Доклады учащихся
материал на тему

Горохова Сардаана Дмитрьевна

Доклад

Скачать:

ВложениеРазмер
Файл на якутском языке20 КБ
Файл nika_doklad.docx11.63 КБ

Предварительный просмотр:

Улусный этап Всероссийского конкурса исследовательских и творческих проектов дошкольников и младших школьников “Я исследователь”

МР “Усть-Алданский улус (район)”

МБОУ Чериктейская средняя общеобразовательная школа

Доклад

“Аар тайҕа маанылаах кыыла - саһыл”

Секция: Гуманитарные знания

                                                         Выполнила: Спиридонова Карина

                                       ученица 1 класса

                                           Руководитель: Горохова

                                         Сардаана Дмитрьевна

                                          учитель нач. классов

                                                             

Чериктей

2017 г.

Иһинээҕитэ.

  1. Киириитэ...................................................................................................3
  2. Саһыл ..........................................................................................................4
  3. Саһыл – тылынан уус-уран айымньыларга..............................................5
  4. Саһылы тоҕо Патрикеевна дииллэрий?....................................................7
  5. Түмүк........................................................................................................8
  6. Туһаныллыбыт литература......................................................................9
  7. Сыһыарыы.................................................................................................

Киириитэ.

Саха сиригэр араас элбэх кыыл олорор. Олортон саамай мындырдара, кыраһыабайдара саһыл буолар.  

Үлэм темата: Аар тайҕа маанылаах кыыла - саһыл.

Актуальноһа:

Кыыллар бары араастаахтар.  Дьикти, кэрэ уонна мындыр кыыл - саһыл туһунан  информацияны тарҕатыы.  

Новизната:

Кыра оҕолорго аналлаах саһыл туһунан сахалыы  уруһуйдуур кинигэ.

Гипотезата:

Араас матырыйаалы хомуйан, саһыл туһунан,  кыра оҕолорго аналлаах, сахалыы уруһуйдуур кинигэ оҥорорго холонон көрүү.

Сыала:  Саһыл туһунан араас матырыйаалы хомуйан оҕолорго аналлаах уруһуйдуур кинигэ оҥоруу.

Соруктара:

  1. Библиотекаттан саһыл туһунан матырыйаалы хомуйуу
  2. Билбити кэпсииргэ үөрэнии
  3. Оҕолорго аналлаах уруһуйдуур кинигэ оҥоруу.

Саһыл.

        Саһыл – тыа уонна тыалаах туундара кыыла. Күндү түүлээх. Кини кыһыл, хара дьүһүннээх. Сүрдээх хойуу, сымнаҕас, сылаас, уһун көп түүлээх. Хап-хара муруннаах, сытыы чоҕулуспут харахтаах, чуор кулгаахтаах. Хоп-хойуу уһун кутуруктаах. Үксүгэр кутуйаҕынан уонна куобаҕынан аһылыктанар. Уһуна 90-ча см, кутургун уһуна 60-ча см, ыйааһына 6 эбэтэр 10 кг тиийиэн сөп. Айылҕаҕа, көҥүлгэ 6-8 сыл олорор. Онтон дьиэҕэ, килиэккэҕэ иитиллэр саһыл 15 сыл олоруон сөп. Саһыл убаҕас мастаах күөллэр, урэхтэр, өрүстэр аттыларыгар олохсуйар. Сылга биирдэ төрүүр, 2-3 оҕолоох буолар.

Саһыл – тылынан уус-уран айымньыларга.

Саһыл – тылынан уус-уран айымньыларга олус элбэхтэ көстөр. Ол курдук араас норуоттар остуоруйаларыгар, таабырыннарга, өс  хоһооннорго, күнү-дьылы билгэлээһиҥҥэ, хоһооннорго, үгэлэргэ саһыл туһунан элбэхтэ көрсүөххэ сөп.

Холобур:

Өс хоһоонорго:

  • Сатабыллаах саһыл саҕалаах.
  • Саһыл курдук албын, куобах курдук хоргус.
  • Арай хаарга үктээбитэ кырдьык.
  • Саһыл түүтүнэн, киһи үлэтинэн.
  • Саһыл инэ уокка тохтуо.
  • Күлүгүн туттарбат, күлүү гыммыт, кутуругун көрдөрбүт, куймас гыммыт.
  • Алынньыга диэри астаах, бэһинньигэ диэри бэстээх.

Таабырыннарга:

  • Бэрт киһи бэлиэлээх үһү.
  • Албын о5онньор арба5аьа аатырбыт уьу
  • Сыһыыга сырбас (сырбай бэлиэлээх) баар үһү.
  • Хараҥаҕа күн ахсын хороонуттан тахсар баар үһү.
  • Посмотрите-ка какая

Все горит как золотая.

Годит в шубке дорогой,

Хвост пушистый и большой...

Күнү-дьылы билгэлээһиҥҥэ:

  • Сһьыл мэнээктээбит сылыгар куобах сүтэр.
  • Куобах мэнээктээбит кэнниттэн саһыл мэнээгэ кэлэр, саһыл мэнээгин кэнниттэн эһэ,  бөрө мэнээгэ кэлэр.

Саһыл туһунан остуоруйалар.

