лапта оонньуутун ненуе баар сатабылларга уерэтии
методическая разработка по физкультуре на тему
Скачать:
Вложение | Размер |
---|---|
satabyl_lapta_ule.doc | 93.5 КБ |
Предварительный просмотр:
«Лапта» оонньуутугар баар сатабылларга дьарыктаа´ын.
(«Лапта оонньуутун н³²µ³ сатабыллары сайыннарыы)
Киириитэ.
Лапта- нуучча норуотун т³рµт оонньуута. Бу оонньуу хамаанда±а арахсан оонньонор. Лапта оонньуутун ту´унан былыргы нуучча суругар киирбит. Новгород куорат ха´ыыларыгар (XIV µйэ) мээчик уонна охсор мас к³стµбµт.
Оонньуу хонууга ыытыллар. Оонньуу сµрµн сыала – утары хамаанда ки´итэ мээчиги µ³´э быра±ар, ону охсор ма´ынан таба охсон ыраах ыыта сатыахтаах уонна утары сытар кэрчиккэ баран кэлиэхтээх. Ол сµµрэн и´эн табыллыа суохтаах. Онтон утары оонньооччулар охсуллубут мээчиги хабан ыла сатыахтаахтар. £ск³тµн мээчиги сиргэ тµ´эрбэккэ хаптахтарына 1 очукуо. Охсубут ки´и утары кэрчиккэ табыллыбакка баран кэллэ±инэ 2 очукуо. Бэриллибит бириэмэ и´игэр хайа хамаанда элбэх очукуону хомуйбут ол кыайыылаах буолар. Лапта5а дьµ³рэлии спортивнай оонньуулар манныктар: бейсбол, крикет, песаполо, ойна уонна да атыттар.
Бу оонньууну хо´уйан биллиилээх нуучча суруйааччыта А.И.Куприн маннык этэн турар: «Эта народная игра — одна из самых интересных и полезных игр. В лапте нужны находчивость, глубокое дыхание, верность своей партии, внимательность, изворотливость, быстрый бег, меткий глаз, твёрдость удара руки и вечная уверенность в том, что тебя не победят. Трусам и лентяям в этой игре нет места».
Кэтээн к³р³³´µннэр тµмµктэринэн, аныгы о±олор µгµстэрэ кµннээ±и хамсаныылара тиийбэт ол эбэтэр нуорма±а эппиэттээбэт дииллэр. О±олор наар µксµн олорон тахсаллар, оскуола±а- паарта±а, дьиэ±э -компьютер, телевизор иннигэр. Ол и´ин олорорго эппиэттир былчы²нар сылайаллар. Ки´и кµµ´э сайдыбат, м³лтµµр. Си´и, тоно±о´у, у²уо±у тутар былчы²нар м³лт³³нн³р о5о туттар бы´ыыта (осанката), тилэ±ин бы´ыыта (плоскостопия) уларыйыан с³п. ¥³рэнээччи улаатара, сайдара бытаарар. О±о±о уойуу куттала µ³скµµр. Арассыыйа µ³рэхтээхтэрэ чинчийэн к³рµµлэригэр о±олорбут 30-40% ыйаа´ыннара нуорматтан та´ынан ыарахан. Маннык о±олор эчэйэллэрэ µгµс. Уонна 3-5 т³гµл тумууга ылларыылара бэлиэтэнэр.
Кµ´µн, саас та´ырдьа сибиэ´эй салгы²²а оонньоотоххо, ки´и доруобуйата б³±³ргµµр. Тумууга, тымныйыыга ылларбат буолары² саарба±а суох.
Оонньуу но±оруускатын хайдах ба±арар эбиэххэ, к³±µрэтиэххэ с³п. Ол курдук: оонньоочулары элбэтэн эбэтэр а±ыйатан; оонньуу бириэмэтин уьатан-кылгатан; оонньонуллар сири улаатыннаран –кыччатан; хаста да т³хт³рµйэн оонньотон; сынньаныытын кыччатан. Оонньуу бµппµтµн кэннэ ким µчµгэйдик оонньообутун бэлиэтиир наадалаах.
