиэттэрэн Айыы киһитэ тутуһар сиэр-майгы быраабылатын таһаардым.

   

 

 

 

 

Скачать:

ВложениеРазмер
Microsoft Office document icon byyra_baaday_dakylaat.doc71.5 КБ

Предварительный просмотр:

2024 сыллаахха Амма улууһугар ыытыллар Олоҥхо ыһыаҕын көрсө

ХХI региональнай “Сээркээн сэһэнньиттэр” Краеведческай Ааҕыы

“Саллар саас тухары олоххо Саханы үрдэтиэ олоҥхо”

“Быыра Баадьай” олоҥхо-остуоруйаҕа сиэр-майгы үөрэҕэ

Хайысхата: Олоҥхо педагогикатын арыйапр, чинчийэр, тэрийэр үлэлэри ыытыы.      Олоҥхо киһилии киһини иитэр суолтатын бэлиэтээһин.

                                            Толордо: Данилова Венера Васильевна

                                                                 Амма улууһун Сулҕаччы орто оскуолатын саха тылын         уонна литературатын учуутала

Телефон: 89245958477

daniven@mail.ru

Сулҕаччы 2021

Иһинээҕитэ

Киириитэ.............................................................................................................................2  с

1 баһа.Быыра Баадьай мүччүргэннээх сырыылара

1.1.Быыра Баадьай майгыта-сигилитэ...............................................................................3-4 с

1.2.Быыра Баадьай сырыылара........................................................................................5-6 с

1.3. Сиэр-майгы быраабылата.........................................................................................7-8 с

Түмүк................................................................................................................................9 с

Киириитэ

   2005 сыллаахха олоҥхону киһи-аймах чулуу айымньытынан билиниэхтэриттэн саха олоҥхото аан дойдуга аатырда, үрдүк таһымҥа таҕыста. Олоҥхо-норуот тылынан уус-уран айымньытын чыпчаала, өйү-санааны сайыннарар, дириҥэтэр, киэҥник эҥсэн толкуйдуур дьоҕуру сайыннарар айымньы. Сахаҕа олоҥхо аан дойдуну анааран көрүүтэ, бөлүһүөктүүр өйө, ааспыт олоҕун уонна кэлэр кэскилин ырыҥалааһына, сиэр-майгы үтүө  үгэстэрин бигэргэтиитэ буолар.  Онтон олоҥхо уус-уран тылын умсугутар күүһүнэн тэҥнээҕэ суох.  Киһи олоҥхону аахтаҕына-ураннык саҥарарга, олоҥхо тылын өйдөөтөҕүнэ - толкуйдуурга, ис хоһоонун биллэҕинэ- сөптөөхтүк сылдьарга үөрэнэр. Онон олоҥхо ити кистэлэҥ күүһүн иитэр-үөрэтэр үлэҕэ таба туһаннахха көдьүүһэ улахан буоларын бары өйдүүбүт.

     Мин оҕо-аймах тапталлаах поэта Константин Туйаарыскай ,,Быыра Баадьай,, олоҥхо- остуоруйатын ааҕан, ырытан көрөн айымньы биир күүстээх өрүтүгэр, сиэр-майгы үөрэҕэр, тохтоотум.  Бу айымньыны үөрэтэргэ такайыы, сайыннарыы хайысхатын туһаныахха сөп. Такайыы сиэрдээх майгыны иитиигэ срүн ньыма буолар. Онтон оҕо өйдүүр,   истибитин иҥэринэр, өйүгэр тутар, хатыыр, кэтээн, чинчийэр дьоҕурун сайыннардахха олоххо бэлэмнээх киһи тахсара чуолкай.  

Үлэм сыала: Айымньы оҕолору үтүө сиэргэ-майгыга иитэр өрүтүн ырытыы

Үлэм соруктара:

  1. Быыра Баадьай оҕо бухатыыр сырыыларын ырытыы;
  2. Оҕо бухатыыр айыы сиэрин кэспит түбэлтэлэрин холобурдаан көрдөрүү;
  3. Олоҥхо бухатыырын сырыыларыгар олоҕуран, кыра кылаас оҕолоругар сиэр-майгы быраабылатын оҥоруу

     Чинчийиим бастакы баһыгар Быыра Баадьай мүччүргэннээх сырыыларын айымньыттан холобурдары аҕалан ырыттым. Манна герой майгытын-сигилитин мөкү өрүттэригэр тохтоон, оҕо бухатыыр туох алҕастары оҥорбутун быһаардым. Мантан сиэттэрэн Айыы киһитэ тутуһар сиэр-майгы быраабылатын таһаардым.

