Разговор о важном/Дьоһуннаах кэпсэтии "Ийэ-хас биирдии киһи дьылҕатыгар саамай тутаах киһи"
план-конспект занятия (5 класс)

Стручкова Раиса Иосифовна

Ханнык баҕарар киһи оҕотун иитиитигэр Ийэ оруолун көрдөрүү, дойдуга хайдах курдук ийэни өрө туталларын пропагандалааһын.Олохтоох дьиэ кэргэн сыаннаһа, ол сыаннаһы көлүөнэттэн көлүөнэҕэ биэрии, ийэҕэ таптал, хас биирдии киһи дьиэ кэргэн иннигэр эппиэтинэһи сүгүүтэ

Скачать:


Предварительный просмотр:

Дьоһуннаах кэпсэтии

 “Ийэ-хас биирдии киһи дьылҕатыгар саамай тутаах киһи”

Сыала: Ханнык баҕарар киһи оҕотун иитиитигэр ийэ оруолун көрдөрүү, дойдуга ийэни хайдах курдук өрө туталларын пропагандалааһын

Сыаннастара: олохтоох дьиэ кэргэн сыаннаһа, көлүөнэттэн көлүөнэҕэ биэрии, ийэҕэ таптал, хас биирдии киһи дьиэ кэргэнин иннигэр эппиэтинэһи сүгүүтэ.

40 мүн

Фомата: бэсиэдэ, айар-оҥорор үлэ, биирдиилээн, бөлөҕүнэн үлэ, презентация

1 чааһа:

Мотивационнай: Киһиэхэ саамай күндү киһитэ-ИЙЭ

2 чааһа:Сүрүн чааһа

Хас биирдии киһи олоҕор ийэ оруола

3 чааһа: түмүктүүр хоһоон айыыта (1 куплет)

Рефлексия: открытка оҥоруу

Сценарий:

1 чаас:

-Төһө болҕомтолооххутун бэрэбиэркэлиэххэ эрэ! Биһиги республикабыт Ил Дархана Айсен Сергеевич Николаев быйылгы-ааһан эрэр сылы туох сылынан биллэрбитэй? Биһиги улууска Аҕа сыла , оттон Республикаҕа туох сылай?

- оҕолор:ИЙЭ Таһааран сыһыарабын(доскаҕа)

Ийэлэргэ анаммыт бырааһынньыктар элбэхтэр. СР Ийэлэр күннэрэ -Алтынньы ый 16 чыыһылата, Аан дойду Дьахталларын күнэ- кулун тутар 8 күнэ. Онтон, оҕолоор, сэтинньи ый бүтэһик баскыһыанньата ,о.э. 27 чыыһылаҕа Аан дойду ийэлэрин күнэ. Уонна бу бырааһынньык символа незабудка сибэкки эбит. Сибэккини таһааран сыһыарабын(доскаҕа)

2 чаас: Ийэ оруола хас биирдии киһи дьылҕатыгар

-“Ийэ-хас биирдии киһи дьылҕатыгар саамай тутаах киһи”

диэн саныыбын мин. Эһиги сөпсөһөҕүт дуу?

Оҕолор эппиэттэрэ:

-ийэбит биһигии төрөппүтэ

-аһатар

-таҥыннарар

-элбэххэ үөрэтэр

-ыарыйдахпытына эмтиир

-Кырдьык даҕаны эһиги этэргитинэн ийэ диэн саамай наадалаах киһи эбит

-“Биһиги  Ийэлэрбит” (Кластер оҥоруута)

Оттон билигин оҕолоор, аны бэйэбит ийэлэрбит тустарынан тугу саныыбыт?

Ийэлэрбит тустарынан коллективнай портреттарын оҥоруоххайыҥ эрэ.  Оҕолор ийэлэрин туһунан этэн иһэллэр , олору доскаҕа сыһыаран иһэбин.

         Истиҥ мичээрдээх               Кыраһыабай           Асчыт

Ону-маны барытын оҥорор                 Иистэнэр            Баайар

Биһиги ийэлэрбит

Оҕуруот олордор             ынах ыыр                        оҕолору үөрэтэр

-Оҕолоор биһиги ийэлэрбит хайдах курдук кэрэлэрий, сатаабатахтара диэн туох да суох эбит дии!

-Биһиги бары Ийэлэрбитин таптыыбыт, кинини  хомоппот, санаатын түһэрбэт  буола сатыыбыт, көмөлөһөбүт.

 Оттон оҕолоор, Биһиги республикабытыгар быйыл Ийэ сыла биллэриллибитэ диэбиппит дии. Ол тоҕо буолуой?

-Ийэлэрбитигэр көмөлөһөөрү.

