ГИА по якутскому языку
тест (9 класс) по теме
сама написала пробный тест по ГИА на конкурс
Скачать:
Вложение | Размер |
---|---|
konkurs_kim_ot_ivanovoy_s._v.2.doc | 79.5 КБ |
Предварительный просмотр:
Заявка на участие в конкурсе КИМ
- Иванова Саргылана Васильевна
- МБОУ «Тылгынинская средняя общеобразовательная школа им. И. Н. Ханды» Вилюйского улуса РС( Я)
- Учитель якутского языка и литературы
- Дом. тел: 84113229215, сот. тел: 89142321497
- Эл. почта: sargylana.forever@mail.ru
- Предмет : якутский язык и литература
- Класс: 9
- Уровень: базовый
Тема, раздел: Саха тыла.8 кылаас. Судургу этии. Холбуу этии.
Саха тыла. 9 кылаас. Холбуу этии стилистиката. Тиэкис синтаксиһа.
Быһаарыы сурук (объяснительная записка для сопровождения).
Бу сорудахтар 9 кылаас ГИА экзаменыгар ананан оҥоһулуннулар. Орто базовай оскуола программатыгар олоҕуран оноһулунна. А сорудахха 4 вариантан 1 вариана сеп. В сорудахха этии нүөмэрин эбэтэр биир, икки тылынан эппиэттииллэр. С сорудахха бэриллибит тема5а автор тексигэр олоҕуран өйтөн суруйаллар. Нуучча тылын типовой сорудахтарыгар майгыннатан оҥордум.
үөрэнээччигэ быьаарыы сурук( объяснительная записка для обучаемого)
А сорудахха биир эрэ сөптөөх эппиэт баар, 4 эппиэттэн 1 эппиэти талаҕын. В сорудахха 3 бастакы сорудахха биир эбэтэр икки, үс тылынан эппиэттээн суруйаҕын блаҥка5а. С сорудахха бэриллибит текскэ олоҕуран өйтөн суруйаҕын.
1 чааьа
А1. Сөпкө суруллубут тылы тал: 1. Маҕан 2. Кыптыый 3.Сассын 4. Салабаар
А2. Этии тутаах чилиэннэрин атыннык туох диибитий? : 1. Саҥа чаастара 2. Туһаан уонна кэпсиирэ 3. Этии грамматическай олоҕо 4. Этии ойоҕос чилиэннэрэ
А3. Саха алфавита хас буквалаа5ый? : 1. 41 2. 40 3. 39 4. 33
А4. Ханнык тыл сөпкө көспутуй?: 1. Май-ор 2. Баар-тык 3.Бас-кы-һыанньа 4. Ат-тест-ат
А5.Туһулууга сурук бэлиэтэ сөпкө турарын тал:
Тоҕойуом( 1) Хачыгыр( 2) миигиттэн(3) хоргутума. (Эрилик Эристиин)
- 2,3
- 1,2
- 1
- 1,3
А6.Сирэй саҥаҕа сурук бэлиэтин сөпкө туруор:
Ээ(1) дии саныыр (2) ыт (3) эһэ эмиэ(4) хоргус эбит . Киһини көрдөөтөххө сатаныыһы. (Ненец остуоруйата)
- 3,4
- 1,2,3,4
- 1,2
- 1
А7. Холбуу этиигэ сурук бэлиэтин туруор:
Маҥан табачааннар(1) көстөр (2)буоллахтарына(3) ол аата табалар бааллар . (Андрей Кривошапкин)
- 1,2
- 2
- 1,3
- 3
А8 . 1.Дурдабытын оностон олоробут. 2. Саҥардыы дурдабытын оҥостон эрдэхпитинэ, кынаттар тыастара куугунастылар да, уу тыаһа чарылыы түстэ. 3. Дурда куолаҕайынан көрдөхпунэ ,бачымах курдук харалар көстөллөр эрээри, онтон хаһа куһун, хаһа мончуугун кыайан араарбатым. 4. (1)Аҕам(2) саатын (3)тыаһа (4)икки (5)төгул (6)субуруччу (7)ньиргийдэ. 5. Мин ойон турдум. 6.Икки кус үөс диэки көттулэр, өссө үс кус мончууктар ортолоругар мөхсөн булумахтаналлар. (Николай Лугинов)
А9. Текстэн холбуу этиилэри бул: 1. 2,3,6 2. 4,5 3. 1,3,6 4. 2,3,4
А10. А8 текстэн 4 этии тутаах чилиэннэрин бул: 1. 6,7 2. 3 3. 7 4. 6
А11. А8 текстэн биир састааптаах быһаарыылаах сирэйдэммит этиини ый: 1. 5 2. 4 3.2 4.1
А12. Араарылллыбыт сиһилиигэ сурук бэлиэтин туруор:
Туртаччы тоҥмут сирэйэ(1) улам-улам кытаран (2)тиритэн (3)буруолаан(4) чэпчээн(5) дьэ туттуута киирбитэ.