Оонньууга баар сµрµн сатабыллар.
Лапта оонньуутугар сµрµн сатабыллар бааллар ону сатаабат ки´и оонньуура уустуктардаах буолар. Ол курдук:
- Охсуу
- Хабыы
- Быра±ыы
- Сµµрµµ
- А´арыы
- ОХСУУ
Лапта арассыыйа сµрµн быраабылатыгар сурулла сылдьарынан, охсуу биир бала´ыанньаттан о²о´уллар. Охсор ма´ы икки илиибитинэн ылабыт уонна кэтэхпит кэннигэр далайабыт, быра±ыллыбыт мээчиги охсобут. Онтон бэйэбит оскуола и´инэн оонньотор буоллахпытына ойо5остпутунан да туран охсобут.
Эрчиллиитэ:
- Икки тэ² хамаанда±а арахсабыт. Бастакы нµ³мэрдэр иккилии буолан охсор кэрчиккэ тураллар. Иккис нµ³мэрдэр оонньуу толоонугар тураллар. Охсооччулар охсор мастаахтар 80-90 сантымыатыр у´уннаах, 5 сант. кэтиттээх, халы²а 2 сант.(улахан о±олорго б³кµнµк мас буолара ордук 5 сант эргимтэлээх, тутаа5а 3 сант.). Кыттыга´а биир эбэтэр икки мээчиктээх. Охсооччу ма´ын икки илиитинэн ылар уонна кэтэ±ин кэннин диэки охсоору далайар. Кыттыга´а мээчиги охсооччу иннигэр µ³´э 1,5-2 миэтэрэ±э быра±ар уонна кэннин диэки хардыылаан биэрэр. Мастаах о±о кэдэйэ тµ´эн баран, ма´ынан мээчиги таба охсон оонньуу толоонугар ыытыахтаах. Быра±ааччы соруга- мээчиги а´а±ас ыты´ынан к³н³тµк биэриэхтээх. Оонньуу толоонугар турааччылар, охсуллубут мээчиги ылан т³тт³рµ биэрэллэр. Охсооччулар 5-6 охсо-охсо атаста´аллар. Онтон 3-4 мµнµµтэ буолан баран хабан ылан биэрээччилэри кытта атаста´аллар. Эрчийээччи сµрµн бол±омтону охсооччулар мээчиги таба охсууларыгар уонна таба охсон оонньуу толоонугар тµ´эригэр ууруохтаахтар.
- Оонньуу толоонун алта бала´а±а (зона±а) араарабыт уонна охсооччулар ол бала´аларга уочаратынан мээчиги охсон таба тµ´эрэ сатыахтаахтар. Онтон ыйыллыбыт бала´аларга таба сатыахтаах.
- Охсуллар сиргэ гимнсатикалыыр мааттары уурабыт. Охсооччулар охсон ол мааттары таба сатыахтаахтар. Бастаан уочаратынан онтон этиллибит бэрээдэгинэн.
Манна с³пт³³х оонньуу:
«Чµмэчилэр»
Бэлэмнэниитэ: Оонньуур толоо²²о 4 миэтэрэлээх кэрчик тардыллар. Бу охсор сир. Оонньоочулар икки ки´ини талаллар: «охсооччуну» уонна «мээчиги биэрээччини». Иккиэн кэрчиккэ тураллар, атыттар бары оонньуу толоонугар.
Хайдах оонньоноро: «Биэрээччи» мээчиги µ³´э быра±ар, «охсооччу» т³´³ кыалларынан кµµскэ охсо сатыыр. Мээчик т³´³ кыалларынан µ³´э уонна ыраах к³т³рµн курдук. Ону о±олор хаба сатыахтаахтар. £ск³тµн биир эмэ о±о мээчиги хабан ылла±ына, кини «охсооччу» буолар. Онтон охсо турбут о±о кини оннугар баран турар. Охсуллубут мээчиги ким да хаппата±ына оонньуу толоонугар баар о±олортон биирдэрэ ылан «мээчик биэрээччигэ» хабарын курдук быра±ар. Быра±ыллыбыт мээчиги кэрчиги кэспэккэ эрэ хапта±ына кини «охсооччу» буолар. Онтон бырахпыт о±о «мээчик биэрээччи» буолар. Эрдэ охсо турбут о±о бырахпыт о±о оннугар баран турар.
