О5о саас дьэрэкээн кустуга
методическая разработка (1, 2, 3, 4 класс)

Рахлеева Матрена Петровна

Альбом с творческими работами учащихся. Собраны творческие работы: стихотворения и иллюстрации к стихотворениям.

Скачать:

ВложениеРазмер
Файл albom.pptx2.28 МБ

Предварительный просмотр:


Подписи к слайдам:

Слайд 1

О сипова Санаайа , 9 саас Акварель Габышева Лена, 10 саас Гуашь Таатта үрэх хэ Таатта улууһун иһинэн Таатта үрэхпит ааһар, Амма өрүстүүн аргыстаһан, Алдаҥҥа холбоһон Лена өрүскэ түһэр. Таатта дьоно бары Үрэхпитин таптыыбыт. Кустуубут, балыктыыбыт, Ыраас уутун иһэбит. Сайын Таатта үрэх Тохтоло суох устар, Куйаас күҥҥэ оҕолор Сөтүөлүүллэр Тааттаҕа. Тапталлаах Тааттабыт үрэхпит Өссө да элбэх сыл Дьон-сэргэ, оҕо-аймах туһугар Дьирибинии уста сыт ! Дорофеев Андриан – 4 «б» кылаас Таатта үрэх Кырылас кумахтаах, Ыраас уулаах Таатта үрэх барахсан, Эргиллиэм эйиэхэ Оҕо сааспын эргитэ, Күөх оттоох кытылгар Иирэ талах үүнэр. Ама, умнуом буоллаҕай, Оҕо сааһым аргыһын Тааттам күөх кытылын. Игнатьев Алёша – 1 «в» кылаас

Слайд 2

Захарова Диана, 10 саас Цв.карандаш Христофоров Никита, 9 саас , Акварель Мин тулам Мин тулам куруук сырдык , Мин нь игэс дыргыл сыттаах , Мин тулам куруук сылаас Мичээринэн угуттуур алыптаах . Чээлэй к үө х хаты ҥ мастар Чараас сабыы курдуктар , Чуопчаарар татыйык тойуга Чугдаарар чуораан буолбуттар . Сөбүлүүбү н самаан сайыны Сибэкки сиэдэрэй о һ уорун , Сиккиэр тыал аргыыйдык Сипсийэр сэ һ энин истэрбин . Филатова Дайаана - 3 «а» кылаас

Слайд 3

Попова Настя, 9 саас Гуашь Луковцев Слава, 10 саас Акварель Айылҕа кэрэтэ Сааскы салгын сылыйыа, Самаан сайын салаллыа, Сөрүүн тыал сипсийэр Суугунуур тыаһыгар Хатыҥчааммыт барахсан Лабаата наскыйыа. Сэбирдэх быыһыгар Күөрэгэйбит дьырылыа, Алааһы киэргэтэн Айылҕабыт дьиктитэ Сардаана сибэкки Тэтэрэ тыллыа . Маркова Наташа – 3 «а» кылаас Сайын Сахабыт сиригэр Самаан сайын салалынна, Күөрэгэйбит көрүлээтэ, Кэҕэ этэн чоргуйда. Сыһыыларга, алаастарга Сибэкки арааһа чэлгийдэ, Мутукчабыт сытынан Тула өттүм дыргыйда. Дмитриев Вадим – 1 «в» кылаас Сайын Сайын, сайын кэллэ, Кэҕэ, кэҕэ эттэ, От-мас көҕөрдө, Оҕо-уруу үөрдэ! Лыахтар, лыахтар көттүлэр, Сибэккилэр үүннүлэр, Күммүт күүскэ тыкта, Сөтүө кэмэ дьэ кэллэ! Петрова Аэлита – 1 «в» кылаас

