доклад учащегося 3 класса "Уйэ саас кистэлэннэрэ"
проект по зож (3 класс) на тему

Доклад ученика 3 класса Макарова Алеши, о секретах долголетия своей прабабушки - Николаевой Марии Львовне

Скачать:


Предварительный просмотр:

 «Үйэ саас» кистэлэҥнэрэ

Толордо: Макаров Алёша

3  кылаас үөрэнээччитэ

Салайааччы: Алексеева Туяра Михайловна

2014 год

Сыала: Уһун үйэлэнии кистэлэҥэ – чөл олох буоларын дакаастааһын.

Соруктар:

  1. Уһун уйэлээхтэр уонна чөл олох туһунан литератураны үөрэтии.
  2. Хос эбээм – Николаева М.Н. олоҕун үөрэтии. Урууларбын билии.
  3. Хос эбээм холобурунан уһун үйэлэнии кистэлэҥин арыйыы

Гипотеза:

Уһун үйэлэниэххин баҕарар буоллаххына чөл олоҕу тутус.

Актуальность:

Уhун үйэлээхтэр тустарынан литература олус аҕыйах. Кинилэр тустарынан оҕолор, дьон – сэргэ  билиэхтээхтэр уонна холобур  оңостуохтаахтар.

Иһинээҕитэ

  1. Киириитэ …………………………………………………………………4

2.1. «Үйэ саастаах» мин  эбээм…………………………………………...5

      2.2. Уһун үйэлэнии кистэлэҥэ……………………………………………6

      3.Түмүк…………………………………………………………………….7

Туhаныллыбыт литература…………………………………………………...8

Сыhыарыылар …………………………………………………………………9

Киириитэ

        Учуонайдар этэллэринэн, киһи төрүүрүгэр 120 – 150 сыл олорорго программаланан төрүүр. Ол эрээри кини итиннээҕэр быдан аҕыйах сыл олорор. Ол төрүөтэ: кыайан эмэтэниллибэт араас ыарыылар, экология эмсэҕэлээһинэ, санаа баттыга уонна  чөл олоҕу тутуспат буолуу.

Ол да буоллар Саха сиригэр уһун үйэлээхтэр ахсааннара эбиллэн иһэр.  Уhун үйэлээхтэр диэн – аар кырдьаҕастар, кинилэр 90 саастарыттан үөhэ манна киирэллэр. Холобур: «Долгожители Якутии» диэн кинигэҕэ 1999 сыллаахха 90 сааhыттан үөһэ Саха Сиригэр 524 уһун үйэлээх баар эбит. Онтон 2000 сыллаахха сүүһүттэн үөһэ саастаах республика 13 улууhугар 23 кырдьаҕас олорор. Оттон 2007 сыллаахха Аан дойдуга саамай кырдьаҕас киhи Эдьигээн улууhугар Хатылы нэhилиэгэр 1890 сыллааҕы төрүөх, Варвара Семенникова,  ыам ыйын 22 күнүгэр 117 сааhын туолбут. 2011 сыллаахха Бүлүү улууhун, Күүлэт нэhилиэгэр, Пелагея Васильевна Руфова  110 сааhын туолбут.

Билигин Саха сирин аар кырдьаҕаhа Хаңалас улууhун Нөмүгү  нэhилиэгэр 1900 төрүөх, билигин 114 саастаах Лиханова Евдокия Семеновна – эбээ Дьэбдьиэй баар.

2003 сылтан саҕалаан, президент Вячеслав Штыров ыйааҕынан «Үйэ саас» бэлиэ номнуо 70-тан тахса  аар кырдьаҕаска туттарыллыбыт.

 «Үйэ саастаах» мин  эбээм

        Мин хос эбээм – Николаева Мария Львовна быйыл тохсунньу 4 кунугэр 100 сааьын туолан «Үйэ саас» бэлиэни тутта. Кини Ньурба улууһун Хорула нэһилиэгэр олорор.

        Хос эбээм 1914 сыллаахха тохсунньу 4 кунугэр Хорулаҕа Анабы Сиэбит диэн сиргэ үһүс оҕонон төрөөбүт. Ийэтэ – Терентьева Марфа Николаевна, аҕата – Терентьев Лев Иннокентьевич. Бииргэ төрөөбүттэр биэстэр – Варвара, Анна, Мотрена, Елена уонна эбээ.

