Хадаар игирэлэрэ (Новгородоскай ааҕыыга доклад)
творческая работа учащихся на тему
Айыл5а5а араас дьиктилэр элбэхтэр. Ол курдук игирэ дьоннор айыл5а биир дьикти кѳстүүлэринэн буолаллар.
Скачать:
Вложение | Размер |
---|---|
hadaar_igirelere_-_doklad_noev_andrey.docx | 32.54 КБ |
Предварительный просмотр:
Чурапчы улууһун (оройуонун) үөрэҕин салалтата
С.Д.Флегонтов аатынан Хадаар орто оскуолата
Хадаар игирэлэрэ
(Новгородоскай ааҕыыга доклад)
Толордо: С.Д.Флегонтов аатынан
Хадаар орто оскуолатын
4 кылааhын үѳрэнээчитэ Ноев Андрей.
Салайааччы: Ноева Сата Ивановна.
Хадаар, 2016 сыл.
Тема: Хадаар игирэлэрэ.
Сыала: Хадаар игирэлэрин кэтээн кѳрүү.
Соруга: Игирэлэр майгыннаhар ѳрүттэрин уонна уратыларын быhаарыы.
Актуальноhа: Айыл5а5а араас дьиктилэр элбэхтэр. Ол курдук, игирэ дьоннор айыл5а биир дьикти кѳстүүлэринэн буолаллар. Икки хааппыла курдук үүт-үкчү дьүhүннэх, тэбис-тэң таңастаах дьону кѳрѳр олус интэриэhинэй. Кинилэри кѳрдѳххүнэ наhаа үѳрэ5ин, сэңээрэ5ин. Биhиэхэ, Хадаарга элбэх игирэлэр бааллар уонна мин игирэ анаарабын. Онон мин бу теманы таллым.
Киириитэ. Айыл5а5а араас дьиктилэр элбэхтэр. Ол курдук игирэ дьоннор айыл5а биир дьикти кѳстүүлэринэн буолаллар.
Игирэлэри былыр былыргаттан айыылары, халлааны кытта ситимнээх ураты оңоhуулаах таңара бэлэ5ин курдук кѳрѳллѳрѳ. Кинилэргэ сүгүрүйэллэрэ. Айыл5аны уларытар, арда5ы а5алар күүстээхтэр диэн ѳйдѳбүллээхтэрэ. Ол курдук, араас үhүйээннэр бааллар. Холобур, сэрии таңарата Марс уолаттара, бѳрѳ үүтүн иhэн улааппыт Ромул уонна Рем, Египет таңаралара Исида уонна Осирис, гректар таңаралара Артемида уонна Апполлон. Зевс уонна Леда о5олоро Кастор, Поллукс ааттарын былыргы астрологтар икки ча5ылхай сулуска иңэрбиттэрэ.
Азия5а, Япония5а, Индия5а игирэни тѳрѳппүт ийэни «куhа5ан» олохсуйбут диэн туораталлара. Сорох дойдуларга о5олору сырдык тыыннарын быhаллара. Новай Гвинея5а дьахтар биир уктан икки бананы сиэтэ5инэ игирэлэнэр дии саныыллара. Игирэлэри уруйдууллара, маңан о5уруо кэтэрдэллэрэ уонна игирэ уустар анаан туппут саңа дьиэлэригэр олордоллоро. Африка5а игирэлэр тѳрѳппүттэрэ ѳлгѳмү-быйаңы а5алаллар диэн ѳйдѳбүл баара. Хакас омуктар игирэ о5олор ийэлэрин айыылар арчыларын, алгыстарын иңэриммит ураты туруктаа5ынан, күүстээ5инэн аа5аллара. Кини ата5ын таңаhынан сүѳhү араас ыарыыларын эмтииллэрэ. Сахаларга игирэ о5олор эмтиир күүстээхтэр диэн итэ5эл эмиэ баар. Игирэлэр сүѳhү сыңаа5ын анныгар тахсыбыт искэнин «куhа5ан тыын, арах, арах, кэбэлий!»- дии-дии хаңас атахтарынан үс тѳгүл тэбэллэрэ үhү, оччо5о ол искэн то5о тэбэр эбэтэр олох сүтэн хаалара үhү. Онтон киhи кулгаа5а эбэтэр тииhэ ыарыйда5ына ыарыhа5ы аан боруогар иңнэри сытыараллара. Игирэ аңара оhох уотугар ата5ын тилэ5ин эбэтэр ытыhын ититэн баран, онтунан да5айан эмтиирэ, ыарыытын у5арытара. Сүѳhүнү, киhини буулаабыт абааhы игирэлэртэн куттанара үhү.
Биhиэхэ, Хадаарга, элбэх игирэлэр бааллар. Ол иhин мин бу теманы таллым.
