I кылааска Билии кунугэр аналлаах кылаас чааьа
классный час (1 класс) на тему

Ноева Сата Ивановна

Соруктара: уэрэххэ мотивацияларын уонна уерэнэр ба5аларын уескэтии, бодоруьуу уонна бэйэ бэйэни ейдеьер культураларын сайыннарыы.

Скачать:

ВложениеРазмер
Файл i_kylaaska_bilii_kunuger_anallaah_kylaas_chaaa.docx24.23 КБ

Предварительный просмотр:

I кылааска Билии кунугэр аналлаах кылаас чааьа

Ноева С.И, алын суьуех кылаастар учуутала

Ыытыллар кунэ, чааьа: 01.09.2016 сыл.

Сыала: о5олорго бырааьынньык атмосфератын тэрийии, оскуоланы кытта билиьиннэрии

Соруктара: уэрэххэ мотивацияларын уонна уерэнэр ба5аларын уескэтии, бодоруьуу уонна бэйэ бэйэни ейдеьер культураларын сайыннарыы.

Тэрилэ: Билии кунугэр аналлаах плакаттар, цветик-семицветик, 5, 3, 1, 7, 9 чыыьылалар карточкалара, икки А-4 форматтаах илиис, фломастер, кумаа5ы куукулалар.

Хаамыыта:

/О5олор кылааска киирэн паарталарга олороллор, тереппуттэр ыалдьыт быьыытынан киирэллэр/ О5олорго куьун

Сана дьылбыт уунэр,

Оскуолабыт бугун

Биьигини куутэр.

Чугдаар ыллаа чуораан

Аьылынна киэн аан!

Оскуолабыт, дорообо!

Учууталбыт, дорообо!

Уерэх суолун са5алыыр

Уерэнээччи дьоннорбун,

Кинилэр кунду тереппуттэрин

Бала5ан ыйын бастакы кунунэн –

Били кунунэн

Итиитик-истинник э5эрдэлиибин.

Урдуктэн урдуккэ дьулуьун,

Утуеттэн утуе5э талаьын,

Кэрэттэн-кэрэ5э эрэ тардыьын диэн тураммын

Билии кунугэр анаммыт кылаас чааьын са5алыырбытын кенуллээн

Учуутал: О5олоор, бугун эьиэхэ дьикти уонна умнуллубат кун – эьиги аан бастаан оскуола боруогун атыллаан уерэниэхтээх кылааскытыгар киирэн олоро5ут.

Учуутал: Ким билэрий, оскуола5а туохха уерэтэллэрий? /о5олор эппиэттэрэ/

- Саамай сепке эттигит. Оскуола5а эьигини аа5арга, суруйарга, уруьуйдуурга, до5ордоьорго, бэйэ бэйэ5итигэр эйэлээхтик сыьыаннаьарга уонна онтон да атын угус учугэйгэ уонна туьалаахха уерэтэллэр.

Учуутал: Оттон бу биьиги олорор хоспут туох дин ааттанарый? /Кылаас/

- Тула еттугутун учугэйдик ейдеен керун эрэ. Кылааспыт ыраас, киэн, тупса5ай. Бу кылааска эьиги 4 сылы быьа уерэнэ кэлиэххит. Онон кылаастарын ыраастык тутуохтара, малын-салын харыстыахтара диэн биьиги учууталлар уонна тереппуппэр эьиэхэ эрэнэбит. Кылааска хайдах туттан-хаптан сылдьаргытын учугэйдик ейдуургут инниттэн билигин «Сеп – сыыьа» диэн оонньууну оонньуохпут. Мин ыйытыылары биэртэлиэм, эьиги бол5омтолоохтук истэн баран септеех хоруйу биэриэхтээххит: «сеп» эбэтэр «сыыьа» диэхтээххит.