        Оҕо сылдьан сайынын от мунньан, оҕус сиэтэн төрөппүттэригэр көмөлөһөрө. Эдэр сааһыгар Чиллэҕэ «Маркс» колхозка сайынын от оттооһунугар, кыһынын от – мас тиэйиитигэр үлэлээбитэ. Эбээм бэйэтэ этэринии «буутун этэ буһан, холун этэ хойдон, сиһин этэ ситэн» ыал буолан сэрии сылларыгар Элиптээҥҥэ «Кыһыл Сулус» колхозка ыанньыксыттаабыт. Ол саҕана ынахтарын түөртэ ыыр эбиттэр. Ньирэйдэрин бэйэлэрэ көрөллөр, ыам аайы ынахтаррын бэйэлэрэ хомуйан аҕалаллара үһү. 1966 сылтан 1982 сылга диэри   Хорулаҕа  «Кустукчаана» оҕо саадыгар ньээньэлээбитэ. Тыа киhитин сиэринэн мэлдьи кэтэх сүөһүлээх буолар эбит. Онтон 68 сааһыгар пенсияҕа тахсан бочуоттаах сынньалаҥҥа олорор.

        Сэрии сылларгар аччыктааһын саҕана, 1944 сыллаахха чуут хоргуйан өлө сыспыттар. Урут да аһа суох буолан тото – хана аһаабакка  олорбут ыал 3 күн устата аҥаардас хаар уутун уулларан испиттэр. Аччыктаан эбэм ийэлээх аҕата уонна кэрэгэнэ сирэйдэрэ иһэн хаалбыттар. Онтон төрдүс куннэригэр Мэхээлэ киирэн «Эбэбитигэр киирэн куйуурдаан көрүөх» - диэбит. Онно киирэн балык бөҕөнү куйуурдаан ылбыттар. Эбэм ону: «Бачча элбэх ыччааттаныах, бачча уһун үйэлэниэх ыйаахпар ахсынньы аам – даам тымныытыгар балык бөҕө тахсыбыт эбит» - диир.

         Хос эбээм 5 оҕолоох, 18 сиэннээх, 31 хос сиэннээх,  4 хос хос сиэннээх. (сыh.1.)

        Мин эбээм сатаабатаҕа диэн суох: унтуу, бэргэһэ, андаатарынан саҕынньах тигэрэ. Олус минньигэс астаах.  Билигин төһө да 100 сааһын туоллар таах олорорун сөбүлээбэт: иһит сууйар, ас астыыр.

        Эбээм Мария Львовна уус-уран тыллаах-өстөөх: ыллыыр, туойар, чабырҕахтыыр, таабырын таайтарар, наһаа элбэх остуоруйалаах – онтулара барыта дьиҥ сахалыы тыллаахтар, ону  «Олоҥхо» научнай чинчийэр институт, тылы чинчийэр институт,  Российскай Федерация хотугулуу - илиҥҥи норуоттарын тыл уонна культура институтугар чинчийиллибиттэрэ уонна уурулла сыталлар.  

Кыра сааһыттан үлэлээбит буолан биһигини эмиэ онно үөрэтэр. Кини этэр: «ситэриллибэтэх үлэ отой да оҥоһуллубатаҕын суота» - диэн.

         

Эбээм уһун үйэлэниитин кистэлэҥнэрэ

Уһун үйэлэнии кистэлэҥин хос эбээм, Николаева Мария Львовна холобурунан кэпсиэхпин баҕарабын.

- Хайдах маннык уhун үйэлэнниҥ? – диэтэххэ, хос эбээм маннык хоруйдуур.

1. Үлэлээ, хамсаа! (сыh.2)

Эбэм оҕо сааhыттан ыарахан үлэни элбэхтик үлэлээбит: сайынын от мунньан, оҕус сиэтэн төрөппүттэригэр көмөлөһөрө. Эдэр сааһыгар сайынын от оттооһунугар, кыһынын от – мас тиэйиитигэр үлэлээбитэ. Онтон ыал буолан баран – ыанньыксыттаабыт, өссө 68 сааhыгар диэри оҕо саадыгар ньээньэлээбит. Аны кэргэнэ, Дьөгүөр эдэр сааhыгар өлөн 5 оҕотун соҕотоҕун атахтарыгар туруортаабыт. Маны таhынан сөбүлүүр дьарыктаах буолуохха наада эбит. Эбээм сөбүлүүр дьарыга: иис, ас астааhына. Билигин даҕаны төhө да 100 сааhын туоллар тугу кыайарынан үлэлии сатыыр.

  1. Элбэхтик эт, балык, үрүҥ аhы аhаа!

Биллэн турар, былыр билиҥҥи курдук ас арааhа дэлэй буолбатах этэ. Аһыыр аhылыктара наар үрүҥ ас (үүт, сүөгэй, суорат, арыы), эт, балык, сир аhа эбит. Билигин даҕаны араас тумалааҕы, сыалааҕы, арыылааҕы, олус минньигэhи, аһыыны сиэбэт.

  1. Утуйар кэмҥэ утуйан, турар кэмҥэ туран сырыт!