Оонньуу быраабылата:
- £ск³тµн «охсооччу» икки т³гµл сыыста±ына, эбэтэр кэннигэр о±уста±ына «мээчик биэрээччини» кытта миэстэтин атаста´ар.
- £ск³тµн «мээчик биэрээччи» µс т³г³л мээчиги ку´а±аннык биэрдэ±инэ оонньуу толоонугар баар о±олортон биирдэстэрин кытта миэстэтин атаста´ар.
- Мээчиги умса сиргэ саайар бобуллар. Мээчик µ³´э к³тµ³хтээх.
- ХАБЫЫ
Лапта оонньуу мээчигэ кыра буолан хабарга уустуктардаах. Кыра о±о хабара ³сс³ уустук. Хабыы к³рµ²э элбэх, ол гынан баран лапта оонньуутугар сµрµн биир хабыы баар. Нуччалыыта «Ловушка» к³рµ²µнэн. Сахалыы «сохсолоон» хабыы диэн буолар.
«Сохсолоон» хабыы: Дьарыктааччы бастаан к³рд³р³р хайдах бала´ыанньа±а туран хабыллыахтаа±ын. Хайдах туран хабабыт? Атахпытын киэ´ник уурабыт, у²а эбэтэр ха²ас атахыт иннигэр. Тобукпут сµ´µ³±µнэн кыратык токуруйан турар. Арыый умса турабыт. Илиибит иннибитигэр токуччу о±ус, ытыстарбытын ыпса тутабыт тарбахтарбытын саратабыт. Ытыстарбытын биирин тиэрэ, биирин умса тутабыт. Хайдах курдук мээчик кэллэн киирдэ да±аны «сохсолоон» ылабыт, ытыстарбытын холбуубут.
Эрчиллиитэ:
- Бастаан мээчигэ суох, хабаачы хайдах туруохтаа±ын µтµктэллэр. Ону арыый ыаратан, дьарыктааччы сигналынан о²оруу. Холобур: биир и´иирии- µ³´эттэн хабыыны к³рд³рµµ, икки и´иирии- ортотугар хабыыны к³рд³рµµ. Ытыс тыа´ар аллараттан тэйбит мээчиги хабыыны к³рд³рµµ.
- Мээчиги µ³´э быра±ыы уонна хабыы. Мээчиги биир илиилэригэр ылаллар уонна 1,5-2 метр µрдµккэ быра±аат ытыстарын холбуу тутан «сохсо» бала´ыанньатын ыла охсоллор. Мээчиги ысмна±астык хабан ылаллар. Маны онорорго бол±омтону о±о илиитигэр уурабыт. На´аа кµµрбэккэ сымна±астык хабыахтааххтар. Хабар кэмнэригэр харахтарын мээчиктэн араарбаттар.
Бу хамсаныыны о±олор тµргэнник сатыыллар ол и´ин арыый хамсаныыбыт ыараан биэрэр.
- µ³´ээ быра±ыыны µрдэтэн 4-6 метр о²оробут. Эмиэ быра±аат хабабыт.
б. эмиэ µ³´ээ быра±абыт ол эрэн арыый туора (иннигэр, кэннигэр, у²а, ха²ас) бу хамсаныы о±олору с³пт³³х хайысханы оонньуу кэмигэр булууга к³м³л³´³р, с³пк³ хардыылаан, хааман, сµµрэн мээчиккэ киирэн хабыыга ту´алаах.
в. µ³´ээ быра±ан баран ыты´ы та´ынаат хабыы, чохчос гынан тура охсоот хабыы. уонна онтон да атын хамсаныылары.
