Уруок таһынан дьарык. Икки араас оҕо саас.
занимательные факты (3 класс)
Уруок таһынан дьарык.
Тема: Икки араас оҕо саас.
Сыала:
Бэйэни салайынар-дьаһанар сатабыл.
Тылы сайыннарар сыалы-соругу таба туруорунар, сатаан былаанныыр, туох түмүккэ кэлэрин быһа холоон билэр. Сэрии ыар кэмнэрин туһунан тугу билэрин-билбэтин, тугу ситэри үөрэтиэхтээҕин арааран өйдүүр.
Бэйэ саңатын сайыннарар баҕаны үөскэтии. Төрөөбүт тылын барҕа баайын сыаналыыр, санаатын сиһилии этэргэ, кэпсииргэ дьулуһар.
Билэр-көрөр сатабыл. Үөрэнэр сатабыл.
Оҕо дьылҕатыгар сэрии ыар кэмнэрэ тугунан дьайбытын билии.
Улуус историятыгар баар кырдьыгы билиҥҥи көлүөнэ оҕото билэрин ситиһии. Норуот ааспыт олоҕун кэрэхсииргэ, ытыктыырга дьулуһуу;
Билиини сааһылааһын (структурирование знаний). Саңа билии ыларга баар билиитигэр тирэҕирэр. Атын биридимиэттэргэ (математика, өбүгэ үгэһэ) ылбыт билиитин сатаан ситимниир (интеграция знаний).
Рефлексия. Сыалы-соругу ситиһэр ньымаларын уонна усулуобуйаларын төһө сөпкө талбытын сыаналыыр, холонор.
Бодоруһар сатабыл.
Бииргэ үлэлиир үөрүйэх. Дьону кытта бииргэ алтыһан үөрэнэр, бөлөҕүнэн үлэлиир араас ньыманы баһылыыр.
Кэпсэтэр үөрүйэх. Кэпсэтии уратыларын өйдүүр, табан кэпсэтэр. Кэпсэтэр киһитин убаастыыр, сэңээрэр, санаатын болҕойон истэр, ылынар.
Туттар тэрилэ: 1. Е.Софронова кинигэтиттэн сэрии Саха сирин хоромньулара, чуолаан Таатта улууһун сүтүктэрин туһунан туһааннаах матырыйаал 1995с.
2. Хара-Алдан нэһилиэгэ кинигэ. 2011с.
3. Проекторга презентация (статистика, оҕолор олохторо, үлэлэрэ)
Скачать:
Вложение | Размер |
---|---|
ikki_araas_ogo_saas.docx | 28.7 КБ |
sorudahtar.docx | 14.19 КБ |
sanga_serii_prez_2023.pptx | 2.48 МБ |
Предварительный просмотр:
Уруок таһынан дьарык.
Тема: Икки араас оҕо саас.
Сыала:
Бэйэни салайынар-дьаһанар сатабыл.
Тылы сайыннарар сыалы-соругу таба туруорунар, сатаан былаанныыр, туох түмүккэ кэлэрин быһа холоон билэр. Сэрии ыар кэмнэрин туһунан тугу билэрин-билбэтин, тугу ситэри үөрэтиэхтээҕин арааран өйдүүр.
Бэйэ саңатын сайыннарар баҕаны үөскэтии. Төрөөбүт тылын барҕа баайын сыаналыыр, санаатын сиһилии этэргэ, кэпсииргэ дьулуһар.
Билэр-көрөр сатабыл. Үөрэнэр сатабыл.
Оҕо дьылҕатыгар сэрии ыар кэмнэрэ тугунан дьайбытын билии.
Улуус историятыгар баар кырдьыгы билиҥҥи көлүөнэ оҕото билэрин ситиһии. Норуот ааспыт олоҕун кэрэхсииргэ, ытыктыырга дьулуһуу;
Билиини сааһылааһын (структурирование знаний). Саңа билии ыларга баар билиитигэр тирэҕирэр. Атын биридимиэттэргэ (математика, өбүгэ үгэһэ) ылбыт билиитин сатаан ситимниир (интеграция знаний).