   

1 баһа.Быыра Баадьай мүччүргэннээх сырыылара

1.1.Быыра Баадьай майгыта-сигилитэ 

    Олоҥхо бухатыыра-оҕо. Кини араас мүччүргэннээх сырыыларга сылдьар. Бу  айымньыга Быыра-Баадьай  түктэри майгылаах, наһаа кыһыырымтаҕай, оҥорор дьыалатын үчүгэйдик  толкуйдуу барбакка эрэ быһаарар идэлээх, харса-хабыра суох быһыыланар идэлээх оҕо ойууланар. Кини төрөпүттэрин тылын истибэт, дьиэтиттэн-уотуттан куотар, таптаабытынан сылдьарын, киһиргиирин сөбүлүүр.

     Быыра Баадьай- оҕо бухатыыр. Кини “дулҕаттан дуона суох үрдүктээх, дүлүҥ олоппостон төрүт быкпат, бөҕөҕө мөссүөннээх эбит, быһыйга былааннаах эбит, бысталаабыт тиит  быччыҥнаах эбит, суллаабыт тиит сотолоох эбит” диэн олоҥхо бухатыырын киэбэ киэптээх.

Быыра Баадьай  куһаҕан майгыта айымньы бастакы строкаларыттан биллэн барар.

  1. Бухатыыр оҕо уордаах, уолҕамдьы, киҥнээх майгыта:

Бу бэйэлээх бухатыыр киһибит

Олус уордаах уолҕамдьы эбит.

Эмньик тый эрчимэ эрчимнээҕэ,

Эһэ кыыл киҥэ киҥнээҕэ.

  1. Төрөппүттэрин тылын истибэт, онно-манна быралгылаан бара сатыыр, таптаабытынан сылдьарын иһин:

Төрөппүттэрэ киниттэн

Төрүт эрдэттэн сэрэнэн,

Бачча сааһыттан мастаахха

Батымаары гынна диэн,

Кэлгиэһиҥҥэ сытыарбыттар,

Кэтэбилгэ хаалларбыттар.

  1. Киһиргэс майгыта, тугу да сыаналаабата:

Муора тобугунан буолар эбит,

Халлаан хабарҕатынан хаалар эбит.

  1. Кыралары-кыаматтары сэнээһинэ:

Си-си сиикэниэ эттэҕиэн,

Сиик истээх, симэһин эттээх

Кумаардартан куттанан

Куотарбын көрүөххүт.

Быыра Баадьай айанын тухары кими да бэйэтигэр тиэрпэт буолуута, сэнээһинэ элбэхтик ахтыллар.

  1. Саастыылаахтарын кытта бииргэ тапсан сатаан оонньообот:

Тэлгэһэтэ силбэйэр

Тэгил бухатыырдарыныын

Дэҥи-тэппини истибэккэ

Дэлби кыыһырсаллар.

     Итинник быһыылаах-майгылаах оҕоттон төрөппүттэрэ эрдэттэн сэрэнэн “атах туппай, онно –манна түбэһиэ, ол-бу иэдээни үөскэтиэ, үүтү тоҕуо, үрүмэни салыа, үөһэ-аллара үөдэни тардыа” диэн хараххыт далайыттан хаһан да араарымаҥ диэн атын дьоҥҥо быһаараллар эбит.

1.2.Быыра Баадьай сырыылара.

   Быралгылаан бара сатыыр Быыра Баадьай бойбурун саҥа көтөхпүт ыттанан, ала тыһаҕас “аттанан”, алта оноҕостоох сааланан тэһийбэккэ-тулуйбакка дойдутун көрө, бэйэтигэр тэҥнээх доҕор булуна барар. Бу сырыытыгар кини араас быһылааҥҥа түбэһэр, сиэр-туому кэһэр, куһаҕан майгытын салгыы көрдөрөр.

  1. Бастаан көрсө түспүт таах сылдьар түөкүн ыты куттуур:

Түөрт харахтаах түөкүн ыт

Төгүрүйэ сүүрэн куотар

Быыра Баадьай булумньубун

Былдьаан ылыа баҕар диэн,

Быыппастан түһэ турда.

Куоппут ыттан “түөһүттэн түүрэ харбаан, түҥэлээн биэрбэккэбин” диэн Быыра Баадьай кыйаханар. Иннигэр көрбүтү барытын алдьатар адьынаттаах бухатыыр буолар. Айыы бухатыыра айыы дьонун араҥаччылыыр аналын хара маҥнайгыттан кэһэрэ көстөр.