- Кылааска кирдээх атахтаах киирэбит дуо? /Суох/

- Илиилэрбитин штораларга соттобут дуо? /Суох/

- Истиэнэ5э, паарта5а суруйабыт дуо? /Суох/

- Ардах кэмигэр уларыттар атах танаьын а5алабыт дуо? /Сеп/

- Перемена кэмигэр охсуьар, этиьэр табыллар дуо? /Суох/

- Уруокка хойутаан кэлэбит дуо? /Суох/

- Учугэйдик уерэнэргэ кыьаллабыт дуо? /Сеп/

Учуутал: Маладьыастар, эьиги бары ыйытыыларга септеех хоруйдары биэрдигит. Аны билигин бастакы кылаас уерэнээччитин анда5арын биэриэххит уонна бу анда5ары 4 сылы быьа кэьиэсуохтааххыт. Бастакы кылаас уерэнээччитин анда5ара:

- Кун аайы уерэнэрбитигэр хойутаабакка кэлиэхпит /Анда5айабыт/

- Уруокка бол5омтолоохтук уонна мэниктээбэккэ олорон уерэниэхпит /Анда5айабыт/

- Ейдеех уонна уерэхтээх буолар инниттэн аа5а уонна суруйа уерэниэхпит /Анда5айабыт/

- Учебниктарбытын, тэтэрээттэрбитин еруу ыраастык тутуохпут  /Анда5айабыт/

- Эрэллээх, учугэй до5ор буолар инниттэн бэйэ бэйэбитигэр мэлдьитин кемелеьуехпут.

- Мэлдьитин чэбэрдик танна – симэнэ сылдьыахпыт /Анда5айабыт/

Учуутал: Эьиги уже элбэ5и билэ5ит уонна сатыыгыт. Билигин бастакы оскуолатаа5ы экзамены туттарыаххыт. Бары сатаан туттарыаххыт диэн эрэллээхпин. Учугэйдик ейдеен эрэ, киьи ба5а санаатын толорор аптаах сибэкки хас эминньэхтээх этэй? /7/ Саамай сеп, сэттэ эминньэхтээх. Аата да «Цветик – семицветик» диэн. Дьэ бу сибэкки 7 эминньэ5эр эьиэхэ сорудахтар бааллар.

/О5олор сибэккигэ кэлэн биирдии эминньэ5и «туураллар»/

1. Остуоруйаларга экзамен. Бу ханнык остуоруйаттан ылыллыбыт тылларый:

              «О5онньордоох эмээхсинтэн куоппутум,

                Эйигиттэн куобахтан куотар уустук буолбатах»? /Колобок/

2. Хоьоону ситэрэн этин:

              «Тургэн сыыдам газика

                Тердуе буолан олорон…» /Тиийэн кэллим детсадпар

                                                               Чуечэ эдьиий дорообо»/

3. Ырыаны ситэри ыллаан:

               «Мин быйыл, о5олоор» /Уэрэнэ барабын

                                                       Оскуола аьыллар

                                                      Ол кунун куутэбин/»

                                                         

4. Таабырыны таайын:

             «Урбэт да5аны, ытырбат да5аны

               Дьиэ5э киллэрбэт баар уьу» /Кулуус/

5. Математика экзамена.

           Дуоска5а 5 уэрэнээччи тахсар, кинилэргэ сыыпаралаах карточкалар тунэтиллэллэр: 5, 3, 1, 7, 9. Чыыьылалар кыччаан иьэр бэрээдэктэринэн туруохтаахтар.

6. Бол5омтолоох буолууга экзамен.

           Дуоска5а предметтэр ойуулара ыйанар. О5олор харахтарын симпиттэрин кэннэ 1 предметы ылан баран ыйытыы: Туох уларыйда?

7. Уруьуй экзамена.

          О5олору 2 группа5а хайытан баран А-4 илиискэ I кылаас уерэнээччитин портретын уруьуйдатыы. Хайа белех киэнэ ордугуй?

7. Бу Сайыыналаах Айаал эьиги курдук оскуола5а баран эрэллэр.