Рефлексия. Сыалы-соругу ситиһэр ньымаларын уонна усулуобуйаларын төһө сөпкө талбытын сыаналыыр, холонор.
Бодоруһар сатабыл.
Бииргэ үлэлиир үөрүйэх. Дьону кытта бииргэ алтыһан үөрэнэр, бөлөҕүнэн үлэлиир араас ньыманы баһылыыр.
Кэпсэтэр үөрүйэх. Кэпсэтии уратыларын өйдүүр, табан кэпсэтэр. Кэпсэтэр киһитин убаастыыр, сэңээрэр, санаатын болҕойон истэр, ылынар.
Туттар тэрилэ: 1. Е.Софронова кинигэтиттэн сэрии Саха сирин хоромньулара, чуолаан Таатта улууһун сүтүктэрин туһунан туһааннаах матырыйаал 1995с.
2. Хара-Алдан нэһилиэгэ кинигэ. 2011с.
3. Проекторга презентация (статистика, оҕолор олохторо, үлэлэрэ)
Сергей Александрович, Айталина Гаврильевна, Геннадий Валерьевич (мичээр) | |
Театр кулууп дьүһүйүүтүттэн быһа тардыы “Тууйастар”
|
Билигин көрүөҕүҥ Хара-Алданнааҕы театр кулууба региональнай дьүһүйүүгэ Гран при буолбут “Тууйастар” диэн спектакльларыттан быһа тардыыны уонна толкуйдааҥ. -Манна ханнык кэм көстөрүй? (Сэрии сыллара, сэриигэ атаарыы). -Бу сэриигэ үксэ кимнээх барбыттарай? *нэһилиэк аайыттан? (Үксэ эр дьоннор барбыттара). */-Өссө кимнээх хаалбыттара буолуой, эһиги курдук? (Оҕолор)* -Оччоҕо кимнээх хаалбыттарай манна *тыылга? (дьахталлар, кырдьаҕастар). -Онтон /ол оҕолор /эрэйдээхтэр/ тугунан дьарыктаммыттара буолуой? Билэҕит ону? (Үлэлээбиттэрэ буолуо, улахан дьоҥҥо көмөлөспүттэрэ буолуо) -Ол оҕо түбүгэ, үлэтэ эһиги олоххутугар майгынныыра буолуо ду? (суох) -Кыһалҕа бөҕөнү көрсүбүттэрэ буолуо ди. -Ити баар... Икки араас оҕо саас. -Оччоҕо /бүгүҥҥү дьарыкпыт сыала/ туох диэн буолара буолуой эһиги санааҕытыгар? (Сэрии кэмигэр оҕо хайдах олорбутун, биһиги олохпутуттан атынын) -Дьэ, ол иһин биһиги бүгүн саһарбыт страницалары сэгэтэн, Аҕа Дойду Улуу сэриитин кэмигэр биһиги улууска оҕолор хайдах олорбуттарын туһунан чахчылары көрүөхпүт, итиэннэ кини сүрүн кыһалҕата хайдах быһаарыллыбыта буолуой, ону билиэхпит. |
Презентация. Слайд 1: | - Бу күн/ эмискэ/ халлааҥҥа этиҥ эппитинии, күүтүллүбэтэх иэдээн биһиги дойдубутугар ааҥнаабыта, хас биирдии киһи дьылҕата быһаарыллар ыарахан кэмнэрэ буолбуттара. |
Слайд 2: | Биһиги билигин ханнык государстваҕа олоробут? (Россияҕа). Кини урук маннык ааттаах этэ. Дьэ, эрэ, 4 сыл тыҥааһыннаах киирсии түмүгэр, хас киһи суорума суолламмытый? Уочаратынан ааҕыахха, мантан саҕалаан. - (1оҕо) Советскай Союз 27 мөл. киһитин сүтэрбитэ. - (2оҕо) Онтон Саха сириттэн барыта 70 тыһ-тан тахса киһи өлбүтэ. |
