Сценарий "День якутского языка"
занимательные факты по теме
13 февраля день рождения С.А. Новгородова - день якутского родного языка и письменности. В файле сценарий торжественной части открытия Декады родного языка.
Скачать:
Вложение | Размер |
---|---|
toroobut_tyl_kunun_ahyllyytyn_scenariya.docx | 25.75 КБ |
Предварительный просмотр:
Семинар аhыллыытын торжественнай чааhын сценарийа.
1) Чороонноох ункуу - МБДОУ «Ласточка» (комп. С.К.П.)
Слайд №1 (фон №1 – торж. С.К.П.)
ЕЕД- Нөрүөн – нөргүй буолуохтун, ыраахтан–чугастан ынырыыбытын ылынан кэлбит ытык-мааны ыалдьыттар, биир идэлээхтэрбит, билии киэӊ аартыгар угуйааччылар!
ГНН- Алама5ай маӊан кунунэн чысхаан тымныы аргыстаах, чыгдааннаах дьыбардаах, уhун айаны аахсыбакка төрөөбүт ийэ тылы үрдүктүк тутан тимир көлөнөн элбэх күөллэри туораан кэлбит семинар кыттыылаахтара!
ЕЕД- Үөскээбит кэскилим,
Төрөөбүт соругум диэн
Саха урааӊхайга
Саргыны салайарга
Сананан сылдьабын
Саӊаhым барахсаттар!!!
ГНН- Ытык ырам
Ыhыллыа суо5а,
Айыы санаам
Алдьаныа суо5а,
Кэрэ санаам
Киэркэйэн биэриэ…
Слайд №2(С.А.Новгородов) (фон №2 С.К.П.)
ЕЕД - Олунньу 13 күнэ- саха норуотун улуу сырдатааччы Семен Андреевич Новгородов торообут күнэ – САХА ТЫЛЫН КҮНЭ.
ГНН – Ийэ тыл – киhи бар5а баайа, тыынар салгына.
Слайд №3 (флаг) (фон №2 СКП)
ЕЕД – Төрөөбүт тыл - норуот уhун кэмӊэ олорбут оло5ун историятын тыыннаах кэрэhитэ. Омук тыла сайдыылаах, баай, этигэн, хомо5ой буолла5ына омук бэйэтэ эмиэ оннук; өйө-санаата чэбдик, киэӊ кө5үстээх, инники кэскилигэр бө5ө санаалаах буолар.
Слайд №4 (Кулаковский)
ГНН- Саха суругунан уус–уран литературатын төрүттээччи, фольклорист, лингвист, бөлүhүөк А.Е.Кулаковскай 1900 сыллаахха «Байанай алгыhа» хоhоонун алгыс тылынан арыалланан, арчыланан саха литературата сайдыбыта.
ЕЕД- 1910 сыллаахха суруллубут «Ойуун түүлэ» филосовскай поэматыгар Саха омуга сайдар суолун туhунан санаатын эппитэ сүдү суолталанан «Үйэ айымньытынан» бары омуктар билиннилэр. Өксөкүлээх - Өлөксөй Саха омугун Нострадамуhа.
(Видеозапись «Ойуун түүлэ») ГНН
Слайд №5 (хомус)
ГНН – Бу кэмнэргэ айыллыбыт саха национальнай инструмена Хомус туhунан анааран суруйуута туолла, ол курдук 2011 сыллаахха Гиннес рекордун кинигэтигэр киирдэ. Этигэн, хохуоралаах тыллаах, дьүрүhүйэр тыастаах хомуспут Саха омук культууратын, духовнаhын Аан дойду таhымыгар таhаарда.
2) Ункуу «Хомус тыаhа» 8-10 кл (комп СКП)
Слайд №6 (Книги Кулаковского) фон №2 СКП
ЕЕД- А.Е.Кулаковскай үйэтин тухары Саха сирин бары оройуоннарын кэрийэ сылдьан, норуот тылын-өhүн хоhоонун, фольклорун хомуйбута. Кини тылга 8 үлэни бэчээттэппитэ.
Слайд №7 (таӊара)
ГНН – Саха бастакы алфавита 1819 сыллаахха оӊоhуллубута, ол эрэн кыайан тэнийбэтэ5э, арай а5ыйах таӊара кинигэтэ тахсыбыта.
Слайд №8 (Пекарский), №9 (олонхосуты)
ЕЕД- 1851 сыллаахха академик Отто Николаевич Бетлингк оӊорбут алфавитынан Эдуард Карлович Пекарскай аатырбыт тылдьыта, Cаха литературатын са5алаачыллар А.Е. Кулаковскай, А.И. Софронов бастакы уус-уран айымньылара, сахалыы сурунааллар, хаhыаттар бэчээттэнэллэрэ. Саха дьоно бэйэ-бэйэлэрин кытта Бетлингк алфавитынан суруйсаллара. Ол эрэн, саха норуотун киэӊ араӊата уорэ5э, суруга суо5а.
Слайд (основной №10)
3) Номер Ефимова Марта «Хомуска дьүhүйүү»
Слайд №11 (Новгородов и семья, бала5ан)
ГНН- Саха норуотун маассабай суругун-бичигин алпабыытын айан төрүттээбит бастакы учуонай лингвист С.А. Новгородов 1892 сыллаахха Чурапчы оройуонугар Болтоно нэhилиэгэр күн сирин көрбүтэ. Кинини кыра сааhыгар Иван Трофимович Цыценко диэн Орто-Халыма куоратыгар ссылка5а олоро сылдьыбыт киhи суруйарга, аа5арга, ахсаанна үөрэппитэ.