Игирэлэр араастара. Игирэлэр араастаах буолаллар. Ийэ иhигэр биир хаа5а үѳскээбит о5олор үүт-үкчү игирэлэр. Онтон тус-туhунан хаа5а үѳскээбит о5олор атылыы игирэлэр диэн буолаллар. Үүт-үкчү игирэлэр наар кыыс эбэтэр наар уол буолаллар. Кинилэр бэйэ-бэйэлэрин кытта олус майгыннаhар буолаллар. Онтон атылыы игирэлэр уол-кыыс эбэтэр наар кыыс, уол буолан тѳрүүллэр. Ону таhынан сиамскай игирэлэр баар буолаллар. Ол аата сыстыhан тѳрѳѳбүт игирэлэр. Аатырбыт бырааттыылар Чанг уонна Энг Банкердар Сиамңа 1811 сыллаахха тѳрѳѳбүттэр. Кинилэр түѳстэринэн сыстыспыттар эбит. 12 саастарыгар хаамар буолбуттар. Кэргэн ылбыттар. Чанг 10 о5оломмут, Энг 12 о5оломмут. Кинилэр 63 саастарыгар тиийбиттэр эбит.
Хадаар игирэлэрэ. Хадаартан тѳрүттээх элбэх баар. Мин кинилэр тустарынан кэпсиэхпин ба5арабын. Уол уонна кыыс игирэ диэн бэйэтэ туспа дьикти. Хадаарга икки атылыы игирэ тѳрѳѳбүт. Елизавета Николаевна, Прокопий Николаевич Давыдовтар 1951 сыллаахха тѳрѳѳбүттэр. Иккиэн культура үѳрэ5эр үѳрэммиттэр. Хомойуох иhин, билигин кинилэр иккиэн суохтар.
Айыына уонна Айыы-Сиэн Платоновтар. Иккиэн бастың общественниктар. Айыы-Сиэн уруhуйдуур талааннаах.
Салгыы кэпсиир игирэлэрим үүт-үкчү игирэлэр. Вера Афанасьевна уонна Надежда Афанасьевна Потаповалар 1962 сыллаахха тѳрѳѳбүттэр. Иккиэн биир физика учууталын идэтин талбыттара. Вера Афанасьевна билигин суох.
Бииргэ тѳрѳѳбут ини-биилэр Осипов Василий Кириллович, Егор Кириллович, Николай Кириллович үhүѳн игирэ сиэннэрдээхтэр. Василий Кириллович сиэннэрэ Маша, Марина Осиповалар 1987 сыллаахха тѳрѳѳбүттэрэ. Билигин иккиэн ыаллар. Марина Дьокуускай куоракка олорор, кэргэннээх, икки о5олоох, экономист-бухгалтер идэлээх. Маша Мирнэй куоракка олорор. Кэргэннээх, кыыс о5олоох программист, идэлээх. Егор Кириллович сиэннэрэ Марианна, Дарианна Новгородовалар 8 саастаахтар. Дириңңэ оскуолатыгар уэрэнэллэр. Николай Кириллович сиэннэрэ Игорь уонна Люба Чурапчы Мурун Тыымпыйа оскуолатын бутэрбиттэрэ.
Аня, Ира Григорьевалар Хадаарга 1990 сыллаахха тѳрѳѳбүттэр. Иккиэн омук тылын учууталлара. Аня Сунтаар Кэмпэндээйитигэр английскай тыл учуутала, онтон Ира Дьокуускай куоракка Саха гимназия5а ньиэмэс тылын учууталынан улэлиир. Иккиэн үңкүүhүттэр, ырыаhыттар. Араас ырыа, үңкүү куонкурустарын, драм. Кѳрүүлэр дипломаннара, лауреаттара.
Слава, Сергей Романовтар Хадаарга 1993 сыллаахха тѳрѳѳбүттэрэ. Сергей сварщик идэлээх, онтон Слава инженер-механик идэлээх. Билигин Улан-Удэ5а ытык иэhин толорон армияга сулууспалыы сылдьар. Кинилэр иккиэн волейболлуулларын сѳбүлүүллэр. Сергей «Малая механизация» куруhуокка дьарыктанан улуустаа5ы, республикатаа5ы быыстапкаларга элбэхтэ миэстэлэспитэ.
Хадаартан тэруттээх Анастасия Ивановна Яковлева уолаттара Сеня уонна Спартак Яковлевтар 1991 сыллаахха тѳрѳѳбүттэр. Спартак юрист идэлээх, оттон Сеня ХИФУ биолого-географическай факультетын бутэрэн баран армияга сулууспалыы сылдьаллар. Анастасия Ивановна балта Саргылана Ивановна быйыл тохсунньу 1 кунугэр игирэ сиэннэрдэммит.
