Кырдьыгы кистиир, сымыйанан этэр түгэн туһалаах буолара олоххо баар буолуон сөп дуо?
план-конспект урока (9 класс) на тему
Софрон Петрович Данилов «От үрэххэ» кэпсээнинэн. Саха литературата 9 кылааска ыытыллар уруок
Скачать:
Вложение | Размер |
---|---|
ot_urehhe.docx | 23.75 КБ |
Предварительный просмотр:
Саха Республикатын үөрэҕин министерствота
Ханалас улууһа
«А.И.Притузов аатынан Уулаах Аан орто уопсай үөрэхтээһин оскуолата»
Муниципальнай бюджетнай уопсай үөрэхтээһин тэрилтэтэ.
Тема: Кырдьыгы кистиир, сымыйанан этэр түгэн туһалаах буолара
олоххо баар буолуон сөп дуо?
(Софрон Петрович Данилов «От үрэххэ» кэпсээнинэн)
(Саха литературата 9 кылааска ыытыллар уруок )
Учуутал: Матвеева Венера Борисовна
Категорията: 1
Пед.ыстааһа: 19 сыл
Уулаах Аан.
Уруок темата: Кырдьык кистиир, сымыйанан этэр түгэн туһалаах буолара
олоххо баар буолуон сөп дуо?
Сыала- соруга:
- Софрон Петрович Данилов психологическай ойуулааһын маастара буоларын өйдөтүү;
- Толкуйдуур, бэйэ санаатын сатаан, сөпкө саҥарар дьоҕуру сайыннарыыга эрчиллии;
- Олоххо буолар быһыыга-майгыга болҕомтолоохтук сыһыаннаһан араас өттүттэн ыараҥнатан көрөн быһаарыныыны ылыныы эрэйиллэрин өйдөтүү.
Уруок көрүҥэ: бөлөхтөөн үлэлээһин, диспут-уруок
Туттуллар тэрил: Суруйааччы хаартыската, «Саха литературата» хрестоматия, тиэкис, карточкалар, көмө литература.
Уруок түһүмэхтэрэ:
- Тэрээһин чаас
- Айымньы ис хоһоонун хатылааһын, темаҕа киирии (диспукка киирии)
- Айымньы аһаҕас сөллүүтүгэр олоҕуран туруоруллубут проблеманы ырытыы (айымньы тула кэпсэтии)
- Кэпсэтии түмүгүн таһаарыы (рефлексия)
- Дьиэҕэ үлэни биэрии.
Уруок хаамыыта | ||||
Түһүмэхтэр | Үлэ көрүҥэ | Учуутал үлэтэ | Үөрэнээччи үлэтэ, хоруйа. | Үлэ тэрээһинин формата |
1.Тэрээһин чаас. (1м.) | Киирии тыл | -Үтүө күнүнэн! -Эһиги инники уруоктарга Софр. П. Данилов «От үрэххэ» кэпсээнин ааҕан бүтэрбиккит. Бүгүҥҥү уруокка айымньы тула кэпсэтиэхпит, аһаҕастык санаабытын үллэстиэхпит. | -Үтүө күнүнэн! (эрдэттэн бөлөхтөһөн миэстэлэригэр олороллор, тэтэрээттэрин таһааран ыйы-күнү суруйаллар) | |
2. Айымньы ис хоһоонун хатылааһын (айымньы тула кэпсэтии) (7м.) | ХатылааһынТиэмэҕэ киирии |
1 бөлөх - Дмитрий Татыгынаайап. 2 бөлөх –Ньукуус Тулааһынап 3 бөлөх –Даайа Тулааһынаба 4 бөлөх- Ньургун 5 бөлөх -автор | Бөлөхтөргө сорудахтаах карточкалар түҥэтиллэллэр. Сорудах: бэриллибит геройдары сиһилии билиһиннэриҥ, кини туһунан тугу билэргитин кэпсээҥ. Геройга бэйэҕит сыһыаҥҥытын этиҥ. | Бөлөҕүнэн үлэлээһин |
(7м) | Эппиэттэри истии |
| Бөлөхтөр биир биир кэпсииллэр Тугу өйдүүллэрин этэллэр. -Суох -Ааҕааччы бэйэтэ сөптөөх быһаарыныыны ылыннын диэн уо.д.а. (Оҕолор санаалара хоруйдара араас буолар) |
|