Слайд 3: | - Аны, Таатта улууһун көрүөххэ. - (1оҕо) Улуустан сэриигэ кыттыбыттар 1757киһи. - (2оҕо) 833 киһи сэрии толоонугар охтубута. - (3оҕо) 3204 киһи хоргуйан, ыальдан туораабыттар. - Бу иһигэр оҕолор бааллар... Хайдах/ бачча элбэх киһи сэриигэ барбакка эрэ, дойдутугар хаалан баран өлөөхтөөбүтэ буолуой? (аҥардас ыарыыга ылларан, аччыктаан өлөөхтөөбүттэр) - Оччоҕо тыылга хас төгүл элбэх киһи өлбүтүй? Тэҥнээн көрүҥ эрэ. (4төгүл элбэх киһи өлбүт) - Ортотунан оннук. - Оҕолоор, оттон сэрии диибит даҕаны... байыаннай балаһыанньа ханна буола турарый биһиги дойдубутугар?(..) * * - Эрээри/ биһиги эйэлээх эрэ олоҕу баҕарабыт. Оннук батта? Билигин сэриилэһэ сылдьар биир дойдулаахтарбыт, аймахтарбыт этэҥҥэ эргиллэн кэллиннэр эрэ.
|
Слайд 4: | Ол курдук, оҕолор 4 сылы быһа оҕо саас кэрэ кэмнэрин умнан, хара сарсыардаттан хойукка дылы улахан дьону кытта тэбис-тэҥҥэ үлэ үөһүгэр түспүттэрэ.у ББу дьыл Бу дьыл кэмнэрэ. Кыһын кэлбит, тымныы буолбут. Бу оҕо тугу гынна? Уочаратынан ааҕыахха... Саас буолбут... Сайын кэлбит... Аһыҥа туохха мэһэйдиирэ буолуой? (Оту эрэ буолбатах, бурдугу эмиэ үүннэрбэт). Күһүн... Саас+сайын тугу гынар? Төгүрүк сыл?
Бу үлэлэртэн эһиги хайатын эмит үлэлээн көрбүккүт ду? (...) Саатар кыһын өттүгэр? Илиибитин уунабыт. Ити курдук, оччотооҕу оҕо төһө да аччыктаабытын, сылайбытын иһин наһаа элбэх үлэлээх эбит ди. Тоҕо маннык үлэлиирэ буолуой? (Эйэлээх олоҕу баҕаран). Онтон, оҕолор, эһиги сүрүн үлэҕит тугуй? билигин? (үөрэх) Саамай сөп. Элбэх кинигэни ааҕан, сатабылларгытын сайыннаран, этэргэ дылы, хас биирдии үүнэн турар маһы харыһыйан, улахан дьоҥҥо көмөлөһөн, эмиэ бу оҕолор курдук, Төрөөбүт дойдубутугар туһалаах киһи буолуохтааххыт. Оннук буолуоххутун баҕараҕыт? |
Слайд 5 | Аны сыллааҕы хамнастарын көрүҥ. Сыл бүттэҕинэ, тохсунньуга биирдэ ылаллар, х: 1942с: 6 киилэ бурдук. Маны/ 12 ыйга үллэрэн кэбиһиҥ уонна бүтүн дьиэ кэргэн/ сылы туоруохтаах. Олус кыра. 1943сылга төрүт да биэрбэт буолбуттар, бурдугу. 2 киилэҕэ тиийбэт эт, 5 киилэ арыы. Бу биир сылга анаан. |
Слайд 6 | Дьэ, оччоҕо бу дьон тугу аһаан-сиэн олороллор? (Тыаттан-бултаан). Өрүстэн-күөлтэн? (Балыктаан) Ол иһин өрүстээх сиргэ Хара-Алдаҥҥа “Төрүттэнии” артыалын арыйан, балык собуотугар оҕолору көмөҕө ылбыттар уонна оҕо дьиэлэрин, фрону хааччыйбыттар. |