Уус Алдан Кэптэнитигэр Мишкин Дмитрий Ильич о5олоро Аня уонна Таня Мишкиналар олороллор. 1998 сыллаахха тѳрѳѳбүттэр. Билигин кинилэр 11 кылааска үѳрэнэллэр.
Билигин Дьокуускай куоракка олорор Гаврильев Алексей Иванович о5олоро Айыына уонна Алина Гаврильевалар ЯГСХА-5а үѳрэнэллэр.
Биhиги 2005 сыллаахха тѳрѳѳбүппут. Билигин 10 саастаахпыт. Иккиэн тус-туhунан сырыттахпытына олус суохтаhабыт. Иннэлээх сап курдук куруук батысыhа сылдьабыт.
Вера Викторовна уонна Владимир Васильевич сиэннэрэ Эвелина, Эвелика Никоновалар 9 саастаахтар. Дьокуускай куоракка олороллор. Сайын аайы эбээлээх эhээлэригэр сайылыыллар.
Кырачаан Марта уонна Марианна Анемподистовалар 5 саастаахтар. Хадаарга «Мичил» уhуйаан иитиллээччилэрэ.
Ангелина, Аня Свинобоевалар 3 саастаахтар. Детсадка сылдьаллар.
Алиса, Алина Чувашовалар 3 саастаахтар. Сунтаар Кириэстээ5эр олороллор.
Айыына, Нарыйа Баишевалар. 7 ыйдаахтар. Нуора5ана5а олороллор.
Игирэлэр 2,3, 4, онноо5ор 5 буолуохтарын сѳп. Горнай улууhугар Бэрдьигэстээххэ Егоров Егор Егорович сиэннэрэ Күндүлээнэ, Кэскилээнэ, Кэрэчээнэ Татариновалар олороллор. Кинилэр үhүѳн биир хаалаахтар. Билигин 10 саастаахтар.
Удьуордааhын. Игирэлэр тѳрѳѳтѳхтѳрүнэ, дьоннор «эhиги хааңңытыгар баар дуо?» - диэн ыйыталлар эбит. Потаповтарга, Романовтарга, Платоновтарга, Мишкиннарга урукку ѳттүгэр игирэлэр суохтар эбит. Никоновтарга а5аларынан, Ноевтарга ийэлэринэн да, а5аларынан да баар, Григорьевтарга ийэлэринэн, Яковлевтарга ийэлэрин ѳттүлэринэн. Осиповтар 3 ини-биилэр игирэ сиэннэрдээхтэр, Анемподистовалар ийэлэрин аймахтарыгар бааллар.
Мин игирэлэртэн маннык ыйытыыларга эппиэттииллэригэр кѳрдѳстүм:
- Игирэ буолар туох үчүгэйдээ5ий?
- Ыраах тэйсиhэ сылдьан суохтаhа5ыт дуо?
- Туох атыннааххытый? Ханнык майгыннаhар ѳрүттээххитий?
- Дьоннор эhигини булкуйааччылар дуо?
- Атын дьон игирэ буоларгытыгар ымсыыраллар дуо?
Бастакынан Вера Афанасьевна санаатын кѳрүѳ5үң:
- Игирэ буолар үчүгэйэ диэн, хаhан ба5арар иккиэбит. Ханна да5аны, хаhан да5аны со5отох буолбаппыт.
- Тэйистэхпитинэ олус суохтаhабыт. Хаhан кэлэрин күүтэбин а5ай.
- Дьүhүммүтүнэн арыый атыннахпыт, оло5у кѳрүүбүт маарыннаhар, онно-манна майгыннаhар сыhыаммыт атыннаах.
- Тус-туhунан кѳрдѳхтѳрүнэ булкуйаллар.
- Биирдэ эмит ымсыырааччылар.
Салгыы Аня, Ира Григорьевалар санааларын кѳрүѳ5үң:
- Игирэ буолар саамай үчүгэйэ диэн куруук бииргэ сылдьа5ын. Бэйэ-бэйэ5эр кѳмѳлѳhѳ, ѳйдѳhѳ-ѳйдѳhѳ сылдьа5ын. Аттыбар куруук игирэм аңара бара тирэх, сүбэ-ама буолар. Ыарахаттары иккиэ буолан туоруур чэпчэки.
- Тэйистэхпитинэ олус ахтыhабыт, суохтаhабыт. Бэйэ-бэйэбитин кытта кэпсэтэрбитин олус суохтуубут.