- 1,2,3
- 2,3,4,5
- 1,2,3,4,5
- 4,5
А13. Биир уустаах этии чилиэнигэр сурук бэлиэтин сөпкө туруор:
Туран Тургэнин аһатта(1) быһаҕын буруустаата (2) туһах хатта (3) кинигэтин ботуоҥкатыгар хаалаата(4) уонна таайа бэлэхтээбит сабыс-саҥа пугаһын ылан сыттыгын анныгар укта. (С. О.)
- 1,2
- 2,3,4
- 1,3
- 1,2,3
А14. Этиигэ тыл ситимин ый:
Аара аһыыр ыһыккын мөһөөччуккэ уктубаккын . ( Петр Тобуруокап)
- Салайыы
- Сөпсөһүү
- Тардыы
- Сыстыы
А15. Этиигэ тоҕо соппутуой турбутун ый:
Бэйи, билигин бултаан эрэбин диэн киэбиримэ, баҕар, утэһэҥ тостуо. (Амма Аччыгыйа)
- Кыбытык тыл
- Туһулуу
- Араарыллыбыт сиһилии
- Сирэй саҥа
А16. Сомоҕо-домох суолтатын быһаар:
Тиҥилэҕэ харааран хаалла.
- Бэрдимсийэр, киһиргиир
- Тургэнник сүүрдэ, куотта.
- Оҕо кыратык да туһалаатаҕына итинник дииллэр
- Эр санаатын ылынна
А17. Тыл лексическэй суолтатын таба ый:
Тирбэҕэ.
- Уокка күөһу иилэн оргутар мас
- Сиргэ-дойдуга халыйар уу
- Кун сардаҥата
- Тирии быа
А18. Бэриллибит тылга сөптөөх синоним кэккэтин тал:
Кытыгырас
- Кыралаах, ыччаттаах
- Сүүрүк, быһый, чэпчэки, атаҕынан кыанар
- Сиэ, үссэн, өллөн, мотуй, манный
- Сүүнэ, аарыма
А19. өс хоһоонун сөпкө ситэр:
Аска аҕыйах үчүгэй…
- …мэ диэтэххэ мичик гынар
- …кэлин атах сиппэт
- …үлэҕэ элбэх үчүгэй.
- …харах чугаһы көрөр.
А20. Тардыылаах ааттары бул:
Холлой (1)итиччэни истэн баран , (2)хаана дьэ ситэ (3)оргуйда, (4)уҥуоҕа илибирэс буола тустэ. (Амма Аччыгыйа)
- 1,3
- 2
- 4
- 2,4
А21. Киирии даҕааһыннар ханнык кэккэ5э тэҥ сыһыарыылаахтарый?
- Химическ.., термическ.., техническ..
- Грамматическ.., космическ.., типов..
- Курортн.., электрическ.., статическ..
- Стационарн.., комфортн.., домов..
А22. Хоһооҥҥо сурук бэлиэтин сөпкө туруор:
Эдэркээн уолаттар(1) кыргыттар(2)
Симэхтээх(3) таҥастаах хотуттар(4)
Бу чаҕыл харахтар(5) мичээрдэр(6)
Уөрүүнү-көтүүнү этэллэр.
- 1,2,3,4
- 1,2,4,5
- 1,2,4,5,6
- 1,2,5
А23. Биир соппутуойдаах этиини ый:
- Биһиги дьиэбитигэр барыахтаахпыт.
- Уруок бүттэҕинэ биһиги дьиэбитигэр барыахтаахпыт.
- Уруок бүттэ онон биһиги дьиэбитигэр барыахтаахпыт.
- Уруок бүппүтүгэр биһиги кылаастан ойон таҕыстыбыт.
А24. Тире турар этиитин ыйыҥ:
- Абааһы уола аан дойдуну аймаабыт.
- Улуу Лена эбэ хотун киэни-кэрэтин эбитин!
- Бу кэрэ кыыһы тургэнник аҕала оҕус.