  1. Үөр сылгыны үргүтэр. Ол куттаабытыттан киһиргээн “түбэспиппин түҥнэриэм,

табыллыбыппын таҥнарыам” диэн түөһүн кырбанар.

  1. “Топпотоҕум тоҕус хонно, аһаабатаҕым аҕыс хонно, туох ааттаах толуу көтөрө

тоһуйда” диэн кукаакы муҥнаах кутуругун быһа ытан, куһаҕаны күүппэтэх кукаакыны ытатар-соҥотор. Кукаакы Быыра Баадьайы ,, толкуйа суох далай акаары эбиккин, харыстыыр хаана суох эбиккин, аччыгыйы атаҕастаан аатырыаҥ суоҕа, онон хойутаан баран хомойуоҥ, бу барыта сэттэээх-сэлээннээх буолуо, сэмэҥ-суҥхаҥ туолуо” диэн сэрэтэр. Бу да сэрэтиини Быыра Баадьай эргитэ санаан көрбөт, кукаакы тылын аахсыбат.

  1. Салгыы айаннаан иһэн сылайан кымырдаҕастар оргулларын булан утуйан

баччыгынатар. Уйаларын былдьаппыт кыама суох кымырдаҕастар бухатыыр оҕону уйаларыттан сыҕарытаары үтэн-анньан көрөн мэлийэллэр. Мантан сээбэҥнээн уһуктан кэлбит оҕо бухатыыр кыыһыран тыһыынчанан кымырдаҕастары кырган кыайар. Бу куһаҕан быһыытыттан кэлэйэн ала тыһаҕаһа куотан хаалар.

  1. Иһирик ойуур иһигэр сөрүүкүү турар оҕус бороон күрдьүөттээбититн иһин  мас

баалтаарынан ытан салыннарар. Түбэспиппин барытын түҥнэри ууруом, табыллыбыппын барытын таҥнары ууруом диэн  киһиргэс санаатын хаалларбат.

  1. Мантан салгыы  кумаардары, күлүмэннэри кытта охсуһан ходуһа иһин толорор.

Кумаардар кулубаларын “кустарбытын үргүтүмэ,ходуһа отун тэпсимэ” диэн этэр  тылын-өһүн истибэт.

  1. Итинник быһыыланан айаннаан иһэн тигээйилэр дьиэлэригэр кэтиллэ түһэр.

Уйаларын алдьатарга сананар. Дьоһун тигээйи быһаарыытын истэ да барбат, уйаларын хайа ытар. Тоҕу тардыбыт иэдээниттэн кэһэйэн, тигээйилэргэ кыайтаран, Быыра Баадьай атах балай кыаһайар. Мунан хаалан муҥнанар.

    Быыра Баадьай обургу Аан дойдуну аймаабыт сураҕын истэн сорукка сылдьар Сата Дуолан бухатыыр кэлэн Υрүҥ Аар Айыы кырдьаҕас тылын-өһүн тиэрдэр. Кини илдьит-дьүһүөл тылыттан сиэттэрэн айыы сиэрин-майгытын быраабылатын таһаардым.

1.3.Сиэр-майгы быраабылата

     Олоҥхо геройун түктэри быһыытын ырытан, оҕо  хайдах тутта-хапта, саҥара-иҥэрэ сылдьыахтааҕын, ханнык сиэри-майгыны тутуһуохтааҕын арааран өйдүүрүгэр анаан быраабыла таҥан таһаардым. Бастаан кыра кылаас оҕото өйдүүрүгэр судургу буоллун диэн Быыра Баадьай мүччүргэннээх сырыыларын ырыттым. Онтон кини оҥорбут алҕастарын ыйан, Айыы сиэрин быраабылатын оҥордум.

     Айыы сиэрэ диэн амарах майгы барыта ааттанар. Айыы сиэрэ олус элбэх, баай ис хоһоонноох: эҕэрдэлэһии, доҕордоһуу, үлэһит буолуу, алҕаһы билинии, баары  харыстааһын, аал уоту ытыктааһын. Маны таһынан киһини үөрэтэр үгэс, сиэрдээх буолуу эмиэ элбэх: мээнэ айдаарыма, оту-маһы алдьатыма, уорума, сымыйанан этимэ, хадьар буолума, ыарыыттан көмүскэн.

    Айымньы геройа Быыра Баадьай сири-дойдуну көрө барбыт сырыыларын сыаналаан, төттөрү майгытын ырытан көрөххө, Айыы киһитин сиэрин-майгытын быраабылата тахсан кэлэр.

          1.Айылҕа кэрэтин өйдөөн көр, таптаа.