Хаһан баҕарар государство Ийэлэргэ махталлаахтык уонна убаастабыллаахтык сыһыаннаһар. Ийэ туһунан бэргэн этиилэр:

1.Ийэ махтаммыт хараҕыттан ордук күндү оҕоҕо суох.(журналист, корреспондент, суруйааччы Айталина Никифорова)

2.Ийэ-биһиги олохпут тирэҕэ, тыаллаах күҥҥэ-дурдабыт, ардахтаах күҥҥэ-хаххабыт,  тымныы күҥҥэ-сылааспыт.(ССРС норуодунай учуутала Михаил Алексеев)

3.Ийэ-сир уобараһа. Ийэ куолаһа-бу бүгүҥҥү саһарҕа уһуктар ырыата. (СР ноуодунай суруйааччыта,Сэмэн Тумат)

Хайдахтаах курдук Ийэ туһунан бэргэн этиилэрий!

Государство көмөтө элбэх –оҕолорун көрөллөрүгэр, улаатыннаралларыгар, элбэх оҕолоннохторуна, холобур, 3 үөһэ оҕолоннохторуна “Родительская Слава” диэн мэтээл, 7 үөһэ оҕолоннохторуна орден, 10 элбэх оҕолоннохторуна “Герой-Ийэ”  диэн орден туттараллар.(Презентация)

Биһиги ийэлэрбит бары элбэх оҕолоох ийэлэр, бары үлэлиир-эһигини иитэр дьоллоохтор:

1.Марианна Семеновна-социальнай үлэһит

2. Вероника Васильевна-почта үлэһитэ

3. Лена Владимировна-ветеринар

4.Ньургустина Михайловна-нэһилиэккэ эдэр ыччаты кытта уонна спортка үлэҕэ специалиһа

5.Яна Васильевна- учуутал

6. Анна Славична-техүлэһит

7. Оксана Славична-повар

8.Галина Павловна-учуутал

9.Степанида Петровна-дьиэ хаһаайката

Ийэлэр тустарынан хоһооннор, кэпсээннэр, романнар суруллаллар, киинэлэр уһуллаллар.

 Дагестан улуу поэта Расул Гамзатов(көҥүл тылбаас):

Нууччалыы “мама”, грузинныы “нана”,

Авардыы-“баба”

Сир-дойду тыһыыначанан тылыттан

Ийэ диэн тыл-ураты дьылҕалаах.

Түмүк:

Дьэ , онтон биһиги ийэбит туһунан эмиэ Расул Гамзатов курдук биир куплеттаах хоһоон айан холонон көрүөҕүҥ эрэ(кумааҕы түнэтиллэр)

Нууччалыы, сахалыы, английскайдыы да буолуон сөп.

Рефлексия:

Открытка оҥоруута (матырыйаал түҥэтиллэр)

Хоһооннорун открыткаларыгар суруйабыт уонна ааҕа-ааҕа ийэлэрбитигэр туттарабыт.

Туһаныллыбыт литература:

Бэргэн этиилэр/[хомуйан оҥордо;К.Б.Ксенофонтова].-Дьокуускай:Бичик, 2015.-64с.

W Ru.m.Wikipedia.org>

Саха ыалын халандаара 2022 сыл Хомуйан оҥордулар Андросова Н.П., Иринцеева Е.С., Бурцева А.А. Федорова Т.И.


По теме: методические разработки, презентации и конспекты

Хас биирдии уерэнээччи дьо5урун, кыа5ын, уратытын сайыннаран-уьуйан тус туьаайан уерэтии

В данной статье написано направление деятельности малокомплектной школы...

Мини – исследование «Прошлое живет в настоящем» о культуре и традициях саамов Кольского полуострова.

Работа включает в себя мини-исследование с приложениями, презентацию, целью которых является популяризация народного творчества и культуры саамов посредством создания коллекции молодежной одежды с эле...

Методическая разработка урока для классов специальной (коррекционной) школы (VIII вида) «Этикет телефонного разговора. ( Части телефонного разговора. Этикетные фразы. )»

В рамках предмета "культура общения" во всех классах педагогам предлагается обратиться к теме телефонного этикета. В своей разработке я попыталась объединить различные виды работы, использование ТСО и...

Разговор с родителями "Как вести разговоры при детях?"

Родительское требование к себе, родительское уважение к своей семье, родительский контроль над каждым своим шагом - вот первый и самый главный метод воспитания!.....

Как начать разговор о войне с маленьким читателем? Нужный, обязательный разговор.

Как начать разговор о войне с маленьким читателем? Нужный, обязательный разговор. Можно читать вместе стихи, рассматривать старые фотографии, слушать рассказы дедушки или бабушки, сходить в музей, а м...

Воспитательное мероприятие "Саамы в краю северного сияния".

Мероприятие посвященно людям живующим в краю полярного сияния - саамам. Воспитанники узнали о быте, о жилище, о одежде, флаге и о национальный играх. Изготовили рыбки, которые украсили паетками и бисе...