Слайд №12 (Питер и Новгородов)
ЕЕД- С.А. Новгородов Дьокуускайдаа5ы реальнай училищены ситииhилээхтик бүтэрэн, 1913 сыллаахха Петроградка университетка үөрэнэ киирбитэ. Онно кини илиӊӊи омуктар тылларын кичэйэн үөрэппитэ.
ГНН- 1913 сыллаахха народнай учууталлар Бүттүүн Россиятаа5ы съезтэригэр «Краткие сведения об якутах, их школы и их право на образование» дакылааты аахпыта. Онно кини хорсуннук сахалыы тылынан үөрэтэр национальнай оскуолалары аhарга уонна сахалыы тылынан о5о үөрэнэр кинигэлэрин таhаарыыны үбүлээhини олохтуурга туруорсубута.
Слайд №13(Сурук-бичик, книги), №14(Табаахырап)
ЕЕД- Политссыльнай, этнограф, педагог Всеволод Михайлович Ионов оӊорбут букубаарын, кинигэттэн көӊүллэтиини ылан эрэ баран, бу букубаары уларытан уонна эбэн С.А. Новгородов «Сахалыы сурук-бичик» (Якутский Букварь) диэн үлэни уобаластаа5ы типография5а 1917 сыллаахха Дьокуускайга бэчээттэтэн таhаарбыта. Ол курдук 1922 сыллаахха республика бары оскуолаларыгар сахалыы тылынан үөрэтии киллэриллибитэ. 1923 сыллаахха С.А. Новгородов алпабыыта шрифкэ куттуллан үчүгэй кумаа5ыга «Сурук-бичик» сахалыы букубаар уонна «Аа5ар кинигэ» утуу-субуу бэчээттэнэн тахсыбыттара.
Слайд №15,16,17
ГНН- Саха норуота Новгородов айбыт алпабыытынан 1939 сыллаахха диэри туhаммыта. «Кыым» хаhыат, «Чолбон» уонна «Кыhыл ыллык» общественнай политическай уус-уран сурунааллар тахсыбыттара, Саха сиринээ5и кинигэ таhаарар государственнай издательство 1926 сылтан тэриллэн үлэлээбитэ. Ити курдук саха норуота үүнүү-сайдыы, үөрэхтэнии суолугар эрэллээхтик үктэммитэ.
4) ЕЕД «Сахам сирэ» СКП
(18,19,20,21,22,23,24,25,26,27,28,29,30)
Слайд №31,32,33,34,35,36
ГНН- Лингвист С.А. Новгородов төрөөбүт күнэ – Сурук-бичик күнүнэн бэлиэтэнэр. Бу дьаhал СР бастакы президенэ М.Е. Николаев Ыйаа5ынан 1996 сыллаахха олохтоммута. СР вице-президенэ А.К. Акимов анал дьаhалынан 2005 сыллаахха С.А. Новгородов аатынан бириэмийэ олохтоммута. СР иккис президенэ В.А. Штыров аналлаах Ыйаа5ынан 2007 сыллаахха олунньу 13 күнүгэр «Бичик» национальнай кинигэ кыhатыгар С.А. Новгородов аата иӊэриллибитэ.
Слайд №37,38
ЕЕД- Төрөөбүт сахатын тылын сайыннарыыга-чинчийиигэ оло5ун анаабыт С.А. Новгородовка дьоно-сэргэтэ сүгүрүйэр-махтанар.
Слайд №39
ГНН- Саха урааӊхай
дьоло томтойуор,
өрөгөйө үрдүөр,
баайа бар5арыар,
быйаӊа дэлэйиэр,
өйө-санаата уhуор,
үөрэ5э дириӊиэр диэритин (…),
оӊорбут оӊоhуум
ордук үчүгэй буолан иhиэ.
Сэмэн Новгородов
Слайд №40
ЕЕД- Оhуохай
По теме: методические разработки, презентации и конспекты
Изучение якутскому языку через песни для русскоязычных детей
В нашей республике Саха(Якутия) создаются определённые условия для того, чтобы люди любой национальности имели возможность знать, изучать и общаться на якутском языке я предлагаю свою маленькую помощь...
Методические рекомендации для проведения уроков по предмету "Якутский язык как государственный" для русскоязычных школ Анасенко Татьяны Семеновны, учителя высшей категории, отличника образования Республики Саха (Якутия), преподавателя ТСШИ.
Преподавание разговорного якутского языка по системе академика Л.В. Занкова....
ГИА по якутскому языку
сама написала пробный тест по ГИА на конкурс...
Сценарий КТД 6-го класса на тему "День народного единства" (на русском и якутском языках)
Коллективное творческое дело учеников 6-го класса на тему "День народного единства" . На русском и якутском языках. с презентацией...
Творческие работы на якутском языке воспитанников юнкорпоста Дьо5ур
статьи, рассказы, стихотворения......
Урок якутского языка "Сахалыы уут астара. Якутская молочная пища"
Цель: Создать условия для восприятия и ознакомления с особенностями якутской пищи на якутском языке....
статья "Изучение русского языка в национальной школе с опорой на родной якутский язык"
Изучение русского языка в национальной школес опорой на родной якутский язык....