- Бэйбэрикээн эмээхсин көрбутэ орон үрдүгэр кыыс олорор эбит.
А25.Бэриллибит этиигэ ханнык быраабылаҕа олоҕуран ускуопка турда?:
Быьа5ы Лана (оччоттон сүрдээх кыыс) булумньу угар дьааһыкка уктарбыта.
- Кыбытык этии.
- Тэнийбит даҕаамыр.
- Биир уустаах чилиэн.
- Этии сиппэтэх.
А26. Бэриллибит этиигэ ханнык быраабылаҕа олоҕуран хабыычыка турда?:
«Дьэ буоллаҕа», - Анна Ивановна сымнаата.
- Этии иһигэр тыл суолтатын анаан бэлиэтиир.
- Сирэй саҥа.
- Диалог.
- Тэҥҥэ холбоммут холбуу этии.
А27. Бэриллибит этиигэ ханнык быраабылаҕа олоҕуран икки туочука турда?:
Маҕаьыыҥҥа туох барыта баар: торт, пирожнай, бичиэнньэ, булка.
- Сирэй саҥаҕа автор тылын кэнниттэн.
- Тэҥҥэ холбоммут холбуу этии бастакы чааһа кэнники чааһын быһаарар.
- Түмэр тыл биир уустаах чилиэн иннигэр турар.
- Этии иккис чааһыгар биир уустаах чилиэн баар.
Бэриллибит тиэкиьи аа5ан баран А28-А30, В1-В8, С1 сорудахтары толорун.
(1)өрус баһыгар хаардаата быһыылаах , куба, хаас хойуутук киирбитэ хаһыс да туунэ буолла. (2) Кинилэр аргыс тыалга үүрдэрэн, кый үөһэнэн ооҕуй-оҕус ситиминии көтөн субуһаллар. (3) Биһиги, иккиэ буолан, сүөсуһуттэр тахсар кыстык дьиэлэрин өрөмүөннүү баран иһэбит. (4) үөһээ – айан хааһын саҥата, аллараа – тыа баһын куугуна.
(5)үрдүбүтүгэр куба саҥарбытыгар өрө көрө түспүппүт, саа ылбат сиринэн сүүрбэччэ куба ааһан иһэр эбит. (6) Онтон, сааҕа табыллыбыттыы, үс куба, үөрдэриттэн быстан, аллараа санньылыһан бардылар. (7)Анныларыгар Эбэ баһа күөл мэндээрэ сытар. (8) Уертэн биир куба туораата уонна, тугу эрэ умнубуттуу дуу, тугу эрэ хаалбыт доҕотторугар «этээри» дуу, төттөру көтөн кэллэ. (9) Мин өйдөөбөккө доҕорум диэки көрдум.
(9) – Ити оҕо кубалар, сындалҕаннаах уһун айаҥҥа ситэ кытаата илик кынаттарын сэниэтэ эстэн , сынньана, аһыы, үөрдэриттэн быстан хааллылар. (10)Онуоха ийэлэрэ эрэйдээх оҕолоругар төннөн кэллэ. (11) Сурэҕин быһан ылан быраҕыа баара дуо? (12) Аьаан, сынньанан баран, о5олорун сирдээн, айанын салгыаҕа, - доҕорум кэпсии истэ.
(13) Ийэ сурэҕэ. ийэ аһыныгас сурэҕэ – мин сурэҕим ньүөлуйбэхтээн ылла.
(14) Ханна да сырыттарбыт, ханна да тиийдэрбит ийэ барахсан сурэҕин истиҥ иэйиитин билэбит эбээт. (Василий Иванов)
А28. Текст саамай сурун санаатын этэр этиини бул:
- Кубалар уонна хаастар со5уруу дойдуга кыстыы бараллар.
- Сындалҕаннаах уһун айан эрэйдэрэ.
- Ийэ сурэ5э куруук оҕотун кытта.
- Ким доҕордоох-ол дьоллоох.
А29. 5-9 этиилэргэ текст тиибин ый:
- Ойуулааһын
- Сэһэргээһин
- Тойоннооһун уонна сэһэргээһин
- Тойоннооһун
А30. Нууччаттан киирбит сахатыйбыт тыллаах этии нүөмэрин ый:
1 .1 2. 2 3. 3 4. 4
2 чааьа
В1- В3 сорудахтарга эппиэккин биир эбэтэр икки , ус тылынан суруйаҕын.
В1. 1-3 этиилэртэн тэҥнээьини булан суруй.
В2. 12 этииттэн тардыылаах аат тылы булан суруй.
