Тирэх таблицалар. Морфология.
учебно-методический материал на тему
Предварительный просмотр:
Аат тыл морфологическай бэлиэтэ
Ыйытыыта | Арааһа | Суолтата |
Ким? уол, учуутал Туох? ыт, чааскы | Уопсай: киһи, иһит Анал: Ваня, Моойторук | Предмет: сурук, эт Өйдөбүл: дьол, доҕор |
Ахсаана (биир / элбэх) | Падеһа (8 падеж) | Тардыылаах |
Ат, от Аттар, оттор | Ат, атта, акка, аты, аттан, атынан, аттыын, аттааҕар | Атым, аппыт, аттарым |
Аат тыл кэпсиирэ сыһыарыытын ылыыта
Сирэйэ | Биир ахсаан | Элбэх ахсаан |
1 | -бын (-пын, -мын) | -быт (-пыт, -мыт) |
2 | -ҕын (-гын, -хын, -ҥын) | -ҕыт (-гыт, -кыт, -хыт, -кыт) |
3 | - | - |
Аат тыл үөскүүр ньымата
Пааралаһан | Сыһыарыынан | Тыл суолтата көһөн |
сир-дойду кус-хаас саҥа-иҥэ | ырыа-һыт, уол-чаан, кулун-чук, бар-ыы, хамс-ааһын, тут-ааччы, ый-аах, ыйыт-ык, ай-ымньы, тут-ул, сата-был, болҕо-мто | дьиэлээх кыайбыттар элбэхтэр |
Аат тыл атын аат тылтан уонна туохтууртан –һыт, -чаан, -чык, -ааһын, -ыы, -ааччы о.д.а. сыһыарыынан үөскүүр.
+ ааһын өйдөө – өйдөөһүн
+ ыы бар - барыы
Саха тылыгар элбэх ахсаан суолтатын биэрэр ньыма арааһа
Аат тыл падеһа
№ | Падеж | Ыйытыыта | Сыһыарыыта | |
а.д. кэннэ | б.д. кэннэ | |||
1 | Төрүт | Ким? туох? | - | - |
2 | Араарыы | Кимнэ? Туохта? | -та | -да, -ла, -на |
3 | Сыһыарыы | Кимиэхэ? Туохха? | -ҕа | -га, -ка, -ха, -ҥа |
4 | Туохтуу | Кими? Тугу? | -ны | -ы |
5 | Таһаарыы | Кимтэн? Туохтан? | -ттан | -тан |
6 | Туттуу | Киминэн? Тугунан? | -нан | -ынан |
7 | Холбуу | Кимниин? Туохтуун? | -лыын | -дыын, -тыын, -ныын |
8 | Тэҥнии | Кимнээҕэр? Туохтааҕар? | -тааҕар | -дааҕар, -тааҕар, -нааҕар |
Тардыылаах аат тыл
Предмет кимиэнэ, туох киэнэ буоларын көрдөрөр аат тыл тардыылаах аат тыл дэнэр.
Тардыылаах аат тыл суолтата:
- бас билии: мин ытым;
- предмет чааһа: кинигэ ойуута, от силиһэ;
- предмет анала, идэтэ: ат сыарҕата, оскуола директора;
- биир бөлөххө киириини: саха дьоно, мин дойдум.
Тардыылаах аат тыл үөскүүр сыһыарыыта
Сирэйэ | Биир ахсаан | Элбэх ахсаан (-лар сыһыарыы кэнниттэн эбиллэр) |
1 с. | Оҕо-м, ат-ым | Оҕо-лор-бут, ат-тар-быт |
2 с. | Оҕо-ҥ, ат-ыҥ | Оҕо-лор-гут, ат-тар-гыт |
3 с. | Оҕо-то, ат-а | Оҕо-лор-о, ат-тар-а |
Тардыылаах аат тыл ахсаана
Биир биирдээҕэ - мин кинигэм
Биир элбэхтээҕэ – мин кинигэлэрим
Элбэх биирдээҕэ – биһиги кинигэбит
Элбэх элбэхтээҕэ – биһиги кинигэлэрбит
Аат тылы саҥа чааһынан ырытыы
- ыйытыыта, суолтата (киһи/киһиттэн атын атын тыынар тыыннаах, предмет/өйдөбүл, уопсай/анал).
- Олоҕо. Төрүт/үөскээбит, сыһыарыыта (үөскээбит олоххо), аттарыы.
- Судургу/ тардыылаах аат тыл.
- Ахсаана: судургу аат тыл (биир/элбэх ахсаан); тардыылаах (биир биирдээҕэ, биир элбэхтээҕэ, элбэх биирдээҕэ, элбэх элбэхтээҕэ).
- Падеһа.
- Тардыылаах аат тыл сирэйэ.
- Этиигэ ханнык чилиэн буолара.
Аат тыл этиигэ туттуллуута
Этии чилиэнэ | Ыйытыыта | Холобур |
Туһаан | Ким? туох? | Балаҕан иһигэр Өлөксөй ытаата. |
Кэпсиирэ | Кимий? | Эдьиийим – врач. |
Толоруу | Ойоҕос падеж ыйытыыта | Кураанах хамыйах айахха баппат. Туохха баппат? |
Сиһилии | Хантан? Ханан? Ханна? | Ас халлаантан түспэт. Кыһыл көмүс кытах түннүгүнэн төкүнүйэр үһү. Сир анныгар итии болгуо сытар үһү. |
Быһаарыы | Хайдах? | Тимир күрдьэх кутуругунан суруйар үһү. |
САҤА ЧААСТАРА
Ааттар Туохтуурдар Уларыйбат тыллар
По теме: методические разработки, презентации и конспекты
Сыйфатларны өйрәнәбез. Интерактив такта өчен таблицалар.
Сыйфат сүз төркемен интерактив такта кулланып укыту өчен, таблицалар тәкъдим ителә....
Татар теле буенча таблицалар
Татар теле укытучыларына ярдәмлек - таблицалар...
Исем сүз төркемен өйрәнү өчен таблицалар
Исем сүз төркемен интерактив такта кулланып укыту өчен таблицалар 4-7 кл....
Иярченле кушма җөмләләрне өйрәнү өчен таблицалар
Интерактив такта кулланып, иярченле кушма җөмләләрне өйрәнү өчен таблицалар...
Обобщающий урок по русскому языку в 6 классе по теме "Морфология" ("Космическое путешествие в страну Морфологию")
Обобщающий урок по теме "Морфология" ("Космическое путешествие по морфологическим планетам"). 6-й классЦели и задачи урока: Образовательная – обобщение темы “Морфология”; закрепление ...
Урок- представление в 7 классе по теме «Морфология» «В гостях у Морфологии»
Цели урока: содержательная: повторить, обобщить, систематизировать изученное ранее в разделе «Морфология»; повторить ключевые термины темы, орфограммы; совершенствовать умение различать ча...
Разработка конспекта урока по биологии 7 класс «Морфология листа. Лабораторная работа №22. «Изучение морфологии листа на живых объектах или гербарных образцах»
Урок биологии «Морфология листа» проводился в 7 классе в ходе программного изучения раздела «Строение и жизнедеятельность семенных растений. Лист.»Данный урок позволил пр...