Слайд 4

Нохсорова Саша, 10 саас , Акварель Дьяконов Алёша, 10 саас , Акварель Сайын Күн көрөрө, Күөрэгэй ыллыыра, Бу сайын илдьитэ, Бу сайын кэлиитэ. Дьон-сэргэ үөрүүтэ, Ыһыах ыһар ырыата, Бу сайын бэлиэтэ, Бу сайын кэлиитэ. Сир аһа үүнүүтэ, Оҕо-аймах үөрүүтэ, Бу сайын бэлэҕэ, Бу сайын кэһиитэ. Гаврильева Аэлита – 1 «а» кылаас Сайын Сарсыарданы уруйдаан Чыычаахтарбыт ыллыыллар, Кэҕэлэрбит чоргуһан Эҕэрдэлии көрсөллөр. Кэрэ араас сибэккилэр Хонуулары симииллэр, Куйаас күҥҥэ үөрэннэр Оҕолорбут оонньууллар. Местников Аслан – 1 «в» кылаас Сайын Күөх от силигилии үүннэ , Күммүт тыкта чаҕылыччы, Күлүмүрдүү сүүрдэ үрэх уута, Күөх сайын тиийэн кэллэ. Ефимов Алёша – 7 саас

Слайд 5

Старостина Дуня, 10 саас , Акварель Д.А. Петровка… Талыы Тааттабыт сиригэр Таастаах налыы хонуутугар , Т өрөөбүтүҥ , улааппыты ҥ Т өлөннөө х геройбут ! А ҕ а дойдугун к өмүскүү , А дь ыр ҕ а өстөөҕү кыдыйса , Алааскыттан арахсан Аттаммыты ҥ уот сэриигэ . Хааннаах кыргы һ ыы хонуутугар Харса-хабыра суох кыргы һ ан, Хорсун буойун буола ҥҥ ын Холобурга сыл дь а ҕ ын . Албан Аат уор дь аннаах Айхаллаах буойу ҥҥ а, Аныгы к өлүө нэ Аныыбыт махталы ! Рахлеев Родион – 3 «а» кылаас Герой аата умнуллубатын ! Сэрии ынырык сыллара Аймаабыта дьон сүрэ ҕ ин, Саха ньургун уолаттара К өмүскүү барбыттара дойдуларын . Кинилэр ортолоругар бара Би һ иги киэн туттар ки һ ибит , Дмитрий Ананьевич Петров аатын Биһиги өрүү өрө тутабыт. Хорсун герой сырдык аата Умнуллубатын ха һ ан да! Кини аатын с ү гэр оскуола Ү лэтэ - үөрэҕэ сайда турдун ! Филатова Дайаана – 4 «а» кылаас

Слайд 6

Луковцев Слава, 10 саас , Акварель Сэрии… Алдьархайдаах сэрии, Алдьатыылаах сэрии, Дьон кутун аймаан Кимэн кэллэ, ааҥнаан. Ийэ айманара, Оҕо ытыыра, Тыалынан иһиирэн Толордо алааһы. «Төннүөхпүт аргыстаһа, Кыайыылыын сэргэстэһэ Өстөөҕү имири Эһэммит биһиги» Толстяков Слава – 4 «а» кылаас Тарасенко Вася, 10 саас , Гуашь Мохсо ҕ ол буойуттар Мохсо ҕ ол уолаттар Өстөө х сэриитин утаран , Саа-саадах туппуттар Дойдуларын көмүскээннэр. Араас омук уолаттарыныын Убай, быраат дэспиттэр, Өйөнсөн-убансан Кыайыыны уһансыбыттар. Берлиҥҥэ тиийэннэр Кыайыы былааҕын Күөрэччи туппуттар, Дьолу-соргуну туойбуттар. Маркова Наташа – 4 «а» кылаас


По теме: методические разработки, презентации и конспекты

доклад учащегося 3 класса "Уйэ саас кистэлэннэрэ"

Доклад ученика 3 класса Макарова Алеши, о секретах долголетия своей прабабушки - Николаевой Марии Львовне...

Ыллаа-туой ого саас

Ункууну туруораллар: Григорий,Галина Петровтар.Ырыа-К.С.Иванов,В.М.МосквитинаСценка-стручкова Е.Г.Фольклор-Стручкова Е.Г.Быыс иннигэр тахсан Эрхан,Сережа хоhоон аагаллар(музыка тыаhыыр)Дайте детям наи...

Уруок таһынан дьарык. Икки араас оҕо саас.

Уруок таһынан дьарык.Тема: Икки араас оҕо саас.Сыала:      Бэйэни салайынар-дьаһанар сатабыл.   Тылы сайыннарар сыалы-соругу таба туруорунар, сатаан былаанныыр, туох түмүккэ к...