- Иккилии буолан бэйэ-бэйэ±э бырахсыы. Икки тэ² кэккэ±э утарыта тураллар. Биир кэккэ мээчиктээх. Биир илиилэринэн аллараттан, мээчигэ суох, утары турар кыттыгастарыгар быра±аллар. Мээчик к³тµµтµн сураа´ына (траекторията) ортотунан буоларын курдук. Ону кыттыга´а, мээчик ханна к³т³н и´эринэн киирэн «сохсолоон» хабан ылар уонна т³тт³рµ биэрэр. Саамай хабарга табыгастаа±ынан буолар тµ³с ту´аайыытынан кэлбит мээчиги хабар. Ол инниттэн хабааччы мээчиккэ хардыылаан, сµµрэн, олорон, охтон да туран киирэн биэриэхтээх.
- Бэйэ-бэйэ±э мээчиги т³кµнµтэн бэрсии. Икки кэккэ иккиэн чохчойон тураллар. Биир кэккэ мээчиктээх. Мэчиктээхтэр мээчиктэрин а²аар илиилэринэн т³кµнµтэн кыттыгастарыгар ыыталлар. Ону кыттыгастара «сохсо» ньыыматынан хабан ылаллар. Биир илиилэрин тарбахтара муостаны таарыйар. Мээчик киирээтин кытта «сохсо» сабыллар.
Манна с³пт³³х оонньуу:
«Тэйбити хап»
Хамаандалар колонналарга биирдии буолан тураллар. Истиэнэ±э утары 6-7 метр тэйиччи. Инники турааччыларга мээчиктээхтэр. Хамаанда бэриллээтин кытта иннигэр турааччылар мээчиги истиэнэ±э тэйэрин курдук быра±аллар. Хайдах быра±ыахтаа±а эрдэ этиллэр. Уонна тµргэнник колонна кэннигэр баран тураллар. Кини кэнниттэн кэллээччи ол быра±ыллыбыт мээчиги хабар уонна эмиэ быра±ар. Оннук хас да тµ´µмэх бµтµ³р диэри субуруччу бары о²ороллор.
Кыайыылаа±ынан буолар, бастакы бµппµт уонна а±ыйах сыы´алаах хамаанда.
Бастакы тµ´µмэх (быра±ыылар аллараттан о²о´уллар):
- Мээчиги истиэнэ±э быра±аллар уонна муостаттан тэйбитин кэннэ «сохсолоон» хабаллар
- Мээчиги истиэнэ±э быра±аллар уонна тэйэн кэлээтин хабан ылаллар
- Мээчиги муоста±а быра±аллар уонна истиэнэттэн тэйэн кэлэригэр хабаллар
Иккис тµ´µмэх:
Тэйитиилэрэ уонна хабыылара бастакы тµ´µмэх курдук. Ол эрэн быра±арга икки илиигинэн кэтэхтэн быра±ыы.
¥´µс тµ´µмэх:
Эмиэ бастакы, иккис тµ´µмэхтэр курдук. Ха²ас илиибитинэн быра±абыт.
Бо оонньуу атын к³рµ²э:
Быр±ар кэрчиги колонналар турар сирдэриттэн иннигэр тэйитэн биэриллэр. 3-5 метр сири сµµрэн тиийэн быра±аллар, хабааччылар эмиэ сµµрэн тиийэн хабаллар.
«Истиэнэ»
Оонньууга бэлэмнэнии. Оонньоочулар бары биир кэккэ±э истиэнэ иннигэр тураллар. Уочаратынан аахсаллар.
Хайдах оонньоноро: Биир оонньооччу мээчиги истиэнэ±э быра±ар уонна улаханнык атын оонньооччу нµ³мэрин ааттыыр. Ы²ырыллыбыт нµ³мэрдээх оонньооччу, истиэнэттэн тэйбит мээчиги сиргэ тµ´эрбэккэ эрэ хабыахтаах. Хаппыт ки´и атын оонньооччу нµ³мэрин этэн баран эмиэ истиэнэ±э быра±ар. Оннук хабалларын тухары сал±анан барар. £ск³тµн ааттаммын нµ³мэрдээх оонньооччу кыайан хаппата±ына, бары оонньуу толоонун устун ы´ылла сµµрэллэр. Ы²ырыллыбыт о±о, сиргэ т³кµнµйэ сылдьар мээчиги тутутан ылан «то²ун»(стоп) диэтэ±инэ тохтууллар. Мээчиктээх о±о чугас турар оонньооччуну быра±ан таба сатыахтаах. Быра±ан кими эмит тапта±ына, ол о±о эмиэ мээчигы ылаат «то²ун»(стоп) диир. £ск³тµн сыы´а быра±ар тµгэнигэр ыстырааптыыр очко аа±ыллар, оонньуу са²аттан са±аланар.