    2.Көтөрү-сүүрэри, үөнү-көйүүрү тыытыма, үрүмэччини үргүтүмэ, сылгы чыычааҕын муҥнаама.

    3. Оту-маһы алдьатыма. Сибэкки сиигин суулларыма.

    4. Тулалыыр эйгэҕин харыстаа, ходуһаны тэпсимэ.

    5.Дьоҥҥо-сэргэҕэ үчүгэйдик сыһыаннас.

    6.Кыралары, кыамматтары атаҕастаама.

    7.Кырдьаҕастары ытыктаа, тылларын иһит.

    8.Төрөппүттэргин хомотума, көмөлөс.

          9. Айдаана суох көрсүөтүк сырыт.

         10. Сэнээмэ.

          11.  Иирсээни-айдааны тардыма.

          12. Куһаҕан быһыыгынан киһиргэнимэ.

          13. Υтүө тылы өйдөөн иһит.

          14. Кэрээнэ суох киһиттэн, кэрэ, үтүө тахсыбат.

      Бу быраабыланан сирдэтэн, оҕо  айыы суолун тутуһан сылдьыахтаах  эбиппит диэн  өйдөбүлгэ кэлэр. Оскуолаҕа, общественнай миэстэҕэ хайдах туттан-хаптан сылдьыахтааҕын билэр, төрөппүттэрин, улахан дьон тылын болҕойон истэр, бэйэтин саастыылаахтарын кытта биир тылы булан тапсан оонньуур, бодоруһар буоларга олоҥхоттон үөрэнэр.       К.Н.Туйаарыскай олоҥхо-остуоруйатын этэр сүрүн санаата бу таһаарбыт сиэр-майгы быраабылабытыгар түмүллэр.

Түмүк

Мин  биир  дойдулааҕым, оҕо суруйааччыта  Константин  Туйаарыскай  ,,Быыра Баадьай,, олоҥхо-остуоруйатын ырытан баран маннык түмүккэ  кэллим.

  1. “Быыра-Баадьай” кыра кылаас оҕото ааҕарыгар тыла-өһө, тутула сөптөөх. Айымньы уһун-киэҥ сюжета суох. Сүрүн герой-оҕо бухатыыр. Олоҥхо уонна остуоруйа икки ардынан суруллубут буолан, кыра саастаах ааҕааччыны умсугутар, тардар ис хоһоонноох. Айымньы кээмэйэ тэттик буолан, оҕо толору ааҕар кыахтаах.
  2.  Кыра кылаас оҕото бу сааһыгар үтүөнү-мөкүнү араарарга үөрэнэр кэмэ. Ол иһин айымньы иитэр-үөрэтэр ис хоһооно онно толору сөп түбэһэр. Манна үөрэнээччи герой майгытын-сигилитин ырытан көрөн, Быыра Баадьай алҕастарын, мөкү быһыыланыытын сөпкө өйдүүр. Мантан сиэттэрэн, “Айыы киһитэ аһыныгас, күн киһитэ көмүскэс” диэн өйдөбүлү ырытан, сиэр-майгы быраабылатын кэбэҕэстик ылынар, өйдүүр.
  3. К.Н. Туйаарыскай ,,Быыра Баадьай,, олоҥхотун кылаас таһынан ааҕыыны тэрийэн, уус-уран тыл кэрэ эйгэтигэр киллэрэн, айымньы сүрүн санаатын иитэр үлэҕэ таба туһаныахха сөп.

   Бу олоҥхо саха оҕотун аһыныгас санаалаах, төрөппүт, кырдьаҕас дьон тылын өйдөөн-дьүүллээн истэр, кыралары-кыамматтары атаҕастаабат,  ийэ айылҕаны харыстыыр, Айыы сиэрин-туомун тутуһар буоларга  үөрэтэр.

Туһаныллбыт литература

  1. Константин Туйаарыскай. Остуоруйалар. Кэпсээннэр. Хоһооннор.-Дьокуускай: Бичик, 2012.-141 с.
  2. Поликарпова Е.М.Гоголева М.Т. Олоҥхону –ыччакка.-Дьокуускай: Кудук, 1998.-62 с.
  3. Чехордуна Е.П.Иванова Е.П. Олоҥхо эйгэтэ.-Дьокуускай: Бичик, 2005,-70 с.
  4. Филиппова Н.И., Чехордуна Е.П. Олоҥхо педагогиката: олоххо киллэрии суола-ииһэ, ньымалара.-Дьокуускай, 2007.
  5. Филиппова Н.И. Олоҥхоҕо кэпсэтии сиэрэ.-Дьокуускай: РИЦ “Офсет”, 2006.