Киhи саамай сынньанара утуйуу буолар. Онон эрдэ утуйан, эрдэ туран сылдьыллыахтаах эбит. Эбээм наар этэр: «Эрдэ турбут чыычаах тумсун соттор, хойут турбут чыычаах хараҕын хастар». Ол аата кини эрдэ турбут элэбэҕи, эрдэ гынан бутэрэр онон эрдэ сынньанар диэн этэрин быhыыта.

  1. Куhаҕан дьаллыктарга  ылларыма!

Ол аата табаҕы тардыма, арыгыны иhимэҥ диир. Хос эбээм бэйэтэ хаһан даҕаны табах диэни тардыбатах, арыгы диэни испэтэх эбит.

  1. Сибиэhэй салгыҥҥа элбэхтик сырыт.

Учуонайдар да этэллэринэн тыа сиригэр олорор киhи ордук уhун үйэлээх буолар эбит. Оттон тыа сиригэр олорор киhи биллэн турар айылҕаҕа ордук чугас. Элбэхтик сибиэhэй салгыҥҥа сылдьар, үлэлиир, сынньанар. Эдэригэр эбээм эмиэ оннук сырыттаҕа. Билигин да таhырдьа элбэхтик сылдьар, сайынын күн уотугар сыламнаан, ньирэйдэрин, сиэннэрин, ааhар дьону, айылҕаны, кини уларыйыытын көрөн олорорун астынар. Оннооҕор бу 50 кыраадыс тымныыга киирэ – тахса сылдьар.

6. Ыраастык, сууна – тараана сырыт.

«Киртэн-хохтон  киhи араас ыарыы буолар» - диир. Онон оҕолорун, сиэннэрин, хос сиэннэрин, хос хос сиэннэрин  куруук ыраас буоларга иитэр, үөрэтэр. Бэйэтэ нэдиэлэ аайы баанньыктанар, илиитин, сирэйин куруук сууна сылдьар. Бэйэҥ эрэ ыраас буолбакка олорор дьиэҥ, таҥнар таҥаhыҥ, аһыыр иhитиҥ эмиэ ыраас буолуохтаах диир.

7. Куруук үөрэ – көтө, дьоҥҥо үтүөнү эрэ баҕара сылдьыахтааххын.

Мин эбээм кырдьык дьон туhунан хаhан да куhаҕаны саҥарбат. Куруук киhини барытын аhынар, кыраттан да үөрэр. Билигин даҕаны нэhилиэк уус-уран самодеятельноhыгар кыттан дьонун – сэргэтин сөхтөрөр. Үөрдэҕинэ, санаата көтөҕүлүннэҕинэ ыллыы – туойа сылдьар киhи.  

8. Олоххо тирэхтээх буолууохтааххын.

Ыччаттарбар, сиэннэрбэр тирэхтэнэммин уhун үйэлэнним диир. Ол аата дьиэ кэргэниң иллээх , бэйэ-бэйэтигэр сылаастык сыhыаннаhыахтаах уонна убаастабыл баар буолуохтаах эбит!

Түмүк

Түмүктээн эттэххэ мин хос эбээм уhун үйэлэниитин кистэлэҥэ – ЧӨЛ ОЛОХ эбит. Чөл олохтоох буоллаххына ҮЙЭ СААСТАНЫАң!

Сүүс саастаах эбээлээх наһаа үчүгэй! Мин хос эбээбинэн киэн туттабын! Эбээм барахсан доруобай буоллун уонна өссө өр олордун!

Туhаныллыбыт литература:

  1. Брагина А.В. «Алгыстар» Дь: Бичик, 2013 с.;
  2. Попов Б.Н. «Ыал быhаарыылаах тылдьыта» Дь: Сахаполиграфиздат, 2001 с.;
  3. «Основные демографические характеристики РС (Я). Краткий статистический сборник» Я: Госкомстат РС (Я), 1998 г.;
  4. Печкарева А. В. «Секреты долголетия». ООО «ТД «Издательство Мир книги», 2006г.
  5. «Үйэ саас», «Кыым» хаhыат; №1, 16.01.2014с.;
  6. «Эбээ Дьэбдьиэй», «Саха ыала» хаhыат – 03.06.04с.;
  7. «Когда года - не беда», «Якутия» хаhыат,  25.02.2004с.;
  8. «Уhун үйэлэнии ураты холобра», «Саха сирэ» хаhыат, 23.11.11с.