  1. А. Бэрияк «Эһэ уонна кымырдаҕастар”
  2. Б.В Шергин “Пойга и лиса”
  3. В. Бианки “Лис и мышонок”
  4. КД. Ушинский “Лиса Патрикеевна”,  “Лиса и козел”
  5. И. Сосин “Албын саһыл”, “Куобахчаан уонна саһыл”, “Бөрөнү саһыл таһыйбыта”
  6. Норуот остуоруйалара:

“Лиса и журавль”, “Лиса и заяц”, “Лиса и тетерев”, “Кот и лиса”, “Лиса и дрозд”, “Петушок Золотой гребешок”, “Лисичка сестричка и серый волк”, “Медведь и лиса”, “Лиса –исповедница”, “Лиса поветуха”, “Лиса, заяц и петух”, “Лиса и рак”, “Саһыллаах эһэ”, “Албын саһыл уонна көтөрдөр” уо.д.а.

Саһылы тоҕо Патрикеевна дииллэрий?

        Патрикей латыынны аристократ диэн суолталаах. Ол эрэн 700 сыл аннараа өттүгэр Патрикей Наримунтович диэн сүрдээх киитэрэй уонна албын кинээс олоро сылдьыбыт эбит. Дьон саьһылы кыыллартан саамай киитэрэйин иһин, киниэхэ ити ааты иҥэрбиттэр. Онтон ыла элбэх остуоруйаларга саһылы Патрикеевна диэн ааттыыр буолбуттар.

Түмүк.

Саха сиригэр араас элбэх кыыл баар, олортон саамай мындырдара, кыраһыабайдара саһыл буолар. Кини туһунан олус элбэх хоһуйуулар, норуот тылынан уус-уран айымньылара бааллар. Бу матырыйаалы туһанан, кыра оҕолорго аналлаах сахалыы “Саһыл” туһунан уруһуйдуур кинигэ оҥордум. Кинигэҕэ саһыл туһунан араас матырыйааллары уонна кырааскалыыр ойуулары кииллэрдим.

 Бу кинигэни туһанан оҕолор аар тайҕа маанылаах кыылын – саһыл туһунан элбэҕи билиэхтэрин сөп.

        

Туһаныллыбыт матырыйаал:

  1. «Большая энциклопедия Начальной Школы»………….…………........36
  2. Аан дойду дьиктилэрэ…………………………………………………….22
  3. Айыл5а до5отторо………………………………………….……………. 18
  4. Интернет ресурс……………………………………………………………..



Предварительный просмотр:

                      Попов Семен Саввич (1922-1983 сс.)

1922 сыллаахха Ыччакка төрөөбүтэ. Ийэтэ эрдэ өлөн, аҕата иитэн

улаатыннарбыта. Семен Саввич  1942 сыл бэс ыйын 16 күнүгэр

 фроҥҥа ыҥырыллан барбыта,   1-Балтийскай фроҥҥа  сулууспа-

лаабыта уонна 1945 сыллаахха  төрөөбүт дойдутугар эргиллэн кэл-

битэ. Сэриигэ сылдьан бааһыран, Рига куорат  госпиталыгар үс ый

 эмтэммитэ.   Үтүөрэн фроҥҥа төттөрү барбыта. Өстөөх танкатын

 гранатанан үлтү тэптэрбитэ. Ол туһунан  командира махтанан

 эдьиийигэр Маайыска суруйбута. Хорсун сэрииһит дойдутугар

 эргиллэн кэлэн, бэнсийэҕэ тахсыар диэри холкуоска, сопкуоска

 күүһэ кыайарынан үлэлээбитэ. Ааллаах Үүн айанньыта.  5 оҕото

бары улаатан үлэһит, ыал дьон буоллулар.

Наҕараадалара  “Хорсунун иһин” ,” Германияны Кыайыы иһин” уо.д.а. мэтээллэрдээх.


По теме: методические разработки, презентации и конспекты

"Социализация учащихся в начальной школе" Доклад.

Проблемы, тенденции, перспективы развития воспитательной системы и социализации учащихся в начальной школе....

Доклад "Исследовательская деятельность учащихся начальной школы"

Доклад  содержит  рекомендации  по  проведению  исследовательской  работы  по  окружающему  миру в  начальной  школе,  поэтапному  ее ...

Доклад на МО учителей начальных классов «Подготовка учащихся к олимпиадам и марафонам. Формы и методы работы с одаренными и мотивированными детьми»

В образовательных учреждениях района успешно реализуется программа "Одаренные дети". Наряду с урочной деятельностью , способствуют развитию и выявлению одаренных учащихся различные формы работы с учащ...

Доклад "Формы и методы работы с учащимися, имеющими низкую мотивацию к учебно – познавательной деятельности."

Нужно помнить, что первичные причины, приводящие, в конечном счёте, к хронической неуспешности, могут быть различными...

Доклад "Организация творческой деятельности учащихся на уроке в рамках ФГОС"

Текст доклада раскрывает творческий подход построения урока в рамках ФГОС.   Предназначена учителям , методистам общеобразовательных школ....

доклад учащегося 3 класса "Уйэ саас кистэлэннэрэ"

Доклад ученика 3 класса Макарова Алеши, о секретах долголетия своей прабабушки - Николаевой Марии Львовне...

Презентация (доклад) на тему: "Развитие логического мышления учащихся при решении текстовых задач (математическое моделирование) на уроках математики в рамках реализации ФГОС НОО" (выступление с докладом на круглом столе)

Основной задачей школьного курса математики всегда являлось обучение решению текстовых задач. Решение задач занимает в математическом образовании огромное место. Умение решать задачи является одним из...