Айаал суумкатыгар тугу-тугу уктан кэлбитин билиэххитин ба5ара5ыт да?

Билиэххитин ба5арар буоллаххытына таабырын таайын эрэ (суумкатыгар 1-дии лииьи таьаарар, таабырыннары таайтарар)

  • Туттаххына – таас!

Тыаьа – тас-тас!

Айахха уктахха батас

Ааттаах минньигэс ас (таас кэмпиэт)

  • Киьини барытын таныннарар да, бэйэтэ сыгынньах баар уьу. (иннэ)
  • Арыйдарбын эрэ аа5абын, туттарбын эрэ туьанабын (кинигэ)
  • Мин ырбаахы сылдьыбыт сирэ хараарар (харандаас)
  • Куччугуй куелгэ о5онньор илгистэр уьу (ытык)
  • Сир анныгар кыьыл бетуук сытар уьу (моркуоп)

Айаал бу тэриллэри барытын оскуола5а илдьэ барар да

Дьиэтигэр тугу хаалларыан нааданый?

Оттон билигин оскуола5а наадалаах тэрили эттэхпинэ ытыскытын таьына5ыт, наадата суох тэрили эттэхпинэ атаххытынан тэбиэлэнэ5ит. Оонньуубут?

Тэтэрээттэр уонна учебниктар

Оонньуур кутуйах

Собуоттанар паровоз

Еннеех пластилин

Краска уонна кисточка

Сана дьыллаа5ы маска

Закладка уонна сотор резинка

Расписание, дневник

- Оскуола5а барарга бэлэммит?

- Сайыына сорудахтары бэлэмнээбит. Учугэйдик толкуйдаан уонна эппиэттээн илиигитин уунан баран.

- Остуолга 4 дьаабылыка баар.  Олортон биири ортотунан анаардаабыттарын кэннэ хас дьаабылыка буолбутуй? (4)

-  Корзина иьигэр хас тэллэй баарый ескетун устэн а5ыйах уонна бииртэн элбэх буолла5ына? (2)

- Харыйа5а -7, оттон хатынна – 3 туораах баар эбит. Барыта хас туораах буоларый?

- Туох ааттаах мындыр ейдеех о5олор кэлбиттэрий, оттон нууччалыы  хоьоону нойосуус уерэтэбит да?

- Бары бииргэ биир киьи курдук мин кэннибиттэн хатылаан иьин…

ПРИШЛИ МЫ В ШКОЛУ ДРУЖНО.

ВСЕ ВМЕСТЕ КАК ОДИН.

УЗНАТЬ НАМ МНОГО НУЖНО.

УЧИТЬСЯ МЫ ХОТИМ.

 Учуутал: Маладьыастар, о5олоор, эьиги I кылааска киирэр экзаменнаргытын ситиьиилээхтик туттардыгыт, бугуннэттэн ыла эьиги дьиннээх уерэнээччи аатын ыла5ыт. Аны билигин тереппуттэрбит экзамен туттарыахтара.

Тереппуттэргэ (10 киьиэхэ) этиилэр суруллубут илиистэрэ бэриллэр. Сорох илиискэ этии са5аланыыта, сороххо - бутуутэ суруллубуттар. Септеех гына этиилэри хомуйуохтааххыт.

- О5олорбутун сарсыарда туруоран, аьатан…. оскуола5а хойутаппакка ыытыахпыт.

- Танастара – саптара еруу … ыраас буоларын ирдиэхпит.

- Кылаас, оскуола ыытар тэрээьиннэригэр…. мэлдьитин активнайдык кыттыахпыт.

- О5олорбут уерэнэр кылаастарын еремуенугэр … сыл аайы кемелеьуехпут .

- Учууталлары кытта … биир тылы булуохпут.

Учуутал: Эьиги тереппуттэргит маладьыатар! Этиилэри сепке онордулар. Бу мээнэ этиилэр буолбатахтар, бу тереппуттэр анда5ардара. Мин биирдии этиинэн аахта5ым аайы тереппуттэр «анда5айабыт» диэн иьиэхтээххит.