В3. 3 этииттэн тардыы ситимин булан суруй.
В4-В8 сорудахтарга эппиэккин сыыппаранан суруйаҕын.
В4. 3-7 этиилэртэн идэни көрдөрөр аат тыллаах этии нүөмэрин суруй.
В5. 3-5 этиилэртэн даҕаамырдаах этиини суруй.
В6. Риторическай ыйытыылаах этии нуөмэрин суруй.
В7. 3-8 этиилэртэн кэпсиирэ көппут этиитин бул.
В8 8-11 этиилэртэн биир уустаах араарыллыбыт сиһилиилээх этиини бул.
3 чааьа
Аахпыт текскэ оло5уран өйтөн суруйуҥ. Текст проблемата тугуй? Автор тугу этиэн ба5арбытый? Текстэн элбэх цитатаны туьаммаккыт.
Автор аа5ааччыга этэ сатаабыт санаатын өйдөөтугут дуо? Ону кытта сөбулэһэ5ит дуо? То5о? Эппиэккитин сааьылаан, чочуйан суруйун. Олоххутуттан эбэтэр атын айымньыттан холобур а5алыаххытын сеп, өйтөн суруйуу 150 тылтан кыра буолбат. Бу текскэ оло5уран суруллубатах үлэ сыаналаммат. Автор тексин кэпсээн биэрбэккит, оннук тубэлтэ5э 0 балл турар.
Буочаргыт аа5ыллар , улэҕит марайа суох буолуохтаах.
Туһаныллыбыт литература:
- Саха тыла. Морфология : 6 кылааска үөрэнэр кинигэ /Н. Н. Неустроев, Е. К. Васильев, С. С. Семенова. – 1999 сыллаа5ы учебник тираһыгар эбии таһаарыы.- Дьокуускай: Бичик, 2009.
- Саха тыла. Морфология: 5-6 кылааска үөрэнэр кинигэ/ Н. Д. Дьячковскай, П. С. Афанасьев, Г. Д. Сосин, В. М. Анисимов. – Якутское книжное издательство, 1985
- Саха тыла: 8-9 кылааска үөрэнэр кинигэ/ И. П. Винокуров, Г. Г. Филиппов, М. Е. Филиппова. – Дьокуускай: Бичик, 1998.
- Сиэннэрбэр суруйааччылары сэһэргиим/ Анна Слепцова – Туобу Аана. – Дьокуускай: Бичик, 2008.
- Саха тылын сомоҕо-домоҕун тылдьыта / Н. С. Григорьев. – Якутск. Кн. Изд-во, 1974
- Төрөөбут литературабыт: 6 кылааска уөрэнэр учебник-хрестоматия/ И. А. Божедонов. П. И. Оконешникова, Е. М. Поликарпова.- Якутскай. Саха сиринээ5и кинигэ издательствота, 1992.
- Утуө аргыс: хоһооннор, кэпсээннэр, сэһэннэр/ Хомуйан оҥордулар: Г. А. Кирова, Е. М. Малышева. – Дьокуускай: Бичик, 2003.
По теме: методические разработки, презентации и конспекты
Изучение якутскому языку через песни для русскоязычных детей
В нашей республике Саха(Якутия) создаются определённые условия для того, чтобы люди любой национальности имели возможность знать, изучать и общаться на якутском языке я предлагаю свою маленькую помощь...
Методические рекомендации для проведения уроков по предмету "Якутский язык как государственный" для русскоязычных школ Анасенко Татьяны Семеновны, учителя высшей категории, отличника образования Республики Саха (Якутия), преподавателя ТСШИ.
Преподавание разговорного якутского языка по системе академика Л.В. Занкова....
Сценарий "День якутского языка"
13 февраля день рождения С.А. Новгородова - день якутского родного языка и письменности. В файле сценарий торжественной части открытия Декады родного языка....
Сценарий КТД 6-го класса на тему "День народного единства" (на русском и якутском языках)
Коллективное творческое дело учеников 6-го класса на тему "День народного единства" . На русском и якутском языках. с презентацией...
Творческие работы на якутском языке воспитанников юнкорпоста Дьо5ур
статьи, рассказы, стихотворения......
Урок якутского языка "Сахалыы уут астара. Якутская молочная пища"
Цель: Создать условия для восприятия и ознакомления с особенностями якутской пищи на якутском языке....
статья "Изучение русского языка в национальной школе с опорой на родной якутский язык"
Изучение русского языка в национальной школес опорой на родной якутский язык....