Сорудахтар (биирдиилээн планшекка үлэ) | - Ким болҕойон истибит, сорудахтары планшеттарга үчүгэйдик толоруоххут диэн эрэнэбин. Ыарырҕаппыт оҕолор куттанымаҥ, көмө-тирэх буолуохпут. Биһиги эһигитин өҥҥүтүнэн көрөн араартыахпыт: Кыһыл, халлаан күөх, от күөх, саһархай диэн. Бастакы сорудах: Таатта улууһуттан хас киһи барбыт, хаалбыт, сэрии хонуутугар охтубут эбитий? Стрелканы туһанан холботолоо. (Таатта улууһуттан хас киһи сэриигэ- 1700 киһи Сэрии толоонугар хас киһи охтубута- 833 киһи Хаалбыт дьонтон аччыктаан, ыалдьан хас киһи өлбүтэ- 3204 киһи). Иккис сорудах: Хас сыл сэрии оҕото оонньуур дьолун билбэтэҕэй? (4) Үһүс сорудах: Икки араас кэм оҕолорун тэҥнээ. Хаартыскалары өйдөөн көр. Туох уратылаахтарый? - Таҥаһа: (чараас, тырыттыбыт) - Этэ-хаана. Холобура, хайата ырыганый эбэтэр сэниэлээҕий? - Тугу саныырый куруук? (ас туһунан) Төрдүс сорудах: Билиҥҥи оҕо уонна сэрии кэминээҕи оҕо улахан киһиэхэ көмөтүн наардаа диэн. - бурдук сирин тиэрсии, ыһыы, хомуйуу; - аһыҥаны ыраастааһын; - балык собуотугар көмө; - күөгүлээһин, спининг; -мас, муус бэлэмнээһин; -мээчиктээһин; -кинигэ ааҕыыта, үөрэх; Планшеттарбытын ылабыт. (оҕо аата) кыһыллар диэн буолаҕыт, (оҕо аата) – халлаан күөх, (оҕо аата) – өт күөх, (оҕо аата - саһархай). Эппиэттэри көрдөххө сүрдээҕин өйдөөбүккүт, маладьыастар! Планшеты туора уурдубут. |
Слайд 8: | Салгыы көрөбүт. Бу сылларга 200 оҕо ас-таҥас тиийбэтиттэн үөрэхтэн маппыттар. Төһөлөөх үөрэниэхтэрин баҕараллара буолуой? Аны туран халыҥ да, чараас да таҥастара суох, барыта саахымат хараҕын курдук абырах эбит. Алаастарынан олороллор. Онтон аҥардас 175 оҕо доруобуйаларын туругунан оскуолаттан тохтообуттар. Бу кэмнэргэ сэллик ыарыы киэҥник тарҕаммыт. Дьэ, оҕо үөрэҕэ суох хаалар куттала баар буолбут! |
Проблеманы быһаарыы | - Эһиги санааҕытыгар маннык балаһанньаттан хайдах тахсыбыттара буолуой? Оҕону үөрэҕинэн, сөптөөх аһынан, таҥаһынан, оронунан хааччыйар сыалтан? Тугу тутан арыйбыттара буолуой, көрүҥ эрэ? Таҥара дьиэтин да? (Интернаттары арыйыы). - Саамай сөп. Ити кэмҥэ 300 миэстэлээх 9 оскуолаҕа интернаттары, оҕо дьиэлэрин арыйан, үгүс оҕо үөрэнэр дьолго тиксибиттэрэ. Государство көмөлөһөн, өйөөн үөрэхтээх киһи бөҕө Тааттаҕа баар буола түспүтэ. - Өйдөөтүгүт? |
Түмүк. Слайд 9: Ырыата тыаһыыр кыратык “Эйэ, дьол иһин” | Дьэ эрэ, бары биир сүбэнэн, хором ааҕыахха эрэ. Икки араас, оҕо саас! Сүгүрүйэбит Сэрии кэмин оҕотугар! Ким да умнуллубат, Туох да умнуллубат! -Бүгүҥҥү дьарык, оҕолор, хайдах ааста дии санаатыгыт? -Туох саҥаны биллигит? - Оччоҕо сөбүлээбит буоллахпытына, үөһэ ыйабыт, суох буоллаҕына аллараа диэки (...) - Манан уруок таһынан дьарыкпыт түмүктэнэр, кэлэн кыттыыны ылбыт оҕолорго, ыалдьыттарга махтанабыт. Көрсүөххэ дылы!