Оонньууну ыстырааптаммыт о±о са±алыыр. Оонньуу кыайыылаа±ынан, ыстырааптыыр очкуота суох о±о буолар. Ким саамай элбэх ыстырааптыыр очкуолаах ол кыайтарыылаах.
Оонньуу быраабылата:
1. Истиэнэттэн тэйитиллибит мээчиги, хабары мэ´эйдиэ суохтааххын.
2. Истиэнэ±э тэйитэ быра±ан и´эн, нµ³мэри ааттаныллыахтаах.
3. «то²ун» (стой) диэн ха´ыыны истээт ким да миэстэтиттэн хамсыа суохтаах. А´аран биэрэр к³²µллэнэр.
4. Мээчиги тохтоппут эрэ сиртэн быра±ыллара к³²µллэнэр.
- БЫРА¡ЫЫ
Лапта оонньуутугар быра±ыы сµрµн оруолу ылар. Манна быра±ыы сыалыттан к³р³н хас да араа´а туттуллар.
- Бэйэ хамаандатын ки´итигэр мээчиги хабарын курдук быра±ан биэрии. (чугас, ыраах)
- Сыалы таба быра±ыы. (турар, хамсыыр, чугас, ыраах)
- Бэйэ хамандатын ки´итигэр хабарын курдук быра±ыы. Бу быра±ыы о²о´уллар: а) хабыллыбатах, охсуллубут мээчиги ылан о±устарааччыга хабарын курдук быра±ан биэрии. Сыы´а быра±ылынна±ына сµµрээри бэлэм турбуттар куоталлар. б) Сµµрэн и´ээччини то´уурга тµбэ´иннэрэн табаары, иннигэр турар бэйэ ки´итигэр хабарын курдук быра±ыы. Бу быраа±ыы тµргэнник уонна кµµскэ о²о´уллар, хабаачыттан эмиэ тутулуктаах. £ск³тµн хабаачы хабара м³лт³х буолла±ына бу быра±ыы табыллыбат.
Хамсаныы:
- Иккилии буолан тураллар. Мээчиги бэйэ-бэйэ±э бырахсыы. Быра±ыы биир илииннэн санныбыттыттан о²о´уллар. Бырахтарыах иннинэ бырааччы хайдах туруохтаа±ын к³рд³рµллэр. Ха²ас атахпыт иннигэр. Быра±ыы бµтµµтэ ки´и илиитэ к³н³р, ыйаа´ына инники турар ата±ар бэриллэр. Бэгэччэк кµµскэ µлэлиэхтээх.
- Сиртэн тэйитэн бырахсыы.
- Ыраах бырахсыылар. 18-20 метр ыраах туран бырахсыы. Бу быра±ыы уратыта диэн сµµрэн кэлэн быра±ыахха с³п. Мээчик кµ³рэччи к³т³н барар.
- Бириэмэ±э бырахсыы. Иккилии буолан 30 с³кµµндэ и´игэр ким элбэ±и быра±ар диэн оонньуу. Онньуу бµтµµтэ ким элбэхтэ бырахпыт ол кыайар.
- Сыалы таба быра±ыы
Ха´ан туттуллара: Оонньуу кэмигэр сµµрэн и´эр оонньоочуну таба быра±ыы. Хамсаабат сыалы быра±ар ыарахан онтон сµµрэн и´эр сыалы табар уустук. Таба быра±ар буоларга элбэх эрчиллии наада. Быра±ааччы турааран быра±ыан с³п эбэтэр сµµрэн и´эн.
Хамсаныы:
- Бэйэ-бэйэ±э бырахса µ³рэммиттэрин кэннэ хамсаабат сыалы быа±аллар. Улахан баскетбол мээчигин 10 м. сиртэн быра±ыы.