3. Айымньы аһаҕас сөллүүтүгэр туруорбут проблематын ырытыы (диспукка киирии) (10м.) (10м.) | Ырытыы, толкуйдааһын. Уруок тиэмэтин арыйыы. Эппиэттэри истии | -Дмитрий Татыгынаайап кырдьыгы эппитэ буолуо дуо? -Кырдьык уонна сымыйа диэн тугуй? - Билигин икки бөлөххө арахсан үлэлиэхпит.Ыйытыылары болҕойон ааҕыҥ, үлэни сүбэлэһэн, үллэстэн оҥоруоххутун, онтон түмүөххүтүн сөп; үлэҕитин кэпсиир, көмүскүүр оҕолору талаҕыт. Үчүгэй түмүктэ оҥоруҥ. -Чэйиҥ, бөлөхтөр эппиэттэрин истиэххэ. 1 бөлөххө ыйытыылар: (оҕолор эппиэттэриттэн көрөн биэриэххэ сөп) -Эһигии өрүү кырдьыгы этээччигит дуо? -Арай, Дмитрий Татыгынаайап кырдьыгы тутатына эппит буоллун? -Кэлин кырдьык этилиннэҕинэ охсуута? -Дмитрий кырдьыгы хаһан этиэй? Уо.д.а. 2 бөлөххө ыйытыы: (оҕолор эппиэттэриттэн көрөн биэриэххэ сөп) -Эһиги хаһан эмэ сымыйанан этэр түгэҥҥит баар этэ дуо? -Киһи тоҕо сымыйалыыр? «Ложь во спасение ближнего... (человека, друга и.т.д. )» | (Оҕолор санаалара хоруйдара араас буолар) Бөлөхтөргө сорудахтаах карточкалар түҥэтиллэллэр. 1 бөлөх. Кырдьык үрдүгэр сымыйа ыттыбат. (өс хоһ.) Киһи хаһан баҕарар кырдьыгы этиэхтээх. Тоҕо? Сымыйалыыр туох куһаҕаннааҕый? (айымньы геройдарыгар сыһыаран итэҕэтиилээхтик дакаастаа ) 2 бөлөх. Сымыйанан этиэххэ сөп. Хаһан? Тоҕо? Ханнык усулуобуйаҕа? (айымньы геройдарыгар сыһыаран, олоххо баар түгэннэргэ олоҕуран итэҕэтиилээхтик дакаастаа ) 1 бөлөх эппиэтэ. (Оҕолор санааларын түмэн биир санааҕа кэлиэхтээхтэр, хоруйдара араас буолар) 2 бөлөх эппиэтэ. (Оҕолор санааларын түмэн биир санааҕа кэлиэхтээхтэр, хоруйдара араас буолар) | Биирдиилээн Бөлөҕүнэн |
Айымньы күүһэ: Ааҕааччыны долгутара, элбэх толкуйга түһэрэрэ.Дмитрий Татыгынаайап сымыйаны кистии сылдьарыттан эрэйдэнэриттэн ааҕааччы эмиэ эрэйдэнэр, кырдьыгы түргэнник этиттэриэн баҕарар, ол гынан баран, ол сатамматын өйдүүр, толкуйга түһэр. Сүрүн геройга көмөлөһө сатаан кырдьыгы хайдах этэр туһунан араастаан толкуйдуур. | ||||
4.Кэпсэтии түмүгүн таһаарыы (рефлексия) (7 м.) | Ыйытыы Ырытыы. |
| Автор герой дууһата айманыытынан, уйулҕата хамсааһынынан уобараһы арыйар. Киһи олоххо тугу эмэни оҥоруон иннинэ толкуйдаан, бары өттүттэн ыараҥнатан көрөн баран сөптөөх диэбит быһаарыныытын ылыахтаах эбит диэн санааҕа кэлиэхтээхтэр.
-Сыалбытын ситтибит. | Биирдиилээн санааларын этэллэр. |
4.Дьиэҕэ үлэни биэрии. (3м.) | Уруокка кэпсэппиккэр олоҕуран Ньургуҥҥа (Даайаҕа) Дмитрий Татыгынаайап аатыттан сурукта суруй. Ситиһиилэри! | Ньургуҥҥа (Даайаҕа) Дмитрий аатыттан сурукта суруй. | биирдиилээн |
По теме: методические разработки, презентации и конспекты
Оқытудың өзіндік бақылау және бағалау әдісі
Оқу бағдарламасы негізіндегі бақылау жұмыстары мен түрлі техникалық құралдар арқылы әрбір оқу үдерісінің соңында білім алушы білімінің көлемі мен сапасын, іскерлігін, дағдысын анықтаудың т...
лапта оонньуутун ненуе баар сатабылларга уерэтии
«Лапта» оонньуутугар баар сатабылларга дьарыктаа´ын. («Лапта оонньуутун н³²µ³ сатабыллары сайыннарыы) Киириитэ. Лапта- нуучча норуотун т³рµт оонньуута. Бу оонньуу хамаанда±а арахсан оонньонор. Лапт...
Башҡорт теленән олимпиада һорауҙарының яуаптарын баһалау
Башҡорт теленән олимпиада һорауҙарының яуаптарын баһалау....