|
Предварительный просмотр:
Сорудахтар (биирдиилээн планшекка үлэ) | - Чэ эрэ, билигин ким болҕойон истибит, сорудахтары үчүгэйдик толоруоххут диэн эрэнэбит. Бу олус улахан оҕо учууталлыын үлэлиир платформата буолар. Хас биирдии оҕо үлэтэ манна барыбытыгар көстөн туруо. Ыарырҕаппыт оҕолор куттанымаҥ, көмө-тирэх буолуохпут. Бастакы сорудах: Таатта улууһуттан хас киһи барбыт, хаалбыт, сэрии хонуутугар охтубут эбитий? Стрелканы туһанан холботолоо. (Таатта улууһуттан хас киһи сэриигэ- 1700 киһи Сэрии толоонугар хас киһи охтубута- 833 киһи Хаалбыт дьонтон аччыктаан, ыалдьан хас киһи өлбүтэ- 3204 киһи). Иккис сорудах: Хас сыл сэрии оҕото оҕо саас кэрэ кэмин билбэтэҕэй? (4) Үһүс сорудах: Икки араас кэм оҕолорун тэҥнээ. Хаартыскалары өйдөөн көр. Туох уратылаахтарый? - Таҥаһа: (1.Чараас, тырыттыбыт. 2. Халыҥ, бүтүн) - Этэ-хаана. Холобура, хайата ырыганый эбэтэр сэниэлээҕий? (1. Сэниэтэ суох, ырыган. 2. Сэниэлээх, чэгиэн) - Тугу саныырый куруук? (1. Ас, таҥас, эйэ туһунан. 2. Үөрэх, аныгы технология, спордунан дьарык) Төрдүс сорудах: Билиҥҥи оҕо уонна сэрии кэминээҕи оҕо көмөлөрүн наардаа диэн. - бурдук сирин тиэрсии, ыһыы, хомуйуу; - аһыҥаны ыраастааһын; - балык собуотугар көмө; - күөгүлээһин, спининг; - мас бэлэмнээһин; - булт - муус ылааһын, таһыы; - мээчиктээһин; - кинигэ ааҕыыта, үөрэх; - Планшеттарбытын ылабыт. (оҕо аата) кыһыллар диэн буолаҕыт, (оҕо аата) – халлаан күөх, (оҕо аата) – өт күөх, (оҕо аата - саһархай). Үлэлээбитинэн барабыт. (Индивидуально көмө). - Эппиэттэри көрдөххө сүрдээҕин өйдөөбүккүт, маладьыастар! Планшеты туора уурдубут. |
Предварительный просмотр:
Подписи к слайдам:
1941 -1945 сыллар сүтүктэрэ: Советскай Союз 27 000 000 к иһитин сүтэрбитэ. Саха сириттэн 65385 киһи сэриигэ барбыта , 32466 саллаат эргийэн кэлбитэ . Тыылга хаалбыт дьонтон 16300 киһи хоргуйан , ыалдьан өлбүтэ . Саха сириттэн барыта 70 000 -тан тахса киһи өлбүтэ .