- Киэгилэни туруоран баран быра±ыы.
- Мээчиги т³кµнµтэн баран ону таба быра±ыы.
- Мээчигинэн сыалы таба быра±ыыга кµрэхтэ´иилэр, эстэпиэтэлэр
- Мэчигинэн бырахсыылаах оонньуулар (Кус уонна булчуттар, хамаанда±а арахсан бэйэ бэйэни бырахсыы у.о.а)
- С¥¥Р¥¥
Сатаан тµргэнник сµµрэр буолуу
Оонньуу кэмигэр охсооччу хамаандалар очукуо ылаары утары сытар кэрчиккэ баран кэлиэхтээхтэр. Быра±ааччыларга таптарбат инниттэн тµргэнник сµµрэр наада. Онтон быра±ааччы хамаандата эмиэ тµргэнник сµµрэр буолуохтаах. Сµµрэн и´эр ки´ини эккирэтэргэ уонна ону таба быра±арыгар.
О±олору тµргэнник сµµрэллэрин сити´э сатаан дьарык кэмигэр элбэх сµµрµµгэ с³пт³³х эрчиллиилэри биэриэххэ наада.
Хамсаныылар:
- Муостаттан тэйбит мээчиги сиргэ иккистээн тµ´э илигинэ тµргэнник то±о тµ´эн сµµрэн, тиийэн хабан ылыы. Мээчиги тэйитэ быра±ар сиригэр бэлиэ ууруллар. Ким т³´³ тµргэниттэн-бытааныттан к³р³н ол бэлиэни хамсатан бэриллэр.
- Мээчиккэ утары сµµрµµ.
Икки ки´и утарыта тураллар (15-20м). Ортолоругар мээчик сытар хамаанда бэриллэрин кытта утары сµµрэллэр. Ким урут мээчиги ылар ол кыайар.
- Мээчиги истиэнэ±э кµµскэ быра±ар уонна сµµрэн тиийэн сиртэн тэйээтин хабан ылар.
- Сµµрµµлээх эстафеталар.
- Сµµрµµлээх оонньуулар:
«Кыттыгаскын сит»
Оонньоочулар иккилии буолан арахсаллар. Уонна охсор кэрчиккэ бары иккилии буолан тураллар. Биирэ арыый иннигэр 1.5-2м тэйиччи турар.
Хамаанда бэриллэрин кытта бары оонньотооччу к³рд³р³р хамсаныытын о²ороллор. (олорон, сытан, туран сµµрэргэ ыарахан буоларын курдук). Ол бириэмэ±э оонньотооччу и´иирдэ±инэ иннигэр турааччылар утары кэрчиккэ куоталлар. Кэннигэр турааччылар ону ситэ сатыахтааххтар. Сµµрэн истэхтэринэ хамаанда бэрилиннэ±инэ куотааччы эргийэ баттыыр да эккирэтээччи буолан хаалар. Онтон эккирэтэн испит анны куотааччы буолар. Хамаанда араас кэм²э бэриллэр. Ким элбэхтэ таарыйбыт ол кыайыылаах.
- А¤АРЫЫ
Саха тылын бы´аарыылаах тылдьытыгар (П.А Слепцов -2004с) а´арыы маннык сурулла сылдьар:
- А´арыы- халбарыйан биэрии, таптарымыы.
- А´арыгас- таптарымтыата суох, сылбар±атык а´аран биэрэр дьо±урдаах.
- А´арыык- туохтан эмэ хапса±айдык халбарыйан, а´аран биэрэр дьо±урдаах.