/Учуутал этиилэри аа5ар, тереппуттэр хас этии кэнниттэн аайы «анда5айабыт»  дииллэр/

Учуутал: Убаастабыллаах тереппуттэр, бу анда5аргытын 4 сылы быьа умнубакка саныы сылдьыахтааххыт.

- Уерэнээччилэр анда5ар биэрдилэр, тереппуттэр эмиэ. Аны мин, учууталгыт, биэрэрим хаалла. Мин анда5арым маннык ис хоьоонноох:

Анда5айабын:

 Эьиги о5олоргут элбэ5и билэллэрин курдук уерэтиэм.

Уерэнээччилэрбин буруйа суох ме5уем суо5а.

Барыларын биир тэнник тутуом.

Барыларын аа5арга, суруйарга уерэтиэм.

Иллээх-эйэлээх буолалларын ситиьиэм.

Учуутал: Кунду о5олор, убаастабыллаах тереппуттэр, ыалдьыттар, барыгытыгар бугун биьиги маннайгы уруокпутугар кэлэн кыттыыны ылбыккытыгар махтанабын. Арахсыахпыт иннинэ о5олортон, тереппуттэртэн кердеьуем этэ, бугунну куну хайдах ейдеен хаалбыккытын илиискэ «Мин оскуола5а бастакы кунум» диэн тема5а айар улэ онорон кэлэргитигэр. Бу улэни уруьуйдаан да5аны, тугу эмэ сыьыаран да5аны оноруоххутун сеп. Ессе тегул барыгытыгар улахан махтал. Манан Билии кунугэр аналлаах кылааспыт чааьа тумуктэнэр. Аныгыс керсуеххэ диэри!


По теме: методические разработки, презентации и конспекты

1 кылааска математика уруогун конспега

1 кылааска математика уруогар «Задачалар» тиэмэђэ аҺађас уруок презентациялаах конспега....

«Тырымнас тыллары хатылаа… (Маар-Кµ³л суруйааччылара)» 8-9 кылааска элективнэй куурус программата

Элективнэй кууру´у Маар-Кµ³л орто оскуолатын учууталлара о²ордулар. Бу µлэ саха тылын уонна т³рµт культура учууталларыгар, 8-9 кылаас µ³рэнээччилэригэр, литератураны интэриэhиргиир аа±ааччыларга, кыра...

кылаас чааьа

Кылаас чааһын былаанаТиэмэтэ: Төрөөбүт төрүт тыл- омук кэскилэ.Оскуола, кылаас: 2 кылаасҮөрэнээччи ахсаана: Сыала: О5о төрөөбут тылын билэриэгэр, таптыырыгар, сыаналыырыгар усулуобуйаны тэрийии....

1 кылааска Билии кунугэр аналлаах кылаас чааьа

I кылааска Билии кунугэр аналлаах кылаас чааьа...

Олонхо педагогиката: алын кылаас о5олорун олонхонон иитии- уерэтии . (Алын кылаас учууталларын методическай холбоhугун улэтинэн).

Төрөөбүт тыл-киhи үөрэ5и билиини кэбэ5эстик ылынар, өйө санаата туругурар, майгыта сигилитэ ситэр, иhирэх иэйиитэ уhуктар,өлбөт үйэлээ5и айар- тутар дьо5ура тобуллар айыл5аттан бэриллибит эйгэт...

Саха народнай суруйааччыта Николай Золотарев – Якутскай төрөөбүтэ 100 сааһыгар аналлаах 10 региональнай уус – уран дьүһүйүү торума

Сценарий на тему «Сүдү талааннаах суруйааччы - оҕолорго» по произведениям писателя Н.Г.Золотарева - Якутскай. Сценарий разработан для учащихся начальных классов, где вошли 3 произведения п...