- Маарыннаспат ѳттүбүтүнэн буолаллар: ба5а санааларбыт, сорох интэриэстэрбит, аан дойдуну анааран кѳрѳрбүт, майгыбыт. Майгыннаhар ѳрүттэрбитинэн буолаллар: дьүhүммүт, дьоңңо, айыл5а5а сыhыаммыт. Икиэн ыллыырбытын, үңкүүлүүрбүтүн сѳбүлүүбүт.
- Куруук кѳрѳр дьон булкуйбаттар, бириэмэттэн бириэмэ5э кѳрѳр дьон булкуйаллар.
- Олус ымсыыраллар. «Эhиги курдук игирэлэммит киhи»,- диэн ымсыырааччылар.
Сергей Романов бу курдук санаалаах:
- Игирэ буолар үчүгэйэ диэн иккиэ буолан тугу барытын кыайа5ын-хото5ун, барытын сүбэлэhэн оңоро5ун.
- Саңа тэйистибит. Суохтаhар бѳ5ѳ буоллахпыт дии.
- Тас кѳрүңмүтүнэн майгыннаhар курдукпут да, интэриэспит тус-туhунан.
- Кыра эрдэхпитинэ олус булкуйаллар этэ. Билигин да сорох дьон булкуйар. Үгүс дьон таңаспыт атын буолан араараллар.
- Ымсыырар да дьон баар.
Биhиги санаабыт:
1. Игирэ буолар үчүгэйэ диэн куруук иккиэ буолан сылдьабыт, оонньуубут. Иккиэн бииргэ улэлиир барытын кыайабыт.
2. Тэйистэхпитинэ олус суохтаhабыт.
3. Дьуьуммутунэн майгыннаьабыт. Иккиэн уруьуйдуурбутун, оноьук онорорбутун сэбулуубут. Майгыбыт уратылаах со5ус. Сорох интэриэспит.
4. Дьоннор кун аай булкуйаллар.
5. Соро5ор ымсыырааччылар.
Түмүк. Бу эппиэттэртэн кѳрдѳххѳ, игирэ дьоннор иккиэ буолалларыттан астыналларын, үѳрэллэрин этэллэр. Тэйсэ сылдьар кэмнэригэр ахтыhаллар, суохтаhаллар эбит. Майгыннаhар ѳрүттэринэн тас дьүhүннэрэ, оло5у кѳрүүлэрэ, бэйэ-бэйэлэригэр тардыhыылара буолар. Тѳhѳ да үүт-үкчү буолбуттарын иhин майгылара, сорох интэриэстэрэ атын буоларын биллибит. Бу үлэбиттэн мин игирэлэр араастарын, «хаан хаhан да сыыспат, удьуор умнубат» дииллэринии, игирэ удьуорунан бэриллэрин, Хадаартан тѳрүттээх 19 игирэ баарын, игирэ буолар эргиччи үчүгэй буоларын биллим. Игирэлэр диэн айыл5а дьикти кѳстүүтэ, айымньыта буолла5а.
Тутуллубут литература.
- «Мир семьи» журнал, № 3, 2010 с
- «Кэскил», 2009 с
- Интернет ресурсалар.
По теме: методические разработки, презентации и конспекты
Доклад "Проектная деятельность в начальной школе"
Доклад о том, как я со своими учениками работаю над проектом "Океан"....
Доклад доклад на тему: «Формирование культуры семейных отношений».
Семья - один из шедевров природы (Дж. Сантаяна, философ)Семья - основанная на брак...
Доклад "Урок работы над ошибками". Русский язык. Приложение к докладу.
Краткое описание в чём состоит подготовка учителя и учащихся к уроку, где предстоит работа над ошибками. Из личного опыта и опыта коллег....
Доклад: "Использование ЭОР на уроках в начальной школе" + презентация к докладу
Актуальность использования ЭОР на уроках в начальной школе....
ДОКЛАД "Системно-деятельностный подход как методологическая основа ФГОС второго поколения" . ДОКЛАД НА ЗАСЕДАНИИ ПЕДАГОГИЧЕСКОГО СОВЕТА МКОУ «АРТЕЗИАНСКАЯ СОШ №2»
ДОКЛАД НА ТЕМУ : « Системно–деятельност...
Презентация (доклад) на тему: "Развитие логического мышления учащихся при решении текстовых задач (математическое моделирование) на уроках математики в рамках реализации ФГОС НОО" (выступление с докладом на круглом столе)
Основной задачей школьного курса математики всегда являлось обучение решению текстовых задач. Решение задач занимает в математическом образовании огромное место. Умение решать задачи является одним из...
Алын кылаас үɵрэнээччилэрин ааҕыыга уhуйуу
Аныгы олох тэтимэ олус түргэнник сайдар. Интернет, смартфон, телевидение баһылыыр кэмигэр ааҕыыга интэриэс намтааhына бэлиэтэнэр. Кинигэ- билии төрдө. Үчүгэй ...