А´арыы ньыымалара:
- И²нэри тµ´µµ (у²а, ха²ас)
- Т³²к³й³н биэрии
- Кэдэйэн биэрии
- Хардыылаан биэрии (мээчик ханан и´эриттэн к³р³н иннигэр, кэннигэр, у²а, ха²ас)
- ыстанан биэрии
- Охтон а´арыы
О±олору мээчиктэн сатаан а´арыгас буолууга анаан дьарыктаа´ын суох. Ол курдук лаптаны спорт бы´ыытынан сайыннарар, дьарыктыыр исписиэлистэр та´аарбыт кинигэлэригэр («Руская лапта» авторы: Рафид Валихметов, Лев Гусев, Александр Костерев, Виктор Щемелин) а´арыгас буолууга анаан дьарык суох. Би´иги саха ол²хотуттан, µ´µйээннэриттэн билэбит хайдах ³бµгэлэрбит а´арыгас буолууга бол±омтону ууралларын. Хайдах буойуттары бэлэмнииллэрин. О±олору олох кыра эрдэхтэриттэн дьарыктыылларын. А´арыгас дьоннор онноо±ор µ²µµнµ, о±у а´араллара уонна хабан ылаллара. Саха сэ´энигэр а´арыык буолууга хайдах дьарыктыыллара маннык сурулла сылдьар: : О±ону бастаан боотураат дьон о±о эрдэ±иттэн уоттаах чо±унан тамнаан, онтон улаатта±ына, оно±оско кылгас иннэ хатаан, онтон улаатта±ына о±унан ытыалаан а´арыыкка µ³рэтэллэрэ µ´µ.
О±олорго бастаан а´арыы туохха наадатын бы´ааран биэриэххэ наада. Онтон ханнык а´арыы ньымалара баарын к³рд³рµллэр. А´арыгас буолууга саамай µчµгэй дьарыгынан буолар оонньуу. Оонньуу кэмигэр о±о бэйэтэ а´арар ньыма булар.
А´арыыга ту´алаах оонньуулар:
- Кустар уонна булчут.
- Хамаанда±а арахсан бырахсыы.
- Саас, кµ´µн хаарынан бырахсыы
Билигин о±олор на´аа элбэх бириэмэни компьютер иннигэр атаараллар. Та´ырдьа урукку курдук хаарынан, сайынын туойунан бырахсыы суох. Ол и´ин о±олор быра±ар уонна а´арар дьо±урдара сайдыбатах. Оскуола±а физкултуура уруогар элбэх оонньуу наада. Мээчигинэн о±олор оонньуулларын на´аа с³бµлµµллэр. Уонна тµргэнник ылыналлар.
По теме: методические разработки, презентации и конспекты
Саха литературатуратын уруоктарыгар А5а дойду сэриитигэр аналлаах айымньылары уерэтии
А5а дойду Улуу сэриитигэр аналлаах айымньылар нецуе о5олорго а5а келуенэ5э дириц ытыктабылы, Ийэ дойдуга бэриниилээх буолууну иитиэххэ, айар дьо5урдарын ке5улуеххэ сеп....
Хас биирдии уерэнээччи дьо5урун, кыа5ын, уратытын сайыннаран-уьуйан тус туьаайан уерэтии
В данной статье написано направление деятельности малокомплектной школы...
Оскуолаза киириэн иннинээзи саастаах озо эт-хаан еттунэн сайдарыгар Ебугэ оонньуутун туьаны.
Билинни сайдыылаах кэмҥэ оскуолаза киириэн иннинээ5и саастаах о5ону сайыннарыыга о5о доруобуйатын, этин-хаанын эрчийии бастакы миэстэ5э турар.Ол курдук, ебугэлэрбит былыр айыл5а5а тапталы уонна ытыкта...
Кырдьыгы кистиир, сымыйанан этэр түгэн туһалаах буолара олоххо баар буолуон сөп дуо?
Софрон Петрович Данилов «От үрэххэ» кэпсээнинэн. Саха литературата 9 кылааска ыытыллар уруок...
"Эх, лапти, да лапти!" Сценарий театрализованного музейного часа для младших школьников
Сценарий театрализованного музейного часа для младших школьников....
тереебут тылы уерэтии билинни туруга
Тѳрѳѳбүт тылы оскуолаҕа үѳрэтии билиҥҥи туругаСаха оҕото ийэ тылыттан тэйиитэ дириҥээтэр дириҥээн иһэрэ биһигини барыбытын дьиксиннэрэр. Оскуолаҕа төрөөбүт тылы үөрэтии оҕо тылын-өһүн, сахалыы өйүн-са...
Саха тылын уерэтии историятыттан.
Саха тылын уероэтии историята....