Улуустан сэриигэ кыттыбыттар 1757 Сэрии толоонугар охтубуттар 833 Хоргуйан, ыалдьан туораабыттар 3204 Тааттаҕа 1941 -1945 сыллар сүтүктэрэ:
Сэрии ытылҕаныгар оҕо дьылҕата КЫҺЫН СААС САЙЫН КҮҺҮН Оттук мас бэлэмнээһинэ Бурдук сирин тиэрсии Аһыҥаттан сири ыраастааһын Бурдук хомуура, астааһына Бурдук ыһыыта Муус ылааһына Оттооһун, у уттан оту тардыы Сүөһү көрүүтэ Балыктааһын , б алык собуотугар үлэ
бурдук эт арыы 1942 с 3-6кг 2-3,5 кг 6кг 1943 с суох 1,6 кг 5 кг Сыллааҕы нуорма - дохуот
Сэрии кэмигэр тыылга күүстээх үлэ тиҥийбитэ. 1943с . Хара-Алдаҥҥа фрону уонна тыылы аһылыгынан хааччыйар аналлаах “Төрүттэнии” балык артыала тэриллэн, нуормаларын куруук болдьоҕун иннинэ 575% толорон испиттэрэ . Э бэтэр 900 буут бастыҥ сортаах балыгы туттараллара . Оҕо дьиэтин, фрону хааччыйаллара. Тааттаҕа сэрии чахчылара
Сэрии кэмигэр оҕо үөрэҕэ Үөрэххэ хабыллыбатах Үөрэхтэн тохтообуттар 200 оҕо ас-таҥас тиийбэтиттэн 175 оҕо доруобуйаларын туругунан
Ураһа Оҕо дьиэтэ Ампаар Балаҕан Таҥара дьиэтэ Былыргы тутуулар
Сүгүрүйэбит сэрии кэмин оҕолоругар! Ким да умнуллубат, Туох да умнуллубат! Икки араас, оҕо саас!
По теме: методические разработки, презентации и конспекты
урок-презентация в 3 классе по предмету "Терут дьарык" по теме "Арктика"
Описание природы, хозяйственной деятельности человека в арктической зоне...
доклад учащегося 3 класса "Уйэ саас кистэлэннэрэ"
Доклад ученика 3 класса Макарова Алеши, о секретах долголетия своей прабабушки - Николаевой Марии Львовне...
Ахсаан уруогун ыытыы методиката Тиэмэ: «икки бэлиэлээх тогурук чыыьыланы столбигынан ко5урэтии 50-24» 2 кылаас
ГБПОУ РС(Я) С.Ф.Гоголев аатынан Дьокуускайдаа5ы педагогичэскай колледж Ахсаан уруогун ыытыы методикатаТиэмэ: «икки бэлиэлээх тогурук чыыьыланы стол...
Тулалыыр эйгэ уруок ууга уонна ойуурга сэрэхтээх буолуу быраабылата
ТУЛАЛЫЫР ЭЙГЭУРУОК ТИЭМЭТЭ: УУГА УОННА ОЙУУРГА СЭРЭХТЭЭХ БУОЛУУ БЫРААБЫЛАТА ...
саха тылыгар уруок
УруокборотокуолаКыласс, оскуола: 2 «Б», СОШПредмет: Саха тылаУМК: Захарова Лариса ВасильевнаУруоктемата:Тэнийбитуоннатэнийбэтэхэтиидиэнтугуй?Уруоктиибэ: сана ойдобулуарыйыыуруогаУчууталсыала: О5олор т...
Ыллаа-туой ого саас
Ункууну туруораллар: Григорий,Галина Петровтар.Ырыа-К.С.Иванов,В.М.МосквитинаСценка-стручкова Е.Г.Фольклор-Стручкова Е.Г.Быыс иннигэр тахсан Эрхан,Сережа хоhоон аагаллар(музыка тыаhыыр)Дайте детям наи...
О5о саас дьэрэкээн кустуга
Альбом с творческими работами учащихся. Собраны творческие работы: стихотворения и иллюстрации к стихотворениям....