1 сыhыарыы

        

Эбээм уһун үйэлэниитин кистэлэҥнэрэ

2 сыhыарыы

        


Предварительный просмотр:


Подписи к слайдам:

Слайд 1

«Үйэ саас » кистэлэҥнэрэ Толордо : Макаров Алёша 3 кылаас үөрэнээччитэ Салайааччы : Алексеева Туяра Михайловна Сунтаар 2014

Слайд 2

Сыала : Уһун үйэлэнии кистэлэҥэ – чөл олох буоларын дакаастааһын. Соруктар : 1. Уһун уйэлээхтэр уонна чөл олох туһунан литератураны үөрэтии. 2. Хос эбээм – Николаева М.Н. олоҕун үөрэтии. Урууларбын билии . 3. Хос эбээм холобурунан уһун үйэлэнии кистэлэҥин арыйыы Гипотеза: Уһун үйэлэниэххин баҕарар буоллаххына чөл олоҕу тутус . Актуальность: У h ун үйэлээхтэр тустарынан литература олус аҕыйах . Кинилэр тустарынан оҕолор, дьон – сэргэ билиэхтээхтэр уонна холобур оңостуохтаахтар.

Слайд 3

Киириитэ Учуонайдар этэллэринэн , киһи төрүүрүгэр 120 – 150 сыл олорорго программаланан төрүүр . Ол эрээри кини итиннээҕэр быдан аҕыйах сыл олорор . Ол төрүөтэ: кыайан эмэтэниллибэт араас ыарыылар , экология эмсэҕэлээһинэ , санаа баттыга уонна чөл олоҕу тутуспат буолуу .

Слайд 5

2007 сыллаахха Аан дойдуга саамай кырдьаҕас ки h и Эдьигээн улуу h угар Хатылы нэ h илиэгэр 1890 сыллааҕы төрүөх , Варвара Семенникова , ыам ыйын 22 күнүгэр 117 саа h ын туолбут .

Слайд 6

Билигин Саха сирин аар кырдьаҕа h а Хаңалас улуу h ун Нөмүгү нэ h илиэгэр 114 саастаах Лиханова Евдокия Семеновна баар .

Слайд 7

2003 сылтан саҕалаан «Үйэ саас » бэлиэ 70-тан тахса ки h иэхэ туттарыллыбыт .

Слайд 8

«Үйэ саастаах » мин эбээм – Николаева Мария Львовна - Ньурба улууһун Хорула нэһилиэгэр олорор .

Слайд 9

Хос эбээм 1914 сыллаахха тохсунньу 4 кунугэр үһүс оҕонон төрөөбүт . Ийэтэ – Терентьева Марфа Николаевна, аҕата – Терентьев Лев Иннокентьевич. Бииргэ төрөөбүттэр биэстэр .

Слайд 12

Хос эбээм 5 оҕолоох , 18 сиэннээх , 31 хос сиэннээх , 4 хос хос сиэннээх .

Слайд 13

Төһө да 100 саастаах б уоллар таах олорорун сөбүлээбэт : иһит сууйар , ас астыыр .

Слайд 14

« Ү йэ саас » кистэлэҥнэрэ

Слайд 16

Чөл олохтоох буоллаххына ҮЙЭ СААСТАНЫА ң ! Мин хос эбээбинэн киэн туттабын ! Эбээм барахсан доруобай буоллун уонна өссө өр олордун !

Слайд 17

Бол ҕомтоҕут и h ин махтал !


По теме: методические разработки, презентации и конспекты

"Социализация учащихся в начальной школе" Доклад.

Проблемы, тенденции, перспективы развития воспитательной системы и социализации учащихся в начальной школе....

Доклад "Исследовательская деятельность учащихся начальной школы"

Доклад  содержит  рекомендации  по  проведению  исследовательской  работы  по  окружающему  миру в  начальной  школе,  поэтапному  ее ...

Ыллаа-туой ого саас

Ункууну туруораллар: Григорий,Галина Петровтар.Ырыа-К.С.Иванов,В.М.МосквитинаСценка-стручкова Е.Г.Фольклор-Стручкова Е.Г.Быыс иннигэр тахсан Эрхан,Сережа хоhоон аагаллар(музыка тыаhыыр)Дайте детям наи...

О5о саас дьэрэкээн кустуга

Альбом с творческими работами учащихся. Собраны творческие работы: стихотворения и иллюстрации к стихотворениям....

Презентация (доклад) на тему: "Развитие логического мышления учащихся при решении текстовых задач (математическое моделирование) на уроках математики в рамках реализации ФГОС НОО" (выступление с докладом на круглом столе)

Основной задачей школьного курса математики всегда являлось обучение решению текстовых задач. Решение задач занимает в математическом образовании огромное место. Умение решать задачи является одним из...

Уруок таһынан дьарык. Икки араас оҕо саас.

Уруок таһынан дьарык.Тема: Икки араас оҕо саас.Сыала:      Бэйэни салайынар-дьаһанар сатабыл.   Тылы сайыннарар сыалы-соругу таба туруорунар, сатаан былаанныыр, туох түмүккэ к...